Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Проза » Страница 2

Проза

ЫТЫЛҔАН

Күһүҥҥү буор самыыр хаһан даҕаны бүтүө суохтуу биир кэмник ибирдээн, тыынар-тыыннааҕы, бэл, хамсаабакка дьиппинийэн турар оту-маһы сылаппыт курдук. Туох барыта иһийэн, курус санааҕа ыга баттаппыттыы ньимийбит. Самыыр ардыгар сэллээн ыллаҕына тымныы тыал сабыта биэрэн, сиигирэн ыараабыт, саһарбыт хатыҥ сэбирдэхтэрин турута тыытан тэлимнэтэн иһэн, кыайбакка сиргэ түһэртиир, окко-маска сыбаан, күһүҥҥү курус… Сиһилии »ЫТЫЛҔАН

Күндү киһи

Торҕо күөх хонууларга, аҥааттар-муҥааттар алаастарга өрө аспыт сир симэхтэрин эҥинэ бэйэлээх өҥнөөх эминньэхтэрэ оһуордаах-мандардаах көбүөр курдук киһи хараҕын сымнатар. Оттон ыал кичэллээхтик охсуллубут тэлгэһэтигэр турар сэргэ тулатыгар, дьиэ иннигэр анал иһиттэргэ хойуутук олордуллубут сибэккилэр сэбирдэхтэрэ көҕөрө чэлгийбиттэр, олор быыстарыгар онон-манан тыллаары гыммыт болчуохтар көстөллөр. Аҕыйах хонугунан ити болчуохтар арыллан дьиэ… Сиһилии »Күндү киһи

Гамма

(Кэпсээн) Кинини бэрт эдэр эрдэхпинэ көрсүбүтүм… Билигин ол көрсүһүү мин олохпор улахан суолтаны оонньообот курдук, мин өйүм-санаам эрэ будулуйбут туманын быыһыгар туох эрэ астыгы, кэрэни, остуоруйалыы оҕотук тапталы санатар. Гамма… Дьикти ааттаах кыыс мин олоҕум биир кэрчигэр бэрт интэриэһинэйдик киирэ сылдьыбыта… Ол кэмнэри тоҕо эрэ бүгүн эйиэхэ сэһэргиэх санаам киирдэ.… Сиһилии »Гамма

Аны кэлэн хайыамый…

Куорат киинигэр турар таас дьиэ кэҥэс куукунатыгар сахалыы оҥоһуулаах, ис киирбэх ойуулаах атахтардаах дьоҕус төгүрүк остуолга сааһыра барбыт икки дьахтар, итии чэйи бэрт наҕыллык сыпсырыйан иһэ-иһэ, ырааҕы-чугаһы ырытан кэпсэтэ олороллор. Ыам ыйынааҕы нуурал киэһэ арҕаалаан эрэр күнэ Чочур Мыраан үрдүнэн сандаара тыкпыта кэҥэс түннүктээх куукуна иһин сандаарыччы сырдатар. Сахалыы ойуулаах… Сиһилии »Аны кэлэн хайыамый…

Билиилээх күөл иччитэ

Хатан Хабырылла аҕам саастаах, кыырыктыйбыт баттахтаах, туруору сүүстээх, уһун субуруйбут муруннаах, сирэйэ күн уота сиэн хараарбыт, сэҥийэтигэр сэбирийбит бытыктаах, саар тэгил уҥуохтаах, бэйэтин лаппа кыанар киһи. Кини бүгүн андаата­рын тууларын көрөн кэлэн баран, күөһүн буһара уурбута, ол кэннэ аргыый наллаан ону-маны, уруккунуну-хойуккуну саныы олорбута. Кинилэр аймаҕылаан туран удьуор булчуттар, аҕата… Сиһилии »Билиилээх күөл иччитэ

Салдьа

Сааскы халлаан суһуктуйа сырдаан, балаҕан иһэ борук-сорук буолла. Аана эмээхсин, бэҕэһээ киэһэ сыарҕа суолун баттаһа күнү быһа от тиэйэн саҥата иһиттэн тахсыбат буолуор диэри сылайбыт кыыһын уһугуннарбакка, тыаһа-ууһа суох уолун Киргиэлэйи туруоран хотоҥҥо таҕыстылар. Киэһэ ынахтара ахтыбыт көрүҥнээҕэ, онон эмээхсин сээбэҥнээн утуйбакка сыппыта. Киргиэлэй бэйэтин сааһыгар сөрү сөп эттээх-сииннээх олус… Сиһилии »Салдьа

Быыһааччы

Күүлэ аанын эрчимнээхтик тоҥсуйан либиргэттилэр. Түлүк уутугар утуйа сыппыт Дьуон Дьоруойап ким эрэ соһуччу өттүккэ анньыбытын курдук хараҕын көрөн кэллэ. Бастаан өйдөөбөтөхтүү сааскы салгын сиэн өссө хараарбыт бытыктаах хара бараан сирэйэ хос борук-соругар чочумча күлүгүрэн сыппахтаата, онтон тоҥсуур хатыламмытыгар «өрүс… уу… дьон…» диэн тыллар төбөтүгэр чаҕылҕанныы күлүмнэспиттэригэр букатыннаахтык уһуктан, оронуттан… Сиһилии »Быыһааччы

Аргыс

Саас халлаан ылааран, тулалыыр барыта дьэҥкир таастыы ырааһыран, чэбдигирэн турар кэмэ. Биһиги бөлөхпүт икки УАЗ массынанан Бүлүү эбэ дэхси мууһун устун хоммут бөһүөлэгиттэн, аҕыс көстөөх сиргэ айаннаан иһэр. Мин массыына кэлин олбоҕор соҕотох түбэһэммин, хата уһун суолга утуйан абыраныам диэн, тулуупка сууланан сытардыы тэринэн эрдэхпинэ, массыына «хорус» гына тохтуу түстэ.… Сиһилии »Аргыс

Арааһынай артыыстар

Дэриэбинэҕэ урут түөлбэлэринэн кулуупка испэктээк оонньоон куоталаһыы буолара. Он­ну­гу сороҕор бостунуопка (постановка) диэн ааттыыллара. Ол оонньуулар үксүгэр ханнык эрэ темаҕа анаммыт буолааччылар. Быйыл эмиэ түөлбэлэринэн испэктээк туруо­руутугар күрэхтэһии буолла. Оонньуулар анаммыт темалара: патриоттыы сыаллаах-соруктаах. Бу урукку сэбиэскэй саҕанааҕы кэми санатар буолан, дьон-сэргэ сэргэхсийбитэ, туруммута сүрдээх. Саастаах дьон урут эдэр­дэригэр оонньообут… Сиһилии »Арааһынай артыыстар

Дулҕа

(Оҕолорго) Туундараҕа биһиги нимэ-дьиэбитин дулҕалар тулалыыллар. Бүгүн кинилэр арбаҕар бэйэлэрэ хайдах эрэ тарааммыт, нарыламмыт курдук көстөллөр. Соторутааҕыта аҕай ибирдээн ааспыт ардах дулҕалар от баттахтарын үчүгэй парикмахер кэриэтэ уурбут-туппут курдук ньалҕаарыччы тараан кэбиспит. Мин инибин кытары дулҕаларынан сүүрэн сырса оонньуубут. Онуоха хайабыт халтарыйбатах – охтубут киһини үстэ сүүскэ тыгар диэн кэһиллибэт… Сиһилии »Дулҕа

Чэрдээх сирэйдээх киһи

Джекоб Кент олус ымсыы киһи этэ. Ымсыытыгар тэптэрэн тугу да итэҕэйбэт буолбута, майгыта-сигилитэ алдьаммыта, ол иһин кинини кытары ким да аалсыһыан баҕарбата. Кэдэрги кэмэлдьитигэр, хадьарыгар эбии түлээгирэр идэлээҕэ. Ол сылдьан тугу оҥорорун билбэт этэ. Кент оҕо эрдэҕиттэн таҥас өрөр станокка сап хатааччынан үлэлээбитэ. Клондайк көмүһэ аһылларыгар биир бастакынан кэлбитэ. Кини… Сиһилии »Чэрдээх сирэйдээх киһи

Эргиллии

Өрүс киэҥ киэлитэ кыдьымах мууһунан кырылыы устар, тымныы тыал сирилэччи үрэн кыскытар. Арай, ону ол диэбэккэ, кыдьымаҕы быыһынан катер аргыый устан дьүккүйэр. Сэмэн бааһырбыт илиитэ дьаралыйарын иһин, түөһүгэр хам тутан туран эрэ тула өттүн сонургуу көрдө. Инниттэн сытыы тыал үрэ­риттэн хаххаланан катер тимир эркинигэр сыһынна уонна ону-маны эргитэ санаата: «Би­лигин… Сиһилии »Эргиллии

Оҕом ыалы дьоллоото

Утуйбакка эрэйдэнэ сыттахха, эчи, түүн уһунун. Анна Семеновна эҥин араастаан бары сыта сатаата да, хата уута кэлиэх быһыыта биллибэт. Бүгүн күнү быһа аалбыт күнүскү санаалара, үтүрүһэ-үтүрүһэ, төбөтүгэр төттөрү эргийэн кэлэ тураллар, бу утуйар уутун көтүтэн сордууллар. Устунан аны түүн уһунуттан буолбакка, аанньа утуйбакка, сарсыарда сирэй-харах буолан турарыттан санаата оонньоон барда.… Сиһилии »Оҕом ыалы дьоллоото

Уһаарыллыы

(Сэһэн) Бастакы баһа Байыаннай училищеҕа САНАА ТҮҺҮҮТЭ Мин, армияҕа ыҥырыллан Дьокуускайтан туруохпуттан баара-суоҕа икки ый буолан баран, младшай лейтенаннары бэлэмниир N-скай байыаннай училищеҕа киирэр буолбутум. Училище улахан куораттан сэттэ биэрэстэ арҕаа, тимир суол сүнньүгэр – Березовка станцияҕа баара. Березовка станция кыра өрүс уҥа биэрэгэр турар. Лоскуй-лоскуй талах арыылардаах, түргэн сүүрүктээх,… Сиһилии »Уһаарыллыы

Оҕо сааһым омоон суолларынан

Егор Жирков (Эссе-сэһэн) Сайыҥҥы уу нуурал киэһэ. Күөх халлаан ып-ыраас. Күн тыа кэтэҕэр түһэн эрэр. Күн алаас илин эҥээрин сандаарыччы сырдаппыт. Маннык үтүө, кэрэ киэһэ биһиги, доҕор дуулар, үлэхтээх сирбитигэр муһуннубут. Мин, Вася, кини убайа Коля уонна мантан тэйиччи, Дабдыгыччы диэн алааска олорор Тимка, ол иһин кыратык хойутаата. Васялаах кэлбиттэрэ… Сиһилии »Оҕо сааһым омоон суолларынан

«ЭДЭРКЭЭММИН, КЫЫС ХОТУН…»

(Кэпсээн) Зинаида Михайловна утуйа сытан ытаабыт хараҕын уутуттан уһуктан кэллэ. Сарсыарда биэс эрэ чааһы ааспытын да иһин, от ыйынааҕы күн уота халыҥ штораны курдаттыы суоһуура, онно киһи соһуйара суох: Дьокуускайга сайыҥҥы үрүҥ түүннэр олус сырдыктар. Дьахтар өссө да нуктуу түһээри хараҕын сапта гынан баран, субу түһээбит түүлэ уйгуурдан утуппата: онно… Сиһилии »«ЭДЭРКЭЭММИН, КЫЫС ХОТУН…»

Сайыына кыыс

– Паапа, кэлиий. Паапа, ханна бааргыный?.. – диэн ытамньыйбыт куолаһынан сотору-сотору хаһыытыыра. Куруҥ мас эмэҕин хасыһа олорбут киргил кыыл кыыстан соһуйан тыа үөһүн диэки көтөн күлүпүччүйэн иһэн, тугу эрэ сэрэйбиттии айманан ытаан сыналыйда. Күн сырдыгын хаххалаабыт тэҥкэ тииттэр, хараҥа харыйа ойуур, суостаахтык чугаһаабыт баһаартан куттанан иһиллээбит курдук уу чуумпута. Арай… Сиһилии »Сайыына кыыс

Ылдьаана

Холкуос пиэрмэтин сайылыга ураты кэрэ айылҕалаах сиргэ турара. Илин диэки көрдөххө, күөх мыраан өрө өҥөйөн олорор. Мыраан аннын кыйа биир көлүөнэ хатыҥнар наҥнарыһа кэчигирээбиттэр. Кинилэр үрүҥ сотолорун арҕаа мырааҥҥа тэмтэйэ олорор күн өргө диэри одуулуур, кыыһар сардаҥаларынан имэрийэ угуттуур. Онон да буолуо, ити сиргэ хатыҥнар ордук кэрэтик силигилии үүнэллэр. Сайылыкка… Сиһилии »Ылдьаана

АТЫЫҺЫТ ДЬААРБАҤ ТАПТАЛА

1 1917 сыл. Хотугу Сахалиҥҥа күһүҥҥү хаардаах сарсыарда. Күүстээх тыал тохтоло суох куугунуур. Бүгүн Надьыын Нил Ден Ын диэн кэриэй төрүттээх табаһыт ураһатыгар бу эҥэр өҥөйбөтөҕө ырааппыт ойоҕун убайа Тоҥ Дьа­рааһын диэн сааһыра барбыт саха ойууна тиийэн кэлэн соһутта. Тыла-өһө сымнаабытыттан сылыктаатахха, арааһа, Надьыын тайҕаттан өттүк харалаах эргиллибитин, өлгөм күндү… Сиһилии »АТЫЫҺЫТ ДЬААРБАҤ ТАПТАЛА

Хараҕа суох

Өрүөстээх төрөөрү ыарыыланан кэлин атахтарын олбу-солбу өрүтэ көтөҕөлөөн тэпсэҥэлии турдаҕына уот холбонон уп-уһун хотоҥҥо икки өттүнэн тардыллыбыт лаампалар араҕас уотунан сандаарыс гына түстүлэр. Онтон ыанньыксыттар киирэр-тахсар ааннара аһыллан хаачыгырыыра, кимнээх эрэ кэпсэтэллэрэ иһилиннэ. Сотору уһун субурҕа көрүдүөр устун иччитэ Мааппыс доҕор оҥостоору илдьэ кэлбит улахан кыыһын батыһыннарбытынан тиийэн кэллэ. Ынаҕа… Сиһилии »Хараҕа суох