«Дайыы, дьайыы, сыдьаайыы…»
*** Киҥкиниир киэҥ халлаанКимтэн кииннээх,Хантан хааннаах,Кимҥиний эн диэбиттииХаһааҥҥытааҕар да намтаан,Киэппэр кимэн киирэн,Киһигин дуу,Киигин дуу диэнХам ылан,Ыанньыйбыт ыар санаатынЫараҥнатан аҕалан,Ынчыктатан ыйыһыннарбытЫас хараҥа түүнүгэрКөмүскүөх айылаахКим да суоҕа. Бэйэм да суоҕум. Хараҥа халлаан эрэ баараТус толкуйбун туомтуу баайан,Тута сылдьыбыппынТуманынан тумнаран,Тыалынан үрэйэн,Такырда тымныппыта,Тыыммын иһиллээриТыһыынчанан хамныыр,Тыгыалыыр тымырбарДьүлэй түүнДьиккиэр дьүүлүнЧуордаахтык чуҥкунатан,Чуумпубун үрэйэн,Быстах санааБыыстала суохБайааттаҥныырАймалҕанын тарпыта —Киэҥ… Сиһилии »«Дайыы, дьайыы, сыдьаайыы…»