Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Ыстатыйалар » П. ОЙУУНУСКАЙ КЫЫҺА С.П. ОЙУУНУСКАЙА ТӨРӨӨБҮТЭ 80 СЫЛЫГАР

П. ОЙУУНУСКАЙ КЫЫҺА С.П. ОЙУУНУСКАЙА ТӨРӨӨБҮТЭ 80 СЫЛЫГАР


ОЛОХПУТ ҮТҮӨ АРГЫҺА, КИЭРГЭЛЭ ЭТЭ

Күндүтүк саныыр, күннэтэ алтыспатаргын да аттыгар баар, мэлдьи оннук буолуохтааҕын курдук саныыр саастыылааҕыҥ, бииргэ үөскээбит киһиҥ олохтон баран хаалыыта сааһыран истэх аайы, саастыылаахтар кэккэбит биллэ чарааһаан истэҕин аайы олус ыарыылаах, ааспат-арахпат кутурҕан аһыылаах буолан иһэр… Сардаана Платоновна Соловьева-Ойунская биһиги дьиэ кэргэҥҥэ олохпут аргыһа, олохпут доҕоро, быстыбат сорҕото этэ. Киһи дьон ортотугар олорор, элбэх киһини кытары күннэтэ алтыһар. Кинилэр ортолоруттан олоҕуҥ доҕоро буолар киһи ахсааннаах буолар эбит. Олору бэйэҥ эрэ талан ылбаккын, устар олоҕуҥ тиксэрэр, өссө үрдүкү Айыыларыҥ да ыйыыларынан буолар курдук.

Сардаанабыт тиһэх суолугар атаарыллыытын правительственнай хамыыһыйа үрдүк таһымнаахтык тэрийбититтэн, кини аҕатын аатынан Саха театрыттан атаарыллыбытыттан, театры толору дьон кэлбититтэн, 9 хонуга сааһын тухары — 45 сыл усталаах туоратыгар үлэлээбит Гуманитарнай чинчийии институтун балаҕаныгар ыытыллыбытыттан, дууһата орто дойдуттан букатыннаахтык арахсар дэнэр 40 хонуга аҕатын аатынан Литературнай музейга тэриллибититтэн, барыта санаа хоту барбытыттан, кини общественнай деятель, учуонай, суруйааччы, аҕатын үйэтитээччи, кэрэ киһи, далбар хотун быһыытынан үрдүктүк сыаналаммытыттан толору астынабыт.

Сардаана — улуу Ойуунускай кыыһа. Кинилэр Саргылааналыын иккиэ этилэр. Олохпут устата биһиги кинилэри Лаана, Тася диэн төрөппүттэрэ таптаан ааттаабыт ааттарынан ааттыырбыт. Оттон уу сахалыы кинилэр кэрэ ааттара хайдах бэриллибитин туһунан ийэлэрин Акулина Николаевна кэпсээниттэн истибиппит. Роддомҥа оҕолонон быыһанарын кытта, Платон Алексеевич бастакы эҕэрдэтигэр Лаана төрөөбүтүгэр «Поздравляю с Саргыланой», Тася төрөөбүтүгэр «Поздравляю с Сарданой» диэн бэйэтэ ааттаталаабыта диэн кэпсээн сирэйэ сырдаан олорорун бу баар курдук өйдуүбүт. Ити кэмҥэ төрөппүттэр оҕолоругар араас революционнай ааттары биэрэ сатыыллара: Молот, Трактор, Наводчик эҥин диэн сүөргүтүк иһиллэллэриттэн сорохтор бэйэлэрэ улаатан баран уларыттарбыт ааттарын. Уоттаах революционер Ойуунускай ити да түгэҥҥэ онно бэриммэтэх, сыыстарбатах эбит — улуу киһи өрүү улуу.

Олохпут, дьылҕабыт Лааналаах Тасяны кытары олох оҕо эрдэхпититтэн тиксиһиннэрбитэ. Дьылҕабыт ол тиксиһиннэриитэ өссө инники төрөппүттэрбит доҕордуу олохторунан бэлэмнэммит эбит. Нюрбина Дмитриевна төрөппүттэрэ: аҕата Дмитрий Николаевич Дьячковскай Чурапчы, Кытаанах нэһилиэгиттэн төрүттээх, дьон-сэргэ таптаан ааттыырынан Харача бартыһаан, ийэтэ Тааттаттан төрүттээх Пелагея Михайловна өссө ааспыт үйэ 20-с сылларын ортотугар Дьокуускайга Хампыайаптар дьиэлэригэр Ойуунускайдааҕы кытары бииргэ олоро сылдьыбыттар. Онно Пелагея Михайловна, Роман Федорович Кулаковскай ийэтигэр иитиллибит 18-таах кыыс, батараактар курстарыгар, оттон Дмитрий Николаевич совпартшколаҕа үөрэнэ сылдьаннар кэргэннии буолаллар. Онтон Платон Алексеевич Москваҕа аспирантураҕа үөрэнэр сылларыгар Дмитрий Николаевич КУТВ-га үөрэнэ тиийэн, кэргэттэринээн бары эмиэ биир дьиэҕэ — Садово-Спасскай уулусса 16 нүөмэригэр олоро сылдьыбыттар. Ойуунускайдар, Платон Алексеевич уонна Акулина Николаевна, оччолорго икки оҕолоохтор — Акулина Николаевна бастакы кэргэниттэн Мусята уонна Лаана. Тася төрүү илик. Оттон Дмитрий Николаевичтаах улахан кыыстара Динаны илдьэ сылдьаллар. Онон икки ыал ыкса доҕордоспуттар. Кэлин да кинилэр сибээстэрэ быстыбатаҕын Дина уонна Нюрбина Ойуунускай бэйэтин илиититтэн араас кэмҥэ ылбыт олохторун кэрэ түгэннэрэ буолбут бэлэхтэрэ да туоһулууллар. Ол курдук Дина Дмитриевна ийэтинээн куоракка Ойуунускайдаахха ыалдьыттыы киирбиттэригэр, Платон Алексеевич тута дьиэтиттэн тахсан, маҕаһыынтан оччотооҕуга олус күндү үрдүк тиһилик шнурдаах бачыыҥканы кытары чулку атыылаһан киллэрэн бэлэхтээбит. Ол бачыыҥка өргө диэри киэргэл буолан, ийэтинэн эһэтэ Баҕыыр Мэхээлэ (Омуоһап) өлөрүгэр кыыс бачыыҥканан муостаҕа тоһугуруурун истэн: «Оҕом тиҥилэҕэ тыастаах, хотун киһи буолсу», — диэҥ өр сылга салайар үлэҕэ үлэлиэҕин өтө көрүүтүн туоһута буолбута. Оттон Нюрбина кыратыгар арай биирдэ Чурапчыга самолет кэлэн түспүт. Сотору буолаат, ханнык эрэ мааны таҥастаах дьон кэлбиттэригэр атыҥыраан, дьиэ ааныгар быластаан турбутун, Ойуунускай туой сирэйдээх, баатанан симиллибит таҥас илиилээх-атахтаах куукуланы туттаран кэбиһэн баран дьиэтигэр киллэрбитин өйдүүр. Ойуунускай кэлин Чурапчыга кэлэ сылдьан киниэхэ өссө түөһэҥкэ бэлэхтээбитин, кини кэнниттэн быраата Ким, балта Маша кэппиттэрэ…

Онтон олоҥхоҕо күрүлүүр күнүс абааһы бухатыыра эмискэ саба түһэн Күн Айыы дьонун үүт-тураан дьоллоох олоҕун огдолутарын курдук, аана биллибэт алдьархай сатыылаан, репрессия ыар будулҕана сөрөөн аҕаларын, үйэҕэ биирдэ төрөөн ааһар саха норуотун чулуу уолун улуу Ойуунускайы былаҕайга былдьаппыт ыар сылларыгар кэргэттэрэ үүрүллэн-үтүрүллэн ийэлэрин дойдутугар Чурапчыга тахсаллар. «Норуот өстөөҕө» аатырбыт Ойуунускай кэргэттэрин, Сардаана Платоновна «Аҕам сырдык аата» диэн кинигэтигэр суруйбутун курдук, Чурапчы дьоно атарахсыппакка көрсүбүттэрэ. Бастаан Чурапчы арҕаа баһыгар Тыалырбахтар балаҕаннарыгар олорбуттара. Онтон Акулина Николаевна санаторийга бастаан кастеляншанан, онтон старшай сиэстэрэнэн үлэлиир кэмигэр санаторий уопсай дьиэтигэр биир хоһу ылан олорбуттара. Чурапчыга тахсыахтарыттан Дьоскуоскайдарга чугас дьон буолбуттара. Лаана, Тася Нюрбиналыын, биир ыал оҕолорун курдук, сут-кураан, сэрии сылларыгар икки ыалынан туох баарынан аһаан-сиэн, ийэлэрин маанытыгар улааппыттара. Нюрбина төрөппүттэрэ Чурапчы илин баһыгар дэриэбинэттэн ыраах олорор буоланнар, начальнай кылааска чутастыы педучилище базовай оскуолатыгар бииргэ үөрэммиттэрэ. Хардары-таары дьиэттэн дьиэҕэ суксуруһаллара. Онтон бэһис кылаастан ыла Чурапчы сэкэйэмигэр (ШКМ) биир кылааска үөрэммиттэрэ. Нюрбина үксүн ыйы-ыйдаан Ойуунускайдарга хонон-өрөөн сылдьара. Быыкайкаан биир хоско, Тася бас билэр ороно суох буолан, Нюрбиналыын хоонньоһон муостаҕа утуйаллара. Буруһууналаах тимир ороҥҥо утуйар Акулина Николаевна эрдэ турдаҕына, ол ороҥҥо көһөн, буруһуунатын биэтэҥнэтэн күлсүү-салсыы бөҕө буолаллара…

Мин, бу ахтыыны дьиэ кэргэн аатыттан суруйа олорооччу, эмиэ бэһис кылаастан ыла бу кыргыттары кытары биир кылааска үөрэммитим. Биирдэ, пионерскай дьыаланан сибээстээн буолуо, ханнык эрэ бырааһынньыкка быһыылаах, Ойуунускайдар дьиэлэригэр санаторийга сылдьыбыппын, хаһан да көрбөтөхпүн көрөн сөхпүппүн өйдүүбүн. Тас ааны аһан киирбитим, ааннара үрүҥ куруһуба сабыылаах эбит. Дьиэ иһэ барыта илбиргэстээх маҥан таҥас сабыылаах — остуоллуун, олоппостордуун, ороннордуун. Ийэлэрэ үлэтигэр буолуо, Лааналаах Тася суох эбиттэр. Соҕотох Муся баар эбит. Арылыччы көрөн кыраһыабай да этэ. Аантан төннүбүтүм. Туттунан олорууларынан эрэ буолбакка, Нюрбина өйдүүрүнэн, Акулина Николаевна хаһан да өллүм-хааллым диэн үҥсэргии сылдьыбакка, өйдүүн-санаалыын, саҥалыын-иҥэлиин Ойуунускай дьоно дэтэр курдук бэйэтин кыанар киһи этэ. Акулина Николаевна ол үтүөтэ оҕолорун өйдөрүгэр-санааларыгар, кинилэр киһи быһыытынан сайдыыларыгар үрдүк өйөбүл буолбута саарбаҕа суох. Кинилэр аҕаларын дьыалалара тиллэригэр сырдык эрэллэрин хаһан да сүтэрбэтэхтэрэ. Лаана ийэтинээн аҕаларын хаайыыга көрсүһүүлэрин кэпсииллэрэ. Кыракый Лаана аҕатын: «Ачыкыҥ, тиистэриҥ ханналарый?» — диэн уйадытан, «Дьээдьэлэр ылбыттара», — диэн баран ытаабыт. «Мин тугу да куһаҕаны оҥорботоҕум, уон сылынан кэтэһээриҥ — дьыалам тиллиэ!» диэбитин итэҕэйэн, Лааналаах Тася сэттискэ үөрэнэ сылдьан: «Аҕабыт эппит уон сыла туолла», — диэн аҕалара тиллэрин олус долгуйа кэтэспиттэрэ, туолбатаҕа. Арай аҕалара хаайыллыбыта 18-с сылыгар 1956 сыллаахха ССРС Верховнай Сэбиэтин бэрэссэдээтэлигэр Акулина Николаевна ыыппыт суругар харда кэлэн, Ойуунускай реабилитацияламмыта. Нэһилиэстибэ боппуруоһа күөрэйбитигэр Нюрбина маамата Пелагея Михайловна уонна Уот Субуруускай огдообото Матрена Ивановна Акулина Николаевнаҕа Ойуунускайдыын кэргэннии этилэр диэн туоһу сурук биэрэн тураллар. Тася оччолорго Томскайга мединститукка үөрэнэ сылдьан, үөрэҕин быраҕан кэлэн, Хайахсыкка аҕыйах кэмҥэ акушеркалаабыта. Лаана буоллаҕына сэттис кылаастан салгыы үөрэммэтэҕэ. Соҕотох предметтэн сылтаан, сэттискэ математикаҕа күһүҥҥү экзаменын туттарбакка, үөрэҕиттэн уурайарга күһэллибитэ. Телефонистар курстарын бүтэрэн, үйэтин тухары ол идэтинэн үлэлээбитэ. Репрессия Ойуунускай оҕолорун дьылҕаларыгар содула тугунан да кээмэйдэниэн сатаммат. Ити кэмҥэ Лаана хайыы-үйэ 25-һэ, Тася 22-тэ буола охсубута. Саамай өйдөрө-санаалара сайдар хаарыаннаах оҕо, эдэр саастара бу хара дьай сабардааһыныгар ааспыта. Көҥүл-босхо улааппыттара буоллар, төһөлөөх дьоҕурдара сайдан, талааннара тахсан, туох-туох идэлээх дьон буолан тахсаллара сарбыллыбыта буолла? Иккиэн даҕаны айылҕаттан бэриллибит араас дьоҕурдаах, күүстээх санаалаах, ылыммыттарын толорор кыахтаах дьон этилэр.

Лааналаах Тася бэйэ-бэйэлэригэр соччо майгыннаспат этилэр. Лаана муус маҥан сирэйдээх, көбүс-көнөтүк туттубут, аҕатыгар олус маарынныыр сиртэн-буортан тэйбит курдук чочуонай киһи этэ. Оҕо эрдэҕиттэн аҕатыгар маарынныыр диэн көрбүт эрэ маанылыыр, таптыыр, өрө тутар киһилэрэ этэ. Чурапчыга педучилище базовай оскуолатыгар үөрэнэригэр учуутала Николай Митрофанович Кампеев букатын көтөҕө сылдьар буолара диэн Нюрбина өйдүүр. Нюрбина маамата Пелагея Михайловна Лаана кэллэҕинэ олус үөрэрэ, тугу эмэ амтаннааҕы астаабытынан барара. Лаана биир сыл Нюрбина төрөппүттэригэр олоро сылдьыбыта. Оттон Тася буоллаҕына быдан боростуой, аһаҕас, туох да үлэттэн туттуммат, киирсэн иһэр, уол оҕо курдук бойобуой киһи этэ.

1953 сыллаахха Нюрбина биһикки Чурапчы орто оскуолатын бастакы выпуһунан, Тасялаах Сергей 1954 сыллаахха иккис выпуһунан бүтэрбиппит. Сергей Петрович биһикки биир сыл үрдүк үөрэххэ киирбиппит. Кини инженер-механик, мин инженер-гидротехник буолан кэлэн, Чурапчыга үлэлии сылдьан, 1960 сыллаахха биир нэдиэлэнэн быысаһан сыбаайбалаан, ыал буолбуппут. Оччолорго Тася СГУ-га үһүс кууруска үөрэнэ сылдьара, оттон Нюрбина өссө 1957 сыллаахха үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, Чурапчы райкомолун бастакы секретарынан үлэлиир этэ. Лаана биһиги сыбаайбабытыгар бииргэ үөскээбит үөлээннээҕэр Нюрбинаҕа кыһыл көмүс чаһы бэлэхтээбитэ күндү өйдөбүл буола сылдьар. Кини Нюрбинаны бэйэтэ Нюрбиша диэн таптаан ааттыыра. Оҕолонон-урууланан, ыал дьон буолан барбыппыт. Ыал буолбуппут бастакы сылларыгар биһиги Нөмүгүгэ олорбуппут. Тасялаах Дьокуускайга олороллоро. Өрөбүл аайы биһиэхэ матасыыкылынан кэлэн сынньанан барар буолаллара. Өрүскэ сөтүөлээн, балыктаан, олус үчүгэйдик сынньанарбыт. Биирдэ кинилэри кытта Акулина НиколаевнаНиколай Николаевичтыын-Тыаһыттыын кэлэн ыалдьыттаан барбыттара.

Онтон Сергей Петрович биһикки, иккилии оҕолоох дьон, Москваҕа аспирантураҕа бар- быппыт. Үс сыл бииргэ сылдьыбыппыт. Кэргэттэрбит, үстүү оҕолонон, биһиги кэннибититтэн эрэ наукаҕа киирсэр кыахтанан, иккиэн наука кандидата буолбуттара. Ити курдук, куоталаспыт курдук олорон, олохпут саамай үтүө, дьоллоох кэмнэрин атаарбыппыт. Элбэхтик бииргэ бултуурбут — тумаралаах туундара балыгын, Халыма куһун-хааһын да бултаан амсайбыппыт, бииргэ бырааһынньыктаан үөрэрбит-көтөрбүт… Сергей Петрович үйэтин тухары биир сиргэ — СТХНЧИ-гэ директоры солбуйааччынан өр сылларга үлэлээбитэ. Биһиэхэ, бииргэ үөрэммиттэригэр, биир тутаах киһибит, көрсүһүүлэрбитин көҕүлээччибит, тэрийээччибит этэ. Сергей Тася айымньылаах суруйар үлэтин бары өттүнэн көҕүлүүрэ, былааннаабыт үлэтин хайаан да толорторорго кыһана сатыыра. Тася «Аҕам сырдык аата» диэн кинигэтин суруйа сырыттаҕына, «Маама, хайаан да ити үлэҕин толоруохтааххын!» — диэн хонтуруоллуур буолара. Сергей Петровиһы астынан Ойуунускай дьоһуннаах күтүөтэ дииллэрэ. Сергей уларыта тутууну дууһатынан ылыммакка өйдүүн-санаалыын аймаммыта. Ыһыллыыны-тоҕуллууну утаран, «Сүүрбэ биирис үйэҕэ оҕуһунан киирэбит дуо?» диэн сытыы полемическай ыстатыйа суруйан «Якутия» хаһыакка таһаартара сылдьыбыта өйөбүлү, өйдөөһүнү ылбатаҕа. Олоҕун бүтүннүү анаабыт дьыалата букатын үрэллиитин курдук ылыныыта кини үйэтин кылгаппыта. Атаспыт Сергей Петрович олохтон ыараханнык арахсыбыта. Ону барытын Сардаана Платоновна, олоҕор өссө биир ыар охсууну ыллар даҕаны, уйарыгар тиийбитэ…

Үтүөкэннээх доҕотторбут биһиги ыал бырааһынньыктарбытын күндү ыалдьыттар буолан киэргэтэллэрэ. Сергей Петрович тиһэҕин Нюрбина 65 сааһын бэлиэтиир үбүлүөйүгэр сылдьан үөрбүтэ-көппүтэ, Сардаана Платоновна өлөр сылыгар мин икки убайдарым Гавриил Дмитриевич уонна Михаил Прокопьевич Ефимовтар тустарынан кинигэлэрим презентациятыгар сылдьан кэриэһин, алгыс тылларын анаабыт эбит. Нюрбина Дмитриевна СГТХА- гар хаста даҕаны Сардаана Платоновнаны ыныран студеннары кытары көрсүһүүлэргэ сырытыннарбыта. Кыайыы 55 сылыгар Гавриил Дмитриевичтиин ыҥырыллан сылдьыбыттара. Биирдэ республика биллиилээх дьоннорунуун Наталья Харлампьевалыын, Атос Кулаковскайдыын кыттыбыта. Онно Нюрбина: «Оҕолоор, улуу Ойуунускай кыыһын кытары көрсүбүппүт диэн үйэҕит тухары өйдүү сылдьыаххыт», — диэн эппитин билигин сонньуйа өйдүүр.

Тася айылҕаттан бэриллибит элбэх талааннааҕа. Ол гынан баран аҕатын репрессияланыыта тус талааннарын сайыннарар кыах биэрбэтэҕэ. Оттон кэлин, аҕатын дьыалата тиллибитин кэннэ, кини туох баар кыаҕын, күүһүн-уоҕун аҕатын сырдык аатын норуокка тилиннэрэргэ анаабыта, ол миссиятын чиэстээхтик толорон, дьон-норуот тапталын ылбыта. Ол үлэтин сүнньүнэн эрэ бэйэтин уһулуччу талаана, кыаҕа көстүтэлээн ааспыттара — хоһоонньут даҕаны, кэпсээнньит даҕаны быһыытынан. Биһиги санаабытыгар, кини кэпсээнньит быһыытынан олус ураты, туспа талааннааҕа аҕатын туһунан кылгас кэпсээннэригэр чаҕылыйан, күлүм гынан көстүбүтэ. Оттон ахтыылара ураты истиҥнэринэн, санаатын толору этэллэринэн, сыанабылларынан эмиэ саха литературатыгар ураты миэстэни ылаллара саарбахтаммат.

Тася бэртээхэй ырыаһыт этэ. Нуучча норуотун ырыаларын олус үчүгэйдик ыллыыра. Оттон көрүдьүөстэнэн бырааһынньыктарга опернай ария матыыптарыгар «Куобах-куобах барахсаны» толордоҕуна, куолаһа айылҕаттан бэриллибит баайын истибит эрэ сөҕөрө. Анаан сайыннарбыта, үөрэммитэ буоллар, опернай да ырыаһыт буолуон толору сөптөөҕө…

Тася, этиллибитин курдук, медицинскэй институкка үөрэнэ сылдьыбыта. Ситэ үөрэммитэ буоллар, куһаҕана суох быраас буолуо этэ… Итини барытын, Тася тус талаана ситэри арыллыбатаҕын репрессия ыар содулунан эрэ быһаарыахха сөп. Ол, биллэн турар, эдьиийин Лаана дьылҕатыгар да, эмиэ улахан охсуулаах буолбута эрээри, кини үйэтин тухары олус бэриниилээхтик, үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Кини оҕо эрдэҕиттэн элбэҕи аахпыт, үгүс хоһооннору нойосуус ааҕар ис-иһиттэн үрдүк культуралаах сырдык киһи этэ.

Тася Лааналыын олус эйэлээхтэрэ. Лаана бас билэн, бэйэтин оҕотун курдук сананан, Тасялаах улахан кыыстарын, Машаны, ииппитэ. Биирдэ Лаана, сиртэн-буортан тэйбит курдук бэйэтэ, бииргэ олорор даачаларыгар (Мерзлотка кэннигэр) күөстэнэр оһох оҥорон сөхтөрбүтүн туһунан Тася олус да үөрэн-көтөн, сөҕөн- махтайан туран кэпсиирэ. Тася кини туһунан анал ахтыы суруйар былааннааҕа. Аҕатын айымньыларын таһаартарыыга күүскэ үлэлиирэ. Эмискэ буулаабыт ыарахан ыарыы эрдэ илдьэ барда, саатар өссө аҕыйах сыл олорбута буоллар, ити былааннарын хайаан да толоруохтааҕа. Кини хайдахтаах курдук туруу үлэһитин биһиги үчүгэйдик билэрбит.

Бастаан сыллааҕы отчуоппар аһара түүннэри-күнүстэри үлэлээммин ыарыйдым быһыылаах диэбитэ. Бастакы күлүмэх ыарыытын кэнниттэн нэһиилэ тыыннаах хаалан баран Нюрбинаҕа: «Испин-үөспүн барытын ырытан, тырыта тыытан ойуун дуу, удаҕан дуу оҥороору муҥнаатылар уонна тыыннаах хааллардылар. Онон олоро түһэр инибин. Үлэбиттэн уурайабын, театрга, музейга, концертарга сылдьыахпыт», — диэн эрэлин эппитэ. Ыарахан ыарыы ыллар ылан, ол эрэлэ сүппүтэ. Операция, химиотерапия кэнниттэн Иркутскайтан кэлэн дьиэтигэр биир эрэ хоноругар: «Тыыннаах хаалар күчүмэҕэй буолла быһыылаах…» — диэбитэ… Кини бу олохтон барыытын айылҕа бэйэтэ анаан бэлиэтээбит курдук буолла: күнүгэр Дьокуускайга өтөр буолбатах силлиэ тыал түстэ, атаарыллар күнүгэр күнү быһа курулас ардах кутта… Айылҕаттан туһунан аналлаах сүдү дьон эрэ олохтон ба- рыытын айылҕа бэйэтэ итинник бэлиэтиир диэн биһиги төрүттэрбит итэҕэйэллэрэ, номох- кэпсээн оҥостоллоро…

Улуу Ойуунускай кыыһа олохтон барда. Аҕатын туһутар олус элбэҕи, махталлааҕы, үйэлээҕи оҥорон барда. Ойуунускай оҕолордооҕо, Сардаана курдук кыыстааҕа үчүгэй даҕаны эбит, улуу киһи кытаанах дьылҕатын бэлэҕэ эбит дии саныыгын. Оттон Сергейдээх Тася эмиэ оҕолордоохторо, сиэннэрдээхтэрэ саныахха олус үчүгэй, астык. Көлүөнэлэр ситимнэрэ быстыбат. Ойуунускай аатынан фондаҕа кини сиэнэ Платон Сергеевич Соловьев эстафета ылан, үлэтин саҕалаата. Өссө биир хос сиэн Платон Михайлов улаатар. Оттон Тася толору аатын ааттатар сиэнэ Сардаана Платоновна Ойунская, орто үөрэҕи быйыл бүтэрэн, государственнай салалта институтугар киирдэ. Сардаана Платоновна сырдык аатын үйэтитии чэрчитинэн ити оҕону өйөөн, кэскилин тэрийэн Саха Республикатын правительствота анал стипендия анаан үөрэттэрэрэ буоллар диэн биһиги Сардаана Платоновнаны кытары бииргэ үөрэммиттэр ааттарыттан баҕабытын этэбит.

Оҕо эрдэхпититтэн олохпут доҕоро, киэргэлэ буолбут күндү дьүөгэбит Тася — Сардаана Платоновна Соловьева-Ойунская сырдык кэриэһин тыыннаахпыт тухары үрдүктүк тутуохпут, күндүтүк саныахпыт, оҕолорун кытары сибээспитин быспакка тута сатыахпыт.

Н.Д. ЕФИМОВА,

историческай наука кандидата, СГТХА доцена

Н.И. ЕФИМОВ,

техническэй наука кандидата, СГУ ИТФ доцена