Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Ыстатыйалар » Олоҥхоһут-суруйааччылар уонна кинилэр олоҥхолоро

Олоҥхоһут-суруйааччылар уонна кинилэр олоҥхолоро


Саха маҥнайгы сүһүөх суруйааччылара норуот тылынан айымньытын дэгиттэр билэллэрэ, литературнай суруйууларыгар фольклор айымньыларыттан силис тардыммытгара. А.Е. Кулаковскай маҥнайгы суруйуута “Байанай алгыһа” диэн булчуттар өрүү туттар алгыстарын уус-уран өттүнэн чочуйан, ааҕарга анаан суруйбута. Дьэ ол иһин саха литературатын алгыс тылынан саҕаламмыт литература диэн этэллэрэ олохтоох курдук.

Суруйааччылар олоҥхоҕо сыһыаннара бэрт ураты уонна харыстабыллаах этэ. Саха литературатын аҕата Өксөкүлээх Өлөксөй олоҥхоһут хоммут ыалыгар улахан дьоро киэһэ буоларын, оҕонньоттордуун оҕолуун, эмээхситтэрдиин эмэнниин бары олоҥхоһут оллоонноон олорон омуннаахтык олоҥхолуурун, күннээҕи кыһалҕалаах олохторун умнан, олоҥхо кэрэ эйгэтигэр киирэн, кини толоруутун утаппыттыы истэллэрин туһунан ойуулаан суруйбутун научнай суруйууларга мэлдьи холобурдууллар. Онтон П.А. Ойуунускай отутус сылларга “олоҥхону утары охсор илиилэрин ууммут” урдустарга утаран: “Хайа да омук үүнэн-сайдан тахсарыгар кирилиэһин маҥнайгы үктэлинэн буолар – кини ырыата, олоҥхото”, – диэн саамай сөпкө бэлиэтээн турардаах.

Саха суруйааччыларыттан олоҥхону толороллоро уонна бэйэлэрэ олоҥхо текстин суруйан хаалларбыттара: П.А. Ойуунускай, С.С. Яковлев-Эрилик Эристиин, В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап, С.С. Васильев-Бороҕоонускай, М.Н. Доҕордуурап.

Биллэн турар, кинилэр олоҥхолооһун саамай үгэннээн сайдан турар кэмигэр төрөөбүт-үөскээбит буоланнар, оҕо эрдэхтэриттэн олоҥхо ураты эйгэтигэр иитиллибиттэрин бэлиэтиир наада. Олоҥхо тылын-өһүн, ойуулуур-дьүһүннүүр дэгэттэрин, эгэлгэ баай сюжеттарын А.Е. Кулаковскай эппитинии “ийэлэрин эмиийин үүтүн кытта” эмсэхтээн улааппыттара. Кинилэр бары оҕо саастарыгар умсугуйан истибит, аҕа туттар олоҥхоһуттаах буолаллар эбит.

П.А. Ойуунускай Таатта чулуу олоҥхоһуттарын И.Н. Винокуров-Табаахырап, Н. Малгин-Көтүөхэ уола, А. Харлампьев-Кылачыыһап уо.д.а. толорууларын батыһа сылдьан истибитин туһунан үөлээннээхтэрэ ахталлар эбит. Кэлин бэйэтэ суруйбут “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотугар Таатта талыы олоҥхоһуттарын олоҥхолуур уратыларын бэлиэтээн туран, “Табаахырап курдук таттаран эттэхпинэ”, “Акыым уус курдук аттаран эттэхпинэ”, “Кылачыыһап курдук кытыаран эттэхпинэ”, “Куһаҕана буоллаҕына, Куохайаан курдук куллурҕатан бардахпына” диэн, олоҥхотун киирии тылыгар ахтан аһарар.

Күннүк Уурастыырап олоҥхолуур идэҕэ уһуйбут учууталынан бэйэтин кэмигэр Аммаҕа, киин улуустарга киэҥник биллибит Т.В. Захаров-Чээбийи ааттыыра. На-роднай поэт кини туһунан бэртээхэй ахтыыны суруйбута. Онуоха Чээбийтэн ордук этэр тыл эгэлгэтин баһылаабыт олоҥхоһуту көрсүбэтэҕин, киниттэн бэрт элбэх олоҥхо сюжеттарын уонна хоһоонноон хомоҕойдук этиини иҥэриммитин бэлиэтээбитэ.

Г.Д. Старостин ахтарынан, Эрилик Эристиин эмиэ оҕо эрдэҕиттэн норуот тылынан айымньытын эгэлгэ хоһооннорун, тылларын кэрэхсии улааппыт. Чакыр нэһилиэгэр Ырыа Охонооһой, Ырыа Ылдьаа диэн биллэр ырыаһыттар, олоҥхоһуттар көрүлээн-нарылаан ааспыттара. Кинилэр толорууларын С.А.Новгородов суруйталаан революция иннигэр тахса сылдьыбыт “Саха саҥата” диэн хаһыакка таһааран киэҥ эйгэҕэ тиэрпитэ, үйэтиппитэ. Кэлин Эрилик Эристииҥҥэ суруксуттаабыт С.Н. Анисимов ахтарынан, суруйааччы олоҥхолуурга уһуйбут учууталын Ырыа Ылдьааны улаханнык ытыктыыр, хардарыта ыалдьыттаһар эбиттэр. Хас көрсүстэхтэрин аайы нэһилиэк, улуус аатырбыт-сураҕырбыт олоҥхоһуттарын ахтыһаллар, олоҥхо туһунан санааларын атастаһаллар эбит.

Мантан да көстөрүнэн, олоҥхоһут суруйааччылар син эмиэ ийэ олоҥхоһуттар курдук эпическэй эйгэҕэ биһиктэнэн улааппыттара, уус-уран тыл сүөгэйин-сүмэтин бэйэлэрин түбэлэрин бастыҥ олоҥхоһуттарыттан иҥэриммиттэрэ, оччотооҕу талааннаах оҕолор сиэрдэринэн олоҥхолоон, ыллаан-туойан бэйэлэрин үөлээннээхтэригэр күнү саататаллара. Онтон улаатан, дьон-сэргэ да ортотугар көр кэриэтэ олоҥхолуур да түгэннэрэ бааллара. Ол эрээри кинилэр үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьан, ийэ олоҥхоһуттар курдук дьарык гынан олоҥхолуур, кыһыҥҥы уһун түүннэри кылгатар кыахтара суоҕа биллэр. П.А. Ойуунускай, Күннүк Уурастыырап, Эрилик Эристиин оҕо сылдьан олоҥхолообут олоҥхолорун сурукка-бичиккэ түһэрэн үйэтитиигэ айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ. Сэргэй Васильев оҕолорго анаан тэттик олоҥхолору суруйбуттара. Михаил Доҕордуурап олоҥхо суруйбута эмиэ биллэр.

Суруйааччылартан аан маҥнай П.А. Ойуунускай бэйэтин олоҥхотун суруйууну саҕалаабыта. Кини иннигэр олоҥхону хоһоонунан наардаабакка кэпсээн форматынан суруйуу баара. И.А. Худяков, Э.К. Пекарскай, С.В. Ястремскай суруйбут уонна бэчээттэппит олоҥхолоро кэпсээн курдук суруллубуттара. Бэл оннооҕор олоҥхону жанр быһыытынан остуоруйаҕа чугаһатан көрдөрүү эмиэ баара. П.А. Ойуунускай олоҥхону хоһоонунан айыллар поэтическай текст курдук көрөн суруйуута сонун уонна сөптөөх этэ. Киниттэн холобур ылан, олоҥхолорун суруйбут олоҥхоһут суруйааччылар бары хоһоонунан суруйар буолбуттара. Уопсайынан да отутус сылларга олоҥхо хоһоонунан строкаларга наарданара үгэскэ кубулуйбута. Маныаха П.А. Ойуунускай маҥнайгы үтүө холобуру көрдөрбүтэ диэн бэлиэтээн аһарыахтаахпыт.

П.А. Ойуунускай олоҥхото бэчээттэнэн, тылбаастанан, киэҥник тарҕанан, олоҥхоһут суруйааччы быһыытынан И.В. Пухов, В.Т. Петров, П.Н. Дмитриев ыстатыйаларыгар, быстахтык да буоллар, сырдатыллан ааспыта. Онон биһиги В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап уонна С.С. Яковлев-Эрилик Эристиин олоҥхолоругар олоҥхоһут уонна суруйааччы айар талааннара алтыһыыларын туһунан бэрт кылгастык билсиһиннэрэн ааһары наадалааҕынан ааҕабыт.

Народнай поэт Күннүк Уурастыырап “Тойон Дьаҕарыма” олоҥхотун икки төгүл туспа кинигэнэн таһааттарбыта уонна поэт А.А. Романов нууччалыы тылбаастаабыта. Маҥнайгы таһаарыытыгар поэт: “Бу олоҥхону суруйарбар мин суруйааччы курдук сананан, тупсара-чочуйа сатаабатым, олоҥхо идейнэй ис хоһоонун уларыппатым. Сүрүн болҕомтобун уус-уран куорматын уонна народнай стилин тутуһарга туһаайдым”,– диэн суруйбута. Маныаха народнай поэт кыларыйан турар кырдьыгы эппит диэн бигэргэтиэхтээхпит. Онуоха Т.В. Захаров-Чээбий “Ала Булкун” уонна Күннүк Уурастыырап “Тойон Дьаҕарыма” олоҥхолорун киириитигэр эпическэй кэми хоһуйбуттарын тэҥнээн көрүөххэ сөп.

Чээбий:

Былыргы дьыл мындаатыгар,

Урукку дьыл уорҕатыгар,

Эргэ дьыл эҥээригэр,

Нөҥүө дьыл түмүгэр,

Чиэрэс дьи тимэҕэр… (с. 11.)

Күннүк Уурастыырап:

Былыргы дьыл киэнин

Быһылааннаах быдан мындаатыгар,

Урукку дьыл киэнин

Охсуһуулаах одун уорҕатыгар,

Ааспыт дьыл киэнин

Алдьархайдаах анараа таһаатыгар,

Нөҥүө дьыл киэнин

Дүбдүргэннээх түбүлээн түмүгэр,

Чиэрэс дьыл киэнин

Дибдиргэннээх тибилээн тимэҕэр. (с. 7.)

Көстөрүн курдук, олоҥхо эпическэй кэмэ үгэс быһыытынан бэриллибит. Чээбий олоҥхотун суруттарарыгар олук хоһооннору кылгатан биэрбит, онтон Күннүк Уурастыырап бэйэтэ суруйбут киһи быһыытынан олук хоһоон сүрүн тылларын уус-уран сиэллээх-кутуруктаах эпитеттэринэн эбэн-сабан сиһилээн суруйбут. Арай, биһиги санаабытыгар, “Эргэ дьыл киэнин этиһиилээх эҥээригэр” диэн этиини ситэри суруйбатах.

Бухатыыр тас сэбэрэтин ойуулааһыҥҥа Күннүк Уурастыырап аҕа туттар олоҥхоһутун хоһуйан этэр хоһоонун сүһэн ылбыт быһыылаах.

Чээбий:

Үс былас (харыс) куоҕайар маҥан

Уһун моонньоох,

Биэс харыс мэлийэр уһун

Мэлигир маҥан сирэйдээх,

Уолах тиити

Төрүт чууркатын

Быһыта сыспыт курдук кырыылаах

Сылбараҥ маҥан харылаах… (с. 11.)

Күннүк Уурастыырап:

Үс былас

Куоҕайар уһун моойдоох,

Былас ордуга түөс аҥаара

Мэлэгэр маҥан сирэйдээх,

Баай уолах тиити

Төрүт чууркатынан

Быһыта сынньан кээспит курдук

Кырыылаах сылбараҥ маҥан харылаах…

Бу холобурдарга бухатыыр тас бодотун ойуулааһын эпитеттэрэ уонна тэҥнэбиллэрэ, сүнньүнэн, биирдик бэриллибиттэр. Бу, биллэн турар, олук хоһооннор олоҥхоһуттан олоҥхоһукка, текстэн текскэ уларыйбакка бэриллэн иһэрин көрдөрөр. Онуоха эбии Күннүк Уурастыырап Чээбий олоҥхолуур үгэһин, тылын-өһүн утумнаабытын туоһулуур.

Хайа да олоҥхоҕо аан дойдуну ситимнииир Аал Луук Мас баар буолар. Кинини олоҥхоһут эрэ барыта уран тыл тиийбэтинэн уустаан-ураннаан хоһуйар үгэстээх. Бу маһы Чээбийдээх Күннүк Уурастыырап хайдах хоһуйбуттарын холобурдаан көрдөрүөҕүҥ.

Чээбий:

Аан ийэ дойду

Хайҕах быара буолбут,

Улуу ийэ дойду

Нохтолоох сүрэҕэ буолбут,

Сылгы сүөһү

Дьөһөгөйө сөрүөстүбүт,

Ынах сүөһүтүн

Айыыһыта эриллибит,

Аҕыс салаалаах

Аал Луук сибээт маһа

Онно айыллан тахсыбыта үһү. (с. 12.)

Күннүк Уурастыырап:

Аан ийэ дойдум

Хайҕахтаах хара быара буолбут,

Сылгы сүөһү

Дьөһөгөйө сөрүөстүбүт,

Анах сүөһү

Айыыһыта хаххаламмыт,

Аҕыс салаалаах

Аал Дууп Мас диэн

Күтүр үрдүк үтүө мас

Үүнэн-үөскээн турбут эбит.

Маҥнайгы холобурга курдук, Чээбий олук хоһооннор сүрүн өйдөбүллэрин кылгастык биэрбит. Онтон Күннүк Уурастыырап уус-уран ньымалары: эпитеттэри, тэҥнэбиллэри хойуутук туһаммыт диэххэ сөп. Күннүк Уурастыырап Чээбий олоҥхотун суруллубут тексин дьиҥ олоҥхоһут толоруутугар ырааҕынан тиийбэтин бэлиэтээбитэ. Ол эбэтэр олоҥхону сурукка-бичиккэ түһэриигэ кылгатыылар, быһыта этэн кэбиһиилэр баалларын туоһулуур.

Күннүк Уурастыырап олоҥхону суруйарыгар олоҥхолуурга уһуйбут учууталын стилин, тылын-өһүн, ойуулуур-дьүһүннүүр дэгэтин биэрэргэ дьулуспутун бэлиэтээн туран, поэт киһи сиэринэн тупсаҕайдык этэргэ тардыспыт түгэннэрин бэлиэтээн аһарар тоҕоостоох. Ону бэрт аҕыйах холобурдарынан бигэргэтэр оруннаах.

Эрдэҕэс улар кыыл түөһүн

Эбир түүтүн ойуутун курдук

Ииримтийэн көстөр

Эҕэрдэлээх илин халлаан

Истиэнэтин илин кырыытын диэки

Эргитэ баттаан көрөн турдахха… (с. 8.)

Чээбий олоҥхотугар маннык формула суох эрээри, олоҥхоһуттар толорууларыгар син балачча иһиллэн ааһааччы. Ол эрээри олоҥхоһуттар хаһан да “эҕэрдэлээх халлаан” диэбэттэр, үксүгэр “иэйэхситтээх” эбэтэр “инискэннээх” диэн эпитеттэри туттааччылар.

Омоллоон олоҕо олохсуйбут,

Дьэргэстэй ыһыаҕа тэнийбит,

Мичээрдэ баһаама тарҕаммыт. (с. 15.)

Кэнники хоһоон олуга икки инники мэлдьи туттуллар олук хоһоон строкаларыгар дьүөрэлээн саҥалыы этиллибит. Маннык этиини Күннүк Уурастыырап олоҥхотугар булуохха сөп.

Бысталаабыт тиит быччыҥнаах,

Хастаабыт тиит харылаах,

Суллаабыт тиит сотолоох,

Бэрэбинэ тиит бэйэлээх.

Маҥнайгы хоһоон строкалара олоҥхоһуттар текстэригэр, ол иһигэр Чээбийгэ, үгүстүк көстөр, онтон бүтэһик строка Күннүк Уурастыырап саҥа киллэриитэ буолара мунааҕа суох.

Маннык кыралаан да буоллар уларытыылар, саҥаттан киллэриилэр Күннүк Уурастыырап олоҥхотугар син балачча бааллар. Народнай поэт олоҥхотун суруйарыгар сиэллээх-кутуруктаах этиилэри кылгаталаабытын туһунан бэлиэтээбитэ. Чээбий да олоҥхотун суруйарга кылгатыылар өссө элбэхтэр. Олоҥхону сурукка-бичиккэ түһэрии кини үөскээн, сайдан кэлбит эйгэтиттэн тэйитии, сурук-бичик үгэһигэр киллэрии курдук көрүөххэ сөп.

Эрилик Эристиин литератураҕа поэт быһыытынан киирбитэ. “Кэриэс туолуута” сэһэнин сүрүн геройа Уулаах Уйбаан олоҥхоһут идэлээх уонна ол идэтэ кинини өлөр өлүүттэн быыһыыр. Сэһэҥҥэ икки түгэҥҥэ олоҥхолооһун ойуулааһына баар. Уулаах Уйбаан “Буура Дохсун” олоҥхо сүрүн бухатыырынан сирэйдээн бандьыыттар хотторуохтаахтарын дьүһүйэн этэр. Уулаах Уйбаан этэр тылын эгэлгэтэ, хомоҕойдук хоһоонноон этэрэ, сэһэн автора бэйэтэ ааттаах олоҥхоһут буоларын кэрэһэлиир.

Эрилик Эристииҥҥэ суруксуттаабыт С.Н. Анисимов суруйааччы олоҥхо киирии чааһын ордук көтөҕүллэн толорорун бэлиэтиир. Онтон Е.А. Макаров Күннүк Уурастыырап олоҥхото кинигэнэн тахсыбытын ааҕан иһитиннэрбитин уонна бэркэ хайҕаабытын ахтар.

Олоҥхоһут суруйааччы 1938 сылтан 1940 сылга диэри “Буура Дохсун”, “Айыы Дьөһүөл”, “Харалаан Мохсоҕол” диэн толору олоҥхолору уонна “Талыы Талба бухатыыр” диэн олоҥхоттон быһа тардыыны суруттарбыта РНА СО Саха сиринээҕи Научнай Киинин архивыгар уурулла сыталлар. Кэлин суруйааччы И.Е. Федосеев “Буура Дохсун” олоҥхотун туспа кинигэнэн таһааттарбыта.

Суруттарбыт олоҥхолорунан тойонноотоххо, Эрилик Эристиин олоҥхоһут гиэнэ чулуута быһыылаах. Олук хоһооннор, уларыйбат эпитеттэр, араас баай тэҥнэбиллэр, тэҥнээһиннэр, уустаан-ураннаан этиилэр олус дэлэгэйдик туттуллубуттар. Тэнийэ барбакка, “Айыы” Дьөһүөл” олоҥхоҕо бухатыырдар дуолан охсуһуулара бэриллибитин холобурдуубут.

Өлүү-сүтүү дүбдүргэнэ

Дьэ үөдүйдэ,

Муҥ-сор быһылаана

Дьэ буулаата,

Үрдүк халлаан

Өрөһөтүн аннынан

Үҥүү-батас күөрэйдэ,

Кыырай халлаан

Кыыһар-ыыһар кырсынан

Кытыан илбис кыырайда,

Уһуктаах уһуктаахха уолдьаһан,

Уһуктара мүлтүрүйүүтэ буолла,

Кырыылаах кырыылаахха кыттыһан

Кылааннара анньыллыыта буолла. (с. 110.)

Манна санааны хатылаан этии, итиэннэ сытыары да, туруору да аллитерациялар наардаан туттуллууларынан бухатыырдар охсуһуулара уус-уран өттүнэн олус табатык уонна итэҕэтиилээхтик ойууламмыт. Ордук синтаксическай параллелизм ойуулуур-дьүһүннүүр ньыма быһыытынан үгүстүк туттулларын бэлиэтиэххэ сөп. П.А. Ойуунускай курдук хоһоон ритмическэй тутулун кыайа-хото биэрэр эбит диэххэ сөп. Бу түгэни бухатыыр майгытын-сигилитин ойуулааһыҥҥа да көрүөххэ сөп.

Маннык бэйэлээх киһи

Бар дьонугар

Майгыта хайдаҕый диэтэххэ, –

Ийэ ууһа илгэтигэр

Эйэҕэстик эркиннэспит,

Аҕа ууһа аймаҕар

Амарахтык сыһыаннаспыт,

Сытар ынаҕы туруорбат,

Сытыары сымнаҕас эбит.

Күөх оту тосту үктээбэт

Көссүө көнө киһи эбит. (с. 15.)

Көстөрүн курдук, биир санааны хатылаан, төхтөрүйэн этиилэр хоһоонноон этии тэҥ кэрдиистээх түһүмэхтэрин үөскэтэллэр уонна истэргэ даҕаны, ааҕарга даҕаны дорҕооннор дьүөрэлэһэннэр кэрэтик иһиллэллэр. Олоҥхоһут суруйааччылар сахалыы хоһоон бу уратытын суруйбут олоҥхолоругар күүстэрэ кыайарынан, санаалара таайарынан, оҕо эрдэхтэриттэн ылыммыт үөрүйэхтэринэн туһаммыттара, өссө чочуйан, тупсаран киллэрбиттэрэ диэн этэр сөп.

Эрилик Эристиин суруйбут олоҥхолоро сюжетнай-композиционнай тутулларынан олоҥхоһуттар толорууларыттан уратыта суох. “Буура Дохсун” олоҥхо сүрүн геройа, син эмиэ атын олоҥхолорго курдук, дуулаҕа күүстээх, айыы аймаҕын араҥаччылыыр, күн улууһун көмүскүүр үрдүк аналлаах, кырдьык дьыала өрөгөйдүүрүн туһугар өлөрүн-тиллэрин да кэрэйбэт айыы бухатыыра. Буура Дохсун олоҥхо сюжетнай-композиционнай тутулун сүрүн эргийэр тутааҕа. Кини олоҕун, хорсун-хоодуот сырыыларын кытта олоҥхо сюжета сайдар, араас персонажтар олоҥхоҕо киирэн тахсыылара Буура Дохсуну кытта сибээстээхтэр. Орто дойду бухатыырдара сүрүн герой хаан-уруу аймахтара, чугас дьоно буолаллар. Ол аата урааҥхай саха ууһуурун, үс саха үөскүүрүн туһугар туруулаһыы сүрүн идеята этиллэр.

Толору суруллубут “Буура Дохсун”, “Айыы Дьөһүөл” олоҥхолорго эпическэй үгэскэ мэлдьи баар мифологическай персонажтар тэҥэ, хайаларыгар да баар дьүһүннээх үтүөтэ Үрүҥ Үкэйдээн, Уруйдаан удаҕан, айыы бухатыыра Оҕо Чутустаан, абааһы атамаана Буор Түһүллэй биир майгыннаахтар, олоҥхоҕо ылар суолталара даҕаны биирдэр. Олоҥхоһуттар эпическэй текстэрин үөрэтэн-чинчийэн да көрдөххө, персонажтар олоҥхоттон олоҥхоҕо көһө сылдьыылара баар суол. Олоҥхоһут суруйааччы ити үгэстэн туора туруон хайдах да сатаммат. Эрилик Эристиин олоҥхоһуттар үгэстэрин утумнаабытын, олоҥхо уопсай тутулун, мифологическай персонажтар тиһиликтэрин, олук хоһооннорун, тылларынөстөрүн баһылаабыта көстөр.

Ол да буоллар Эрилик Эристиин, син эмиэ П.А. Ойуунускай, Күннүк Уурастыырап курдук, суруйтарбыт олоҥхолоругар кыралаан да буоллар бэйэтиттэн саҥаны киллэриилэрин көрүөххэ сөп.

“Буура Дохсун” олоҥхоҕо икки сюжетнай линия тэҥҥэ сайдан барара баар. Буура Дохсун уонна Күн Эрбийэ өстөөхтөрүн кытта киирсиилэрэ тэҥҥэ бэриллэр. Үксүгэр олоҥхолорго сүрүн герой тула олоҥхо сюжета сайдар, кини хорсун хоодуот сырыыларын кэпсээһин сүрүннүүр тосхоллоох буолар.

Эрилик Эристиин икки толору суруллубут олоҥхолоругар айыы бухатыыра күөлэһийэ түһээт, хомпоруун хотой буолан үөһээ үрдүк өндөл халлааҥҥа көтөн тахсар. Үгэс быһыытынан айыы бухатыырдара моонньугар мойбордоох мохсоҕол көтөр буолааччылар. Эрилик Эристиин “Кэриэс туолуута” сэһэнигэр Уулаах Уйбаан олоҥхолууругар айыы бухатыыра хомпоруун хотой буолан абааһы аймахтарын аан алаһаларыгар тиийиитигэр аан алдьархай буолбута хоһуллар. Онуоха үрүҥнэр штабтарын начальнига олоҥхоһут хотойунан кыһыллары дьүһүннээн эппитин, үрүҥнэр хотторуохтаахтарын таайтаран эппитин сөпкө тойоннообута баар. Эрилик Эристиин олоҥхолоругар хомпоруун хотой киллэриллибитэ мээнэҕэ буолбатаҕа буолуо диэн таайыахха сөп. Олоҥхону кылаассабай охсуһуу сылларыгар иэҕэн, айыы уонна абааһы бухатыырдарын охсуһууларынан дьиҥнээх олоххо баар түгэннэри дьүһүйэн этиилэр үөскүү сылдьыбыттара. Сунтаарга С.С. Афанасьев-Ырыа Сиэҥкэ, Аммаҕа Т.В. Захаров-Чээбий кылаастар күрэстэһиилэрин курдук түгэннэри сатаан аттаран киллэрэллэрин туһунан кэпсээннэр элбэхтэр.

Эрилик Эристиин “Буура Дохсун” олоҥхотугар сүрүн герой үөһээ өндөл маҥан халлааҥҥа олорор Үрүҥ Аар Тойону кытта күрэстэһиитэ киллэриллибит.

Көлбөх аһыҥ

Көҕүрээтэҕин аайы

Кулут дьоҥҥун

Куһуйа оонньообут,

Хамначчыт дьоҥҥун

Хайдыбыт куҥнаабыт,

Үллэ сытыйбыт

Үрүҥ Аар Тойон. (с. 294.)

Көстөрүн курдук, Үрүҥ Аар Тойон баттабыллаах-атаҕастабыллаах баай киһи курдук ойууламмыт. Олоҥхоҕо хас да сиргэ Үрүҥ Аар Тойон Орто дойдуга Буура Дохсун аҕатын Айыҥа Сиэри күүһүнэн көскө ыыппыта этиллэр. Дьэ ол иһин уола буутун этэ буһан, холун этэ хойдон өс-саас ситиһэр соруту туруорунар уонна Үрүҥ Аар Тойон буруйун билинэригэр күһэйэр.

Ат тарпат

Аньыылааҕым да иннигэр

Аһынан көрүүй!

Кырдьык, былыр

Баай буолан

Бардамныыр этим,

Тот буолан

Дохсуннуур этим. (с. 296.)

Дьиҥ олоҥхоҕо Үрүҥ Аар Тойон (Үрүҥ Айыы Тойон) сүрүн мифологическай персонаж быһыытынан биллэр. Орто дойду дьоно, урааҥхай сахалар, “арҕаһыттан тэһииннээх айыы аймахтара”, “көхсүтгэн тэһииннээх күн улуустара” диэн бэйэлэрин өрө туттуналлара. Үрүҥ Аар Тойоҥҥо үҥүү-сүктүү, кини орто дойду дьонун араҥаччылыыр, көмүскүүр аналлааҕа бары олоҥхолорго баар.

Олоҥхо ис хоһоонун атыннык аттаран таһаарыы Эрилик Эристиин “Талыы Талба бухатыыр” диэн олоҥхотугар эмиэ көстөр. Бухатыыр аата да эпическэй үгэскэ ханна да суох, Эрилик Эристиин олоҥхотун ис хоһоонугар дьүөрэлээх. Кини – буор дьадаҥы дьон оҕото, дьадаҥылар тустарыгар туруулаһан охсуһар.

Сэбиэскэй былаас сылларыгар олоҥхоһуттар олоҥхо ис хоһоонун саҥалыы тыынныы сатаабыт түгэннэрэ син бааллар этэ. Ол курдук биллиилээх олоҥхоһуттар Д.М. Говоров “Үөлэн Хардааччы”, М.Т. Шараборин-Кумаарап “Уордаах Даарын” олоҥхолоругар айыы бухатыыра кыайбыт-хоппут өстөөхтөрүн баайдарын-дуолларын кыра-дьадаҥы дьоҥҥо түҥэтиилэрэ кэпсэнэр.

Эрилик Эристиин олоҥхотугар саҥа сүүрээннэри киллэрэ сатаабыта бэйэтин кэмин ирдэбиллэриттэн тахсыбыта диэн этэр тоҕоостоох. Ол да гыннар кини тылыттан суруллубут бөдөҥ эпическэй текстэр олоҥхолооһун үгэстэригэр олоҕурбутгара диэн бигэтик этэбит.

Түмүктээн эттэххэ, Күннүк Уурастыырап даҕаны, Эрилик Эристиин даҕаны олоҥхону үйэтитиигэ, сурукка-бичиккэ түһэриигэ айар талааннарын кыаҕынан, этэр тылларын эгэлгэтинэн, сүрэхтэрин баҕатынан кыттыспыттара. П.А. Ойуунускай олоҥхону хоһоонунан суруйуутун ньыматын бэйэлэрин текстэригэр халбаҥнаабакка тутуспутгара, уус-уран өттүнэн норуот хоһоонунан этэр үгэстэрин утумнаабыттара эрээри, сорох түгэннэргэ бэйэлэриттэн киллэриилэрэ, уустаан-ураннаан имигэстик этитэлээн ааспыттара эмиэ баар.

В.В. ИЛЛАРИОНОВ, филологическай наука доктора, СГУ профессора.