Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Ыстатыйалар » Ойуунускай олоҥхото нууччалыы тахсыыта

Ойуунускай олоҥхото нууччалыы тахсыыта


Москваҕа буолбут бүтүн Аан дойдутааҕы кинигэ быыстапкатын туһунан анал ыстатыйа “Литературная Россия” хаһыат 1975 сыл балаҕан ыйын 5 күнүнээҕи нүөмэригэр бастакы балаһаҕа тахсыбыта. Онно Ойуунускай олоҥхото биллиилээх тылбаасчыт-поэт Владимир Васильевич Державин тылбааһынан нууччалыы тахсыбыта үгүс көрөөччүлэр болҕомтолорун чуо тардыбытын, омук сирдэриттэн сылдьар ыалдьыттар дьиктиргээн, сөҕө-махтайа көрбүттэрин туһунан кэпсэнэр. Ол иһин даҕаны саха героическай эпоһын бу боччумнаах таһаарыыта “Кинигэ 1975” диэн быыстапка анал дипломунан наҕараадаламмыта. Саха олоҥхотун кытта киэҥ ааҕааччы Владимир Державин тылбааһыттан кылгас быһа тардыылары ити ааттаммыт хаһыат сирэйиттэн өссө эрдэ билсибитэ. Онно олоҥхо киирии тыла, Орто дойдуга Күн улууһун дьоно олохсуйуутун ойуулуур эпическэй хартыыналар киллэриллибиттэрэ. Маны таһынан “Дьулуруйар Ньургун Боотур” туспа кинигэнэн тахсыан иннинэ бүтүн аан дойдутааҕы уус-уран литература библиотекатын маҥнайгы сиэрийэтигэр олоҥхоттон быһа тардыы бэриллибитэ. Бу сиэрийэ киириитигэр Владимир Державин тылбааһа талааннаахтык оҥоһуллубутун уонна тылбаас көмөтүнэн олоҥхо үрдүк культуралаах ааҕааччылар дьүүллэригэр тахсарын таба сыаналаан суруйбуттара.

Өр сылларга сыралаах үлэтин түмүктээн, тылбаасчыт Владимир Державин 1971 сыл сэтинньитигэр Саха сирин Суруйааччыларын союһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Семен Петрович Даниловка маннык ис хоһоонноох суругу ыыппыт: “Дьэ, үлэм түмүгүн, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо тохсус ырыатын, эйиэхэ ыытабын. Иннокентий Васильевич Пухов сахалыытын кытта тэҥнээтэ уонна эрэдээксийэлээтэ. Сүҥкэн үлэ түмүктэннэ уонна саха улуу олоҥхото аан дойдуга айыллыбыт улуу эпостар кэккэлэригэр бочуоттаах миэстэни ылыаҕа диэн мин бүк эрэнэбин”. Күн бүгүн интернационалист, тылбаасчыт-поэт Владимир Державин өрө көтөҕүллүүлээх этиитин олох бэйэтэ бигэргэтэр.

В.В. Державин Ярославскай уобалас Нерехта куоратыгар 1908 сыллаахха төрөөбүтэ. Кини төрөөбүт ийэтэ тыа сирин учуутала, аҕата эмчит этэ. Володя оҕо сааһа Унже өрүс үрдүгэр турар Кологрив куоракка уонна кэрэ көстүүлээх, баай айылҕалаах Волга кытылыгар ааспыта. Кини бэйэтэ аһаҕас эттээх, тугу истибитин өйүгэр-санаатыгар иҥэринэн иһэр, билиигэ-көрүүгэ тардыһыылаах оҕо буола улааппыта. Эгэлгэ элбэх остуоруйаны уонна былинаны билэр Елена Ивановна диэн ньээньэтbн сыҥааҕын анныттан арахпат буолара. Уолчаан төрөөбүт эбэтэ Евдокия Васильевна Панова декабристартан төрүттээх-уустаах киһи буолан дьиэтигэр баай библиотекалааҕа. Володя төрөөбүт тылыгар тапталы, умсулҕаны аан бастаан онно билбитэ.

Кострома оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан уон иккититтэн ойуулуур-дьүһүннүүр студияҕа ситиһиилээхтик дьарыктаммыта. 1925–1930 сыллардаахха Москваҕа Бүтүн Союзтааҕы художественнай мастарыскыайга живопись факультетыгар үөрэммитэ. Кини ол кэмҥэ уруһуйдуурун сэргэ хоһоон суруйара. Владимир Державин Максим Горькайы кытта көрсөр дьолломмута. Улуу суруйааччы эдэh поэт хоһооннорун биһирээн, санаатын көтөхпүтэ. Хоһооннорун бастакы хомуурунньуга 1936 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыта.

В.В. Державин отутус сыллардаахтан оччотооҕу Советскай Союз норуоттарын литератураларын тылбаастааһынынан утумнаахтык дьарыктаммыта. Манна кини айар талаана киэҥ далааһыннаахтык арыллыбыта. Владимир Державин сүүрбэттэн тахса норуот чулуу айымньыларын тылбаастаан нууччалыы саҥардыбыта. Олор истэригэр казахтар “Камбар батыр”, латыштар “Лачплесис”, эстонецтар “Калевипоэг”, армяннар “Давид Сасунскай”, узбектар “Арзигуль” курдук эпостарын дойду ааҕааччыларыгар тиэрпитэ.

Кини тылбааска үлэлээһинин далааһына сүрдээх киэҥ. Ону А.С. Пушкин аатынан республиканскай библиотека национальнай уонна краеведческай литератураҕа салаатын үлэһиттэрэ Е.П. Быллырытова, И.Г. Макаров кыһанан-мүһэнэн таһааттарбыт “Владимир Державин” диэн биобиблиографическай ыйынньыктарыттан ааҕан билиэххэ сөп. Тылбаасчыт мындыр уонна унньуктаах үлэтин соҕотох итинтэн эрэ даҕаны көрөн астынаҕын. Бу олоҕун тиһэх күннэригэр сахалар героическай эпостарын туруулаһан туран тылбаастаан бүтэрбит Державиҥҥа, кини үтүө аатыгар сүгүрүйүүбүт сэмэй бэлиэтинэн буолар.

Тылбаасчыт Владимир Державин кэриэһигэр анаан суруйбут “Олоҥхоһут оҕонньор” диэн хоһоонугар поэт Николай Рыкунов литературалар доҕордоһууларын эпос бухатыырдарынан ойуулаан көрдөрөр:

Доҕотторуом, дьэ үөрүү:

албан аатырбыт

Дьулуруйар Ньургун Боотур

Илья Муромецтыын

илии тутуста,

убайдыы-бырааттыы

уохтаахтык уураста!

Хайдахтаах курдук истиҥ санааттан, барҕа махталтан тахсарый поэт хоһоонугар тылбаасчыт мөссүөнүн, кини толуу, сырдык сэбэрэтин олоҥхоһукка холуйан, куолаһын Өлүөнэ кутуллар сүүрүгэр тэҥниирэ:

Айар үлэ

Аал уотун төлөнүгэр

Хомус тылыныы

Лыҥкыныы хатарыллан,

Куолаһа Өлүөнэлии

Доллоһуйа кутуллан,

Ол толуу нуучча оҕонньоро

Каминын иннигэр

Оллоонноон,

Олоҥхолоон лоҥкуната олороро

Харахпар бу илэ баардыы

Хамнаан кэлэргэ дылы…

Владимир Державин Саха народнай поэта Семен Данилов бу хайысханан туруорсар ыллыктаах тылын ылынан, П.А. Ойуунускай суруйбут “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун нууччалыы тылбаастаабыта. Кини бу бүтэһик, тиһэх үлэтэ этэ. Олоҥхо тылбааһа 1975 сыллаахха туспа кинигэнэн бэчээттэнэн тахсыбыта. Уус-уран тылбаас ааҕааччылар уонна идэлээх дьон киэҥ биһирэбиллэрин ылбыта. Пропагандалыыр үлэтин иһин поэт-тылбаасчыт В.В. Державиҥҥа Армянскай уонна Узбекскай ССР-лар искусстволарын Үтүөлээх деятеллэрин, Таджикскай ССР Рудаки аатынан уонна Саха АССР П.А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэлэр лауреаттарын үрдүк ааттара иҥэриллибиттэрэ. Владимир Васильевич Державин советскай тылбаастыыр оскуола төрүттээччилэриттэн биирдэстэринэн ааттанар.

Литература уонна искусство бөдөҥ деятеллэрэ олоҥхо тылбааһын үрдүктүк сыаналаан киин сурунаалларга, хаһыаттарга суруйан тураллар. Олортон холобур кэриэтэ ССРС Педагогическай наукаларын академиятын дьиҥнээх чилиэнэ, Ленинскэй бириэмийэ лауреата, Социалистическай Үлэ Геройа Сергей Михалков этиитин ахтыахха сөп: “ВладимирДержавин үлэтэ, – диир кини, – биһиги литературабыт күндү баайыгар бөдөҥ кылаат, советскай тылбаастыыр оскуола биир уһулуччулаах ситиһиитэ. Сахалар эпостара нууччалыы тылынан бэчээттэнэн тахсыыта – бары советскай норуоттар культураларын бырааһынньыга”, – диэн бигэргэтэн эппитэ.

Д.В. Кривошапкин–Ньимкалан “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону хас даҕаны сыл устата сыралаһан туран, дьүккүөрдээхтик үлэлээн эбээннии тылбаастаан, “Бичик” кинигэ кыһатыгар 1996, 2000 уонна 2003 сыллардаахха үстэ төхтүрүйэн олоҥхо тоҕус ырыатын таһаарбыта эмиэ биир кэрэхсэбиллээх суол.

                                                                                           Петр Дмитриев, Сардана Ойунская