Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Ыстатыйалар » Ойуунускай экономикаҕа көрүүлэрэ

Ойуунускай экономикаҕа көрүүлэрэ


Биир чуумпу сарсыарда эргэ төлөпүөнүм муҥнаах, тыын былдьаһардыы тоҕо эрэ олус омуннаахтык хардьыгынаан соһутта. Оччолооҕу истибит оҕонньор олоруом баара дуо, хаба тардан ылан «да!» диэн тоҕо бардым. Арай истибитим, Суруйааччылар сойуустарын саҥа бэрэссэдээтэлэ, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Ондуруоһап буолан биэрдэ. Ити үлүгэрдээх дуоһунастаах киһи мээнэҕэ эрийбэтэҕэ буолуо диэн, төйүҥү бэйэм чөрбөйүү бөҕөнү чөрбөйөн истэ олордохпуна:

– Эдуард Иванович, биллиилээх архивист Александр Александрович Калашников убайбыт Былатыан Ойуунускай Арассыыйа экономикатын ырытан, Саха сирин Киин Ситэриилээх Кэмитиэтигэр ыыппыт дакылаатын булбут. Ону Сэмэн Тумат биһикки Калашниковтан ылан олоробут. Эн, экономист уонна суруйааччы киһи, киирии тыл суруйан быһаарарыҥ буоллар, «Чолбоҥҥо» таһааран дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэриэ этибит, – диэтэ.

Оччолооҕу истибит киһи олоруох бэйэлээх буолуом дуо, Бэчээт дьиэтигэр тиийэн, Ойуунускай илиинэн суруллубут дакылаатын куопуйатын ыллым…Дьиэбэр тиийэн, хонтуора судургу «баар-суох» диэн тылларынан суруллубут дакылааты ааҕарым буолуо диэбитим, дириҥник хорутан, ымпыктаан-чымпыктаан быһааран, ырытан суруллубут дьоһун докумуон буолан биэрдэ. Ол эрэ буолуо дуо, бу суруйууга ахтыллар быһыы-майгы, биһиги 90-с сыллардааҕы былааннаах, норуот бас билэр баайдаах-дуоллаах, үлэлээх-хамнастаах (средства производства и призводительные силы) экэниэмикэттэн, кэтэх бас билиилээх ырыынак хаһаайытыбатыгар киирэр,  уларыта тутуу иннэ-кэннэ биллибэт булкуурдаах, алдьатыылаах, ыһыллыылаах-тоҕуллуулаах, охсуһуулаах-этиһиилээх ыарахан сылларыгар хаартыскаҕа түһэрэн ылбыт курдук маарынныыра миигин ордук долгутта. Онтон ороһуйан, оччотооҕу 1918 сылтан 1923 сылга диэри Арассыыйаҕа туох уларыйыы буолбутун ырытан-ырыҥалаан көрбүтүм, ити тэҥнэбил уот харахха буолан таҕыста. Ол курдук бу дакылаакка 1918 сылтан айбардаабыт «байыаннай коммунизмтан» «экономикаҕа саҥа политика» (НЭП) диэн ааттаммыт салайыыга судаарыстыба кыттыгастаах ырыынак экономикатыгар киирии кэмэ суруллубут эбит. Дьэ манна буолла эбээт, баччааҥҥа диэри кыайан быһаарылла,  ситэри олохсутулла  илик көҥүл-босхо барбыт ырыынакка киириибит булкуурдаах хамсааһыннарын, ааспыт үйэ адаардаах арҕаһын анараа өттүттэн ыйан-кэрдэн, сырдатан биэриитөрүөттээн-төрүччүлээн быһааран биэриитэ. Бу дьикти дакылаакка улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай НЭП-кэ киириигэ туһаныллыахтаах төһүүлэри, сөптөөх уонна барыстаах хаһаайыстыба хайдах олохтонуохтааҕын, судаарыстыбанан хайдах таба салаллыахтааҕын, суолу-ииһи киһи сөҕүөн курдук ыйан, эркээйи охсон, бигээн-биһээллээн биэрэр. Ону кини, экономика ис хамсатар сокуоннарыгар олоҕуран, көстөр уонна көстүбэт ньымаларын дьэҥкэтик арыйан, ыраастаан суруйбут.

Биһиги билэрбитинэн, туохха да тэҥнэммэт уһулуччулаах В.И.Ленин НЭП-кэ киириитин бырайыага 1921 сыллаах саас Бүтүн Арассыыйатааҕы коммунист (бассабыык) баартыйатын 10-с сийиэһигэр ылыныллыбыта.  Ойуунускай Саха сирин үлэлээн иитиллээччилэригэр тиэрдиллиэхтээх бу илдьит суруйуутугар ырыынак уонна судаарыстыба дьайыыларыгар тирэнэн салаллыахтаах дьикти экномиканы олоххо киллэрэр, билиҥҥинэн эттэххэ, бырагырааматын чэрчитин тыа хаһаайыстыбатын уонна промышленность нөҥүө субу баардык ырытан (ырытан эрэ буолуо дуо), сэрии иннинээҕи уонна ол кэннинээҕи туруктарын, атынных эттэххэ сайдыытын уонна самныытын, статистика экономикаҕа туттуллар ньымаларын табыгастаахтык туһанан тэҥнээн, холобур оҥорон көрдөрбүт.

Төһөтүн да иһин, промышленноска балайда кэмҥэ илиибинэн-атахпынан  (практически) быһаччы үлэлээбит, түөрт уонтан тахса сыл экономика ис туругун, уларыйыытын-тэлэрийиитин да үөрэппит, сир баайын туһаҕа таһаарар улахан тэрилтэлэр барыыстаахтык үлэлиэхтээх бырагырааммаларын оҥорсубут доктор диэн ааттаах оҕонньор буоллаҕым. Онон оччо сыыстарбатым буолуо диэн эрэл санаалаах олорон эттэхпинэ, П.А. Ойуунускай бу дакылаатыгар оҥорон таһаарыы тэриллиитин (производственные отношения) хайдах баарынан эрэ буолбакка, хаһаайыстыба уустук ис сыһыаннаһыытын, сахалыы-махалыы малтаччы эттэххэ – моҕойдуу эриллэр араас үөннээх киириитин-тахсыытын, сорох-сороҕор өлөрөр-өһөрөр, моҥкуруут ыытар даҕаны дьааттаах тигиитин, ырыынак экономикатын уустук үтүргэннэрин (конкуренция) сокуоннарыгар, түөрүйэтигэр, ньымаларыгар олоҕуран ырытара, сөптөөх холобурдары булан киллэртиирэ миигин сөхтөрдө. Үтүргэннээх ырыынак экономикатын тыыннаах буолар ис уйулҕатын, тутулун бары хамсааһыннарын түһүүтүн-тахсыытын, уларыйыытын, көстөр-көстүбэт суолун-ииһин билбэт киһи сэбиэскэй Арассыыйа Госпланын бэрэсэдээтэлин Глеб Максимилианович Кржижановскай курдук салайааччы дириҥ өйдөбүллэрдээх быһаарыыларын куоһур оҥостуо, сөптөөх ырытан бэйэтин туһатыгар чопчулааһын бэлиэтиэ дии санаабаппын.

Ойуунускай ол сүүрбэһис сыллар дирбиэннээх-дарбааннаах уларыта тутууларын кэмигэр, бэл Г.М. Кржижановскай курдук киһи: «Если Вы выходите на рынок с продуктом, имеющим кроме производственной цены, еще и известную нарощенную величину, то Вы можете переложить этот налог на другого, если имеется для вашего товара конъюнктура восходящих цен. Если вы имеете товар, который является представителем конъюнктуры падающих цен, то Вы являетесь только воспринимателем этих налогов, неимеющим переложить их ни на кого», – диэн тыа хаһаайыстыбатын таҥнары түһэр конъюнктуратын түгэхтээхтик чопчулаан эппитин дэлэҕэ даҕаны булан ылан, сөптөөҕүнэн ааҕан дакылаатыгар киллэриэ дуо.

Платон Алексеевич аҥаардас бу холобура да кини экономикаҕа киэҥ практикалыы билиилээҕин, түөрүйэ да өттүгэр хаалсыбатын көрдөрөр. Ол иһин НЭП-кэ киириини сөптөөҕүнэн ааҕан, маннык дакылааты кэнэҕэски кэмнэргэ кэрэ бэлиэ эркээйи буоллун диэн анаан-минээн ыыттаҕа.

Бу бүгүҥҥү үйэ үрдүк мындаатыгар олорон анаардахха, ааспыт үйэ сүүрбэһис сылларыгар улуу убайдарбыт өркөн өйдөрүнэн тобулан, ыйан-кэрдэн, ааҕан-суоттаан быһааран биэрбит эркээйилэрин олохпутугар-дьаһахпытыгар, баламат баһаам айылҕабыт баайыгар, майгыбытыгар-сигилибитигэр (менталитет) сөп түбэһиннэрэн, айылҕабыт барҕа баайыгар, үлэҕэ-хамнаска сыһыаммытыгар (производственные отношения) тирэх оҥостон, судаарыстыба уонна ырыынак табыгастаах, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэр салайынар төһүүлэрдээх (механизмы регулирования), араҥаччылыыр бас билиилээх «экономикаҕа саҥа политиканы» (НЭП) ситэ туһамматах эбиппит. Ол оннугар тастан симиллэр глобализация, цифровизация, кластеризация, сыыппаралааһын курдук арҕааҥҥы, цивилизациялаах  дэнэр дойдулар иһирик ойуурдарыгар киирэн, хараҕа суох ыт оҕотунуу мунан-тэнэн, Улуу Кытай норуота сайдар саҥа экономикатын оҥостуутугар туран биэрбиппит дуу диэн хом санаалаахпын.

Кытайдар кэмигэр социалистыы хайысхалаах, ырыынак уонна судаарыстыба салайыыларыгар олоҕурбут (смешанная модель) тутуллаах буолуохтаах НЭП сүрүн политкатын, кинилэр бэйэлэригэр сөп түбэһиннэрэн олоххо киллэрэн, билигин ырыынак уонна судаарыстыба экономикалара алтыһыылаах, эмиэ маарынныыр ис хоһоонноох: оҥорон таһаарыыны улаатыннарар, норуот олоҕун-дьаһаҕын тупсарар, судаарыстыба күүһүн бөҕөргөтөр сыаллаах-соруктаах сүҥкэннээх хаһаайыстыбаларын таба тутан, олоххо киллэрэн хайдахтаах курдук сайыннылар. Оттон биһиги оҥорон таһаарыыны, атыы-эргиэн эйгэтин бэйэлэрэ эрэ аҥаардастыы баһылаабыт, айбардаабыт, таптаабыттарынан дьаһанар буолбут хайысхалаах хаһаайыстыбалар (монополии) хабаларыгар киирбит, конкуренция диэн төрүкүтэ олохтоммотох «быһыллыбыт» «усеченнай» экономикаҕа сайдарбыт оннугар саппаҕыран олороохтоотохпут.

Мин бу докумуон нууччалыы суруллуутугар таттаран, НЭП идеятын өрө аспыт, сүрүн тутулун ырытан-ырыҥалаан, бигээн-биэскэлээн бэлэмнээбит В.И. Ленин саҥарбыт тылынан доҕуһуоллатан, сэмэлээбэттэр ини диэн эрэл санаалаах, үөһээ суруйбуппун чиҥэтэн, П.А. Ойуунускайы харахтарыыстыкалаан субу курдук быһааран этиэм этэ: «Видимо, недаром известный немецкий писатель Лион Фейхтвангер озвучил свое общепризнанное высказывание, что „талантливый человек талантлив во всем“. Истина данного определения, на мой взгляд, целиком и полностью относится к Платону Алексеевичу Ойунскому. Меня всегда восхищала не только его жизненная мудрость, но и глубина знаний во всех сферах человеческой деятельности, начиная от литературы и кончая общественным жизнеустройством. Об этом утверждают многочисленные научные источники, воспоминания известных людей республики и его земляков – таттинцев. А сегодня я встретил такой историографический пример, который показывает его знание в сфере экономики вообще, в экономической науке в частности. Ведь все это, раскрывает новые горизонты его неиссекаемого таланта».

Саха сирин автономиятын турууласпыт, Саха АССР бастакы салайааччыларыттан биирдэстэрэ буолбут Платон Алексеевич экономика уустук эйгэтигэр көрүүлэрин суруйбута, мин санаабар, бу эрэ буолбатаҕа чахчы. Ойуунускай экономикаҕа үлэлэрин түмэн Сэбиэскэй Арассыыйа  «экономикаҕа саҥа политикатын» (НЭП) уонна Кытай билиҥҥи экономикатын кытары тэҥнии тутан чинчийдэххэ, экономика наукатыгар бэрт дириҥ ис хоһоонноох, олоххо-дьаһахха улахан суолталаах, кэскиллээх диссертация тиэмэтэ буолуон сөп этэ. Билиҥҥи ыктарыылаах кирбии кэмҥэ, хамсатар-имсэтэр күүһэ быстыбыт ырыынакпыт экономикатын өрө тардан, саҥалыы сыһыаннары олохтоон сайыннарарга Былатыан Ойуунускай илгэлээх илдьитин, алгыстаах анаарыытын үөрэтии, онон сирдэтэн үлэ суолтата өссө дириҥиир. Онон өрөспүүбүлүкэ бары салайааччыларыгар бу дакылаат остуолларыгар ууруна сылдьар кэрэһит бэлиэлэрэ, ыйар тосхоллоро буолуон сөп этэ диэн баҕа санаалаахпын.

Эдуард Ефремов–Дэхси, экономика наукатын доктора, СӨ наукатын үтүөлээх деятелэ, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ

Эрэдээксийэттэн: Ойуунускай дакылаатын «Чолбон» 2023 сыл ахсынньытааҕы нүөмэригэр ааҕыахха сөп.