Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Сонуннар » Страница 7

Сонуннар

Улахан поэт олоҕо

(Саха сирин норуодунай поэта, тылбаасчыт Михаил Тимофеев 80 сааһыгар) Саха сирин норуодунай поэта, П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Михаил Елисеевич Тимофеев 80 сааһын туолла. Кини 1932 сыллаахха Бүлүү улууһун Модут нэһилиэгэр холкуостаах ыалга төрөөбүтэ. Аҕата холкуоска балыксыттыыра, ийэтэ биэс оҕотун кытары дьиэтигэр олорбута. Эдьиийэ, убайдара улаатан бараннар бары холкуос… Сиһилии »Улахан поэт олоҕо

САХА СИРИН БЭЛИЭ ДЬОНУН ЭҔЭРДЭЛЭРЭ

Борис Неустроев–Мандар Уус, СӨ Духуобунаска академиятын академига, СӨ Тимир уустарын сойууһун бочуоттаах бэрэссэдээтэлэ – Биһиги Сэбиэскэй былаас олоҕунан бэйэбит кыайарбы­тынан, сатыырбытынан олорон кэлли­бит. Былатыан Ойуунускай, Максим Аммосов курдук сүрдээх сүдү өйдөөх-санаалаах ыччаттар күөн­нэ­ринэн тураннар, бу сэбиэскэй былааһы адьас туруулаһан туран ыланнар саха дьонун дьоллоох олоҕунан сирдээн аҕалбыттарын иһин бары мах­танабыт.… Сиһилии »САХА СИРИН БЭЛИЭ ДЬОНУН ЭҔЭРДЭЛЭРЭ

САХА СИРИН БЭЛИЭ ДЬОНУН ЭҔЭРДЭЛЭРЭ

Михаил Николаев,Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенэ – Биллэн туран, судаарыстыбаны тэрийиигэ, олоҕу саҥалыы оҥостууга биһиги бары биир санаалаах буоларбыт улахан суолталаах этэ. Ол санаабыт түм­сүөхтээх этэ – саха омуга былыыр-былыргыттан ба­ҕарар баҕа санаата олоххо киириитигэр. Ол баҕата – көҥүлү уһансыы этэ. 90-с сыллар саҕаланыыларыгар эһиги көрүө этигит, хайдахтаах курдук дьон хараҕа… Сиһилии »САХА СИРИН БЭЛИЭ ДЬОНУН ЭҔЭРДЭЛЭРЭ

ИЛ ДАРХАН ИЛЛЭЭХ ОЛОҔУ ТҮСТҮҮР

Быйыл муус устар 27 күнүгэр Саха Автономиялаах Өрөспүүбүлүкэтэ тэрил­либитэ лоп курдук 100 сылын туолар. Бу саха омук уонна Саха сирин историятыгар олус суолталаах бэлиэ кэмҥэ ол биир үйэлээх судаарыстыбаннаспыт историятын сүгэһэрин быһаччы сүгэн сылдьар киһинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев буолар. Онон сахалыы тыллаах кырдьаҕас «Чолбон» сурунаал муус устардааҕы… Сиһилии »ИЛ ДАРХАН ИЛЛЭЭХ ОЛОҔУ ТҮСТҮҮР

САХА СИРИН АПТАНЫАМЫЙАТЫН ТУҺУНАН

Дакылаат Сирэ-уота Саха күбүөрүнэтин сирэ-уота ыраах хотугулуу-илиҥҥи Сэбиэскэй Сибиир үс мөлүйүөн кв. биэ­рэстэ иэннээх сирин, Өлүөнэ өрүс сүрүн үөһүн барытын сабардаан сытар. Бу күбүөрүнэ тустаах сирдээх-уоттаах, бэйэтин географиятын уонна айылҕатын быһыытынан анал кыраныыссалаах. Өскөтүн Иркутскай күбүөрүнэ сиринэн-уотунан уута-хаара Илин уонна Арҕаа өттүгэр тас диэки тардыылардаах буоллаҕына, Саха күбүөрүнэ­тин сирин-уотун уута-хаара… Сиһилии »САХА СИРИН АПТАНЫАМЫЙАТЫН ТУҺУНАН

САХАЛАР ЧУРАПЧЫТААҔЫ БЫРАБЫЫТАЛЫСТЫБАЛАРЫН ДЬЫЛҔАТА

Гаврил Андросов Саха сиригэр судаарыстыбаннас сайдыы­­тын историятыгар ураты түһүмэҕинэн 1922- 1923 сылларга үлэ­лээ­бит Быстах кэмнээх Саха уобалаһын норуо­­тун управлениета (Вре­мен­ное Якутское об­ласт­ное народное управ­ле­ние – ВЯОНУ) буолар. Бу сэ­биэскэй былаа­һы утары өрө турбут саха үөрэх­тээхтэрэ олох­тоо­бут судаарыстыбаннай тэрил­лиилэрэ, дьиҥи­нэн, Саха сиригэр тэрил­либит бастакы быра­быы­та­лыс­тыба буоларын былаас, общество уонна наука күн… Сиһилии »САХАЛАР ЧУРАПЧЫТААҔЫ БЫРАБЫЫТАЛЫСТЫБАЛАРЫН ДЬЫЛҔАТА

ХОТУГУ ХАЙАЛАРТАН – СИБИИР ИСТИЭБИГЭР: ХУДУОҺУННЬУК АЙАР СУОЛА

Россия Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэ­­нэ Анна Осипова — аныгы кэм биир биллэр-көстөр ураты буочардаах талааннаах худуо­һунньуга. Хоту дойду дьонун-сэргэтин, төрөөбүт дойдубут кыыс кэрэ айылҕатын, саха норуотун төрдүн-ууһун туһунан хартыыналары уруһуй­даан аан дойду көрөөччүлэрин киэҥ эйгэлэ­­ри­гэр таһаа­­ран ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа сү­дү кы­лаа­тын киллэрэр. Кини туруорбут быыс­тапкалара өрүү үрдүк таһымнаахтык ааһал­лар. Быыс­­­тапка буолар сиригэр… Сиһилии »ХОТУГУ ХАЙАЛАРТАН – СИБИИР ИСТИЭБИГЭР: ХУДУОҺУННЬУК АЙАР СУОЛА

Булчут үүтээниттэн – моҕол ураһаҕа

Вячеслав Яроев айар суола Сылтан сыл ахсын саха төрүт үгэһигэр, төрүт култуурабытыгар болҕомто ууруу күүһүрэн иһэр. Күннээҕи олоххо-дьаһахха, тулалыыр эйгэҕэ саха­лыы тыын уһуктан, дьон-сэргэ сахалыы оһуор­даах-мандардаах иһиккэ аһыыр, сахалыы таҥаһы таҥнар, саха норуотун күөн туттар айымньытын олоҥхону өйдүүр, саха буоларынан киэн туттар, саха итэҕэлин, култууратын үөрэтэр буолла. Кэн­чээри ыччаттарбыт кыра… Сиһилии »Булчут үүтээниттэн – моҕол ураһаҕа

Арктика сайдыыта уонна Саха сирэ

Эдуард Ефремов–Дэхси Ырыынакка киирии айдааннаах-куй­дааннаах, харах уулаах, охсу­һуу­лаах-этиһиилээх кэмнэ­ригэр ум­­нулла сыспыт Арктика билигин дьэ саҥаттан күөрэйэн тахсан, биллэн-көстөн, бы­лаас хараҕын далыгар киирбитэ син балай эмэ буолла. Ол биһиги дойдубутугар эрэ буолбатах, бэл, урут Арктиканы кыһынын тахсыбат, сайы­нын киирбэт күннээх, үрүҥ эһэ дойдута эрэ диэн өйдөбүллээх атын да омук судаарыстыбала­ра Арассыыйа… Сиһилии »Арктика сайдыыта уонна Саха сирэ