Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Сонуннар » Страница 4

Сонуннар

Эмчит суруйааччы Анатолий Слепцов ааҕааччылары кытта көрсүһүүтэ

Үрдүк категориялаах хирург, судмедэксперт быраас, Россия доруобуйатын харыстабылын уонна СӨ култууратын туйгуна, кэнники кэмҥэ саха литературатын Россия таһымыгар таһаарбыт биир чаҕылхай прозаик, поэт, Россия суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Владимир Клавдиевич Арсеньев аатынан бүтүн Россиятааҕы «Уһук Илин» литература бириэмийэтин лауреата Анатолий Слепцову 55 сааһын бэлиэтиир ааҕааччылары кытта көрсүһүүтэ сэтинньи 29 күнүгэр Н.Д.… Сиһилии »Эмчит суруйааччы Анатолий Слепцов ааҕааччылары кытта көрсүһүүтэ

Сытыытык, чопчутук ханалытан этэр прозаик

(Анатолий Слепцов кэпсээннэрин кэрэхсээтэххэ) Таатта улууһунааҕы «Араҥас сулус» литературнай түмсүү кыттыылааҕыттан Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнигэр тиийэ үүммүт прозаик Анатолий Игнатьевич Слепцов тэттик кэпсээннэрин хайдах ылыммыппын тиэрдэргэ, санаабын үллэстэргэ холонуом. Ааптар икки тылы дэгиттэр туттар ураты дьоҕурунан, айымньыларыгар уопсастыба, аныгы кэм даҕаны тирээн турар кыһалҕаларын кырдьыктаахтык бэрт дьоҕус киэп иһигэр киллэрэн… Сиһилии »Сытыытык, чопчутук ханалытан этэр прозаик

«Төлкө» ромаҥҥа ийэлэр уобарастара

Билиҥҥи кэмҥэ саха литературата күүскэ сайдан, кыаҕыран, бэйэтэ туспа суолланан-иистэнэн атын омук литератураларыттан хаалсыбат үрдүк таһымнанна. Төрөөбүт литературабыт маннык улахан ситиһиитигэр олук уурбут, элбэх күүһүн-күдэҕин биэрбит дьоннортон биирдэстэрэ – народнай суруйааччы Н.Г. Золотарев–Николай Якутскай. Ханнык саха киһитэ аахпатаҕай кини аатырбыт «Көмүстээх үрүйэтин», «Араҥ уонна таптал» алыптаах эйгэтигэр угуттамматаҕа буолуой?! «Адаҕа»… Сиһилии »«Төлкө» ромаҥҥа ийэлэр уобарастара

АЙЫЛҔАТТАН АЙДАРЫЫЛААХТАР

Владимир КОНДАКОВ-СР Норуот эмчиттэрин Ассоциациятын президенэ, профессор, суруйааччы. АЙЫЛҔА ДЬИКТИ АЙЫЫТА УЛУУ ААНА УДАҔАН (Кылгатыллан бэчээттэнэр) Аананы аатын, фамилиятын, аҕатын аатын сороҕор сыыһаллар. Төрөөбүт, олорбут да сирин былдьаһаллар. Оннооҕор онно көмүллэ сытар диэн букатын атын сири ыйар дьоннор эмиэ баал- лар. Төрүт онно суоҕунан аймаҕырҕааһын, атын да ситимнээх курдук этиилэр… Сиһилии »АЙЫЛҔАТТАН АЙДАРЫЫЛААХТАР

«Атын омук ааҕааччыларын куттарын долгутуо…»

Ааспыт сылга саха омук духуобунай лидерэ, поэт, прозаик, драматург, саха литературатыгар тапталы ураты нарыннык хоһуйан туойбут Анемподист Иванович Софронов–Алампа «Ыллыым ээ, ыллыым!» диэн тыллардаах хоһооно 32 тылынан тахсан ааҕааччы, саха литературатын кэрэхсээччи үгүс сэҥээриитин ылбыта. Суруйааччы биир уһулуччу айымньытын, кини истиҥ иэйиилээх тылын-өһүн атын омукка арыйар кыаҕы үөскэппит бырайыак ааптардарынан… Сиһилии »«Атын омук ааҕааччыларын куттарын долгутуо…»

Дьокуускайга Муса Джалиль мэҥэ сэбэрэтэ турда

Бүгүн, алтынньы 31 күнүгэр, Дьокуускай куорат Горькай уулуссатыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга Казань скверэ арылынна. Сквер сүрүн киэргэлинэн Сэбиэскэй Сойуус Геройа, ССРС Ленин бириэмийэтин лауреата, поэт, байыаннай суруналыыс Муса Джалиль боруонсаттан кутуллубут мэҥэ сэбэрэтэ буолла. Тэрээһиҥҥэ Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин премьер-миниистирин солбуйааччыта, Татаардар аан дойдутааҕы конгресстарын төрүт сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Василь Шайхразиев салайааччылаах дэлэгээссийэ кытынна.… Сиһилии »Дьокуускайга Муса Джалиль мэҥэ сэбэрэтэ турда

Киһи уонна Империя…

(Николай Лугинов «Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан» романыгар бэлиэтээһиннэр) Там, где отсутствует власть закона, нет места и какой-либо форме государственного строя. Аристотель Кэккэҕэ киирдиҥ – сүтэн, симэлийэн хаалаҕын, ол эрэн, бүтүн сорҕото буолаҕын. Николай Лугинов Эрэдээксийэттэн. 2015 сыллаахха, Россияҕа Литература сылыгар, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын института Саха сирин Суруйааччыларын… Сиһилии »Киһи уонна Империя…

“Мин хоһоонум тылын норуоппар бэлэх эрэ биэриэхпин сөп”

(Норуодунай бэйиэт суруктарыттан) Саха норуодунай бэйиэтэ Петр Николаевич Тобуруокап дьоһун олоҕун, төрөөбүт норуотугар бэлэх гынан хаалларбыт алгыстаах айар үлэтин ситэри чинчийэргэ, толору өйдүүргэ, сөптөөхтүк сыаналыырга кини биир идэлээхтэригэр, доҕотторугар суруйбут суруктара улахан суолталаахтар. Холобур, кини доҕоро суруйааччы Николай Алексеевич Габышевы кытта суруйсубут суруктарын дьиэ кэргэн архыыбыттан ыллыбыт. Бүөтүр Тобуруокап сааһын… Сиһилии »“Мин хоһоонум тылын норуоппар бэлэх эрэ биэриэхпин сөп”

Ырыа курдук олох

(Поэт, тылбаасчыт, общественнай деятель А.П. Илларионов төрөөбүтэ 70 сылыгар) «Миигин батыс, ааҕааччым! Ким эйиэхэ эттэ, бу сиргэ дьиҥнээх, өлбөт-сүппэт таптал суох диэн? Сымыйаччы кыһыл тылын быстыннар! Миигин батыс, ааҕааччыам, барсан ис, көрдөрүөм эйиэхэ итинник тапталы!» Михаил Булгаков, «Мастер уонна Маргарита». Афанасий Петрович Илларионов… Биһиги, кини хаан-уруу аймахтара эрэ буолбакка, саха… Сиһилии »Ырыа курдук олох

«ТАБАЛААХ ДЬОН» ИЧЧИЛЭРЭ

(Норуот суруйааччыта А.В. Кривошапкин 80 сааһыгар) Глобализация дьайыыта аныгы уопсастыба өйүн-санаатын уларытан, духуобунай эйгэни сатарытан үгэс буолбут сыаннастарбытын сүтэриигэ тиийэн эрэбит. Итиниэхэ анаан Д.С. Лихачев ХХ үйэ бүтүүтүтүгэр култуура туһунан эппит тылын суолтата хаһааҥҥытааҥар да улаатта: «Култуура – биирдиилээн норуоттар, аҕыйах ахсааннаах омуктар, оннооҕор бүтүн судаарыстыбалар симэлийэн хаалбаттарын сүрүн төрүтэ,… Сиһилии »«ТАБАЛААХ ДЬОН» ИЧЧИЛЭРЭ

«ТУОХТАН ДА КҮНДҮТҮК КӨРӨБҮН…»

Саха литературатыгар бэлиэ суолу-ииһи хаалларбыт поэт, прозаик, тылбаасчыт Алексей Апексеевич Бэрияк кэлэр сылга төрөөбүтэ 100 сылын туолар. Кини 26 сааһыгар, 1938 с. ССРС Суруйааччыларын союһугар киирбитэ. Партия кэккэтин эрэллээх чилиэнэ, элбэҕи эрэннэрэр суруйааччы, хас да, ол иһигэр Верхоянскай, Уус-Дьааҥы, Амма улуустарын хаһыаттарыгар редакторынан үлэлээн ааспыта. Хотугу сири сөбүлээн «Рультенин сэһэннэрэ»,… Сиһилии »«ТУОХТАН ДА КҮНДҮТҮК КӨРӨБҮН…»

“Үрүҥ хаар алгыһа” VII-c түһүлгэтэ түмүктэннэ

Хотугу дойду киhитэ – Мин эһиэхэ этиэм этэ: – Дьылҕам хаартан төрүттээх! – Дьылҕам хаартан төрүөттээх! – Кэлэр кэскилим үөрүүтэ Эмиэ хаартан төрүөхтээх! Норуодунай суруйааччы Семен Данилов бу хоһоонунан «Үрүҥ хаар алгыha» диэн ааттаммыт VII    норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия түһүлгэтэ поэзия киэһэтинэн түмүктэннэ. Алтынньы 13 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Доҕордоһуу… Сиһилии »“Үрүҥ хаар алгыһа” VII-c түһүлгэтэ түмүктэннэ

ҮРҮҤ ХААР АЛГЫҺА

VII норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия түһүлгэтэ саҕаланна              Поэзия  иэйиитинэн, норуот тылын сүмэтин, дууһатын илдьэ сылдьарынан литература жанрдарыттан ураты. Араас норуоттары сомоҕолуур кыахтааҕын көрдөрөн кэлбит «Үрүҥ хаар алгыһа» VII норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия түһүлгэтэ саҕаланна. Фестиваль  2012 сылтан саҕалаан икки сылга биирдэ ыытыллар. Саха сирин суруйааччыларын сойууһа  тэрийэн ыытар… Сиһилии »ҮРҮҤ ХААР АЛГЫҺА

КӨТӨР ААЛ САХА СИРИН САЙДАР КЭСКИЛЭ

Саха сиригэр летчиктары, техниктэри уонна да атын летнай специалистары бэлэмнээһин боппуруоһа 1992 сылтан саҕалаан туруоруллубута. Уһун бэлэмниир, тэрийэр үлэ кэнниттэн ыам ыйын 21 күнүгэр 1996 сыллаахха Саха сирин Президенэ М.Е. Николаев училище аһылларын туһунан уурааҕы илии баттаабыта. Училище Саха сиринээҕи летнай специалистар квалификацияларын үрдэтэр сыантыр базатыгар аһыллыбыта. Бастакы киирии экзаменнары… Сиһилии »КӨТӨР ААЛ САХА СИРИН САЙДАР КЭСКИЛЭ

В.Н. ПРОТОДЬЯКОНОВ КЭРИЭҺИГЭР УУС-УРАН ЛИТЕРАТУРА КИРИИТИКЭТИГЭР САБЫЫЛААХ КҮРЭС

1. СҮРҮН ТОРУМ: 1.1. «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, ХИФУ доцена, саха уус-уран литературатын кириитикэтин историятын чинчийээччи, уус-уран литература кириитигэ В.Н. Протодьяконов аймахтарын өйөбүллэринэн, кини кэриэһигэр уус-уран литература кириитикэтигэр сабыылаах күрэс биллэрэр; 1.2. Күрэскэ уус-уран литература биир уустук уонна ураты салаатыгар – уус-уран кириитикэҕэ саха билиҥҥи… Сиһилии »В.Н. ПРОТОДЬЯКОНОВ КЭРИЭҺИГЭР УУС-УРАН ЛИТЕРАТУРА КИРИИТИКЭТИГЭР САБЫЫЛААХ КҮРЭС

Любовь Борисоваттан сценарийы суруйа үөрэнии

Саха киинэтэ бэйэтин ураты суолунан, туспа истиилинэн аан дойдуга билиннэ. Биһиги дьоммут устубут айымньылара кыахтаах дойдулар, араас албан ааттаах киинэ хампаанньалара уһулбут киинэлэрин кытта тэҥ кэрдиискэ турар буолла, туора омуктар билиниилэрин ылыан ылла. Оттон киинэ туохтан саҕаланарый? Киһи, киинэ устуон баҕардаҕына, маҥнай туохха тирэнэрий? «Якутский век» кинигэ биһирэмигэр тыл этэ… Сиһилии »Любовь Борисоваттан сценарийы суруйа үөрэнии

Саха олоҥхото уонна киргиз «Манаһа»

(тэҥнээн ааҕыыттан санаалар) Саха олоҥхото улахан кээмэйдээх героическай эпостарга киирсэр. Дм. М Говоров «Мүлдьү Бөҕөтө», быһа холуйан, 20-чэ тыһыынча строкалаах, оттон П. А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотура» 36 тыһыынча строка курдук кээмэйдээх. Бэчээттэммит олоҥхолортон ити саамай улаханнара. Норуот тылынан айымньытыгар былыр ыйы ыйынан толоруллар олоҥхолор бааллара диэн ахтыллар. Олоҥхо сурукка… Сиһилии »Саха олоҥхото уонна киргиз «Манаһа»

Өксөкүлээх улахан сиэнин аман өһө

Балтараа үйэ кэриҥэ кэм улаҕатыгар саха суругунан уус-уран литературатын төрүттээччи, айар тыл аҕата Алексей Елисеевич Кулаковскай–Өксөкүлээх күн сирин көрбүтэ. Кини улахан сиэнэ РФ уонна СӨ култуураларын үтүөлээх үлэһитэ, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Уус Алдан улууһун, Бороҕон уонна Суотту нэһилиэктэрин ытык киһилэрэ Раиса Реасовна Кулаковская быйыл 85 хаарыгар үктэннэ. Бүтүн Саха… Сиһилии »Өксөкүлээх улахан сиэнин аман өһө

Николай Лугинов: «Сөп буолар хайҕалбын ылан ахан оҕонньор буолбут оҕобун»

Саха норуодунай суруйааччыта, П.А. Ойуунускай аатынан СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Россия Суруйааччыларын сойууһун Үрдүкү сүбэтин чилиэнэ, Бүтүн Кытайдааҕы Лао-Цзы наукалыы уопсастыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, СӨ Духуобунаска академиятын вице-президенэ Николай Алексеевич Лугинов быйыл атырдьах ыйын 14 күнүгэр 75 сааһын туолла. Кини «Таас Тумус» сэһэнинэн «Алжир на перекрестке культур» норуоттар икки ардыларынааҕы бириэмийэ… Сиһилии »Николай Лугинов: «Сөп буолар хайҕалбын ылан ахан оҕонньор буолбут оҕобун»

Өйбүтүн өйүү, санаабытын салайа туруоҕа…

(Суруйааччы В.В. Скрябин-Идэлги төрөөбүтэ 75 сылыгар)        Доҕоттор ортолоругар биир эмэ түмэр киһи баар буоллаҕына, ол эйгэҕэ сиэрдээх өй-санаа олохсуйар-үөскүүр буолар эбит. Итинник киһинэн биһиги көлүөнэҕэ доҕорбут, суруйааччы, учуутал Василий Васильевич Скрябин-Идэлги буолбута. Кини Төхтүрдээҕи олоҕор биһиги үөрэ-көтө түмсэрбит. Идэтинэн нуучча тылын учуутала, үтүөкэннээх киһи Нина Николаевна Скрябина (Ким) сылаас-сымнаҕас… Сиһилии »Өйбүтүн өйүү, санаабытын салайа туруоҕа…