Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Сонуннар » Страница 3

Сонуннар

«Дархан Ууска» таатталар өрөгөйдөрө

Олунньу 23-24 күннэригэр Дьокуускай куорат «Куруһаала» эргиэн түһүлгэтигэр ыытыллыбыт «ДАРХАН УУС» 13-с төгүл ыытыллар Саха сирин тимир уустарын сүрүн быыстапката түмүктэннэ. Тэрээһиҥҥэ 50-тан тахса уус Өлөөн, Дьааҥы, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Алдан, Томпо, Таатта, Чурапчы, Уус Алдан, Мэҥэ-Хаҥалас, Нам, Хаҥалас улуустарыттан уонна Туймаада хочотуттан кытынна. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков… Сиһилии »«Дархан Ууска» таатталар өрөгөйдөрө

БАРЫТА ДААДАРТАН САҔАЛАММЫТ ЭБИТ

(Ахтыыттан быһа тардыылар) Винокуров Федор Григорьевич-Даадар 1911 с. Томпо оройуонун Кириэс Халдьаайытыгар төрөөбүтэ. «Маҥнайгы хардыылар» диэн ырыа-хоһоон кинигэтин 1934 с. бэчээттэппитэ. П.А. Ойуунускай Суруйааччылар союзтарын Правлениетын председателэ эрдэҕинэ ответсекретарынан үлэлээбитэ. Ол иһин буолуо 1938 сыллаахха хаайылла сылдьыбыт. Онтон ыла тыа оскуолатыгар урукку идэтинэн учууталлаабыт. Ол да буоллар 12.06.1949 с. хара… Сиһилии »БАРЫТА ДААДАРТАН САҔАЛАММЫТ ЭБИТ

Күндэ тылыгар-өһүгэр бэлиэтээһин

Киирии Дэгиттэр талааннаах кылаассык суруйааччы, учуонай Алексей Андреевич Иванов-Күндэ (16.01.1898–30.10.1934) төрөөбүтэ быйыл тохсунньу ыйга 120 сылын туолла. Кини үөрэхтээхтэр болҕомтолорун тардыбыта ыраатта. Кини литэрэтииринэй кириитикэҕэ туспа суоллааҕын-иистээҕин, тылы тутуу үлэтигэр, литэрэтииринэй тыл сайдыытыгар дьоһуннаахай өҥөлөөҕүн, айар тыл маастара буоларын туһунан киэҥник сырдаттылар. Онон Күндэ тылыгар-өһүгэр судургутук, быстах-остох, одоҥ-додоҥ эрэ бэлиэтиибин.… Сиһилии »Күндэ тылыгар-өһүгэр бэлиэтээһин

Чолбон өй күрэһэ. Улахан оонньуу

Саха литературатын киэҥ эйгэҕэ таһаарар тосхоллоох былырыын саҕалаабыт «Чолбон өй күрэһэ» бырайыакпыт дьон-сэргэ сэҥээриитин ылбыта. Оонньууга сыл устата оскуола үөрэнээччилэриттэн, устудьуоннартан саҕалаан аҕам саастаах дьоҥҥо диэри 500-чэкэ киһи кытынна. Быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сыллара биллэриллибитинэн «Улахан оонньууну» биллэрэн, өрөспүүбүлүкэ 12 улууһун уонна Дьокуускай куораты хабан саха… Сиһилии »Чолбон өй күрэһэ. Улахан оонньуу

«ИСТИҤ КЭПСЭЭН-2024»

ОСКУОЛА СААСТААХ ОҔОЛОР уонна УЛАХАН ДЬОН ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТЭЭҔИ КӨРҮҮТҮН БАЛАҺЫАННЬАТА 1. УОПСАЙ БАЛАҺЫАННЬАТА: 1.1. «Истиҥ кэпсээн-2024» оскуола саастаах оҕолор уонна улахан дьон өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүүтүн (салгыы – көрүү) саха уус-уран литературатыгар болҕомто тардаары, проза жанрын истэр эйгэҕэ киэҥник көҕүлээри ыытыллар. Тэрийээччи – «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ. 1.2. Көрүү бастыҥ үөрүйэҕи түмэр, тарҕатар соруктаах… Сиһилии »«ИСТИҤ КЭПСЭЭН-2024»

В.Н.Протодьяконов аатынан уус-уран литература кириитикэҕэ күрэһин кыайыылаахтара

«Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ ааспыт 2023 сылга П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, ХИФУ доцена, саха уус-уран литературатын кириитикэтин историятын чинчийээччи, уус-уран литература кириитигэ Василий Никитич Протодьяконов кэриэһигэр уус-уран литература кириитикэтигэр сабыылаах күрэһи үһүс төгүлүн ыытта. Санатар буоллахха бу күрэс икки сылга биирдэ ыытыллар. Сааһынан уонна айар-чинчийэр таһымынан хааччаҕа суох сабыылаах… Сиһилии »В.Н.Протодьяконов аатынан уус-уран литература кириитикэҕэ күрэһин кыайыылаахтара

«Чолбон» сурунаал документалист-суруйааччы Д.Н.Гаврильев аатынан кыраайы үөрэтиигэ бириэмийэтэ

Сурунаал партнердарын ахсаана сылтан сыл ахсын хаҥаан иһэр. Кинилэр көмөлөрүнэн үлэ хайысхалара кэҥииллэр, суруйар-айар дьону көҕүлүүргэ күүс-көмө эбиллэр.   2023 сыллаахха Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, документалист-суруйааччы Дмитрий Николаевич Гаврильев төрөөбүтэ 85 сыла буолбута. Быйыл кини аатынан «Чолбон» сурунаал кыраайы үөрэтиигэ бириэмийэтин аан бастаан туттардыбыт. Партнердарбыт… Сиһилии »«Чолбон» сурунаал документалист-суруйааччы Д.Н.Гаврильев аатынан кыраайы үөрэтиигэ бириэмийэтэ

2023 сыл түмүгүнэн Алампа аатынан «Бастакы эрэдээктэр бириэмийэ» лауреаттара

«Чолбон» сурунаал – саха омук ХХ үйэтээҕи историятын сиэркилэтэ буолбут сахалыы тыллаах кырдьаҕас сурунаалынан буолар. Саха литературатын историятын үйэтитэр, үгүс көлүөнэ суруйааччылары биир ситимниир, саха интеллигенциятын бастыҥ өйүн-санаатын түмэр ытык ындыыны дьоһуннук сүгэр. 2019 сылтан ыла Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгин кытта кыттыһан сурунаал Алампа Софронов аатынан «Бастакы эрэдээктэр аатынан бириэмийэтин»… Сиһилии »2023 сыл түмүгүнэн Алампа аатынан «Бастакы эрэдээктэр бириэмийэ» лауреаттара

Инвестиция иирбэтэ, уурунуу туһата

Баан үрдүкү таһымнаах үлэһитэ Афанасий Лугинов: «Хас биирдии киһи үбүн сөптөөхтүк туттуон, сыал туруорунуон баҕарабын», – диир уонна инвестиция, харчыны уурунуу ту­һунан эрэдьиэстиир. Бүгүҥҥү кэпсэтиибит үптэн тутулуга суох буолуу туһунан. Ол аата хайдах диэххит? Бу иннинэ биһиги бу тиэмэни эмиэ таарыйан турабыт. Киһи үбү эргитэн, үптэн үп оҥорон таһаарыахтаах. Оччоҕо… Сиһилии »Инвестиция иирбэтэ, уурунуу туһата

ИРБЭТ ТОҤНУУН ИЛЛЭҺИИ УОННА ЫАЛЛАҺЫЫ

Кэнники сылларга Сахабыт сирин кыһы­на сымнаабытын, сайынын өҥүрүк куйаас буоларын бары бэлиэтии көрөбүт. Айылҕа дьикти көстүүлэрэ даҕаны дьону соһутара элбээтэ: кыс ортото күөллэр көһөллөр, сир сиҥнэр, дириҥ аппалар үөскүүллэр, то­лоон­нор ньуурдара тоһутталанан бугул-бугул кур­дук быллаарданаллар. Ону социальнай ситимнэргэ, атын да суруйууларга ирбэт тоҥ ууллуутун содула ­дииллэр. Ол иһин науканан бигэргэммит… Сиһилии »ИРБЭТ ТОҤНУУН ИЛЛЭҺИИ УОННА ЫАЛЛАҺЫЫ

Таас Ыстапаан

Халыҥ киэҥ аймах уруккута киэн тутта аат­­тыыр тумус туттар киһилэрэ, кэлин уонунан сыллар устата аата сибигинэйэн кэриэтэ эрэ ааттанар, көмүс уҥуоҕа көтөҕүллүбэтэх Сте­пан Дмитриевич Попов–Таас Ыста­паан бастаанньыстар хамсааһыннарын биир көхтөөх кыт­тыылааҕа. РСФСР ХК 59-3 ыст. буруйданан 1931 сыллаахха тохсунньу 14 күнүгэр тутулларыгар өлөрүллүбүтэ, 2000 сыллаахха олунньу 29 күнү­гэр СӨ Прокуратуратынан… Сиһилии »Таас Ыстапаан

Иккиэйэҕин халыҥ тайҕаҕа

(Мүччүргэннээх кэпсээн) «Вихрь» мотуордаах оҥочо хотугу өрүс күүстээх сүүрүгүн хоту дьулурҕатык айаннаан куугунуур. Оҥочоҕо үс киһи баар: күн уота килэриччи сиэбит саар тэгил уҥуохтаах Баһылай Сиипсэп мотуору салайан оҥочо кэннигэр лэҥкэйэн олорор, уола уон түөртээх Дьулус сэттэ сыл балыс балтын, Аайаны кытта, ортоку олороллор. Тыаҕа баран иһэр дьон быһыытынан оҕолор… Сиһилии »Иккиэйэҕин халыҥ тайҕаҕа

“Уолан Эрилик” ис дьиҥэ

… Поэзия туһунан сэһэргэһэ олорон, Семен Петрович соһуччу эппитэ: – Эһиги Таллан Бүрэни букатын хааллардыгыт. Дьиктилээх поэт дьиктилэрин өйдөөн көрбөтүгүт!.. – Оттон, доҕор, редактора Георгий Васильев, Талланы үчүгэйдик өйдүүр киһи, суруйдун эбээт! …Ол кэнниттэн Семен Данилов бэйэтэ Е.С. Сивцев-Таллан Бүрэ айымньытын туһунан ыстатыйа суруйбута. Георгий Сыромятников 1. Таллан Бүрэ поэматыгар… Сиһилии »“Уолан Эрилик” ис дьиҥэ

«Чолбон» – бастыҥ редакция!

Тохсунньу 11 күнүгэр, Россия Бэчээтин күнүн көрсө, «Сахабэчээт» Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыба автономиялаах тэрилтэтэ ааспыт сыл түмүктэрин таһаарда. Ол курдук, «Сыл бастыҥ редакцията» анал аатынан «Чолбон» сурунаалбыт бэлиэтэннэ. Сурунаалбыт корректора Анна Прудецкая Ил Түмэн Культураҕа уонна биир кэлим иһитиннэрэр-көрдөрөр ньымаларга сис кэмитиэтин, эппиэттиир сэкэрэтээр Туйаара Павлова «Сахабэчээт» тэрилтэ бочуотунай грамоталарынан наҕараадаланнылар.… Сиһилии »«Чолбон» – бастыҥ редакция!

“Бары айымньылара дьоҥҥо тиийбититтэн үөрэрэ”

Биһиги ыалдьыппыт – саха биллиилээх суруйааччыта А.С. Сыромятникова кыыһа, суруналыыстыкаҕа Саха Республикатын Государственнай бириэмийэтин лауреата, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ Надежда Спиридоновна Дмитриева. – Анастасия Саввична туох дьоҥҥо төрөөн улааппытый, оҕо сааһыттан ойо тутан тугу сэһэргиир этэй? – Ийэм иллээх дьиэ кэргэҥҥэ төрөөн, оҕо сааһа дьоллоохтук ааспыт. Байаҕантай улууһун Кириэс… Сиһилии »“Бары айымньылара дьоҥҥо тиийбититтэн үөрэрэ”

ХОЛОРУК

Дойдубар сылдьыбатаҕым хас да сыл буолла. Онон бэҕэһээ куораттан кэлээт, оҕо эрдэҕинээҕи табаарыспын Бүөккэни булан, сарсын турдубут 15 кустуу барарга сүбэлэспиппит. Дьэ онон, бу бүгүн саа сүгэн, үрүксээкпитигэр чаанньык, ас уктан күөллэри кэрийэ баран иһэбит. Хас да сылга мунньуллубут сонун хайабытыгар да элбэх буолан, уруккуну-хойуккуну ахтыһан, айахпыт хам буолбат.    … Сиһилии »ХОЛОРУК

Улуу Горькай уонна Ойуунускай

(А.М. Горькай төрөөбүтэ 120 сылын туолуутугар) Саха советскай уус-уран литературатын төрүттээччи, төлөннөөх революционер П.А. Ойуунускай оҕо сааһыттан төрөөбүт норуотун тылынан уус-уран айымньытынан умсугуйан, ону сэргэ нуучча классическай литературатын ааҕан, онно абылатан улааппыта. Чуолаан кини А.С. Пушкин, М.Ю. Лермонтов, А.М. Горькай, о.д.а. айымньыларын бэрт эдэр сааһыттан билэрэ, кинилэр сүдү талааннарыгар сүгүрүйэрэ.… Сиһилии »Улуу Горькай уонна Ойуунускай

«Мин олоххо аналым – сомоҕолоһуу идеятын тиэрдии»

Норуот суруйааччыта Николай Лугинов дьоро киэһэтэ Ахсынньы 16 күнүгэр П.А. Ойуунускай аатынан Саха академиялыы театрыгар норуот суруйааччыта, РФ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А. Ойуунускай аатынан СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Россия Суруйааччыларын сойууһун Үрдүкү айар сүбэтин чилиэнэ, Лао-Цзы Бүтүн Кытайдааҕы уопсастыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, СӨ Духуобунаска академиятын вице-президенэ Николай Алексеевич Лугинов 75 сааһын… Сиһилии »«Мин олоххо аналым – сомоҕолоһуу идеятын тиэрдии»

КРЕДИТ КИСТЭЛЭҤНЭРЭ

Сурунаалбыт муус устарынааҕы нүөмэригэр баан үрдүкү кэрдиистээх үлэһитэ Афанасий Лугиновтыын сэһэргэһииттэн үбү сөпкө туһаныыга анал рубрика арыйарга сананныбыт. Үп-харчы эйгэтигэр туһалаах сүбэлэри сурунаалбытыгар бэчээттиэхпит. Ыйытыыларгытын, сэҥээриилэргитин эрэдээксийэҕэ киллэриҥ. Сөптөөх уонна сөбө суох кредиттэр. Кредити ылыыга биһиги өрөспүүбүлүкэбит, хомойуох иһин, Россияҕа биир бастакы миэстэҕэ сылдьар. Биир өттүнэн, ити нэһилиэнньэбит төлүүр кыаҕа… Сиһилии »КРЕДИТ КИСТЭЛЭҤНЭРЭ

Үйэлэргэ тиийбит көмүс куоластар

         Култуура, искусство сайдыытыгар киһи саҥатын, тыаһы-ууһу устар тэрил айыллыыта сүүнэ улахан төһүү буолбута. Аан дойдуга грампластинка тарҕаныытын историятын кылгастык билиһиннэрэр буоллахха, тыаһы устар аппарат ХIХ үйэ саҕаланыыта айыллыбыт. Маннык аппараттар баар буолбуттара кинигэ бэчээттээһинин саҕаланыытыгар тэҥнээҕэ. Бастакы аппарат – фонограф. 1877 сыллаахха Томас Эдисон фонографка аан бастакы ырыаны устубута… Сиһилии »Үйэлэргэ тиийбит көмүс куоластар