Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Поэзия » НАТАЛЬЯ ХАРЛАМПЬЕВА,

НАТАЛЬЯ ХАРЛАМПЬЕВА,


саха норуодунай поэта

«КӨТӨН КҮПСҮЙ ҮРДҮККЭ…»

         ***

Саҥата суох хаалыам. Ол ордук.

Быһаарсарга олох тиийбэтэ.

Көрүмэ дуу хомойбуттук,

Ааста олох үтүөтэ.

Аны кэлэн хатыҥ чараҥ

Суугунугар суулуо суоҕа,

Сулус оҕото халлаантан

Имнэнэ кучуйуо суоҕа.

Саҥата суох хаалыам. Ол курдук

Аҥардас аналым туора тардыа.

Олох барахсан омуннаахтык

Салгыы устан доллоһутуо.

         ***

Туппутум эрэ кинигэ,

Кэппитим эрэ хоһоонум!

Онтон атын баайга

Бэйэм да ымсыырбатаҕым,

Дэлэйдик, дьоһуннук

Олохпун олордум…

Атырдьах ыйын түүнүгэр

Саҥа дьиэм түннүгэр

Миэхэ хараҥа халлаантан

Сулус оҕото имнэнэр,

Кур бэйэм кубулуйбат

Киэппиттэн сонньуйар…

Саҥа суруллар кинигэбэр

Сырдык санааны салайар,

Сахсайбыт кыл сэлээппэбэр

Чаҕылын оргууй кыбытар…

Арахсыма дуу, сулуһум!

Билбэтим төһө хаалбытын…

Ыһыктыбаппын кинигэбин,

Устубаппын сэлээппэбин –

Таҥнарбатах, сүппэтэх

Айар кутум абылаҥын!

КЫҺЫҤҤЫ ХОҺООН

«Дар напрасный, дар случайный…»

                                  А. Пушкин

Ким да аахпат кинигэтин

Оҥостон туран суруйбуппун,

Ким да сэҥээрбэт ырыатын

Сүрэхпиттэн сыыйбыппын.

Дьонноох этим. Онтум, бука,

Дьыбарга хаайтардахтара,

Дьоһун санаа, ытык тыл

Тумаҥҥа сууланнаҕа.

Маннык томороон тымныыга

Киһи сылааска наадыйар,

Маннык хараҥа киэһэҕэ

Тоҕо эрэ тулаайахсыйар.

Кэскил баһа саллайар

Саараҥ кэм кэллэҕинэ,

Адьас чугас адьарай

Саһыгырыы сүүрдэҕинэ.

         ***

Быйылгы күһүн тыына атын.

Сарсыарда сииктээх, силбиктээх.

Арай күнүһүн сылааһынан

Алы гынар ардыгар…

Таҕыстым мин, быһыыта,

Тиһэх көнө биэтэккэ,

Кэннибэр хаалла барыта –

Олоҕу ылыныы, охсуһуу,

Таптал кэхтэр киэһэтэ,

Дьол дыргыл амтана,

Таба эппит тэҥнэбилим,

Батыһааччыбар алгыһым…

Эмиэ соҕотох турабын

Кэлэр кэми кууһаары,

Олох бүппэт үтүөтүн

Өссө да дэлэйдик сомсоору.

Быйылгы күһүн тыына атын.

Миэхэ анаабат көмүс дуйун.

         ***

Аан дойду улаҕата үмүрүйэн,

Киэҥ кэйээр киэлитэ тардан,

Күөх халлаан далайа чычааһаан,

Айан аартыгын ньиргиэрэ уостан,

Олох барахсан үтүөтэ,

Дэлэйэ, дьоһуна, мэнигэ –

Барыта ньулуйан, суураллан

Кырдьар кырыыс иэдээнэ кэлбэтин!

Кэлбэтиин…

Саатар биир былыт

Үрдүбэр устуохтун,

Саатар биир ыллык

Дыргыйа тыгыахтын!

         ***

Сарсыарда эрдэ, биэскэ,

Балаҕаҥҥа уһуктан

Араас тыаһы истиэҥ,

Араас санааны ситимниэҥ…

Ханна эрэ бэрт чугас

Дүҥүрү охсон ылыахтара

Уонна сииктээх тумаҥҥа

Тэйэн, сүтэн хаалыахтара…

Тоҕо илэ  хаамтыгыт,

Тоҕо дорҕоон таһаардыгыт,

Тугу ыардык биттэнэн

Сарсыардаттан сатыылаатыгыт?

Улуу дойдум улаҕалаах

Үс бүтэй кырдьыгын

Ситэргит эбитэ дуу,

Сүүстээх эмээхсин

Сэрэх сэрбэниитин

Элэктииргит эбитэ дуу?

         ***

Хайа эрэ түҥкэтэх дэриэбинэҕэ,

Хайа эрэ бүччүм муннукка

Алампа хоһоонун уйадыйа

Хайалара ааҕарый,

Тыыннаах тыл ытабылыттан

Хараҕа ууланарый

Уонна онтун кистээн

Көхсүн этитэрий?

Хайалара?

         ***

Күһүнүм барахсан, көрөҕүн,

Кыайыы кыра, санаа элбэх.

Эн тоҕо аахтараҕын

Олох дьоһун бэлэхтэрин?

Кистэнэр, кистиир аатыгар

Дьолбун тиһэ холоммоппун,

Атырдьах ыйын көмүһүгэр

Үөрүүлэрбин дуйдатабын,

Эрэллээх доҕорум,

Халбаҥ атаһым,

Дьоһун убайым

Эйэлэрин мунньабын,

Күһүн дьоҕус бэрэмэдэйигэр

Кырдьар сааспар хаһаанабын!

         ***

Атырдьах ыйын сулустара

Хара халлааҥҥа үөмэхтэһэллэр,

Тугу эрэ кистии-саба

Мин туспун сипсиһэллэр.

Маннык түүҥҥэ үөһэттэн

Көмүс кирилиэс түһэр,

Барбыт дьонум, таптыыр дьонум

Эйэлэрэ иилии кууһар…

Ол онтон көтөҕүллэн

Үрдүккэ талаһыах курдукпун,

Чэпчэкитик, улгумнук

Симэлийиэх да эбиппин…

Ону баара сиргэ бааллар

Дьолум, дьылҕам, аналым,

Буорга сүтэр, буору булар

Куоппат тыйыс оҥоһуум…

ЫЙЫТЫК

Халлаан сырдаан эрдэҕинэ

Кыната суох, тыаһа суох

Түөрт муннуктаах көтөр

Үрдүбэр кэлэн элиэтиэ,

Соҕотох таас хараҕынан

Миигин супту одуулуо…

Ол көтөр үөдэн түгэҕиттэн

Тиллэн кэлбит курдук –

Олохпут оҥкулун ыһаары

Иҥсэлээхтик чыпчырынар,

Мэҥэ халлаан сырдыгын

Саппаҕырда күлүгүрдэр…

Харыстаабат кими да!

Тыл илбиһин иҥэриммит

Хаарыан уолбутун былдьаата,

Ылламматах ырыаларын

Ытабылга кубулутта.

Бутэй тимир сыарҕаттан

Биһиги уолаттарбыт

Адьырҕаны утарсан

Уотунан уһуутаатылар,

Боотур куттаах

Тыйыс өбүгэлэрин

Түһэн биэрбэтилэр…

Аан дойду ааттаах абааһылара

Амтаһыйа салбаналлар,

Улуу дойду улаҕатын

Симириктии кыҥыыллар.

Арҕааҥҥыны антах анньар,

Адьарайдары алдьатар

Айыыларым ханнаҕытый?

Үрүҥ кыл дэйбииринэн

Үтэйсэр кэмҥит

Кэлбэтэ дуо,

Кыра-хара омуккутун

Хараанныыр, харыстыыр

Харам чааскыт үүммэтэ дуо?

СЭТТЭ УОН СААС

Сэттэ уон саас

Сэттэ уон эрэй буолбатах!

Сэттэ уон харгыс да көрүстэр,

Сэттэ уон өһүөн да айа ииттэр,

Сэттэ уон саас

Сэттэ уон үөрүү ситимэ!

Сэттэ уон хаар нуурала,

Сэттэ уон сайын кустуга,

Сэттэ уон кыһын тургутуута,

Сэттэ уон күһүн солотуута…

Олох киэһээҥҥи килбиэнин

Сэттэ уон уотун одуулуубун,

Такайбыт дьоһун ыччатым

Сэттэ уон саараҥын сэрэйэбин,

Сүүтүк саҕа буолан көстөр

Ситиһиибин мыынабын,

Сэттэ уон чаҕыл ырам

Туолар суолун бэрийэбин…

Сэттэ уон саас

Мындыр кэмин ылынабын,

Сэттэ уон төгүл

Мин дьылҕабар махтанабын!

КЫЛГАС ХОҺООННОР

         ***

Мунума, ааҕааччым, мунума!

Саататарга, аралдьытарга бэринимэ,

Кутуҥ-сүрүҥ чараас хаттыгын

Үрэйтэримэ, ыстарыма,

Көтүмэҕи, быстаҕы

Уйулҕаҕар киллэримэ,

Мунума дуу, мунума!

         ***

Көтөн күпсүй үрдүккэ,

Сырдыыр саҕахха ыксаа,

Эстэр-быстар да түгэҥҥэр

Саатар сыыллан бастаа!

Сөллүмэ эрэ,

Соһуллума эрэ,

Сахсайыма эрэ!

         ***

Өстөһүү күүһү өһүлэр,

Өстөһүү үтүөнү өһөрөр

Уонна бэйэҕин кэбирэтэр.

Хайа эрэ хараҥа далайтан

Хара санааҕын хостуо.

Хардыыны да хаамтарбакка

Онон кыаххын кыаһылыа…

         ***

Туох барыта төлөнүөхтээх!

Доҕор алгыһа – алы гыныынан,

Хаһааҥҥы эрэ үтүө – эйэнэн,

Сиэттиспиккэ – махталынан,

Таҥнарбыкка – тымныынан,

Быстах өһү – кынчарыйыынан,

Өйөбүлү – бэриниинэн!

Барыта төлөбүр ирдиир,

Барыта соболоҥ көрдүүр…

         ***

Хаһан эрэ, ханна эрэ

Ким эрэ арыйыа кинигэбин

Уонна кылгас строкабар

Булуо олоҕун тутулун.

Оччоҕо, баҕар, салгын кутум

Астыммыттыы тыалырыа,

Өстөөх өһүн, доҕор үтүөтүн

Куйаардарга чаҕылытыа,

Үрдүк халлаан үөһүттэн

Сулустары тамныа…

         ***

Азербайджан поэта, быраат кэриэтэ доҕорум Экбер Гошалы үбүлүөйүгэр

Эйиэхэ тиийээри сананан

Биир сыл ыҥыырга сиксиллэн,

Биир сыл иҥэһэҕэ тэбинэн,

Биир сыл атым сиэлигэр

Устугас түүллэрбин сыттанан,

Айанныах да этим!

Эйиэхэ эйэбин этээри,

Хоһоонум хоһуунун мунньунан,

Тупсарыы туйгунун хаһаанан,

Айаным тыалларын ыҥыран,

Эдьиийдии дьоһуннук хомунан

Аттаныах да этим мин!

Эн үрдүк үөрүүгэр кыттыһа,

Үйэлэр быыстарын сэгэтэ,

Түүр омук улуутун ылына,

Аймахтыы ситими чиҥэтэ,

Айхалы буолбатах, алгыһы

Эйиэхэ, эйиэхэ анаары

Тиийиэм дуу диэбитим –

Күн-дьыл тиксиспэтэ,

Аартык аһыллан биэрбэтэ,

Илдьитим аараттан төнүннэ,

Ый күннүүн алтыспата,

Күһүн саастыын силбэспэтэ…

Чолбон. – 2023. – №9