Перейти к содержимому

(Кэпсээн)

Кыһыҥҥы кылгас күн. Быргыччы оттуллубут мас дьиэ иһигэр дьоллоох чуумпу. Таһыргыы тыаһыыр кирпииччэ оһох таһыгар Наайда диэн хара дьүһүннээх тыһы ыт киниэхэ анаан тэлгэтиллибит эргэ көбүөр оҕотугар сытар. Ийэлэригэр сыстыаҕынан сыстан, биэс ыт оҕото утуйан буккурууллар. Тугу эрэ түһээн ыйылаһан ылаллар. Оһох үрдүгэр лаахтаах улахан чаанньык оргуйаары сыыгыныыр. Рая кыыс арахпакка ыт оҕолорун имэрийэр. Оскуолаттан кэллэ даҕаны кырачаан кыыс күннээҕи түбүгэ ыт оҕолорун кытары бодьуустаһыы буолбута аҕыйах хонно. Хата, Наайда, бэрт сымнаҕас ыт буолан, оҕолоруттан көҥөөн ырдьыгынаабат.

Киэһээҥҥи аһылык эрэ иннинэ дьиэ иһэ уу чуумпу. Минньигэс ас сыта тунуйар уонна чаанньык сыыгыныыра, ыт оҕолоро ыҥырҕаһаллара эрэ иһиллэр. Кыра үтүлүк саҕа биэс ыт оҕото ийэлэрин эмиийин эмэллэр. Рая үөрүүтэ үрдэ суох. Этэҥҥэ буоллаҕына, аны саас биэс ытын оҕотун кытта дьэ таһырдьа оонньуур, мэниктиир санаалаах. Бу күн киэһээҥҥи аһылыктара бэрт сэргэхтик ааста. Ийэлээх аҕата үлэлэриттэн кэлэн ыт оҕолорун сурастылар. Онуоха кыыс ыт оҕолорун барытын иитэр санаалааҕын дьонугар биллэрдэ. Рая – ыал мурун бүөтэ оҕото. Улахан эдьиийдээҕэ номнуо устудьуон. Онон Рая эппитэ – сокуон. Кыыс бу баҕа санаатын истэн, дьоно сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр. Наайда барахсан ахсынньы тымныытыгар наадатыгар эрэ тахсар. Өйүн өйдөөх, ол наадатын бэрт кэбэҕэстик биллэрэр – ыйылыыр уонна ааны тарбыыр. Оччоҕуна дьиэлээхтэртэн ким иллэҥ ааны аһан ыты таһырдьа таһаарар. Кырачаан кыыс үстээҕэр Наайданы булчут оҕонньортон ылбыттара. Онон Раялаах Наайда доҕордуулар. Сайынын сир аһыгар, окко-маска барытыгар тэҥҥэ сылдьар олус өйдөөх ыт итэҕэһэ диэн тыһы этэ. Бу иннинэ иккитэ оҕоломмута. Хата оҕолорун кэмигэр тарҕатан иһэллэрэ. Арай бу сырыыга ыт кыһын төрөөн кэбиһэн, ону таһынан, оҕолоро бары кэриэтэ тыһы буолан, дьоҥҥо түҥэтии уустугурда. Ыал ийэтэ ыт оҕолорун түргэнник ыалга түҥэтэ охсор туһунан эригэр этэр да, дьыала быһаарыллан испэт. Ол курдук ыт оҕолоро номнуо харахтарын аһан, кыралаан сыыллар буолуталаатылар.

Биир үтүө күн Рая уруогун ааҕан бүтэн ытын оҕолорун үлбүрүйэ олордоҕуна, ийэтэ:

– Тоойуом, аҕаҕынаан сүбэлэстибит, Наайда оҕолорун элбэх астаах-үөллээх үтүөкэн сиргэ ыытар туһунан эйигин кытта сүбэлэһээри гынабыт, – диэтэ.

– Элбэх астаах ол кимнээххэ, ийээ?

–  Ыттар дойдулара диэн бэрт үтүөкэн сир баар үһү. Онно элбэх да элбэх ыт олохсуйар, төрүүр-ууһуур. Астара буоллаҕына, хаһан даҕаны бүппэт, аллан тахса турар үһү.

– Аата үчүгэйиин! Ол сиргэ ыттарбытын ыыттахпытына, мин онно тиийиэхпин сөп дуо, ийээ?

– Суох буолуо, чыычаах. Ыттар дойдуларыгар мээнэ киирэри көҥүллээбэттэр.

– Ыттарым оҕолоро оннук үчүгэй сиргэ барар буоллахтарына, мин кинилэргэ сыттык, суорҕан тигэбин дуо.

– Иккиэн тигиэхпит, Райка, – диэн ийэтэ көх-нэм буолла.

Аҕалара, кыыһа үөрэн чаҕылыҥныыр харахта­рын көрүмээри, итии чааскытын бобо тутан мускуйа олордо.

Ол күнтэн Рая ийэтиниин киэһэ ахсын таҥас лоскуйдарыттан суорҕан, сыттык тигэр түбүгэр түстүлэр. Наайда күнүһүн таһырдьа сылдьар, оҕолоругар түүнүн эрэ киирэр буолла. Ол кылгас кэм иһигэр арахсыы ийэ ыт барахсаны олус аймыыр быһыылаах. Хас биирдии оҕотун салаан, имэрийбиттии көрөн эрэ баран чуумпу уоскулаҥҥа бас бэринэр. Ийэлэрин сылаас хоонньугар сытан ыт оҕолоро начаас икки ардыгар утуйан буккураан хаалаллар. Биир үтүө күн сыттык, суорҕан бэлэм буолла. Ийэлээх аҕа, отур-ботур кэпсэтэ-кэпсэтэ, Наайдаттан кистээн ыт оҕолорун куулга уктулар. Рая өйдөөбөккө, тоҕо куулга угалларын сураста. Онуоха элбэх астаах сиргэ илдьэргэ хайаан да куулга уган илдьиллэрин аҕата быһаарда. Куулга суорҕаннары, кырачаан сыттыктары уктулар. Рая ол күнү быһа элбэх астаах үтүөкэн сиргэ тиийэн ыт оҕолоро төһө эрэ мэниктииллэрин санаан көнньүөрэ сырытта. Арай Наайда барахсан оҕолорун сүтүктээн тула холоруктуу түстэ, уулаах хараҕынан иччилэрин диэки ыйыппыттыы көрөн ылар. Ол күнтэн Наайда аны таһырдьа хонор буолла.

Ахсынньы аам-даам тымныыта арыый намыраан, хонуктар устан истилэр. Рая иккис кылааска ситиһиилээх үөрэҕин иһин төрөппүттэрэ кыыска саҥа оонньуур ылан үөртүлэр. Кыыс аны ол саҥа куукулатынан үлүһүйдэ. Били ытын оҕолорун арыый умнан, кинилэр дьоллоох олохторун утуйаары эрэ сытан санаан ааһар буолла. Кини санаатыгар, онно эргиччи сайын, күөх окко күөлэһийэ оонньуур ыт оҕолоро олус дьоллоохтор. Хонууга хас иһит аайы халбаһы, үүт, эт, арыылаах килиэп, буулка дэлэччи тэлгэнэ сытар.

Арай биир үтүө күн Наайда ыйылыы-ыйылыы, сытырҕалыы-сытырҕалыы хотон таһынааҕы балбаахтартан арахпатын аҕыстаах кыысчаан дьиктиргии көрдө. Рая хотон эҥээр мээнэ сылдьыбат, онно барар кыракый ыллык устун аҕалаах ийэтэ эрэ сылдьаллар, ол иһин ыраахтан көрөн үүт баар сирэ эрэ дии саныыра. Оттон бүгүн Рая Наайда быһыытын-майгытын дьиибэргээн, ытын батыста. Балбаах диэн тылтан кыыс кыра сааһыттан күлэ саныыр. Дьоно ынах сааҕа саха киһитин тоҥортон-хатартан быыһаабыт абыраллаах сыбах буоларын ахтыспыттарын санаан бүгүн эмиэ мүчүк гынна. Ол мүчүк гынаат, эмискэ балбаах аннынан кыра, хара туох эрэ быган сытарын көрөн төҥкөйбүтэ, арай доҕоор, били элбэх астаах-үөллээх сиргэ тиийбит ыттарын оҕолоро барахсаттар, тоҥ балбаахха баттатан, кутуруктара быган бу сыталлар эбит… Ол да иһин ийэлэрэ Наайда барахсан, оҕолорун өлүктэрин булан, мантан арахпат буоллаҕа. Рая этин сааһа аһыллан дьар гына түстэ. Соһуйан, саҥата суох балачча турда. Онтон хараҕын уута субуруйбутунан дьиэҕэ сүүрэн киирдэ. Ийэлээх аҕата үлэлэригэр буолан, кыыс хоско соҕотоҕун сытан уйа-хайа суох ытаата. Төһө өр оннук сыппытын өйдөөбөт. Арай аҕата кэлэн оһох оттор тыаһа иһилиннэ.

– Райкоо, чыычаах, уһугун, сотору ийэҥ кэлиэ, – диэн аҕата сымнаҕастык саҥарда.

Элбэх астаах үтүөкэн сирдэрэ баара-суоҕа балбаах буоларын таайаахтаабатах кыракый кыысчаан аҕатын саҥатыттан өссө тэптэн ытыы сытта. Кутугар-сүрүгэр, сүрэҕэр-быарыгар ийэлээх аҕатыгар абарыы, хомойуу сиикэй бааһа үөскээтэ. Сыл-хонук барахсан өрүс сүүрүгүнүү тохтообокко субуллан аастар даҕаны, ол баас хаһан эмэ оһуо дуо? Бука, хаҕылыйара эрэ буолуо…

Ульяна Захарова

Чолбон. – 2022. – № 8