Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Сонуннар » Любовь Борисоваттан сценарийы суруйа үөрэнии

Любовь Борисоваттан сценарийы суруйа үөрэнии


Саха киинэтэ бэйэтин ураты суолунан, туспа истиилинэн аан дойдуга билиннэ. Биһиги дьоммут устубут айымньылара кыахтаах дойдулар, араас албан ааттаах киинэ хампаанньалара уһулбут киинэлэрин кытта тэҥ кэрдиискэ турар буолла, туора омуктар билиниилэрин ылыан ылла.

Оттон киинэ туохтан саҕаланарый? Киһи, киинэ устуон баҕардаҕына, маҥнай туохха тирэнэрий? «Якутский век» кинигэ биһирэмигэр тыл этэ тахсыбыт дьонтон биир киһи: «Математик, инженер, спортсмен да буоллун, син биир кэмэ кэллэҕинэ олоҕун, үлэтин туһунан кинигэ суруйар, тылга-өскө эргиллэр. Тыл кистэлэҥ күүһэ итиннэ сытар. Айылҕабыт айыыта, олохпут оҥоһуута оннук», – диэбитэ. Чахчы, тыл, сурук – сирдьит, кэрэһит, түсчүт. Киинэ устуута эмиэ идеяттан саҕаланан, ол толкуй сурукка тиһиллэн сценарийга кубулуйар. Онон сценарий – киинэҥ, айымньыҥ сүрүн тыына.

Билиҥҥи кэмҥэ киинэ уһуллуон, бэйэлэрин көрүүлэрин дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдиэн баҕалаах дьон үгүс. Оннук холобурдары биһиги биирдиилээн дьон устууларыгар, социальнай ситимнэргэ, араас таһымнаах көрсүһүүлэргэ үгүстэ көрөбүт. Хас биирдии киһи тус көрүүлээх, бэйэтэ эрэ билэр ураты кэпсээннээх. Ол дьон быыстарыгар кырыылана илик күндү таас кэриэтэ сценаристар бааллара саарбаҕа суох. Оннук суруйар дьон толкуйдарын, бэйэлэрин көрүүлэрин хайдах сөпкө сурукка тиһэллэрий уонна суруйбут сценарийдара киинэ буолан тахсарын хайдах ситиһэллэрий?

«Чолбон» сурунаал киинэ эйгэтигэр киириэн, бэйэтин суолун-ииһин арыйыан баҕалаахтарга анаан сценарий хайдах сурулларын туһунан «Сахафильм» киинэ хампаанньатын үлэһитэ, «Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт» (2019), «Холодное золото» (2021), «Кэрэл» (2017), «Кэрэни көрбүт»(2022) киинэлэргэ сценарист, режиссер, монтаж режиссерун быһыытынан үлэлээбит Любовь Борисова сүбэлэрин бэлэмнээтэ. Сурунаалбыт 2022 сыл 8 нүөмэригэр тахсыбыт Любовь Борисова сүбэлэрин ааҕыҥ.

Күндү ааҕааччылар, эһиги кэккэҕитигэр биир эмэ киһи киинэ эйгэтигэр киирэн үөрэнэн, бэйэтин суолун-ииһин булуоҕа уонна онно биһиги бу матырыйаалбытын тирэх оҥостуоҕа диэн эрэнэбит. Саха биллиилээх режиссера уонна сценариһа Люба Борисова эппитинии: «Дьарыктаныҥ, онтон атына барыта бэйэтэ сыыйа кэлиэҕэ».

СЦЕНАРИЙ ИДЕЯТТАН СА5АЛАНАР

Саҥа саҕалааччылар сценарий тутулун, киэбин-кээмэйин өйдөөбөттөр, мунаараллар. Дьон суруллубут сценарийы тутан-хабан көрүөн, онтон үөрэниэн баҕарар. Сценарий суруйуутугар чахчы киһи мунаарара үгүс. Сценарист сүрүннээн драматургия тутулун (основатын) уонна айымньытын сурукка хайдах тиһэрин билэрэ ирдэнэр. Драматургияны, дыраама ымпыгын- чымпыгын үөрэтэргэ, биллэн турар, элбэх кэм ирдэнэр. Сценарист буолуон баҕалаах дьон итини бигэтик өйдүөхтээхтэр. Сорох дьоҕурдаах дьон кыраттан да иҥнэ сылдьаллара саарбаҕа суох.

Онон бүгүҥҥү сүбэлэрбэр алҕастары туоратар албастар тустарынан кэпсиэҕим. Драматург үөрэҕим суох буолан, бэйэм суруйар ньымабыттан үллэстиэҕим. Сценарий суруйуутугар, дьиҥэр, кинигэ элбэх, ону интернет ситимиттэн булан ааҕыахха сөп. «Сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук» дииллэринии, дьоҥҥо ситэри өйдөнүмтүө буоллун диэн, 2019 сыллаахха тахсыбыт «Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт» киинэбит сценарийын холобуругар тирэҕирэн быһааран көрүөҕүм.

Сценарий суруйуута, илиигин, дьоҕургун чочуйдаххына, кэмниэ-кэнэҕэс судургу буолуоҕа, үөрэниэҕиҥ, ылларыаҕыҥ.

СЦЕНАРИЙ ҮС АКТААХ ТУТУЛА

Хайа баҕарар киинэ, спектакль сценарийын ис тутула үс актан турар. Бастакы акт киинэ сүрүн геройдарын кытары билиһиннэрэр. Манна кинилэр күннээҕи олохторо, туох майгылаах дьонноро кылгастык көстөр. Ол кэннэ сүрүн герой олоҕун тосту уларытар түбэлтэ (событие) буолар. Дьэ оччоҕо иккис акт саҕаланар. Иккис акт тухары геройбут, ол эбэтэр протагонист (үтүө өрүттээх герой) утарсааччытын, ол эбэтэр антагониһын (мөкү өрүттээх герой) кытары киирсиилэрэ көстөр. Драматургияны атааннаһыы (конфликт) хамсатар. Атааннаһыы көрөөччүгэ «геройбут кыайыа дуо?» диэн интэриэһи үөскэтэр. Сороҕор атааннаһыы кистэлэҥ да буолуон сөп. Холобур, «Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт» киинэбитигэр сүрүн геройдар өлүү утары охсуһуулара көстөр. «Күн аайы оҕонньор өлөн хаалыа» диэн куттал суоһаан турар. Ол геройу да, көрөөччүнү да ыксатар.

Үһүс акт тиһэх киирсиини (финальная битва) дьүһүйэр. Манна протагонист антагониһын кытары күөн көрсүһүүлэрэ кэпсэнэр. Көрөөччүгэ «дьэ хайалара кыайар?» диэн кэтэһиилээх кэм кэлэр. Биһиги киинэбитигэр Алтан хорсун санаатын ылынан аҕатын кытары өлбүт ийэлээх эбэтин туһунан кэпсэтэргэ сананар. Ол түмүгэр кини олоҕор муҥутуур улахан кутталын кытары уун-утары көрсөр. Салгыы Алтан кыайбыт-хоппут киһи быһыытынан оҕонньор өлүүтүн хорсуннук, улахан киһи курдук ылынар. Ити герой кыайыыта буолар. Оттон Байбал ыра санаата туолан кыыһа кэлиитэ эмиэ оҕонньор дьылҕа утары киирсиитигэр ситиһиитин кэрэһилиир. Ол иһин сүрүн геройдарбыт толору өрөгөйдөрүн көрөн, көрөөччү эмиэ астынар, дуоһуйар.

Үс актаах тутулу кылгастык кэпсээтэххэ итинник. Бу туһунан сиһилии Александр Митта «Кино между адом и раем» диэн кинигэтиттэн булан ааҕыаххытын сөп. Сценарий суруйуутун туһунан кинигэ хара баһаам, ол эрэн Митта үлэтэ барыларыттан судургу уонна өйдөнүмтүө. Бастакы хардыылары оҥорорго олус барсар.

КАРТОЧКАНАН ҮЛЭ

Сценарий суруйуоҥ иннинэ карточканан үлэлиир быдан ордук. Биир бэйэм бу биллэр ньыманы туһанабын. Сорох дьон маннык суруйалларын сөбүлээбэттэр. Кинилэр тута сүрүн тиэкискэ киирэ сатыыллар. Ол эрэн карточканан үлэ түргэн уонна, мин санаабар, саҥа суруйан саҕалыыр дьоҥҥо быдан туһалаах. Сыыһалары, алҕастары эрдэ-сылла туоратаҕын, киинэҥ ис тутулун сөпкө суруллуутун сирдиигин уонна бириэмэ бөҕөтүн сүүйэҕин.

Үлэбин маҥнай кыра стикердэргэ суруйартан саҕалыыбын. Атыннык эттэххэ, үлэм дьардьамата мантан таҥыллар. Ааптар киинэтин айарын саҕана төбөтүгэр эмискэ ханнык баҕарар сыана көтөн түһэр идэлээх. Холобура, киинэ саҕаланыытын суруйа сырыттаххына, ортото эбэтэр түмүгэ киирэн кэлиэн сөп. Ону барытын сааһылыы, бэрээдэктии сатаабакка, стикердэргэ сурунан ис. Биир бэйэм оннук суруктаах санааларбын аҥаар кырыытыттан үлэлиир остуолбар килиэйдээн иһэбин. Итинник одоҥ-додоҥ бэлиэтэнэн, син балай да бириэмэ барыан сөп. Кытаатан ыксаабакка, эпизодтаргын толкуйдуу-толкуйдуу сурунан ис. Онтон «дьэ сөп буолла» диэтэххинэ, карточкаларгын сааһылаан бараҕын. Ол курдук, карточкаларгын үс актка арааран субуруччу уурталаа уонна, туох эрэ итэҕэс дии санаатаххына, эбии сыаната киллэрэн биэр. Ити кэннэ түөрт А4 форматтаах кумааҕыга бэйэ-бэйэлэрин сыһыаран кэбиһэҕин. Кумааҕыҥ лиистэрин сытыары тута сатаа.

Ол лиистэргэ остуолтан карточкаларгын көһөрөн сыһыараҕын. Маҥнайгы акт биир лиис буолуохтаах. Онтон иккис акт иккис-үһүс лиистэргэ силимнэнэр. Ити кэннэ түмүгэ, ол эбэтэр үһүс акт төрдүс лиискэ киирэр. Манна иккис акт уһун буолара көстөн кэллэ. Эпизодтаргын өйдөөн көр: сүрүн герой урукку олоҕо тосту уларыйда да, эбэтэр антагониһын көрүстэ да, иккис акт саҕаланар. Холобур, биһиги киинэбитигэр маҥнайгы акт Алтан дьиэтиттэн хоту дойдуга кэлиитинэн бүтэр. Иккис акт суруналыыстар кэлэн барыыларынан түмүктэнэр. Онно дьэ сүрүн геройдарбыт санаалара түһэн, эрэллэрин кыымын сүтэрэн олордохторуна, үһүс акт саҕаланар. Онтон геройдарбыт киһи уҥуоҕар кэлэн аһаҕастык кэпсэтэн, күүс-уох ылынан, Алтан тиһэх киирсиитигэр эрэллээхтик киирэр, аҕатын кытары истиҥник кэпсэтэр. Ол кэннэ Байбал сюжетын линията эмиэ түмүктэнэр.

Ити курдук карточкаларгын үс акт гына араартаан баран, ити түөрт лиискэ батара сатыахтааххын. Эпизодуҥ аһара элбэх буоллаҕына, стикериҥ батыа суоҕа, ордон хаалыан сөп. Ол эрэн хайаан да барыта батыахтаах диэн буолбатах. Ордубут, сороҕор оруна суох диэн туораппыт карточкаҕын (сценаларгын) туспа уурунан кэбис, баҕар, кэлин туһаныаххын сөп.

Сааһыламмыт лиискэ баппыт стикердэр киинэ дьардьамата буолаллар. Өссө биирдэ барытын бэрэбиэркэлээ, баҕар, тугу эрэ уларытыаҥ, эпизодтаргын миэстэлэрин атастаһыннарыаҥ. Ол иһин стикеринэн үлэлиир судургу. Санаан көр, арай эн тутулгун карточканан оҥорбокко, сценарийгын барытын хас да күннээх түүн утуйбакка эрэ суруйан кэбиспит буол! Ол кэннэ туох эмэ уларыйыы киллэрээри гыннаххына, төһөлөөх сыралаах үлэҥ халтайга хаалыай?! Бэйэҥ да сылайан, «чэ, буоллун!» диэн сапсыйан кэбиһиэҥ. Ол көммөтөх сыыһаҥ киинэ устуутун саҕана, эбэтэр уһуллан бүтэн таҥыы кэмигэр син биир өтөн тахсыаҕа. Харчы бөҕө бараммытын, дьон бөҕө үлэлээбитин кэннэ били уларыппатах, бырахпатах (сапсыйан кэбиспит) сыаналарыҥ дьэ кэлэн сыыйыллыахтара, эбэтэр сыыһаны көннөрөн, саҥаттан устарга тиийиэҕиҥ. Ону таһынан, ити сыыһаҥ көммөккө, киинэҕит экраҥҥа таҕыстаҕына, көрөөччүлэр эн сыыһаҕыттан сылтаан «Куһаҕан киинэ эбит! Таах сибиэ!» диэн сиргэ-силлээн, сылдьыбыттарын кэмсинэн тахсыахтара уонна атын көрөөччүлэргэ «Барымаҥ, көрүмэҥ!» диэн сүбэлиэхтэрэ. Оччотугар киинэҕэ үлэлээбит дьон хамнаһа суох хаалар! Ити барыта эн сылайаҥҥын, «чэ, буоллун!» диэн аахайбатаххыттан, болҕомтоҕун сүтэрбиккиттэн тахсар.

Ол иһин сылайбат туһуттан, сыыһаларгын карточканан үлэ кэмигэр эрдэ көрөн, барытын көннөрөн кэбиһиэхтээххин. Режиссергун кытары өссө биирдэ ырытан көрөн баран ситтэ-хотто диэтэххитинэ, стикердэргин эбии силиминэн бөҕөргөтөн биэр. Стикер бэйэтин силимэ мөлтөх, хоҥнон хаалыан сөп. Киһи оннук эпизодун сүтэрэн, эрэйи көрөөччү.

СЫАНАЛАРЫ СУРУЙУУ

Сааһыламмыт карточкаларбытын биир-икки тылынан буолбакка, аны биир-икки этиинэн суруйабыт. Манна хас биирдии сыана туспа нүөмэрдээх буолар. Оччотугар киинэ хас сыаналаах буолаары турара көстөн кэлэр. Ол нууччалыы «поэпизодник» диэн ааттанар. Сороҕор продюсердар, режиссердар да поэпизоднигы ирдииллэр уонна ааҕан баран бэйэлэрин этиилэрин киллэрэллэр. Ол эппиттэрин эн, сценарист киһи быһыытынан, хайаан да ылынан, стикердэргэр төннөн, онно көннөрөн кэбиһиэхтээххин. Ити үлэ хаамыыта буолар, онно киһи өһүргэнэрэ, хомойоро да суох. Тоҕо стикергэ төнүннүҥ диир буоллаххына, сорох уларыйыы тутулу алдьатар, ол тиэкискэ көстүбэккэ хаалыан сөп. Карточкаҕа киинэ ис тутула бүтүннүү көстөр уонна туох сыыһа тахсаары гыммытын тута өйдүүгүн. Холобур, «ханнык эрэ сыананы ылан кэбис» диэтиннэр. Ол сыанаҕар ойоҕос персонаж (второстепен- най персонаж) линията түмүктэнэрэ баар этэ. Ол түмүктүүр сыана сүппүтүттэн сылтаан, ол киһиҥ линията эмиэ туһата суох буолан хаалыан сөп. Оччоҕо стикердэргин хамсатан, тугу эрэ эбии киллэрэн, тутулгун көннөрөн биэрэҕин. Поэпизодникка эрэ биир-икки этиини сотторон кэбистэххинэ, ити сыыһа көстүбэккэ, ситэтэ суох линия быһыытынан хаалар. Ол киинэҕэр эмиэ охсуулаах буолар.

СЦЕНАРИЙ СУРУЙУУТА

Хаста да уларытан, сценарий ис тутула бигэргэммитин кэннэ биирдэ сценарий суруйуутугар киирэбит.

Тутулуҥ поэпизодникка сурулла сылдьар буолан, сценарийгын бэрт кэбэҕэстик, мунаахсыйбакка, тута суруйбутунан бараҕын. Хас биирдии персонажкын майгытын арыйан (киһититэн), тылын-өһүн уобараһыгар сөп түбэһэр гына чочуйан оҥоруохтааххын. Онно олоххо баар прототиптары туһанар ордук. Киһи киһиттэн атын-атын тыыннаах, өйдөөх-санаалаах буолар. Ол курдук, геройдарбыт туттар тыллара, майгылара-сигилилэрэ барыта ураты уонна олоххо баар курдук буолуохтаах.

Үөрэнэ таарыйа, үлэлээри сылдьар жанргар сөп түбэһэр бастыҥ киинэлэри өйдөөн көр уонна сценарийдарыгар туох албаһы туһаммыттарын, тоҕо сюжеттара маннык хайыспытын таайа сатаа. Ол үтүктүү эҥин диэн буолбат, эн онтон иэйии ылаҕын, үөрэнэҕин.

Аны саҥа саҕалаан эрэр ааптардар үксүлэрэ маннык алҕаһы оҥороллор: туох баар баҕа санааларын, устуон баҕарбыт киинэлэрин, жанрдарын барытын биир киинэҕэ симэ сатыыллар. Оннук сатаммат! Үлэҕин саҕалыаҥ иннинэ ханнык жанрга үлэлииргин, киинэҥ сүрүн ТИЭМЭТИН, көрөөччүнү туох санааҕа аҕалыахтааххын чопчу билиэхтээххин. Манна бутуллар табыллыбат. Жанровай киинэни суруйар ыарахан, элбэх быраабыла бөҕөтө баар. Ону барытын үөрэтэн көрөн баран биирдэ үлэҕин саҕалаа. Киинэ тиэмэтэ – сценарий сүрүн идеята. Эн ону биир этиинэн быһаарар кыахтаах буолуохтааххын. Эрдэттэн ол идеяҕын сурунан кэбис, кэлин буккуллуу тахсаары гыннаҕына, «Тиэмэм туох туһунан этэй?» диэн ыйытыыга хоруйдааҥҥын сөптөөх быһаарыыны ылыныаҥ. Онон тиэмэ – суолгун ыйар сулуһуҥ.

СЦЕНАРИЙЫ СУРУЙАР ПРОГРАММА

Аныгы үйэ үтүөтэ диэн, билигин дьон олоҕун чэпчэтэр араас программа бөҕө баар. Биһиги дьолбутугар, сценаристары эмиэ атарахсыппакка, туһалаах сыһыарыылар айылыннылар. Ол иһин, тус бэйэм сценарийы «КИТ Сценарист» диэн анал программаҕа суруйабын.

КИТ сценарист диэн аан дойду ирдэбилигэр толору эппиэттиир Россия программата, киһи интэриниэттэн буор-босхо ылан туһанар. Уопсайынан сценарий суруллуута бэйэтэ элбэх ирдэбиллээх. Холобура: ханнык шрибинэн суруллара, хас биирдии отступ (абзац саҕаланыытыгар тылгын тэйитэн суруйуу), сурук бэлиэлэрэ эҥин барыта учуоттаныахтаах. Оччотугар сөпкө оҥоһуллубут сценарий биир сирэйэ биир мүнүүтэҕэ тэҥнэһиэхтээх. Онон киинэ устааччылар хас мүнүүтэлээх киинэ тахсаары турарын быһа холоон билэллэр. Ол эрэн «биир сирэй = биир мүнүүтэ» диэн Голливуд формата. Ол, саха киинэтин үөрүйэҕэр көрдөххө, «биир сирэй = балтараа, эбэтэр икки мүнүүтэ» буолан тахсар. Ону программабытыгар настройкатын уларытан, биир сирэй хронометраһын балтараа мүнүүтэҕэ көһөрөн сөпкө аахтарыаххын сөп. Саха киинэтэ бэйэтэ туспа наҕыл тэтимнээх (темпоритм). Холобура, «Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт» киинэбит сценарийа 56 лиискэ суруллубута. Оттон киинэбит уһуна 1 чаас 48 мүнүүтэ курдук буолан тахсыбыта. Итинник син биир тэнийэн тахсар. Ол иһин сүүсчэкэ сирэйдээх сценарийы төрүт суруйа сатаамаҥ, муҥутаабыта 70-80 сирэй сөп.

Аны биир сыананы наһаа уһаппакка 1 эбэтэр 2,5 сирэй гыныҥ. 3 сирэйтэн уһаатаҕына, киинэ тэтимэ бытааран, көрөөччү сылайан барыаҕа. Холобур, мин бастакы холонуубар маҥнайгы сыаналары уһатан кэбиспит этим, ол иһин киинэ саҕаланыыта бытаан соҕус буолбута.

Сценарий Couгiег New диэн 12 кээмэйдээх шрибинэн суруллубут буолуохтаах. Ити ирдэбил.

Билигин сценарий баһыгар киириэххэ. Манна хас биирдии сыана буола турар сирин уонна кэмин ыйабыт. Холобур, бу маннык суруллубут буолуон сөп:

ИНТ. КВАРТИРА ОТЦА. КУХНЯ – ДЕНЬ

  • Аан бастаан сыана ханна буола турарын ИНТ (интерьер) эбэтэр НАТ (натура) диэн тиэрминнэринэн быһаарыах кэриҥнээхпит. Интерьер дьиэ иһигэр буола турар диэн өйдөбүллээх, натура – таһырдьа.
  • Ол кэннэ локация (буола турар сирэ) аата суруллар. Холобур: КВАРТИРА ОТЦА. КУХНЯ. Бу сыанаҕыт ханна буоларын чопчулуур.
  • Уһулар сыанаҕыт кэмэ. УТРО/ДЕНЬ/ ВЕЧЕР/НОЧЬ диэн буолуон сөп. Ити киинэ устар саҕана оператордарга уот туруоралларыгар эбэтэр ханнык сыаналары эрдэ сырдыкка усталларын былааннаналларыгар тирэх буолар.

Бу үс өйдөбүл биир строканан суруллар. Сыыһа суруйдаххына, программа статистикатын эмиэ сыыһа ааҕыан сөп. Хас пробел, хас туочука, тире барыта ааҕыллар.

Холобур маннык буолар:

ИНТ(точка/пробел)КВАРТИРА ОТЦА. КУХНЯ (пробел/тире/пробел)ДЕНЬ

Онтон салгыы бу сыанаҕа туох көстүү буола турарын суруйабыт. Холобур:

На кухне обедает семья. Муж Володя, жена Валя, дочь Вероника (12 лет), Алтан (19 лет), друг семьи дядя Миша. Дядя Миша рассказал анекдот из жизни. Все смеются.

Көрөргүт курдук, аҕыйах тылынан, уус-уран хоһуйуута суох, кылгастык суруллубут. Ол кэннэ дьон саҥата (диалог) барар.

Локацияҥ уларыйдаҕын аайы саҥа сыана оҥорон иһэҕин. Площадкаҕа элбэх киһи үлэлиир: режиссер, оператор, уот туруорааччы, худуоһунньук, реквизитор. Бу дьон бары манан сирдэтэллэр, туһаналлар. Онон өйдөнүмтүө уонна быраабыланан оҥоһуллубут буолуохтаах. Уонна сорох үлэһит, баҕар, сахалыы билбэт, эбэтэр сатаан аахпат буолуон сөп. Ол иһин дьонуҥ саҥатын эрэ сахалыы суруйаҕын, ону да скобкаҕа нууччалыы тылбааһын оҥорор ордук. Холобур курдук «Холодное золото» киинэ сценарийыттан аҕаллахха маннык:

Диалогтаргын хара маҥнайгыттан сахалыы айар ордук. Сороҕор нууччалыы айан баран сахалыы тылбаастаабыттара биллэ сылдьар буолааччы. Итинниккэ этииҥ тутула, биитэр ис хоһооно уларыйан тахсыан сөп.

Ити курдук бэлэм поэпизодниккын туһанаҥҥын сценарийгын судургу баҕайытык суруйан бүтэрэн кэбиһэҕин. Ол да буоллар сценарий суруллубутун кэннэ, син биир уларыйыылар киириэхтэрин сөп. Ол аайы санааҕын түһэрбэккэ, үлэлээн иһиэхтээххин. Алҕас бутуллаары гыннаххына, сценарийгыттан сынньана түһэр ордук. Төбөҕүн атыҥҥа аралдьытан, тиэкискин умна түһүөхтээххин. Онтон атын хараххынан көрдөххүнэ, сыыһаларыҥ барыта көстөн кэлиэхтэрэ, сценарийыҥ тупсан биэриэҕэ. Ол эрэн аһара элбэхтэ уларыйдаҕына, урукку сценарийтан хаалан хаалбыт сыаналар мэһэйдии сылдьар буолааччылар. Ону барытын өйдөөн көрөн, көннөрөн иһиэхтээххин. Ол иһин иккиэ буолан үлэлиир ордук. Өскөтүн эн ханна эрэ иҥнэр түгэҥҥэр режиссеруҥ дуу, бииргэ суруйар киһиҥ (соавтор) дуу көмө буолуохтарын сөп.

РЕЖИССЕРУ КЫТАРЫ ҮЛЭ

Үгүс сценарийга холонор дьон «тоҕо мин сценарийбынан киинэ устубаттарый?» диэн бүтэр уһуга суох ыйытыылаах буолаллар. Эн айымньыҥ киинэ буолан тахсыан баҕарар буоллаххына, хара маҥнайгыттан режиссеру кытары үлэлиириҥ ордук. Бэйэҥ эрэ көрүүгүнэн муҥурданар, «оннук эрэ буолуохтаах» дии саныыр төрдүттэн сыыһа. Киинэҕит күн сирин көрөрүгэр туруорааччы режиссер түбүгэ, сырата эмиэ олус элбэх. Кини аҥаардас биир киинэ тахсарыгар тус олоҕуттан кырата биир-икки сылы ууран туран үлэлиир. Ол иһин режиссер бэйэтин дууһатын таарыйар тиэмэни устуон баҕарар. Онон режиссер уонна сценарист тиэмэлэрин эрдэттэн бииргэ талаллара ордук.

Суруйар дьон, режиссердары кытары алтыһан, кэпсэтэн-ипсэтэн, билсэн-көрсөн иһэр буолуҥ. Бу икки киһи биир тылы булууларыттан, биир санааҕа кэлиилэриттэн элбэх бырайыак күн сирин көрөр.

Саха сиригэр сценарист олус аҕыйах, онон хайа баҕарар режиссер суруйар киһини сэҥээрэр. Кыбыстымаҥ, туохтан да толлумаҥ, киирэн-тахсан, айан-тутан иһиҥ!

СЦЕНАРИСТАРГА СҮБЭЛЭРИМ

  • Киинэ диэн олоҕу хоһуйуу. Ол иһин үчүгэй киинэ оҥорорго олоҕу кэтээн көрөр буолуҥ. Атын киинэлэртэн үтүктэн оҥордоххуна, эн идеяларыҥ атын киһи идеяларын үтүктүү буолар, хаһан да саҥаны, сонуну айбаккын. Диалог суруйуутугар эмиэ биир оннук. Ол курдук араас дьон хайдах туттан-хаптан саҥаралларын-иҥэрэллэрин билбэт буоллаххына, айан оҥорбут персонаһыҥ сымыйа, көрөөччүнү итэҕэппэт буолар. Онон драматург буолуон баҕарар киһи, олоҕу кэрэхсээ, элбэх дьону кытта билис, олох араас өттүн кэтээн көр. Оннооҕор фантастика да жанрыгар үлэлиир буоллаххына, дьон сыһыана, психологията, үчүгэй-куһаҕан өрүттэрэ барыта олохтон киирэр. Эн эпизод айа олорон бэйэҥ олоххуттан, эбэтэр ханна эрэ дьиҥ буолбут түбэлтэни суруйдаххына, быдан күүстээх, дьон дууһатын кылын таарыйар сыана үөскүөҕэ. Ити аата сценарийгар олох күүһэ бэриллэр.
  • Сценарий суруйуоҥ иннинэ тиэмэҕин сиһилии үөрэт. Былыргы кэми көрдөрөр буоллаххына, историяны хаһыс, ол саҕанааҕы дьон туох кыһалҕалаахтарын, ыра санаалаахтарын үөрэтэн көр. Оттон ураты идэлээх дьону көр- дөрөр буоллаххына, ол эйгэҕэ киирэн дьону кытта билис, кэтээн көр.
  • Аны      аһара   элбэх историческай матырыйаалы хасыһан, киһи илиитэ-атаҕа кыаһыланан хаалар идэлээх. Оччотугар суруйааччы сюжетын сатаан уларыппат, саҥаны кыайан айбат буолар. Оннук түбэлтэҕэ эмиэ сынньана түһүөх кэриҥнээххин. «Кэмэ кэллэ» диэтэххинэ, сценарийыҥ ис тутулун саҥаттан оҥор, жанргын тутус, киинэҥ тиэмэтин санаа уонна историческай матырыйаалтан булбут билиигин сөптөөх эрэ кэмигэр туһан.
  • Киинэ – уус-уран айымньы. Уота-күөһэ, сэниэтэ суох киинэ устуохтааҕар, кыратык омуннаан, эбэн-сабан оҥорбут ордук.
  • Сценарий сүрүн тутула – драматургия. Драматургия сүрүн тутула – конфликт (атааннаһыы). Ханнык да киинэ атааннаһыыта суох буолбат. Сценарий суруйар киһи маны чопчу билиэхтээх уонна бигэтик өйдүөхтээх. Атааннаһыы араас көрүҥнээх буолуон сөп: өстөөххүн утары атааннаһыы, бэйэҥ майгыгын-сигилигин кытары, былааһы, систиэмэни утары, абааһыны, иччини, ыарыыны, о.д.а. Конфлигыҥ сыыйа сытыырхайан, ис хоһооно салгыы сайдан, түмүккэр биирдэ быһаарыытын оҥоруохтааххын. Ол эбэтэр атыннык эттэххэ, атааннаһыыҥ, тургутууҥ ыараатар-ыараан, олус тыҥаан баран, түмүгэр биирдэ чэпчиэхтээх. Оччотугар эрэ киинэҥ түмүгэ сытыы, кэтэһиилээх буолуоҕа. Оннук буолбатаҕына, көрөөччү кэрэхсэбилин сүтэрэр. Кини киинэҥ геройугар ис сүрэҕиттэн ыалдьыахтаах, кини кыайарын-хоторун туһугар олус долгуйуохтаах.
  • Сценарийга «фактор времени» диэн баар буолар. Ол аата киинэни ыксатар, тэтимирдэр түгэннэр. Холобура, сүрүн герой үс күн иһинэн иэһин төлөөбөтөҕүнэ – төбөтө быһыллар. Ол иһин кини киинэ устата олус ыксыыр, араас быһылааҥҥа киирэр-тахсар, дэлби эриллэр- мускуллар. Биитэр сири астероид көҥү көтөөрү көтөн иһэр буоллун. Ол иһин дьон өлүмээри, биир кэм ол түрбүөнүгэр сылдьаллар. Эбэтэр ким эрэ ыалдьан өлөн эрэр, ол иһин хаалбыт кэмин иһигэр булгуччу уонна суһаллык тугу эрэ ситиһиэхтээх. Ити киинэ уота-күөһэ умуллубакка, күөдьүйдэр-күөдьүйэн иһэригэр аналлаах албастар көрөөччү ыксыырыгар, ыгылыйарыгар анаан оҥоһуллаллар, болҕомтону тардаллар, кэрэхсэбили күүһүрдэллэр.
  • Айан таһаарар геройдарыҥ олоххо баалларын курдук уустук соҕус буолуохтаахтар. «Бу киһи үчүгэй», «бу киһи куһаҕан», «бу акаары», «бу өйдөөх» диэн кэрэгэй өйдөбүл суох буолуохтаах. Хаһан баҕарар үчүгэй куһаҕаннаах, куһаҕан үчүгэйдээх. Персонаж майгытын араас өрүттэрин оҥорон көр, оччоҕо көрөөччү киинэни итэҕэйэн туран көрүөҕэ. Өскөтүн кини: «Эс, олоххо маннык буолбат!» – диэтэҕинэ, «куһаҕан киинэ» устубут аатыраҕын.
  • Сценарийгыт ситимин быһымаҥ. Ол аата кэпсээбиккитин, көрдөрбүккүтүн арыйан, быһааран, түмүгэр тиэрдэ сатааҥ. Ханнык эмэ сюжет линията киирэн иһэн, умнуллан хаалыан сөп. Ол линияҕын кыайан ситэрбэт буоллаххына, барытын сотон, тутулгун саҥаттан оҥоруохтааххын. Үлэлии сылдьан «бу сыана сценарийбыт урукку көрүҥүттэн хаалан хаалбыт» диир түгэннэр элбэх буолааччылар. Итилэр киинэни атахтыыллар.
  • Сценаристар, сүрүн болҕомтону сюжеккытыгар ууруҥ. Сорох ааптардар тылыгар-өһүгэр, ол кырааскатыгар-самааскатыгар охтон хаалар холобурдара баар буолар. Киинэ ис хоһооно киһиэхэ барыта хамсаныынан, түбэлтэнэн (действие) кэлиэхтээх. Тиэкискэ геройдарыҥ тугу санаабыттарын киллэрии, эбэтэр ааптар саҥатын киллэрэринэн үлүһүйүү эмиэ оруна суох. Ити сценарист таһыма намыһаҕын көрдөрөр. Холобура антагонискын «кини куһаҕан киһи» диэн тылынан, дьон саҥатынан, санаатынан быһаарыахтааҕар мөкү быһыытын туох эрэ онно сөп түбэһэр хамсаныынан, хартыынанан көрдөрдөххө, көрөөччү өйүгэр быда үчүгэйдик хатанар. Киинэ ис хоһоонун билиһиннэрэргэ оннук ньыма хаһан баҕарар эн тускар үлэлиир.
  • Сорох сценаристар наһаа элбэх flasһЬаск (киинэҕэ герой эрдэтээҥҥи олоҕун саныыра) киллэрэллэр. Ити киинэ тэтимин түһэрэр уонна туох буола турарын умуннаран кэбиһэр. Санаа баар буолуон сөп, ол эрээри суруйар киһи онон наһаа үлүһүйүө суохтаах.
  • Өссө биири сүбэлиэм этэ. Сценарист үлэтэ уһуллуон баҕарар буоллаҕына, устарга табыгастаах гына айыахтаах. Холобур, устар бюджеткыт кыра буоллаҕына, көтө сылдьар дьон, аҕыс төбөлөөх уотунан уһуурар кыыллар эҥин наадата суохтар. Ити мин саҥа саҕалыыр дьоҥҥо туһаайан этэбин. Төһөнөн уустук сценарийдааххын, кыаҕыҥ букатын тиийбэт өрүттэрин таарыйаҕын даҕаны, айымньыҥ киинэ буолан тахсара ордук уустуктардаах, үгүс харгыстаах буолуон сөп. Ол иһин олохтоох соҕустук толкуйдаан, режиссер үлэтин быһа холоон өйдөөн, сиэрдээх соҕустук суруйдахха, этэргэ дылы «шансыҥ» хас эмэ төгүл үрдээн кэлэр. Семен Ермолаев-Сиэн Өкөр итини «эстетика нищеты» диэн быһаарар. Ол аата аҕыйах үбүнэн дьоҥҥо тиийимтиэ, дууһаларын кылын таарыйымтыа үлэни оҥоруохтааххын. Бэйэҕит да билэр инигит, ол иһин Сиэн Өкөр үлэлэрэ дойдубут тыйаатырдарыгар, улахан экраҥҥа даҕаны тахсар бырайыактарга сахаларга маҥнайгы кэккэҕэ тураллар. Кини драматургията күүстээх, сүрүн болҕомтотун онно уурар. Ол иһин кыайа-хото тутар. Холобура «Тулабыт барыта хайалар» (1995 с.) диэн киинэтин ылан көрүҥ. Ол хартыынаҕа баара-суоҕа үс эрэ киһи оонньуур (сүрүннээн икки киһи) эрээри, киинэ ис хоһооно атын араас дэлэгэй үптээх, дьонноох, маллаах-саллаах бырайыактартан хас эмэ харыс ордук үрдүк турар. Ити баар драматургия. Ити баар таһым. Итинник киинэлэр устарга судургулар. Саха киинэтин ситиһиитин албаһа эмиэ итиннэ сытар. «Все гениальное – просто». Мин фантастиканы суруйумаҥ диэбэппин, фантастиканы суруйар, биллэн турар, эмиэ кэрэхсэнэр. Киинэ эйгэтэ оннук сайдар, атын үрдүкү таһымҥа тахсар. Ол эрэн кытаатан кыаххытын, бириэмэҕитин сөпкө туһаныҥ.
  • Киинэ тиэмэтин талыы эмиэ уустуктардаах. Санааҕар, эн айар куккун туох да хааччахтаабат курдук эрээри, сахалыы өйдөбүлүнэн сиэр-майгы, сэт-сэлээн диэн баарыҥ умнумаҥ. Онон бэйэни көрүнэн, сэрэнэн, киһи сиэрин таһынан барбакка айар буолуҥ. Сахалар, айылҕаҕа чугаспыт бэрт буолан, саныыр санаабыт күүстээх, туолан да хаалыан сөп. Онон «бу киинэни туох санааттан оҥорон эрэбин?» диэн бэйэҕититтэн ыйытар буолуҥ.

ТҮМҮК ОННУГАР

Биһиги Любаны кытары кэпсэтэрбитигэр, кини киинэ эйгэтигэр сценаристар ирдэнэллэрин туһунан хаста да тоһоҕолоон аҕынна. Арай мин, киинэттэн арыый да ыраах киһи, омос көрдөхпүнэ, сыл иһигэр син балай эмэ киинэ күн сирин көрөр, сотору-сотору сүрэхтэнэр курдук. Онон киинэһиттэр сценаристарга наадыйбаттара буолуо диэн сыыһа санааҕа сылдьарбын кэмигэр өйдөөтүм. Чахчы, хас биирдии киһи олоҕо – туспа сценарий, кини билиитэ-көрүүтэ сүрдээх сэргэх киинэ буолуон сөп. Кытаатан олоҕу кэтээҥ, тулалыыр эйгэҕититтэн үөрэниҥ уонна үөһэ этиллибит ирдэбиллэринэн сирдэтиҥ.