Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Ыстатыйалар » ЛИТЕРАТУРА – ДЬОН ОЛОҔУН ТЭБЭР СҮРЭҔЭ

ЛИТЕРАТУРА – ДЬОН ОЛОҔУН ТЭБЭР СҮРЭҔЭ


Суруйааччы Н.А.Босиков 70 сааһыгар

Николай Афанасьевич, эн Саха сиригэр киэҥник биллэр суруйааччы буоларгын бэрккэ диэн билэбит. Биһиги ааҕааччыларбытыгар туһаайан бэйэҥ олоҕуҥ уонна айар үлэҥ тустарынан сэһэргээ эрэ.

– Мин бу олоххо кэлбитим сэттэ уон сыла туолаары турар. Билигин кэннибин эргиллэн көрдөхпүнэ бэрт муҥнаах-таҥнаах, эрэйдээх олоҕу олорон кэлбит дьонтон биирдэстэрэ эбиппин. Мин Уус-Алдан улууһугар, Табын Эбэ диэн сиргэ 1931 сыллаахха ахсынньы амырыын тымныытыгар төрөөбүтүм.  Оҕо эрдэхпинэ эппэт кэлэҕэй этим. Биир тылы этээри даллайан баран турар буоларым Онон да буолуо, кыра кылаастарга мөлтөхтүк үөрэммитим. Кэлэҕэйдиир үөрэнээччилэргэ учууталлар үчүгэй сыананы биэрбэттэр этэ. Ити курдук сырыллан-соһуллан үөрэнэн сэрии буолуутутар төрдүс кылааһы бутэрбитим уонна колхозка улэлии барбытым. Уоттаах сэрии усталаах-туоратын тухары үөрэммэтэҕим. Ууска күөрт күөртээччинэн, балта балталааччынан үлэлээн баран, сылтан ордук сылгыһыттаабытым. Сайын от охсон, сылы үөрүн эккирэтиһэн сиргэ хонор этим. Сэрии бүппүт сааһын сайыныгар Миитэрээс диэн уол көмөлөһөөччүлээх түөрт оҕуска от кэбиһэр киһи буолбутум. Ити кэмҥэ  айылҕа бары кубулҕатын тулуйан, суту-курааны этэҥҥэ туораталаан,  дойдум киэҥ алаастарыгар сииккэ сиэлэн, хаарга хааман буспутум-хаппытым. Ити сылдьаммын  сэрии кэмигэр туораталаан, дойдум киэҥ нэлэмэн алаастарыгар сииккэ сиэлэн, хаарга хааман буспутум-хаппытым. Ити сылдьаммын сэрии кэмигэр үөрэммэккэ хаалбыт дьону үөрэтэн эрэллэрин истибитим. Миигин Гоголев Егор Михайлович-Тиҥик Уола диэн оскуола директора ыҥыран ылан баран: «Үөрэххин умнубатах буоллаххына үөрэниэҥ, онтон умнубут буоллаххына үлэҕэр төннүөҥ», – диэн эрдэттэн сэрэппитэ. Биригэдьиирим Бочкарев Семен Андреевич миигин төттөрү биригээдэтигэр илдьэ бараары кэннибиттэн батыһа сылдьыбыта. Биир ый устата кыра оҕолору кытта үөрэтэн, бэрэбиэркэлээн көрөн бараннар, «чэ, үөрэниэххин син эбит», – диэбиттэрэ. Мин бэһис, алтыс, сэттис кылаастары субуруччу оччо эрэйэ суох үөрэнэн кылаастан кылааска өрө тахсан испитим. Онтон орто оскуоланы Мүрүгэ бутэрбитим. 1955 сыллаахха Саха государственнай университетыгар, саха тылыга үөрэххэ киирбитим, студент буолбутум.

         Мин эдэр сааһым лоскуйдарын туһунан бэрт кылгастык ахтан аһардахха итинник. Ити быыһыгар саллааттаан хайаан сааһырбыт киһилии боччумура охсубутум. Оҕо сылдьан “литература” диэн тылы үһү-бадах курдук истэн, оччо тардыспакка улааппытым. Кинигэни, хаһыаты көрөн эрэ ааһар буоларым. Ол оннугар кыра эрдэхпиттэн айылҕа кэрэтин кэрэхсээн, отун-маһын кытта тустан, сэлэһэн, сибэккитин симэҕин сэргии көрөн улаап- пытым таһынан, тыа сирин туох-баар үлэтин-хамнаһын ааҕа билбитим. Дьирикитин-мурукутун, күтэрин-куобаҕын, быччыкытын-мундутун туһахха, тууга түһэрэн бултаан-алтаан амсайбытым. Тулабар Туотаайы Бүөтүр, Баһылайкаан, Ынырыктаах Өндөроөс диэн сүрдээх балыксыт оҕонньоттор олорбуттара. Мин Туотаайы Бүөтүртэн үс тууну бэлэхтэтэн ыламмын, сэрии саҕала- ныаҕыттан, ол туулары кыайан сүкпэт эрдэхпиттэн балыксыт буолбутум. Убайым Охоноос, кэлин тимир ууһа буолан өлбүт киһи, миэхэ мас оноҕостоох чаачар сааны оҥорон биэрбитэ. Оннук сэбилэнзн бараахтарга ыкса үөмэн киирэн, тэһитэ ытыалаан бултуур этим. Сир-дойду кэрэтин атах сыгынньах сылдьар оҕо сааспар оройдотон билбитим. Ол да иһин кэрэҕэ тардыстан олоххо дьулуспут курдук сананабын.

Мин барыны-бары хойутаан саҕалаабытым. Дьиҥэ, хоһооннору төрдүс кылаастан ыла ылсыһан суруйарым. Сирбин-дойдубун көрдүм да, хоһоон айан ааҕар холонор этим, ол эрээри бэйэм бу хоһоон айан эрэбин дии са- наммат буоларым. Мээнэ баллыгырыы, ыллыыр тэҥэ ботугуруу сылдьар идэлээҕим. Кэлин өйдөөтөхпүнэ ити курдук литератураҕа бэрт кыра эрдэхпиттэн холонон көрбүт эбиппит. Университекка үөрэнэ киирээт да, ли- тературнай куруһуок активнай чилиэнэ буолбутум. 1955 сылтан хоһооннорум республика хаһыаттарыгар бэчээттэнэр буолан барбыттара. Мин аан бастакы “Чыычаах оҕотун тыытыма, өлөрүмэ” диэн хоһооммун 1953 сыллаахха, өссө орто оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, Уус-Алдаҥҥа “Бассабыыктыы тэрийээччи” хаһыакка бэчээттэппитим. Биир үксүн ол да иһин буолуо, студенныы сылдьар кэммэр, балайда сиппит-хоппут хоһоонньуттар кэккэлэригэр киирсэрим. Литература диэн тугун-ханныгын дьэ арааран өйдөөбүтүм. Никита Спиридонович Григорьев бэлэспэр силлээн тыл хайдах туттулларын, тыл диэн литература этэ-хаана буоларын иҥэн- тоҥон билбитим уонна ити сылларга табаарыстарбыттан элбэххэ үөрэммитим. Нуучча литературатын, төһө да улаханнык өйдөөбөтөрбүн, сыралаһан туран ааҕарым.

  • Эн саха поэзиятын сонуннук байыппыт поэт быһыытынан биллэҕин. Эн “саха хомус хоһоонноро” диэн хайдах хоһооннору этэҕиний?
  • Үс строкаттан турар хоһооннору “саха хомус хоһоонноро” буолуохтарын сөп диэн этэ сылдьыбытым. Ити форманы тугуһан мин бүтүн поэмалары суруйталаабытым. Эһиги сурунаалгыт “Хотугу сулус” эрдэҕинэ бэчээттэммитэ, кинигэнэн эмиэ тахсыбыта. Ити курдук сонеттары боруобалаабытым, олор нууччалыы-сахалыы тылынан бэчээттэнэн тахсыталаабыттара.
  • Бэйэҥ айымньыларыҥ тустарынан кылгастык сэһэргии тус эрэ.
  • Мин олох хамсааһыныгар сөп түбэһиннэрэн элбэх хоһоону, поэманы суруйбутум, ити курдук бэйэтэ ис- иһиттэн таҥыллан тахсан кэлээччи.

Мин аан бастаан поэзияны суруйуунан саҕалаабытым эрээри, тыаҕа сылдьан кыыһы таптаан көрбөтөх уолчаан университекка киирэн баран, кыыс дьикти үчүгэй буоларын билбитим. Ол иһин буолуо, “Биһиги ньургуһуммут” диэн сэһэни суруйбутум. Мин айымньыларбар сүрүннээн айылҕаны таптаан ойуулуубун, үлэ-хамнас процеһын көрдөрө сатыыбын. Геройдарым про- тотиптарынан табаарыстарым буолуохтарын сөп, ол эрээри ардыгар олоххо суох үлэ киһитин уобараһын да ойуулаан көрдөрөөччүбүн.

  • Саха литературата эн санааҕар хайдах хайысханы тутуһан сайдан-үүнэн кэллэ?
  • Саха литературатыгар, советскай былаас биһиэхэ үөрэҕи, өйү-санааны биэрбитин мэлдьэспэккэ туран эттэххэ, оччолорго партияны, комсомолу хоһуйан айыллыбыт айымньылар, бары үчүгэйдэрэ, таныктаахтара со- ветскай былааһы кытта уостан, симэлийэн хааллылар. Биһиги син биир Суорун Омоллоон “Чүөчээскитигэр”, “Аанчыгар”, Николай Якутскай “Көмүстээх үрүйэтигэр”, “Төлкөтүгэр” төннө турабыт. Билигин дьиҥнээх саха обраһын арыйар сахалыы өйдөөх-санаалаах, быһыылаах-таһаалаах геройу суруйан таһаарар кэм тиийэн кэллэ. Бары үөхпүт-мөхпүт Ельциммит биэрбит көҥүлүгэр тирэнэн, кимтэн да куттаммакка, дьиксиммэккэ, көҥүллүк, дьиҥнээх саха киһитин обраһын арыйан литератураҕа киллэриэхпитин сөп дии саныыбын. Оннук да буолан эрэр.
  • Чопчу поэзия туһунан туох санаалааххыный?

Хоһооннорбут, ырыаларбыт олус мөлтөөтүлэр. Холобур, “сүгэ угун бэлэмнээн, дэгэпчилээн” кэбистиҥ да, онтуҥ тута ук буолбат. Элбэхтик кыстахха, кыладыйдахха ук буолар. Кыраабыл сиһин үчүгэйдик тэҥ гына тииһээтэххинэ, ону нарылаан оҥордоххуна эрэ киһи туттар сэбэ тахсар. Билигин аныгы оҕолорбут хоһоон, ырыа суруйдубут диэннэр тылы мунньан баллырдаан, наардаан кэбиһэн бараннар, “сайдыылара бэрт буолан” мелодия айа охсон ыллаабытынан бараллар. Ити курдук уруучука тугтулар да хоһоон айар, гитара туттулар да ыллаабытынан барар, ким да көннөрбөтөх, нарылаабатах, рецензиялаабатах хоһоонноро, ырыалара, тойуктара наһаа элбээтилэр. Маннык бардахпытына биһиги сайдыбаппыт буолуо. Онтон прозаҕа Мааппалары, Аанчыктары саҥалыы өйдөөн-санаалаан суруйдахпытына туох эмэ тахсыан сөп. Поэзияҕа – Семен Данилов, Иван Гоголев, Петр Тобуроков, Моисей Ефимов курдук поэттар өтөрүнэн үөскээн кэлбэттэрэ буолуо.

  • Кэлиҥҥи кэмнэ поэзияҕа кыргыттар күргүөмүнэн киирдилэр, ити туһунан тугу этиэҥ этэй?
  • Дьахталлар поэзияларыттан мин Саргы Куо оннун-олоҕун булбут поэтесса дии саныыбын. Кини суруйуулара сыл аайы ситэн-хотон. бэйэтэ суолланан-иистэнэн иһэр. Сунтаартан Сайа ситэрэн-хоторон суруйар буоллаҕына тупсуо дии саныыбын. Онтон атыттары мин кыайан өйдөөбөппүн быһыылаах.
  • Онтон прозаҕа?
  • Прозаҕа бу эһиги бааргыт, били эн Ойуур, Сомоҕо, Бочкарев, Эверстов буолаҥҥыт бастакы кинигэҕит тахсыбытын бэлиэтээн ааспыккыт буолбат дуо? Эһиги бу курдук тутуһан тахсан кэлиэххитин сөп эрээри бастакы кинигэ диэн бастакы буоллаҕа, олоххут устатын тухары уһаарыллан, үөрэнэн иһиэххитин наада. Олох үрүҥүн-харатын арааран, үчүгэйдик өйдөөн- төйдөөн айарга кыһаллыҥ. Эһиги икки кэм быыһыгар үөскээбит дьон буоллаххыт, биир өттүнэн советскай былаас, иккис өттүнэн демократия. Ол тыына син биир айымньыгытыгар көстөн ааһар. Хайдах эрэ дуг-дах туттуу, этиэх буолан баран кыайан эппэккэ хаалыы баар. Сиэн Чолбодук саастаах киһи быһыытынан ити сыыһалары-халтылары өйдөөтө, үчүгэй кэпсээннэри суруйталаан эрэр. Николай Лугинов “Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” романын ааҕааччылар, критиктэр хайгыыллар. Ити үчүгэй буолуо дии саныыбын. Прозаҕа бу курдук хайысханы тутуһан бардаҕына үчүгэй буолуо дии саныыбын.
  • Суруйааччылар билинҥи кэмҥэ олохторун – дьаһахтарын туһунан тугу этиэҥ этэй?

Бүтүн Россияны да ылар буоллахха суруйааччыларга правительство сыһыана олус мөлтөөн турар. Салайааччылар литература диэки хайыһа иликтэр. Ол эрээри хайыстахтарына табыллара буолуо дии саныыбын.

Кэпсэттэ Иван Осипов.

«Чолбон» 2001с. №12