Леонид Спиридонов: «Дьиссипилиинэлээх киһи – ситиһиилээх»

Сахаларга билигин үгүстүк «этноцентризм» диэн өйдөбүл көстөр буолла. Ол аата биһиги бэйэбитин омук быһыытынан хайа да норуоттан үрдүктүк сананан, бэл, Өлүөнэ сүнньүгэр маҥнайгы дьон үөскүүр түөрэҕэ түспүтүнэн ылынан, ол туһуттан Дириҥ Үрэх былыргы оло­ҕор сигэнэн, Аан дойду үрдүнэн кырдьаҕас омук буола сатаатыбыт. Наука уонна кыраайы үөрэтии икки ардылара олус арыттанан, биир эбэни хараҕалаан сытар тус-туһунан кытыл­лар буолан эбии кэҥээн, силбэһэр кыахтара букатын тэйэн эрэргэ дылы буолла. Дириҥ Үрэх стоянката, учуонайдар быһаарбыттарынан, муҥутаан дириҥээбит чыпчаала 400 тыһ. сылтан антах барар кыаҕа суох буолан турар…

Дьиҥэр, сахалар, чахчы бүтэй да, мөлтөх да норуот буолбатахпыт. Ол эрээри, биһиги наһаа аһары барбакка, солуута суох дириҥээбэккэ, бэйэбит холобур буолар дьоммутун, сырдыкка сирдиир ыччаттарбытын көрөн, кинилэри өйөөн, норуот быһыытынан Аан дойду түһүлгэтигэр ааппытын ааттатар, сурахпытын суруйар кэммит кэлиэ турдаҕа… Омук быһыытынан холумтаммыт оннук, алаатыгарын айылҕабыт айыыта маннык. Биһиги ахсааммытынан эбиллэбит, дьоҕурдаахпыт, саҥаҕа үөрэнэр уонна ону салгыы сайыннарар бары кыахтаахпыт.

Бүгүҥҥү ыстатыйабытыгар былыр олорон ааспыт киһини буолбакка, бэйэбит аттыбытыгар үлэлии-хамсыы, ыччаты сырдыкка сирдээн иһэр киһи олоҕун, кини халбаҥнаабат санаатын, талбыт эйгэтигэр хайдах хатарыллыбытын уонна кини холобуругар ситиһиилээх буолуон баҕарар киһи ис-туруга хайдах буолуохтааҕын туһунан ахтыахпыт. Ааҕааччы маны барытын ыксаабакка олорон ааҕан, кини олоҕун ыырдарын баты­һан, бэйэҥ ону ыараҥнатан тускар туһаныаҥ диэн эрэнэ саныыбыт.

Ол курдук, биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, РФ спордун маастара, СӨ физическэй культураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, I норуоттар икки ардылары­нааҕы «Азия оҕолоро» спорт оонньууларын кыайыылааҕа, бэйэтин ыйааһыныгар Азия чемпиона, сахалартан бастакы Универсиада кыайыылааҕа, ону таһынан Аан дойду араас түһүлгэлэрин хас да төгүллээх призерэ, 2004 сыллаахха Афиныга уонна 2008 сыллаахха Пекиҥҥэ ыытыллыбыт Олимпиадаҕа IV-V миэстэлэр хаһаайыннара, Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Г.В. Ксенофонтов аатынан бириэмийэ лауреата, Россия уонна Казахстан көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандаларын чилиэнэ, СӨ физическэй культураҕа уонна спорка миниистирэ Леонид Николаевич Спиридонов буолар. Күндү ааҕааччыбыт, Леонид Николаевич туһунан билсэргэр өссө интэриэһинэй буоллун диэн тэттик суруйуубутун ахтыы-уочарка киэптээх ыытабыт.

Тустууга кэлии

1980 сыллаахха ахсынньы аам-даам тымныыта ааҥнаан турдаҕына, Хаҥалас улууһун II Дьөппөн нэһилиэгэр Николай Николаевич уонна Татьяна Петровна Спиридоновтар дьиэ кэргэн­нэригэр үһүс оҕолоро күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ уолларын Леня диэн сүрэхтээбиттэрэ.

Николай Николаевич сааһын тухары «Якутскэнерго» хампаанньаҕа электригинэн, Татьяна Петровна оҕо уһуйааныгар иитээччинэн үлэлээбиттэрэ. Кинилэр күүтүүлээх бастакы оҕолорун, соҕотох кыыстарын – Лена, онтон утуу-субуу күн сирин көрбүт үс уолу – Женя, Леня уонна кыраларын Петя диэн ааттаабыттара. Төрөппүттэр оҕолорун бэйэлэрин холобурдарынан ииппиттэрэ. Ол курдук, кинилэри кыра саастарыттан дьиэ ис-тас үлэтигэр сыһыаран, оҥорор, ылсар дьыалаларыгар толору эппиэти сүгэр гына үөрэтэн, иитэн, такайан таһаарбыттара.

Леня кыра эрдэҕиттэн турбут-олорбут, кэлбит-барбыт, сымса оҕо этэ. Маҥнайгы кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, убайа Женя: «Бииргэ үөрэнэр оҕолоруҥ бары тустууга сылдьаллар, күрэхтэһэн бэлиэр миэстэлэстилэр. Эн эмиэ тустууга сылдьыаххын наада», – диэн быраатын тустуу секциятыгар илдьэр. Женя, убай-убай курдук, кэлин кыра быраатын Петяны эмиэ тустууга аҕалбыта. Ол курдук, бу эмиэ бэйэтэ олус эдэркээн уол бырааттарыгар кыһалларын, уол оҕо буолан уратытык толкуйдуур уонна тустуу киһиэхэ инникитин хайаатар да туһалаах буолуохтааҕын чопчу өйдүүрэ.

Леня тустууга маҥнай кэллэҕин күн тренер Валерий Скрябин уолу көбүөр ортотугар таһааран: «Билсэн кэбиһиҥ, бу Леня, эрчиллэ кэллэ», – диэн билиһиннэрбитэ. Онуоха дьарыкка сылдьар уолаттар бары ытыстарын таһынан барбыттара. Леня онно олус соһуйбута уонна улаханнык дьиктиргээбитэ. Кини оччолорго, ол тэтиэнэхтэр эрийсэр мааттарын хабыллар-хаба ортотугар тустуук уолаттар уонна убайын иннигэр туран, түһээн да баттаппата, аны хас да сылынан Аан дойду муҥутуур түһүлгэлэрин аймыаҕын, пьедестал үрдүк чыпчаалларын ылыаҕын, бүтүн саха уонна казах норуоттарын киэн туттуута буолуоҕун, кини туһугар дьон ытыстарын харыстаабакка таһыныахтарын. Тустууга кэлбит кыра уолчааҥҥа ол саҕана барыта сонун этэ, иннигэр олус уустук уонна уһун сыралаах үлэ күүтэрэ. Инники дьылҕатын түстээбит курдук, бэйэтэ да олус умсугуйан туран дьарыктанан барбыта…

Кэлин убайа Евгений Спиридонов көҥүл тустууга маастарга кандидат, быраата Петр Спиридонов спорт маастарын нуорматын толорбуттара. Бырааттарын инники дьылҕаларын түстээн биэрбит убайдара Евгений, хомойуох иһин, эдэр сааһыгар массыына саахалыгар түбэһэн бу орто дойдуттан күрэммитэ…

Маҥнайгы тренер

Леня тустуу секциятыгар кыһын устата Валерий Архиповичка дьарыктанар. Ити сыл Хаҥалас II Дьөппөнүгэр Хабаровскайдааҕы физкультура институтун бүтэрбит Олег Дмитриевич Лебедев тренеринэн үлэлии кэлиэҕиттэн Леонид Спиридонов Лебедевкэ дьарыктанан саҕа­лыыр. Олег Дмитриевич дьо­ҕур­даах оҕолору көр­дүүр, булар былааннаах үлэ­тин саҕалаабыта. Кини ол санаатын олоххо киллэрэн, элбэх оҕону спорт саалаҕа угуйан, нэһилиэк ити көлүөнэ уолаттара бары кэриэтэ тустууга сылдьан, дьарыктанан бараллар. Хайа баҕарар күрэхтэһиигэ утарсааччыларыҥ элбэх буоллахтарына, киһиэхэ дьайар, сайыннарар өттө кэҥээн кэлэр. Ол курдук, Леня тустууга хонноҕо арыллан, сыыйа сайдан барбыта.

Леонид Николаевич тренерин туһунан олус сылаастык, иһирэхтик ахтар: «Киһи быһыытынан үтүөкэн уонна тустууга фанат-тренер этэ», – диэн кэпсиир.

Лебедев сарсыарда ахсын уолаттары уруоктара саҕаланыан иннинэ мунньан эрчийэр идэлээх эбит. Киэһэ үөрэх кэннэ эмиэ дьарыктарын салҕаан, тэйиэккэлии сылдьар уолаттары оннуларын булларан, күүстэрин-уохтарын барытын тустууга, дьарыкка салайан биэрэр. «Кини биһиэхэ тустууга маҥнайгы олукпутун уурбута», – диэн Леонид Николаевич санаатын салгыы үллэстэр. 

Леня маҥнай тустан саҕалаабыт ыйааһына 26 киилэ этэ. Баара-суоҕа 26 кг ыйааһыннаах гиирэ кэриэтэ буоллаҕа… Уол балай эмэ дьарыктаммытын кэннэ тренерэ оройуон иһинээҕи күрэхтэһиигэ илдьэ барарга сорунар. Бу чемпионат Хаҥалас улууһун киинигэр, бу кэмҥэ куорат таһымын өссө ыла илик Покровскай сэлиэнньэтин ДЮСШ-тын киэҥ уораҕайыгар ыытыллар. Дьон бөҕө мустан, тустуу буолар сирэ ыҥырыа уйатын тоҕо тарпыт курдук биир кэм ньиргийэ олорор. Хаһыы-ыһыы, кыһыылаах баһыы, свисток тыаһа, өрөгөй!

Тустан тахсыбыт уолаттар көбүөр таһыгар борцовкаларын уста охсон, күөн көрсө киирээри турар хамаандаларын хаҥыл хааннаах Хаҥаластарын хахайыгар утары ууналлар, көхсүн, саннын таптайан кыайыы көтөллөөх тахсарыгар алҕыыллар, хайдах албастары оҥороруохтааҕын туһунан такайбытынан бараллар. Хамаанда ыллыктаах үлэтэ ити түгэҥҥэ көстөр. Леня манна төһө да хабыр-хапсыһыыны көрдөрбүтүн иһин, олоҕор маҥнайгытын хотторуу хомолтотун билэр. Оҕо киһи дьулуһуутугар кыайыы өрөгөйө туттарбатаҕын олус чугастык ылынан, айманан, ол кыһыытыттан күнү быһа ытаабытын туһунан Леонид Николаевич ахтан ааһар. Мин бу олорон, өрдөөҕүтэ истибиппин өйдөөн кэлэбин. Саастаах дьон хотторон баран ытыыр оҕону төттөрүтүн хайҕаан: «Характердаах тустуук ытыыр оҕоттон тахсар», – диир буолаллара. Оҕолор даҕаны, оннук хотторон баран ытыыр оҕону хаһан да элэктээбэттэрэ, бэйэ икки ардыгар ытыктабыл кэриэтэ үөскүүрэ…

Леня тустууга хайдах кэлбитин, маҥнайгы кыайтарыы хомолтотун хоргутуутун уонна кыайыы өрөгөйүн хаһан да умнубат. Тустуу кини характерын, олоххо көрүүтүн олохтоохтук уонна киһи быһыытынан чочуллан тахсарын төлкөлөөбүтэ. Покровскайдааҕы киирсии уолга маҥнайгы улахан тургутуу буолбута.

Олоххо маҥнайгы

 үрдүкү үктэллэр

1996 сыллаахха тустуунан үлүһүйбүт Леня Олимпийскай эрэл училищетыгар үөрэххэ ыҥырыллар. Онно аҕатын эдьиийэ Лидия Алексеевна уолу кытары кэпсэтэн, Николай Николаевичка уонна Татьяна Петровнаҕа бэйэтин тылын тиэрдэн, Дьокуускай куоракка Өрөспүүбүлүкэтээҕи физика-математика оскуолатыгар туттарсарга сүбэлиир. Лидия Алексеевна бэйэтэ математика учуутала буолан быраатын дэлби дьарыктаан, Леня ити сыл киирии эксээмэннэри ситиһиилээхтик туттаран, РФМШ онус кылааһын үөрэнээччитэ буолар. Саҥа оскуолаҕа уол эйгэтэ эмискэ уларыйар. Физика-математика наукатын доктора Григорий Томскай: «Оҕо маҥнай ахсааҥҥа үчүгэй буоларын ситиһиллиэхтээх. Кэлин, кини бэйэтин идэтин таллаҕына, ахсааҥҥа дьарыгырбыта олоҕор төһүү күүс буолуоҕа. Олох барыта ахсаантан турар», – диэн этэн турардаах. Ол курдук, мин санаабар, Леонид эдьиийэ эмиэ инникини сылыктаан, быраата идэлээх буоларын толкуйдаан, арааһа, итинник салайдаҕа буолуо.

Физика-математика оскуолата – тыа сириттэн кэлбит уолга таһыма үрдүк, ирдэбилэ этириэс этэ. Леня тустууга дьарыгын улам аччатан, үөрэх эйгэтигэр умса түспүтэ. Ол да буоллар билигин «Юность» стадион турар сиригэр, оччолорго эргэ мас спортсаалаҕа нэдиэлэҕэ иккитэ баран дьарыктанара, эрчиллэрэ. Манна быстах кэмҥэ Леняны Федот Архипович Соловьев уһуйбута. Спортсмен буолар санаалаах киһиэхэ маннык көтө-көтө дьарыктанара, биллэн турар, ситэтэ суоҕа, улахан туһаны аҕалбат этэ.

Дьиҥинэн, 1996 сыллаахха Леня Спиридонов аата өрөспүүбүлүкэ иһигэр номнуо иһиллибитэ. Кини бу сыл сайыныгар ыытыллыбыт маҥнайгы «Азия оҕолоро» күрэхтэһии кыайыылааҕа буолбута. Ол маннык этэ.

Ити сыл өрөспүүбүлүкэбит маҥнайгы президенэ Михаил Ефимович Николаев, аныгы Олим­пиада 100 сылын бэлиэтээн, I Норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» диэн Азия континеннарын бүтүннүүтүн хабан оҕолор спортивнай күрэхтэһиилэрин тэрийэр. Бу күрэхтэһиигэ дойдубут араас муннуктарыттан уонна тас дойдулартан кэлэн кыттыбыттара. Саха сириттэн спорка үчүгэй көрдөрүүлээх, кэскиллээх аччыгый спортсменнарга сүүмэрдээһин оҥорбуттара. Бу талыллыбыт оҕолорго Леня киирбитэ. Сүүмэрдээһин тургутуутун барытын ааһан, күрэхтэһиигэ Саха сирин II хамаандатын аатыттан кытта киирэр буолбута. Спорт аата спорт, Аркадий Алексеев этэринии: «Спорт ырыа эҥин күрэҕэ буолбатах, кыайдыҥ да кыайдыҥ. Баайсар, кэнниттэн кэлэн хойох хостоһор сатаммат. Манна барыта арылхай!» Ол курдук Леня күрэхтэһии кыайыылааҕы быһаарар күөн көрсүһүүтүгэр тиийэн биир дойдулааҕын, кэлин оҕолорго Аан дойду чемпиона буолбут Дмитрий Михайловы кыайан турардаах. Леонид Спиридонов ол саҕаттан итинник «хаартыны булкуйары» сатыыр. Ол туһунан тустууну сэҥээрэр дьон да кэпсииллэр, сонуннарга да үгүстүк суруйан турардаахтар.

«„Азия оҕолоро“ күрэхтэһии улахан эрэли биэрбитэ. Аан маҥнайгы норуоттар икки ардыларынааҕы уопутум буоллаҕа. Атын омуктары кытары тэҥҥэ эрийсиэххэ, кинилэри да кытары киир­сиэххэ сөп эбит уонна саамай сүрүнэ диэн, киһи олимпиадаҕа даҕаны тиийиэн сөп эбит диэн санааҕа кэлбитим», – Леонид Николаевич аһаҕастык этэр. Кини бу күрэхтэһиигэ кытай уонна монгуол уолаттарын кыайталаабыта.

Тренердэр саҥа көстүбүт инникилээх уолу таах ыытан кэбиһэллэрэ сатаммат дьыала буоллаҕа. Эһиилги үөрэх дьылыгар Олег Дмитриевич уонна Хаҥаластан эмиэ хас да тренер буолан сүбэлэһэн баран Леня Спорт үрдүкү маастарыстыбатын оскуолатыгар (ШВСМ) Будимир Григорьевич Яковлевка дьарыктана барарын ситиһэллэр. Эдэр спортсмен манна кэлиэҕиттэн дьиҥнээх дьарыга, күүстээх үлэтэ саҕаланар. Көлөһүн бөҕө тохтор, араас эчэйиини ыллар да, кинилэр иккиэн туруоруммут сыалларын диэки тохтоло суох биир кэм дьулуһа тураллар.

Леонид Николаевич күн бүгүнүгэр диэри кинини онно, туһааннаах кэмигэр өйдөөбүт уонна өйөөбүт оскуолатын дириэктэригэр Иван Иванович Шамаевка махтана саныыр. «Тустуук буоларбар кини үтүөтэ, өйөбүлэ эмиэ сытар», – диэн кэпсэтэр кэммитигэр ахтан ааһар.

Роман Дмитриев

 үбүлүөйдээх турнира

Сыл-хонук ааһан иһэр. Леняҕа күнтэн-күн дьарык, оскуолатааҕы түбүктэрэ эмиэ тирээн тураллар. Уол спордун уонна үөрэҕин дьүөрэлээн, хаҥыл майгыта сыыйа сыһыйан, билии уонна күүс өттүнэн кырыыланан, уҥа-хаҥас бырахсан иһэр.

Уон биирис кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, дойдубут ураты-бэлиэ кырыа кыһына тыйыһыран турдаҕына, чуо төрөөбүт күнүн саҕана куораппытыгар улахан суолталаах спортивнай тэрээһин буолар. Ол курдук Роман Михайлович Дмитриев XX Олимпиада оонньууларыгар чемпионнаабыта 25 сылын чиэстиир көҥүл тустууга улахан турнир ыытыллан, дойдубут спордун историятыгар сүҥкэн тэрээһин быһыытынан өйгө-сүрэххэ хатанар. Үрдүк таһымнаах турнир оччолорго Саха сирин биирдэ тилийэ көтөн кэбиһэр. Бу күрэхтэһиигэ олимпиец, Европа үс төгүллээх (кэлин Европа биэс төгүллээх уонна Аан дойду үс төгүллээх) чемпиона Александр Захарук кэлбитэ тустууну сэҥээрээччилэри бүтүннүү күүркэтэр, тыа сирин олохтоохторо араадьыйа сонуннарын манаабытынан бараллар. Бу сыл көҥүл тустуу историятыгар уларыйыы буолан, Аан дойду чемпонатыгар 47,6-48 киилэ маҥнайгы көрүҥнээх муҥутуур чэпчэки (1-й наилегчайший) уонна 52-52,1 киилэ муҥутуур чэпчэки (наилегчайший) ыйааһыннары туораталлар.

Леня Будимир Яковлевка эрчиллэн бу кэмҥэ адьас «форматыгар» киирэн сылдьара. Төһө да кылгас кэмҥэ дьарыктаатар, Будимир Григорьевич уолтан бэйэтин кэмигэр тахсыахтаах бары кыаҕын сөпкө туһанан, кирсэ тардыллыбыт оноҕос курдук бэлэмнээн эрэрэ. Туһааннаах кэмҥэ сыалы сөпкө кыҥаан баран, чыыбыһы төлө тардан кэбиһэр эрэ ирдэнэр курдуга. Бу күрэхтэһиигэ Леня 60 киилэ ыйааһыннаахтарга тустуохтааҕа. Уол кыайыыга көтөллөнүөн икки балай эмэ дьоһун тохтотор төрүөт баара: бастатан туран кини манна улахан дьону кытта киирисиэхтээҕэ, иккиһинэн утарсааччылара бары да ааттаах-суоллаах, улахан уопуттаах дьон этилэрэ. Леонид Николаевич билигин ахтарынан, кини ити күрэхтэһиигэ 60 киилэҕэ диэри ыйааһынын түһэрэн тиийбит. Оттон утарсааччылара төттөрүтүн ыйааһыннарын өрө таһааран кэлбиттэр. Ыйааһын оҥоһулунна, көрөөччүлэр муһуннулар, тустуу саҕаланна!

Күрэхтэһиигэ мустубут дьон, тустууну таптааччылар бары кэриэтэ финалга Александр Захаругу кытары Герман Контоев тахсыахтара диэн эрэнэ кэтэһэн олороллоро. Онуоха Леня убайын Герман Степановиһы хотон кэбиһэн, түрүбүүнэ хаҥас өттө ах барар, уҥа аҥаара саҥатыттан матар. Итиэннэ кыайыылааҕы быһаарар киирсиигэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи физика-математика оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ, Будимир Яковлев иитиллээччитэ Леонид Спиридонов уонна Европа үс төгүллээх чемпиона, күрэхтэһиини аҥаардас кыттыытынан кэлэн киэргэтэ сылдьар ааттаах-суоллаах Александр Захарук көбүөр ортотугар тахсан сүүс-сүүстэриттэн тирэһэллэр, тарбах-тарбахтарыттан бобута ылсаллар. Ол туста сылдьан Леонид киһитин олус хапсаҕайдык «миэлиҥсэлээн» түһэрэр. Онуоха мустубут көрөөччүлэр спорт Дыбарыаһын саалата хайа барыах айылаах хаһыытын түһэрэллэр. Атаҕынан дибдийии, ыһыы-хаһыы – саала иһэ күһүҥҥү сарсыардааҥҥы чуумпуга «Беларусь» тыраахтар пускааһын эспит кэриэтэ биир кэм ньиргийэ олорор. Сөҕүү-махтайыы бөҕө буолаллар. Тустууну таптааччыларга, бу саалаҕа олорор дьоҥҥо онтон ордук туох бэлэх кэлиэй?!

Ол да буоллар Леонид Захаруктан 5-3 ахсаанынан кыайтарар. Кини итини уопутум суоҕа таайдаҕа диэн билинэр. Чахчы да оннук буоллаҕа. Александр Валерьевич улахан кылаастаах тустуук этэ. Ол гынан баран, санаан көрдөххө, Леонид онно лаппа улахан уопут иҥэринэр уонна салгыы сайдарыгар, инники санаатыгар сытала суох кыах ылар. Леонид ити «миэлиҥсэтэ», «түргэннээһинэ» уонна ордук табыллан оҥорор «тилэхтээһинэ» кини сөбүлээн туһанар албастара инникитин Аан дойду таһымнаах көбүөрдэригэр ураты буочарын көрдөрүөхтэрэ. Оттон оҕо аймах кэлин мэниктээн туста сылдьан тилэхтээһин ньымата табыллыннаҕына «спиридоновтааһын» диэн тылы астына туттуоҕа…

Улахан түһүлгэлэр

Леонид, оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн, ол сыл М.К. Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университетын геологияҕа уонна сир баайын чинчийэр факультетыгар туттарсан үөрэнэ киирэр. Маҥнайгы кууруска үөрэнэ сырыт­таҕына, 1999 сыллаахха Россияҕа бастыыр иһин күрэхтэһиигэ туста барар. Леонид, бу кэмҥэ Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ, юниордарга 63 киилэҕэ тустара былааннанар. Күрэхтэһии торумунан 21 саастарыгар диэри бөҕөстөр кытталлара.

Леонид, утарсааччыларын биир-биир кыайталаан, финалга Шамиль Омаров диэн Дагестан бөҕөһүн кытары күөн көрсөр. Кытаанах киирсии кэннэ, кыһыл көмүс мэтээлгэ талаһааччылар бааллара 6-6-ҕа тэҥнэһэн хаалар. Судьуйалар маннык түбэлтэҕэ бүтэһик баалы ылбыт киһиэхэ кыайыыны биэрэллэр. Тустуу сокуона оннук. Онон, кыһыйыах иһин, Леонид үрүҥ көмүс мэтээлгэ тиксэр. Шамиль салгыы Ев­ропа чемпионатыгар баран күрэхтэһэр уонна бэһис миэстэ буолан хаалар. Шамиль Омаров – тустууга сыһыаннаах дьон эндэппэккэ билэр киһилэрэ. Кини Олимпиада икки төгүллээх, Аан дойду биэс төгүллээх, Европа түөрт төгүллээх, Россия биэс төгүллээх чемпиона Абдулрашид Садулаев тус тренерэ.

Ити сыл күһүнүгэр Россия тустуутун Федерацията Аан дойду чемпионатыгар кыттыахтаах уолаттары түмэн «прикидка» (спортсменнар бэлэмнэрин көрүү, сүүмэрдээһин) оҥороллор. Леониды кытары кини ыйааһыныгар баар Шамиль Омаров, Мавлет Батыров (Дагестан, Олимпиада икки төгүллээх чемпиона), Ахмед Юсупов (Дагестан, Аан дойду чемпиона, Али Алиев аатынан улахан турнир кыайыылааҕа) кыайар иһин көбүөрү үнтү кэһэллэр, бэйэ-бэйэлэрин кытары ибили тиниктэһэллэр. Леонид утарсааччылара бары бииртэн биир бэрт буолан иһэллэр! Ыйааһына оннук – хайа хахайдара хаардыы хаамар 63–66 киилэлэрэ.

Прикидка кэмигэр, эмиэ буоларын курдук, «хаартыга бутуур» тахсар. Леонид үөһэ ааттаммыт утарсааччыларын барыларын биир-биир кыайталаан кэбиһэр. Биллэн турар, маннык киирсиигэ мэтээл, наҕараада биэрбэттэр, онно-манна сырдаппаттар. Ол оннугар уолу таҥнар сиргэ «ыҥыраллар». Манна салгыы күрэхтэһииттэн атын дуолан киирсии буолар. Дагестан итии хааннаах бэртэрэ – номнуо биллэр ааттаах-суоллаах дьон саха ыччатыгар кыайтарбыттарын бырастыы гынар санаалара ончу суоҕа! Сүүмэрдээһин түмүгэ охсуһуулаах, сирэй-харах, эт-сиин эчэйиилээх буолбута. Ол иһин тустууну сэргээччилэр: «Испирдиэнэп Кавказ омуктарыттан күүһүнэн даҕаны, ис турук, өй-санаа да өттүнэн сабырыйтарбат!» – диэн этэллэр. Леонид кэлин даҕаны ити ааттаммыт хаачыстыбаларын үгүстүк көбүөргэ, быһаччы дьыалатыгар көрдөрбүтэ…

Эр-дьон буоллахтара, ол айдаан этэҥҥэ ааһан, Леонид салгыы ити сыл Австралияҕа ыытыллыбыт Аан дойду бастыҥнарын түһүлгэтигэр киирсэ барар. Сиднейгэ тиийэн эмиэ утарсааччыларын биир-биир самнартаан, финалга тахсар. Түмүктээх киирсиигэ Николай Пасларь диэн Болгария бөҕөһүнүүн көбүөр ха­һаайынын аатын былдьаһаллар. Пасларь бу киирсиигэ бастыҥ буолар. Леонид кыһыл көмүскэ адьас кыранан тиксибэт. Ол да буоллар үрүҥ көмүс мэтээли түөһүгэр дьоһуннук иилинэн, күүһүгэр күүс, кыаҕар кыах эбиллэргэ дылы буолар. Кэлин Пасларь ула­хан дьоҥҥо Аан дойду уонна Европа чемпиона буолбута. Ити курдук хас биирдии тустуук бэйэтэ ураты суоллаах-иистээх: үгүстэр дойдуларын салайсар үрдүкү чыпчааллары дабайбыттара. Маннык көстүү, экспертэр быһааралларынан, спортсменнар дьирээ сигилилэрэ, анаарар майгылара, бэйэлэригэр этириэс ирдэбиллэрэ – үгүс көлөһүн тохтуутун нөҥүө түбүктээх үлэ булгуччу үтүө түмүктээх буоларын бигэтик билбит хаачыстыбалара сирдээн аҕалар эбит. Онно эбии өй-санаа, үөрэх — төһүү күүс буолара саарбахтаммат…

Токио – Япония

Ол саҕанааҕы СГУ, билиҥҥи ХИФУ геологияҕа уонна сир баайын чинчийэр факультета биһиги дойдубут биир бастыҥ уонна кэскиллээх хайысхатыгар үлэлиир-хамсыыр идэлээхтэри үөрэтэн таһаарар. Университет саҥа тэриллэр кэмигэр дойдубутугар сиртэн хостонор баайы үөрэтии, онно туһааннаах каадырдары миэстэтигэр бэлэмнээһин кыһалҕата тирээн турара. ГРФ төрдүн-төбөтүн үөскээбит кэмэ СГУ тэриллээтин кытары саҕаланар диир арааһа сыыһа буолуо, чопчулаатахха, техническэй факультет тэриллэр буолан Саха государственнай университета баар буолбута. Онон ГРФ кырдьаҕас, ону ааһан ХИФУ биир сүрүн тымыра буолар диэтэхпитинэ, арааһа, сыыспаппыт буолуо.

«Икки куобаҕы сырсыаҥ, хайатыттан да матыаҥ» диэн бэргэн этии баар. Леня тустуутун, дьарыгын быыһыгар аны үөрэҕэ улахан болҕомтону эрэйэрэ. Бэриллибит сорудахтарын дьарыгын кэннэ киэһэттэн-киэһэ толорорго күһэллэн, син уҥа-хаҥас бырахсара. Сиднейдээҕи күрэхтэһии кэнниттэн, биир сыл элэс гынан ааһа охсор. Өр буолбат, 2000 сыллаахха ыытыллыбыт Россия чемпионатыгар «Сахалар бастаатылар!» диэн сурах эмискэ Саха сирин тилийэ көтөр. Ол курдук биир дойдулаахтарбыт Кирилл Павлов, Николай Чукров уонна Леонид Спиридонов Кабардино-Балкарияҕа ыытыллыбыт устудьуоннар икки ардыларынааҕы Россия чемпионатыгар бастакы миэстэлэри ылан, Рос­сия сүүмэрдэммит хамаандатын иһигэр кимиэллээхтик кимэн киирэн, салгыы Японияҕа ыытыллар Устудьуоннар икки ардыларынааҕы аан дойду түһүлгэтигэр күрэхтэһэ барар чиэскэ тиксэллэр. «Саха тустуута баар!» – диэн дьон астына кэпсэтэр, санаа атастаһар буолар, бэл, эдэр ийэлэр оҕолорун тустууга суруйтаран бараллар…

Япония киин куората уолаттары уруйдуу көрсүбүтэ. Сылааһа, ырааһа, сырдыга! Түүнүн дьиримнээн олорор, уот-күөс мааныта! Леонид бу да иннинэ син балай эмэ сайдыылаах дойдулары, араас улахан куораттары көрбүтэ даҕаны, күннээх дойду киин куоратын сайдыы­тыттан улаханнык соһуйбута, өйүгэр-санаатыгар хаалардыы сөхпүтэ…

Универсиадаҕа биһиги уолаттарбыт чаҕыл­хай киирсиилэри көрдөрбүттэрэ. Леонид 63 киилэ ыйааһыҥҥа тэҥнээҕин булбатаҕа. Сахалартан аан бастакынан устудьуоннар Олим­пиадаларыгар кыайыылааҕынан тахсыбыта. Быһаарсыылаах киирсиигэ Леонид Япония бөҕөһүн үҥкүрүппүтүгэр олохтоох дьон киһилэрин өйөөн ыһыынан-хаһыынан биһиги уолбут уйулҕатын төһөлөөх баттыы сатаабыттара буолуой?! Ол ыгыыны хайдах курдук кыайан утарсааччытын самнарбытын киһи билигин таайа эрэ саныан сөп курдук. Леонид кыа­йыы көтөллөөх дойдутугар кэлбитигэр кинини өссө биир үтүө сонун кэтэһэн турара. СГУ ректора Анатолий Алексеев «Человек года» диэн уһулуччу ситиһиилээх устудьуоннарга бэриллэр анал ытык ааты Леонид Спиридоновка туттарбыта.

Спорка бэриниилээх буолуута кэмниэ кэнэҕэс атын өттүнэн охсуулаах буолан тахсыбыта. Леонид үөрэҕэр көтүтүүтэ олус элбээн, үһүс кууруска үөрэнэ сылдьан кэккэ ыарахаттары көрсүбүтэ. Тиһэҕэр үөрэҕиттэн даҕаны тохтуох курдук буолбута. Бу кэмҥэ Хайа факультетыгар Борис Николаевич Заровняев деканынан ананар. Кини сүбэтинэн Леонид СГУ иһинэн физкультура институтугар көһөр. Кэскиллээх спортсмен уол бэйэтин эйгэтигэр дьэ тиийэн, үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэр. Леонид бас­такы ылбыт идэтинэн муҥурдаммакка, иккис үрдүк үөрэҕэр Үп уонна экономика институтугар кэтэхтэн үөрэнэ киирэр. Онон Леонид Спиридонов дойдутун чиэһин көмүскүүрүн быыһыгар икки идэни баһылыыр.

Чулууттан чулуулар

көбүөрдэригэр

Нуучча омугар «плох тот солдат, который не мечтает стать генералом» диэн бэргэн этии баар. Спортсменнарга эмиэ биир оннук. Өскөтүн эн дьаныһан туран спордунан дьарыктанар, кыайыыга дьулуһар буоллаххына, ыра санааҥ чыпчаалынан син биир олимпиада буолар. Олохторун спорду кытары ыкса ситимнээн, бүүс-бүтүннүү онно бэринэн сылдьар дьон бары кэриэтэ олимпиадаҕа тиийээри талаһаллар. Олимпиада – чулууттан чулуулар эрэ тиийэр, муҥутуур улахан күрэхтэһиилэрэ!

Токио турнирын кэнниттэн түөрт сыл ааспыта. Леонид бу кэм устата үгүс күрэхтэһиигэ кыай­бы­та. Олортон биир суолталаах күрэхтэһиинэн 2003 сыллаахха Алуштаҕа ыытыллыбыт эрчийэр түмсүү буолбута. Алушта турар сирэ муора кытыла буолан, салгына чэбдигэ, ырааһа, спортсменнарга анаан айыллыбыт курдуга. Бу түмсүүгэ, тургутан көрөр киирсиилэргэ Леонид Украина, Армения, Казахстан, Россия, Греция, Болгария, о.д.а. судаарыстыбалар бөҕөстөрүн кыайталаабыта.

Бу кэмҥэ казахтар саха уолун хаһыс да сылын болҕомтоҕо ылан, тоҕоостоох кэми эрэ кэтэһэ сылдьаллара. Инньэ гынан Алушта кэннэ Леониды Казахстан сүүмэрдэммит хамаандатыгар ыҥыран, кинилэри кытары үлэлэһэригэр, Казахстан аатын улахан түһүлгэлэргэ көмүскүүрүгэр этии киллэрбиттэрэ. Леонид, тренерэ Будимир Григорьевич уонна Иван Сивцев (Саха сирин уонна Россия үтүөлээх тренерэ, көҥүл тустууга ССРС спордун маастара) буолан улахан толкуйга түһэллэр. Биллэн турар, Казахстан аатыттан туста ба­рыы Леонидка саҥа аартыктары арыйара уонна кэнэҕэскитин олимпиадаҕа тиийэригэр сэрэбиэйэ табыллыах курдуга. Казахстан көҥүл тустуу эмиэ сайдыбыт аҕай сирэ. Ол эрээри 19 мөлүйүөнтэн тахса нэһилиэнньэлээх омук саха уолугар болҕомтотун уурбута эмиэ тугу эрэ этэрэ. Сотору дьоммут, сөбүлэҥнэрин биэрэн, холонон көрөргө сананаллар. Ол гынан баран, Леонид тренериттэн барбат, күрэхтэһии кэмигэр эрэ Казахстан аатыттан киирэрин курдук соҥноһоллор. Онон бэйэ иһигэр улахан уларыйыы суох, режим ыһыллыыта тахсыбат.

Өр-өтөр буолбат, Леонид Казахстаҥҥа ыытыллыбыт Азия кубогын хаһаайынын үрдүк аатын сүгэр. Салгыы Словакия куоратыгар ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы олимпиада путевкатын былдьаһар турнирга бастакы миэстэни ылан, олимпиадаҕа баран Казахстан аатын көмүскүүр үрдүк чиэскэ тиксэр. Бу күрэхтэһиигэ Леонидка «Турнир бастыҥ тустууга» диэн анал кубогы туттараллар. Тургутуутун барытын дьоһуннук ааһан, уол туруоруммут сыалын ситиһэр. Аны кини иннигэр туорайдыыр-тохтотор туох да суох этэ. Леонидка олимпиада тыына биллибитэ, хас биирдии спортсмены долгутар улуу турукка киллэрбитэ…

2004 сыллаахха Леонид Спиридонов Казахстан сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн XXVIII Олимпийскай оонньууларга күрэхтэһэ барар. Бу кэмтэн ыла кини улахан көбүөрдэргэ мэлдьи 66 киилэҕэ тустар буолар. Олимпиада буолар да сирэ олус суолталаах этэ. Олимпиада оонньуулара аан маҥнай биһиги эрабыт иннинэ 776 сыллаахха Грецияҕа үөскээбиттэрэ. Кэлин, улахан религиялар киирбиттэрин кэн­нэ, Олимпиада оонньууларын «язычниктар» итэҕэллэрэ диэн тохтото сылдьыбыттара. XIX үйэ бүтүүтүгэр бу оонньуулары хаттаан сөргүппүттэрэ. Ол курдук, 2004 сыллааҕы олимпиада бэйэтин төрүт дойдутугар дойдутугар төннөн Грецияҕа ыытыллар буолбута. Онон суолтата – улахан, сүрүнэ – сүдү!

Үгүс киһи бу олимпиаданы – Герман Контоев уонна Леонид Спиридонов тиийбит күрэхтэһиилэрин күн бүгүҥҥэ диэри үчүгэйдик өйдүүр. Биһиги бу кэмҥэ Аммаҕа киирэн оттуу сылдьарбыт. Кырдьаҕас таайбыт – тустуу улахан сүгүрүйээччитэ. Күн-дьыл да туран биэрэн, олус үчүгэй «күһүннээх» дьыл буолбута. Араадьыйабытын туппутунан, кулгаах иччитэ буолан алаастан алааска көһө сылдьарбыт. Эппиэттээх киһибит – таайбыт. Тустууктары да билэрэ, бэйэтэ сыана быһа охсоро да түргэнэ, сорох кэмҥэ мөккүһүүлээх да буолар этибит. Ол быыһыгар кустуурбут уонна отоннуурбут. Бэрт сэргэх күһүн ааспыта… Биллэн турар, чиҥник өйгө хатанан хаалбыт түгэннэринэн Леонид Спиридонов киирсиилэрэ буолбуттара…

Маҥнайгы эргииргэ Леонид Эван Макдональд диэн Канада бөҕөһүн утары тахсар. Киирсии маҥнай биһиги уолбут туһатыгар баран иһэрэ. Ол курдук Леонид 7:0 ахсаанынан канадеһын самнаран иһэн, киһитэ эмискэ арыллар да, биир-биир баал ылаттаабытынан барар. Сүрдээх уустук хачыктаһыы кэннэ Леонид киһитин 9:7 ахсаанынан баһыйар. Киһи тэйиччиттэн олорон, ис-иһин билбэккэ, солуута суохха эмиэ ыгылыйыан сөп эбит. Киһибит ситтэрэ сыспытыгар убайдарым кэри-куру турукка киирэн барбыттарын көрөр соччото суох көстүү этэ. Хата кыайан, эҕэ-дьэҕэ буолан, күө-дьаа оттуу барарбытын өйдүүбүн. Чахчы, ыксатан турардаах. Билигин Леонидтыын алтыһан билбитим, олимпиадаҕа баран иһэн тымныйан ыалдьа сылдьыбыт эбит. Кини ити кэмҥэ ыйааһын түһэрэ сылдьан, самолет сөрүүкэтэригэр (кондиционер) үрдэрэн кэбиспит. Киһи ыйааһына түстэҕинэ, оннук кыра да тыалга оҕустарыахха сөп. Биллэн турар, тымныйыыта күрэхтэһии кэмигэр син биир доруобуйатыгар сабыдыаллаатаҕа. Бэйэтэ даҕаны тыынарыгар ыарырҕаппытын туһунан ахтан ааһар.

Спиридонов иккис эргииргэ Болгарияттан сылдьар Олимпиада призерэ (2000 с.), Аан дойду уонна Европа хас да төгүллээх чемпиона Серафим Барзаковтыын күөн көрсөр. Барзаков бу иннинэ Макдональды 10:0 ахсаанынан хотон сылдьара. Онон дьон эрэ барыта Болгария бөҕөһүгэр кыайыыны биэрэн олороллоро. Уопут уонна эрчим утарыта тураллар. Манна эмиэ маҥнайгы эргиир хаамыыта хатыланар. Леонид киһитин 4:0 ахсаанынан кыайан иһэн тиһэҕэр тиийэн бааллара тэҥнэһэн хаалар. Ыксал буолар. Мүнүүтэ бүтэрэ адьас аҕыйах сөкүүндэ хаалбытын кэннэ Леонид Барзаковы үгэс буолбут ньыматыгар түбэһиннэрэн, хап­саҕай албаһынан «тилэхтээн» түһэрэр. Оннук гынаатын кытары алаас абааһыларын барытын аймыах айылаах дуолан хаһыыны түһэрэбит. Сэрэйдэххэ, тэлэбиисэринэн көрө олорор, оттуу, бултуу сылдьар араадьыйанынан истээччилэр уонна онно миэстэтигэр ыраах Афины куорат түһүлгэтигэр көрөөччүлэр биһигиттэн итэҕэһэ суох хаһыытаабыт, саха уолун дьулуурун уруйдаабыт буолуохтаахтар! Сураҕа, Барзаков хотторон баран аҕыйах сөкүүндэ туох буолбутун өйдөөбөккө, муммут уонна мунаарбыт сирэй­дээх көбүөргэ олорбута үһү. Леонид кэлиҥҥи да тустууларыгар, утарсааччылара ити «тилэхтээһин» албаһын туттарын билэр буолан, улаханнык сэрэхэчийэллэрэ да, син биир ханна эрэ мүччү туттаран, киирэн биэрээччи үгүс буолара.

Леонид бу киирсиитин: «Дьон миигин кыайыа диэн эрэммэт этилэрэ. Ол да буоллар хомуллан, бачча тосхойбут түгэҥҥэ баал ылыахпар диэри тиниктэһиэм диэн санаалаах киирбитим», – диэн билигин ахтар.

Икки чулуу тустуугу хотон, үһүс эргииргэ Кадзухико Икемацу диэн Япония боотурун кытары көбүөргэ тахсаллар. Буоларын курдук, күрэхтэһээччилэр сыыйыллан, күүстээхтэр хаалан иһэллэр. Япония бөҕөһүнүүн эмиэ дэлби эрийсэн, тоҕус мүнүүтэни быһа тустан, Леонид 3:2 ахсаанынан бэйэтин туһатыгар кыайыыны сурунар.

Полуфинал кэмэ тирээн кэлэр. Спортсменнар бары сылайан, чыпчаалга тиийэллэрэ кыра хаалан турар. Сэрэбиэй манна эмиэ Леонид туһатыгар буолбат. Ол курдук кини бу олимпиада кыайыылааҕа буолбут Эльбрус Тедеевы (олимпиада, Аан дойду үс төгүллээх уонна Европа чемпиона) утары көбүөргэ тахсар. Ол да буоллар Тедеев ыраас кыайыыны ситиспэт. Орто Өлүөнэ сүнньүн хабыллар-хаба ортотугар күөх окко түспүт, Хаҥалас мырааннарынан өрө-таҥнары сүүрбүт хаҥыл санаалаах саха омук чулуу ыччата Леонид Спиридонов Тедеевы төттөрүтүн 2:0 ахсаанынан баһыйан барар. Онтон, бэрт бэрдэ баһыйан, сыыйа бааллара тэҥнэһэр. Леонид дьигиһийэн, киһитин самнарар санаата модун. Бүтэһик мүнүүтэ тиһэх сөкүүндэлэрэ хаалбыттарын кэннэ, Леоникка сэрэтии биэрэннэр, утарсааччытыгар биир баалы суруйан кэбиһэллэр.

Салгыы боруонса мэтээл былдьаһыыта саҕаланар. Манна көбүөргэ Махач Мурта­за­лиев­тыын (олимпиада хас да төгүллээх призерэ, Аан дойду икки төгүллээх уонна Европа түөрт төгүллээх чемпиона, олус кэскиллээх тустуук эрдэ эчэйии ылан, тустуутун тохтоппута) утарыта тураллар. Уһун-унньуктаах, хабыр киирсии кэннэ 2:1 ахсаанынан Муртазалиев кыайан, Леоникка олимпиада мэтээлэ кыл-мүччү туттарбакка хаа­лар. Түмүгэр, баара-суоҕа биир баал тиийбэккэ, Леонид төрдүс миэстэ буолар. Спортсмен киһиэхэ олоҕор аҕыйахта тосхойор түгэнигэр – олимпиадаҕа Леонид бэйэтин өттүттэн туох ирдэммитин барытын оҥорбута. Ол иһин тустууну сэҥээрээччилэр кинини ытыктыыллара өссө үрдүүр. Биһиги уолбут Казахстан норуотун киэн туттуута буолар. Леонид билигин: «Олимпиада диэн киһи дууһата хамсыыр, олус улахан суолталаах умнуллубат чыпчаал», – диэн этэр.

Өйөбүл хардарыта буолуохтаах

Леонид Николаевич олимпиада кэнниттэн үгүс үр­дүк үктэллэри ылаттыыр. Кини тустуук быһыытынан сайдыыта уонна ситиһиитэ эдэр ыччакка холобур буолар. 2006 сыллаахха бэйэтин ыйааһыныгар Азия чемпионатын муҥутуур кыайыылааҕын аатын ылар. 2008 сыллаахха Кытай Пекин куоратыгар ыытыллыбыт XXIX олимпиадаҕа тиийэн чаҕылхай киирсиилэри көрдөртүүр. Ол гынан баран, бу да сырыыга мэтээл биһиги уолбутуттан эмиэ кыһыылаахтык куотар. Эһиилигэр Аан дойду чемпионатыгар тиийэн боруонса мэтээли иилинэр.

Леонид биир үтүө хаачыстыбатынан кини бэйэтин уопутун дьонун, биир дойдулаахтарын кытары үллэстэрэ буолар. Сахабыт сирин кэрийэ сылдьан тустуук оҕолору кытары көрсөн маастар-кылаастары ыытар, сүбэ-соргу биэрэр. Бу көрсүһүүлэргэ сылдьыбыт аччыгый спортсменнар. Аан дойду улахан түһүлгэлэригэр атын омук ааттаахтарын боҕутуннарбыт бөҕөһү илэ харахтарынан көрөн, кини олоҕун ситиһиилэрин ыйдаҥардан бараллара – тус бэйэлэригэр туһалаах буолара саарбахтаммат. Леонид кэлин, улахан тустуутуттан тохтоотор даҕаны, дойду иһинэн ыытыллар таһымнаах күрэхтэһиилэр кыайыылаахтара буолбута.

Сиргэ түспүт сэрэбиэйинэн, окко түспүт оҥоһуутунан олоҕун аргыһын Розалия Филипповнаны көрсөн, олохторун холбоон үс оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, ийэ, аҕа аатын сүкпүттэрэ. Леонид уолаттара Дьулусхан уонна Сандал аҕалара тустарыгар секундант, эрэллээх ыалдьааччы быһыытынан сылдьар үтүө үгэстээхтэр.

Дьиссипилиинэлээх киһи туруоруммут сыалын хайаан да ситиһэрин, ылсыбыт дьыалатын тиһэҕэр тиэрдэрин, олоххо ситиһиилээх буоларын Леонид хаһан даҕаны умнубат.

   Леонид Николаевич, спорка үгүс көлөһүнүн тохпут, дьиссипилиинэ тыйыһын билбит киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка миниистирин быһыытынан үгүс үтүө сүүрээннэри киллэриэ диэн бигэ эрэллээхпит. Леонид Николаевич спорка суола өссө кэҥээн, иннин диэки кимэн киирэн, норуотун туһугар кыайыылаах хардыылары оҥоро турдун диэн алгыспытын аныыбыт.

Утум Захаров

Чолбон. – 2022. –№ 7

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар