(Трагедияттан быһа тардыы)
Аммосовтаах Ойуунускай ыга куустуһан турбахтаан баран, ыһыктыһан кэбиһэллэр. Эмиэ харах уута, эмиэ ытаһыы-соҥоһуу.
Аммосов. Быралыйар быдан сылларга быраһаай, доҕоруом, Былатыан!
Ойуунускай. Быраһаай, Максим, быраһаай!
Сцена аа-дьуо хараҥаран баран, эмиэ улам-улам сырдаан кэлэр. Ойуунускай камерата көстөр. Платон Алексеевич кыратык утуйан ылан баран дуу, утуйбакка ону-маны эргитэ саныы сытан баран дуу, эмискэ суорҕанын тэлэйэ баттаан, оронугар хорос гына олоро түһэр.
Ойуунускай кэп туонуута (Кыһыл Ойууннуу). Сүүрбэттэн ахса сыл буолла: дирбиэн-дарбаан күннэргэ дирбийэн-дарбыйан турбутум, көнөр көҥүлү көрдөспүтүм, көмүс солону көмсүбүтүм. Тибиилээх-тииһиктээх күннэргэ тибийэн-табыйан турбутум, баай дьон батталын бараспытым, барбах дьоннору барҕатыспытым. Саталаах-саргылаах күннэргэ сатайан-саҥаран турбутум, саха дьонун салайсыбытым, сааппат-саспат саргыласпытым… Хаарыан-харамай күннэргэ хаһыытаан-ыһыытаан тураммын түрбүөн бөҕөнү түһэрсибитим, түрмэ бөҕөнү түҥнэрсибитим… Эс… кэбис… билигин өссө элбэх түрмэ төбүрүөннээтэ буолбат дуо?! Сүүрбэттэн тахса сыл буолла килбик-кичимэҕэй күннэргэ кичэйэн-хачайан турбутум, ордук соргуну булсубутум, олох дьолун оҥорсубутум… көҥүл дохсун күннэргэ көрүлээн-нарылаан тураммын өйү, көҥүлү үрдэтиспитим, өлгөм дьолу төрөтүспүтүм… Дорҕоон-долгун күннэргэ долгуйан-оргуйан тураммын кыра норуоттуун кыайбытым, кырыыс баһын быһыспытым… Кыыһар сардаҥа уотугар, кыһыл үйэ дьолугар уһун тускул туппутум, уруй-айхал эппитим… Онтон билигин, кырбаныыттан сордонон кырдырҕаччы тыынар, сутуруктааһын соруттан сурдурҕаччы тыынар кэмнэрбэр, күнүм күрэнээри күдэриктэнэн көстөр, ыйым кыйданаары ынырыктыйан көстөр кэмнэригэр, эстэн эрэр эт кулгаахпынан тугу истэбиний, уолаары гыммыт уу харахпынан тугу көрөбүнүй?! Ыйдаҥаны ытыспыппын, кураанаҕы кууспуппун, сииккэ сиэлбиппин, хаарга хаампыппын… «Норуот өстөөҕө» диэн тылларынан бэлиэтэммит тимир чэҥкээйини моонньубар ыйаабыттарын, эмиэ итинник тылларынан бэлиэтэммит хоҥкунас хобону кутурукпар баайбыттарын!… Оо, аанай-туонай абаккам, иэнэй-туонай иэдээним эбит!… Сорум эбит!.. Муҥум эбит. Ыллыыр бэйэккэм ытыыр идэлэммиппин, хоһуйар бэйэккэм куру-сири дьүһүннэммиппин истэн-билэн иэдэйэбин, көрөн-истэн күлүктүйэбин… Ытыам-ымманыйыам иһин – хараҕым уута халыйбат, күүгүнүөм, күйгүөрүөм иһин көмүскэм уута көстүбэт буолла. «Өрөбөлүүссүйэ!» дии-дии өрөппөөннөспүтүм, «көҥүл!» дии-дии көбүөхтэспитим, «дьол» дии-дии турууласпытым – барыта сымыйа, кураанах буолан таҕыста!!! Эрэммиппит эһиннэ! Санаабыппыт самынна! Кыргыспыппыт кыранна! Охсуспуппут огдолуйда! Аай-аайбын! Ыый-ыыйбын! Абаккатын-айаккатын!
Көрүдүөргэ кэлии-барыы, кэпсэтии-ипсэтии иһиллэр. Хамаандалыыр, дьаһайар саҥа дуораһыйар. Чочумча буолаат, ол күүгээн-айдаан барыта таһырдьа, хаайыы тиэргэнигэр тахсыбыт курдук, уларыйан иһиллэр. «Пли!» диэн хамаанда чуолкайдык кулгаахха куугунаан киирэр.
Ойуунускай истиэнэттэн өйөнөн, сүһүөҕэр туран, хас да төгүл: «Быраһаай, Махсыымым! Бырастыы, доҕорум!» – диэн хатаннык хатылыыр. Камера иһэ, иһиллээбит курдук, им-ньим буола түһэр…
Ойуунускай (ырбаахытын сиэҕинэн хараҕын уутун туора-маары сотто-сотто). Ити кимиэхэ «Пли!» диэн хамаандалаатылар? Муҥар, ситэ истибэккэ хааллым дии. Чуолкайа – Максим быһыылаах, төлөннөөх революционер, саха норуотун киэн туттуута – Максим Аммосов быһыылаах! Кини сибилигин аҕай ытыллыахтааҕын туһунан эппитэ буолбаат!!! ОСО бириигэбэрэ оннук диэбитэ дии!
Ойуунускай (салгыы кэп туонуута). Балкыырдаах Байҕалым баалларын курдук, бассабыык баартыйа барҕаран тахсыбыта. Баттаммыт омукпутун бассабыык баартыйа «батталтан таһаарбыта», «баспытын биллэрбитэ». Үллэр долгун курдук, үлэһит сэриитэ үксээбитэ-үрдээбитэ, үрүҥнэри үүрбүтэ, батталга баҕарбыт баандабыт бараммыта, тэмтэрийбэт сырыы – тэҥнэһиибит кэлбитэ, кыскыйар тыыннардаах, кыыдааннаах дьыбардаах төрөөбүт дойдубут төлкөтө олорбута. Сахабыт сиригэр самныбат саргыбыт сандааран-күндээрэн, салаллаахтаан кэлбитэ; кэхтибэт кэскилбит кэрэлэнэн кэлбитэ; охтубат соргубут оҥоруута турбута; бассабыыкбаартыйа батталтан таһаарбыт урааҥхай сахата уруйа улааппыта! Ол кэннитэн хайдах буолбутай? Ол кэнниттэн саха омук үчүгэй дьоннорун, өйдөөх чөмчөкөлөрүн «националист» дии-дии дьаһайтаабыттара, «оппортуньуус» дии-дии урусхаллаабыттара. Оннук уордаах кылын дьаһалларга биһигини «бэйэҕит билэҕит», «Салайар дьон сатабыллаах буолуохтааххыт» дии-дии үөһэттэн үчүгэй дьаһалы тиэрпиттии, киһилии дьаһалы эппиттии: «Үрүҥнэри үлтүрүтүҥ, националистары дьаһайыҥ!» – диэн биири эрэ бигэргэтэллэрэ, суос-соҕотоҕу соҥнууллара. Оо, иэдээн эбит! Оо, үлүгэр да буолар эбит! Онтон салгыы омуннарын ордук сытыылыыллара, төлөннөрүн төрүтүн күөртүүллэрэ. «Эһиги кыайбатаххытына – эбии күүһү ыытыахпыт, хоппот күннээх буоллаххытына – хомуньуус хоодуоттарын куду анньа туруохпут, кыһыллар бастыҥнарын кыах баарынан кырыктаахтык кымньыылата ыыталыахпыт!» – диэн ордук эбии ордоотоһоллоро. Өссө күүркэтэн өрөгөйдүүллэрэ. Ол аайы биһиги бэйэбит эмиэ бэрт дьон аатыран бэбээрэрбит, үчүгэй дьон аатыран үөгүлэһэрбит. «Долой!» – дии-дии дуоһуйарбыт, «Бүтэр!» – дии-дии бөтөҥкөлөһөрбүт. Билигин санаатахха урусхалламмыт урукку былаас, эстибит эргэ былаас дьаһаллара бассабыыктар баһылыылларыгар тэҥнээтэххэ барбах аҕай буолан көстөрө.
Тыас халыгырыы түһээтин кытта камера аанын аһатарга аналлаах чуолҕана аһыллаатын, 1-гы надзиратель сирэйэ кытаран, мэлтэс гына түһээтин:
1-гы надзиратель (күлүү-элэк гынан). Ээй! Истэҕин дуо?! Тойуксут туйгуна, бэйиэт бэрдэ, сурдурҕаччы суруйан субурутааччы, чыһырда суруйан чынарыйааччы, арааппардаан айдаарааччы, этэн-тыынан эппэҥнээччи, Ойуунускай оҕочоос! Туох айылаах буолаҥҥын баһыҥ иһэ баллыгыраата, көхсүҥ иһэ куллүгүрээтэ? Туох тылгын чочуйдуҥ, ханнык тылларгын ханыылаатыҥ? Бэйиэт ээ, бэйиэт буола-буола! Хоһоонньут ээ, хоһоонньут буола-буола!
Ойуунускай. Оо, абаккам! Оо, сорум-муҥум эбит! Саҥа үйэни, саҥа көҥүлү, саҥа дьолу туойаммын уоттаах-төлөннөөх поэт, революция ырыаһыта аатырбытым ити баар дии: күөрт ыт күлүүтэ, эриэн ыт элэгэ оҥостоллор буолбаат?! Оо, бу оһоллоох-моһоллоох орто аан дойдуга иирсээннээх-эндиэлээх ийэ сир үрдүгэр иккистээн төрүүрүм эбитэ буоллар, хаһан даҕаны, ханна даҕаны
Үлэһит кыайбытын,
Үйэ уларыйбытын,
Уот саадаҕа моҕойдор
Оҕо оонньуулара буолбуттарын…
туһунан ыллыыртан-туойартан ыыра аккаастаныам, хомуһуннанан туойартан, илбиһирэн этэртэн эттиин-хаанныын тэйиэм этэ, диэн оруннаахтык онолуйабын, айгыраабаттыы андаҕайабын! Оо, доҕорум, Махсыым барахсан! Эн тыыннааҕыҥ, эн баарыҥ буоллар – хайдах сүбэлиэҥ, хайдах этиэҥ эбитэ буолла? Эн миэхэ сөпкө да этэн аһарбытыҥ ээ: «Орто дойду уллуҥах курдук синньиир, ытыс курдук кыччыыр кэмэ кэлэр эбит!» – диэн. Саамай сөп санаа дии! Өскөтө биһиги төрөөбүт ийэ буорбутугар, күнү көрбүт күндү сирбитигэр – Сахабыт тыйыс тымныы кыраайыгар, урааҥхайбыт оргуйар уохтаах тымныылаах дойдутугар олохсуйан олорон, үөскээн-үөдүйэн, үс саха дьолугар, түөрт саха төрүөтүгэр анаан, үлуһүйэн үлэлээн өлбүппүт, сатараан сайдан, туох баар дьоҕурбутун, туох баар талааммытын бүтүннүүтүн ииппит-улаатыннарбыт норуоппутугар биэрэн баран аннараа дойдуга айаннаабыппыт, ол дойдуга уларыйбыппыт, хоруоппут хончойбута, кириэспит килбэйбитэ буоллар быдан ордук буолуо этэ! Доҕоччуок, Махсыым! Оччоҕо, дьэ өлбүппүт да иһин өллүбүт, хаалбыппыт да иһин хааллыбыт дии сананыа суох этибит! Бассабыыктар маннык майгыларынан, тосту-туора дохсуннарынан, оруо-маһы ортотунан ордоотоһоллорунан, халлааны хабарҕаларынан, муораны тобуктарынан халы-мааргы халаатаһалларынан, суолтата суох суоһурҕаналларынан, кырдьыга суох кырыктаналларынан, силиһэ суох силбиэтэнэллэринэн, муҥура суох муҥутуулларынан, норуоту тууйалларынан, дьону дьоҕуһаталларынан, бэйэлэрэ этэллэринэн тыһыынчанан сылларга тысхаҥнаһалларын, үгүс үйэлэргэ үллэҥнэһэллэрин, дьэ, бэйэм чааһым, өйүм кыайан хоппот, хата, төттөрүтүн, сотору суох буолуохтара, эрдэ эстиэхтэрэ, кылгас кэм иһинэн кыйданыахтара, уһаабакка уурайыахтара, кэҥээбэккэ кэхтиэхтэрэ дии саныыбын ээ! Итинник этиим олоххо киирэрэ буоллар, иин ииннэнэ сытан үөрүүбүттэн атын өттүбэр эргиллэн, саҥалыы сытыныам, табыллыбыттыы сананыам этэ!
Георгий Борисов,
Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ
Чолбон. – 2018. – № 11