Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Поэзия » КЫРЫА КЫҺЫН СЫЛААС ТЫЛЛАРА

КЫРЫА КЫҺЫН СЫЛААС ТЫЛЛАРА


(Үс түһүмэхтээх хоһоон бөлөҕө)

БАСТАКЫ ТҮҺҮМЭХ

БАЛАҔАҤҤА САНАА

Көтүмэх буолбатах, симик

Санаа кыыма

Иэйии көмүлүөгүттэн

Күөдьүйэр,

Тымныы буолбатах, көҥүл

Халлаан салгына

Таптыыр Дьокуускайбын

Кууһан ылар.

Хоһоон буолбатах, иэйии

Түннүк тааһыгар

Оһуор эмэгэт буолан

Ойууланар.

         ҮТҮӨ ТЫМНЫЫ

Дьокуускай. Ахсынньы тумана.

Түннүгүм кырыата ууллубат.

Эйиэхэ ырыабын ыллаары

Чуумпубун тумаҥҥа булабын.

Кырыалаах-туманнаах сарсыарда

Сылаас ырыа сатаан тахсыбат,

Ону эн, бука диэн, баалаама,

Тымныы да үтүөлээх эбээт.

Бу бурҕаат тымныы үөһүттэн

Дорҕоон сүүс төгүл күүһүрэр,

Сипсийии ырыаҕа кубулуйар,

Көр эрэ, ол барыта эйиэхэ ананар.

КЫҺЫҤҤЫ ААЛ ЛУУК МАС

Кыһыҥҥы Аал луук мас

Үс дойду суолларын тэҥниир,

Тоҥ икки, улуу икки

Үрүҥ тылынан кэпсиир.

Бу үйэҕэ, бу куоракка

Ол кэпсээн тиксэр эбит,

Ыллыга көстөр эбит –

Поэт доҕотторбор.

Кини төргүү мутугар

Кыһын тоҥмот илгэлээх,

Кини дириҥ силиһигэр

Кыһын сойбот болгуолаах.

Ол да иһин буолуо, баҕар,

Поэт иэйиитэ өрүү сылаас,

Тоҥ икки, улуу икки

Үрүҥ тыл аргыстаах.

ИККИС ТҮҺҮМЭХ

КӨСТҮБЭТ СУОЛЛАР

Эн хаар намыын үҥкүүтүнүү

Буолбуту барытын санаттыҥ,

Абылыыр соһуччу күөҥҥүнэн

Өйбүн-санаабын бүрүйдүҥ.

Ол эрэн сэрэйэбин нөҥүө күн

Хаары кытта хаар буолуоххун…

Эйигин эрэ, эн эрэ диэхпин,

Үрүҥ ньуургар муннарыаххын…

Эн күлүөҥ үүнэр сарсыарда

Дьыбар тоҥ күлүмүнэн,

Хаарга саспыт суолбутун

Дьонтон кистии, күрэтэ.

Мин эрэ билэбин хаар анныгар

Дьон көрбөт суоллара баарын,

Хаар төһө да кинини суулаатар,

Саас кинини өрүү буларын.

ЭЙИГИН КӨРӨӨРҮ

Ыыс туман сорҕото буолан

Эн сылдьар ыырдаргын бүрүйдүм,

Түүҥҥү Дьокуускайынан

Көҥүл уулуссаҕа тиийдим.

Эн кэлиэхтээх чааскар

Ыыс тумантан туспатык,

Тымныыны билиммэттии

Субу тиийэн кэллиҥ эбээт.

Эн кэлбиккин билэ охсон

Тымныы салгын сырыста,

Куорат көҥүл уулуссата

Эйиэхэ болҕомтонон туолла.

Билэриҥ дуу, эн бэйэлээх,

Кыс кыһын ортото куоракка

Эн көстөн ааһаргын көрөөрү

Поэттар иллэһэн ылалларын?..

    КЭТЭҺИИ

Хаары кытта

Эйигин эргиллээрэй диэн

Үрдүк мыраан

Чыпчаалыгар хоннум,

Улуу Эбэлэр

Кытылларын кыйа хаамтым,

Илин эҥээр

Сырдык уоттарын кэтээтим…

Эн кэлиэҥ сир сиигинэн,

Күөл кытыытынан,

Уулуссалары кыйа,

Болуоссаттары тумна,

Аартыкка киирбэккэ,

Суолга үктэммэккэ…

Былыргыттан буоларыныы

Бэйэҥ билэргинэн,

Көҥүл ыллыккынан,

Тыаһа суохтук, аа-дьуо,

Ол эрэн кэтэһиннэрэ,

Мыраан үрдүгэр хонноро…

КЫҺЫҤҤЫ РОМАНТИК

Түүҥҥү куорат, халыҥ хаар,

Көҥүл тэбэр сүрэҕим.

Тымныы күннэр, туманнаах,

Суолбун көрдөөн булбатым.

Сүрэх тэбэр лүҥсүүрүнэн

Туолбут ый дүҥүрдэнэн,

Орто дойду туомун туттум,

Үүнэр үйэ үөһүн көрдүм…

Халлаан хаттыгаһа элбэх,

Сулус үөрэ күлүмүрдэс.

Хаамыах, доҕоор, бу тымныыга,

Ким да суох ээ, уулуссаҕа.

КЫҺЫҤҤЫ КӨСТҮҮЛЭР

Дьолуҥ саҥа үҥкүүлэрэ

Дьон хараҕын баайаллар,

Дьиҥнээх бэйэҕин кистии тута

Дьолуо маҥан халлааны ытаталлар.

Дьикти үҥкүү абылаҥа

Дьон болҕомтотун киинигэр,

Дьокуускай хотун миигин кигэр,

Дьүһүннээх үтүөтэ дэттэрэр…

Ону баара үүнэр саас

Эйигиттэн сиргэнэр,

Ол иһин үтүөм дииргин

Уу гынан куруук көтүтэр.

Онно көстөн кэлэҕин:

Аан дойдугун билбэтэхтии

Күөх симэҕинэн саптынаҕын,

Эмиэ харахтары баайаҕын.

    ИЛДЬИТТЭР

Хаарынан сууламмыт

Көстүбэт суоллары

Көр диигин да,

Көрбөппүн быһыылаах.

Тымныыга хаайтарбыт

Ийэ сир тыынын

Иһит диигин да,

Истибэппин быһыылаах.

Мууһунан бүрүллүбүт

Эбэ сүлдьүүтүн

Кэтээ диигин да,

Билбэппин быһыылаах.

Хайдах көрө олоруомуй

Ханныктаах да

Күүтүүлээх хаары,

Эн суох буоллаххына?

Хайдах арааран билиэмий

Ханныктаах да дьыбары,

Эн илииҥ сылааһын

Умнубут буоллахпына?

Хайдах истэн булуомуй

Ханныктаах да эбэ

Улуу сүлдьүүлэрин*,

Тэбэр сүрэхпэр эн суоххуна?

*Сүлдьүү – өрүс түгэҕинээҕи сүүрүк.

ҮҺҮС ТҮҺҮМЭХ

ЧЫМААН ЧЫГДААН

Тостор тымныылар Дьааҥыга

Төрүүллэрин саҕана

Ахсынньы ыас туманнара

Сатыылаан турбуттара.

Кинилэр хоонньуларыгар,

Күнү бүөлүүр ыырдарыгар

Аан маҥнай хардыылаабыта,

Аан дойдуну өҥөйбүтэ –

Тоҥ тиити тоһутар көрүүлээх,

Тойон күөлү томтотор күүстээх,

Тоһуттар тымныы хотуна –

Хотугу Чымаан Чыгдаан.

Кини ытык Дьааҥылар

Улуу алгыстарынан

Сирин-дойдутун кэрийэр,

Суолун-ииһин хаалларар.

Чымаан Чыгдаан кэнниттэн

Саас атын суолунан кэлэр,

Кинини маанылаары күһүн

Талба олбохтору ойуулуур.

Чымаан Чыгдаан Дьааҥыга

Айаҥҥа турунар кэмигэр

Ахсынньы ыас туманнара

Сатыылаан турбуттара…

КЫҺЫҤҤЫ КИСТЭЛЭҤ

Дьылҕа Хаан

Күүстээх эмэгэтин

Күрдьүккэ элиттим,

Өрүү тугу эрэ көрдүүр

Тойон сүрэҕим баҕатын

Илин тыаларга хатаатым.

Эн суоххун ол чуумпу

Иэйиилээх, илбистээх

Эрэкэ-дьэрэкэ ньууругар,

Эн бааргын тойон сүрэхпэр,

Өрүү эйиэхэ ханыы булбат

Нохтолоох тойон сүрэхпэр.

Ол бэдик мөҕүл гынан

Мөхсөн ылар кэмигэр

Мин хоһоон суруйабын,

Ырыаһыт курдук сананан

Оҕуспун сылгылыы сүүрэбин,

Сыарҕам хаарын тэбиибин.

ТҮҮҤҤҮ МУННЬАХ

Туймаада хотун

Халыҥ суорҕан

Туманын саба тардынна,

Үүнэр күн уотуттан,

Бэргэһэлээх эмээхсинтэн

Дьокуускайы хаххалаата.

Күөх Хонууга

Сир-дойду иччитэ

Тоҥуу хаарынан хаамта,

Хоту, Соҕуруу

Ытык Хайалар

Түөрэхтэрин кэбистилэр.

Түлүк ууларын көрдүүр

Көҥүл поэттар ол онно

Эмиэ да баар курдуктара,

Ытык Эбэлэр

Алгыстарын

Бэркэ сэҥээрэллэрэ…

    ТҮҮҤҤҮ ХААР

Түүҥҥү көҥүл хаар…

Эн үҥкүүгүн ким да көрбөт,

Кимиэхэ анаан оһуор тиһэргин

Кырдьаҕас Туймаада сэрэйбэт.

Арай билэллэр Улуу Дьааҥылар,

Бу тыаһа суох көстүбэт туом –

Орто дойдуга алгыс буоларын,

Ол аата таптал өссө да баарын…

Мин итэҕэйбэппин бу үҥкүү

Таптал суолун билэр дииллэрин.

Билбэппин тоҕо Ытык Дьааҥылар

Хаар үҥкүүтүн түүн түһэрэллэрин…

Арай билэбин саҥа хаар ньууругар

Тапталлааҕыҥ аатын суруйуохтааххын,

Ол аата таптал диэн баарын

Бэйэҥ итэҕэйиэхтээххин.

  СААС СИБИКИТЭ

Сир синньигэс кылдьыытынан

Күммүт аа-дьуо сыҕарыйда,

Имэ тэтэрбит сир хотун

Иэдэһин кистии тиэтэйдэ.

Сир-халлаан оонньоһуутун

Тыаҕа суор обургу иһиттэ,

Бүппэтэх түбүгүн быраҕан

Биир кэм үөһэни одууласта.

Маннык иэйиилээх күннэри

Тэбэр тымырдаах барыта кэтэһэр,

Өссө биир олоҥхо айыллар,

Олох саҥа олуга охсуллар.

Рустам Каженкин