Куйаар кыыһа

(Зинаида Архипова поэзиятыгар бэлиэтээһиннэр)

Поэт Зинаида Архипова айар үлэтин биир сүрүннүүр өйдөбүлэ удаҕан поэзиятыгар хабааттар сэрэйии, күүтүү матыыба буолар. Ол тууйуллубут, сэрэйэр, түүйэр, билгэлиир иэйиилээх турук (кассандровское начало) өс­сө ааспыт үйэ ортотуттан саха маҥнайгы поэ­тессата Варвара Потапова–Кутурҕан Куо хо­һоон­норугар киһи аналын, дьылҕатын туһунан дириҥ анаарыыларыгар көстүбүтэ. Наталья Ми­халева–Сайа анабыл хоһоонугар этэринии, уһуктуу дүҥү­рүн охсубут Варвара Потапова хоһоонноруттан тыллан, удаҕан куттаах поэ­тессалар үүнэн-сайдан тахсыбыттара: Наталья Харлампьева, Ольга Корякина–Умсуура, Ната­лья Михалева-Сайа уо.д.а. ХХ үйэ бүтүүтүгэр саха литературатын саҥалыы тыыннаабыттара, эркээйи буолбуттара. Бу поэзия уобарастара, матыыптара, сюжеттара билиҥҥи эдэр көлүөнэ айар куттаах кыргыттар – Александра Попова–Долгура, Елизавета Мигалкина, Надежда Ильи­на, Ангелла Попова, Ольга Янцен, Зинаида Ар­хи­пова айымньыларыгар көстөн ааһаллара эмиэ кэрэхсэтэр. Ити саха дьахтарын айылгыта чараа­һын, таайыгаһын, дириҥин бигэргэтэр уонна бүтүн национальнай поэзия ураты бэлиэтэ буолан көстөр.

Зинаида Архипова хоһооннорун тута харахха бы­раҕыллар ураты өрүтүнэн гиперболиза­цияҕа дьулуһуу, киэҥ куйаарга, улахан кээ­мэйгэ, модун дириҥ толкуй­дарга хабааттыы буолар. Космос куйаарын эттиктэрин (күнү, ыйы, сулуһу) эҥээрдэһэр, чахчы да, куйаар кыыһа Зи­наи­да Архипова лирикэлии геройа үрүҥ күҥҥэ сырдык дьиэлээх, хараҥарбыт киэҥ халлаан күнүн, ыйын уота да буолар кыахтаах. Кини киэбинэн кырыллыбатах күн, кини халыыбынан кутуллубатах күһүн, кини быһыытынан тигиллибэтэх олох, кини таһаа­тынан таҥыллыбатах дьол – бу лирикэлии герой бэйэтин ураты айдарыытын, аналын, миссиятын өйдүүрүн, баар балаһыанньаҕа сөп түбэһэ, бэрт буола сатаабат дохсун майгытын бэлиэтиир. Ол да иһин Поэт бу дьикти үйэ сэһэнин ытыһын иһигэр ааҕар, орто дойду омуннаах олоҕун сиэбигэр укта сылдьарын билэр. Ийэтиттэн тиктэрбит ырбаахытын, үр­дүк остоох саппыкытын кэттэҕинэ, төлөн сүрэ­ҕэр күнү хаайыаҕын, күрүө үрдүнэн сүүрэн хаалыаҕын сэрэйэр.

Поэт билинэрин курдук, кини дохсун айан­наах (тыылаах, дьоруо аттаах), хотоойу санаа­лаах айанньыт да буоллар, сороҕор сиэлэр түргэн айантан түһэн сатыы хаамабын диир, ол аата ис кистэлэҥнэрин таайар, бэйэтин иһигэр баар баайы көрдөнөр соруктаах – ол тус дьулуһуу (авторскай интенция) поэт лирикаты­гар ураты иһирэх бүөмчү туругу үөскэтэр. Ол да иһин кини иистэнэ олорор дьарыга көннөрү дьахтар күннээҕи үлэтин курдук сыаналам­мат – ааҕааччы хараҕар хайаан да сакральнай таай­тарыылаах үлэни оҥоро олорор аптаах кэрэ дьахтар мөссүөнэ көстөн кэлэр. Ол да иһин кини иистэниитэ (ииһэ) алгыс кэриэтэ айар-тутар, бөҕөргөтөр аналлаах – көтүллүбэт бөҕө санаа иҥиирдэринэн иистэнним, туллаҥнабат уһун тулуур утахтарынан уллардым, халбаҥнаабат халыҥ эрэл хатыы сабынан хам тиктим, ыһык­тыбат дьирээ майгы ситии сабынан сирийдим диэн поэт строкаларын өйдүөҕүҥ.

Куйаар урсунунан кэбэҕэстик айанныыр кыахтаах бу герой бэйэтин кыараҕас эргим­тэтигэр эмиэ ураты алыптаах эйгэни айар-тутар, тэрийэр эбит. Кинини олоҥхо алыбын, дьиибэ дьибилгэтин санатар алыптаах элбэх мал-сал тулалыыр. Биир оннук бириди­миэт – поэт халлаанын ыйа буолан тыгар баҕана­ҕа бааллыбыт банаара. Бу банаары сүөрэн ылан куйаарга көҥүл ыыттахха, аан дойду эҥинэ түн­нүктэрин тобулу көрөн соһуйуон сөптөөҕүн ааптар ахтан ааһар.

Гиперболизацияҕа утары ис хоһоонноох литота (кыччатыы) ньымата эмиэ сонуннук тут­туллар. Сороҕор поэт суох уонна баар кате­гориялары (категории утверждения, отри­ца­ния) утары туруоран, сэргэх уобарас­тааһыны сити­һэр – утары уунар баайа суохпун, тэһэҕэс сиэппит­тэн саккырыах бытархайа да суохпун, сэбэрэбин симээбэппин, уустук майгым бүр­гэ­һин кистээбэппин диэн мэлдьэһэр, кыччыы-намтыы сатыыр, килбигийэр, кэмчиэрийэр. Манна эбии сүүтүк сир, сүүтүк санаа, сүүтүк дьол, биир хаарбах хаа хаппар уобарастарын көрүөҕүҥ. Литота ньыматын туттан, ааптар эмиэ даҕаны бэйэтин киһи быһыытынан уйанын, чарааһын, хатыламматын бэлиэтиир курдук, иккис өттүнэн, күүстээх личность, мындыр дьахтар киэбинэн килбигийэр, эр киһи быһаарыныытыгар бэринэр, эрэнэрин бигэргэтэр курдук. Сүүнэ киһи уонна сүүтүк сир туһунан хоһоон дириҥ бөлүһүөктүү идиэ­йэлээҕинэн, дьикти уобарастааҕынан ураты со­нун айымньы. 

Гендер оруолун уратыта Зинаида Архипова хоһоонноругар олус чуолкай. Лирикэлии ге­рой – сүрдээх уйан, аһаҕас дьахтар. Кини тапталлааҕа – атаралыыр дьоруо аттаах, күнү сүгэн киирэр одун уордаах, атлант тэҥэ толуу киһи. Ол да иһин кинини кэтэһии, көһүтүү эмиэ космостыы хабааннаах: көмүс дуйдаах күн алаадьы хобордооххо эргийэр, сөрүүн сүөгэй үрүҥ күөлгэ күн ытыга сөтүөлүүр, күүгэн былыт күөрчэхтэнэ кытыйаҕа үҥкүүлүүр. Бу хоһооҥҥо ойууланар ураты уобарас болҕомтону тардар – «түннүк-харах», «халҕан-кулгаах», «оһох-айах» курдук уобарастааһын киһи бэйэтин этинэн-сиининэн тулалыыр эйгэни өйдүүр, ылынар антропоцентристыы өйдөбүлүгэр хабааттар. Алаа­һы-сыһыыны атахтаан, бастаан, күөлү ха­рахтаан, куртахтаан тыыннааҕымсытан өйдөө­һүн саха сири-дойдуну ылынар былыргы тол­куйун бэлиэтэ буоларын билэбит.

Национальнай уобарастааһын аныгы поэт айымньытыгар олус ис киирбэхтик көстөр. Холо­бура, Зинаида Архипова алҕас көппүт тыла оххо тэҥнээх, санаата илимҥэ, сыарҕаҕа холоон­ноох: үргүүк, ахсым тыллара күрүөҕэ, хаһааҕа хаайтараллар, дорҕоон, тэтим тэһиинигэр тут­тараллар.

Ийэтин халадаайын эҥэриттэн ырбаахы­ламмыт, ийэтин этэрбэһин оһуттан түнэ түүп­пүлэлэммит кыысчаан утуму тутааччы, төрүт хаан-уус үтүө салҕааччыта буолар. Өбүгэ сити­мин көрдөрөр бу бэртээхэй хоһоон киһини долгутар, уйадытар интонациялаах.

Поэт үйэлээх анала – норуотун дьылҕатын, олоҕун кытта ыкса турар өйдөбүл. Зинаида Архи­пова «Бурдукка булкуллубакка…» диэн хоһоонугар икки утары турар бинарнай пози­циялары хатыһыннарар, сыал-сорук уонна ньыма (средство) туһунан бөлүһүөктүү санаа­ларга салайар. Бурдукка буккуллубакка тиэстэ охсубатыҥ курдук, сыыһа-халты үктэммэккэ олох олорбоккун диэн кырдьык-сымыйа, алдьа­тыы-айыы, түүн-күнүс, хараҥа-сырдык утар­сыытыгар олох улуу мөккүөрэ ааһарын туһунан анаарар. 

Биир ураты долгутар күүстээх, соһуччу уоба­растааһыннах айымньы – «Айааһаммыт куорат» хоһоон. Куораты айааһаммыт акка холооһун ха­тыламмат, сонун, күүстээх ис хоһоонноох. Ман­на көҥүл, ыйаах туһунан хорсун санаалар, ди­риҥ идиэйэлэр этиллэллэрин киһи соһуйа-сэҥээрэ ааҕар, хайгыыр, кэрэхсиир. Маныаха майгылыыр дохсун, дьорҕоот сытыы идиэйэ­лээх хоһоон – «Мин хорсун хоһуунум» диэн. Бу айымньыга көстөр хоһуун уобараһыгар көмөлтө буолар ытык иэстээх удаҕан мөссүөнэ эмиэ сырдатыллар.

Куйаар ыкса ситимин, киһи уонна космос биир гармония буоларын Зинаида Архипова хо­һооннорун аахтахха ордук күүскэ итэҕэйэҕин. Кини лиирикэлии геройа олус аһаҕас, уйаҕас, ону тэҥэ ураты ис күүстээх, айылҕалаах. Ол да иһин кини уоһун иһигэр сибигинэйбитэ куйаар кулгааҕар кутуллар, атаҕын төбөтүнэн үөмпүтэ лүҥкүр дүҥүр доҕуһуолланар. Бүргэс санаам баспар баппат, биилээх тылым хабахха хаайтарбат диэн поэт үрдүк аналын туһунан этэрин ааҕааччы сэрэйэр. Зинаида Архипова иэһим-күүһүм кыаһыта оҕус тарпат сыарҕата диэн ураты билиниини оҥорор.

Литература дьылҕатын айар-тутар, инники үйэлэр мөссүөннэрин ыйдаҥардан көрөр, тө­лөн сүрэҕэр күнү хаайа сылдьар поэт кыыс Зинаида Архипова хоһоонноро кэлэр көлүөнэ ыччакка сырдык санааны, ыраас ыраны иҥэрэр күүстээхтэр.

Саргылаана Ноева,
филология наукатын кандидата

Чолбон. – 2023. – №6

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар