Саха биллиилээх поэта, үгэһитэ, тылбаасчыта, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Степан Афанасьевич Саввин–Күн Дьирибинэ 1903 сыллаахха, ахсынньы 24 күнүгэр, Боотуруускай (билиҥҥинэн Чурапчы) улууһугар Болтоҥоҕо төрөөбүтэ. Аҕата Афанасий Андреевич туохха барытыгар дьоҕурдаах, мындыр өйдөөх, сэргэх киһи эбитэ үһү. Үөрэхтээх буолан суруксуттуур эбит. Чурапчыга көскө кэлбит политсыылынайдары сылларын ыйан, хайдах олорбуттарын сэттэ кэрдиис кэмҥэ арааран оҥорбута билигин научнай суолталанна. Кини дьулуһан туран уолаттара үөрэхтээх дьон буолалларыгар кыһаллыбыт.
Дойдуларыгар Саввиннары Чочоолоптор диэнинэн биллэллэрэ. Чочоолоптор уоллара Ыстапаан Чурапчы түөрт кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ. Оҕо эрдэҕиттэн сытыы-хотуу, булугас өйдөөх уол Эрилик Эристиин «Маарыкчаан ыччаттара» айымньытыгар Сеня Оноев прототибынан буолбута. 1919-1920 сыллардаахха ревкомҥа үлэлээбитэ. Ол кэнниттэн Дьокуускайдааҕы педтехникумҥа киирэн үөрэнэн испитэ. Ол саҕана Гражданскай сэрии күөдьүйэн, ЧОН этэрээтин байыаһа буолан Тулагытааҕы, Амматааҕы кыргыһыыларга кыттыбыта. Салгыы Дьокуускайдааҕы педтехникуму бүтэрэн баран 1924-1929 сылларга Саха АССР Ис дьыалаҕа народнай комиссариатыгар ГПУ уорганнарыгар үлэлээбитэ.
Суруйар үлэтин 1925 сылтан үгэһит, сатирик уонна фельетонист быһыытынан саҕалаабыта. П.А. Ойуунускай киниэхэ анаан маннык тыллары суруйбута мээнэҕэ буолбатах этэ:
Куһаҕаны куттуурга
Кутаа уот тыллаах,
Албыны аччатарга
Апчырҕан айахтаах,
Тыытар ытыс,
Тыытылба тыҥырах,
Күлүүк уол –
Эн буолаа инигин!
Күн Дьирибинэ айымньылара тута ааҕааччылар улахан сэҥээриилэрин ылбыта. 1939 сылтан Саха сиринээҕи кинигэ кыһатыгар тылбаасчытынан уонна эрэдээктэринэн үлэлээбитэ. 1942 сыллаахха Кыһыл Аармыйаҕа ыҥырыллыбыта. 1942 сыллаахха атырдьах ыйыттан Сталинградскай, Соҕурууҥҥу, 4-с Украинскай фроннарга сэриилэспитэ. 1942 сыл сэтинньи 21 күнүгэр Сталинград анныгар кыргыһыыга атаҕар ыараханнык бааһырбыта. Хорсунун иһин «Албан аат» III истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмыта. Сэрииттэн этэҥҥэ эргиллэн кэлэн «Хотугу сулус» сурунаалга үлэлээбитэ. 1970 сыллаахха муус устар 22 күнүгэр өлбүтэ.
ТУРААХТААХ КҮҮДЭЭХ
Күрдьүк анныгар уйаламмыт, күкээркэй дьүһүннээх,
Күлтүрүйбүт быһыылаах Күүдээх кыыл эрэйдээх,
Арай биирдэ, ас булар сирэ
Адьас биир буолан, атастаспыт эбит –
Сарып-ирип көппүт, сахсайбыт түүлээх,
Хааҕырҕаан саҥарбыт хара Турааҕы кытта.
Кырыа хаар кыһалаах, кытаанах тымныы
кыстыктаах,
Кылыс тыал күөттээх кыһын обургу кыһайан,
Ойоҕун, оҕотун мунньан, ороҕун кэҥэтэн,
Күүдээх эрэйдээх күрдьүк анныгар көспүт,
Хара Тураах хаайтарыа дуо, халыҥ үөргэ холбоһон,
Хааҕыргыы-хааҕыргыы, итии сиргэ көппүт.
Хаарыан сайыҥҥа харамнаһан муспут
Хасааһа аҕыйаан, хара күн кэлэн,
Эрдэҕэс күн эркиннээх, итии салгын илдьиттээх
Эриэккэс итии саас эргийбитин билэн даҕаны,
Күүдээх эрэйдээх күрдьүгүн анныттан
Көбүөхтээн көбөн, күөрэйэн тахсан,
Сылаас күн уотугар сыламныы, кылаҥныы,
Сыыһы-бөҕү сытырҕалыы сылдьан,
Хантас гынан халлаан диэки көрбүтэ:
Хаарыан доҕоро хара Тураах хантаһыйан
эрэр эбит!
Маҥнай кэлэн, маанымсыйар бадахтаах,
Мара быһыы суох, майгы-сигили уларыйбыт:
Күрдьүк диэки көрбөккө күтүр үрдүгүнэн,
Күөх халлааны көхсүнэн, көбүөхтүү көтөр;
Саах диэки саантаабакка сандал халлаан
Саамал салгынынан сарайа көтөр;
Ыыр диэки ыксаласпакка ыраах үлүгэринэн,
Ытык халлаан ыксатынан ыадайа көтөр –
Буолан хаалбыт буоппал бэйэтэ,
Күүдээх эрэйдээх көрө сөхтө.
Тиэтэйбэккэ эрэ тэлээрэн тиийэн,
Тиит чыпчаал мутугар чэмчэс гына олордо.
Тумсун-уоһун туора-маары сотунна,
Хара түүлэрин хамынан оҥоһунна,
«Көтөр кынаттаах күүстээх ыраахтааҕытабын,
Сүүрэр атахтаах сүдү тойонобун», –
Диэх курдук дэлэйдик тутунна,
Дэлби киэбирдэ, дириҥник дааҕырҕаата.
Күүдээх эрэйдээх, көрөр күндү доҕорум этэ,
Бииргэ бултуур бэрт билсиилээҕим этэ диэн:
– «Хайа, доҕоор, хара Тураах, дорообо,
Хаһан кэллиҥ, хайдах сырыттыҥ?!» – диэн,
Халыр босхо бара-бара, хаардаах бөх быыһыттан
Хаччыгынайан тахсан, хаһыытаан ыйытта.
Тураах атаһа чонох гына-гына чохоҥноото,
Кыбыстан, кыйбыҥнаан хамсаата, дааҕырҕаата.
Уоҕугар уларыйан олордо, уһуутаата,
Улахан үлүгэрдик ордоотоон саҥарда
(Чугас сылдьааччы чуор өттүлэрэ
өйдөөн истэн, үөҕэ сылдьыбатыннар диэн):
– «Чоху – чохуга, баҕа – баҕаҕа,
Сытыган үөдэн, сыыскын да ырыта сырыт» – диэтэ;
Айаҕа кытарда, антах хайыста,
Атаһын кытта аанньа ахтан кэпсэппэтэ.
«Көҥдөй оҕото көтүө дуо? Көҕүйдэҕэ дии,
Итии эрэ сиртэн эргийбиттэр элбэхтэрин идэтэ:
Билсэр доҕотторуҥ билбэт гына
Харахтарыгар хос уу үүнэр.
Аанньа ахтан кэпсэппэт гына
Айахтара хам тигиллэр» – диэн,
Энэлийэн, эҕэрдэстээн, күлэн эттэ,
Элиэтии сылдьан, Элиэ кырдьаҕас.
1926
КӨБҮӨХТҮҮРҮН ААННЬА КҮӨХ КИҺИРГЭС
Күндэлэс күн уотуттан
Көмүс мөһүүрэ курдук
Күлүмнүү умайбыт күөннээх,
Күтүр улахан
Күөлтэн тахсан,
Ырбайбыт айахтаах,
Ынайбыт истээх,
Тырайбыт атахтаах,
Тымныы эттээх
Баҕа үөн баҕайы
Бадараан устун
Бал-пал түһэн,
Күөгэйэн хамсыыр
Күөх от диэки
Көтөн-ойон истэ.
Халлааннаахпын диэн
Хантаарыҥнаамына истэҕинэ,
Хантан да кэлбитин билбэтэ,
Хара Тураах обургу,
Хааҕырҕаабытынан,
Хамсык холоруктуу сөрөөн,
Ханна да хамсаппакка,
Харбаан ылан,
Ойор күннэри,
Орто дойдулары,
Уҥан хаалан,
Умнуор диэри,
Уһун тумсунан
Оройго биэрэн,
Ортотуттан ытыран,
Бултаабыт киһи быһыытынан
Бокуойа суох сапсыйан,
Күөлү ортотунан
Көппөх уйатын диэки
Көтөн тарыкынайда.
Баҕа үөн баҕайы
Баһа эргийбитэ ааһан,
Өйдөнөн кэлэн,
Өлбөт сүбэтин була истэ:
– «Хата мин куттанным
Хайа баҕайы харбаата диэн,
Хайҕалга киирбит
Хара Тураах эбиккин дуу!
Көрсүөхпүн баҕарбытым
Күтүр да өр буолла»,– диэтэ.
Айаҕын аппакка эрэ,
Антах, бэлэһин түгэҕэр:
«Ээх»,– диэтэ
Илдьэ иһэр эристиин.
– «Күтүр уһун үйэбэр
Көтөр кынаттаах бииһин
Көрдүм-биллим ини даа,
Эйиэхэ тиийэ эриэккэһи
Экчи-быһа билбэтим.
Сурукка киирбит
Соломуон Муударайдыы –
Үгүс дьиибэ өйгүнэн,
Үлэҕинэн-хамнаскынан,
Үтүө майгыгынан,
Үрдүк күөх халлаан
Үрүмэ долгун салгынын
Өрө тыыран көтөр
Үгүс-билэ аймаххыттан
Үтүмэх устата
Үрдүккүн»,– диэтэ.
Үтүө тыл буолаарай диэн,
Өрө салыы истэ,
Бадарааҥҥа барҕарар
Баҕа үөн баҕайы.
Тураах эристиин,
Турулус-тарылыс көрөн,
Тумсун ыһыктыбакка эрэ,
Таалбахтаан баран,
Таҥалайын хамнатан
«Таах» – диэтэ.
«Күлүм-чаҕыл күннээх,
Күөх дьүрүс халлаан
Көстүбэт салгыныгар
Көҥүл уста сылдьар
Көтөр кынаттаах ууһуттан
Ырыаһыккынан даҕаны
Ыраах бастыҥнараҕын
Кэрэ күөгэл тыам
Кэрдиис чыпчаал кэтэҕиттэн
Килбиэн тырым күнүм,
Киистэтэ сарайан
Кэлэрин эҕэрдэлээн,
Күндү кэрэ баҕайытык
Күүгүнээн ыллыыргын,
Хас сассыарда аайы,
Хараҥа ууттан тахсан,
Хара бадараан үрдүгэр
Таалалаан сытаммын,
Таптаан иһиллиир этим.
Өлөр-хаалар күммэр
Үөрэ-көтө барыахпын,
Күөгү көмүс күөмэйгин
Көбүөхтэтэн күндүлээ!» – диэтэ,
Бары албына бараммыт,
Баҕа үөн баҕайы.
Хара төрүөҕүттэн
Хайҕал диэни билбэтэх
Хара Тураах акаары,
Хаана хамнаан,
Хараҕа дьиримнээн,
Улаханнык үөрэн,
Уобан иһэрин умнан,
Ырыаһыт киһи буолан,
Ыллаан ыыра барда:
«Даах… дарараах» – диэтэ
Даллах-даллах дайбаата.
Ыллыыбын диэн
Ыһыктан кэбиспитэ,
Баҕа үөн баҕайы
Баран ууга түһэн сылдьан:
«Даллаҥныырыҥ аанньа,
Далай акаары,
Көбүөхтүүрүҥ аанньа
Күөх киһиргэс,
Эйиэхэ бу баар!» – диэн,
Иһин эриэнин көрдөрөн,
Көмүс уоругар,
Күөх ньамахха,
Уу түгэҕин диэки
Умсан хаалла.
Кыһыйбытыҥ иһин
Кырдьыгы кистиэҥ дуо,
Син ити курдук, эриэккэс
Сэбиэскэй үлэһиттэри
Баай аймах
Бастарын охсоро,
Баар суол, атастарыам!
1928
Күн Дьирибинэ
Чолбон. – 2018. – № 12