Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Поэзия » Константин Сосин

Константин Сосин


ҮС ХОҺООН

САХА ПОЭЗИЯТА

Поэзия  – киһи курдук,

Кубулҕаттаах майгылаах

Арыт намыын, арыт ыгым:

Ахсым, холуон айаннаах

         Поззия – истиҥ доҕор,

         Хоноһолуу тиийиэҕэ.

         Хоһоон тыллаах Көстөкүүннүүн

         Хоско киирэн кэлиэҕэ.

Поэзия өлбөт мэҥэ

Уутун испит бадахтаах

Сэргэлээхпит Сэмэнэ

Алампалыын алтыһыахтаах.

         Поэзия – эмиэ Киһи,

         Тапталга талымастаах.

          Дьолу, сору тэҥҥэ тутар

          Үҥэр-сүктэр таҥаралаах.

Поэзия – эмиэ Киһи,

Сахалыы куттаах, саҥалаах.

Айыы дьонуттан атына,

Арай, өспөт дьылҕалаах.

ЭР КИҺИ БАРАХСАН

(Этиллибэтэх хом санаа)

Айыы сиригэр

Апыс санаммыт,

Күүстээхтик көрүммүт

Киһи барахсан

Уол оҕо

Одьунааһа дэтэн,

Тэлгэһэттэн

Тэйэн,

Алааһыттан

Арахсан Тэгил сиринэн

Тэлэһийэн

Сырытта ини,

Сылдьыбата ини!

Килбиэннээх

Кэскили

Кэрэхсээбэтэ,

Күөмчүлэммит

Көҥүлгэ

Көҕүйбэтэ;

Күчүмэҕэй

Күннэргэ

Кыһараҥҥа

Кыһарыйтарбакка

Кыһалҕаҕа

Кыпчыттарбата –

Көрү

Көҕүлэстэ.

Үөгүлүүр

Үпкэ

Үлүмнэстэ,

Хаһыытыыр

Хамнаска

Харамнаста,

Солотуулаах

Солоҕо

Суудайда,

Талымас

Тапталга

Таалалаата –

Таһынан

Таһымнаата.

Кылгас үйэлээх

Киһи барахсан

Кэхтэр кэмэ

Кэтэһиннэрбэккэ

Кэлээхтээтэ.

Аҕамсыйан

Айгыһынна,

Сааһыран

Саллаҥнаата,

Кырдьан кыаһаҥнаата

Иннин диэки,

Иннин диэки –

Иинин диэки…

Өлбүт кэннэ

Үгүөрү соҕустук

Үтүөҥ тиллэр

Үгэстээх эбит:

Хом санааны

Холбооботтор,

Кэтэх санааны

Кэпсээбэттэр,

Сатамньыта суоҕу

Саҥарбаттар.

Барбыт Бардаҕа,

Бүппүт

Бүттэҕэ…

ХОС СИЭММЭР
(Ааспыт үйэттэн илдьит)
Кимэ, кэмэ биллибэт
Эргэ хаартысканы
Бөх курдук санаамаар,
Босхолоно сатаамаар.
Сирийэн көр, кимнээҕин,
Ааспыт үйэ поэт дьонун.
Сэрии сылын оҕолоро:
Эһэҥ, Тумат, Урсун.
Саха уран тыллааҕа,
Олоҥхоһут ааттааҕа
Поэт Күннүк оҕонньор
Ортобутугар олорор:
“Оҕо тыла тылланан
Суруйар олус ыарахан”,—
Дуоспуруннаан эппитэ
Эһэҥ хоһоонун туһунан.
Кыра, хачаайы бэйэлээх,
Түбэтиэйкэ кэтиилээх
Суруйааччы сорсуннааҕа,
Уҥа – Амма Аччыгыйа.
Көрсө түһээт эппитэ:
“Оҕоҕо анаан суруйар,
Саастаах буолуо”, — дэһэрбит,
— Эдэр киһи эбиккин!”
Ураты кэм ааспыта
Ойуун, удаҕан тылланан
Эр киһи, дьахтар аймаҕа
Тобуллубута талаана.
Аҕам дьоммут алгыһынан,
Айар, салайар дьоҕурунан
Арай Натааһа дьахтартан  
Далбар Хотуммут буолбута.
Бу тураллар – атыыһыты
Тоҥ суолун хайан булааччы,
Чыҥыс Хааны чахчы-бааччы
Сахатыппыт суруйааччы.
Сиэним миэнэ, сэргии көр,  
Дьоҥҥор кэпсээн оҥостоор.
Саһарбыт хаартысканы
Хос-хос сиэммэр көрдөрөөр.

«Чолбон». – 2007. – олунньу ый