I
Биир бэртээхэй сайыҥҥы нуурал киэһэ Лаҥкылы сайылык ыала туох да кыһалҕата суох киэһэ чэйдэрин иһэ олордулар. Күнүскү ыгым куйаас ааһан, бу үтүө сөрүүҥҥэ ынахтар тото-хана аһаан хааллыннар диэн, киэһээҥҥи ыамнарыгар ыксаабаттар.
Кураан сайын буолан, сүөһү да тэпсэриттэн буолуо, сайылык кууран-хатан турар. Тиит төбөтүгэр санньыйан эрэр күн кытарымтыйбыт уотун сайылык хагдаҥ ньууругар кутар. Ол онтон тулалыыр тыа, хонуу дьүкээрбит эргэ өтөхтөр, ол-бу күрүө-хаһаа – бары-барыта чачаран, алтан аалыыта дуйданан көстөр. Бүгүн бэйэтэ даҕаны уоскуйуохха, наҕылыйыахха айылаах күн үүнэн ааһан эрэр. Алаас илиҥҥи тамаҕар, үрэх эҥээригэр, үөһэ тумул үрдүгэр, холкуос наймылаһан саҥа сайылык туттара сылдьар. Ыанньыксыттар икки мэндиэмэннээх бүтүннүү таас эҥээрдээх дьиэлэрэ бүтэн, арҕаалаабыт күн уотун күлүмнэтэ тэйитэр. Наймы үлэһиттэрэ туох эрэ наадаҕа холкуос киинигэр бараннар, бу уларыйаары турар эргэ сайылык алааска бэҕэһээҥҥиттэн ыла уу чуумпу наскыччы сатыылаан турар.
Хас да остуолунан олорор дьонтон ким эрэ саҥа аллайа түстэ:
– Хайа, ол кимнээхтэрбит күөрэлэҥнэһэн иһэллэрий?
Дьон, сонурҕаан, түннүккэ үөмэлэстилэр. Көөртөрө, илинтэн, сайылыгы таһынан ааһар айан суолун диэкиттэн икки сатыы киһи эмдэй-сэмдэй түһэ, түөстэригэр уун-утары күн уотун түһэрэн иһэллэр эбит. Ол дьонтон биирдэстэрэ аҥаар атаҕа суох, мас баттыктаах, биирдэстэрэ дьарамай баҕайы буолан көстөр – оҕо буолуон сөп.
– Кимнээх буоллахтарай? Хантан истэхтэрэй?
Дьон, чугаһаан, олбуор иһигэр киирбиттэригэр, аан диэки остуолга чэй кута олорбут Балбаара соһуйан дьик гына түстэ:
– Тыый! Арамаанап дуу?!
Балбаара, тугу гыныан булбакка, таалан хаалла, сааһыгар сөбө суох ньалҕаархай, салгын сиэбит сирэйэ биллэ-биллибэттик кубарыйан ыларга дылы гынна. Аһаҕас көрүүлээх, холку, боччумнаах сэбэрэтин ордук тупсаран көрдөрөр кыырыктыйбыт аһын хос-хос былаатын анныгар симмэхтээтэ. Дьон ылы-чып бардылар.
Баттыктаах киһи дорооболоспутунан киирдэ, кэнниттэн аан сабааччынан – билэр ыалларын оҕото.
Кини сирдьит буолан кэлсибит. Балбаара, холку-холкутук үктэнитэлээн, утары хааман тиийэн, баттыктаах киһилиин илии тутуста. Киһи сырдыы, үөрэ түстэ.
– Хайа, биллиҥ дуу, Варвара Платоновна? – Балбаара аатын нууччалыы ыраастык ааттаата.
Ким эрэ олоппос аҕалан биэрдэ. Киһи хомуһуолун устан, олорон баран, көлөһүнүн соттор былаатын таһааран, тириппит сирэйин, моонньун кичэйэн соттуммахтаата, туттуна сатыы-сатыы аҕылыырын аһарынна.
– Дьаакып Өлөксүөйэбис, хайа, бу хайа диэки айаннаатыгыт?
– Эһиэхэ кэллим, дойдубуттан, Үс Бүлүү түгэҕиттэн. Урукку фронтовой доҕорум кэриэһин санаан. Эһиги хайдах олороргутун, туох уларыйыыламмыккытын көрө, оҕолор хайдах ыал-дьон буолбуттарын билсэ. Күн-дьыл да уһаан, ыраатан иһэр, саас да ыган кэлэн эрдэҕэ.
Балбаара бэрт өрдөөҕүтэ, олоҕор биирдэ көрөн, биирдэ ыалдьыттаан, күндүлээн-маанылаан аһарбыт киһитин сыныйан одуулаһар. Хайдах умнуой, ама, оччотооҕу эрэйи-кыһалҕаны көрбүт эдэр дьахтар сүрэҕэр ол киһи хас биир тыла аһыы-аба, кутурҕан ньоҕоҕун кытары кэм үөрүү, кыракый да буоллар эрэл кыымын саҕан ааспытын. Арамаанап оччолорго кыһыл хааннаах, ыас хара баттахтаах, хатыҥыр киһи этэ.
– Биһиэхэ уларыйыы соччо суох, уруккубутунан олоробут, – Балбаара биллэ-биллибэттик үөһэ тыынан ылар. – Арай оҕолорум улаатан, киһи-хара буолуталаан эрэллэр. Уолум борокуруор буолта, хоту оройуоҥҥа баар. Кыыһым – ол олорор, уоппускатыгар. Быраас, оройуон киинигэр үлэлиир. Кэргэннээх. Ол оҕотун илдьэ сылдьар. Лаара-а, бу били Арамаанап кэллэ. Аҕаҕын кытары сэриигэ бииргэ сылдьыбыт киһи. Кэл, билсис!
Дьиэлээхтэр саҥалара-иҥэлэрэ аччаан, хомул-ньимил буоларга бардылар. Оҕолор үүрүллэ былаан, сорох-сорохторо кэтэххэ бэрдэрэ-бэрдэрэ, таһырдьа бытарыһан таҕыстылар. Улахаттар, суһал-суһаллык иһиттэрин-хомуостарын сайылаан, ибири-сибири хомунан, титииктэригэр, киэһээҥҥи ыамнарыгар тахсыталаатылар. Балбаара ынахтарын үллэстэн ыах буолан ботугурастылар. Балбаара Ларисатынаан уот отуннулар, ыраах турар үүт астыыр дьиэ булууһуттан эт аҕалан буһардылар, алаадьы оҥордулар, чопчу курдук кыракый көмүс сылабаарга чэй оргуттулар. Элбэх дьукаахтан хайаларыттан эрэ кыһыл көһүннэ. Онон ыраахтан кэлбит ыалдьыты додо-бааччы аһатар, маанылыыр ыал буоллулар.
Кэлбит ыалдьыт сирдьит уолунаан сөрүүкээн, суунан-тараанан, ол быыһыгар быстах-остох дьиэ эргин сонуннарынан бырахсан, от, бурдук, сүөһү-ас туһунан ыйыталаһан, күө-дьаа буолан, остуолга кэлэн олордулар.
Аһыырыгар Яков Алексеевич тыла-өһө тахсыбата. Баттаҕын өҥүн курдук кыырыктыйбыт хойуу хааһын түрдэһиннэрэн, быллайбыт эттээх сирэйин тэриэлкэтиттэн оччо өндөппөккө, көхсүн этиппэхтии, ол-бу диэки көрбөхтүү олордо. Ортолуу аһаан иһэн, эмискэ көнөн кэллэ. Харахтара, туохтан эрэ долгуйалларын биллэрэн, сытыытык чаҕылыстылар.
– Варвара Платоновна уонна Лариса Тимофеевна! – диэтэ кини дьоһуннаах баҕайытык, мунньахха тыл этэр курдук оҥосто-оҥосто.
– Мин бэрт ыраах дойдуттан барыта сүүс отучча көс сири айаннаан кэллим. Үксүн самолетунан, сороҕор теплоходунан, атынан, массыынанан. Үс суукканы сүтэрдим мин ол айаммар. Ол тухары биир санааны санаан айаннаатым. Ийэ дойдубутун ньиэмэскэй халабырдьыттартан босхолуур кырыктаах сэриигэ биир өлүүнү көрбүт, бииргэ аһыыны-ньулууну амсайбыт, оччотооҕу фронтовой доҕорум – эһиги паапаҕыт – Тимофей Кононович Кулунов сырдык кэриэһин ытыгылаан, кини фроннааҕы бойобуой суолун, тиһэх күннэрин эһиэхэ – кини кэргэнигэр уонна оҕолоругар – сиһилии тиэрдээри. Онон бойобуой доҕорум иннигэр биэрбит кэс тылбын букатыннаахтык толороору, өйбөр баар кини мөссүөнүн иннигэр дууһабын, суобаспын ырааһырдаары.
Күндү Варвара Платоновна! Мин эйигин, икки оҕолоох аҥаардас дьахтары, отут икки сыллааҕыта Якутскай куорат Холкуоснай уулуссатын 15 нүөмэригэр былыттаах, хаардаах нуһараҥ киэһэ көрсөн турабын. Хойукку күһүн этэ. Эн миигин туох бааргынан, сахалыы истиҥник, эйэҕэстик көрсүбүтүҥ. Оҕолоруҥ эмдэй-сэмдэй, кыра этилэр. Мин ол киэһэ Тимофей Кононовиһы кытары бииргэ атаарбыт тиһэх күннэрбин туох баарынан, биир да түгэни уларыппакка, чахчы хайдах буолбутунан кэпсээн биэрбитим.
Ол гынан баран, Варвара Платоновна, мин эн иннигэр саакка-суукка киириэм быатыгар барытын ситэ кэпсээбэккэ, сороҕун ордорон кэбиспит түгэннэрдээхпин. Соруйан… тулуйбаккабын… куттанан… Эн эдэриҥ бэрдэ, миигиттэн хайаан даҕаны туох эрэ уоскутуулааҕы, туох эрэ үчүгэйи-үөрүүлээҕи истээригин күүтэриҥ, сураҕа суох сүппүт киһиҥ көстүбүтүн курдук санаабытыҥ, миэхэ оннук эрэммитиҥ, оннук миигиттэн үөрбүтүҥ. Мин ону кэһэр күүһү ол түгэҥҥэ кыайан бэйэбэр булумматаҕым. Куттаммытым. Үгүс абаны-сатаны иҥэрбит, үгүс өлүүнү-сүтүүнү тирээн туран көрбүт, сэрии кыһатын уотугар уһаарыллыбыт, хатарыллыбыт саллаат сүрэҕэ уйарҕаабыта. Мин кыайан барытын ситэ кэпсээбэтэҕим. Оччотооҕу санаабар, мин санаабар эн эрэллээх хаалыаххын, таптыыр доҕоргун сааһыҥ тухары ахта, суохтуу, тиийэн кэлээрэй диэн күннэтэ күүтэ сылдьыаххын баҕарбытым…
– Мин оннук, билигин да күүтэбин эбээт! – диэтэ онуоха дорҕоонноох куолаһынан Балбаара, көнөтүк туттан, Романовы тонолуппакка көрөн олорон.
– Мин ол сырыыбар Тимофей Кононовиһы ыараханнык бааһырбытын кэннэ, сарсыарда сабыылаах массыынаҕа тиэйэн, үгүс дьону кытары илдьэ баартара диэбитим. Ол барыта кырдьык. Ол кэнниттэн, аҕыйах чаас буолан баран, кинини мин иккистээн, бу сырыыга тиһэх көрүүбүн көрбүппүн эппэтэҕим…
Уу чуумпу буолта дьиэ иһэ. Бэл, биллибэтинэн-көстүбэтинэн таһыттан киирбит икки-үс кыра оҕо оҥоччу көрбүтүнэн, ылы-чып баран, иһиллээн сэрбэһэн тураллара. Тимирэн эрэр күнтэн былыргы үүт күрүө, арыы тииттэр күлүктэрэ, алаас соботун курдук, кытархай хонууга субуруччу тардыллан көстөллөрө.
Ыраах, титиик диэки, дьон ньамалаһар саҥатын, атыыр оҕус мөҥүрүүр лөҥкүнэс бүтэҥи куолаһын баһыйан, бэтэрээҥҥи тыаҕа соҕотох кэҕэ, сүрэҕэ-бэлэһэ киирэн, этэн чоргуйара иһиллэрэ.
Балбаара саҥата суох, хаанын хамсаппакка олорон, Яков Алексеевич тэриэлкэтигэр миин эбэн биэрбитэ. Лариса Тимофеевна, солотуохалаабыт сирэйдээх алта-сэттэ ыйдаах кыра оҕотун ньилбэгэр ууран, саҥа таһаарбакка эрэ иһигэр ытаан, кытаран тахсыбыт муннун платогунан мускуйбахтыы олорбута.
– Эһиги ону билбэккит. Эһиги билбэккит: ол иннинэ биһиги Тимофей Кононовичтыын билиэҥҥэ түбэһэ сылдьыбыппыт… Ону мин урут кэпсээбэтэҕим. Тимофей Кононович кэпсээйэҕин диэбитэ. Кини билиэҥҥэ түбэспититтэн наһаа хомойбута, бэйэтиттэн бэйэтэ кэлэнэрэ. Биирдэ: «Тоҕо маннык алыс муҥатыйаҕын, ханна да өлөр син биир буолбат дуо», – диэбиппэр этэн аһарбыта: «Доҕоччуок, бары-барыта саныыр курдук судургу буолбатах… Барыта оҕонньортон… Кыргыһыыга, атаакаҕа өлүөх баар этэ, өлөр буоллахха», – диэн. Кини тугу эппитин мин оччолорго кыайан өйдөөбөтөҕүм, билигин да өйдөөбөппүн. Арай кини ити тылларыттан мин тоҕо эрэ куттана, дьиксинэ санаабытым. Этим атыйбыта, абааһы көрбүтүм. Өлүөхпүн олох да баҕарбат этим мин оччолорго, бэйи, күн сирэ күндү. Онтон салгыы Тимофей Кононович эппитэ: «Кэнэҕэс, от атах тэбэн, дьоммор-сэргэбэр эргиллэр күннээх буоллахпына, бэйэм кэпсиэм бу сырыыбыт, бу муҥмут-таҥмыт туһунан. Оттон эн эргиллэн тиийэҥҥин мин туспунан кэпсиир күннээх буоллаххына, дьонум билбэтиннэр, ким да билбэтин, наадата суох».
Тимофей Кононович оччолорго миигиттэн уонча сыл кэриҥэ аҕа быһыылааҕа. Мин оҕочоос этим, олоҕу билиҥҥи курдук, мээрэйдээн, тургутан көрөр суоҕа. «Ураа» эрэ хаһыытыырбын билэбин. Тимофей Кононович оччолорго миигин толкуйдуурга үөрэппитэ. Кини өйдөөн, олоҕун сыаната туохха турарын билэн туран, сэриигэ кэлбит курдуга. Кини бары тылыгар-өһүгэр, туттарыгар-хаптарыгар, тугу оҥороругар барытыгар ханнык эрэ ис итэҕэллээх буолуу баара. Кини бары дьайыытын ол итэҕэл салайарга дылыта. Итэҕэл оччолорго биһиэхэ да баара гынан баран, биһиэнэ үрдүнэн, кинигэттэн ылыллыбыт буолара. Тимофей Кононович сэриилэһэр ис итэҕэлэ – ол аата нууччалыы эттэххэ, убеждениета буолара дуу – олохтон бэйэтиттэн силистээх-мутуктаах курдуга. Ол иһин кини ыарахаттартан ымыттыбат этэ.
Мин бу туһунан, кини бэйэтин көрдөһүүтүнэн буоллаҕына, кэпсиэ суохтаах этим. Ону хайдах да суобаһым буолуммата. Эһиги маны билбэккэ хааллаххытына, баҕар, аҕаҕыт туох туһугар, туох ис санаалаах сэриилэспитин өйдүөххүт суоҕа. Кинини сааскыт тухары, ол эһиэхэ кэлбит иһитиннэриигэ суруллубутун курдук, сураҕа суох сүппүтүнэн ааҕыаххыт. Дьиҥинэн, кини сурахтаах сүтэн турар. Ол сураҕын бу мин эһиэхэ тириэрдэ олоробун.
Сайыҥҥы күн киирэн, күөх торҕо салгыны бүрүннэ сайылык иһэ. Сибилигин тарҕаспыт сүөһүлэр сылаастарынан тыынан, ыаммытынан үүт сытын санатан, түптэ буруота титиик тулатыгар эндэйэ тарҕанан хаалла.
Күнүскү түбүктэн күрэнэн, сайылык ыала сөрү-сөптүк, орун-оннуларын булан, тиэтэйэ-саарайа утуйталаан бардылар. Арай аһыыр дьиэҕэ эмтэрийбит таастаах кыраһыын лаампатын уотугар сойон хаалбыт сылабаар тула түөрт киһи утуйбакка өр кэпсэтэ олордулар.
II
– …Биһиги ол аргыардаах кэмҥэ Тимофей Кононовичтыын Калининскай фроҥҥа биир батальоҥҥа, биир ротаҕа түбэспиппит, взводпут эрэ аҥыы-аҥыы.
Кини кэлбитэ балачча буолбут этэ. Хаста да кыргыһыыга киирсибит, кэм буспут-хаппыт. Сылдьыбыт сирбит Москва туһаайыытынан арҕаа, итиннэ ханан эрэ Смоленскай уобалас сиригэр, ол эргин буолуохтаах.
42-с сыл күһүнэ ити туһаайыыга олус ыар кэм этэ. Быһата, икки тэҥ күүс, тэбис-тэҥҥэ ылсан баран, хайалара да кыайсыбакка, сэниэлэрэ эстэн, ырыҥалара быстан, баардарынан-суохтарынан хардары-таары тиниктэһэ, хадьыктаһа сатыыр кэмнэрэ.
Кэлин, ити сэрии историятын ааҕан баран өйдөөтөххө, биһиги ол онно сылдьаммыт Сталинград туһугар сэриилэспит эбиппит. Оччолорго ону хантан билиэххиний!
Өстөөх, ол иннинэ Москваны ыла сатаан баран, кыайбакка аны бары күүһүн Сталинградка туһаайар. Биһиэннэрэ таайаннар, Москва туһаайыытынааҕы күүстэрин көҕүрэтэн, Сталинградка быраҕаллар. Биһигини буоллаҕына, бэрт кыратык сэлбийэ-сэлбийэ, харах баайыытыгар кимэн киирии маневрун оҥорторо сатыыллар эбит – ол дьиҥнээх санааларын өстөөхтөн кистээннэр.
Дьэ ол иһин Смоленскай туһаайыытыгар ылбат-биэрбэт икки ардынан, сороҕор ньиэмэс чугуйар, сороҕор биһиги чугуйабыт, хардары-таары уһулуччу чорбойон кимэн киирсии, эргийэ көтүһүү, төгүрүйсүү, чэ, быһата, булкуллуу киэнэ кытаанаҕа этэ оччолорго.
Ол гынан Тимофей Кононовичтыын көрсүстэхпит өйүүнүгэр этэ дуу, бадаҕа, сарсыныгар эбитэ дуу, өстөөх оборонатын тоҕо көтөр сыаллаах улахан атаакаҕа киирсэбит.
Никитин диэн дэриэбинэ аттыгар алта чаас усталаах алдьархайдаах кыдыйсыы кэнниттэн биһиги сыалбытын кыайан сиппэккэбит, күүспүт тобоҕун хомунан, чугуйарга барабыт. Ол чугуйан, түүн хараҥаҕа ылларан, хонон баран, сарсыныгар төгүрүктээһиҥҥэ түбэспиппитин билэбит. Сибээс быстан хаалар, ас-таҥас татымсыйар, сэппит-сэбиргэлбит баранан барар. Аны тура-тура, хас күн аайы «Мессершмиттэр» кэлэн буомбалаан сордууллар. Ол курдук уонча хонукка сыппыппыт кэнниттэн, «По 2» самолетунан сибээс тиийэн кэлэр. Онно төгүрүктээһинтэн бэйэбит күүспүтүнэн Цицино дэриэбинэ диэки талаһан тахсарбытыгар эппиттэрэ.
Быстарыы буолла, сүтүк да элбэҕэ бэрт. Биһиги батальоммутуттан тарбахха баттыыр бэрт ахсааннаах киһи хаалла. Тахсыахтаах сирбит диэки баран көр – дьон бары манна мустубуттар, киһи үллэҥнэс. Кыра-кыра бөлөҕүнэн саһан тахса сатыырга эттилэр. Дьон, баҕа өттүлэринэн холбоһон, отуттуу-түөрт уоннуу буола-буола барыталаан бардылар.
Сарсыҥны түүнүгэр биһиги ирээппит кэллэ. Сүүрбэччэ буоллубут. Биир лейтенаны старшайынан анаатыбыт.
Биэс-алта бинтиэпкэлээхпитигэр аны ботуруоммут суох буолан хаалла. Хата, балачча элбэх гранаталаахпыт.
«Чэ, ботуруону төһө баарынан үллэстиэҕиҥ!» – диэн буолла. Онуоха туран Земсков диэн Тимофей Кононович взводун хамандыыра, старшай сержант баара, чуо киниэхэ тиийдэ: «Кулунов, ботуруоннаргын аҕал! Түҥэттэбит!»
Бэйэтэ да биэрээри турар киһи биэрдэҕэ дии, хайыай. Кырдьык, элбэх эбит барыбытынааҕар.
«Ты, Земсков, своего тебе не жалко, а чужой все-таки пригодился да?» – диэн баран, Тимофей Кононович кутаа уотун сарыалыгар дьээбэлээх баҕайытык харахтара оонньоон, кылгастык күлэн ылла.
Дьон үксэ өйдөөбөккө, саҥата суох тымныы харахтарынан Тимофей Кононовиһы көрбөхтөөтүлэр. Мин эмиэ өйдөөбөтүм.
Арай икки-үс киһи (биһиги лейтенаннарбыт) Тимофей Кононович тылыттан дуу, мичээриттэн дуу көхтөөх баҕайытык күлсэн ыллылар.
«У него много! Я знаю!» – диэтэ Земсков туора дьоҥҥо хараҕынан имнэнэ-имнэнэ. Бэргэһэ түгэҕэр кутан аҕалбыт ботуруоннарын кутаа кытыытыгар аҕалан туох эрэ таҥас үрдүгэр сүөкээтэ.
Тимофей Кононович наадатын нууччалыы үчүгэйдик быһаарсара. Даарым мин учуутал этим да, кэпсэтэрбинэн киниэхэ тиийбэт этим. Хата, ол оннугар аҕыйахта саҥарара.
Хойут, арыый холку кэммит ааттаахха, Тимофей Кононовичтан бэйэтиттэн ыйытан билбитим, маннык түбэлтэ буолбут эбит өстөөхтүүн кини аан бастаан ытыалаһарыгар. Биһиэннэрэ оборонаҕа сыппыттар. Өстөөх, буомбалаамахтаан баран, хойуу баҕайы киһинэн атаакалаан киирбит. Биһиэннэрэ утары уоту аспыттар. «Тоҕо ырааҕай ытыалаатахтара» дии санаабыт Тимофей Кононович уонна, хайыай, сөбүлээбэтэр да, прицелин ыраатыннаран биэрэн баран, икки киһини хоһулаан, ытан саайбыт. Дьоно кумаардаабатахтар даҕаны. Биһиэннэрэ ытан тигинэт да тигинэт үһүлэр да, сэлэлээн иһэр дьонтон биир эмэ киһи охтор үһү.
Прицелин өссө биирдэ сыҕарытаат, биир түбэһиэхчэ киһини кыҥаан, миннээн-миннээн баран, чыыбыһын тардан кэбиспитэ, киһитэ илэ-чахчы адаарыс гына түспүт. «Арааһа, мин охтордум ээ», – диэт, прицелин булбучча иккиһин ыта охсубут – сыаллаабыт киһитэ ат буола түспүт. Ол икки ардыгар өстөөх, аны сытынан кэбиһэн баран, ытыалаһан барбыт. Холкутуйуу буола түспүт. «Дьэ-дьэ!» – дьэ наҕылыйан кыҥаан эрдэҕинэ, ким эрэ, кытаанах баҕайытык куруттан харбаат, ячейкаттан сулбу тардан таһаарбыт.
Соһуйан эргиллэ биэртэ, сержана – отделениетын хамандыыра – маатырылаан куугуната турар үһү: «Боец, тоҕо эн ытыалаабаккыный, бу? Эбэтэр өстөөх тиийэн кэлэрин күүтэ сытаҕын дуу?» «Киэр буол! Ытыалыы сытабын», – диэн ячейкатыгар эргиллэн истэҕинэ, сержана төттөрү тарпыт. «Хаһыс обоймаҕыный бу?» – «Бастакым». – «Сорохтор үһүстэрин бүтэрдилэр», – диэбит да, хамандыыра магазинын хаппаҕын төлө тарпыт. Хайыай, икки ботуруон «сарк» гына түһэн тиийэн кээлтэр. «Үстэ эрэ ыттыҥ дуо бу?» – «Үстэ! Тоҕо эн доппуруостаан хааллыҥ, иккитин таптым ээ», – диэн буолбут. «Көлөөк! Бэрт түргэнник өстөөхтөрү ытыалаа, тыл аахса туруоҥ дуо?!»
Ячейкатыгар турунан, Тимофей Кононович прицелин чугаһатаары гыммыт, хамандыыра «ыт» да «ыт» дии турар үһү, кыҥаары гынар үһү, киһитэ кыҥаттарар бокуой биэрбэт үһү: «Түс! Быгыма! Буулдьаҕа соруйан туран биэрэҕин дуу?» «Көстүбэт эбээт, хайдах кыҥаттарбакка эрэ ыттараары гынаҕын», – дии-дии, биирдэһэ өндөйөн иһэр үһү, ол быыһыгар үөхсүү былаастаах «ыт» да «ыт» диэн дьаҕырыйыы үһү.
Тиһэҕэр Тимофей Кононович: «Хайдах эн киһини сүгүн сэриилэһиннэрбэккин!» – диэбит да, хамандыырын уолугуттан харбаан ылбыт. Сержана эмиэ улахан, туоллубут киһи, утары уолуктаабыт. Икки бөдөҥ баҕайы дьон охсуһаары чинэккэлэһэ сырыттахтарына, Земсков тиийэн кэлбит, хас да атын хамандыырдары кытары. Штаб үлэһиттэрэ дуу, политруктар дуу үһү. Олор туран быыһаталаабыттар.
Ону Земсков рота хамандыырынаан, кэлин иккиэннэриттэн хат-хат кэпсэтиннэрэ-кэпсэтиннэрэ, дэлби күлсэллэрэ үһү. Били ол иһин Земсковуҥ Тимофей Кононовичтан элбэх ботуруону көрдүүр эбит.
Ол Тимофей Кононовиһыҥ, саха киһитэ, дьиҥинэн сөпкө гынар. Сахалыы өйдүүр буоллаҕа дии ытар диэни. Дьиҥинэн, сэриигэ ботуруоҥҥун аахтара сатаабакка харса суох уоту аһарыҥ наада.
Чэ, биһиги кыратык халыйан ыллыбыт. Түүн да ыраатан эрэр. Онон аны халыйбакка сүрүн-сүрүн өттүн кэпсииргэ кыһаллан көрүөм…
Дьэ ол курдук оҥостуммута, тэриммитэ буолан, ботуруоммут элээмэтин, гранатабытын түҥэттэн, тэҥнэһиэхпит дуо, бардыбыт.
Хабыс-хараҥа. Хаарга биир киһи үктээбит суолунан суксуруһа хааман иһэбит. Бастакы киһигэр кэтилиннэххинэ – тохтуугун, бардаҕына – бараҕын. Өр хаамтарбатылар, инникилэрбит утары иһэр дьоҥҥо кэтиллэ биэртэр. Биһиги саллааттарбыт эбит. Иннибитигэр ньиэмэстэр үһү! Кинилэр ол иһин төннөн иһэллэр эбит.
Биһиги хаҥас диэки халый. Сотору буолаат, эмиэ саллааттар: «Иннибитигэр – ньиэмэстэр!» Ол курдук түүнү быһа эргийэ сырыттыбыт. Эргийдэрбит да син биир бара сатыыбыт. Хайдах эмэ гынан саатар фронт ыпсыытыгар тиийэн хаалыа этибит буоллаҕа.
Халлааммыт сырдыы бадахсыйда. Мастар барыһан көстүтэлиир буолан бардылар. Тимофей Кононовичтыын биир өкөгөр мас анныгар чугас баҕайы туохтар эрэ күөдэл курдук хараара сыталларын көрдүбүт.
Биһиги иккиэн колоннабыт кэлин соҕус өттүгэр иһэр этибит. «Оо, хаарыаны! Биһиэннэрэ аастылар!» – диэн ботугураһаахтыыллар ол бааһыран сытар муҥнаахтар.
Аһыммытыҥ иһин хайыаххыный. Айан көтөрүн курдук ааһан хааллахпыт да, ханна тиийэммит бэйэбит дабыдалбытын тоһуттарарбыт биллибэт.
Сотору буолаат, уҥа өттүбүтүттэн мастар быыстарынан, сарсыарда буолбутун биллэрэр бастакы чыычаах саҥатын санатардыы, эһиги күҥҥүт эмиэ саҕаланна диирдии мэник буулдьалар ыйылаһан ааһыталаатылар. Тимофей Кононович биһикки ол диэки көрө биэрдибит, арай оол курдук, ыраах, уҥа өттүбүтүттэн иннибитин күөйэ соҕус, сэндэҥэ бэстэр төрүттэрин быыһынан уп-уһун синиэллээх дьон тараахтыы хаамсан налыҥнаһан иһэллэр. «Биһиэннэрэ тоҕо тараахтыахтарай», – дии санаат, этим сааһа аһыллан «дьар» гына түстэ, куйахам үмүрүтэ тарпахтаата. Тимофей Кононович туох буолта биллибэт, синигэр түспүт курдук көрөн кэбистэ. «Оо дьэ, сор эбит доҕоор, фронт ыпсыытын көрбөккө, манна, бу тыа быыһыгар охтор күммүт үүммүт эбит буоллаҕа», – диэн курдук наһаа хомолтолоох, тымныы санаа салаамахтаан ылла.
Дьоммутугар этиэхпит икки ардыгар инникилэрбит көрдүлэр быһыылаах – тосту хаҥас диэки өҕүлүннүбүт. Хойуу баҕайы мастаах, талахтардаах аппаҕа киирэн бардыбыт…
Чэ, быһатын эттэххэ – эмиэ наһаа тэнийэн бараары гынным – биһиги бу сылдьан бэйэбит да аанньа өйдөөбөккө билиэн түбэһэн хааллыбыт, сууласпытынан бары бииргэ. Кыбыстабыт-саатабыт даҕаны – дьоммутун, дойдубутун санаатахпытына; куттанабыт даҕаны – өлөр өлүү иннигэр тыыннаахтыы киирэн биэрдэхпит, бэйэбитинэн көҥүл өттүбүтүттэн курдук арай; хаһан, ханна илдьэн дьууктууллара биллибэт, хас биирдии күн-чаас эйиэнэ бу бүтэһик күнүҥ-чааһыҥ буоллаҕына көҥүлэ. Ол быыһыгар эмиэ да санаабытын аралдьытынабыт: хайыахпытый, биэстии-алталыы ботуруоннаах бачча кыра, бачча сатаҕай бөлөх өстөөх саамай үөһүгэр ити сүүһүнэн дьонтон төһөтүн хотутуой, хотуттун даҕаны, аны өссө да сүүс киһи кинилэр тастарыгар баар эбээт. Фронт, инники кирбии эбитэ буоллар син да этэ – аҕыйахтан, баҕар, аҕыйах эмиэ ордон, бэйэтин дьонугар куотуо этэ; оттон манна утарылаһыы диэн бэйэҕэ тиийиниигэ тэҥнээх уонна билиэннэй барыта таҥнарааччы буолбатах, ити түбэспит нуучча дьонноро ньиэмэһи, бука, биһигиннээҕэр ордук абааһы көрөллөрө буолуо, дойдуларын, ийэлэрин-аҕаларын, кэргэннэрин, оҕолорун, бука, биһигиттэн итэҕэс таптаабаттара буолуо диэн.
Иккиэйэх буоллахпытына, бэйэбит итинник ботугураһабыт. Ити гынан баран, үксүн мин саҥарабын. Тимофей Кононович улам саҥатыттан-иҥэтиттэн матан, дьиппиэрэн испитэ, кинини кытары тугу эмэ кэпсэтэр бэрт ыарахан буолбута.
Биирдэ эмиэ тутуллуубут туһунан кэпсэтиигэ кини бэйэтии туһунан бу курдук эппитин өйдүүбүн: «Мин билиэҥҥэ бэриниэм эрэ диэбэт этим… Эйигин да санаан ыллым быһыылааҕа. Хайа, баҕар, дьоло тардан, дойдубутугар аны эн эргиллээйэҕин. Онон, баҕар, этэҥҥэ ааспыта да син буолуо».
Биһигини стройдатан баран конвойдаан тыабыт устун илдьэ бардылар. Аара биир аппа үрдүнэн ааһан иһэн көрбүппүт, түгэҕэр быыкайкаан тымыр саҕа уу сүүрүгүрэн кылахачыйа сытар. Ону көрөн, утаппыппытын, дьэ, өйдөөтүбүт. Тулабыт бүтүннүү хаар даҕаны, киһи биир оймооһуну булан айаҕар угуох буолбатах – бүтүннүү сүөһү тиэргэнин курдук илдьи тэпсиллибит, илдьи булкуллубут, бомбалар, снарядтар да дэлбэритэ тэбэн күөрэлээбиттэрэ, араас куһаҕан таҥас-сап, бөх-сах, ол-бу тимир, техника быраҕыллыбыта, тааҥкалар кэриэрбит уҥуохтара, киһи да хаана, дьон да өлүгэ – быһата, олоҥхоҕо суруллар кыргыс дойдутун курдук дойдуга сылдьар эбиппит, халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ өйдөөн көрдөхпүтүнэ.
Биһигиттэн ким эмит көрдөспүтэ дуу, хайаабыттара дуу – биһигини сүөһү курдук ол үрүйэҕэ үүрэн киллэрэн, уулаттылар. Чээн, бу барахсан ырааһын, тымныытын. Кытыытынааҕы хаара адьас тыытыллыбакка турар, мөп-мөлбөөркөй, сып-сырдык, кырынаас курдук бэйэлээх. Сүүрүгэ буоллаҕына, оччотооҕу санаабар, тэбэнэттээх кыыс оҕо хараҕын курдук чаҕылыҥныырга дылы. Бу өлүү тыынынан уһуутуур, кири-хаҕы бүрүммүт лиҥкир мастар ортолоругар хайдахтаах бачча, сирдээҕи олох тыына тыытыллыбакка, бэйэтэ-бэйэтинэн хамсыы, тырымныы сытарыттан киһи уйулҕата көтүөх курдук.
Өр иһэрдиэхтэрэ, саатата туруохтара баар дуо, үүртэлээн, эмиэ стройдаан, илдьэ бардылар. Тыабыт баранан, ыраас хонууга таҕыстыбыт. Онно көрбүппүт: үрдүбүтүнэн тоҕус «Мессершмит» намыһах баҕайынан көтөн эҥсэн аастылар. Утаакы буолбата, Цицино дэриэбинэ анараа өттүнээҕи тыаны бомбалаан кибиргэттилэр. Ол аата онно биһиги чаастарбыт баар буолуохтаахтар, биһиги муҥнаахтар син сөпкө баран испит эбиппит.
Сотору хонуубутун ааһабыт, эмиэ тыаҕа киирдибит. Лаппа соҕус иһирдьэ киирпит – саллаат бөҕө үллэҥнэс. Арай көөрпүт, таҥас чөмөхтөрө үллэ сыталлар: араас плащпалатка диэн, синиэл диэн, тэлигириэйкэ диэн, сылаас ис таҥас, хаатыҥка диэн бөҕө. Дьонтон устан ылан сытыараллар эбит, бу ыттарыҥ баара. Биһигиттэн эмиэ суйдаан бардылар. Тимофейтан саҥа баҕайы гимнастеркалаах ыстаанын уһултардылар, эргэ бачыыҥкалааҕын ылбатылар. Ис таҥаһын кытары синиэллээх эрэ хаалаахтаата, бэргэһэтин эмиэ ыллылар. Миигиттэн сылаас ис таҥастаахпын суйдаатылар. Хаатыҥкам 41-с размер этэ, хантайан хаалбыт баҕайы, ону саараан көрөн баран, сиргэнэн ылбатылар. Уолаттар эрэйдээхтэр атах сыгынньах хаалаахтаатылар, атахтарын куллукаларын сыыһынан эриммитэ буолаахтаатылар.
Бу мучумааҥҥа сылдьан мин, дьону үтүктэн, тэйиччи соҕус наадабар бардым. Син ыыталлар, ол гынан баран, ыраахтан ааҕа, маныы турар дьон баар буолаллар.
Арай көрбүтүм, биир ат өлө сытар, дьүһүнэ көҕөччөр, тэһиинин устубатахтар, соторутааҕыта өлбүт быһыылаах. Мин соруйан, ол күлүгэр чохчойбута буолан баран, булгу тутуу быһах элээмэлээҕим иһирдьэ хаатыҥкам уллуҥаҕар түһэн хаалбытын, хата, булбатахтара, онон астаһан-астаһан, тириилэри-байдары обургу кырбас эти сулуйан ыллым. Вещмешогум иһигэр дьылыс гыннаран кэбистим. Оо, аччыктаабыт да эбиппин, онно өйдөөн кэлбитим! Испиискэ хаатын саҕа тиһэх суухаралаахпытынан Тимофей Кононовичтыын бөлүүн аттанаары туран сэлбэммитэ буолбуппут.
Аанньа аһаабатахпыт нэдиэлэ кэриҥэ буоллаҕа. Сэниэ диэн букатын мэлигир, куттал эрэ күүһүнэн хамсаан хахынайбыта буолаахтыыгын. Дьэ биһигини бүрүөһүннээх массыынаҕа симэн, өр баҕайы түҥкүр-таҥкыр түһэрэн, биир дэриэбинэҕэ аҕалан сүөкээтилэр. Биир ампаарга киллэрэн хаайан кэбистилэр.
Хайаары гыналлара – доппуруостууллара дуу, накаастыыллара дуу, ыта илдьэллэрэ дуу – биллибэт. Биир тоҥ омурҕан сыппыппыт кэннэ, таһааран стройдаттылар. Уҥа өттүбүтүттэн ньиэмэс офицера кэллэ.
Бу дьиккэриҥ биһиги ППШ-бытын иилинэ сылдьара. Офицер ситэ да кэлэ илигинэ, инники шеренгаҕа турар биир уолбут эмискэ хаһыытаан тоҕо барда: «Туох накааспытын накаастыыгыт, ылбат-биэрбэт икки ардынан! Эбэтэр илдьэн ытыалаан кэбиһиҥ, эбэтэр аһатыҥ!» «Көр да маны, санаата бойомун, – диэн саайда онуоха офицербыт нууччалыы ыраастык. – Эһиги Сталиҥҥыт, арба, биһиги саллааттарбытын арыылаах буулканан көрсөрө буолуо. Көр эрэ, хата, кини аһыан баҕарбыт эбит дии!»
Стройтан хас да киһи айманан көрдө да, туһа кэлиэ баара дуо? Офицердарбытын арааран ыллылар. Биһигини эмиэ, сабыылаах массыынаҕа тиэйэн, ханна эрэ илдьэ бардылар. Өөр айаннаабыппыт кэннэ, ыкса киэһэ биир куоракка аҕалан сүөкээтилэр уонна атын билиэннэйдэри кытары холбоон, түөртүү кэккэнэн стройдаан, куорат таһыгар таһаардылар.
Хараҥаран барда, тымныыта да бэрт. Аны стройга иһэргэр кэпсэтиннэрбэттэр. Мин испэр ыта таһааран истэхтэрэ диибин. Онтон атын хайдах маннык түҥ-таҥ дьаһайыахтарай, куоракка тиэйэн аҕалыахтара ини, куораттан үүрэн таһаарыахтара ини. Чэ, ханна да өлөр син биир, хайа, баҕар, хараҥаҕа балыйтаран мүччү туттараайабыный. Оол курдук тыа көстөр: «Онно бырахтарбыт киһи». Арай мин ис-испиттэн дьөлө кэйдэрэн, кыылым туран, уйулҕам күүрэн бардым. Уҥуох-уҥуоҕум босхо барда, аҕылас буоллум.
Тимофей Кононович ону биллэ быһыылаах, кэккэлэһэ иһэн, хайыһан, саҥата суох сирэйбин өҥөйөн көрдө. «Ыта илтэхтэрэ буолуо, – диэтим мин аҕылыырым быыһыгар сибигинэйэн. – Ханна да өлөр син биир… Куотуохха!.. Таах туран биэриэхтээҕэр… Баҕар, бу хараҥаҕа… Ол тыаҕа…»
Онуоха киһим миигин тоҥолоҕунан аста. Өр оннук испэхтээн баран: «Ытымаарылар бачча бодьуустастылар ини», – диэтэ. Көр эрэ, Варвара Платоновна, мин ону күн бүгүнүгэр диэри махтана саныыбын. Быыһаан турар Тимофей Кононович миигин онно. Кини онно аттыбар суоҕа буоллар эбэтэр итинник эппэтэҕэ буоллар, мин уолҕамчы, куттас санаабар онно ыттыы өлөрдөөх этим. Кэлин санаан көрдөххө, кырдьык да оннук эбит, кини эппитин курдук.
Дьэ инньэ гынан, ол киэҥ хонууну туораан, били баҕалаах тыам саҕатыгар аҕаллылар биһигини. Онно киэҥ баҕайы бурдук ыраастыыр сир баар эбит. Тас өттүттэн хатыылаах боробулуоха олбуордаах. Онно киллэрэн баран, биһигини таһыттан хатаан кэбистилэр.
Ол икки ардыгар хабыс-хараҥа буолла. Киһи дьоҥҥо кэтиллэ сылдьар. Биһиги бэйэ-бэйэбитин сүтэрсимээри, тутуһан баран, мээнэ, дьон баар сирин диэки талаһабыт. Аалыҥнаһан-аалыҥнаһан, хахха сир көрдөөн, ол күрүө иһин, араас сарайдары илиибит иминэн кэрийэн, тиһэҕэр бары биир кыра соҕус үс эҥээрдээх, бетон муосталаах сарай аҥаар бастыҥатыгар муһуннубут. Тыалтан кэм хаххалаах курдук да, ол үрдүнэн тымныыта ынырык. Бары бап-бабыгыраспыт.
Бу түүн ким да хараҕын симмэтэ, бары туох эрэ үөн курдук бэйэ-бэйэбитигэр аалыҥнаһан таҕыстыбыт. Эгэ, кэпсэтэр кэлиэ дуо, биир да киһи муннунан да тыыммат, айаҕынан да тыыммат. Тимофей биһикки тиийдэхпит саҕана биирдиитэ тыл быраҕыстыбыт. Онон бүттүбүт.
Бастаан утаа син дьон дьон курдук, истиэнэҕэ өйөнөн, бөлөх-бөлөх сыстыһа олортоотубут. Биһиги биир дьоҕус бөлөх кытыытыгар түбэстибит. Хардары-таары суксуруһа олорон куустуһан көрөбүт. Син биир туһа суох. Тары сиэбит ыт титирииригэр ымсыыраҕын ол олорон. Биһиэнэ туохха сатаан холонуон өйүм тобулбат. Ол олорон муҥатыйдым мин муҥур уһукпар тиийэн: «Бу сордонон эрдэхпитин… Бу түүн манна тоҥон өлөр дьон буоллубут…» «Ыттарга ыттыы өлбөтөх киһи бэрт буолуо этэ», – диэтэ онуоха киһим, бөҕүөстүбүт тылын нэһиилэ хамсатан, бабыгырыырын быыһыгар, тардыалатан эрэр курдук, тыынын нэһиилэ эҕирийэ-эҕирийэ.
– Оо сордоох сору да көрөөхтөөбүт эбит, – диэт, Балбаара халаатын сиэбиттэн көлөһүн соттор былаатын мүлчү-халчы харбаан таһааран, хараҕын ньуххаммахтаата.
– Анала-чааһа тардан, киһи тылын ылынаахтаабат эбит буоллаҕа…
Лариса саҥа таһаарбакка эрэ өрүтэ сыҥаахтыы олордо. Сирдьит уол, умса көрөн олорон, биир дэхси чааскыны эргиппэхтии оонньуур. Арыый уоскуйбуттарын кэннэ Яков Алексеевич кэпсээнин эмиэ салҕаан барда.
– Кэнникинэн бары биир кууча буоллубут. Бэйэ-бэйэбитигэр өйөнсө сатыыбыт. Дьон быыһыгар киирэн кыбылла сатыыгын. Эн быыскар атын киһи киирэн кыбыллар. Ким эмит онно айыкка, мэһэйдээтиҥ, тоҕо манна киирдиҥ диэ баара дуо! Бары сүөһү курдук биир буолан хаалабыт. Көр эрэ, мин билигин тыалтан күлүктэнэн, бэйэ-бэйэлэригэр анньыһан, биир чөмөх буолан турар үөр сүөһүнү көрдөхпүнэ, туой ол түүнү санаан кэлэбин.
Мин Тимофейбын сүтэрэн кэбистим. Доҕор көрдүөх кэлиэ дуо ол үлүгэргэ. Ханна эрэ, сылааска тартаран, дьон быыһыгар киирэн хаалта буолуо. Ол сылаас сиргэр айыкката бэрт буолар. Тоҥон ыксаабыт киһи эн үрдүгэр кэлэн сытынар. Сылааһа үчүгэйэ бэрт. Нуктаан да ылаҕын ол быыһыгар. Аны ол киһиҥ үрдүгэр атын киһи кэлэн сытынар. Эйиэхэ аны ыарыыта бэрт буолар. Тэҥнэһиэҥ дуо, били сылааскын хаалларан, дьон быыһыттан нэһиилэ оронон туран, аны эн дьон үрдүгэр баран түһэҕин. Эн үрдүгэр кэлэн атын киһи саба түһүөр диэри үөһээ өттүҥ муус курдук буолар.
Дьэ ол курдук, иһиккэ хаайыллыбыт үөн курдук, өрө үөмэхтэһэн, илдьи мускуллан, бэйэ-бэйэбитигэр сууланан аһардыбыт ол түүнү. Хайдах тыыннаах орпуппутун бэйэм да сатаан санаабаппын. Онтон сылтаан тымныйан, ол түүн дьоҥҥо ыбылы баттатан өлүү кэмэтэ суох буолан таҕыста. Сырдаабытын, тымныыбыт арыый мүлүйбүтүн кэннэ Тимофейбынаан, дьэ, булустубут. Куонда буоругар-сыыһыгар булкулламмыт барыбыт сирэйбит-харахпыт хап-хара. Тииспит эрэ туртайар. Түүн оннук сордоно сытан, ытыырым, муҥатыйарым быыһыгар туой Тимофейым эппитин санаан кэлэ турабын. Бэҕэһээ киэһэ алҕас санааммын арыычча ыт буола сыстым. Бэйи, күн сырдыга тыыннаах дууһаҕа наада. Кырдьыга даҕаны, бу ыттарга ыттыы өлбөтөх киһи үчүгэй буолуо этэ. Сахалар этэллэригэр дылы, уол оҕо эрэйгэ ананан төрүүр – биир күн ат уорҕатыгар, биир күн ат өрөҕөтүгэр буолар, хайа да буоллар тура, тулуйа сатаан көрүөххэ диэн биир кытаанах санаа киирдэ – дьэ ханна тиийэн быстар эбиппин?
Көр эрэ, туохха барытыгар оннук дьулуур санаа киһини тулуурдаах оҥорор эбит.
III
Оо, Балбаара, Балбаара! Айманыма дуу, ытаама, кытаат! Көрүүй, ити сайыҥҥы күн барахсан оонньоон дьирибинэйэн тахсан, түөрт муннуктаах кыракый түннүккүнэн көмүс сибэкки буолан, оол, сиэниҥ оронун кууста. Ол кэтэҕэр улааппыт оҕоҥ утуйбута буола сытар.
Ытыыра буолуо. Ытаатын эдэр киһи. Дьукаахтаргыт бары бу кыараҕас, эргэ сайылык дьиэҕитигэр ыга симсэн, утуйан буккураһа сыталлар. Утуйдуннар. Аймаабатын кинилэри эн сүрэҕиҥ аймалҕана. Суох, эн ытаабаккын, дьиҥинэн. Ытыыр эйиэхэ дууһаҥ, сүрэҕиҥ. Ытыыр урукку эрэйиҥ, урукку кураанах эрэлиҥ, урукку хомолтоҥ, аһыыҥ-абаҥ кылларын хаттаан таарыйтаран. Түөрт сыл бииргэ олорбут, таптаспыт, өйөспүт, отуттан тахса сыл кэтэспит, суохтаабыт соҕотох доҕоргун, аҥаардас сылдьыбыт кэмнэргин бу баардыы хат санаан, эргитэн.
Сахалар этэллэр: «Туруйа тоҕус сыл доҕорун аһыйар», – диэн. Киһи туруйа буолбатах, киһи аһыыта-абата муҥура суох. Муҥура суох дьиҥнээхтик таптаспыт буоллахха. Оттон ким сымыйанан таптаабыта буолбут муҥнаахха ол аһыы-аба сыта да суох буолуохтаах. Эн сүөдүргүү, кэлэйэ, абара көрөрүҥ, оччолорго сүүрбэ иккилээх-үстээх кыыс дьахтар, сорохтор сэлээччэх быһыыларын, киһилэрин фроҥҥа атаараат, тахсан иһэн атыттары илдьэ кэлэллэрин. Куһаҕан холобур сутуурдаах дииллэр – ол сымыйа, киһититтэн.
Таптал кыайан солбуллубат. Эн ыарыһах, халы-мааргы дьүһүннээх эбэтэр кэдэрги кэмэлдьилээх, түҥкэтэх, бүтэ өспүт киһи буолбатах этиҥ. Эйиэхэ саха дьахтарын бары кэрэтэ барыта баара. Билигин да баар буолбаат! Ол эрээри эн сүрэҕиҥ буолуммат этэ сымыйанан атыны таптаабыта буолуон. Баҕарбат этиҥ, таптаабат дьонуҥ илиилэригэр оҕолоруҥ төлкөлөрүн уунан биэриэххин, баҕарбат этиҥ, тапталын илдьэ барбыт тоҕо эрэ кэлиэхчэ кэлэн биэрбэт көмүс доҕоруҥ аатын-суолун бэйэҥ дууһаҥ иһигэр суурайан кэбиһиэххин. Буолуммат этиҥ суобаһыҥ, оҕолоруҥ, бар дьонуҥ иннигэр, буолуммат этиҥ бэйэҥ тус бэйэҥ иннигэр.
Эйигин онно итэҕэл күүһэ күһэйбэтэҕэ. Эйигин дьон тыла, дьон дьүүлэ да чаҕыппат этэ. Туох олуоната баар буолуо этэй оҕолордоох, аҥаардас дьахтар олох оҥосторго, олох олорорго тардыһарыгар?! Ол олох анала, олох сокуона буоллаҕа эбээт. Оччоҕо туох күүс тардан эйигин баччааҥҥа диэри аҕалла, кэргэниҥ, доҕоруҥ аатын үрдүктүк туттуҥ, аҕаларын аатын оҕолоргор ыраастык, күлүгэ суох илдьэ кэллиҥ бачча тухары?
Этиҥ эрэ атын да саха дьахталлара, Балбаара дьүөгэлэрэ, Балбаара бааралаахтара? Эбэтэр кэнэҥҥит баччата дуу, андаҕар биэркит кимиэхэ эмит, бэйэҕитигэр бэриммиккит дуу? Оо, кэнэҥҥититтэн эбитэ буоллар мин сүһүөхтүүн сүгүрүйүөм, ыра гынан үҥүөм этэ оннук кэнэн быһыыга. Көрдөһүөм, ааттаһыам этэ айбыт айылҕаттан киһи барыта оннук кэнэн буолуон. Суох, эһиги кэнэн буолбатаххыт, мин билэбин. Кэнэнтэн тахсаллар эбээт кэдэрги кэмэлдьилэр. Андаҕар да биэрбэтэххит. Күн анныгар көҥүл көччүйэр күөччэх олоххутугар адаҕа кэтэрдэр эһиги аналгыт буолбатах, айылҕа аныгы оҕолоро. Оччоҕо туохтаный, туохтаный?
Балбаара, эн бэйэҥ да билбэккин буолбаат, туохтанын, тоҕотун? Эн биири эрэ билэҕин – күүтэргин! Күүтэриҥ муҥура суох, уйаара-кэйээрэ суох. Бу ыраах сиртэн эрэй бөҕөнөн суол тыыран кэлбит үтүө санаалаах хоноһоҥ буруйунан буолбатах. Баҕар, кини Түмэппийгин өлбүтүн да көрдүм диэбит буоллун оччолорго, ол отут икки сыллааҕы нуһараҥ киэһэ. Син биир күүтүөҥ этэ. Эн өрүү да итэҕэйбэт этиҥ буолбаат, тапталлаах доҕоруҥ суох буолан хаалыаҕын. Хайдах сүтэн, суох буолан хаалыа этэй ама эн санааҕыттан, эн дууһаҕыттан? Сүтүө суох этэ. Эн күүтүөҥ этэ. Күүтүөҥ этэ син биир.
Оо, ол эрээри үөрдүҥ да этэ оччолорго доҕоруҥ бу фроннааҕы доҕоро кэлэн. Ол иннинэ сураҕа суох сүппүтүнэн ааҕа сылдьыбытыҥ. Кырдьык, сурук да, сурах да суоҕа. Уонна алҕас ыалгар эн ааккар биллэрии сурук кээлтэ дии – сураҕа суох сүттэ диэн. Оо, ол суругу, саатар суругу ааҕар «дьолго» эн тиксибэтэҕиҥ. Ыалыҥ хотун, наһаа нуураллык олорор буолан, сүрэҕэр долгун түһэримээри ол суругу эйиэхэ куттанан таһааран биэрбэтэҕэ… Көрбөтөҕүн киһи итэҕэйиэ дуо? Төһө да итэҕэйбитэ буола сатаатар, иһигэр син биир итэҕэйиэ суоҕа буоллар да, доҕоруҥ син биир суоҕун курдук суоҕа. Онтон дьэ сурах аҕаалта бу Дьаакып Өлөксүөйэбис.
Оо, үөртэ да этэ, кынаттаата да этэ! Онно киһиҥ өйө да суох сыттар, син кини тыыннааҕын көрдөҕө. Ол аата Түмэппий тыыннаах эбит, кини өлүө суохтаах ол аата. Эн күүтэҕин. Унньуктаах уһун кыһыннарга, самаан сайыннарга, сандал саастарга, көмүс күһүннэргэ күүтэҕин. Күүтэҕин түлэй түүн, күүтэҕин күрүлүүр күнүс. Күүтэҕин, күүтэҕин…
Хас баттыктаах, синиэллээх киһини көрдөххүнэ, саныы түһэриҥ киһигин. Хас хаһыат тылын аахтаххына, радио саҥатын иһиттэххинэ, санаан кэлэриҥ киһигин. Самыыр саккыраатаҕына, хаар кыыдамнаатаҕына, тыал сипсийдэҕинэ – эмиэ кини. Дьоллоох курдук сананнаххына, муҥатыйан да ылаттыыргар – барытыгар кини. Биирдэ сэрии бүппүтүн кэннэ, хойут, эн оҕолоргун илдьэ дойдугар тахсыбытыҥ кэннэ, сурах кэлбитэ – дойдулар икки ардыларыгар билиэннэйдэри атастаһыы буолар үһү диэн. Оо, үөрдүҥ да этэ онно эн. Күүтэр омуҥҥар, быһата, Түмэппийиҥ кэлбитин курдук санаабытыҥ. Кырдьык, сорох дьон кэлитэлээбиттэрэ.
Оттон эйиэнэ – суоҕун курдук суоҕа.
Оройуон диэкиттэн иһэр хас аттаах киһини, хас сатыы айанньыт ааһарын санааҕар: «Арай, ол Түмэппийим буоллун, чээн, төһө эрэ…» – диэн төһөтө оҥорон көрбүтүҥ буолуоҕай? «Тыый, наһаа да ыһыллан олорор эбиккин», – диэҕэ диэн хас төгүл санаабытыҥ буолуой, дьиэҕин хомуйа, өрө тарда сылдьаҥҥын. Арай саамай быстарбыт кэмҥэр, уу хааһы эрэ аһылыктаах дуу, «тыл куһуоктаах» эрэ чэй иһэр кэмҥэр дуу кэллин? Дьэ, саат дии. Эбэтэр кэллин түүн сылаас чэй суоҕар, оһох сойбутун кэннэ, инчэҕэй хардаҕас эрэ баарыгар? Туоххунан көрсүөҥүй, бэлэмэ суох хайдах көрсүөҥүй?..
Ол иһин буолуо, Балбаара, эн дьонтон «чып» кистээҥҥин дьааһыгыҥ түгэҕэр биир олордуу алаадьы бурдугун, биир суотай арыгы сыыһын уура сылдьарыҥ.
Биллэрбэт этиҥ ону, бэл, оҕолоргор, чыычаахтаргар. Төһө да ыксаан, быстаран сырыттаргын илиигин уумматаҕыҥ ол хаһааскар, ол көмүс доҕоргор уурбут күндү кэһиигэр.
Оо, билигин ол сырдык эрэл, күүтэр күндү санаа бүтэр дуо? Хайдах-хайдаҕый, толкуйдаа эрэ барытын эргитэн. Хоноһоҥ туох диэтэ? Урукку кэннэ өссө көөртүм диир дии, тиһэхпин. Ол ханна көрүөҕэй? Ханна, хаһан? Санитарнай массыына тиэйэн баарта этэ буолбаат? Оччоҕо? Тыыннааҕын көрөр дуу, үтүөрбүтүн көрөр дуу? Аны эрдэ билиэҥҥэ сылдьыбыт эбиттэр. Тоҕо ону кистээтэ? Эрэйин этиттэримээри гынаахтыыр буоллаҕа. «Оо, күн сиригэр туох гынаары төрөөҥҥүн, туох муҥун-сорун кэтэҥҥин, ханна-ханна тиийэҥҥин… доҕорум сыыһа!..» Бу сэрии баар ээ, бар дьон сорун быатыгар күөдьүйэр суол, сэрииттэн дьолломмут баар буолуон киһи өйө хоппот, сиэхситтэр, саба түһээччилэр, бэрт дьолломмут сураххыт биллибэт.
Бэйи туохтан барыта саҕаланна этэй – өйдөө эрэ, Балбаара? Саҕаланна этэ буолбаат бу моһуоктаах олоххут аан маҥнай 41‑с сыл саас, кус саҕана, били Түмэппийиҥ үлэтиттэн кыыһыран кэллэҕин күн.
Оо, онно Түмэппий холку, кыраны аахсымтыата суох бэйэтэ хомойбут, абарбыт да этэ.
– Үлэбиттэн уурайан кэллим. Абата бэрт. Түксү! – диэбитэ кини, дьиэтигэр көтөн түһээт да, эһиллэҕэс хамсаныынан халтаҥ сонун уста-уста. – Уонча сыл тухары көрдөстүм да, син биир атын киһини ыыта тураллар. Быһа-хото аккаастаабаттар эбээт уонна баран. Аҥаардас быйыл саас бу бүгүн иккис киһилэрин ыыттылар, миигин буоллаҕына суоҕун курдук суох.
Балбаара соһуйда да этэ онно. Үөрэххэ ыыппаттар диэн уруккаттан абатыйара да, онтон сылтаан Түмэппий 17 сыл үлэлээбит тэрилтэтиттэн итиччэ кэбэҕэстик уурайа охсуо диэн Балбаара түүлүгэр да киирбэт этэ. Инньэ диэн этэн көөртүн киһитэ саба саҥаран кэбиспитэ:
– Ол эрэ буолуо дуо, сөбүлээбэттэр. Бытархай аайы бириинчиктэһэллэр. Итэҕэл суох. Манабылга сылдьар курдукпун. Туох аатай оннук диэн? Хайдах киһи үлэлиэн сөбүй, тэҥнээх курдук санаппат буолан баран? Тугуй, мин даҕаны советскай киһи буолбатах үһүбүн дуо?
Дьиэтигэр куруук кэпсээннээх-ипсээннээх, көрүдьүөстээх, оҕолорун кытары бадьыыстаспытынан сылдьар бэйэтэ, Түмэппий ол киэһэ итинтэн ураты тугу да саҥарбатаҕа, аанньа аһаабатаҕа, оронугар кэтэҕиттэн тардыстан баран, киэһэни быһа сытан тахсыбыта. Бэл, сөбүлүүр хаһыатын көрбөтөҕө.
Арай утуйаары сыгынньахтана олорон, туохтан да сибээһэ суох, бэйэтэ бэйэтигэр этэр курдук, ол гынан баран улахан баҕайытык, биир тылы ыһыктыбыта:
– Ити барыта оҕонньортон!
Балбаараҕа бу барыта соһуччу этэ. Үс сыл бииргэ олорууларын устатыгар урут хаһан да истибэтэх тылларын кини бу киэһэ иститэлээбитэ. Түмэппийэ, таһыттан көрдөххө элэккэйин, судургу курдугун иһин, иһигэр дьонтон кистээн, туох эрэ мунньулла, көймөстө сылдьар атын санааҕа аалларарын Балбаара ол киэһэ аан маҥнай таайа санаабыта.
«Барыта оҕонньортон», «барыта оҕонньортон». Антах Дьаакып Өлөксүөйэбискэ эмиэ инньэ диэбит. Ол аата ити санаа кинини арахпакка батыһа сылдьыбыт буоллаҕа… Тыый, бэйи, хайдах-хайдаҕый?.. Ол аата соруйан дуо?..
Балбаара, ити санаатыттан бэйэтэ соһуйан, бүрүнэ сытар суорҕанын аһа бырахта. Бэйи, хайдах-хайдаҕый бу барыта? Ама, оннук буолуо дуо? Туох баарын барытын, тиһэх тимэҕэр тиийэ, хас баттаҕын ахсаанын кытары билэр курдук саныыр, олоҕун доҕоро оҥостубут собус-соҕотох киһитин кини оччотооҕу сылларга туох санааҕа ааллара, ханнык толкуйга ыллара сылдьыбытын билигин кэлэн, отучча сыл ааспытын кэннэ кэлэн, дьэ хараҕа аһыллан, дьэ билэр, өйдүүр дуо, ама? Тоҕо сүрэй?..
Бэйи, онтон салгыы хайдах-хайдах буолла этэй?.. Сарсыныгар Түмэппий: «Хоту барар буоллубут», –
диэн кэлбитэ. Үлэҕэ атын тэрилтэни кытта кэпсэппитин, хоту эрэ миэстэ баар диэбиттэр. Бачча кыра оҕолордоох, эмиэ да кырдьаҕастаах эҥин ыал хайдах оччо ыраах, сир уһугар барыах бэйэбитий диэн Балбаара салла, чаҕыйа санаабыта да, тыл быктарбатаҕа – ол аата табыллара оччо буоллаҕа. Кини санаатын таайбыттыы, Түмэппий эппитэ:
– Бу эргин миэстэ баар да, ылбаттар миигин. Ыраах үтэйэ сатыыллар. Саҥа киһи диэн эрдэхтэрэ дии. Чэ, буоллун. Киһи сылдьар сиригэр биһиги да сылдьар инибит. Дьонтон туох итэҕэстээх үһүбүт!
Балбаара эмиэ муодарҕаабыта киһитин ити тылларын. «Элбэх кэргэттэрдээхпин эҥин диэн быһаарса барбатаҕыҥ буолуо», – диэбитин:
– Билэллэр-билэллэр! – диэн кэбиспитэ, онтон тохтуу түһэн баран эппитэ. – Ити гынан баран сөп даҕаны ээ, биирдэ санаан көрдөххө. Аҕата оҕонньору кыһыллар өлөрөн тураллар, ол аата утары санаалаах киһи эбитэ буолуохтаах, төһө да кырдьаҕаһын иһин. Биир убайа, буруйу оҥорон, хаайыыга сылдьар… Оннук киһини ким да итэҕэйиэй! Чэ, буоллун. Биһиги даҕаны дакаастаһан иһиэхпит! Кырдьык син биир кырдьыга өтүө… Ону аҥаардас бэйэ холобурунан, дьыаланан эрэ дакаастыахха наада! Оччоҕо эрэ итэҕэли ылыахпыт.
Онон Кулуновтар кэргэттэрэ саас бастакы пароходунан бэһиэ буолан Булуҥнаабыттара. Аҕалара тиийэн онно биир рыбзаводка идэтинэн бухгалтердаабыта.
Аара мууска хаайтара-хаайтара, Өлүөнэни таҥнары уон биир суукка устата айаннаан, анаммыт сирдэрин булбуттара. Кинилэри кытары элбэх балыксыттар тиийбиттэрэ. Бэлэм дьиэ суох буолан, Кулуновтары оскуола дьиэ биир кылааһыгар түһэрбиттэрэ. Кинилэр онно сайылаабыттара, балаҕан ыйыгар эрэ дьиэ көстүбүтэ.
Дьокуускайтан ол сир уһуга дойдуга сурах оччолорго төһө өр гынан тиийэрэ эбитэ буолла – Кулуновтар тиийдэхтэрин нөҥүө нэдиэлэтигэр истибиттэрэ – сэрии турбутун. Ол хоту дойду быыкайкаан балыксыттарын бөһүөлэгин дьонун сүрэхтэрин ортотунан хайа көтөн киирбитэ ол сурах. Олох-дьаһах айманара, күн-дьыл уларыйара кэлбит дэспиттэрэ. Дьону хомуурга ыҥыралларыгар ханнык да саарбаҕалааһын суоҕа.
Балбаара дойдутугар баар бырааттарын саныы охсубута. Түмэппий – ыраах-чугас аймахтарын, табаарыстарын-доҕотторун. Советскай тутулу суох гынаары, бары советскай норуоттары бэйэлэрин иннилэригэр сөһүргэстэтээри санаммыт ньиэмэскэй халабырдьыттарга өстүйүү, аба-сата уоҕа-кылына аҥаардас кэргэннии Кулуновтарга эрэ буолбакка, бу түҥкэтэх, саамай хараҥа, кырыы дойду хас биир киһитин дууһатыгар көймөстүбүтэ.
Сотору саллаакка хотуттан дьону ылбаттар үһү диэн сурах кэлбитэ. Дьон араастаан ылыммыттара. Сорох кистии-саба күлүгэр имнэнэр, үөрэр быһыылааҕа, сорох ону букатын сөбө суоҕунан ааҕан, Ийэ дойдутун көмүскүүргэ наада буоллаҕына, ыҥырыы суругу бары дьону-сэргэни кытары тэҥҥэ ылар бырааптанаары дойду сиргэ тардыһара. Дьон араас буоллахтара эбээт.
Балбааралаах кэргэттэрин ол сурах үөрпүтэ-хомоппута биллибэккэ хаалбыта. Балбаара тоҕо эрэ ол туһунан кэпсэтиэн толлубута, кинилэргэ туох буолуой, быһаардахтара да онон бүттэҕэ диэх курдук санаабыттара. Оттон Түмэппий буоллаҕына, ону үрүҥ да, хара да диэбэккэ, тааһы уоппут курдук, дьиппиэрэн кэбиспитэ.
Күн-дьыл ыраатан, сай ортото ааһан барбыта. Саҥа олохсуйа кэлбит дойдуларын үс ортоку Кулуновтар бэркэ сөбүлээбиттэрэ, астыммыттара, оттон саамай кыралаах кырдьаҕастара табыллыбатахтара. Кыралара, Лара, саҥа тылланан эрэр, үһүгэр сылдьар киһи, туох да иһин таһырдьа быкпат буолбута: ыттарын сааҕа элбэҕэ бэрт диэн. Араастаан ааттыы, албынныы, куттуу, дьарыйа сатаан кэбиспиттэрэ да, киһилэрэ – аттыы аккаас. Туох да туһалаабатаҕа. Ол курдук, бу оҕо уһун сайыны биирдэ таһырдьа тахсыбакка туораабыта.
Кырдьаҕастара, Түмэппий ийэтэ, аҕыс уончатыгар чугаһаабыт Марыына эмээхсин, балыктан салҕан, этин, бурдук аһын суохтаан, аанньа аһаабакка, бэрт эрэйи көрбүтэ. Арыт, оҕотугар түһэн, дойдутун, сайылыгын да ахтыбыт аатырара. Аны саатар сүгүн оннук сытыа баара дуо, дойдубутугар төннүөҕүҥ диэн уоллаах кийиитин күнүстэри-түүннэри сулуйар буолта.
Балбаара, ыксаан, бара сатаан, эмээхсини уоскутаары, Түмэппий истибэтигэр:
– Күтүр өстөөх, тугу да өйдөөбөккүн. Дойдубутугар тиийдэхпитинэ, күн сарсыныгар уолгун сэриигэ илдьэ барыахтара. Уолуҥ тиийэн онно өлөн хаалыа, – диирэ.
Эмээхсин урут да политикаҕа сыстыбатах, билигин олох да тэйэн эрэр киһи, ону өйдүө, ылыныа баара дуо! «Ээйиис, мин оҕом баран бэрт», «ээйиис, мин оҕом өлөн бэрт» диэн буолара.
Эмээхсиннэрэ, кырдьык, күһүн диэкинэн аанньа аһаабат-сиэбэт да буолан, эбиискэтигэр бу дойду күнүн-дьылын да уйбат аатыран, улам дьүдьэйэн, мөлтөөн-ахсаан барбыта. Аны: «Уҥуоҕум дойдубар быраҕыллыбат буолла», – диэн ол тииһигэр киирбитэ.
Ыкса күһүн, балаҕан ыйын бүтүүтүн чугаһыгар, тиһэх пароход кэлбитэ. Түмэппийдэрэ онуоха өрө туран кэбиспитэ: «Бары дойдулуубут, онон бүтэр. Табыллан кыстыа суохпут. Оҕом да эрэйдэнэрэ бэрт, эмээхсин да үйэтин эрдэ моҥоору гынна». Балбаара араастаан этэн, көрдөһөн-ааттаһан, куттаан көөртө да, туһа тахсыа баара дуо, мэлигир. Түмэппий, санаан баран, онтуттан төннөн бэрт эйиэхэ.
Оо, Балбаара, Балбаара! Сөбүлээбэтэҕиҥ да этэ дойдулуоххун. Бу буолуоҕу сэрэйбит курдук, сүрэҕиҥ ытырбахтаата да этэ. Доҕоргун тыыннаахтыы сэрии уотугар бэйэҥ анньан эрэр курдук санаахтаабытыҥ – хайа дьахтар, хайа ийэ сэриини сөбүлээбитэ баарай! Абардыҥ да этэ оччолорго бэйэҕиттэн, Түмэппийиҥ эн санааҕар түктэри быһыытын төлөрүтэр кыаҕа, тохтотор күүһэ суоххуттан. Куруубайдаан, өчөһөн да туох туһаны булаахтыаххыный, хайдах төлөрүтүөҥүй кэргэн баһылыгын кытаанах быһаарыныытын. Балбаара, эн ол туһугар күүһэ суоххун билинэриҥ. Уонна төрүт айылҕаттан көнө, судургу майгылаах буолаҥҥын, боруоктаһа сорумматаҕыҥ даҕаны, барсаргар эрэ тиийбитиҥ.
Арай эн биири кыайан быһааран билбэккэ хаалтыҥ оччолорго. Өйдүүгүөн, били, хотуттан дьону хомуйбат буолтарын билэн баран – киһи санаата үгүс буоллаҕа эбээт – арыт, бэйэҕин төһө да сэмэлэнэ санаатаргын, ис-искиттэн үөрэн, долгуйан кэлэргин. Түмэппийгин, тапталлааххын ким даҕаны, хаһан даҕаны эйигиттэн туура тутан, былдьыа суоҕа буолбаат! Ыыра, букатын!
Дьахтар барахсан, дьиэ тулааһына, дьиэ киэргэлэ ийэ барахсан ис-тас санаата суох, итинник судургу, чычаас үөрүүтүн, чэпчэки дьолун, ама, ким оруоллуой, ким сиилиэй-хоһулуой! Тапталлааххар ити курдук ис санааҕын аһан, киэһэ-сарсыарда кууһа, сыллыы, имэрийэ-томоруйа сытан, үөрэн, көтөҕүллэн туран, сылаастык-сымнаҕастык ботугурууруҥ буолбаат: «Кимиэхэ да биэриэм суоҕа, көмүһүм. Сэрии аастын… Оо, бааттаах да дьон эбиппит, кыл мүччү, хор, көрбүт курдук, кэлэн хаалпыт. Барыта ити эн, эн тапталыҥ буолуо, эн оҕолоруҥ дьоллоро тарпыта буолуо. Оннук буолбат дуо, доҕор, һыллый? Ээ? Этиий?»
Оо, оччолорго эн аахайбат этиҥ, Балбаара, мэник, тэбэнэттээх дьахтар, Түмэппийиҥ эн итинник эйэргээһиҥҥэр тоҕо эрэ иэдэс биэрэрин, тымныытык сыһыаннаһарын. Ол туохтан буоларын дьэ билигин кэлэн, отучча сыл ааспытын кэннэ саҥа оруоллуу сатаан эрэҕин буолбаат.
Кини эйигин оҕо курдук албыннаабыт эбит. Эмээхсин диэн киниэхэ дойдутугар төннө сатыырыгар сылтаҕа эрэ эбит буолбаат! Ону баара эн хойут, киһиҥ барбытыгар, түбэһиэхчэ санааҕар, кырдьык да, эмээхсин муҥнааҕы буруйдууруҥ. Муунтугурдаххына, ыксаатаххына, бара сатаан: «Барыта эйигиттэн!» – диэн, ол кырдьаҕас киһини мөҕөн көрөрүҥ да, туһа тахсыа баара дуо онтон.
Тиийэн кээлкит ол курдук Дьокуускайгытыгар. Түмэппий билэр киһитэ, үөлээннээҕэ, көмөлөһөн, биир улахан тэрилтэҕэ идэтинэн үлэҕэ киирбитэ. Кыһын этэҥҥэ ааспыта. Саас буолта. Дьону армияҕа хомуур саҕаламмыта. Киһи кулгааҕар-хараҕар баппат, сатала суох улахан, суостаах-суодаллаах, алдьатыылаах сэрии сураҕа-садьыга кэлэ турара. Барбыт төннүбэт үлүгэрэ буолта. Эһиги ыал саҥата суох бэбиэскэ күүтэргит.
Бастакы хомуурга Түмэппийи илпэтэхтэрэ. Иккис хомуур буолаары аҕай турдаҕына, биирдэ ыкса киэһэ, утуйаары сыттаххытына, дьиэҕитигэр, били, Түмэппий үөлээннээҕэ киһи – туох эрэ обургу соҕус үлэҕэ үлэлиир киһи этэ – көтөн түспүтэ. Ону-маны кэпсэппэхтээн баран, Түмэппийи оргууй аҕай хоско ыҥыран киллэрбитэ.
Балбаара, эн иһит-хомуос сайылаабыта буола сылдьан, тугу кистэниллиэй, хаптаһын быыс нөҥүө тугу кэпсэтэллэрин иһиллээбитиҥ.
– Дьэ, доҕоор, Түмэппий Куонаанабыс, – диирэ анараа киһи, дорҕоонноох куолаһын аччата сатыы-сатыы. – Бииргэ үөскээбит үөлээннээҕим, биир дойдулааҕым, биир ууну-хаары иһэн, тэҥҥэ улааппыт киһим буоллаҕыҥ. Аймахтаргын, дьоҥҥун да сөбүлүүрүм, кэриэстиирим бэрт. Бэйэҕин да бэркэ астынабын, таптыыбын.
Эһиги хаан аймах эстэн эрэҕит, күттүөннээх киһи хаалымаары гынна. Онон дьэ, бука диэн өһүргэнимэ, хомойума, миигин сөпкө өйдөө. Ол туһа диэн бу сирэйбин буорга анньан кэлэн олоробун. Аны үс хонон баран, иккис хомуур саҕаланар. Онно эйигин илдьэр буолтар. Эн хоту баран хаал. Онно биир оройуоҥҥа үөрэх салаатыгар миэстэ баар эбит. Күн сарсын тэрийэн ыытабыт дииллэр. Кыаллыа суох буоллаҕына, дьоҥҥун кэлин да илт. Ким да билиэ суоҕа, куттаныма. Барытын ыпсара сатаан көрүө этибит.
Түмэппий туох диэбитин Балбаара кыайан истибэккэ хаалта, ким эрэ мэһэйдээтэ этэ дуу, бэйэтэ бэркиһээн, сыҕарыс гынан биэрдэ этэ дуу. Арай иннэ-кэннэ суох маннык тыллары арааран истэн хаалта:
– …Барыбыт үрдүбүтүнэн кэлбит сэрии…
Балбаара ол кэпсэтиини истэн туран, биирдэ өйдөммүтэ, ап-аҕылас буолбут этэ, уҥуохтара уу испит сылгы курдук халыр босхо баартара. Бастаан утаа «тыый, бу туох буоллум» диэх курдук санаан ылбыта. Онтон, дьэ, өйдөөбүтэ. Икки санаа киирэн, кини дууһатын икки аҥыы хайыта, тырыта тыыппыттара ол кылгас түгэҥҥэ. Биирдэрэ: «Сүрэ бэрт, саата-суута бэрт, аккаастан, сөбүлэһимэ, түбэһэн баран хайыахпытый», – диирэ. Иккиһэ, туох баар инньэ диир санаатын утаран, ис-иһиттэн эстибит буорах курдук тоҕо тэбэн тахсан, кэрээнэ суох: «Буоллун-буоллун, сөбүлэс-сөбүлэс, кытаат, көмүһүм, куота охсон хаал, мин туспар, оҕолоруҥ дьоллорун туһугар», – диирэ. Ол күн сиригэр баар саамай күндүтүк саныырын, таптыыр киһитин букатыннаахтык сүтэрэн эрэриттэн аһыы-аба, хомолто кутаатыгар өйүн-санаатын сиэтэн эдэр дьахтар ымсыы санаатын синигэр түспүт иҥсэлээх тиһэх кыланыыта этэ.
Кэпсэппэхтээн баран, анараа киһи, үөһэ тыына-тыына, тахсан баарта. Кэнниттэн Түмэппий тахсыбыта.
– Хайа, хайаатыҥ? – диэбитэ онуоха Балбаара күүһүн муҥунан, уолугун туох эрэ бүөлүү анньарын эрбэҕинэн аала-аала. Онто нэһиилэ сибигинэйии эрэ буолан иһиллибитэ.
Түмэппийэ көрөн эрэ кээспитэ уонна оргууй баһын быһа илгистибитэ. Оо, кэҥээтэ да этэ онно Балбаара. Мэктиэтигэр үөрбүт курдук буолта, оо, бу акаары баара. Сүүһүгэр тыбыс-тымныы көлөһүн тахсыбытын илиитин көхсүнэн сотон ылбыта.
Ол быртах баламат санаатыттан Балбаара, өйдөөн кэллэҕинэ, билигин да кыбыстар.
Ити курдук, дьэ, Түмэппийи атааран кэбиһээхтээбитэ. Үс мөһөөх харчы сыыстаахтарыттан күүстэринэн аҥаарын биэрбиттэрэ. Баанньыкка сууннаран баран, НКВД кулуубугар киинэ көрдөрө илдьиэхтээхтэрэ. Түмэппийэ эрдэ сууна охсон, баанньык кэтэх аанынан тахсан, милициялартан көҥүллэтэн, ыҥыран ылбыта.
Ардах бөҕө түһэ турара. Тиэтэлинэн аҕыйах тылы бырахсыбыттара.
– Чэ, доҕоор, олус айманыма. Эн биһи эрэ тус кыһалҕабыт буолбатах. Бар дьон туһугар баран эрдэҕим дии. Хата, күүт… Оҕолоргун үөрэттэр, үөрэхтээх дьон оҥортоор, туоххун да кэрэйбэккэ тураҥҥын… Тиийэн кинилэр дьоллорун, кинилэр кэскиллэрин көмүскэһиэм буоллаҕа… Уонна кинилэр аҕаларын, аймахтарын туһуттан кыбыстыбат буолалларын иннигэр… Өрүү эргиллибэт гына баран эрэр курдук саныыгын дуу? Кэбис, оннук санаама. Дьон кэлэллэр дии, мин да кэлиэм. Баҕар, аны кыайыы кынаттанан эргиллиэм турар дии. Сэрии, баҕар, сотору бүтүө. Чэ, кытаат!.. Билигин дьиэлээ, дьонуҥ күүтэ олоруохтара.
Дьонтон кыбыстан сылласпатахтара. Түмэппийин ити этиитин Балбаара билиҥҥэ диэри тылыттан тылыгар өйдүүр. Кэлин этиитин соруйан, кинини уоскутаары эппитин билэрэ: киһитэ оннук төннө охсон кэлиэн хайдах эрэ олох да итэҕэйбэт курдук этэ. Сүрэҕэ муҥнаах сэрэйээхтээбит эбит эрдэттэн.
Дьиэтигэр курулас ардах ортотунан соҕотоҕун сукуҥнаан иһэн, Түмэппийэ эппит тылларын, кэриэс тыл быһыытынан үйэлээх-сааһыгар умнубат гына өйүгэр хатаары, ботугураан иһигэр хос-хос хатылаабыта: «Оҕолорум дьоллорун туһугар…» Оттон кини буоллаҕына: «Оҕолоруҥ дьоллорун туһугар куот», – дии сылдьыбыта эбээт! Оо, акаары да эбит!
Балбаара хараҕын уутун дьоҥҥо көрдөрбөтөҕө. Ээ, ол харах уута диэхтээн… Аһыы-аба, кутурҕан үс киһини иитэ хаалбыт аҥаардас дьахтарга ол харах уутунан эрэ муҥурданыа баара дуо? Ону билигин барытын кыайан этиллибэт.
Сарсыарда, түүн аанньа утуйбаккаҕын, түлэй-балай туран, үлэ кэпсэтэ барбытыҥ. Тахсаргар утуйа сытар оҕолоргун, кырдьаҕас ийэҕитин, дьиэҥ иһин барытын эргиччи көрөн ылбытыҥ. Бу барыта аны эн илиигэр, эн эппиэккэр туттарыллыбыта. Кинилэр дьылҕалара бу эн уон тарбаххыттан тутулуктааҕа. Ол тарбахтаргынан эн, саппыт ааҥҥын баттаан турбахтаан баран, куорат диэки бара турбутуҥ. Бара турбутуҥ, күн бэҕэһээ сарын-сарыҥҥытыттан өйөһөрдөөх бэйэҥ, бүгүн собус-соҕотоҕун, олоххор аан маҥнай бэйэҥ атылларгын уурталаан.
Үтүө санаалаах билэр дьонуҥ көмөлөрүнэн эн илим баайар фабрикаҕа илим таҥааччынан киирбитиҥ. Үлэҕэр түөрт хонон баран кэл диэбиттэрин, сарсыҥҥаттан диэн көрдөспүтүҥ. Үс да күннээх хамнас наада кэмэ кээлтэ.
Сарсыҥҥыттан ыла саҕаламмыта эбээт сындалҕаннаах олох. Дьиэҕэр оҕолоргун эмээхсин көрбүтэ буолара. Эн хоноһо кэриэтэ кэлэн хонон барарыҥ. Сорох түүн курдары үлэлииргит. Арыт үлэҕитин бүтэрэн дьиэлээри турдаххына, баржа сүөкээһинигэр илдьэллэрэ. Бириистэҥҥэ эһиги фабрика 300 дьахтара тоҕо ааҥнаан киирэргит, оттон онно өссө хас да 300 дьахтар эһиги иннигитинэ кэлбит буолара. Куораты оҥоруохха эмиэ наада тирээн кэлэрэ – илиигитинэн лэкээчик эрбээн, уулусса тэлгииргит.
Оо, төһөлөөх тонна чоҕу, тууһу, доробуонньугу таспыта буолуой бу дьарамай саха дьахтарын намчы санна, төһө тыһыынча лэкээчик эрбэммитэ буолуой бу хатыҥыр хары күүһүнэн! Ону билигин ким ааҕан ситиэй?!
Дьахталлар, дьахталлар! Саха дьахталлара буолуо дуо, бары дьахталлар, бу баарга дылыгыт эһиги билигин Балбаара хараҕар. Өһөс-өһүллэҕэс, ытанньах-тыйыс, сэлээрчэх-сэмэй, от курдук намчы эрээри оҕус курдук баабый! Баар этэ дуо, эһиги сынтайан турбуккут, сатаабатах суолгут? Эр дьон баарыгар тарайаҥҥыт уу ньуулдьаҕай буолаҕыт буолбаат! Эһиги сыраҕыт, эһиги тирэххит-көмөҕүт суоҕа буоллар, саллаат саллаат буолар этээ!
Балбаара, эн үлэҕиттэн ыран-быстан нэһиилэ ороҥҥун булар кыахтаах буолан кэлиигэр сурук күүтэ тоһуйбут буолара ардыгар. Түмэппийиҥ суруга. Үөрэн, күүс киирэн, тилигирии түһээхтиириҥ. Онтон кыһын оройуттан ыла туох да суох. Туох да суох күн бүгүнүгэр диэри. Онтон ыла наар күүтүү күн бүгүнүгэр диэри.
Кырдьык, хоноһоҥ эппитигэр дылы, дьулуурдаах буолуу эйигин бачча киһи-хара оҥордо. Оҕолоруҥ туһугар, Түмэппийиҥ кэриэс тылларын ытыгылаан, кини туһугар диэн эн туруулаһан туораатыҥ, аҥаардас ийэ, араас ыар сыллары, тиийиммэт-түгэммэт буолуу кыһалҕатын, аччыктааһын, тоҥуу-хатыы, тулаайахсыйыы кыһарҕанын. Ол тухары киһи истэригэр биирдэ муҥатыйдыҥ, биирдэ суланныҥ-кэлэнниҥ дуо, көрдөрдүҥ дуо кимиэхэ эмэ хараҕыҥ уутун? Суох буолуо.
Ол курдуккун эн, уйаҕас сүрэхтээх тыйыс саха дьахтара. Наар инники тардыстан, бүгүн туолбатах сарсын туолуо, бүгүн туох быһаҕастаахпыт сарсын ситиэ диэн, наар кэрэҕэ эрэллээх кэллиҥ, үтүө ыралаах саха дьахтара.
Көрүүй, күн сыҕарыйда. Ыраас да күн үүммүт быһыылаах эмиэ. Хата, сотору хаптаҕас буһара буолуо. Күөрэгэй ыллыыр биир дьүрүс. Түннүккэ сахсырҕа хаайтаран дырылыыр. Ньирэйдэр мэҥирэһэллэрэ иһиллэр. Ыраах киһи сайдыыр – Мэхээс ынахтарын хомуйан иһэр быһыылаах. Чугас таһырдьа солуурчах тыаһаата. Хайа, тура охсубуттар дуу дьахталлар. Санаатыгар аралдьыйан, билбэккэ хаалбыт дии, аны бу барыта түүл эбитэ дуу?
Дьахталлар ботур-ботур кэпсэтэллэр:
– Балбаара утуйдун. Арааһа, күн тахсыыта сытта быһыылаах. Утуйаахтаатын.
Бэйи, турдахха сатанар.
IV
…Ол күн биһигини куоракка киллэрэн, хайа эрэ хаһаарымаҕа ылыттыбат эрэ бэтэрээ өттүнэн аһаппыта буолан баран, сүөһү курдук чөмөх-чөмөх тыырталаан, тус-туһунан илдьэ бараттаатылар. Биһигини, уон аҕыс киһини, онтон чугас атын куоракка – ханнык эрэ диэн этэ, аата… умнан кэбиспиппин, – билиэннэйдэр лааҕырдарыгар илдьэн уктулар. Тимофейым биһиккини араарбатылар, аны биир да билэр киһибит биһигини кытта түбэспэтэ. Киэһэ күн эрэ киириэн иннинэ аҕаллылар. Бараакпыт, аргыйан түһэн, киэҥ уорук быһыылаах. Арааһа, хас да сүүс киһи батыыһык. Үрүт-үрдүгэр тардыллыбыт үс дьаарыс ороннор тураллар. Ыалдьааччылар быһыылаах, бэрт аҕыйах киһи, оһох таһыгар өкчөҥнөһө сылдьаллар, дьүһүн-бодо дьэ сүрдээх дьоно. Сорохтор сытааччылар да бааллар. Дьон үксүлэрэ үлэҕэ барбыттар эбит.
Иллэҥ орон баара биллибэт – эмиэ да кураанах курдуктар, эмиэ да үрдүлэригэр сээкэй таҥас сыыһа быраҕыллыбыт. Онон биһиги, кэлбит дьон, миэстэбитин кыайан булбакка, итиннэ туран, итиннэ олорон, тээтэҥнээн сырыттыбыт. Бараакпыт иһэ, хата, син сылаас соҕус. Буочука оһох умайан куугунуур. Арай, өйдөөн көөртүм, ол үрдүгэр дьон ас буһарыналлар эбит, сээкэй күөс сыыһа, хааһы оҕото эҥин.
Мин били атым этин өйдүү биэрдим. Котелокпар уу булан, Тимофейбынаан иккиэн сиэхпит диэн балаччаны быһан ылан, тириитин сүлэн, түүтүн ыраастаан, күөстэнэргэ тэрин. Туус сураһан көрдүм да – мэлигир. «Дьиэлээхтэрбит» саҥаран да быстыбаттар, баар да буоллаҕына, биэриэ суох көрүҥнээхтэр арай. Киҥ-хаан холлубут дьоно быһыылаах.
Мин күөспүн илдьэн оһоххо уураары гыммытым, миэстэ суох буолан таҕыста. Арай түннүгүнэн көөртүм, муннуктуу соҕус кэккэлэһэ дьиэ ойоҕоһуттан оһох аана көстөр. Хаппаҕа аһыллан турар, чох бөҕө. Мин үгүһү-элбэҕи толкуйдуу барбакка, таһырдьа ойон тахсан, үөттүрэх курдук мас кэрчигэ сытарынан чоҕун булкуйбахтаан, чиҥэтэн баран, котелокпун онно анньан кэбистим.
Оһоҕум аанын сабан «дьып» гыннардым. Турбахтаабытым кэннэ биир билиэннэй кэллэ. Көстөрүүлэлээх, онно бурдук туорааҕын кутаахтаабыт. Кэриэрдээри гынар санаалаах быһыылаах. Кэллэ да, оһох аанын аһа баттаата уонна, сыҕарыс гынан биэрэн баран: «Таһаара тарт, мантыкаҕын!» – диэтэ ыххайан. Мин: «Туох буоллуҥ, таһаарбаппын», – диэн тур. Уолум туран күөспүн күүһүнэн таһаараары гынна. Мин тиийэн халбарыччы астым. Онуоха уолум, көстүрүүлэлээх бурдугун сиргэ ууран баран, миигин икки илиитинэн уолукпуттан харбаан ылла уонна кэннибинэн үтэн иһэн, умса тардан, охторон түһэрдэ. Көрдөххө эмиэ ырыган баҕайыга дылы да, сэниэлээх баҕайы эбит.
Мин кыһыйдым, ойон турдум да, охсон саай! Дьонум иккиэлэһэ түстүлэр да, миигин мээчик курдук хатайдаан бардылар. Дьиэттэн, ону көрөн, Тимофейым сүүрэн тахсан, быыһаан абыраата. Ол икки ардыгар били иккис киһибит, ойон тиийдэ да, оһох иһиттэн котелокпун сулбу тардан таһааран, сиргэ тоҕо быраҕан кэбистэ. Мииним ыһыллан хаалла, этим эрэйдээх бүтүннүү бөх-сыыс, киһи иһэхтээх чигдигэ төкүнүс гына түстэ. Мин абаккабыттан ытыы түс да, сутурукпун туппутунан, эмиэ ыстан. Ону Тимофейым ыыппата, харбаан ылла.
– Хайдах буолаҕын бу! Охсуһан ас буолуоҥ суоҕа! – диэн дэлби ааттаата, уоскутта.
Мин эппин ылан, котелокпар уган, дьиэҕэ киирэн, муннукка баран олорон эрэн, дэлби ытаатым. Абаккаран, хомойон. Кырдьык да, кыһыыта бэрт. Биир дойду көмүскэлигэр биир өлүүгэ түбэһэн баран, бэйэ-бэйэни ыт курдук көрсүү диэн, бэйэ-бэйэни атаҕастаһыы диэн…
Уоскуйан баран, эппин дэлби сууйан, хат мииннээн, эмиэ буһара уурдум. Бу сырыыга дьиэ иһинээҕи оһохпутугар миэстэ таҕыста. Күөһүм саҥа оргуйуохча буолан эрдэҕинэ, үлэттэн «дьиэлээх» билиэннэйдэри аҕаллылар. Дьэ сирэй-харах ынырык дьоно кэллилэр.
Сылайбыттара, аччыктаабыттара да сүр быһыылаах, хааннара-сииннэрэ да алдьаммыта бэрт, быһата, синнэригэр түһэн баран сылдьар дьон диэххэ сөп, харса-хабыра суох баҕайылар. Пахаай, онон холуйдахха, мааҕын мин охсуспут дьонум диэхтээн, токуруһан, дьаабы дьон эбиттэр, бэйэлэрэ кэтэххэ сыҕайыллан хааллылар.
Ас буһарынаарылар мин күөспүн атыҥыраатылар. Өйдөөн көөртүм, оһох үрдүгэр соҕотох мин котелогум эрэ муҥнаах чохчойо сытыйан хаалбыт эбит.
– Бу кимиэнэй? Уһун күнү быһа дэлби сытыйан сытан бараҥҥыт тоҕо эрдэ күөстэммэккит? – диэн буолла.
– Миэнэ, – диэтим, чаҕыйа-чаҕыйа.
– Чэ, эрэ, бэрт түргэнник таһаара тарт! Миэстэни босхолоо!
– Тугуй, миин дуу? – диэн биир киһи иҥсэрбит баҕайытык өҥөйөн көрдө.
– Туох да буоллун, иччитэ кэлэн харайдын!
Мин, хайдах эрэ былдьаабатахтарыгар үөрэн, өрүһүспүт курдук хап-сабар тиийэн күөһүм үрдүгэр түстүм.
– Көөр эрэ, маны! Хаан уруубут бу кэлэн кыттыһа сылдьар эбит дии, – диэтэ ким эрэ хоһохтоох баҕайытык.
– Чэ, түргэнник! Мэһэй-таһай буолума! – диэн баран, биир киһи оһохтон тэйэн эрдэхпинэ, эмэһэҕэ тэптэ.
Ыалдьарын ыалдьыбата гынан баран, куһаҕана сүр. Онно эргиллэн баран, көнөн иһэн аны киһиэхэ кэтилинним. Киһим, көмүскэнэн аспыта буолан баран, нэмнэнэн наһаа туттан кэбистэ быһыылаах, мин чуут охто сыстым, бүдүрүйбэхтээн баран хааллым. Абабыттан ытамньыйан ыла-ыла, хаһыытаталаатым:
– Сааппат сирэйдэр! Соруйан гынаҕыт… Өссө фашистарга баран үлэлээн кэлбит буола-буолаҕыт! Дьиэ иһэ эмискэ чуумпура түстэ. Мин алҕас быһыыламмыппын, киирэн биэрбиппин, дьэ, өйдөөтүм. Итинник санааһын өйбөр букатын да суох этэ, ону баара, туох күлүктээх имнэммитэ буолла, тэһэ ыстанан, булан дьэ оҕурдук хаһыытаатым. Бүттэҕим дии санаатым.
– Ыл эрэ, туох диэтиҥ? Өссө биирдэ хатылаа эрэ! – диэбитинэн оһох диэкиттэн биир түүлээх сирэйдээх сүүнэ киһи, сиэҕин ньыппарына-ньыппарына, бу сымарыттан кэллэ. Икки хараҕын өҥүргэһинэн көрөн кэбиспит, нүксүйүөҕүнэн нүксүйбүт. Кыыл курдук, быһата, куттаммыт санаабар.
Икки ардыбытыгар эмискэ Тимофей баар буола түстэ.
– Тыытыма кинини! Тыытыма диэтим!
Ыгылыйбыта, аҕылаабыта сүрдээх. Ыгылыйымына, тыын-тыыҥҥа харбас. Итинник мээнэ хаһыытыы сылдьар киһини хайдах баҕарар гыныахтарын сөп бэйэлэрэ арыычча сылдьар дьон.
Онуоха онтон-мантан дьон хаһыытастылар:
– Гриша, тыытыма! Тугу баран аахсан.
– Абааһы сиэтин! Сырыттыннар бэйэлэрэ.
Онтон биир бары куоластан дорҕоонноох, былаастаах баҕайы куолас бэрт холкутук көөҕүнээтэ:
– Тохтоо эрэ, Гриша! Наһаалаайаҕын!
Киһим онуоха, дьэ, тохтоото. Онтон атын хайыа эбитэ буолла? Ол эрээри, төннөөрү гынан иһэн, тохтоон Тимофейга эттэ:
– Ити ытыҥ оҕотун өйдөт! Мээнэ тылга тииспэтин. Бостуой аныгыскы сырыыга куһаҕан буолуо.
Биһиги саҥата-иҥэтэ суох сукуҥнаһан, түгэх диэки соҕус тиийэн, саамай үөһэ тахсан, кэккэлэһэ ороннорго сытынан кэбистибит. Миэхэ тостон хаалбыт адарайдаах орон түбэстэ да, ону талымастыыр кэлиэ дуо, аахса барбатым. Айыкка, саллыбытым бэрт.
Онтон куттаммытым ааһан истэҕин аайы, кыһыым-абам эмиэ көймөстөн тиийэн кэллэ. Бу туох үлүгэрдээх атаҕастабылай? Тоҕо кыыл курдук туора көрөллөрүй? Тугуй бу аата? Кырдьык ханна баарый? Хайа, оттон бөлүүн таһырдьа хонорбутугар бары биир этибит дии. Эн үчүгэйгин-куһаҕаҥҥын диэн аахсыы суоҕа. Оттон бүгүн тугуй? Эбэтэр мин киһиттэн эрэ туора быһыыны оҥордум дуу? Саҥа кэлбит киһи күөстэниминэбин. Мин эмиэ аччыкпын, мин эмиэ аһыыр айахтаахпын. Мин да киһибин эбээт. Ону тоҕо охсуолууллар-тэбиэлииллэр, тоҕо күлүү гыналлар, тылларынан халаастыыллар?
Мин санаабын таайбыкка дылы – Тимофей нөҥүө икки киһи сытар эбит, арааһа, күнүскүттэн сытар дьон быһыылаах – олортон биирдэстэрэ оргууйдук, эйэ дэмнээх баҕайы куолаһынан ыйытта:
– Эһиги омуккут ханныгый?
– Сахаларбыт, – диэтэ Тимофей, сыппахтыы түһэн баран.
– Оо, билэбин, – диэтэ анараа киһи. – Көр эрэ, эһигини манна сүгүн олордуохтара суоҕа. Онно омуктарга барыҥ. Кинилэргэ табах, маргарин биэрэллэр уонна үлэҕэ олус наһаа үүрбэттэр.
Арай Тимофей сэҥээрэн, кэпсэтэн барда. Анараа дьоммут, иккиэн былдьаһа-былдьаһа, ол омуктар бараактарыгар хайдах тиийэри ыйан биэрдилэр. «Анараа аҥаарыгар полицайдар олороллор, билиэннэйдэр бэтэрээтигэр бааллар», – диэтилэр. Арай билэллэрэ-көрөллөрө сүр. «Сахабыт диэмэҥ, ылыахтара суоҕа. Ханнык эмит союзнай республика омугунабыт дэһиҥ», – диэтилэр.
Хата, бэрт дьон түбэһэн абыраатылар. Биһиги, кыбыста-кыбыста тахсан, ол омуктарбытын көрдүү бардыбыт. Баран иһэн көөрпүт – аара бараак бөҕө элбэх эбит. Мин хайдах эрэ оһуобай киҥнээхтэри туспа мунньар буоллахтара, бу биһиги сылдьыбыппыт олор бараактара буоллаҕа диэн курдук санаталаан ылаттыыбын.
Бараакпытын кэбэҕэстик буллубут, олбуортан тахсар аан чугаһыгар турар эбит. Киирэн кээлпит, эмиэ үс дьаарыс ороннор, дьон үксэ сытыталаабыттар тоҕо эрэ, режимнэрэ оннук буоллаҕа буолуо. Биһигини сүгүн хаамтарбакка үөһээ ороннортон дьон сирэйэ былтас гына-гына:
– Хая область, хая область? – диэн иһэллэр.
Биһиги Тимофейбынаан хайа омукпут дэниэхпитин эрдэ сүбэлэспэтэхпит, мух-мах буоллубут. Муннубут анныгар, сымыйанан эппиэттээбитэ буолан ону-маны киҥинэйэ-киҥинэйэ, аллара иллэҥ миэстэлэр баалларыгар, онно дьылыс гынныбыт.
Өйдөөн көөртүм, билиитэ оһох баар эбит, уоттаах. Биһиги аччыкпыт диэн сатала суох. Бу икки бараак икки ардыгар биэрэс тэбэммит, киэһээ аһылыктан мэлийбиппит, балар эрдэ аһыыр буоллахтара буолуо. Мин били охсуһуулаах этим муҥнааҕы эмиэ санаан кэллим. Мааҕын уутун эмиэ сүөкээн баран, – эчи, миинэ да баран бүттэҕэ, – этин котелогум иһигэр аспытым, ол курдук сырыттаҕа.
Ол эрээри бу сырыыга дьон утуйарын күүтэргэ сананным. Иккиэн утуйардыы оҥостон сыттыбыт. Тимофейбын утуттум, бэйэм саҥа эти үчүгэйдик мииннээн буһарыах буоллум. Өөр күүттүм. Дьон өрүү утуйан быстыбатылар. Уум кэлэрэ диэн туохха да сатала суох, аһыахпын баҕарарым оннооҕор ордук. Биир өттүбэр, хайа эрэ омук быһыылаах, уһун баҕайы муруннаах, халбыйан хаалбыт иэдэстээх киһи унчуйан сытар. Мин ыксаан ол киһибин уһугуннараары сөтөллүбүтэ буоллум, мөҕүстүм-таҕыстым. Хата, киһим хараҕын көрөн кэллэ. «Күөстэниэххэ манна син дуо?» – диэн ыйып-пыппар киһим: «Син-син, полицайтан ыйыт», – диэн баран, төттөрү эргийдэ.
Мин, куттана-куттана, туран полицайга тиийдим. Кини мааҕыттан биир сиргэ – түгэх дьиэҕэ киирэр аан таһыгар – хамсаабакка олорор, дьуһуурунайдыыр быһыыта буоллаҕа буолуо. Тиийэн ыйыппытым – бу сатанаҥ утуйа олорбут быһыылаах, хараҕа кып-кыһыл, сибиинньэ хараҕын курдук. «Син», – диэт, аанын холуодатыгар баран эмиэ өйөнө түстэ.
Дьэ наҕылыччы күөстэнэн, Тимофейбынаан ботур-ботур кэпсэтэ-кэпсэтэ, эппитин сиэн, мииммитин иһэн баран, утуйан хааллыбыт. Эппит кыра соҕус ахтаах этэ да, хайабыт да ол туһунан ахтыбата, билбэтэҕэ буоллубут.
Сарсыарда эрдэ баҕайы туруордулар. Аһаттылар. Биһиги аһастыбыт. Астара син үчүгэй, маргарин суоҕун суох буолан баран. Биһиги, бөлүүн тото эт сиэбит дьон, арай сөрү-сөп буоларга дылы гынныбыт. Мин бэҕэһээ сүбэлээбит дьоҥҥо сүрдээҕин махтана санаатым. Куруук маннык аһатар буоллахтарына, киһи өлөн-охтон биэриэ суоҕа эбээт өтөрүнэн диэх курдук санаталаатым. Аны аһаан баран, дьонтон табах тартым хайаатым. Букатын атыыһыт оҕото буолан хааллым.
Тимофейым тардыбат. Ол быыһыгар киһибин хайа омук дэнэбит диэн мискийэн көрөбүн да, киһим эй-ээх диэн быстыбат, даҥ курдук. Мин ити хайдах буолар баҕайытай дии санаатым. Онтон ыксаан билэрдии: «Казах буолуох. Эн бэйэҕэр аатта булун. Мин буоллаҕына бэйэбин Якубов Ромазан дэнэбин», – диэтим. Ол Якубов диэн фамилия казахтарга баара эрэ, суоҕа эрэ, өссө билбэппин ээ баччааҥҥа диэри, бу тойооску. Тимофей Кононовиһым ону ылынна. Көмөлөөн киниэхэ Тимиржинов Мурат диэн ааты буллубут. Казахтыы фамилияны билбэппит сүрдээх, онон ыксаан сахалыы «тимир» диэнтэн таһаардыбыт.
Эрдэ баҕайы, аҕыс чаас иннинэ быһыылаах, полицай хамаандата иһилиннэ (бэҕэһээҥҥи киһи, итинник түүннэри-күннэри сылдьар баҕайы буоллаҕа буолуо):
– На физзарядку! Выходи строиться!
Биһиги муодарҕаан сирэй-сирэйбитин көрүстүбүт: ити аата туох буолан, аһылык кэнниттэн зарядка оҥорор баҕайыларый? Дьоммут, үөһэттэн таммалаталаан түһэн, тахсыталаан бардылар. Үксүлэрэ узбектар быһыылаах.
Сорохторо саҥа таҥна сатааччылар да бааллар. Дьэ доҕоор, бу мааныларын көрүөҥ: галифе, маҥан маайка, ып-ыраас, килэҥнэс саппыкы, арааһа, өссө сорохторун киэнэ офицерскай быһыылаах. Биһиги соһуйан харахпытын тиэрэ көрөн кэбистибит.
Дьон кэнниттэн тахсаары дьылыйан олордубут. Онуоха арай биһиги аттыбытыгар соҕус дьон ньамаласпыттарыгар көрө биэрбиппит, биир муҥнаах, хантан эрэ тырыттан хаалбыт өрбөх таҥастары булан, кэтэ сатыы турар эбит. Илини-арҕааны араарбат буолан баран сылдьаахтыыра дуу, эмиэ биһиэхэ дылы саҥа кэлэн, бэрээдэктэригэр үөрэнэ илигэ дуу – биллибэт.
Онуоха полицай тиийэн кэллэ. Кэлээт да, бу дьиикэйиҥ тугу да саҥарбакка эрэ, киһини хаста да кымньыынан биэртэлээтэ ээ. Олох дьиҥнээх, өрөн оҥоһуллубут ат кымньыытын дэйбиир курдук бэгэччэгэр ыйыы сылдьар эбит бу чиччигиҥ баара. Киһи эрэйдээх оҕо курдук икки илиитинэн төбөтүн саба туттаахтаата уонна адьас эт сахалыы хаста да ынчыктаан ылла.
– Дьикээрдэр! Идиоттар! Чиччиктэр! Саахтыыр миэстэҕит ханан баарын билбэт кэрэдэктэр! Эһиэхэ хас сүүстэ хатылыахха нааданый, зарядкаҕа рабочай таҥаһынан тахсыллыбат, параднай форманан тахсыллар диэн!
Киһи эрэйдээх ол параднай формалаах эбит, онтун кэтэн букунуйаахтаата.
Биһиги олоруохпут дуо, туран аан диэки баран эрдэхпитинэ, полицай кэннибититтэн иһэн хаһыытаан тохтотто. Биһиги быһааран биэрдибит. «Тахсан олоруҥ! Көрүҥ! Үөрэниҥ! – диэтэ, куолаһа биһиэхэ сымнаҕас. – Үчүгэйдик таҥыннарыахпыт, аһатыахпыт. Аҕыйах хоноот, киһи билбэт дьоно, добрай молодецтар, буолуоххут. Көрбөккүт дуо ити земляктаргытын?»
– Нуучча дуу, хайа үөдэн? – диэтим мин, кэнниттэн иһэн, ботугураан.
– Киһи куһаҕана буолбат дуо?! – диэтэ онуоха Тимофей сүрдээх кырыктаах баҕайытык. Мин кыыһырбыт кэмигэр киһибиттэн толло саныыр этим. Хайдах эрэ ол курдук киһи кутун-сүрүн баттыыр, дьэбир буолан ылаттыыр этэ.
Тахсыбыппыт, дьоммут хайыы-үйэҕэ стройдаан, бэлэм тураллар эбит. Биһиги баран дьиэ муннугар турунан кэбистибит.
– Бегом марш! – диэн хамаанданан «зарядкалара» саҕаланна.
Бэрт аҕыйах упражнениены оҥордулар, үксэ «На месте шагом марш!» икки, «Вперед шагом марш!» икки буолла.
Оо, дьэ бу кэмҥэ нууччалар ааһаахтаатылар ээ, үлэҕэ, араас бараактартан. Сүүрбэччэлии, отуччалыы буола-буола, бөлөх-бөлөх ааһаллар. Таҥас-сап, дьүһүн-бодо – ынырык! Букатын түһээтэхтээҕи дьон курдуктар.
Оо, абараллар да быһыылаах бу зарядка оҥорон кылбаҥнаһа сылдьар мааны дьоҥҥо. Антах: «Саҥарымаҥ!» – диэн дьарыйа иһэллэр да, хайаан да биир эмэ киһи хаһыытаан, үөҕэн, саанан ааһар. Сорохтор саҥата суох сутуруктарын көрдөрөллөр. Кырдьык да абалаах суол буоллаҕа, кинилэр оннуларыгар буолан туран көрдөххө.
Онтон сотору баҕайы: «Перекур», – диэн хамаанда буола оҕуста. Нууччалар быыстала суох ааһа тураллар.
Арай дьоммут биир да орпокко, табах уурунан, табахтаан киирэн бардылар. Бары табахсыт эбиттэр, мин көрдөхпүнэ.
Онуоха Тимофейым эттэ:
– Оо, сорохторун, тарпат да дьону, тартаран муҥнууллар ээ, быһыыта.
Өйдөөн көөртүм, кырдьык, буруоҕа чачайа сөтөллөн да хахсыйааччы баар, сымыйанан уматан эрэ баран, оборбута буолааччы баар, өрүү да сатаан бөппүрүөскэ эрийбэккэ будьуктаһа турааччылар да бааллар. Ол быыһыгар полицай саҥата аймана түстэ, хаһыытаабат, кыыһыран бардьыгыныыр эрэ.
– Эн тоҕо тарпакка тураҕын диибин дии! Биир сууккаҕа карцерга бараҕын! Тардыаҥ суоҕа да, өссө эбэн биэриэм!
Дьэ нууччалар, табахтыы турар дьону көрө-көрө, айман да айман, үөх да үөх. Наар таҥнарыахсыттарынан ааттыыллар.
– Оттон эһиги тоҕо тарпакка тураҕыт? – полицай биһиэхэ чугаһаан кэлэр.
Мин иҥсэрэн бөҕө турабын. Хайдах эрэ өлүү табахпын биэрээри гыннаҕа диэн үөрэ түстүм. Уопсайынан даҕаны, бу сарсыарда аһаан-хайаан, полицай сымнаҕас куолаһын истэн, мин бэйэм эрэ чааспын бэйэ киһититтэн атыннык санаммакка турабын.
Полицай, ол чугаһаан иһэн, хараҕын кырыытынан тугу эрэ көрөн дьигис гына түстэ. Көөрпүт, хатыылаах боробулуохаттан оҥоһуллубут олбуор муннугар бөлүөхсэн турар дьон кэтэҕиттэн хайалара эрэ ааһан иһээччилэргэ хаа махорканы быраҕан кыыратта. Анараалар «лып» гыннаран ыллылар. Конвойдаан иһэр киһилэрэ быһааран көрбөккө да хаалла, мээнэ тугу эрэ сибикилээн, ол-бу диэки көрөн, эргичиҥнээн ылла.
Биһиги полицайбыт бөлөх дьоҥҥо сыалбастан тиийдэ:
– Ким бырахта ити?
Саҥа суох.
– Иккистээн ыйытабын – ким махорканы бырахта?
Саҥа суох.
– Үһүс ыйытыыбар билиниэххит суоҕа да, барыгытын хаайталаан кэбиһиэм… Хайа, билинэҕит дуо?.. Суох?.. Чэ, үһүстээн ыйыттым: ким махорканы нууччаларга бырахта?
Саҥа суох. Онуоха Тимофей үөрбүт, миигин өттүккэ аста. «Көр эрэ, дьэ маладьыастар!» – диэтэ сибигинэйэн.
– Биэс сууккаҕа карцер! Барыгытын! Алтыаҥҥытын!
Ол карцердара диэн кэлин билбитим, били бэҕэһээ мин эт буһараары гына сылдьыбыт, таһырдьанан ааннаах оһоҕум баар сирэ – карцеры ол оһох ититэр эбит.
Нууччалар ааһан бүтэллэрин кытары, дьоннорбутун бокуойа суох дьиэҕэ үүртэлээн киллэрэн, таҥастарын уларыттарда полицайбыт уонна үлэҕэ илдьээри стройдатта. Көөрпүт, доҕоор, билигин ааспыт нууччаларбытыттан туох да атына суох таҥастаах-саптаах дьон буолан тахсаахтаатылар.
Биһиги Тимофейбынаан строй уһугар тиийэн турунан кэбистибит. Арба, дьоммут киирэн таҥна сырыттахтарына, таһырдьа иккиэйэҕин хаалан баран, Тимофей эмискэ ыйытта:
– Хайа, өйдөөтүҥ дуо? – Онтон эппиэт күүппэккэ эрэ: – Дьэ ыттар диэтэҕиҥ! Дьэ булан оҥорор ыттар эбит диэтэҕиҥ! Бэҕэһээ туохтан кырбаммыккын дьэ билигин өйдөөтүҥ дуо? Көрөөр, билигин киэһэ үлэттэн нууччалардааҕар эрдэ аҕалан, кинилэр кэлиилэрин тоһуйа, эмиэ таҥыннаран баран, таһырдьа таһааран дьаарбатыахтара, табахтатыахтара. Бу ыттарыҥ албастарын көр эрэ!
Мин бэйэбин бэрт кырбаммыкка ааҕыммакка да турдарбын, өйдүүрүн өйдөөн эрэр этим. Ону Тимофейым бэйэтин санаатынан бигэргэтэн биэрдэ.
Полицайбыт испииһэктээх, онтукатын көрө-көрө, перекличката буоллаҕа буолуо, омуктарынан биир-биир ыҥыран таһаартаталаан иһэр, ахсааннарын ааҕар-хайыыр, кумааҕытын көрбөхтүүр.
– Узбектар!
– Таджиктар!
Син балачча киһи таҕыста. Мин казахтары хаһан ааттыыр диэн, салла саныы-саныы, чөрбөйөн ахан турабын, испэр саҥа ааппын ботугуруубун умнумаары.
– Туркменнар!
– Азербайджаннар!
– Казахтар!
Күүтэн да турдарбын, соһуйан дьик гына түстүм. Арай атыллыах буолтум, Тимофейым турар, даҥ курдук. Мин булкулла түстүм. Онтон өй ылан, өйдөөн истибэтэх быһыылаах диэн: «Ааттаата-ааттаата, казахтар диэтэ. Чэ, тахсыах! Тахса охсуох!» – дии-дии, киһибин тоҥолоҕуттан тардыалаатым. Киһим тахсыах быһыыта суох, ымыр да гыммат. Истибэтэх курдук турар. Мин диэки дьөрү хайыһан да көрбөт. Наһаа кыһыйдым мин. Бу үлүгэрдээх өлөр-тиллэр былдьаһыгар сылдьан, эмиэ туохпут өчөһүүтэй дии санаатым.
– Чэ, бу сырыыга киргизтэри ааттыахтара. Онно тахсыах. Эн тахсыаҥ суоҕа да, мин соҕотоҕун тахсыам. Бэйэҕин бэйэҥ билин, – диэтим.
– Киргизтэр!
Мин, хамсаабакка туран, бастаан киһим диэки көрдүм. Киһим хамсыах быһыыта суох. Онтон эмиэ: «Тахсыах!» – диэтим. Тимофейым оргууйдук баһын быһа илгиһиннэ.
Ол курдук, бүтүн строй дьонтон киһибинээн иккиэйэҕин хороһон, ордон хааллыбыт.
– Оттон эһиги бу… оннуктар-манныктар… тоҕо тураҕыт? – полицай ырдырҕас буолбут. – Ханнык омуккутуй?
Онуоха Тимофейым «смирно» туттан кэбистэ, чынайда уонна, дьиппиэн харахтарынан полицайы көрөн туран, чиҥ гынан баран, холку баҕайытык:
– Якут я! – диэтэ.
Онтуката хайдах эрэ дуолан, былаастаах баҕайытык, полицайы сэниир курдук таҕыста.
– Биһиэхэ оннуктар наадата суохтар! Киэр буолуҥ! – диэн хаһыытыы түстэ ол баҕайыбыт, кымньыытынан далбаатаата уонна, атын сир диэки хааман иһэн, бэйэтэ-бэйэтигэр ботугуруура иһилиннэ: «Улахан эбит. Персоны нашлись», – диэн. Сэнэтэн, кырдьык, абарда быһыылаах.
Хайыахпытый, ол курдук биһиги улахан бараакпытыгар төннөн кэлээхтээтэхпит дии. Тимофейбын сэмэлээн көрөбүн да, киһим ылыныах, бэриниэх быһыыта биллибэт.
– Ыттарга сирэйбитин кистиэхпитин биһиги ыттар буолбатахпыт, – диэтэ.
Бараакпытыгар эмиэ бэҕэһээ дьоммут хаалбыттар. Биһиги били икки киһибитин булан (ыалдьан сытар дьон эбиттэр), туох буолтун барытын кэпсээн биэрдибит.
– Соруйан ити национальнай атааннаһыыны күөртүү сатыыллар, – дэстилэр дьоммут. Биһигини көрүҥҥүт мөлтөҕө бэрт, ыалдьыбыта буолан сытыҥ, үлэҕэ барымаҥ диэи сүбэлээтилэр.
Көр эрэ, чиччиктэриҥ политикалара үөнүн көрөн кэбиһиҥ! Бэйи, фашиһыҥ моҕой өйдөөх. Советскай государство тулхадыйбат тулааһынынан норуоттар доҕордоһуулара буоларын билэн, ону айгыратаары, кэбирэтээри гынар быһыылара эбит – сорох омуктары сымыйанан үчүгэйдик туппута буола сатааһын. Били ол иһин бастакы күн биһигини бэйэбит дьоммут туора көрбүттэр эбит.
Иккис күммүтүгэр дуу, үһүспүтүгэр этэ дуу тылбаасчыттаах ньиэмэс офицера, хаһыалар даҕаны, быраастаахтар эҥин, күнүс биһиги бараакпытыгар көтөн түстүлэр.
Стройдатан баран офицер ыйытта:
– Эһиги туохтан маннык дьүдьэйдигит?
– Аҥаардас ситэ аһаабат буолууттан, – диэн бырааһа биһиги оннубутугар быһааран биэрдэ.
– Тото аһаттахха, эһиги үлэлиэххит этэ дуо?
– Тоҕо үлэлиэхпит суоҕай? Нуучча үлэни таптыыр, – дэстилэр дьон.
Биһиэхэ аһыы түһэр, сэниэ ылар, бэйи, наада. Хас дэлэгэй, куотар хайыыр күн да тирээтэҕинэ, дьөрү, сүүрэр да кыахпыт суох эбээт бу дьон. Уонна ас киһиэхэ туох өстөөх буолуой, син бэйэбит аспытын сиэтэллэрэ буолуо.
Офицербыт тугу эрэ саҥарбахтаата, дьаһайар быһыылаах. Кумааҕы той, испииһэк көрдүлэр. Мин хайдах эрэ испэр, бу икки бараагынан талбыппытынан сылдьан, арааһа, испииһэккэ көттүбүт эрэ, ханнык эрэ дии саныы сылдьыбытым – пахай, атын үлүгэрдик суруллан тиһиллэ сылдьар эбиппит.
Сонно тута биһигини барыбытын атын бараакка көһөрдүлэр. Уон бэһиэ-алтыа буоллубут быһыылаах. Киһи онно аҕыйах эбит. Кэлин да хотон эбиллибэтэ. Аһылыкпыт, кырдьык, үчүгэй курдук буолла. Сарсыныгар офицербыт эмиэ киирэ сырытта. Биһиги табах көрдөө, киэһэ онтубут кэллэ. Дьэ биһиги көнөр аатыгар бардыбыт.
Ол курдук ситэ нэдиэлэ олордубакка эрэ биһигини аҕыс-сэттэ киһини кытары атын сиргэ көһөрөр буоллулар. Буряттар эҥин бааллар, чэ, уопсайынан омук өттүн хото таллылар быһыылаах. Массыынаҕа олордон, өөр баҕайы айаннаан, тыа саҕатыгар саһан турар быыкайкаан дэриэбинэ оҕотугар аҕаллылар.
Илин диэки айаннаан кэллибит, онон бу сордоохтор испитигэр үөрэ саныыбыт – кэм дойдубут тардыытын диэки чугаһаатахпыт дии кыра да буоллар. Ат көрдөрөр буоллулар. Сүүсчэкэ ат баар быһыылаах. Тимир оһохтоохпут эҥин, оттук мас буолунай. Саҥа сылаас таҥас биэртэлээтилэр. Биһиги, уу дэлби сылытынан, кирбитин-хахпытын тоҕо анньынныбыт.
Килиэби, син кэмчилээн да буоллар, биэрэ тураллар. Аны өлбүт сылгы этэ дэлэй буола түстэ. Ол дойду сылгытын этэ дьаардаах буолар эбит, онон бастаан утаа маҕыйбахтаан баран, кэлин тотон, аанньа дьалайан сиэбэт буолан бардыбыт. Аттарга сиэтээри сиэмэ бурдугу биэрэллэр. Онтон уоран, олохтоохторго биэрэн, мэлийтэрэн, бары лэппиэскэлээн сиибит. Син сэниэ киллэрдибит.
Күнүһүн харабыллаах буолабыт. Түүн барыбытын биир дьиэҕэ хаайан кэбиһэллэр, таһыттан маныыллар. Дьэ бу ээ, биһиги арыычча холку кэммит диэн. Ону-маны дэлби кэпсэтэбит. Дойдубутун, кэргэттэрбитин саныыбыт. Тимофейым саҥарар-иҥэрэр буолла. Дьэ ол онно сылдьан эппитэ биирдэ: «Мин бу эрэйим-кыһалҕам барыта оҕонньор туһуттан», – диэн. Били Земсков кинини тоҕо үгүс ботуруоннаах буолуо диэбитин эмиэ онно кэпсээбитэ.
Ээ, ол арааһы кэпсэтиһэрбит, ахтыһарбыт биһиэнэ кэмнээх буолуо дуо.
Ол сылдьан Тимофей Кононович биирдэ эттэ: «Яков, туттан хаалар күммүт чугаһаан эрэр ээ, быһыыта». Мин эмиэ сөбүлэһэрбин биллэрдим. Ол күн сэрии тыаһын иһиттибит, бааһынаттан бурдук ото тиэйэ сылдьан. Сарсыныгар туран киһим эттэ: «Бэйи, күүтэ түһэрбит дуу, арааһа, фронт чугаһаан иһэр быһыылаах», – диэн.
Биһиги сыыйа тэринэн бардыбыт. Суухара да оҥорон мунньабыт, сыалааҕыттан талан, ат да этэ хатарабыт. Онтубутун барытын дьоммутуттан кистээн, кимиэхэ да эппэппит. Куттанабыт. Араас буолуон сөп.
Сотору сэрии тыаһа-ууһа бу тигинээн кэллэ. Өстөөх, күүһүн хомунан, тэскилиир сибикитэ билиннэ. Сотору-сотору биһиги самолеттарбыт кэлэн аттыбытыгар буомба быраҕаттыыр буоллулар. Тойотторбут да сээбэҥнэһэн бардылар. Биһиги: «Дьэ сөп буолла», – дэстибит.
Ол күн төрдүө буолан аҕыс атынан эмиэ бурдук ото тиэйэ бардыбыт. Харабылбыт биир. Биһиги Тимофейбынаан биир кэбиһиигэ, анараа дьоммут атын кэбиһиигэ тохтотолоотубут. Икки ардыбыт син ыраах. Харабылбыт хардары-таары чаачылаан сылдьар. Биирдэ, анараа дьоҥҥо баартын кэннэ, биһиги, кэбиһиилээх бурдукпут отунан күлүктэнэн, тыаҕа түһэн хааллыбыт.
Куоттахпыт ол.
Иккис хонукпутугар фронт линиятын туораан, бэйэбит дьоммутугар тиийдибит. Сүрдээх кутталлаах сирдэри алыс табыгастаахтык, мындырдаан даҕаны, баартаахтык даҕаны туораталаан турабыт. Онно Тимофейым миэхэ үтүөтэ үгүс. Дьэ ити курдук.
Фронт контрразведкатын аастыбыт, туохпут барыта этэҥҥэ буолла. Регистрацияҕа туруоран бараннар, иккиэммитин биир чааска анаан кэбистилэр. Эмиэ сэриигэ барар дьон буолан хааллыбыт. Иккиэн үөрүүбүт диэн сүрдээх.
Өлүүнү хаста эмэтэ утары көрбүт дьон быһыытынан бу сырыыбытыгар холкубут, долгуйуубут кыра. «Бэркэ гыннар көрбүппүт саҕаны көрөө инибит, алҕаска өлбөккө хаалбыппытын өлөө инибит», – диэх курдук саныыгын.
v
– Дьэ, аҕаҕыт оннук киһи этэ. Тиһэх күннэригэр итинник сылдьыбыта. Геройдуу быһыыны оҥорбута суох, ол гынан баран, мин субу соҕотох бэйэм тус санаабар, кини геройдуу быһыылаах-майгылаах, киэҥ-холку, эр хааннаах, дьиҥнээх советскай киһи этэ. Ону билиҥ уонна бэйэҕит сыаналааҥ, – Яков Алексеевич, күнүс быыс буллар эрэ салҕаан, чугаһаппыт кэпсээнигэр итинник түмүк оҥордо.
Балбаара, киэһэ аһылыгын бэлэмнээн, кэпсээни истэ-истэ, хам-түм тыл кыбытан ылаттыы, кэлэ-бара сырытта. Атын дьукаахтар уруккуларын курдук таһырдьа күөстэннилэр. Лариса Тимофеевна, бүгүн оҕотун саатата-саатата, тугу эрэ өрбүтэ буолла. Яков Алексеевич аттыттан арахпата. Сайылык үрдүнэн соҕотох эр киһилээхтэрэ – Мэхээс (атыттар атын үлэҕэ-хамнаска, окко эҥин барыталаабыттара), ыарыһах, аҥаарын охсор охсубут киһитэ, быыс буллар эрэ кэпсээни сэҥээрэн, киирэ тураахтыыр. Атын оҕо-уруу, улахаттар даҕаны, киирэллэрэ-тахсаллара ахсаан буолбат. Бэҕэһээ киэһээҥҥэ диэри туох да кыһалҕата суох, ньим-бааччы, алаас быыһыгар бүгэн олорбут кыракый сайылык дьонун санааларыгар тыал түспүтэ – сэрии сураҕын тыала. Ол тыал аҥаардас Балбааралааҕы эрэ буолбакка, хас биир киһини тус-туһунан долгутардаах этэ.
– Чэ, оттон, паапабын тиһэх көрүүҥ туһунан кэпсээриий, Яков Алексеевич! – Лариса Тимофеевна бүгүн хаһыс-хаһыс тиэтэтиитэ буолла.
– Субу кэпсээри олоробун, тоойуом. Билигин үксүн эйиэхэ анаан кэпсиэм. Тоҕо диэтэххэ, маамаҥ урут истибит суола. Эн оччолорго бураллыбыт баттахтаах, сүүрэн сэрбэйэ сылдьар этиҥ, көр эрэ, үүт-үкчү ол кыысчаан курдук, – Романов хас да оҕо быыһыттан биир чачархай баттахтаах, түөртээх-биэстээх кыыс оҕону ыйан көрдөрдө. Анарааҥҥыта оонньуу да олордор, син өйдөөн истэн, кыбыстан, ытыһын тилэҕинэн сүр эрчимнээх баҕайытык муннун өрө анньа охсон ылла.
– Дьэ ол гынан, биһиги Тимофей Кононовичтыын эмиэ биир ротаҕа буолан баран, тус-туспа взводка түбэстибит. Араартаан кэбистилэр, быһата. Биһиги чаастарбыт, ол күннэргэ бэркэ кимэн киирэн иһэннэр, кэлин тохтоон, иҥнэн хааллылар. Байыаннайдыы эттэххэ, инициативаны кыайан салгыы сайыннарбатылар. Ол аата өстөөх оборонатыгар кэтиллии буолла.
Биирдэ, өстөөх инники оборонатын тоҕо көтөн, Матренино дэриэбинэни ыларга биһиги батальоммутугар бирикээс кэллэ. Батальон хамандыыра миигин билэр. Сээкэй ол-бу сурукка-бичиккэ, хаһыат таһаарыытыгар эҥин көмөлөһөр этим, буочарым үчүгэй уонна кыратык кыраасканан туттар буоламмын. Атаака иннинэ аҕай арай миигин көрө түһэн, ыҥыран ылла: «Романов, ко мне! Эн старшина Шумиловка кыргыһыыны боеприпаһынан хааччыйарга көмө буолаҕын!»
Мин тиийэн Тимофей Кононовичпар кэпсээн биэр. Арай киһим сирэйэ-хараҕа өспүт, уота-күөһэ умуллубут, эттэ: «Дьэ, Яков, доҕоччуок! Түүл-бит куһаҕан буолла миэнэ. Эн хааллыҥ, үчүгэй. Тыыннаах ордуоҕуҥ. Бу мин концентраппын илдьэ хаал, сиэр кэлин, миэхэ аны наада буолара биллибэт». Мин сүрдээҕин соһуйдум, уолуйдум даҕаны, дьиктиргээтим даҕаны: «Тыый, Тимофей, кэбис, инньэ диэмэ. Бэйэҕэр наада буолуо».
Киһим, носовой платокка суулаан, эрдэттэн бэлэмнээбит – туттаран кэбиһэн баран, дьонун эккирэтэн, сүүрэ турда. Мин ылан, эргим-ургум туппахтаан баран, хайдах эрэ илиим тарта. Бэйи, мин бу туох буолбут акаарыбыный? Тоҕо илдьэ хааллым маны мин доҕорбуттан. Эйиэхэ, кырдьык, наада буолуо суоҕа диэн дуо? Миэхэ наада буолуо диэн дуо? Уонна сүрдээҕин харааһынным: арааһа, кырдьык, Тимофейым туох эрэ буолара буолуо, сирэйэ-хараҕа бэркэ уларыйбыт.
Дьэ кыргыһыы киэнэ кытаанаҕа буолла. Биһиэннэрэ, биирдэ атаакалаан баран, кыайбатылар. Хата, ол кэнниттэн биһиэнэ артиллериябыт үлэлээмэхтээтэ. Үчүгэйдик лигийдэ эбээт кинилэри, ыраахтан көрдөххө, быһата, тары булкуйар курдук илдьи булкуйда. Ама, туох эмэ ордубут үһүө диэх курдук киһи саныыр.
Биһиги таспытыгар санбат көһөн тигинээн кэллэ, массыыналардаахтар. Сэриибит тыаһа сүрдээх. Биһиэннэрэ иккис атаакаҕа турдулар быһыылаах, сатархай баҕайы «Ураа!» хаһыы эймэммэхтээтэ. Ол икки ардыгар санитардар бааһырбыттары таһаартаан бардылар. Араас мөлтөх, хааннара сүппүт муҥнаахтар бааллара. Сорохтор син атахтарыгар уйуттааччылар да түбэһэллэр.
Мин туой үлэбин үлэлээбэккэ, итини туппута, маны харбаан көрбүтэ буола-буолабын саҥа киһини таһаардаллар эрэ, онно ыстанан тиийэбин. Санаабар, бааһырбыт барыта мин Тимофейбар дылы буолар.
Биһиги аттаахпыт, Шумиловпынаан. Онно дьааһыктаах ботуруоннары тиэйтэлии сылдьабыт. Бирикээс кэллэр эрэ киллэриэхтээхпит. Син хаардаах курдук да, инчэҕэй, уу-хаар, бадараан. Бу эрэ аҕай иннинэ эмиэ да ардыы сылдьыбыта. Быһата, сирдиин-халлаанныын былаамах дойду.
Ол сырыттахпытына, Чеботарев диэн саа маастара киһи кэллэ. «Романов, мин онно Чернышев бааһыран сытарын буллум, көмөлөс, киирэн таһаарыахха», – диир. Ол биһиги взводпут киһитэ, мин билэр киһим.
Биһиги көҥүллэтэн киирдибит, миэхэ эгэ эрэ, таарыччы Тимофейбын көрүөм этэ буоллаҕа. Көөрпүт – Матренино умайан күндээрэ турар. Онно-манна дьон өлүгэ сытар. Алдьаммыт, араастаан ханньастыбыт танкалар тураллар. Аара биир бааһырбыт киһини көрдүбүт. Ыараханнатаахтаабытыгар сөп. Ынчыктыырын быыһыгар: «Братцы, земляки, таһаарыҥ, абырааҥ!» – диэн көрдөһөөхтүүр. Мин, таһаара охсон биэрэн баран, төннөөрү гынабын, Чеботаревум буолбат. Ол гынан Чернышевпытын кыайан булбатыбыт.
Сыыһа кэлэн хаалпыт дуу, санитардар булан таһаарбыттара дуу – биллибэт. Төннөрбүтүгэр киһим кэлбит суолбутунан төннөөрү гынар. Мин атын сиринэн барыах диибин, испэр, баҕар, Тимофейбар түбэһээйэбин дии саныыбын. Мин санаабар, кини хайдах эрэ хайаан да бааһыран сытар буолуохтааҕын курдук, чэгиэн, туран сэриилэһэ сылдьара буолуо диэн санаа букатын киирбэт. Тула сотору-сотору миинэлэр эстэллэр, онон мээнэ сылдьар кутталлаах. Ол да буоллар киһим сөбүлэһэн, атын сиринэн төнүннүбүт. Хаарга киһи хаампыт суолун устун хаамаҕын, атын сиринэн барарыҥ табыллыбат. Чугаһаан иһэн халыйаммыт (мин модьуйан) били көрдөһө сытаахтыыр бааһырбыты таһаардыбыт.
Онтон биһиги Шумиловпынаан иккитэ-хаста аппытынан боеприпас киллэрэн биэрдибит. Ити икки ардыгар хараҥарда. Биһиэннэрэ Матрениноны ыллылар. Сэрии улам намыраан, хаптайан барда.
Сарсыарда арай миигин Шумиловым көрдөөн булла: «Кулуновы таһаардылар», – диэтэ.
Мин санпууҥҥа тэбин. Тиийбитим – Тимофейым бу сытар эбит. Төбөтө, иһэ бүтүннүү бэрэбээски. Хараҕын симэн сытар. Иһигэр оргууйдук ынчыктаан тыынар. «Тимофей, Тимофей! Бу мин – Яковпын, Романовпын. Истэҕин дуо, миигин? Биллиҥ дуо?» – диибин. Тимофейым билбэтэ. Онтон киһибин элбэх ыарыһаҕы кытары санитарнай массыынаҕа тиэйэн, илдьэ бардылар. Бүттэҕэ ол. Мин урут маныаха эрэ диэри кэпсээбитим, Варвара Платоновна. Өйдүүгүн дуо? – диэтэ Романов түргэнник кэпсээнигэр салгыы.
– Өйдүүбүн, – диэтэ Балбаара, эт кырбыы туран, хайдах эрэ судургу баҕайытык.
– Ити 1942 сыллаахха ахсынньы ый 6 күнүгэр этэ. Матренино иһин кыргыһыы буоллаҕына – ахсынньы 5 күнүгэр. Өйдөөн кэбиһиҥ! Өйдөөн кэбис, тоойуом, Лариса Тимофеевна, эдэр киһи. Кэнэҕэс санаан ааһыаххыт буоллаҕа.
Дьэ онтон биһиги, аҕыйах чаас буолан баран, миэстэ уларытар буоллубут. Суолбут төннөн, үрэҕи тумнан, эргийэ барар. Биһиги биир үрүйэни туораан, чөллөөх турар үчүгэй баҕайы дэриэбинэни ааһан истэхпитинэ, били Чеботаревым миигин хаһыытаата: «Романов, кэл эрэ манна!» Мин тиий. Киһим автобус тохтуур сарайын ыйар: «Арааһа, биһиги Кулуновпыт сытар быһыылаах…» Киирбиппит, сарай эргиччи ыскамыайкалаах эбит, онно үс киһини хаалларан ааспыттар. Олортон ортокулара – Тимофей, тута биллим. Сирэйигэр хаар типпит. Хайыахпыный, ону илбийэн баран, бэргэһэбин устан, бойобуой доҕорбун кытары бырастыыластым…
Романов тохтоон хаалла. Дьиэ иһэ уу чуумпу. Туох барыта тохтуурга дылы буолла. Арай оһох үрдүгэр оргуйан эрэр күөс сырылыыр. Аһаҕас түннүгүнэн сөрүүн баарыстанан киирэр.
– Дьэ, мин урукку сырыыбар күүс булан, эйиэхэ кыайан кэпсээбэккэ хаалбытым, Варвара Платоновна. Онтубун бу ситэ кэпсээрибин, бэҕэһээ эппитим курдук, ырааһыраарыбын кэллим. Ону бэйэҥ сыаналаа.
Балбаара туох да диэн хоруйдаабата. Тугу да гыныан булбатахтыы оһох күлүгэр чочумча турбахтаат, саҥата суох тахсан барда.
Таһырдьаттан бэрт кичэллээхтик бобо баайыллыбыт кыракый мөһөөччүктээх үрүҥ бурдук сыыһын киллэрэн, чараас алаадьы астаата. Хас да остуолунан аһыыр элбэх дьукаах саамылаһан, ньамалаһан, бары орун-оруннарын булаттаан, аһаан эрдэхтэринэ, суотайдаах испиири бытыылка аҥаарынан уулаан аҕалан остуолга уурда.
– Бу, доҕоттоор, Түмэппийим тиһэх аһылыга, кини тиһэх остуола буоллун. Бачча тухары биһиги өйбүтүгэр кини тыыннаах курдук сырытта.
Кэлин тылларын этэригэр Балбаара куолаһа эйэҥэлээн, синньээн, быһытталанан ылла. Тыастаахтык олоппоһун соһо тардан, хайдах эрэ көһүүннүк «лах» гына олоро түстэ, остуолугар тоҕоноҕун өйөөн, икки илиитинэн сирэйин саба туттардыы, тарбахтарын төбөтүнэн сүүһүн мускуммахтаата. Онтон үөһэ тыынан, көнөн кэллэ:
– Отучча сыл уура сырыттым дьааһыгым түгэҕэр бу аһы – кэһии буолаарай, баҕар, диэн. Ол тухары кэтэстим мин кинини, кэлбэтин сүрэхпинэн сэрэйэ-сэрэйэбин…
1973 с.