Быйыл муус устар 18-24 күннэригэр өтөрүнэн буолбатах улахан тэрээһин – Казахстаҥҥа Саха сирин күннэрэ дьоһуннук барда. Бу доҕордоһуу түһүлгэтигэр Саха сирин суруйааччыларын сойууһа туох кылааттааҕын уонна литератураҕа сыһыаннаах ханнык тэрээһиннэр буолбуттарын туһунан билиһиннэрэн ааһарбыт сиэрдээх буолуо.
«Түүрдэр төрүппүтүн-ууспутун түөһэрбитин сөбүлүүр үгэстээхпит. Саха суруйааччылара уонна казах суруйааччылара доҕордоһуубутун, алтыһыыбытын төрдүн-төбөтүн хаһыстахха, ааспыт кэминээҕи саха литературата бары кэрдиис кэмнэрэ хабыллаллар. Доҕордоһуубут силиһэ-мутуга олус дириҥ», – диэн саха уонна казах литератураларын ситимнэрин туһунан кэпсээнин Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Гаврил Андросов саҕалыыр.
Аан бастаан 1920-с сылларга саха бастакы норуодунай поэта Серафим Кулачиков-Эллэй Москваҕа суруналыыстыка судаарыстыбаннай институтугар казах сэбиэскэй литературатын төрүттээччи Сакен Сейфуллинныын бииргэ үөрэммиттэр. Онтон 1934 сыллаахха Эрилик Эристиин айар командировка чэрчитинэн Чимкент куоракка тиийэн сыл кэриҥэ олорбут. Бу кэмҥэ казах революционерын кытта билсэн, кини биографиятыгар олоҕуран «Революция уолаттара» диэн сэһэнин суруйбут. Бу сэһэн 1936 сыллаахха туспа кинигэнэн бэчээттэммит.
Онтон 1979 сыллаахха норуот поэта Семен Данилов ыҥырыытынан Казахстан суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын сэкирэтээрэ Калаубек Турсункулов Саха сиригэр кэлэн барыаҕыттан ыла икки сойуус ыкса үлэлэһиилэрэ саҕаланар. Бу кэмтэн сэбиэскэй былаас ыһыллыар диэри казах уонна саха суруйааччылара хас да төгүл улахан делегациянан хардарыта ыалдьыттаспыттара. Икки литература доҕордоһуутун тулааһына буолбут Калаубек Турсункулов Саха сиригэр бүтэһигин 1993 сыллаахха П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 100 сылын ыһыаҕар кэлэн барбыта. Куолутунан казах суруйааччыларын бөлөҕүн аҕалбыта.
1983 сыллаахха, эмиэ Ойуунускай үбүлүөйдээх сылыгар казах эдэр поэтессата Турсунай Орозбаева Саха сиригэр аан бастаан үктэммитэ уонна хаан-уруу дьонун булбуттуу үөрэн саха поэттарын көмөлөрүнэн аатырбыт «Мин кэллим Тааттаҕа» ырыатын айбыта. Бу кэмтэн ыла кини дьылҕатын Саха сирин кытта ситимнээбитэ, норуот суруйааччыта Суорун Омоллоон кыыһынан сураҕырбыта. Турсунай бу ситимин хара өлүөр диэри быспатаҕа – 2006 сыллаахха аҕа доҕорун Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 100 сылыгар уонна 2012 сыллаахха 1-кы «Үрүҥ хаар алгыһа» норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия фестивалыгар кыттыбыта.
Оттон 1989 сыллаахха кэлэн Булуҥҥа тиийэ сылдьыбыт Казахстан суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын сэкирэтээрэ, эдэр поэт Улугбек Есдаулетов, Софрон Данилов уонна Калаубек Турсункулов сүбэлэринэн, П.А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун казахтыы тылбаастыырга ылсыбыта. Күн бүгүн Улугбек Есдаулетов – казах биллэр поэта, судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, 2018-2023 сылларга Казахстан суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, билигин Тюрксой иһинэн түүр тыллаах суруйааччылар түмсүүлэрин салайааччыта. Гаврил Андросов этэринэн бу бара сырыттахтарына Улугбек Эсдаулет «Ньургун Боотуру» Сэбиэскэй Сойуус үрэллэн түмүктээбэккэ хаалбытын ахтан туран: «Дьиҥэр, саха олоҥхотун казахтыы тылбаастыыр күлүүһү булбутум… Толору тылбаастыырга бэлэммин», – диэн баҕа санаатын биллэрбит.
Сахалартан казах суруйааччыларын кытта ордук бодоруспут киһинэн поэт, публицист, кириитик Николай Винокуров-Урсун буолар. Кини элбэх казахтыы ырыаны билэрин туһунан уос номоҕо күн бүгүҥҥэ диэри тарҕаммыт. Күн бүгүн да Казахстаҥҥа Урсуну үтүө тылларынан ахтар «аксакал» суруйааччылар аҕыйаҕа суохтар…
Саха сирин суруйааччыларын сойууһа норуот поэта Наталья Харлампьева идеятынан «Үрүҥ хаар алгыһа» норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия фестивалын төрүттүөҕүттэн урукку эрбэһинэн бүрүллүбүт ыллыктар сөргүтүллэн барбыттара. Аан бастакы тэрээһиҥҥэ 2012 сыллаахха, үөһээ ахтыбыппыт курдук, Москва куоракка Суруйааччылар норуоттар икки ардыларынааҕы холбоһуктарын (МСПС) ситэриилээх кэмитиэтигэр үлэлиир Турсунай Орозбаева кыттыбыта. Кини бу иккис дойду оҥостубут тапталлаах Сахатын сиригэр бүтэһик сырыыта этэ…
2015 сыллаахха фестивальга эдэр поэтесса Куралай Омарова кыттыбыта. Салгыы 2019 сыллаахха Казахстан суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын сэкирэтээрэ Даулеткэрэй Капулы, 2021 сыллаахха «Алтын Сака» бэчээт тэрилтэтин бас эрэдээктэрэ Саят Камшыгер, 2023 сыллаахха Аль-Фараби аатынан Казахстан сүрүн университетын пресс-сулууспатын салайааччытын солбуйааччы Алмат Исадулов «Үрүҥ хаар алгыһын» түһэрсэллэр.
Гаврил Гаврильевич маннык сэһэргиир: «2015 сыл сааһыгар Казань куоракка Россияҕа Литература сылыгар анаммыт түүр тыллаах эдэр поэттар норуоттар икки ардыларынааҕы фестиваллара буолбутугар Саха сириттэн Рустам Каженкинныын кыттыбыппыт. Бу тэрээһиҥҥэ хас да киһилээх казах бөлөҕө баара. Биһиги кэлин Казахстан суруйааччыларын сойууһун Карагандатааҕы салаатын салайааччыта буолбут Жанат Жанкулы, билигин президеннэрин пресс-сулууспатыгар үлэлиир Мирас Асан диэн эдэр поэттары кытта билсэн доҕордоспуппут.» Гавриллаах Рустам 2017 сыллаахха аны Азербайджан киин куоратыгар Бакуга буолбут литература түһүлгэтигэр ыҥырыллан тиийэн, доҕордоро Жанат Жанкулылыын көрсө түһэллэр. Кини Казахстан суруйааччыларын сойууһун эдэр салайааччыларын – бэрэссэдээтэли солбуйааччы Акберен Элгезек уонна Астанатааҕы салааны салайар Даулеткэрэй Капулы диэн поэттары кытта билиһиннэрэр. Бу билсиһии түмүгэр Даулеткэрэй Капулы ыҥырыытынан 2019 сыллаахха бэс ыйыгар Гаврил Андросов «Евразия киин куораттара» норуоттар икки ардыларынааҕы литература форумугар ыҥырбыта. Мантан далаһаланан эмиэ ити сыл күһүнүгэр Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева Азиятааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы литература форумугар тиийэн Казахстан суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Улугбек Есдаулеттыын бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥҥэ илии баттаһаллар. Бу кэмтэн икки айар холбоһук доҕордоһуу сыһыаннара сөргүтүллэн барар.
2022 сыллаахха «Фолиант» кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрэ Нурлан Исабеков уонна суруйааччы сойууһун Астанатааҕы салааларын салайар Даулеткэрэй Капулы Саха сирин суруйааччыларын сойууһун делегациятын Евразия норуоттарын икки ардыларынааҕы кинигэ быыстапкатыгар ыҥыраллар. Бу быыстапка чэрчитинэн Саха сиригэр сыһыаннаах икки кинигэ сүрэхтэнэр. Бастакыта, норуот суруйааччыта Николай Лугинов «Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан» арамаана Өтөн Ахмед казахтыы тылбаастанан бэчээттэнэр. Иккиһэ, Даулеткэрэй казах эдэр поэттарын түмэ тардан Саха поэзиятын антологиятын таһаарар. Бу тэрээһиҥҥэ Николай Лугинов, Наталья Харлампьева, Гаврил Андросов, Зинаида Архипова кыттыбыттара.
Быйыл Казахстаҥҥа Саха сирин күннэригэр норуот суруйааччылара Николай Лугинов, Наталья Харлампьева, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Гаврил Андросов, бырабылыанньа чилиэннэрэ Данил Макеев, Зинаида Архипова састааптаах бөлөх кытынна.
Күннэри көрсө Наталья Харлампьева «Саха оноҕоһо» хоһооннорун хомуурунньуга, саха суруйааччыларын доҕордоро Даулеткэрэй Капулы кыһамньытынан, казах тылынан таҕыста. Бу кинигэ сүрэхтэниитэ муус устар 19 күнүгэр Астана куоракка Казахстаҥҥа Саха сирин күннэрин уонна Евразиятааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы кинигэ быыстапкатын чэрчилэринэн барда. Казах суруйааччылара: «Наталья Ивановна Азия биир улахан поэта буоларын бу кинигэ көрдөрдө», – диэн үрдүк сыанабылы биэрдилэр.
Гаврил Андросов кэпсииринэн, «Фолиант» кинигэ кыһатын салайааччыта Нурлан Исабеков: «Николай Лугинов Чыҥыс-Хаанын казах ааҕааччыта биһирээтэ – кинигэ хамаҕатык атыыланна», – диэн бэлиэтээбит уонна суруйааччы өссө атын айымньыларын бэчээттиир баҕалаахтарын биллэрбит.
Бу сырыыга Саха сирин суруйааччыларын сойууһа казах доҕотторугар илии тутуурдаах, өттүк харалаах тиийдэ. Ол курдук, Улугбек Эсдаулет хоһооннорун, Наталья Харлампьева, Сэмэн Тумат, Альбина Борисова, Гаврил Андросов, Рустам Каженкин, Зинаида Архипова сахалыы тылбаастаан, «Таас Балбал ырыата» диэн кинигэ оҥорон, «Алта» кинигэ кыһатыгар бэчээттэттилэр. Ону сэргэ, Наталья Ивановна дьүөгэтэ Турсунай Орозбаева туһунан «Биһиги Турсунайбыт» диэн ахтыылар уонна хоһооннор хомуурунньуктарын хомуйан оҥордо. «Таас Балбал ырыата» кинигэ эмиэ муус устар 19 күнүгэр Астанаҕа Евразиятааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы кинигэ быыстапкатын чэрчитинэн сүрэхтэннэ. Ону сэргэ, Улугбек Есдаулет доҕоро, Кыргызстан Казахстаҥҥа урукку посола, кыргыз норуодунай поэта Акбар Рыскулы кытта саҥа кинигэлэрин Астанатааҕы Норуот доҕордоһуутун дьиэтигэр эмиэ билиһиннэрдилэр.
Муус устар 21 күнүгэр суруйааччылар бөлөхтөрө Саят Камшыгер тэрийиитинэн Алматы куорат кинигэ оҥорооччуларын, литератураҕа агеннарын кытта көрүстүлэр. Муус устар 22 күнүгэр Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотекатыгар «Казах уонна саха литератураларын ситимнэрэ» диэн улахан төгүрүк остуол буолан ааста.
Тэрээһини Казахстан суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Нуржан Куантайлы сүрүннээн ыытта. Кини Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Гаврил Андросовы кытта бииргэ үлэлэһии меморандумугар илии баттаста.
Бу улахан түһүлгэҕэ икки литература ситимнэрин кэрэһилиир түөрт кинигэни билиһиннэрдилэр. Ол курдук, Наталья Харлампьева «Саха оноҕоһо» казахтыы, Улугбек Есдаулет «Таас балбал ырыата» сахалыы хоһооннорун хомуурунньуктара, итиэннэ «Биһиги Турсунайбыт» (ахтыылары хомуйан оҥордо Н.И. Харлампьева), Аскар Алибек «Сарбыллыбыт таптал» (сахалыы В.Н. Луковцев тылбааһа) кинигэлэр кыһыл лиэнтэлэрэ быһылынна. Төгүрүк остуол үлэтигэр СӨ бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов, Культура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноев кытыннылар.
Бу күн саха суруйааччылара Алмат Исадулов тэрийиитинэн Аль-Фараби аатынан Казахстан сүрүн университетыгар ыалдьыттаан устудьуоннары кытта көрүстүлэр. Киэһэ саха уонна казах литератураларын ситимин тутан кэлбит Улугбек Есдаулет суруйааччылары дьиэтигэр ыҥыран ыалдьыттатта.
Казахстаҥҥа Саха сирин күннэрин чэрчитинэн, саха литературатын уонна культуратыгар үтүөлэрин иһин Улугбек Эсдаулет Ил Дархан «Эйэни уонна доҕордоһууну бөҕөргөтүү иһин» бочуоттаах бэлиэтинэн, Нурлан Исабеков уонна Даулеткэрэй Капулы Тас сибээс уонна норуоттар дьыалаларын министиэристибэтин «Эйэни уонна доҕордоһууну бөҕөргөтүү иһин» анал бэлиэтинэн наҕараадаланнылар.
Саха сирин суруйааччыларын сойууһа бу сырыы түмүгүнэн Казахстан суруйааччыларын сойууһун, «Фолиант» кинигэ кыһатын уонна кэккэ кинигэ таһарааччылары, литератураҕа агеннарын кытта бииргэ үлэлиэҕэ. Холобура, 2025 сылга казах аныгы поэзиятын антологията сахалыы тылынан тылбаастанан тахсара торумнанар. Ону сэргэ саха тыллаах кырдьаҕас «Чолбон» сурунаал хайысхатынан «Таҥ шолпан» литература сурунаалын бас эрэдээктэрэ Нурлыбек Саматулыны кытта ситими олохтонно.
Айар холбоһук эдэр салайааччыта Гаврил Андросов:
– Бу антология тахсыыта саха суругунан литературатын төрүттэммитэ 125 сылыгар дьоһун миэстэни ылыаҕа дии саныыбын. Казах суруйааччылара биһиги эйгэбитин ылынан, биир ситимнээхпитин өйдөөн ис сүрэхтэриттэн үлэлииллэр, кыһаллаллар. Билиҥҥи уустук кэмҥэ биһиги, саха суруйааччылара, Саха сирин суруйааччыларын сойууһа, норуот дипломатиятын инники күөнүгэр турабыт. Онуоха биир саамай үлэлэһэр дьоммут – казах суруйааччылара. Казах суруйааччыларын кытта алтыһыыбыт, доҕордоһуубут – иннибитигэр.
«Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрин солбуйааччы Данил Макеев Казахстаҥҥа сырыы туһунан тус санаатын сэһэргиир:
– Саха омук былыр-былыргыттан ыалдьытымсаҕынан аатырар. Ыраах алаастарынан бытанан олорор дьон, дэҥнэтэнкэлбит ыалдьыты ытыс үрдүгэр түһэрэн ылар идэлээхпит. Ол иһин «саамай ыалдьытымсах омук биһиги буолуохпут» диэн бигэ санаалаах сылдьыбытым эрээри өссө ордук ыалдьытымсах дьону – казахтары көрүстүм. Баспыттан атахпытыгар диэри таҥыннаран, ас бастыҥын аһатан, тос курдук кэһиилээн – маанылаан аҕай атаардылар. Тэрээһиннэрбит үрдүк таһымнаахтык дьон-сэргэ болҕомтотун тардар гына бардылар. Казах суруйааччыларын кытта тылбааска үлэлэһэргэ илии тутустубут. Аны ону олоххо киллэрэр сорук турар.
«Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ