Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Ыстатыйалар » КӨРБҮӨЧЧҮ кистэлэҥэ

КӨРБҮӨЧЧҮ кистэлэҥэ


Былыргы түүрдэр даҕаны, сахалар даҕаны сана сиргэ көһөн кэлэллэригэр биир дьикти абыычай- даах этилэр. Ол кэлэллэригэр булгуччу иннилэригэр көрбүөччү ойууннарын инники ыытан, түүл түүллэтэн, билгэлэтэн баран, бу сиргэ олохсуйар үгэһи тутуһар этилэр. Ити былыр-былыргыттан тутуспут үгэстэрин билигин даҕаны дэлэгэйдик туһаныахха сөп буоллаҕа.

Көрбүөччүлээһин идэтэ хас да араас ньымалардааҕын үөрэтэн көрүөххэ баара. Бүгүҥҥү суру- йуубар бэйэм истибит уонна билбит, туһаммыт ньымаларбын кэпсиэхпин баҕарабын.

Үөһээ Бүлүү улууһун Быракаан нэһилиэгэр икки хараҕа суох Сыппаха диэн көрбүөччү эмээхсин олорбут. Бу эмээхсин уоспаҕа ыалдьыан иннинэ, оччо-бачча биллибэт-көстүбэт, көннөрү эмээхсин эбит үһү. Арай уоспа ыарыытыттан үтүөрэн баран, кэридэхтээн, ыалтан ыалга сылдьар кэмигэр уот иннигэр аргынньахтаан олорон, иһим үлүннэ диэт, ону-маны кэпсиир эбит:

“Хантан истэн кэпсиигин?” — диэтэхтэринэ: “Саҥарыах санаам кэлэр. Онон олоруохтааҕар кэп- сиибин”, — диирэ үһү. Хас этиитин иннигэр: “һуу”, “Буус”, “Оо”, — диэн, хайаан да саҥа ал- лайыылаах буолар эбит.

Сылыктаатахха, Сыппаха эмээхсин 200 сыллааҕыта олоро сылдьыбыт быһыылаах диэн ахтар этэ фольклорист И.К. Васильев. Кырдьаҕастар Никита Гуляев, Тарас Аммосов, Афанасий Абрахов, он- тон да атыттар этэллэринэн барыллаатахха, Сыппаха эмээхсин 1750 сыл саҕана төрөөбүт уонна 1864 сыл диэки өлбүт буолуон сөп. Сыппаха диэн ааты, антропонимика үөрэҕэр тирэҕирэн эттэххэ, “сыппах” диэн тылтан төрүттээх диэн быһаарыахха сөп. Номоххо, сэһэҥҥэ этиллэринэн, оҕо сааһы- гар хойутаан тылламмыт, бэйэтин соччо-бачча кыаммат буолан, “сыппах оҕо” диэн ааттаабытта- рыттан Сыппаха диэн тахсыбыт буолуохтаах.

Билигин Сыппаха көрбүөччү сорох этиилэрин көрүөҕүҥ. Маннайгытынан, техникаҕа сыһыаннаах этиилэрэ:

  1. Сүөгэйи тимиринэн иирдэр буоллулар (Саха сиригэр сэппэрээтэр кэлэрин билгэлээһин).

Буор хара оҕус тахсан, аан дойдуну хара буорунан көрдөрдө (трактор кэлэн, бааһынаны хорутарын этэр).

  • Аны дьоннор тэмэлдьигэн курдук көтө сылдьар буоллулар (самолет кэлиитин кэпсиир).
  • Ооҕуй оҕус илимин ыйаан тэйгэтэн кэбиспиттэр (телеграф линията).

Иккиһинэн, олоххо-дьаһахха сыһыаннаахтар:

  1. Буор иһит, мас кытах хаалла, бары тимир таас иһитинэн аһыыр буоллулар.
  2. Муус түннүк уонна сүлүүдэ түннүк хаалла. Таас түннүгү ууран кылбачыттылар.
  3. Сылгы, ынах, сарыы түнэ таҥас хаалла. Бары уу холохойун курдук ньалаха таҥастаннылар, тимир уллуҥах этэрбэстээхтэр.
  4. Сиикэй эти сиир, тымныы ымдааны иһэр уурайда. Барыта итиини аһыыр буоллулар. Ититэр  аһылык кэлэн, дьон доруобуйата мөлтүөҕэ. Бу этии арыгы кэлэн, тымныыттан абырыан оннугар дьон олоҕун алдьатыаҕа диэн өйдөбүллээх буолуон сөп.

Үсүһүнэн, сиртэн хостонор туһалаах баайынан ханарытан этиллибит этии — сир анныттан күөрэйдэ, дьон сүгэ сылдьар буоллулар.

Бу Сыппаха эмээхсин этиилэригэр эбии Амма оройуонун Алтан нэһилиэгэр Саҥкычах диэн сиргэ олорбут Таҥараһыт Дьөгүөр билгэлээбит этиилэрин ааҕыаҕыҥ. Таҥараһыт Дьөгүөр 1820 сыллаах диэки төрөөбүт, 1890 сыллаахха итинник кэпсиир эбит. Холобура, чөкчөҥө саҥатын түүн түһээн истэбин. Үөһэ көтө сылдьан чыбыгырыыр тыас баар. Ураҕас төбөтүгэр токур тимир быһыылааҕы сүгэ-сүгэ хаамсар дьоннор бааллар. Быһаҕастара кыһыл, аҥардара хара таҥастаах уолаттар, кыргыттар сырсаллар.

Сыппаха эмээхсин уонна Таҥараһыт Дьөгүөр билгэлээһиннэрин түмүктээн көрдөххө, маннык буолуон сөп. Киһи аймах философиятыгар бөлүһүөктэр, фантастар үлэлэрэ уонна сөптөөх өттүлэрэ олоххо киирэн иһэрин илэ харахпытынан көрөн, эт кулгаахпытынан истэн итэҕэйэбит. Холобур, Жюль Верн «Ыйга көтүү туһунан» фантастиката олоххо киирдэ. Эбэтэр, П.А.Ойуунускай «Сүүс сыллаах улуу былааҥ» диэн бөлүһүөктээбит суруйуутун олох хаамыытыгар куоһаран иһэрбит көстөр. А.Е.Кулаковскай «Ойуун түүлэ», о.д.а. бөлүһүөктүү ис хоһоонноох айымньыларын саха норуотун бэйэтин философиятынан билинэр туох да омнуота суох буолуо. Сыппаха эмээхсин олорор сиринэн Өлүөхүмэттэн Якутскайдыыр улахан аартык суола ааһара. Онно көрсөр дьоннорун сэһэннэрин истибититтэн толкуйдааһын күүһүнэн билгэлиирин итинтэн көрүөххэ сөп. Бу билгэһиттэр этиилэрэ норуот уус-уран айымньытын курдук уос номоҕор кэпсэнэ сылдьаллар.

Мин төрүттэрбэр ийэбинэн Үөһээ Бүлүү Быракааныгар олохсуйбут хос-хос эбэм Сыппаха эмээхсин буолар, эһэм Чуручаан кырдьаҕас түүлдьүт, олоҥхоһут, тойуксут этэ. Оттон аҕабынан Ньурба Таркаайытыгар олорбут Чөҥкөйдөр түүлдьүт, ичээн төрүттээхтэрэ үһү. Итинник төрүттэрдээх буолан, кыһалҕалаах дьоҥҥо көмөлөһөрбүн ытык эбээһинэс курдук оҥостон, ууга, тыаҕа сүппүттэри ыйан, булан биэрэр идэлээхпин. Ол курдук, аан маҥнай 1974 сыллаахха Далыр орто оскуолатыгар учууталлыы сылдьан эттэтэммин гипноһум аһыллан, дьону эмтээн киирэн барбытым. Ол кэмҥэ бобуллан, Ньурба оройуонугар көһөргө күһэллибитим. Хата, аҕам төрөөбүт Ньурба оройуонун оччотооҕу салалта тута туһанан барбыттара.

Көрбүөччү быһыытынан бастакы аһыллыым Хаҥалас аҕыс кылаастаах оскуолатыгар директордыы сырыттахпына этэ. 1980 сыллаахха сайын көрүүлэнэн ууга түспүт киһини этэн биэрбитим. Ол курдук Ньурба Антоновкатыгар бииргэ үөрэммит оҕолор түмсэн, тыаҕа тахсан аһаабыттар. Ол аһаан баран, биир уолларын сүтэрэн, айдаан бөҕөтө буолбуттар. Бииргэ аһаабыт оҕолору милицияҕа хаайталаан, өссө вертолетунан көрдөтөн баран булбаккалар, сүппүт оҕо ийэтэ улахан убайа Ынахсыт бөһүөлэгэр миэхэ тиийэн көрдөһөллөр. Онно мин сүппүт ол уол хаартыскатын сыттыгым анныгар уктан, 15 мүнүүтэ нуктаан ылбытым. Онно уолчаан тиритэн, ууга киирэн, чүөмпэ уутугар былдьаммытын хаарта оҥорон, ойуулаан, этэн биэрэн кини көмүс уҥуоҕун көтөхпүттэрэ. Онно дьон уонна оҕолор махталларын ылбытым.

Онтон 1981 сыл күһүнүгэр Ньурбатааҕы райком салайар үлэһитэ С.М.Ефремов көрдөһөн, оройуон аатырбыт булчута Ананьев Николай Иванович уола Коля армияттан сулууспалаан кэлэн баран, кустуу сылдьан, Араҥастаах күөлүгэр өлөрбүт куһун ылаары ууга түһэн хаалар. Көрдөөн көрөллөр да, булбаккалар миигин ыҥыран, райком массыынатынан тиэйэн тахсаллар. Мин тиийээт да, эбэни аһатан баран, көрдөһөөт, дьиэтигэр тахсан утуйан ыллым, сарсыныгар булан ылалларын курдук этэн биэрдим.

Сунтаарга ыһыах саҕана 4 эдэркээн оҕо Бүлүү өрүскэ алдьаммыт тыынан туораан иһэн, ууга былдьаммыттара ый буолбутун кэннэ миигин ыҥыртарбыттара. Мин иннибэр Якутскайтан ыҥыран водолаһы түһэрэн көрдөтөн көрбүттэр этэ да, кыайан булбатахтар эбит. Ол иһин, кэлээт да, Бүлүү эбэттэн көрдөһөн, аһатан баран, түһээн көрүү буолбута. Нөҥүө күнүгэр утуу-субуу сүүрүгү батан устубуттарын булаттаабыппыт.

Ньурба Антовкатын олохтооҕо, С.А. Анисимов, саас муус баран эрдэҕинэ, сүөһүтүн уулата сылдьан, ууга былдьатан хаалбытын нэдиэлэ устата көрдөһөн нэһиилэ буллаттарбыта. Онно үс бухааҥка килиэби өрүскэ быраҕан, бурулҕаҥҥа сытарын булан биэрбитим. Эмиэ бу иннинэ эбэҕэ оскуола кыра оҕото, Сахаайа, сөтүөлүү сылдьан түспүтүгэр ытык тиити булан, аан дойдуттан көрдөһөр тылы туттан булбутум.

Үөһээ-Бүлүүгэ сайылыкка тахсан олорор 78 саастаах В.К. Семенова эмээхсин хаптаҕастыы сылдьан мунан, сиргэ үс хоммутун, саһааккаҕа саһан сытарын түһээн көрөн, ыйан биэрбитим.

Өлөөннөөҕү Хотугу норуоттар Ассоциацияларын председателэ Христофоров Семен Спиридонович 1996 сыл атырдьах ыйын 24 күнүгэр Өлөөн өрүһүгэр дэҥнэммитэ. Онно кэлэн, хайа үрдүк чыпчаалыттан көрдөһөн баран көрүүлэммитим уонна үс хонугунан көстөн көмүс уҥуоҕа тутуллубута.

Абый улууһугар 1998 сыллаахха тыыл уонна үлэ ветерана Мария Егоровна Стручкова ииппит соҕотох оҕото Коля Стручков Индигиир өрүс дэбилийэ устар сүүрүгэр оҕустаран түспүтүн, маска иҥнэн кумахха тибиллэн сытарын чопчу ыйан, бэлиэ туруоран, сүбэлээн, ыйын-күнүн чопчу этэн, булалларыгар көмөлөспүтүм. Бу булуубар Абыйтан 28 көстөөх сиргэ моторканан айаннаан тиийэн, балыксыттарга икки хонон турабын. Иккис хонугум түүнүгэр түүлбэр сордоҥ буолан, оҕо дууһатын ыҥыран хоммутум.

Ити сыл Үөһээ Бүлүү Харбалааҕар Чыбыыда үрэҕэр сөтүөлүү сылдьан, армияттан сулууспалаан саҥа кэлбит уол түһэн сүппүтүгэр, биэс хоммутун кэннэ көрдөспүттэригэр, дохсун сүүрүктээх угуттаабыт үрэххэ туора охтубут мас анныгар сытарын чопчу ыйан биэрбитим. Ол быһыытынан Бүлүү Кыадаҥдатыттан трактор аҕалан маһы состорбуттарыгар уоллара дагдайан тахсыбыта.

Мэҥэ-Хаҥалас Сыымах нэһилиэгин киһитэ сүппүтүгэр, сылгыһыт дьиэтигэр кэтэ сылдьыбыт ырбаахытын сыттыгым анныгар укта сытан, дууһатын ыҥыран утуйбутум. Түүлбэр таһынааҕы нэһилиэк икки сылгыһыта күһүн андаатар уйатыгар укпуттарын түһээн көрөн, ол уолаттар буруйдарын билинэн сууттаммыттара.

Ити курдук, сүтүктээхтэр аһыыларын тэҥҥэ үллэстэн, Саха республикатын үрдүнэн барьгга үйэ чиэппэрин устата ити идэнэн көрбүөччүлээн, 100 киһини булан биэрдим. Сүтүктээхтэр салгыы олороллоругар тыыннарын уһатары ытык иэспинэн ааҕынабын.

Иһитиннэриим түмүгэр, ууга түһэн сүппүт дьону көрдүүрбэр былыргы ойууттар курдук куоҕас эбэтэр сордоҥ буолан, уу аннын кэрийэн сүппүтү буллахпына, ууттан күөрэйэн иһэн тулабын көрөн, хайдах оттоох-мастаах сирин, төһө дириҥҥэ сытарын өйдөөн хаалабын. Уһуктан баран, карта оҥоробун. Сүтүктээҕи көрдүөм иннинэ сиэри-туому тутуһан, хайаан да аал уоту, ытык маһы, эбэни аһатан баран, үөһэттэн үҥэн-сүктэн, ааттаһан, көрдөһөр үгэстээхпин. Киһи сирдээҕи олоҕо бүттэҕинэ, сиэр быһыытынан, олохтоох сиригэр тиийиэхтээх, онон элбэх киһи сылдьар кутун булан биэрэн, тыыннаахтар дууһаларын ыарыытын мүлүрүтэр идэлээхпин.

Маны таһынан «Чөл олох» программанан арыгыны, табаҕы утары 31 сыл устата охсуһа сылдьабын. Ону тэҥэ Чурапчы Мээндийэтигэр, Муомаҕа, Ньурбаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ,  курааҥҥа көрдөспүттэригэр ардаҕы түһэрэн турабын. Онтон ыһыах кэмигэр ардаҕы түһэрбэккэ Бүлүүгэ, Ньурбаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ арчылаан тахсыбытым. Аны 30-ча ыалы дуруусканан холбооттоон ыал оҥорбутум.

Ити курдук, уопсайа, сүүс сүппүт киһини булан, көмүс уҥуохтарын кистээбиттэригэр улахан ситиһиини оҥорбут үтүөм үрдүктүк сыаналаныан сөп этэ. Бу саха норуотун дэҥҥэ көстөр биир ураты талаана буолар эбээт.

И.Е.Иванов-Ороһуунускай

Аан дойдулар норуоттарын икки ардыларынааҕы

“Планета тиллиитэ” диэн норуот эмчиттэрин ассоциациятын магистра, бакалавра, Россия народнай медицинатын академига, профессоора

Чолбон. – 2005. – атырдьах ыйа