Перейти к содержимому

Дьиҥ буолбут суолу хайдах баарынан соҕус суруйан эрэбин. Ити соҕус диирим улахана суох. Бэрт кыратык онон-манан кырааскалыы түһэрим дуу, суоҕа дуу. Бу бэйэтэ да быдан былыргы түбэлтэ. Түбэлтэ эрэ буолуо дуо, оччотооҕуга, 1951 сыл диэки, Алдан салаата Майда үрэххэ итинник үгүстүк буолуталыыра.
Майда уҥа кытылыгар көрүөхтэн кэрэ баай айылҕа эйгэтигэр Айаайа диэн кырачаан, уонча ыаллаах дэриэбинэ бүгэн олорбута. Онно мин баара-суоҕа уон аҕыс оҕолоох оскуолаҕа учууталлыырым.
Биирдэ киэһэлик бу олус чуумпу дэриэбинэҕэ, бэрт кыратык сиккиэр силир гынан ааһарыныы, аймана түһэн ылыы буолла. Сэбиэт уонна оскуола сэбиэдиссэйэ бултуу сылдьаннар биир күрүөйэх хаайыылааҕы тутан аҕаллылар. Мин үрэх кытылыгар туран көрдөхпүнэ, ол дьон бэйэлэрэ туос тыыга олорон, биир улахан, эргэрэн хап-хара буолбут мас тыыга олорбут киһини харабыллаан аҕаллылар. Кытылга тиксээт, миигин көрө охсон «кэл эрэ, доҕор, манна» диэн ыҥырдылар. Киһилэрин, бэрт үрдүк кубаҕай таҥастаах эдэр нууччаны, тааска таһааран олортулар. Миэхэ харабыыны туттаран кэбистилэр. «Харабыллаа» диэтилэр. «Ол-бу буоллаҕына, куоттаҕына эҥин көхсүгэ ытаар, сыыһан кэбиһиэҕиҥ, сэрэнээр» диэн баран дэриэбинэҕэ таҕыстылар. Бултара ити киһилэриттэн ураты аҕыйах кус, балык эҥин баар курдук.
«Ытаар буолан, бу харабыыннара диэни урут туппатах саам, хайдах ытыамый, сүрэ да бэрт, киһини…» дии саныыбын. Дойдубар Ньурбачааммар эрдэхпинэ, уон алталаах биир уостаах саалааҕым. Син куһу ытарым, оннооҕор халыҥ үөр хаас адьас төбөм оройунан намтаан эрдэхтэринэ, биир хоҥору суулларбыттааҕым.
Бу туран өйдөөн көрбүтүм, харабыыннара диэн сомуога туоһапкаҕа маарынныыр курдук. Онон син ытыа эбиппин. Тугу?! Бэйэм соһуйдум бу муҥнааҕы дуо?… Киһибин көрө биэрбитим, букатын эдэр эрэйдээх чолоччу хаппыт быһыылаах. Сиһин көннөрөөрү буолуо, кытыы тааһыгар тиэрэ сытта. Халлааны одуулаһара буолуо… Мин эмиэ кыра сылдьан дьиэм тиэргэнин көл отугар тиэрэ түһэн, халлааны одуулуурбун олус сөбүлүүрүм. Былыттар бииртэн биир эҥин-эҥин быһыыланан, арыт бытыктаах ыалбыт Халтас оҕонньор, арыт тыылаах сылдьар эһэм Ноохтуур, арыт сылгы-ынах эҥин буолан көстөн кэлэллэрэ. Ол сытан утуйан хаалан, сииккэ сытаҕын диэн эбэбиттэн мөҕүллэрим. Бу сытар муҥнаах тугу көрөрө буолла, бүгүн эмиэ устугас былыттаах халлаан.
Бу муҥнаах ханна эрэ эмиэ дойдулаах, дьонноох буолаахтыа ээ… Ханна бараары күрээбитэ буолуой, син биир тутуллара биллэр. Эрэйи-муҥу тулуйбакка муҥ саатар айылҕаҕа көҥүл сылдьа түһээри күрээбит бэйэтэ дуу. Эчи, эрэйдээҕи…
Киһим эмискэ олоро биэрдэ, кытыл чэй тааһа хачыгырыы түстэ. Мин соһуйан эбитэ дуу, тутан олорор харабыыммын күүскэ ыга туттум. Бэйэм да бэккиһээн син холкутата түстүм. Киһим тыытын диэки ыйа-ыйа «сено» дииргэ дылы. Тыытыгар оттоох эбит, онтун ылабын дуо диир быһыылаах. Эрэйдээх тааска сытыа дуо, отун таһаарыннын ээ… Мин «муозуна» дииргэ дылы гынным. Киһим туран тыытыгар киирэн, отун ылаары төҥкөйөн, мин санаабар тугу эрэ көрдөөн хасыһар курдук.
«Арай итинтэн тугун эрэ ылан миигин», – диэх курдук санаа элэс гынна да мин ыксаан: «Ньиэт, ньэлзээ, быхадьии биистрэ», – дииргэ дылы гынным. Оччоттон баччаҕа диэри нууччалыырбар сахам өтөр буолаахтаатаҕа… Киһим таҕыста. Отун бэйэм киирэн таһаардым. Ото да аллараа өттө инчэҕэй, тыытыгар уу быычалыыр эбит. Киһим тэлгэнэн сытта. Мин саабын санныбар сүгэ сылдьарбын дьэ өйдөөн илиибэр бэлэм туттум…
Дэриэбинэни бу сонун тилийэ көттөҕө. Оҕолор үҥүөтэһэн бардылар. Мин, харабыл киһи, «чугаһаамаҥ» диэн дьаһайдым.
Киһим сүгүн сыппат, тур да олор буолар, отун көбүтэ сатыыр, онто да бэрт чараас. Тоҕо эрэ олус мөхсөр. Аны туран сүүрэн хаалыан саныыра дуу. Халлаан хараҥаран барда. Миигин тааһынан таах быраҕыан сөл эбит. Мин ыксаан бардым. Хаһан киирэн, били дьонум хайдах дьаһайаллар. Хаайан хоннороллор ини. Ханна?! Арай баанньыкпыт дуомугар. Па, онтон баҕас аа-дьуо куотар… Кими эмэ харабыллаталлар ини. Мин ирээппин толордум.
Лаппа хараҥаран, мин букатын ыксаан эрдэхпинэ, сэбиэт биир Болуодьа диэн уолу илдьэ дьэ киирдэ.
– Чэ, эһиги Болуодьалыын бу киһини эн дьиэҕэр илдьэн харабыллаан хонноруҥ, сарсыарда бэйэбит оройуоҥҥа киллэриэхпит, – диэн дьаһайда.
Мин саараабыт сирэйбин көрөн эбэн эттэ:
– Атын сир суох. Ыал бары кыараҕас. Эн соҕотоххун, туспа дьиэҕэ олороҕун.
Болуодьам харабыыннаах. Иккиэн хомбуойдаан ойуур саҕатыгар бүгэн турар мин олорор быыкаайык дьиэбэр илтибит.
Хайыахпыт баарай. Киһибитин оһох иннигэр сытыарар буоллубут. Хас да чүмэчини уматтыбыт. Таба тэллэх биэрдибит, сыттыгар дьиэ таһыгар тииккэ ыйанан турбут эргэ чылыгырыайканы киллэрэн биэрдибит. Киһибит тугу да диэхтээбэт, көрөн эрэ кэбиһэр.
Бу, дьиэ иһигэр өйдөөн-дьүүллээн көрдөххө, барахсан уруккута мааны киһи бодуланан сылдьаахтыыр эбит. Көстөр дьүһүнэ көбүс-көнө дьыраллыбыт, дьиэ үрдүн суруйар үрдүк уҥуохтаах. Бэрт мааны сэбэрэтэ, кэйэр хаана кууран, итиигэ-тымныыга быһа сиэтэн кур өтөх маһыныы кубарыйа хатан, хаһан да иэйии сыыһа сыстан көрбөтөх хагдаҥ дьүһүннэммит. Ону-маны ыйыталаһан да, ымытыннарбат киһибит быһыылаах. Бэркиһээн аатын ыйытан көрбүтүм, атын сир диэки быһаарыыта суоҕунан көрөн олорон, бэрт барбах саҥа таһааран, Володя диэхтээтэ. Баҕар, кырдьык Володя буолуо, хаһан эрэ ийэлээх аҕатыгар Вова, Вовка дэтэрэ буолаахтыа. Дьоно бааллара, кэм да эдэрчилэрэ чахчы. Бу кинилэр тапталлаах чыычаахтара олох эдэр киһи муҥнаах сырыттаҕа.
Бээрэ, бу биһиги, оччотооҕу оройунан көрбүт оҕочоостор, сэбиэскэй бөҕө дьон, ханнык эрэ күрүөйэх хаайыылааҕы тоҕо аһыннах буолан көрө-истэ, сыныйа сатыыбытый. Баҕар, бу Вовабыт кими эрэ халаатаҕа, өлөрдөҕө, эбэтэр сэбиэскэйи үөхтэҕэ, утардаҕа, өстөөх буоллаҕа буолуо. Биһиги тоҕо бу хара кырыыстааҕы түҥнэритэ кэйиэлээн, үтүргэхтээн барбакка аны дьиэбитигэр киллэрэн аһатан эрэбитий? «Кылгас кэмҥэ олоро түс эрэ, киһигин үчүгэйдик харабыллаа», – диэн тахсан барбыт Болуодьам хайа эрэ ыалтан ас бөҕөтүн сылабаар олоҕор өрөһөлөөн киллэрдэ. Киһибит бастаан кылап гынан көрөн ылла эрээри, кыһамматахтыы киэр хайыста.
– Доҕоор, ити амыдайгар бэссиэх баара, – диибин.
– Амыдай диэн тугуй, ити киһи аата дуо? – Болуодьам соһуйар.
– Суох, доҕор, кини эмиэ Болуодьа, – диибин, киһим амыдай диэни билбэт эбит.
– Ээ, түөскэм эбит дии, адьарай. Тугун аһатан, бөрөстүүпүнньүгү.
– Хоргуйан өлүө дии.
– Өлөн көрдүн, б…
– Кэбис, доҕор. Киһи дии. Онноооҕор ыты аһатабыт…
– Ыт киһи доҕоро, оттон бу киһи ыттааҕар куһаҕан, хаайыылаах, күрүөйэх, – киһим миигин быһа түһэр.
Ол эрээри бачча элбэх астан син бэссэр дьон буоллубут. Киһибит бастаан баһыыбалыыр, сиэмээри гынар курдук туттар эрээри, силин быһа ыйыстара ырыган моонньугар көстөр. Аһаата, бастаан килиэп үрдүгэр түстэ. Аччык бөҕө буоллаҕа дии. Болуодьам суппуунун сиэбигэр арыгы уктан киирбит эбит. Кутан биэрбиппитин ылан түһэрэн кэбистэ. Наар баһыыбалыыр. Кэнникинэн бэттэх кэллэ быһыылаах, ирэн-хорон буолуо: «Ребята, это…» – диэн истэҕинэ Болуодьам, киһибит кус буутун тутан олорорун көрөн, «это не курица, а утка» дии оҕуста. Мин эмиэ саҥа таһаардым, «даа, даа, ээтэ дьиикайа уутка» диибин эмиэ сахалыы саҥам уратыта өтөн. Болуодьам нууччалыы олох кулугурас.
– Болуодьа, тыы, саам оккууда оруодам, – диибин.
Киһибит холкутук «из Волги» диэтэ. Волга туһунан оччотооҕуга хантан билиэхпит баарай. География уруогуттан истэрбитинэн улаха-нын ааһан улуу өрүс үһү. Бу күрүөйэх муҥнаах ол улуу өрүс кытылын оҕото буолаахтаатаҕа. Улахан буруйдаах буолан, уһун болдьоххо ууруллан, тулуйбакка күрээн сордоно сырыттаҕа. Күрээн да ханна бараары…
Уот оттон чэй өрүннүбүт. Болуодьам мин харабыыным сомуогун киһибит көрөн олордоҕуна туруоран хачыгыратта уонна «киһигин үчүгэйдик көр, ол-бу буоллаҕына ытан кэбиһээр» диэт, эмиэ ханна эрэ ыстанан иһэн, мин сомуога турбут саабын сэрэнэн муннукка өйөннөрөн эрэрбин көрөн, «харабыыҥҥын ылан тутан олор, туох буолбут акаары киһигиний» диэн күүскэ дьаҕырыйда. Учуутал ааттаах киһи мин өһүргэнэ иһиттим эрээри «кырдьык даҕаны, күрүөйэх аата күрүөйэх, арай ойон туран саабын арай хаба тардан ыллын» дии санаатым.
Болуодьам олус өр буолла. Таһырдьа ыкса күһүҥҥү ыас хараҥа. Киһим тулуйан, тэһийэн олоруо суох курдук. Сыта-сыта олороро элбээтэ. Санаабар сибилигин ойон туруох курдук.
Букатын ыксаан эрдэхпинэ, Болуодьам улахан холуочук, итирик да диэххэ сөп, көтөн түстэ.
– Хайа, хайдахпытый? Эйигин өлөрөн баран куоттаҕа диибин ээ, – диэбитинэн остуолга кэлэн сиэбиттэн ас уонна бытыылка хостоон уурда.
Эмиэ аһаан бардыбыт. Болуодьам эбинэн, адьас итирэн барда. Мин да чэпчээтим аҕай. Киһибитигэр бэристибит. Аккаастанан көрөн баран аһаата. Сүрдээх холуспут. Бэрсэр аспытын эргэ күөс иһитигэр уган баран, Болуодьам атаҕынан тэбэн сыҕарытан биэрэр. Арыгыны курууска түгэҕэр кутан уунан биэрэбит. Болуодьам өрөгөйдүүр, туох буруйу оҥорбутун олус толоостук ыйытар «ты убил, грабил, или ты против советской власти» эҥин дэтэлиир. Киһибит өһүргэнэр кыаҕа да суох буолаахтыа, «ребята, это долгая история, вам не лонять» диэн Болуодьабын өһүргэттэ. Киһим «мы якуты, дураки да» дии-дии сүрдэннэ, адьас сиргэ олорор сордооҕу тэбиэлиэх курдук дьүһүлэннэ. Ону мин «кэл, доҕор, аһыахха» дии-диибин арыгыбын кутуталаан уоскуттум да киһим тыла-өһө холус, маатырата хойунна. «Он, б…, учитель, образованный» дэтэлиир. Ити «б…» диэниттэн атынын миигин этэр.
Киһибит «мне надо выйти» диэхтээн биһигини ууга-уокка түһэрдэ. Таһырдьа таһаарар сэрэхтээх, уруунньук эҥин суох, аны хойуулуур үһү. Хайыахпытый, ааммытын аһан таһырдьаны сырдаппыта буолан, таһаардыбыт.
– Харабыыҥҥын ыл. Сэрэн, киһини ытаайаҕын, – диир, хата саам сомуога тура сылдьарын өйдүүр эбит.
– Один лишний поворот, буду стрелять, я стрелок ворошиловский, понял, я охотник, – Болуодьам чахчы кыыла турбут.
Мин саам луоһун хоннохпор кыбынан сылдьарбын көрөн «эн, б…, сааҕын ытардыы бэлэм тут» диэн кылана түстэ. Бу сырыыга «б…» эмиэ миэхэ эбит. Киһим кэм ама курдуга ханна да суох, хабыра киирбит аҕай. «Абааһытын бодьуустаһан ытан кэбистэххэ да туох баарый. Куота сатаата диэхпит», – дэтэлиир. Күрүөйэхпитин чугас олортубут. Өр олордо.
– Ити куотаары кубулунар, – Болуодьам кыбдьырынар
– Куоттаҕына эн көхсүгэр ытаар, эн сыыстаххына төбөҕө ытыам. Сыыһан бэрт, б…
– Сүрэ бэрт, хайдах, – диибин.
– Мин урут биири ытан турабын. Эн да ыт ээ, сүрэхтэн. Манна лааҕыртан субу-субу күрүүллэр, үөрэн.
Күрүөйэхпит турда эрээри биһиэхэ көхсүнэн туран тимэхтэннэ.
– Ытабын дуо, билээти, көхсүгэ. Итэҕэйиэхтэрэ, куоппут диэн. – Кыҥаан барда.
Киһим итирик этэ. Кырдьык куруогун тардыан сөп диэн санаа элэс гынаатын, саатын күүскэ өрө астым. Саа тыаһа өрө хабылла түстэ. Күрүөйэхпит соһуйан бэттэх хайыһан иһэн, сиргэ умса хоруйа түстэ. Ыт үрүүтэ бөҕө буолла. Маатыра бөҕөнү кута-кута киһибитин дьиэҕэ киллэрдибит. Сэбиэттээх сонно кэллилэр. Болуодьам миигин маатыра бөҕөнөн ыһаарар, кини буруйдаах диир. «Ол-бу буолбакка хонуҥ» диэн дьоммут бардылар. Хата, арыгыбыт тобоҕун биирдэ хантатаат, Болуодьам хотторон барда. Сотору туруох буолан, хоско утуйа киирдэ. Киһибит утуйардыы сытта. Соҕотоҕун хаалан сэргэҕим киирбит курдук да дьааһыйабын, арыгым биллэн эрдэҕэ.
Түүн үөһэ эбитэ буолуо. Мин: «Ээ, товарищ», – диир саҥаттан уһукта биэрдим. Остуолга умса түһэн олорбутунан утуйбут эбиппин. Били күрүөйэҕим аан аттыгар кэлэн миигин уһугуннарар эбит. Дьэ өйдөөн, харабыыммын көрбүтүм муннукка өйөнүллэн турар эбит. «Ээ… товарищ, мне надо выйти», – дии турар эбит. Мин түннүк аннынан турар остуолга умса түспүппүн. Аан өттө аһаҕас, аргыый аһан тахсан барбыта ырааппыт буолуох эбит. Дьэ харабыл бөҕө эбиппин. Болуодьам мин соһуйбут саҥабыттан ойон туран маат-муут бөҕөнү түһэрдэ. Ол эрээри мин утуйан хаалбыппын билбэтэ. Күрүөйэх тахсан киирээри уһугуннарбытыттан итиччэ үлүгэр буолбут эбит.
Сарсыарда киһибитин чугас ыалга илдьэн, бэйэбит аһыы таарыйа, аһаттыбыт. Хата, ыалбыт тоҕо аҕаллыгыт диэбэтилэр. Ийэлэрэ Маарыйа дэлби аһынна. Мин уолум бараллаата эбит диир, ылымаары гынарын үрдүнэн күрүөйэх кубарыйбыт сонун сиэбигэр килиэп, буспут тайах этин симэр. Маарыйа уола итирэ сылдьан тугу эрэ оҥорон хаайыыга барбыта.
Күрүөйэҕи, Волга оҕото Вованы, сэбиэттээх икки буолан туос тыынан харабыллаан били мас тыытыгар олордон оройуон киинигэр илдьэ бардылар. Күрүөйэх Болуодьа биһиэхэ быһыылаах, төбөтүн төҥкөтөн бырастыылаһарга дылы гынна.
Биэрэктэн тэйэн ыраатан эрдэхтэринэ, мин били харабыллыы олорон утуйан хаалбыппын кэпсээммин Болуодьабын улаханнык кыыһыртым, хомоттум даҕаны.
– Оо дьэ, б… да киһитэҕин… Көлөөк да киһигин, – онтон миигин эбии сэмэлии, бэл, маатыралыы түһэн баран, бэлиэр ыраатан, тоҕойго киирэн эрэр дьону батыһа көрөн туран, – оо, барахсаны даа, мин буоллар муҥнааҕы үөх да үөх буолтум, өссө ытар да санаалааҕым. Ити баар дии. Хаарыан киһи хаайыыга муҥнана сырыттаҕа. Бардаҕа ити… Эрдэ этиминэҕин. Барахсан үтүө да киһи эбит.
Сибилигин ситэн ылан барытын бырастыы гыннарыахтыы, сатанара буоллар хаайыыттан быыһаан ылыахтыы батыһа, сайыһа көрөн турда күрүөйэх Болуодьаны, хаайыыга туттара баран иһэр, тумул кэтэҕэр киирэн эрэр тыылаах дьону. Күһүҥҥү тымныы тыал уһуктан, үрэх ньуура долгуннанан барда.
Ол киэһэ Болуодьа ааһан иһэр дьоҥҥо олорсон оройуон киинигэр киирбит сураҕырда.

Сиэн Чолбодук

Чолбон. – 2011. – № 1