«Күн миигин өрүү көрүө ийэлии имэрийэ…»

***

Туох да буолбатаҕын курдук

Салгыы олоробун.

Эн биһиги көрсүбүппүтүттэн сылтаан,

Кырдьык, күн арҕааттан тахсыбатаҕа,

Кыс ортото эмискэ

Күөрэгэй дьырылыы туойбатаҕа,

Соһуччу тоҥ хаары тобулан

Тылла охсубатахтара

Сааскы ньургуһуннар.

Мин эмиэ,

Өрүү буоларыныы,

Түбүккэ-садьыкка

Өрүһүспүттүү умсабын,

Уохтаахтык убураабыт уостаргын

Түһээбит курдук туттан кэбиһэбин…

Салгыы олоруум ээ,

Элэгэлдьиһэн ааһар

Күннээх-дьыллаах

Тэтимнээх олохпор,

Ымыттыбакка,

Кур бэйэм кубулуйбакка,

Туох да буолбатаҕыныы –

Эн судургута суох дьылҕаҥ

«Харах симсэр» оонньуутугар

Кыл түгэҥҥэ, арааһа,

Ханнык эрэ

Оруолу толорбуппун

Умна сатыы, уоскутуна,

Бэйэм кэнэммин дуу, хайдахпын дуу

Кыратык кэмсинэ.

Сүрэхпэр үөскүөн баҕарар

Үрдүк үөрүүнү үргүтэ,

Тыллыан баҕарар

Тыыннаах эрэли

Тыынын-быарын хаайа –

 «Өйдөөхтүк-төйдөөхтүк» ырыта,

Барытын орун-оннугар

Ылыннарыылаахтык быһаарына:

Эйиэхэ талаһыыбын – кытыастар кутааны

Муустаах уунан саба кута, умуруора,

Кыһамматахтыы тутта, кубулуна,

Бэйэбин көрөн туран, албыннана.

Тыын былдьаспыттыы,

Умсугутар бэйэҕиттэн

Куотуна…

Ол да буоллар

Дьиктитэ диэн

Син биир испэр

Эйиэхэ тоҕо эрэ

Бүк эрэнэ.

Миэхэ анаммыт истиҥҥин

Итэҕэйэ.

***

Кыс хаар ортото

Үөрүү кыымын саҕа,

Сүрэхпин сылааскынан

Угуттуу, дьоллуу

Олоҕум хабыллар хаба ортотугар

Баар буолан хаалбытыҥ.

Хатааһыннаах халыҥ халҕаннарбын

Ханнык эрэ биллибэт ньыманан

Холкутук арыйар күлүүс тыллары

Булан этэн,

Кимтэн даҕаны тутулуктаммат,  

Мээнэ дөбөҥнүк убаммат,

Хаппахчыга хатаммыт

Хаҥыл уонна көҥүл

Куппун-сүрбүн үргүппэккэ

Бэйэҥ диэки хайыһыннарбытыҥ.

Кынаттарбын хат үүннэрэн

Талаһар халлааммар көтүппүтүҥ,

Харгыстары, мэһэйдэри

Хайдах эрэ олохпуттан

Эн киэр үтэйбитиҥ,

Нүһэр санааларбын

Ханна эрэ кый ыраах

Халбарыппытыҥ –

Эмтээбитиҥ туһата суох,

Була сатыыр, биир халыыптаах

Эрэйдэрбиттэн,

Умуннарбытыҥ урукку-хойукку 

Солуута суох кыһалҕаларбын,

Уйгуну-быйаҥы төнүннэрбитиҥ,

Олохпун олустук да киэргэппитиҥ…

Унньуктаах уһун айаммын

Саҥа тыыннаабытыҥ –

Истиҥ-иһирэх сыһыаҥҥынан,

Имэҥнээх, уохтаах иэйиигинэн.

***

Ким эрэ сирэйин-хараҕын өрө мыҥыы,

Иннигэр-кэннигэр түһэ,

Иилэҥкэйдэһэ, эккэлии,

Эйэргэһэ сатыы,

Эйэбин, бэйэбин соҥнуу,

Инчэҕэй эттээх, итии хааннаах,

Тыыннаах буоларым быһыытынан,

Болҕомтону, тапталы,

Сылааһы, сыһыаны

Эрэйэ дуу, ирдии дуу,

Утуу-субуу эрэнэ уонна кэлэйэ –

Эрэйдэнэ, онтон эмиэ

Омуннаахтык дьоллоно,

Эбэтэр хомойо,

Ол ким эрэ

Кэлэрин-барарын

Күннэри-түүннэри

Кэтии-маныы,

Кимниин, тоҕо алтыһарын

Токкоолоһо, сураһа,

Ис буолары-буолбаты

Сэрэйэн көрө-көрө

Соһуйа-өмүрэ,

Ыйыппакка гынан баран

Оҥорон көрө, эбэтэр

Ыйытан баран харданы ылбакка

Кыһыйа-абара олорортон

Сылааргыыр буолбуппун.

Туохтан оннук буолтун

Чопчутун билбэппин…

Арай сыл аайы

Дьону аһынар, хараанныыр

Санаам улааттар-улаатар.

Хаһан эрэ олохпут

Бүтэр уһуктаах, 

Ону билэ-билэ

Билбэтэх курдук,

Бу сиргэ букатыннаахтык

Кэлбит курдук туттаахтыыбыт,

Бүппэт эрэдээктээх оонньууларга

Баҕардарбыт-баҕарбатарбыт даҕаны

Араас оруоллары толоробут.

Тохтоло суох, бииртэн биири,

Уустук да уустук оһуордары тиһэбит,

«Өстөөхтөрбүтүгэр» эбэтэр

Бэрпитин былдьаппыттарбытыгар

Дириҥ, эбэтэр чычаас

Умуһахтары хаһабыт,

Ардыгар үлүһүйэн

Онтубутугар бэйэбит

Эмиэ түһээхтиибит,

Ииччэх-бааччах сыһыаннар

Илимнэригэр иилистэбит.

Тахсар сирэ дьиҥэр көстөр

Сымыйа лабириннарга

Саатанаары дуу,

Бэйэбитин аһынар төрүөттэнээри дуу

Муммута-тэммитэ буолабыт,

Дьоллоох дьону дьиибэргиибит,

Көҥүллэри ордугургуубут,

Тэһийбэккэ дуу, хайдах дуу

Сэргэхситэр, бобуулаах,

Сорҕото чахчы буортулаах

Чэпчэки ньымалары көрдүүбүт:

Буолары-буолбаты барытын

Боруобалыырга,

Билэ охсорго тиэтэйэбит

Уонна сороҕор

Бэйэбитин буолбакка,

Туора дьон олоҕун

Олорон кэбиһэбит.

Оннооҕор ону сэрэйбэппит.

Түгэҕэ кураанаҕын,

Барахсаттар, билбэккэ…

***

Эн сүрэҕиҥ миэхэ – таабырын…

Таайа да сатаабаппын

Тугу даҕаны өйбүнэн,

Арай илиим иминэн

Оргууй бигээн, имэрийэн,

Эн күндү сыккын манньыйа

Толору эҕирийэн,

Сэрэйэбин, таайабын

Миэхэ талаһыыҥ күүһүн,

Өй-сүрэх мөккүөрэ өрүү

Эйигиттэн арахпатын…

Эн сэрэх санааҕар миэхэ 

Үгүһү, элбэҕи эппэккин,

Эрэннэрбэккин,

Ол гынан баран

Күүскэ да күүскэ

Ыксары бэйэҕэр кууһаҕын…

Тосхойбут дьоһун дьолгун

Өйгүнэн ситэ итэҕэйбэккин,

Ол эрээри мин курдук эмиэ

Сүрэххинэн эрэ сэрэйэҕин –

Туох эрэ уратыны,

Өр да өр кэтэспиккин,

Бүччүм санааҕар таласпыккын.

От-мас хагдарыйан,  

Чэчириир күөҕэ суйданан,

Киһи үөйбэтэх-хаайбатах

Кыс хаарын ортото,

Кэмниэ кэнэҕэс

Дьылҕаҥ обургу

Бэлэх ууммутун

Көрдөһөн-көрдөһөн көрдөспөт,

Күүтэн-күүтэн аны күүппэт

Буолбутуҥ кэннэ.

Ол тосхойбут дьикти дьолгун

Салгыы хайыыргын билбэккэ,

Мунаахсыйан мунчаараҕын.

Олорбут олоххун туора сотон,

Хорсуннук уонна хап-сабар

Иэйииҥ толору,

Түгэҕэ көстүбэт далайыгар –

Миэхэ умсуоххун –

Сылайбыккын

Бэрт үгүс түһүү-тахсыы

Мучумаанын уйа сатаан,

Тулуйан…

Уохтаах уонна уоттаах

Сыллары, хонуктары,

Күнүстэри-түүннэри

Атын ааттары ааттыы,

Ааттаһа атаарбыт буолаҥҥын,

Ааспыт быйаҥнаах ардахтаргын,

Илгэлээх үтүөкэн кэмнэргин,

Эйиэхэ мичээрдиир эйэҕэс харахтары

Эмиэ хаттаан таҥнарыаххын баҕарбаккын.

«Аны кэлэн дьиктини

Итэҕэйэр туһа суох,

Аны кэлэн олоҕу

Уларытар уустуктардаах:

Имэҥ хаһан эрэ уостуоҕа,

Сылаас сыһыан да сойуоҕа,

Иннэ-кэннэ биллиэҕэ,

Мэник тыалчаан да омуна

Ааһар ини», – дии санаан

Уоскутуна сатыыгын,

Өйгүн-төйгүн дьаарыстаан

Умнубута буолаҕын…

Ол кэнниттэн син биир эмиэ

Көрөр баҕаҥ искэр умайан,

Утуйар уугун көтүтэн,

Кутуҥ-сүрүҥ чарааһаан,

Ахтан-санаан бараҕын,

Тырымнас, дьэрэкээн дьолгун

Куоттарыаххын баҕарбакка

Баар буолаҕын аттыбар…

Даҕайаҕын уостаргын мин уоспар,

Харданы булбатах ыйытыыларгар

Саҥата суох миигиттэн

Хоруйдары ирдии,

Тоҕо барыта манныгыттан

Кыһыйа-абара,

Ол быыһыгар долгуйа,

Эрэнэ уонна таптыы…

Мин сүрэҕим эйиэхэ –

Син биир таабырын…

***

Эмискэ буолар дьиктини

Күүппэт буолтум ыраатта…

Ороһуоспа түүнүгэр

Наардаабаппын

Бүччүм баҕа санааларбын.

Билэбин номнуо быһа холоон

Туох сатанарын-сатамматын:

Быйыл, эһиил, хаһан эрэ…

Туолар, туолбат ыраларбын

Быһаарабын бэйэм эрэ…

Туораттан кэлэн ким даҕаны:

«Тоойуом, үчүгэй да киһигин,

Баҕа санааларгын этэ тарт!

Тугу барытын толоруом,

Кыл түгэнигэр оҥоруом,

Кыһалҕаҕын быһаарыам!..»

Диэн эппэтэ чахчы биллэр…

Ол эрээри мин онтон

Санаарҕаабат эбиппин,

Дьылҕам уонна үҥэр Айыым

Миигиттэн кэлэйбэккэ,

Киэр хайыспакка,

Бэттэх эрэ буоллаллар,

Арчылыы, араҥаччылыы сырытталлар,

Этэҥҥэ буолуоҕа барыта. Эрэнэбин.

Олоҕу, дьону сэргиирим,

Таптыырым тухары

Төлкөбүн бэйэм түстүөҕүм.

Олох өрүһэ сороҕор

Баҕар бааллырдын даҕаны,

Күн миигин өрүү көрүө

Ийэлии имэрийэ.

Былыт быыһыттан

Тахсан кэлиэ,

Үтэйиэ

Нүһэр санаабын, хараҥаны,

Сатаммат, табыллыбат диэн ааттаах

Өйүнэн айыллыбыт

Хааччахтары.

Сиккиэр тыалчаан

Ох саатыгар оноҕос оҥостон

Ыта оонньуо…

***

Мин бастакы уонна бүтэһик

Буолбатахпын,

Бааллара бу Орто туруу дойдуга

Сэриилэр, сүтүктэр, алҕастар,

Албыннар, сүүлүктэр, оботтор.

Кинилэр

Киһи аймах баарын тухары

Өссө да баар буолуохтара…

Ол эрээри мин онтон куттаммаппын,

Өлүүгэ, им балайга бэриммэппин,

Көмө көрдөстөҕүнэ,

Илиибин син биир

Утары уунуоҕум –

Миигин таҥнарбыкка,

Киэр хайыспыкка,

Кыраабыкка баҕарыам дьолу,

Кини ыксаабыт түгэнигэр өрүһүйэ сүүрүөм,

Сүрэҕим сылааһын көҥөммөккө бэрсиэм.

Аһыныам – дьүлэйдэри, тоҥ куттаахтары,

Алдьархай ааҥнаатаҕына ас таһаарааччылары,

Иэдээн иэнигийдэҕинэ сэтэрээччилэри,

Кыра эрдэҕинэ таптаппатах көйгө оҕолору,

Сааһыран да баран улааппатах дьону, 

Кулут куттаахтары, кэдэрги майгылаахтары,

Сымыйа дуйдаах «көмүс» килиэккэҕэ

Баҕа өртүнэн олорооччулары…

Сирдээҕи олоҕум

Хойуут-хойут да буоллар бүтэр уһуктаныа,

Оччоҕо кутум-сүрүм куйаарга көҥүл көтүө.

Эргиллэн кэлиэм, баҕар,

Хаһан эмэ эмиэ

Үтүөнү үксэтэ, түстүү

Дьон-сэргэ туһугар

Сүрэҕим долгуйа,

Кэрэҕэ курдаттыы талаһа,

Сырдыгы кэрэхсии,

Тапталы, эрэли өрүүтүн уруйдуу!

Яна Байгожаева

Чолбон. – 2020. – № 2

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар