Перейти к содержимому

Дарыбыан Маскыбыытыннаах түөрт саастаах ыарыһах кыыстара эрэйдээх өлөн хаалаахтаата. Дарыбыан ону дал ыраастыы сылдьан иһиттэ. Кэргэнин Балаайаны, баҕар, баара буолаарай диэх курдук санаан дьиэтигэр киирэн, тугу гыныан булбакка дьиэ ортотугар турбахтаан баран, саҥата суох аан диэки таласта. Ол иһэн улахан кыыһа билиитэ оһоххо өйөнөн кинигэ ааҕа турарын хараҕын кырыытынан көрө биэрдэ. Дарыбыан дьик гынан тохтуу түстэ, икки үтүлүгүн өттүгэр сууралаамахтаата, туттуна сатыы-сатыы көхсүн этиппэхтээтэ.

– Һыллыай, оһоххун оттон кэбис… Сураҕа, оҕобут куһаҕан үһү. Мин балыыһаҕа… ийэҕитигэр таҕыстым, – диэн суон куолаһынан тардыалатан бордурҕаамахтаата.

Тахсан иһэн төннөн киирэн – туох дии санаабыта буолла – үлэҕэ кэтэр тэрэпиискэ бэргэһэтин туура тардан ылан суунар сир үрдүгэр аста, аан чанчыгар ыйанан турар сэнэх соҕус андаатара бэргэһэтин эһэ охсон ылан төбөтүгэр уурунна. Аанын «лип» гына сабан баран, тоҕо эрэ чиҥэтэн хаста да өттүгүнэн охсуолаан либиргэппэхтээтэ. Чигдигэ ыраах-ыраах уурталыыр атаҕын тыаһа, хоочурҕаамахтыы түһээт, ньим баран хаалла.

Балачча буолан баран, Дарыбыан эмиэ төннөн киирдэ. Бу сырыыга тиэтэл үлүгэринэн хачыгырайан, мас кыстыыр сиргэ өйөннөрө уурбут хомуутун, сэдиэлкэтин, хаптаһын быыска үөһэ тоһоҕоҕо ыйанан турар муоһатын – биир-биир харбыалаан, түөһүн быатын субуппутунан таһырдьаны былдьаста.

От тарҕатар улахан сыарҕатыгар атын көлүйэн, Дарыбыан Маскыбыытын – чугастааҕы ыал дьон ааттыырынан Куоҕай Дарыбыан – бөһүөлэк таһынааҕы балыыһа диэки аатын эрэ айаннатан кирдиэхтэттэ. Арҕааттан кыра салгыннаммытыгар бөһүөлэк иһигэр оргуйа олорор тымныы тумана кыратык сыҕаллан, тунаархай былыт кэтэҕэр им күндээрэ кытарымтыйан көстөр. Тымныы бэргээбит. Ыраах ханна эрэ, бөһүөлэк кытыытыгар быста-быста, «Дружба» эрбии үлэлээн чачыгыраамахтыыр. Оскуола диэки оҕолор ньамалаһаллар. Бүтэҥитик сири аннынан бөһүөлэк электростанцията үлэлээн күпсүйэр.

Бу кыһыҥҥы бөһүөлэк киэһээҥҥи олоҕун-дьаһаҕын Куоҕай Дарыбыан өйдөөн көрө, аттара саныы испитэ биллибэт…

Орто дойдуга төрөөн, киһи-хара, ыал буолан, оҕолонон-урууланан, ньир-бааччы олорон иһэн… хор, бу аһыыга ыллардаҕа. Сыккый эрэйдээх эрэй да бөҕөнү көрдөрөөхтөөтө… бэйэтэ да көрөөхтөөтөҕө. Куоратынан-тыанан сордоно сатаан кэбистилэр. Туһа тахсыбата. Буолумуна. Төрүөҕүттэн иринньэх эрэйдээх этэ. Ама, быраастары киһи буруйдуо дуо… Оҥоһуута оннук буолаахтаатаҕа, былыргылардыы эттэххэ.

Дарыбыан ити санаатыттан манньыйан ылла. «Оҥоһуу» буолаахтаан. Хантан итинник солуута суох санаа киһиэхэ киирэрэ буолла. Бэлиэр кырдьаары гыннаҕа дуу, саҥа 40-та буолан иһэн. Көр эрэ, үнүр куттаннаҕа үһү… халлааҥҥа уоту көрөн. Халлаан уота элбэҕин аны киһи барыта билэр. Ол үрдүнэн куттаннаҕа! Туох муодата эбитэ буолла?.. Ити гынан баран, дьиибэ уот этэ. Соҕооччу саҕа өһөх кыһыл уот тииттэри үрдүлэринэн устан, бу үрэҕи таҥнары бата турдаҕа үһү. Былыргылар этэллэринэн, кырдьык, холлоҕос быһаҕаһын саҕа баар быһыылаах. Аҕылаан көппөҥнүүр курдук биэтэҥ мөхсө-мөхсө, тыаһа-ыма суох устан ньылбарыйа турда эбээт, күтүр өстөөх… Ол, үөһэттэн умайан түһэр таастара эбитэ буоллар, кэм, таҥнары түһүүһү эбитэ ини. Дьэ дьикти уот этэ, төһөтүн да иһин… Үрэҕи бата сырыынньа устар ээ… Этэ оонньуурга дылы. Дарыбыаннаах бу буолуохтарын биттэммит баҕайы эбитэ дуу? Аҕатыгар дылы, аны бэйэтэ кылгас үйэлэнээри гыннаҕа дуу?

Куоҕай, санаатын аралдьытаары, соруйан муоһатын илгиэлээмэхтээтэ. Балыыһа сыырын хаамтаран сынаахтатан тахсан истэҕинэ, уун-утары от тиэйбит трактор тарылаан кэлэн ааста. Ити кинилэр хотонноругар илдьэ иһэр буолуохтаахтар. Быйыл уолаттара от таһыытын баҕас кыайан эрэллэр.

Көрүдүөргэ киирэн баран, Дарыбыан, уруккуттан сылдьар хоһугар ааспакка, баҕар, ким эмэ баара буолаарай диэн, ол-бу диэки өҥөҥнүү, ханна барыан булбакка, уллаһыктаах сиэрэй хаатыҥкатынан аан кырыатын тэпсэн, биир сиргэ бэдьэҥнии турда.

– О, уһун эрэйдээх, туруоҥ дуо итиннэ, кэл, киир оттон! – диэн көрүдүөр түгэҕиттэн ордоотообутунан фельдшер эмээхсин тахсан кэлэн, утары хааман налыҥнаата.

Дарыбыан дьик гына түстэ, таалан турбахтаан баран, Сыккыйа сыппыт хоһун диэки дьулуруйда.

Киирбитэ, оҕотун оронун хомуйа охсон кэбиспиттэр. Оҕото, сулумах матараас үрдүгэр маҥан бырастыынанан саба тардыллан, бу наскыйа сытаахтыыр эбит. Балаайата, оҕотун төбөтүгэр олоппоско кумуллан-кумуллан баран, ньилбэгэр умса нөрүйэн олороохтуур, дьон киирдэ диэн хамсаан көрбөтө.

Аантан ыла тохтоон көрө-көрө, улам лаппыйан, улам сыҕарыйдар сыҕарыйан, бу айылаах буолбуккар буруйдаах-сэмэлээх бу мин киирдим диэххэ айылаах чугуруҥнаан, Дарыбыан оҕотугар дьэ ыкса кэллэ. Ыаҕастыы тута сылдьар сарыы үтүлүгүн орон атаҕар уураат, илибирии хамсыыр тарбахтарынан бырастыына икки муннугуттан ылан, оргууйдук Сыккый сирэйин арыйда. Уһун, акыгыр муҥутаан, хас да сиринэн бүгүллэ өҕүллэн, саҥата суох оҕотун одуулаан турбахтаата.

– Уһун эрэйдээх, саатар бэргэһэҕин устууй, оттон! – диэн дэлби ыстанна эмээхсин куолаһа.

Дарыбыан ибир да гыммата, турбахтаата, онтон аҥаар илиитинэн бэргэһэтин сыыйа тардан түһэрдэ. Турда.

Сыккый эрэйдээх сэбэрэтэ сымнаабыкка, нус барбыкка дылы. Хара уһун кыламаннара көҕөрүмтүйэ уолбут көмүскэтин түгэҕиттэн тэрбэһэн тахсан, кумааҕы курдук кубарыйа куурбут сирэйин сырдатарга, ордук туртатан көрдөрөргө дылылар. Оттон уҥа иэдэһигэр, ооккотун сыыһын аллараа сыҥааҕын үрдүгэр олохсуйбут сордоох ыарыы, ньуоска тилэҕин саҕа хара өһөх мэҥ буолан, хам сыстыбыт. Көстөр сиригэр биллибитэ ити эрэ…

Дарыбыан турда. Сыккыйын сыыһын сыллыан санаата. Таптыан, сүрэҕэр тутуон, сүһүөҕүн үрдүгэр сөһүргэстии түһүөн баҕарда… орто дойдуга бэйэтэ баарын умнан…

Суох, ол эрээри ол сатаммат. Кини эр киһи. Кыатаннаҕына табыллар. Кини бэйэтэ эрэ буолбатах эбээт. Кинини туора дьон көрөллөр ойоҕоһуттан. Бу эмээхсин хаһыытаан сөҥөдүйүө. Оҕолоругар кэпсиэхтэрэ кини, аҕаларын, туһунан. Уонна… уонна бу ийэлэрэ… Балаайа олороохтоотоҕо. Кытаатыахха, кыатаныахха наада.

Дарыбыан саннын хамсаппакка эрэ, көхсүн иһигэр кылгастык үөһэ тыынан ылла. Атыл аҥаарын оҥорон, Балаайатын санныгар илиитин уурда, көһүүн, модьу тарбахтарынан хам тутан көрдө, мускуйда… онтон имэрийэн барда.

Балаайа, бачча тухары туттунан олорбут бэйэтэ, кыатаммата, бөтөн кэлэ-кэлэ, төлө биэртэлээн, ол аайы санна илгиэлээмэхтэнэн, олорбутун курдук олорон эрэ, хайдах эрэ сымнаан, наскыйан, иһигэр саҥа таһааран, ытаан сыҥсыйан киирэн бараахтаата.

Дарыбыан онтон эр ылла, көнө биэрдэ. Фельдшер эмээхсин өрүһүспүт курдук халаара түстэ:

– Бу күтүр өстөөх, аны… ойоҕун… Ыл эрэ, туруоххут дуо, уһун эрэйдээхтэр!.. Көлөлөөх кэллиҥ ини оттон?! – Дарыбыаны санныттан тардыалаата. – Таһааран көрөөхтөөҥ!

Дарыбыан хап-сабар бэргэһэтин төбөтүн оройугар саба аста, үтүлүгүн ылан икки бэгэччэгэр иилэ бырахта. Уонна төҥкөйөн, тобуктуу сыһа-сыһа, ороҥҥо сыһыары түһэн туран, чап-чараас былаачыйалаах өссө да көһүйэ илик киһини намылыппытынан түөһүгэр сыһыары тардан таһаарда.

Балаайа эрдэттэн хаалаан бэлэмнээбит хаһаайыстыбаннай суумкатын, ол-бу быстах малын үрдүгэр түһэн, булукунайбытынан бараахтаата.

– Месткомҥа этэн көрөөрүҥ – көмөлөһүөхтэрэ, тэрийсиэхтэрэ, уһун сордоохтор! Харчы биэриэхтээхтэр этэ, единэй буомас, – диэн хаһыытыы хаалла эмээхсиннэрэ, батыһан тахсан, хос аанын саба-саба.

Дарыбыан, чэҥ кыаһаан буолан баран, аҕылаан бэтиэхтии турар тоҥ ааны көхсүнэн үтүрүйэн аһыахча буолан иһэн, чугурус гынна, нөрүйбүтүнэн тохтуу биэрэн, турбахтаата, оҕотун диэки, кэргэнин диэки көрбөхтөөтө.

– С-сонун кэтэппэккэбит, баа-ара, оҕобор! – диэтэ, тыынын өрүсүһэ-өрүсүһэ.

– Ии, бээ, мин суорҕанна… – диэт, Балаайа хап-сабар имигэс баҕайытык, тутуурдарын муостаҕа тамнаат, фельдшер эмээхсини эккирэтэн көрүдүөр уһугун диэки сүүрэн тарыкынайда.

Сыккыйдарын суорҕанынан суулаан таһааран, күөгэччи тэлгэммит от үрдүгэр Дарыбыан олбох оҥостор таба тэллэҕин кэлтэкэтин быраҕан, онно уурдулар. Көлөлөрүн эргилиннэри тардан, чигди устун хаамтарбахтаан иһэн, Дарыбыан тохтуу биэрдэ.

– Бэ-эр-рэ, ар-рааһа, биһи сыыстардыбыт ээ, Баллаайа-а, – диэтэ Куоҕай уонна, оҕотун көтөҕөн ылан, сыарҕаны кэлин өттүнэн эргийэ хааман, төбөтүн атах диэки хайыһыннара уурда. – Маннык этэ буолбат дуо?

– Ээ, ким билэр, оннук ини, – диэтэ Балаайа сэниэтэ суох.

Биирдэстэрэ сыарҕа иннигэр – оҕотун атаҕар, биирдэстэрэ сыарҕа атах өттүгэр – оҕотун төбөтүн диэки буолан, массыына тэпсибит суолун аҥаар эҥэрин тутуһан, аллара бөһүөлэк диэки саҥата-иҥэтэ суох хаамтаран санньыҥнаттылар.

Куоҕай уһун сыҥааҕын түөһүгэр түһэрэн, утуктуох курдук буолан истэ. Буолумуна. Оҕолоро бэргиэҕиттэн ыла хас-хас түүн утуйбата буолла. Түүнүн наар бэйэтэ ыарыылаата. Балаайа хайаан барытын тулуйаахтыай – күнүс да сылдьарыгар сөп. Хата, дьукаахтара Мотуруос барахсан абыраата, барыга-бары илии-атах, көмөлтө буолан. Хас да күн хотон үлэтин наар соҕотоҕун кини көрөн туораталаата. Киһи үчүгэйэ диэн, көр, итинник. Дарыбыаннаах, оҕолоох-уруулаах ыал, бэйэлэрин нэһиилэ көрүнэр бэйэлэрэ киниэхэ туох көмөлөөх буолаахтыахтарай? Дьиэ тас үлэтин эр киһи быһыытынан Дарыбыан сүгэн эрдэҕэ. Ол диэхтээн!..

Бу иһэн Куоҕай Дарыбыан биир суолу өйдөөн, ол санаатыттан соһуйан, мэктиэтигэр ходьох гына түстэ. Бу өйдөөтөҕүнэ, оҕолорун ханна кистииллэрэй?.. Хайа, иэдээн төрдө манна сытар эбит буолбаат! Мааҕыттан хайдах бу туһунан санаан көрбөтөҕөй?

Маннааҕы киһилэрин уҥуоҕар миэстэ баранан, айдаан буолта икки сыл буолла. Советтар бу хоту Холгума сайылык илин билиитигэр саҥа томтор анаабыт сурахтара иһиллибитэ да, дьон онно тахсыбат. Сорох ыраах диир, сорох кыараҕаһын, сирэ намыһаҕын сирбит аатырар. Онон икки сылтан бэттэх түөрт-биэс киһи көмүлүннэҕэ буолуо да, барыларын күүстэринэн эргэ киһи уҥуоҕар таһаартаатылар. Ол аайы барытыгар айдаан, иирсээн.

Өлүү эбит, доҕоор. Дарыбыан эмиэ иирсиэх бэйэтэ дуу? Совет сири эргэ киһи уҥуоҕар биэрэрэ суох. Уонна, арба, сир дьэ тэс гына эһиннэ дэһэн эрэллэрэ үнүр дьон. Аны көҥүллээбиттэрин да иһин, сөрүө саҕа сири онно булбаккын. Саамай тиһэҕин соторутааҕыта биригэдьиир Түмэппий кырдьаҕас ийэтин таһаарбыт этэ. Кимтэн да көҥүлэ суох, эмиэ күүһүнэн. Тойоттор бэйэлэрин уураахтарын бэйэлэрэ толорботтор диэн, ону дьон бэркэ саҥараллар. Ээ, ол хас киһи тыла диэн…

Дьиэлэригэр улахан кыыстарын аннынааҕы уоллаах кыыстара, киэһээҥҥи сменаҕа үөрэнэн кэлэн, муннукка-ханныкка дьылы буола сылдьаахтыыллар. Мотуруос, үлэтиттэн эрдэ киирэн, күөс буһарбыт, чэй оргуппутт. Күнүһүн үксүн дьар курдук тымныы дьиэ итийэн бырылаабыт. Тас өттүлэрэ муус ууруулаах ис таас түннүктэр, урут биир эмэ киэһэ суунар бэйэлэрэ, бүгүн номнуо кырыалара ууллан, үөһээ өттүлэрэ хараара килэдийэн эрэллэр. Таһынааҕы ыаллартан хас да киһи кииртэлээн тахсыталаатылар. Сүбэ-ама, тыл-өс буолбута буоллулар.

Мотуруос икки улахан кыыстыын көмөлөөннөр имики-ньимики остуол тартылар. Балаайа, туохха да ис буолбакка, биир кэм ньырылыы сылдьар алта-сэттэ ыйдаах оҕотугар, сотору-сотору былаатын муннугунан муннун соттон ыла-ыла, хапсыйан хаалбыт эмиийин соппойбохтотто.

Уку-сакы буолан, бары аһаан эрдэхтэринэ, Балаайа хаҥас диэкиттэн биир иһит испиири аҕалан, саҥата суох Дарыбыан иннигэр лис гына ууран кэбистэ. Куоҕай, икки илиитэ босхо баран, салыбырыы түстэ, онтун ханна гыныан булбатах курдук мөҕүһүннэрбитинэн остуолун кытыытын сууралаамахтаата, тарбахтарын сүүрдэн бытыылкатын үөһэ-аллара имэрийбэхтээтэ, икки дьабалдьыта тардыалаан, аллараа уоһа тэллэстэн, сирэйин этэ түрдэстэн тахсан хараҕын ыйааһыннары ыган барда, санна богдьойдор богдьойон, хону-хоноҕор бэйэтэ кыччаан түүрүллэн истэ.

– Оҕом сыыһа! – силигэр бөтө-бөтө, синньээн хаалбыт куолаһынан нэһиилэ ыган таһаараат, кэргэнин бэйэтигэр сыһыары тардан ылла.

Онтон икки илиитинэн бытыылка моонньун бобо тутан, харытыгар сүүһүнэн умса түһэн олорон, улаханнык муннун тыаһатан, кирдиэхтии-кирдиэхтии, үөһэ-аллара тыыммахтаата, силин ыйыстан санна ходьоҥноомохтоото… Ол олорон, эмискэ бытыылкатын эгдэс гыннаран өрө көтөҕөөт, эргичис гынан туран кэллэ уонна, сиэҕинэн хараҕын сотто-сотто, оһох хаҥас өттүн диэки хааман баадыйалаата.

Балаайа барахсан… Урут Дарыбыан биир эмэ ытыгылыыр киһитин маанылаары гыннаҕына быһа китиэ-хатаа буолар бэйэтэ, аһыы-аба күнүгэр сымнаан, өһүллэн биэрэр буоллаҕа. Оҕом сыыһа! Ити курдук бэйэ-бэйэбитин өйдөһөн, хардарыта түөкэйдэһэн, өйөһөн-убаһан, бачча киһи-хара, ыал-дьон буолан кэллэхпит.

Итинник саныы-саныы, Дарыбыан түгэҕэр эрэ хаалбыт уулаах мас уһааттан муус уутунан испиирин аҥаарын уулаан, кэҥээн, холкутуйан остуолугар кэллэ.

– Һыллыай, Маасаа! Утуйуоҥ иннинэ уһааккар мууста киллэрэн, анньан кэбиһээр, – диэтэ бэһис кылааска үөрэнэр кыыһыгар көнньүөрбүт куолаһынан.

Үрүүмкэ баран аҕалтаата – мааныга туттар атахтаах улахан бакаалларын. Биир үрүүмкэ түгэҕэр арыгы кутан илдьэн, уотун күөдьүппэхтээн баран, уотугар ас биэрдэ, тугу-тугу эрэ ботугурууруттан остуол дьоно «күлүккүн быһа хаампыт буруйум-сэмэм» диэни истэн хааллылар.

Бары да кэҥээбит курдук буолан, аһаан ону-маны кэпсэтэн бардылар. Чэпчэки үтүө майгылаах, элбэх саҥалаах Мотуруос ол-бу кэпсэтии быыһыгар, бэйэтэ бэйэтигэр этэр курдук, биири үрүт-үөһэ хатылыы олордо,

– Оҕом, хата, сынньанаахтаатаҕа. Син киһи буолаахтыа суоҕа этэ – ити айылаах буолан баран.

Ортолуу аһаан иһэн, соччо саҥарбакка-иҥэрбэккэ олорбут Балаайа тыл бырахта:

– Доҕоор, аһаан бараҥҥын, мантан киэһэ баран үлэһит көрдөһөн көрөрүҥ дуу? Хайа, сарсыарда дьон баран-кэлэн хаалыахтара.

Куоҕай этэ дьар гына түстэ – ханна кистиэх бэйэлэрэй оҕолорун? Суол тыыран саҥа сиргэ таһаарыах бэйэккэтэ дуу?.. Дарыбыан санаатыттан бэйэтэ куттанна. Ити туһунан бу киэһэ манна кэпсэтиэн да салынна.

– Ээ, оттон, эстэлээрдэргэ бара сырыттаҕыҥ дии. Оҕо маһын сыыһын оҥорон биэрэллэр ини, өр буолуо дуо, – Мотуруос, Дарыбыан муммут-тэммит курдук олорорун иһин, сүбэ буола сатаата.

Дарыбыаннара саҥаран быстыбат, иҥиэттэн кэбистэ.

– Буоругар… Дарыбыан оҕонньорго бара сылдьарыҥ дуу? – ырыых-ыраах ханна эрэ уу түгэҕэр иһиллэр курдук, Балаайа куолаһа намылыйар.

Чэ, ити баар! Аны миэстэни эрэ ыйыталлара хаалла… Суох, хайаан да бу киэһэ, Балаайа дуу, эбэтэр кини буолбатаҕына, Мотуруос хайаан даҕаны, итини ыйыталлар. Саҥата суох хаалаллара суох. Ыыра ыйыталлар! Куоҕай хаһыытыан санаата: «Саҥарбаҥ! Миигин мискийимэҥ!» Ол гынан баран, сүрэ бэрт, кыатаныахха. Кыатаныахха!

– Ол, эстэлээрдэргэ бэстэрэ суох буолуо… Мастааҕа буоллар Онотуолуй уол оҥорон биэриэ этэ, – Дарыбыан буор үлэтиттэн кэпсэтиини тэйитэ сатаата.

– Дьонтон көрдөстөҕүҥ дии. Бырадабыас бүтүн дүлүҥүнэн таһаарбыт сурахтааҕа бу күһүн өрүстэн, – Мотуруос кэпсэтиигэ сыста түһэн истэ.

– Ханна кистиибит… оҕобутун?

Ити баар! Саҥата суох олорон бэрт кини! Туох ааттаах бу киэһэ өйдөөҕүмсүйэн хаалбыт дьахтарый ити?

– Ханна диэн, эргэ уҥуохха таһаарыаххыт буоллаҕа дии. Бу дьүһүннээх киһиэхэ миэстэ көстөө ини, доҕор! – Мотуруос барахсан быһыта түһэн иҥнигэһэ-толлугаһа суох быһаарталаан иһэр буоллаҕа, хор. – Бостуой саҥа томторго сананымаҥ даҕаны, оҕолоох-уруулаах, ньыра дьон баран.

– Ким билэр, доҕоор… дьон биһигинньиктэрэ…

– Уон араас буолбатыннар! – Мотуруос Балаайаны быһа түстэ. – Уураах таһааралларыгар бэртэр, бэйэлэригэр туһаайдаҕына бэрэбинэ күлүгэр саһаллар. Барыта эһиги иннигит буолан истэҕэй? Хайа, оттон, уураах таһааран баран, Сэбиэт тойоммут бэйэтинэн сорох дьоҥҥо көҥүллүүрэ дии – былырыыҥҥа диэри. Бэйи, тохтуо эбээт, мин даҕаны дьокутааппын… Аны- аныаха диэри дьон талымастыырдаахтар баҕастаахтар! Ыыра саҥа томтору бааһырда сананымаҥ! Дарыбыан, ону өйдөө!

Этиһэр баара буоллар, Мотуруос, арааһа, этиһиэ эбит. Бэлиэр айдаан буолаары гынна. Буолар буолла… Айдаарбатах киһи баар ини. Дарыбыан саамай абааһы көрөрө этиһии, иирсээн. Ол да буоллар Мотуруос, хор, бэркэ өрүһүйдэ. Дарыбыан балачча чэпчээтэ. Бүгүн эрэ мискийбэтин ити кэпсэтии. Сарсын туох-ханнык буолар. Баҕар, Сэбиэт эргэ уҥуохха көҥүллүөҕэ.

Куоҕай сатыы бөһүөлэги кэрийэн, наадатын ситэн баран, ыкса киэһэ биригэдьиирэ Түмэппий Муохан дьиэтигэр баран истэ. Сарсын-өйүүн ынах аһатар киһини булан, солбуйдаҕына табыллар. Ону эрдэ биллэрэн кэбиспит ордук.

Сырыыта бэркэ табылынна. Дьоҥҥо эйэлээх буолар диэн итинник. Бырадабыас Максим тыы эҥэрэ гынаары бэлэмнээбит хаптаһынын биэриэх буолла, атын сиртэн кураанах бэһи кыайан булбаккын. Уус Анатолий оҕотун ис маһын эбиэттэн киэһэ оҥоруох буолла. Тас маһыгар сөптөөх, үчүгэй харбыыска баар сирин ыйан биэрдэ. Дарыбыан оҕонньор көмөлөһөргө эмиэ сөбүлэстэ. Оҕонньор сааһа алта уончата да, эдэр Дарыбыантан итэҕэс үлэлээбэтэ биллэр – искэл, чокуур курдук. Сирэйэ мылаҕарын, сүүһэ үрдүгүн иһин дьон кинини Малах Дарыбыан диэн ааттыыллар. Баҕар, Дарыбыаннар иккиэ буоланнар, араараары итинник ааттыыллара буолуо. Кинини Куоҕас дииллэрин Дарыбыан эмиэ билэр. Өһүргэммэт.

Биригэдьиирин дьиэтигэр киирбитэ, Түмэппий аан хоско дьыбааҥҥа тиэрэ түһэн хаһыат ааҕа сытар эбит, ачыкы кэппит. Хаһыатын, илиитин уунуоҕунан уунан, хараҕыттан ыраах тута сытар.

салгыытын «Чолбон» сурунаал 2024 сыл атырдьах ыйынааҕы нүөмэригэр ааҕыҥ.

Василий Яковлев