Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Ыстатыйалар » КҮӨХ СУЛУСКА АЙАН

КҮӨХ СУЛУСКА АЙАН


(Борис Павлов–Кэм хоһоонноругар бэлиэтээһиннэр)

Борис Иванович Пав­лов–Кэм уус-уран айымньыларын сөбүлээн ааҕабын. Хоһооно хомоҕой, кэп­сээнэ тол­куйдатар. Бу суруйуубар кини ордук табыллыбыт хоһоонноругар тирэҕирэн бэлиэ уобарастары кэтээн көрүөхпүт, үтүө өрүттэрин сэгэтиэхпит.

Кырдьык

Борис Павлов, мин санаабар, кимиэхэ да майгыннаабат туспа истииллээх хоһоонноро «Дьолуо» уонна «Саха сүрэҕэ» кинигэлэригэр бэчээттэммиттэрэ. Киһи дууһатын кылын таарыйар хоһоонноро ардыгар сибигинэйии, сороҕор судургу күннээҕи кэпсэтии курдук, быыһыгар өрө күүрээннэнэн ылар ис интонациялаахтык суруллубуттар. Мин ааптары аргыый аҕай сылдьан тугу эрэ көрдүүр айанньыт курдук көрөбүн. Тыыппалаах тылы, кэрэтиттэн соһуйан киһи чөрөс гынар дорҕоонун, харах хайгыы көрөр көстүүлэрин, былыргы төрүттэрбит суолларын, аныгы ахсым кэм уратыларын уонна КЫРДЬЫГЫ. Кырдьык хорсун, мындыр дьон суохтуур уонна толлубакка көрдүүр категориялара. Кириитик Баһылай Бырдьахаанап этэн турар: «Литература үрдүүрэ-намтыыра икки суолтан тутулуктаах: биирэ – суруйааччы олох дириҥ Кырдьыгын бар дьон билиитигэр таһаарыахтаах, иккиһэ – ол кыларыйан турар Кырдьыгы «иитиллибит ийэ тылынан» истиҥник, итэҕэтиилээхтик ойуулаан көрдөрүөхтээх. Киһи (ааҕааччы, көрөөччү) ойууламмыт хартыына кырдьыгыттан (илэтиттэн, кэрэтиттэн) уонна саныыр санаа адьас уот харахха этиллибититтэн көрө сөҕөр-махтайар». Борис Павлов кини ити тылларыгар хоруйдуур тэҥэ «Бырдах» диэн хоһоонугар маннык субурҕалаах:

Поэт буолар кутталлаах даҕаны,

Араас күннэр-дьыллар үүнүөхтэрэ,

Барыаҥ дуо

         эн тиһэҕэр тиийэ

                         кырдьык туһугар?

Туруоҥ дуо

         тиһэҕэр тиийэ

                         мөккүөр уһугар? («Бырдах»)

Кырдьыгы турууласпыт айар аналлаахтары, суруйар идэлээхтэри өйдөөн кэлэр:

Алта уон кыраадыс

         тымныыга тоҥмотох

КЫРДЬЫК

Мин сүрэхпин уйадытта

         ыардык…         

                                         («Варлам Шаламов»)

Кырдьыгы көрдөөччүлэр олохторугар үксүгэр кэһэйэллэр, түһүү-тахсыы эҥэрдэнэллэр, туора көрүллэллэр. Көҥүл буолуу, дьиҥи этии толуга – үтүрүллүү, үөртэн үүрүллүү, сии-сэмэ ортотунан «ааттамматах аартыктарынан, суруллубатах суолларынан» сырыы.

Ньылаҥныыры, хаптаҥныыры,

                         бэт буолары сатаабат

буоллаххына эйигин атын дьылҕа кэтэһэр,

Ол эрэн БҮТҮН КЫРДЬЫК баара буолуо диэн

         киһи син биир эрэнэр… 

                                                        («Саахымат»)

Онтон Кырдьыгы ханнык тылынан көрдүүрүн кини маннык быһаарар:

Миэнэ

         тылларым барыта

                          сүрэхтэн,

Сып-сырдык,

         ып-ыраас,

                   сып-сылаас

«Ийэ сир» диэн

         үрэхтэн…                        («Билинии»)

Онон Борис Павлов кириитик Баһылай Бырдьахаанап критерийигэр толору сөп түбэһэр курдук: илэни, чахчыны суруйар уонна ийэ тылынан ааҕааччыга тиэрдэр.

Бэйиэт КЫРДЬЫГЫ көрдүүр айана хаһан саҕаламмытай?

Күөх сулуска айан

Хас киһи бу сиргэ олорор бэйэтэ

Тардыһар сулустаах буолуохтаах.

Ол киһи эдэркээн сүрэҕэ

Ыранан, баҕанан туолуохтаах.

         Оччоҕо ол сулус күөх уотун

         Долгутар дууһаҕар уматыа,

         Ыраахтан тырымныыр кыымнарын

         Эн сылаас сүрэххэр ыһыахтыа.

         …

         Эн тиийиэҥ күөх уокка хайаан да,

         Оччоҕо көрсүөҕэ эйигин саһарҕа…

                                         («Күөх сулуска айан»)

Бу хоһоону Борис 10-с кылааска сылдьан суруйбут. Кини аргыый дуу, аргыардаах дуу айана онтон саҕаланнаҕа. Кэлин Таатта айар талааннаах эдэр­кээн ыччатыныын «Араҥас сулус» бөлөххө түмсүбүттэрин, билигин бары литератураҕа биллэр-көстөр дьон буолбуттарын өйдөөн кэлэбин. Араҥас сулус. Эмиэ сулус.

Сулус Борис Павловка улахан суолталаах им бэлиэ (символ) буолбут диэххэ сөп. Сулус – айымньы, баҕа санаа, Кырдьык. 10-с кылаас үөрэнээччитэ суруйарыгар чопчута суох баҕа санаа буолуо, оттон олох олорон истэх аайы Кырдьыгы кэпсиир айымньыга кубулуйдаҕа.

Сүрэхтэн,

         дууһаттан,

                         ырыаттан,

Түүннэри-күннэри

         арахпат

                         тапталтан,

Төрөөбүт дойдуга

         ахтылҕан

                         күүһүттэн

Туох эмэ

         тыыппалаах

         иэйиини

                         силимнээн,

Хараҥа халлаантан

         биир сырдык

                         сулуһу илимнээн

Сирдээҕи олоххо

         махталбын

                         этээри

Мин эмиэ айаннаан

                         эрэбин…

                                                        («Айанньыт»)

Ол гынан баран бу айан халлааҥҥа баар сулуһу харбааһын буолбатах. Бу дойду киэҥ иэнинэн, куугун-хааҕын ортотунан чуор кулгаахтанан, кыраҕы харахтанан айан. Көлөтө да араас: сур ат, туос тыы, аныгы тимир тиэхиньикэ, ардыгар атах сыгынньах, оттон сороҕор көстүбэт кынаттанан… Ардыгар аргыстаах, үксүгэр соҕотох.

Аан дойду барыта

         туйах табыгырас

                         тыаһа,

Салгын иһэ куугун-хааҕын,

         абааһы саҥата,

                         күн ыаһаҕа,

Хантан эрэ ытыллыбыт ох

         куһууран ааһар,

Тыл-тылга,

         тимир-тимиргэ,

                         санаа-санааҕа

Балта курдук сааллар…

                                                        («Дьолуо»)

Борис Павлов киһи көрбөтүн көрөр, истибэтин истэр дьоҕурдаах. Ол көрбүтүн-истибитин ааҕааччыларга тиэрдэригэр, мин санаабар, үөһээ-аллараа эйгэлэртэн көҥүллээх буолуохтаах. Көҥүлэ суох кэпсии, тылы талбыт айбардыы сырыттахха, охсуулаах буолар. Итини мин олох чахчы диэн итэҕэйэбин. Ону барытын тулуйан этэҥҥэ ааһарга айанньыппытыгар күннэри-түүннэри үлэлиир харыс бэлиэлээх:

Олох олорор,

         дьолу оҥорор

                         күннэтэ түбүкпэр

Аҕыс айаны

         алдьаппакка

                         ааһар туһугар,

Тоҕус туһахха

         иҥнибэккэ этэҥҥэ

                         сылдьарбар

Араҥаччылаа миигин,

         харыс бэлиэм…            

                                                        («Харыс бэлиэ»)

Ардыгар санаа муунтуйар, сүрэх мунар, уу көтөр, туппута барыта ыһыллар-тоҕуллар кэмигэр бэйиэт эмиэ күөх сулуһун санаан ылар:

Халлааннааҕы сулуһум

атын планета эттигин кытта

                                         харсыспыта дуу…

                                                        («Уу көтүүтэ»)

Ити айаныгар Борис Павлов бэлиэтии көрбөтөҕө диэн суох курдук. Күн таҥыллыытын кэтиир, айылҕа уларыйыытын салгыбакка маныыр, очуос тааска кубулуйбут өбүгэлэрин көрөр, муора туманыгар симэлийэн сүппүттэри суохтуур…

«Этэрээт» диэн хоһоонугар суруйар:

Биһиги

         көтөбүт тэҥҥэ

                         былыттардыын,

Кэпсэтэбит

         ааһан иһэр айанньыт

                         тыаллардыын,

Көрсөбүт соҕурууттан

         дойдуларын ахтан

                         иһэр көтөрдөрдүүн,

Эҥээрдэһэбит

         хойутаан уһуктубут

                         сырдык сулустардыын…

                                                        («Этэрээт»)

Оттон айанньыппыт ардыгар ити араллаан быыһыгар чөкө туран кэрэни кэрэхсээн иһийэр уонна көрбүтүн-истибитин тылга тиһэн, сааһылаан бар дьонугар тиэрдэргэ дьулуһар.

Кэрэ

Кэрэ диэн тугуй? Харах хайгыы көрөрө, кул­гаах манньыйа истэрэ – барыта сүрэххэ тиийэрэ, долгутара, дуоһутара, үөрдэрэ, харыс үрдэтэрэ, толкуйдатара, саҥа кирбиилэргэ угуйара… Кэрэ баар дорҕооҥҥо, тыл суолтатыгар, тас көстүүгэ, киһи ис туругун гармониятыгар…

Кэрэни бэлиэтии көрдөҕүнэ, ааптар худуоһунньугу өйдөөн кэлэр, бу түгэни ойуу гынан үйэлэргэ хаалларыан баҕарар. Күн-дьыл солбуһуутун хатыламмат көстүүлэрин, бастакы хаары, күһүҥҥү туругу, сыарҕалаах ырыаны, дэгэрэҥ үҥкүүнү, сатыы олоҥхону, бэл, социальнай ситимҥэ тахсыбыт килбик мичээри…

Алы гын, Айылҕа,

         мин иҥсэбиттэн,

Бииртэн биир

         кэрэни кэрэхсиирбиттэн…

                                                        («Түгэн»)

Кэрэ угуйар. Кэрэ хоһоон, ырыа буолан тарҕанар.

Оттон хоһоон бэйэтэ, мин санаабар, эмиэ кэрэ буолуохтаах. Хоһоон кэрэтин-кэрэмэһин хантан билэбит? Учуонай Надежда Покатилова этэринэн, «саха поэзията Кулаковскай кэнниттэн икки утаҕын батан сайдар: маҥнайгыта норуот хоһоонун дьиҥ төрүт аллитерационнай форматын тутуһуу, туругурдуу суола («путь Кулаковского») уонна иккиһэ – атын омук айар олугар хабааттар, тардыһар суол» (Баһылай Бар­дьахаанап этиитэ).

Борис Павлов хоһоонноро иккис суолу тутуһаллар. Ол, биллэн турар, буруй буолбатах, хоһоону мөлтөтөр диир табыллыбат. Бырдьахаанап даҕаны ити суолунан барар сыыһа диэбэт. Итинник истииллээх бэйиэттэри кини сүрүн хайысхаларынан адьас уу сахалыы буолбатахтар диир.

Борис Павлов биир уратыта – хоһооннорун киэбэ. Сүһүөх ахсааныгар хаайтарбат, ол гынан баран силлабикалыы суруйууга тыл дэгэтэ, рифма үгүс хоһоонноругар баар. Үөһэ холобур аҕалбыт субурҕаларбар бааллар: туһугар-уһугар, кырдьык-ыардык, сүрэхтэн-үрэхтэн, силимнээн-илимнээн, нүһэр-түһэр… Рифма хоһоон ааҕыллыытын сааһылыыр, сөптөөх тэтими биэрэр, иһиллиитин да тупсарар, ис хоһооно да өйдөнүүтүн чуолкайдыыр дии саныыбын. Ол гынан баран, рифмалаах эрэ хоһоон барыта кэрэ буолбатах. Саха аллитерациялыыр ньымата син биир дэҥҥэ да буоллар ааптарбытыгар тахсан кэлэр. Холобур:

Салгын сыттанна…

Саҕах кытарда…

Сай саҕаланна…

                                                        («Дьолуо»)

эбэтэр:

…Куһаҕаҥҥын диэн куолулаабакка,

Мөкүгүн диэн мөхпөккө…

                                         («Байҕал алгыһа»)

Туруору, сытыары аллитерация. Эмиэ кэрэ. Кэрэ дорҕоон. Үтүө санаа.

Борис Павлов хоһооннорун субурҕалыыр ньымата адьас атын. Уһун-кылгас, быстаҕас, кирилиэстии. Ити өттүнэн миэхэ нуучча бэйиэтин Маяковскайы санатар:

… если звезды зажигают –

значит – это кому-нибудь нужно?

Значит – это необходимо,

чтобы каждый вечер

над крышами

загоралась хоть одна звезда?!

                                                        («Послушайте!»)

Маяковскай хоһоону итинник ньыманан субурҕалааһын сөптөөх тэтиминэн ааҕарга ыйынньык уонна санаата өйдөнүмтүө буоларын ситиһэргэ дьулуһуу диэн быһаарбыттаах. Бэйиэт да оннук санааттан субурҕаларын бысталаатаҕа.

Борис Павлов хоһооннорун олоҕо верлибр (свободный стих) диэтэхпинэ, сыыһарым дуу, сыыс­патым дуу? Верлибргэ кини рифманы да кыбытан ылар уонна саамай уратыта – кири­лиэстиир. Оттон верлибринэн суруйууга саамай кыахтаахтар, бэйэлэригэр эрэллээхтэр ылсаллар диэн өйдүүбүн.

Таптал

Аан дойду кэрэтэ барыта ТАПТАЛТАН айыллан тахсар. Борис Павлов хоһоонноро бары тапталынан толорулар. Ол хайаан да уҥа-таала уһуутуур таптал буолбатах. Дьоһун тылынан этиллэр Ийэ дойдуга таптал, аһынар-харыһыйар тыллаах бар дьоҥҥо амарах таптал уонна «таптыыбын» диэн тылы туттубакка таайтаран этиллэр холоонноох доҕорго, кэргэҥҥэ таптал.

Бэйиэт Аан дойдуну үөһэнэн-алларанан кэрийэр сындылҕаннаах сырыытыгар ааспат-арахпат санаата – төрүт буора, төрөппүт тапталын билбит, оҕо буолан оонньообут, күөх окко күөлэһийбит төрөөбүт дой­дута:

Ол эрэн баар эбит бу орто дойдуга

Ханна да хамсаабат үс көмүс өйдөбүл:

Ийэ буор. Ахтылҕан. Өбүгэ кэриэһэ,

Норуотуҥ хаан тардар быстыбат силиһэ.

                         («Алаһа дьиэтиттэн арааран…»)

Онно бааллар «күөх унаар буруолаах ыаллар», оҕо саас доҕотторо, ардахтан үөрбүт алаас, сөрүүн суорат амтаннаах, киэһээҥҥи түптэ сыттаах бастакы тыллар, ырыалар, сарыаллар…

Саха сиригэр төрөөбүтүттэн бэйиэт дьылҕатыгар махтанар. Бу дойду олохтоохторун барыларын ааптар таптыыр уонна дьоллоох буолуохтарын баҕарар.

Оттон саха дьоло туохханый?

Төгүрүк алаас.

         Чөҥөрө күөл.

Ол үрдүгэр

         балаҕан турар.

Манна сайын тахсан

         Хабырылла

Сырдыгы хараҥаттан

         харабыллыыр.

Онтон эмээхсинэ

         Ааныстыыр

Күн аайы алаадьы

         астыыр…                        

                                                        («Хабырылла»)

Наһаа иһирэх көстүү. Саха төрүт олоҕо – саха дьоло. Наһаа истиҥ уобарастар: сырдыгы хараҥаттан харабыллыыр Харабылла уонна айыыларга алаадьы астыыр Ааныстыыр… Кинилэртэн тутулуктаах эбит саха дьонун дьоло! Бэйиэт кинилэри кытта тэҥҥэ үлэлэһэр, көрдөһөр:

Мин көрдөһүүбүн –

                                         иһит

Бу сиргэ хаама сылдьар дьоннор

Дьоллоох буолаллара буоллар…

                         («Хаар хаачыргыыр – кыһын»)

Оттон дьахтарга таптал – ыал буолуу, чуумпу дьолу төрөтүү. Борис Павлов ити тиэмэни сэрэнэн-сэрэнэн, үлтүрүппэтэрбин диэх курдук таарыйар:

Сүрэх күн курдук

         уота хаһан да

                         умуллубат,

Икки атахтаах тапталы

         ханна эрэ илдьиэх курдук

                         мунньарын кубулуппат.

                         («Аттыбар эн баарыҥ буоллар»)

Тапталлаахтар биир өйүнэн-санаанан бииргэ буолаллар, буруо таһаараллар. Кинилэр олохторо сэмэй, чуумпу, таһыттан үргүөрү киллэрбэт гына көмүс ньээкэ уйаларын харыстыыллар.

Сүүрүк хоту, долгун хоту

Олох устун устуохпут,

Кэлэр кэмтэн алгыс

                         көрдүү

Илиибитин уунуохпут…

                                         («Аалыы алтан биһилэх»)

Эбэтэр:

Биһиги олоруохпут

         Аан дойдуну кытта

                         атааннаспакка,

Баары кытта сүрэхтиин

         сөпсөһөн,

Холумтан иһигэр

         күөдьүйэр

                         уоттан

Чуумпу дьолу төрөтөн…

                                                        («Чуумпу дьол»)

Чуумпу дьол – бэйиэт идеала, биир сүрүн сыаннаһа.

Кэм кырдьыга

Борис Павлов Кэм диэн псевдонимнаах. Ити тылы мээнэ талан ылбатаҕа чахчы. «Бэйэм кэммэр командировка», «Кэмҥин түһэн биэримэ», «90-с хаҕыс тыаллаах сыллартан…» диэн кинигэлэрин өйдөөн кэлэбин. Кини көлүөнэтэ 90-с сылларга атаҕар турбут, хамнаһа суох үлэлээбит, ыал буолбут, оҕо төрөппүт, эмискэ кэлбит көҥүлтэн өрүкүйэ, кинигэ-хаһыат бөҕө аахпыт, билбититтэн соһуйа, аһаҕастык кэпсэппит уонна КЫРДЬЫГЫ хайдах баарынан эппит. Судаарыстыба тутула уларыйыыта сир-халлаан түҥнэстэригэр хабааннаах буоллаҕа. Кырдьык диэбитиҥ сымыйа буолан тахсара манан дьыала буолбатах. Сыаннас уларыйыыта, киһи кимэ-туга арыллыыта маннык түгэннэргэ үөскүүр.

Аан дойду аана тэлэччи

         аһыллыбыт

                         курдуга,

Көҥүл уон араас өҥүнэн

         угуйара,

Өйү өрүкүтэн,

         сүрэҕи долгутан

Гитара тыаһа сулуйара…

                                         («Көлүөнэм дьонугар»)

Ол кэмнээҕи доҕотторун, «киһи дэтэр аат туһугар кыргыһыыттан кыайыылаах тахсыбыттары», кини билигин суохтуур:

Оо, куорат!

Ханна тарҕаппыккыный доҕотторбун?..

                                                        («Куорат»)

Кэм уларыйдаҕа… Ол 90-с сыллар хаҕыстарын билигин тыллаах эрэ барыта билэр курдук. Оччолорго ыал буолбуттар сиэннэрэ сотору умнуохтара. Ол кэми умуннарбат, уратытын тиэрдэр суруйааччылартан биирдэстэрэ Борис Павлов–Кэм буолар. Доҕотторун кытта көрсөн, ону-маны сэлэһэллэр: умнуллубат эдэр сааһы, бүгүҥҥү олоҕу… Ол доҕотторо кимнээҕий?

Миэнэ доҕотторум:

Тыал, гитара уонна эн…

                                                        («Доҕотторбор»)

Эн диэн ким баҕарар буолуон сөп. Гитара диэн эдэр саас дорҕооно. Оттон тыал?

Тыал – тыл

Билэҕин дуо, хантан

         саҕаланарый тыал?

Онно үөскээбит дииллэр

         саамай бастакы тыл.

                                                        («Билэҕин дуо?»)

Бэйиэт бу соһуччу этиитэ физика да сокуонунан дакаастаммыт көстүү. Тыал араас дорҕоону үөскэтэр да, ыраахтан аҕалар да эбит.

Үйэлэри уҥуордаабыт дорҕооннору

                                                        бэйиэт истэр:

Баай күөлтэн – Баараҕай байҕалтан

Оһуохай ырыата саймааран иһиллэр,

Эбэбит тиэрдибит үйэлээх алгыһа

Тыл буолан бииртэн биир тиһиллэр.

                                         («Байҕал алгыһа»)

Дорҕоонтон тыл тахсар. Киһини киһи оҥорбут, кыылтан араарбыт тыл. Сэттэ суолталаах, аҕыс кырыылаах, ардыгар айдааны-алдьархайы аҕалар, сороҕор или-эйэни түстүүр ТЫЛ.

Өссө дорҕоонтон музыка төрүүр. Тылы кытта музыка холбостоҕуна, күүстээх энергия үөскүүр.

Сүгүрүйэбин

         эйиэхэ

                         Айылҕа,

Долгуйа тыынар

                         Сир ийэ,

Олох

         быстыбакка

                         салҕанар

Хаһан да

         бүппэт

                         СИМФОНИЯ!

                                («Бүлүү эбэ туһунан блюз»)

Киһи кырдьар, мал алдьанар, оттон үчүгэйдик таҥыллан сүрэххэ сөҥмүт дорҕоон – музыка – үйэлэргэ тыыннаах. Тыал баарын тухары…

Тыалтан, дорҕоонтон саҕыллан тахсыбыт тыллары наардаан, сааһылаан бэйиэт хоһооннорун оҥорон таһаарар. Хоһоону айан таһаарыы – ураты дьоҕур, филигранныы маастарыстыба, искусство. Дорҕоон, тыл, сүһүөх – бары оннуларын булуохтаахтар. Ис санаа этиллиитэ киһини сэҥээрдиэхтээх, соһутуохтаах, долгутуохтаах.

Аны билигин аан дойду бэйиэттэрин уонна музыканнарын араҥаччылыыр сир-халлаан икки ардынан көтө сылдьар кынаттаах аты Пегаһы өйдүөҕүҥ. Кинини тутан миинэр ыарахан. Ити көҥүлү сөбүлүүр ат хаппырыыс иэйии бэлиэтэ. Кынаттаах акка олордоххуна, үйэлэри уҥуордуур айымньылары айыаххын сөп.

Дьөһөгөй Айыылаах саха айар талааннаахтара сылгы уобараһын эмиэ элбэхтэ тутталлар. Сылгы Борис Павлов үгүс хоһоонугар көстөр. Ол курдук бастакы миинэр миҥэтэ – талах ат.

Мин эһэм оҕонньор аһынан

         талах ат оҥорон биэрбитэ,

Олоххор эн эмиэ кынаттаах

         көтүтүөҥ диэбитэ…

                                                        («Барахсан!»)

Оччотооҕу кыра-хара уолчаан мас ата сотору кэминэн кулунчукка кубулуйан бастакы хардыыларын оҥорон үнүөхтээбитэ. Онтон сылгы үөрүн үөдүтэн таһаарбыта. Онтукалара санаа буолан көччүйбүттэрэ, ырыа буолан мэччийбиттэрэ, ыра буолан ыанньыйбыттара.

Күһүн буолуо, хаһыҥ түһүө

Көрдүү барыам аттарбын,

Алаастары кэрийиэм,

Үрэхтэри өҥөйүөм,

Санааларбын сылгылыам,

Толкуйдарбын хомуйуом,

Ырыа гынан ыскайдыам,

Хоһоон гынан хоһуйуом.

                         («Доҕотторум-сылгыларым»)

Ардыгар эр бэрдэ уонна сур соноҕос биир кэлим буолан, биир тылланан, биир кымньыыланан, мэник санааны мэҥэстэн сиринэн-халлаанынан харса суох ойуталлар, тыалы кытта сырсаллар, тыл арааһын булан хаһааналлар. Ол курдук «Тыл күүһэ» диэн хоһоонугар бэйиэт булбут тылларын маннык сааһылыыр: хаҕыс тыл, эмньик тыл, сырдык тыл, аһыныгас тыл, доҕор-атас тыла, кэрэ тыл, кэс тыл, балта тыл, андаҕар тыл…

Итиччэ элбэх тыл арааһа туохха нааданый? Ол өйдөнөр. Кырдьыгы буларга, Кырдьыгы этэргэ. Баһылай Бырдьахаанап олоҕу кырдьыктаахтык көрдөрүү хас суруйааччы иннигэр турар ирдэбил диир: «Литература – айсберг. Көстөр-көстүбэт өрүттэрдээх. Көстөр өттө – айымньы, көстүбэт өттө – айымньыга сыһыан. Айымньы уларыйбат, киниэхэ сыһыан уларыйар. Мөккүө-рү, кэпсэтиини ол таһаарар». Онон айымньыга сыһыан араас буолан араас санаа этиллэр.

Оттон Борис Павлов–Кэм Күөх сулуска айана салҕанар. Күөх сулус – Кырдьык. Эмиэ Маяков­скайы санаан кэллэххэ, сулустар хайаан да баар буолуохтаахтар.

Светлана Винокурова-Сырдаана

Чолбон. – 2024. – олунньу ый