Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Проза » Өймөкөөн тыатыгар

Өймөкөөн тыатыгар


(Кэпсээн)

Сунтаар хайатын хотугу тэллэҕэр киэҥ сиринэн далаан сабардыы сытар Өймөкөөн дэхси намтала халыҥ хаар суорҕанынан бүрүллэн сынньаммыттыы иһийэ сытарга дылы.

Кыһыҥҥы кылгас күн. Болоорхой халлааҥҥа өлбөөркөй күн саһарар. Ыраах турар таас хайа туһунан силлиэ быстыбакка онолуйар. Ардыгар тымныыны тулуйумуна өрүс мууһа тостон лоһугураан ылаттыыр, сиҥнибит муус күрүлүүр. Сөп буола-буола тииттэр, тэтиҥнэр үөһээҥи намчы лабаалара уохтаах чысхааннаах тымныыттан, күһүҥҥүттэн мустан сүгүллүбүт хаар баттааһынын уйумуна, тостон, аллараа лабаалары таарыйан хаардарын түһэрэн, улам хойдон, ыараан сиргэ куккуруу тохтоллор.

Оо, бу үлүгэрдээх дьулаан тымныыга туох көтөрө-сүүрэрэ чугас эргин көстүө буоллаҕай? Тыыннаах харамай барыта халыҥ хаар анныгар чөкө түһэн иһийэ сыттаҕа.

Маннык тумарык тымныыга арай булчут киһи түбүгэ үксүүр. кэлэрэ-барара элбиир: түүлээх түүтүн кылаана тупсар-ситэр, халыҥ хаарынан хаххаланан иитиллибит капкааннар, сохсолор бэргэнник эстэллэр, кулгааҕынан истэрэ, муннунан сыты ылара, суоһуур кутталтан сэрэнэр идэтэ биллэрдик мөлтүүр. Дьэ оччоҕо, булчут сынньанары билбэккэ, олоро түһэри умнан күннэри-түүннэри түбүгүрэр.

Совхоз булчута Киристэпиэл Лебедев бултуур сирин кэҥэтинээри, үс табаны көлүнэн, иккини көтөллөнөи, сыарҕатыгар балаакка тимир оһох тиэнэн, хайа үрэҕинэн уҥуор-маҥаар туораан, тоҥуу хаары тэлэн айаннаан кудулутан истэ. Кини сөп буола-буола табаларын тохтотон хаарга суруллубут суолу-ииһи кыраҕы харахтарынан сирийэн үөрэтэр. Ардыгар сайыҥҥы таба тыһынан саталлаахтык бүрүллүбүт чэпчэки кэтит хайыһарын анньынан, тыаҕа улахан тоҕоостоох сирдэргэ туһах баайталыыр, капкаан, сохсо туруортуур.

Кини хонор сиригэр сөпкө тиийэ охсон балааккатын тииринэн, мас мастаан тимир оһоҕун ойтон сылааска сынньанаары табаларын киксэрэн суһаллык айанныыр. Ол иһэн, маҥан дэхси хаар ньууруттан быган, булт саатын уоһа хараара-килбэйэн турарыгар хараҕа хатанна.

– Хайа, бу тугуй? – диэн иһиллэр-иһиллибэттик ботугураан ылла. – Бу үрэххэ эмиэ хантан ким саата-саадаҕа кэллэҕэй?

Бэркэ дьиктиргии саныы-саныы табаларын хорус гына тохтотто, наартатыттан ойон туран халыҥ хаары кэһэн бодоолоон тиийэн, сааны уоһуттан бобо харбаан, сулбу ороон таһаарда. Икки уостаах булт саатын кытары холбуу бааллыбыт эргэ рюкзак оронон соһуллан таҕыста.

– Бу дойдуга ким сылдьан, туохха түбэспит буолуон сөбүй? Саатын рюкзагар кичэллээхтик кыһаллан-мүһэллэн холбуу баайбыт буола-буола, – дии санаамахтыы туран, Киристэпиэл рюкзак түгэҕэр хам тоҥмут, кытыыларыгар муус кыаһаан буолбут бытархай өрүс таастарын одууласта. Бу рюкзак хаар түһүөн иннинэ, күһүн сир харатыгар манна хаалларыллыбыта саарбаҕа суох. Рюкзагы көтөхпүтэ – иһит-хомуос кылырҕаан тыаһыыр.

Булчут киһи, ону-маны эрийэ баттаан саныы, өйүгэр киллэрэн ырыта, чочумча турбахтаата, ким манна сылдьыбыт буолуон сөбүн таайа сатаата. Маннык малы, сааны арай алдьархайга эрэ түбэспит киһи быраҕыан сөп. Илиитинэн, атаҕынан хаары тарыйбахтаата. Тэптэх аайы, өрүс кумаҕын курдук хомураҕынан саба бүрүллэн иһэр, кытаанах эттик хаар анныгар тааска хам тоҥо сытарын, булчут икки илиитин батары анньан, хаары силэйбитэ – илдьирийбит таҥастаах киһи өлүгүн омооно көһүннэ. Куйахата күүрдэ, кэннинэн тэйдэ, үтүлүктэрин өттүктэригэр соттумахтаата.

Айаннаан истэҕинэ илиитинэн тутан көрбүт өлүгүн уһун хара баттахтара, сүүһүн уҥуоҕар кыһарыллан бэлиэтик суруллубут сиэмэх кыыллар тиистэрин суоллара Киристэпиэл өйүттэн-санаатыттан ааһан-араҕан биэрбэтилэр.

Лебедев киллэрбит тыллабырынан бу тахсыбыт быһылааны быһаарарга силиэстийэ ыытыллар буолла.

***

Эр дьон уоппускаларыгар ылбыт сынньалаҥ күннэрин бэйэлэрэ сөбүлүүллэринэн талан туһаналлар. Сорохтор соҕуруунан-хотунан сынньана, эмтэнэ сылдьаллар. Атыттар дьиэлэрин-уоттарын оҥостон кэргэттэригэр көмөлөһөллөр, ардыгар нэһилиэктэргэ тарҕаһан аймах-билэ дьонноругар уһаан-кэҥээн өрүүллэр, үлэлииллэр-хамныыллар. Оттон айылҕаны сөбүлээччилэр уоппускаларын ыллахтарына, сайыны быһа түбүгүрэн, кэтэһии-манаһыы бөҕөнөн, бултуур-алтыыр аатыран, тыатааҕы үүтээннэригэр, балыктыыр сирдэригэр баар балаҕаннарыгар тахсаллар.

Автобаза механига Афанасий Васильев уоппускатын ылан эмиэ уруккутун курдук тыаҕа тахсан сынньанарга быһаарынан, сэттис кылааһы бүтэрбит уолун Коляны батыһыннаран, атырдьах ыйын маҥнайгы күннэригэр Өймөкөөн сиригэр тиийбиттэрэ. Кини урут манна хас да сыл устата суолу оҥорор тэрилтэҕэ үлэлээн, бу дойду сирин-уотун, өрүстэрин-күөллэрин бэркэ билэрэ.

Васильев уолунаан көһөн тиийэн, хайаттан сүүрэн түһэр бэрт дохсун сүүрүктээх Сунтаар өрүһүн орто сүнньүгэр уруккаттан тутуллан турар эргэ булчут балаҕанын сэргэхситэн оҥорон, олохсуйдулар. Сынньалаҥ дьоно чугастааҕы эҥэр сири кэрийэн, күөгүнэн балыктыыллар.

Бултаабыт дьарҕаа, быйыт балыктарын хатара ыйыыллар, күннээҕи айахтарыгар дэлэччи сииллэр. Дьэ ити курдук балыктаан төттөрү-таары тэпсэҥниир, мас мастаан уот оттор, ас астыыр күннээҕи бүппэт түбүккэ хонуктар биллибэккэ-көстүбэккэ суһаллык, дөбөҥнүк ааһаллар.    

Атырдьах ыйын бүтүүтэ оскуолаҕа үөрэх аһыллыан эрэ иннинэ, Афанасий оҕотун бөһүөлэккэ киллэрэн, кэһиилээн-тутуурдаан самолетунан дьиэтигэр атаарда. Бэйэтэ уоппуската бүтүөр диэри балыктыы түһэн төннөр баҕалаах балаҕаныгар хаалта.

Биир киэһээ балаҕаныттан балачча ыраах сиргэ балыктыы сылдьан, талах саҕатыгар иккилээх-үстээх кыра эһэ оҕото кутуйахтыы сылдьарын көртө уонна сарсыныгар саалаах тахсан бултаһарга быһаарынан, көстүбүт булду күрэппэккэ, дьиэтигэр төннүбүтэ.

Киэһээ үүтээнигэр киирэн оһоҕун оттон ас астанар, күөс өрүнэр. Сарсын туттарга былааннаан саҥа сүнньүөх ииттинэр уонна уотун аһатан байанайын алҕаан, аһаан-сиэн баран, нус-хас утуйан хаалар.

Сарсыарда сөпкө соҕус туран суунан-тараанан барарга тэриннэ. Эһэни бултаһар баҕата өссө күүһүрбүккэ дылы, өйө-санаата эрдээх. Ыксаабакка хомунан элбэхтэ сылдьыбыт суолунан өрүһүн диэки киирдэ. Афанасий хантан билээхтиэй: аны төннүбэт суолунан баран иһэрин.

Кини тыа муоҕа чигдилэнэн тэпсиллибит омоон суолунан, хагдарыйан быйыл саҥа түһэн, сымнаҕас дьикти көбүөр курдук дэхситик тарҕаммыт сэбирдэхтэргэ сэрэммиттии үктэнэн, баран истэ. Өрүс тыа быыһынан ыйдаҥаран ыраахтан көһүннэ. Киһи тохтуу түһэн болҕойдо, чуҥнаата. Ыраах турар хайаттан түһэр өрүс сүүрүгүн суугунуур тыаһа дьэ билигин чуолкайдык иһилиннэ. Биир тэҥ быстыбаттык дьурулуур-суугунуур. Ардыгар долгуҥҥа оҕустарбыт таас үҥкүрүйэн атыттары сыҕарытан, сүүрүккэ салайтаран оннуларыттан хамсатан, баар тааска эбиллэн, курулаамахтаан ылаттыыр. Истэн турар киһи өйүн-санаатын сынньатардыы быстыбакка-бүппэккэ биир тэҥник куруук кэрэ-дьикти музыкалыы өрүс сүүрүгэ тыаһыыр. Күһүҥҥү сэргэх халлааҥҥа күн төһө да күөрэйдэр, дьыбардаах салгын, итии үүтээктэн тахсыбыт киһини күндүлээбиттии кууспахтыыр, санаатын-оноотун кэҥэтэр.

Афанасий хомоҕо тумустуу үүнэн киирбит үрдүк тэтиҥнэргэ кэлэн өрүһү одууласта. Бу хоту сир үрэхтэрин баһынан айылҕа барахсан кэрэтиэн, үчүгэйиэн!…

Күһүҥҥүлүү уолбут өрүс уутун ньууругар сүүрүк устан илибирии долгуйар. Уус-уран тарбахтар биир тэҥнии сарбыйбыттарыныы дэхси чыпчааллаах, хойуу намчы талахтар өрүс икки кытылын устун харах ыларын тухары сэлэлии үүммүттэр, түһэр тыалтан иҥиэттэн сипсиһэргэ дылылар. Ити талахтар кэтэхтэринэн күнү-ыйы сабардыыр баараҕай тэтиҥнэр өрүһү өҥөйөн тураллар. Оол, ыраах хара тыа үрдүнэн сыгынньах ууллубат муус төбөлөөх Сунтаар таас хайата кылбайар, күн оонньуур сырдыгар сандаарар.

Өрүс быстыбат дьиктитик суугунуур-куугунуур сүүрүгэ, балыксыт киһини угуйар, тиэтэтэр. «Дьэ, кытаат, чиэрбэҕин мэҥиэлээ, күөгүлээ»,— диэбиттии долгуна дьиримниир, ыҥырар.

Дьэ бу абылаҥнаах кэмҥэ, сүүрүк санааны сынньатар биир кэм быстыбат тыаһыгар бигэппит, балыктыыр идэҕэ ылларбыт, күөгүһүт бириэмэни билиминэ, барыны барытын өйүттэн түһэрэн, аһыыр чааһын аһаран, дьарыктанар дьарыгар эрэ диэн: мэҥиэ, күөгү, дагдатар, күөгү, мэҥиэ…

Биһиги киһибит сөбүлүүр хонноҕор, хараҕын анныларыгар тохтоон күөгүлүү-күөгүлүү, ардыгар тыытыгар олорон, үксүгэр кытыынан соһон, ыксаабат быһыынан өрүһүн балайда өксөйдө. Бэҕэһээ кыылы бэлиэтии көрбүт сиригэр тыытын биэрэккэ состо. Бултаһар баҕалаах тахсан тыаны кэрийдэ, суолу-ииһи үөрэттэ, тыаһы-ууһу чуҥнаата. Халыҥ тыа хаһаайынын, сис тыа баараҕай байанайын ким баайан турбута баарай? Бардаҕа эбээт. Аны кинини булан бултаабаккын. Эрэйи көрүмэ.

Мантан чугас соҕус сыккырыыр сүүрүктээх үрүйэчээн өрүскэ түһэр төрдүгэр аһыыр балык тутар, кэлэр-барар сирэ баар. Афанасий, бултуурун хаалларан, ити уруккуттан балыктыыр чүөмпэтигэр чугаһаан, мустубут балыгы үргүтүмээри, төҥкөччү туттан сэрэнэн хааман киирэн, илиитин муҥунан уунан күөгүтүн элитэ бырахта. Күөгү кыра дьаакыра уу түгэҕин булуон да иннинэ, боруопканан оҥоһуллубут дагдайар бэлиэ тимис гына түстэ. Киһи күөгүтүн угун эмискэ үөһэ диэки охсон ылаат, күөрэтэн таһаарбыта — тос курдук ыарахан, обургу дьарҕаа мөхсөн имиллэҥнии-имиллэҥнни соһуллан тахсыбытын, ыйыы тутан кутуругун лапчааннарынан уу кырсын ыһыахтата тыырдаран, имигэстик мөҕүһүннэрэн бэйэтигэр чугаһатта, илиитигэр ылла. Болҕойон көрдөххө: уларыйардыҥы ойуулаах, буспут хааҥҥа диэри хараҥаран көстөр өҥнөөх салыҥнаах көҕүстээх, буспут анды сыатыныы араҥастыҥы өрөһөлөөх хайа өрүһүн аатырбыт дьарҕаа балыгын күөгүттэн араарда.

Күөгүлүүр умсулҕаныгар ылларан, бултуурун да умнан, аралдьыйбыт киһи өйүн-санаатын эмискэ муустаах уунан сайҕаан ылбыттыы, чугас соҕус, кэнҥигэр, сир аннынан туох эрэ суоһурҕанан, ырдьыгыныыра иһиллэр. Куттал суоһаабытын таайан куйахата күүрбэхтээтэ, этэ саласпахтаата. Суостаах-суодаллаах ырдьыгыныыр дорҕоон киниэхэ туһаайыллыбыта чахчы.

— Биллэрбэккэ саба түһүө, бүк баттыа,— диир санаалар чаҕылҕанныы охсуллан аастылар.

Эмискэ хамсанартан бэркэ сэрэнэн, күөгүтүн ыһыктыбыт уҥа илиитинэн, хаҥас саннынан көмөлөһүннэрэн, саатын ылан иэдэһигэр тириэрдэн иһэн, сүһүөхтэрин үрдүлэригэр эргиллэ баттаан көрбүтэ, доҕоор: уон биэс, сүүрбэ хаамыы холобурдаах сиргэ, үрэх намтал биэрэгин үрдүгэр үүммүт хойуу талахтар быыстарыттан илин аҥаара быган, ойоҕолуу соҕус баараҕай адьырҕа кыыл, сиртэн-буортан үүнэн тахсыбыкка дылы модьу-таҕа баппаҕайдарынан кумахха олоччу тирэнэн, бу аҕай ыстаныах курдук бэлэм турар эбит. Түөһүн күөнүн өрүтэ тардынан, иһин түгэҕиттэн дириҥник орулаан ырдьыгыныыр уохтаах уорааныгар икки уостарын үөһэ-аллараа үтүрүйтэлээн, саһарбыт аһыыларын, тиистэрин килбэҥнэтэр. Киһиэхэ илэ-бааччы суоһурҕанан, ньылаччы туттубут кулгаахтарын кэннилэринэн, арҕаһынан, кыырыктыйа кугастыҥы өҥнөммүт хойуу уһун түүлэрэ адаарыччы турбуттар.

Киһи эргийбитин сөбүлээминэ улам дорҕооннурар, иҥэрсийэр эһэ ыараханнык ыҥыранан кигинэйиитигэр, оннооҕор талахтар титирэстииргэ дылылар, сир-дойду ньиргийэр курдук.

Айылҕа икки улуу баһылыга: түөрт атахтааҕы күөн көрсөрүгэр иннинэн ыыппатах хара тыа адьырҕа иччитэ уонна аан дойдуну ат оҥостон мииммит икки атахтаах бу киэҥ тайҕаҕа суолларын ааһыспакка хардарыта күрдьүөттэһэн суоһурҕаһа турдулар.

Хайа өрүһүн сүүрүгэ курулуур, суугунуур дохсун долгунун тыаһын хоһуччу саба баттаан саа тыаһа ньиргийдэ уонна «бу баар ээ» диэбиттии өй дуораана буолан өрүс эҥэринэн үөһэ-аллара сатары тарҕанна. Ытыллан эрэрин билбиттии, саа тыаһа тарҕаныан да иининэ, адьырҕа обургу дьулааннык часкыйаат, баараҕай быччыҥнаах атахтарынан тэбэр охтуу анньынан, саа иккис уоһунан таба кыҥаан ытыах түгэн биэрбэккэ, аҕыйахта хаптаҥныы ыстанан, уун утары баар буола түһээт, сааны туора садьыйан, киһини тиэрэ биэрэр.

Оҕото Коля бииргэ балыктаһа сылдьан дневник суруйара. Онон рюкзак сиэбигэр оскуола оҕото сурунар тэтэрээттэрин, харандаастары укта сылдьыбыт. Аҕата эһэҕэ убахтатан кыаммат буола сытан, ол кумааҕыны, харандааһы булан кэргэнигэр, оскуолаҕа үөрэнэр саастаах оҕолоругар, хас биирдиилэрин ааттарын ааттаталаан, быһылаан тахсыбыт нөҥүө күнүгэр суруйар: «Рюкзак сиэптэрин хасыһа сытан оҕом укпут тэтэрээтин, харандааһын уонна сиэркилэтин эмтэккэйин булан ыллым уонна манна тахсыбыт алдьархайдаах быһыыны эһиэхэ суругунан тиэрдэргэ быһаардым. Таптыыр, өр кэмҥэ бииргэ олорбут кэргэним, оҕоккооннорум барахсаттар, бэйэм сыыһа быһыыланан, өлөр-сүтэр күнүм бу ыган кэллэ быһыылаах. Эһэҕэ туттаран бу айылаах кэбилэнэн кыаммат буолан сытабын».

Сэлиэстийэ ыытыллар кэмигэр рюкзак сиэбиттэн көстүбүт балах хаанынан биһиллибит тэтэрээт илиистэригэр суураллар үөстээх харандааһынан адаархай буочарынан суруллубут суругу ааҕан быһаардахха, ытыллыбыт эһэ сулбу ойон кэлэн киһини тиэрэ көтөн хам баттаабыт.

Киһи көмүскэнэн утары уунар илиитин, атаҕын ытыра-ытыра, эһэ балайда илгиэлээбит, этин-сиинин онон-манан аһыылаах тиистэринэн хадьырыйталаабыт, икки илнн баппаҕайдарынан сытар киһини бобута харбаталаабыт. Тыатааҕы күтүр ити быһыытынан абарбыт уораанын сатаан аһарымына, иэһин ситэрэн иэстэһээри, быраҕыллыбыт тэллэхтии утарсыбакка сытар өстөөҕүн, бобута харбаан ылан, үөһэ быраҕабыраҕа, тыҥырахтаах уллуҥахтарынан хабыалаабыт. Ардыгар үөһэ кыыраппыт киһитин ылбакка, соруйан туора ойон, тааска түһэртээбит. Онтон адьырҕа кыыл, бэйи, тугу оҥорбуппун көрүүм,— диэбиттии хорус гынан тохтуу түспүт.

Киһи уонна кыыл! Киһи уҥуохтара тоһутталанан, быччыҥнара быһытталанан, тыынын былдьаһан, балай хааҥҥа биһиллэн, өрүс хааһын тааһыгар умса быраҕылла сытар. Модун киэптээх түөһүн сибиниэс буулдьанан тобулу ыттаран, күүскэ хамсаннаҕына хараҥатыҥы бөлүөх хаанынан тибиирэр аһаҕас баастаах адьырҕа уҥуохтара босхо баран титирии, түүлэрэ илибирии турар.

Эһэ аны кини олоҕун чааһа бүтэрэ, тыына быстара кэлбитин илэ чахчы билэн, арыый кыахтаах эрдэҕинэ, тыа улуу иччитэ тыатыгар сырдык тыынын биэрээри, таптаан үөскээбит аар тайҕатыгар этин-хаанын хааллараары, киһини тыынын быспакка быраҕан, сиппэтэх иэстээх быһыынан, салгыны хайыта сотордуу часкыйталаат, киэҥ киэҥник буурдаталаан хара тыаҕа ыстаммыт.

Быстыбат туһахха атаҕынан баайтаран, аны мантан барбатын билэн, муҥунан мөхсөр тайахтыы, тыынын көмүскээн бааһын-үүтүн харана сытар киһи салгыы суруйар: «…Бааһырбыт эһэ миигин тааска хаалларан тыаҕа түспүтүн кэннэ, бааспын көрүннүм. Дьолбор эбитэ дуу: уҥа илиим, хаҥас атаҕым уҥуохтара бүтүттэр. Хамсыыллар. Хаҥас илиим, уҥа атаҕым олох кыаммат буоланнар ыйана, соһулла сылдьаллар. Уҥуохтара хастыы да сиринэн тостубут бадахтаахтар. Түөһүм, куйахам, ордук көхсүм уот курдук аһыйаллар. Маайкабын хайыта быһан тоһутталаммыт илиим, атаҕым аһаҕас баастарын үрдүнэн бобута баайан, сүүрэр хааммын тохтото сатыыбын. Бодьуустаһыы бөҕөнөн илиим бааһыттан сүүрэр хааны тохтоттум диэххэ сөп. Төһө да бопсо сатаатарбын, атаҕым хаана тохтоон биэрбэт. Хааным бааспынан тоҕо бардаҕына тыыным быстар. Оо, дьэ, олус да кыырыктаах, өһүөннээх санаалаах кыыл буолар эбит! Ытырбахтыырын, тырыта тыытарын быыһыгар бобо харбаталаан ылан, куоска оҕотунуу үөһэ кыыраппахтыыр…»

Муҥхаттан арахсан кытылга хаалан күүһэ эстибит, далайга үҥүөхтүүр сүллүрбэ балыктыы, үүнэр күн сырдыгар тардыһа сытар киһи суруйар: «Баҕар, дьон түбэһэ түһэн истэн чугаһыахтара диир баҕа санаабыттан, кыаҕым баарынан, күүспүн түмүнэн силлибит айахпынан хаһыытыы сатыыбын, халлааҥҥа туһаайан ытыалыыбын. Туох кэлиэй? Ким истиэй? Саҥабын, саам тыаһын дорҕоонун хайа өрүһүн сүүрүгүн ыраатыннарбакка симэлитэн иһэр. Дьэ, бу үлүгэрдээх техника, вертолет сайдыбыт үйэтигэр, ама мин манна сытыйан өлүөм дуо? Эрэлбин сүтэрбэппин, урут самолеттар манан үөһэнэн ааһаллар этэ. Баҕар мин дьолбор экспедиция, ойуур авиациятын биир эмэ вертолета аллараанан ааһан иһэн миигин бэлиэтии көрүөҕэ. Оччоҕо быыһанабын. Чаас аҥарынан балыыһаны буллардаллар…»

Сырдык күн хараҥа түүнүнэн бүрүллэн бүтэринии, олоҕун олуйбут бу кэмигэр сылдьыбыт сырыытын сыаналаан, дьонугар суруйар: «Күндүттэн күндү кэргэним, оҕоккоонноруом, бу кыаммат буолан сыттахпына олорбут олоҕум бүтүннүүтэ хараҕым иннинэн кэлэн ааһар. Олох туһунан төһө өйдүүбүн да, оччонон тыыннаах хаалыах санаам күүһүрэр, оонньуур. Хараҕым уута ыгыллар, санаам хараастар. Олорбут олохпор, оо, дьэ, үҥэбин, сүктэбин, кэл эрэ биирдэ эрэ эн — мин дьолум, соргум, соһумар түбэлтэ буолаҥҥын быыһаа, абыраа! Мин аны атыннык олоруом! Олоҕу сыаналыам, ытыктыам!»

Эһэ тырыта тыытар, үөһэ кыыратар түгэннэригэр хайдах эмэ гынан өйүн-санаатын эрэ сүтэримээри күүһүн-уоҕун мунньуммут. Өссө кыанар, хамсыыр уҥа илиитин алдьаттарымаары өстөөҕүттэн кистии сатаабыт. Ити түгэннэри ойуулаан, абарбыт-сатарбыт санаанан бэлиэтиир: «Быыс булан өттүкпэр ыйаммыт быһахпын уҥа илиибинэн ыларга куруук дьулуһан харбана сатыыбын. Оо, кырыыс, быһаҕым курбун батыһа ыраах кэннибэр сыҕарыйбыт. Илиим тиийбэт! Таба туппаппын! Оо, быһахпын илиибэр ылбыт буолбаппын ээ. Мин кинини…»

Кыыһырбыт, абарбыт адьырҕа өлөрүнэн саҥарар муҥнаах хаһыытын тохтотоору эбитэ дуу: хааннырбыт салыҥнаах айахтарын киэҥник атытан, ардьайбыт тиистэрин ырдьатан киһи сэҥийэлэрин хабан, икки иэдэстэрин силитэ силэйбит, тиистэрин бытарыппыт. Кэлин сиэркилэтин ылан сирэйин көрүммүтэ — кэргэнин мөссүөнэ иннигэр бу тиийэн кэллэ. Урут өлүөр сылдьан хаһан да түөһэн да көрбөтөх ыарахан санаалара өйүгэр охсуллан киирдилэр. Онон суруйар: «Доҕоччугуом, сиэркилэм эмтэркэйинэн сирэйбин көрүммүтүм, дьэ ынырык мөссүөн. Айаҕым иэдэстэрбинэн кулгаахтарбар диэри силлибит, бытарыйбыт тиистэрим, сыҥаахтарым уҥуохтара килбэҥнииллэр. Мин олох урод буолбуппун…» Эрэллээх доҕор диэн иккиэн этэҥҥэ күлэ-үөрэ сылдьар кэмнэринээҕэр, биирдэрэ эрэйгэ-сэмэҕэ түбэспит түгэнигэр доҕоро истиҥник сыһыаннаһан илиитин биэрээри утары кэлиэ дуо? Кини кыһалҕалаах күнүгэр доҕоругар бигэтик эрэнэн суруйар: «…өскөтө бу айылаах кэбилэнэн баран ордор, киһи буолар дьоллоох буоллахпына, эн миигиттэн куота туттуоҥ суоҕа буолбаат?! Дьолбутун холбоон бииргэ сылдьыахпыт, оҕолорбутун дьон оҥоттуохпут. Ааспыт сыллардааҕы кыра алҕастарбын бука диэн ахтыма».

Күнүһүн күлэр-үөрэр сырдык күннээх, кууһан бигиир сылаас салгыннаах, аралдьытар, саататар аламаҕай айылҕалаах, хотугу сир  күһүҥҥү түүнэ сытыйбыт чараас таҥастаах, сыккырыыр тыынын сылытына сытар киһини, оо, абырыа баара дуо? Үөһэттэн үрэх сүнньүнэн үрэн эт сааһын аһар, улам күүһүрэр, тымныы тыал илбийэр, салгыны сайдыыр. Улам сойон, үөһэттэн түһэр тымныы салгын сытар киһини сиргэ саба баттыырга дылы. Тыалга супту салатан сойор үрэх таастара сыгынньах этин хаарыйаллар. Оо, күһүҥҥү уһун түүн кэтэспит санааҕа ааһыа-бараныа баара дуо? Уһунуон, бүппэтиэн! Хараҥа халлаантан чаҕылхай сулустар тымныыны, ыарыыны эбэрдии чыпчыҥныы тыгаллар, санааны баттыырдыы сыламнаан ылаллар, күлүү-элэк гыммыттыы күлүмнэс буолаллар. Сарсыарда саҕахха им саһаран тахсыыта тыал уостар. Ол оннугар хантан да кэлбитэ биллибэккэ эмискэ хаардаах хаһыҥ кыаммат киһини сабыта охсор, тоҥ тылынан салаан ылбахтыыр, титирэтэн илибирэтэр, тииһин тыаһатар.

Сарсыныгар суруйар: «…Түүнүн тоҥон, ойбоҥҥо уулаабыт сылгылыы титириибин, сыҥаахтарым быстыбакка ылыбырыыллар. Тоҥорум күүһүгэр ыарыыбын да умнабын. Аттыбар биэс хаамыы бадахтаах сиргэ халаан уута аҕалан талахха кыһарыйан муспут абырҕал мастара сыталлар. Онно сыыллан уот оттон иттэр кыах суох. Утатан тыыным кылгыыр, температурам тахсан этим-сииним кутаа уоттуу умайар. Бу аттыбар өрүс сүүрүгүрэр. Онно тиийэн уу сомсон иһэр миэхэ кыаллыбат…»

Тэтэрээт илиистэригэр чааһа, күнэ ыйыллан суруллубут страницалартан ааҕан көрдөххө, босхоҥ буолбут киһи түөрт күннээх түүн охтубут сиригэр халбарыйбакка сытан өлөр өлүүтүн охсуспут. Ол былаһын тухары, дабыдаллара тостубут улуу көтөр кыыл үөскээбит үтүө салгыныгар тахсарга дьулуһан кыаллыбат кынаттарынан сапсына, охсуна сатыырыгар диэри, тыыннаах ордорго дьулуспут, хаалбыт күүһүн-уоҕун, өйүн-санаатын, быстан биэрбэт тыынын түмүнэн, бааһын-оһолун харанан, олоххо тардыспыт: «…Үөһээнэн Ан-2 самолет ааста. Сүтүөр диэри тонолуппакка одууластым. Көрдөстүм, үҥтүм. Сүгүрүйдүм. Төннөрүгэр баҕар аллараанан ааһыаҕа, миигин таба көрүөхтэрэ. Оччоҕо мин быыһаныам. Оо, эмиэ бэйэм курдук биир эмэ балыксыт тиийэн кэлбэт да буолан! Миигин дьон сэргэ барытыгар табыллар киһи — дииллэр этэ дии. Ама ол дьолум, бу ыарахан ынырык күннэрбэр, илиитин ууммутунан манна кэлиэ суоҕа эбитэ дуо? Эрэнэбин. Кэлиэҕэ. Тыыннаах ордуом. Киһи буолуом. Кэтэһиҥ. Эдэр сааспар өлбөппүн…»

Үктэнэр тирэҕин атаҕын анныттан сүтэрэн салгыҥҥа ыйаммыт киһилии, сырдык тыынын былдьаһа сытан бааһырбыта үһүс күнүгэр эрэлин сүтэрбит быһыынан суланан-кэлэнэн суруйар: «…Адьырҕа кыылга тоҕо сааламмытым буолуой? Сыыһа быһыыбар бу кэбилэнним. Ыппатаҕым буоллар, тыа кыыла тыатыгар барыах этэ. Илиилэрим, атахтарым уонна бэйэм дүлүҥ курдук истилэр, баастарым ириҥэлэнэн эрэллэр. Ардыгар уу чаккырас буола итийэбин, үксүгэр тулуйбаттыы тоҥобун, ыарыы да баарын быһаарбат буолабын. Аны өйбүн сүтэрэн ылабын. Мантан сэттэ уонча хаамыы сиргэ биэрэккэ тыым тардыллан сытар. Бааһым итиитигэр тыым диэки сыыллыбатахпыттан бэйэм бэйэбэр хоргутабын. Баҕар тиийиэм этэ. Сиринэн сынан тиийэн, ханнык эмэ албаһынан тыыбар үҥкүрүйэн киирэн, биэрэктэн анньыммытым  буоллар — быыһанар дьылҕа баар этэ. Оччоҕо сүүрүккэ таҥнары оҕустаран айаннаан улахан айан суолун батыһа устабын, муостаны аннынан барабын, бөһүөлэктэри аттыларынан ааһабын. Ама ким эмэ миэхэ таба тайаммат буолуо этэ дуо?»

Сибилигин аҕай чэгиэн мастыы эрчиллибит чиччигинэс эттээх-сииннээх, киэҥ-куоҥ санаалаах, кэтэһэр-манаһар элбэх иитэр кыра ыччаттардаах киһи өлүөр өйдөөх сытан, кэтэһиллибэтэх соһумар түбэлтэҕэ түбэһэн тыынын көмүскэтэрэ, ордон хааларга талаһыыта, дьэ, туохха тэҥнээх буолуоҕай?! Суостаах-уораннаах оҥоһуу аны ыыппат ытаччатыгар хаһан да төлөрүйбэттии хам ылларбытын ама таайбат буолуо дуо? Бу ыраах үрэх баһыгар хантан ким кэлэн киниэхэ быыһыыр-абырыыр илиитин уунуоҕай? Бу тымныы таас олбохтон ким сылаас ытыстарынан кинини өйөөн, көтөҕөн туруоруой?

Дьэ бу тыынын харбаһар ыар түгэннэригэр кини олорбут олоҕо, сылдьыбыт сырыыта барыта ымпыктары-чымпыктары хараҕын иннинэн, күөх халлаан кырсынан устар тумарык маҥан былыттардыы, кэлэн ааһыталыыллар. Бу бохсулла сытан урут аахайбакка аһарар олоҕун, күнүнэн устар үлэтин-хамнаһын, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыанын, киниэхэ чопчу туһаайан тирээбит ыарахан күннэргэ кыһайа тэҥнээн, дьиҥнээхтик ырытар, толкуйдуур, кээмэйдиир. Уонна титирэс тарбахтарынан бэлиэ хаалларан суруйар: «…Тыыннаах ордор соргулаах буолларбын, мин аны атыннык олоруох, сылдьыах, үлэлиэх этим. Урукку өттүгэр төһө да ыраас суобастаахтык сырыттарбын, толкуйдаан көрдөхпүнэ, олоҕум-дьаһаҕым эриэнэ-дэхситэ элбэх эбит. Доҕоччугуом, оҕоккоонноруом, эһиги да иннигитигэр элбэҕи оҥоруохтааҕым кыаллыбатах. Тыыным быстар кэмэ чугаһаата быһыылаах. Өйбүн сүтэрэ-сүтэрэ суруйдум. Оҕолоруом, ийэҕитин таптааҥ-ытыктааҥ, тылын толоруҥ уонна өйдөөх-санаалаах, бар-дьоҥҥо туһалаах буола улаатыҥ! Быраһаайдарыҥ! Барыгытын сыллыыбын, ууруубун. Аҕаҕыт А. Васильев».,

Суруллубут тэтэрээт рюкзак тас сиэбигэр харандаастыын угуллубут этэ.

Халлааҥҥа хара суордар халаахтыы көтөллөр.

…Булчут Киристэпиэл Лебедев кини өлүгүн булбут эбит. Эһэҕэ соҕотох киирэр кутталлааҕын булчут барыта билэр. Ардыгар итинник түбэлтэлэр тахсаллар. Булт диэн булт.

Николай Борисов

«Хотугу сулус». – 1981с. – №8