Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Сонуннар » Өйбүтүн өйүү, санаабытын салайа туруоҕа…

Өйбүтүн өйүү, санаабытын салайа туруоҕа…


(Суруйааччы В.В. Скрябин-Идэлги төрөөбүтэ 75 сылыгар)

       Доҕоттор ортолоругар биир эмэ түмэр киһи баар буоллаҕына, ол эйгэҕэ сиэрдээх өй-санаа олохсуйар-үөскүүр буолар эбит. Итинник киһинэн биһиги көлүөнэҕэ доҕорбут, суруйааччы, учуутал Василий Васильевич Скрябин-Идэлги буолбута. Кини Төхтүрдээҕи олоҕор биһиги үөрэ-көтө түмсэрбит. Идэтинэн нуучча тылын учуутала, үтүөкэннээх киһи Нина Николаевна Скрябина (Ким) сылаас-сымнаҕас аһын-үөлүн тото-хана аһыырбыт, муус уутуттан чэйин наҕылыйан олорон иһэрбит. Кэпсээммит-ипсээммит сайдара. Итинник түгэннэртэн таҥыллыбыт-тирэммит суруйааччы, арааһа, бэйэтин дьоллооҕунан ааҕынара буолуо дии саныыбын ээ, сорох ардыгар.

       Доҕорбунаан Ойукулуун көрүстэрбит эрэ Идэлгибитин хайаатар даҕаны ахтан-санаан ааһабыт.

 Мин бу икки суруйааччыны историческай тиэмэлэргэ үлэлииллэрин иһин олус убаастыырым. Үөрүөм иһин иккиэн – биир көлүөнэ дьоннор.

      Россия Суруйааччыларын уонна Суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ В.В. Скрябин-Идэлги инникитин өссө элбэх былааннардаах, көрүүлэрдээх этэ. Мин саныахпар, кини сүрүн оскуолатынан, билиитин төрдүнэн төрөппүт норуотун олоҕо буолар. Идеология хаарчаҕар хаайтарбакка көҥүллүк саныыр, тыынар буолара. Ол кини суруйууларыттан күүскэ көстөр. Кэпсэтэриттэн да биллэр этэ. Итинник көҥүл санаалаах буолан, дойдутугар үлэлии, айа олорон, ааспыт олоҕу өрө тутааччылартан сээн дэппэтэх быһыылаах. Тыына быстаары ыксаан сытар суруйааччыга олохтоох дьаһалта улуус бочуоттаах гражданинын аатын иҥэрбитэ». (Ойуку. «Василий Скрябин- Идэлги» диэн ыстатыйатыттан. – Чолбон 8-с №-рэ, 2013. С.80-83).

       Биллиилээх суруйааччы, публицист Ойуку суруйааччы Идэлгигэ биэрбит бары өттүнэн оруннаах сыанабыла итинник. Мин эмиэ ити курдук саныыбын, кырдьык, Баһылай көҥүл санаалаах киһи этэ.

Ойуку ити этэн аһарбыт түгэнэ, кырдьыгынан эттэххэ, маннык этэ. Идэлги «Республика чулуу дьоно» диэн серияҕа «Иван Романов» диэн бэртээхэй кинигэни суруйан «Бичик» кинигэ кыһатыгар таһаартарбыта. Ол үлэтэ сүрэхтэнэр күнэ-дьыла тиийэн кэлбитэ. Биһиги доҕотторо, «Бичик» кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрэ Август Васильевич Егоров, Нина Николаевна оҕолорунаан, күтүөтүнээн Николай Бадаевтыын, бары тоҕу сууллан тахсыбыппыт. Онно профессор Романов уола Иннокентий Иванович Романов баара. Көрсүһүү И.М. Романов аатын сүгэр оскуолаҕа буолбута. Бастакы кэпсэтиигэ Култуура дьиэтигэр диэбиттэрэ уларыйа охсон хаалбыт этэ. Ол күн биир олохтоох бэйиэт кинигэтэ сүрэхтэнэрэ тоҕо эрэ ити күн болдьоммут эбит. Биир бэйэм итини тириим таһынан ылыммытым эрээри, саҥарбатаҕым. Улахан күөннээх киһи этэ буоллаҕа профессор Романов. Кини туһунан кинигэ сүрэхтэниитэ – Төхтүр нэһилиэгэр улахан суолталаах событиенан буолуох этэ. Онтубут оскуола иһинэн муҥурданарыгар тиийбитэ. Ол бэйиэт киһи, ама, Романовы билбэт үһү дуо, тоҕо ити курдук суолталаах дьаһалы утары анньыспытын билигин даҕаны сатаан өйдөөбөппүн. Төһө да ити курдук буолбутун иһин, оскуола кэлэктиибэ «Иван Романов» диэн кинигэни олус истиҥник ылынан ырыппыттара, биһиги доҕорбутугар Идэлгигэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун биллиилээх дьонун ааттарын-суолларын үйэтитиигэ дьоһуннаах кылааты бу кинигэнэн киллэрсибитин бэлиэтээн туран, ис сүрэхтэриттэн махтаммыттара. Ол үтүөкэннээх кэпсэтиини арай Төхтүр нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ, оскуола кэлэктиибиттэн уратылара, истибэккэ-билбэккэ хаалбыттара. Идэлги онтон иһигэр олустук хомойдо быһыылааҕа, эгэ салалтаттан бэрэстэбиитэл кэлиэ дуо, суох буоллаҕа дии.

      Аны Идэлгигэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина ааты бэрдэрии-туруорсуу хайдах быһыыга-майгыга барбытын сэгэтэн биэрдэххэ маннык. Идэлгибит адьас уһугулаан сытар кэмэ этэ. Мин биир үтүө күн Василий Васильевич Скрябин-Идэлги оскуолаҕа үөрэппит уола Андрей Находкин баарын билбитим. Кинилиин кэпсэтиим тиэмэтинэн Василий Скрябины улуус Бочуоттаах гражданинын аатыгар хайдах суол-иис тобулан түһэрии туһунан этэ. Кини учууталын үчүгэйдик билэрэ,убаастыыра, кини үлэтин сыаналыыра миэхэҕэ эрэли үөскэппитэ. Сүбэлэспиппит. Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун аатыттан туруорсуу суругу оҥортордум, онтубун тиэртим. Сотору кэминэн киһим – улуус депутаттарын мунньаҕа буоларын, кини онно депутат буоларынан бу туруорсууну мунньах көрүүтүгэр киллэрэр бырааптааҕын эттэ.

        Сотору кэминэн көһүтүүлээх мунньахпыт дьэ буолар буолла. Сэмээр кэтэһэбин. Эбиэт буолуута Андрей Находкин төлөпүөнүнэн: «Дьэ, доҕоор, табыллыбатыбыт. Элбэх киһиэхэ бочуоттаах ааты биэрдилэр… биһиги киһибит кыайан хапсыбата…» – диэн иһитиннэрдэ.

        Онуоха туран мин мунньах итинэн бүппүтүн дуу, эбиэттэн киэһэ салҕанарын дуу ыйыттым. Көрүллэр боппуруос элбэҕин, күн иккис аҥарыгар салгыы мунньахтыылларын биллим.

– Бэрт эбит. Аны эйиэхэ биир суол быраап баар – ол тылгын ылымматахтарыгар хомолтоҕун биллэрэриҥ… Онно эт улууспут иннигэр үтүөлээх-өҥөлөөх суруйааччыбыт Василий Васильевич Скрябин-Идэлги ыараханнык ыалдьан, киһи аатыттан ааһан сытаахтыыр… Күнэ- дьыла ааҕыллыбыт. Онон төрөөбүт улууһугар оҥорбут үтүөтүн санаппакка хааларбыт хайдах даҕаны сатаммат, – диэн өй уктум. Киһим ылынна, ити курдук этиэҕим диэтэ.

        Кырдьык, Андрей Находкин депутаттар истиилэригэр мин эппитим курдук тиэрдибит. Онуоха туран дьоно: «Хара бастааҥҥыттан ити курдук этиэҥ этэ буоллаҕа», – диэбиттэр, сүрдээҕин соһуйбуттар. Боппуруоһу хаттаан көрүүгэ киллэрбиттэр уонна бары биир санаанан – суруйааччы Василий Васильевич Скрябиҥҥа-Идэлгигэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданинын аатын биэрэргэ дьаһал таһаарбыттар.

Ити дьаһалы туппутунан улуус баһылыга Владимир Ильич Птицын уһугулаан сытар Василий Васильевичка дьиэтигэр кэлэн, ыһыах буолуон аҕыйах күн иннинэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина буолбутун кэрэһэлиир дастабырыанньаны туттарбыта. Доҕорбут Идэлги сыратын биэрбит улууһа үрдүктүк сыаналаабы- тын ити курдук билэн бараахтаабыта. Сыанабыл ардыгар ити курдук хойутаан кэлэрэ диэн олоххо баар буоллаҕа дии…

* * *

      Василий Васильевич Скрябин-Идэлги адьас уһугулаан сыттаҕына «Төлкөлөөх түөрэх» диэн историческай романа «Бичик» кинигэ кыһатынан таһаарыллар буолбута, эрэдээктэрдээһинэ Варвара Петровна Саввиноваҕа сүктэриллибитэ. Доҕорбут күнэ-дьыла ааҕыллан сытарын билэр буоллахпыт дии. Бу улахан үлэтин кинигэнэн тахсыбытын көрдөрөөрү түбүгүрүү улаханын көрсүбүппүт. Август Васильевич Егоровка айымньыны бэчээккэ ыытыах иннинэ ксерокопияҕа түһэрэн ылыахха уонна ону бэйэтигэр илдьэн биэриэххэ, оччотугар кинигэтэ тахсар буолбутун итэҕэйиэ этэ диэн өй укпутум. Онуоха кини сөбүлэспитэ. Правительство дьиэтигэр үлэлиир уолаттарга тылбын ылыннаран «Төлкөлөөх түөрэҕи» икки экземплярга түһэртэрбитим.

     «Төлкөлөөх түөрэҕи» бэчээккэ ыытыах иннинэ аны биир суол боппуруоһу быһаарарбыт наада буолбута.

Идэлги бу «Төлкөлөөх түөрэх» диэн историческай романа Саха сиригэр нуучча казактара ыраахтааҕыттан Ыйаахтаах кэлиилэрин көрдөрөрүнэн, онон сибээстээн саха норуота күчүмэҕэйдэри көрсүбүт сорох утарсыылаах даҕаны түгэннэрэ (историческай кырдьык быһыытынан), ону тэҥэ саха тойотторо эйэлээх кэпсэтиилэргэ киирэн, улахан суолталаах боппуруостары быһаарыылара, онто да суох уустук тутуллаах ромаҥҥа уус-уран айымньы киэбигэр киллэриллэн суруллубута – биһиги сахабыт литературатыгар адьас саҥа көстүү этэ. Бу сүҥкэн суолталаах айымньыны аан бастааҥҥыттан ааҕааччы сөптөөхтүк өйдүүрүн ситиһэр уонна айымньы көмүскэллээх буолуутун хааччыйар туһуттан, биллиилээх үлэлээх чинчийээччилэрбит бэчээккэ таһаартарбыт үлэлэригэр, этиилэригэр тирэнэрбит наадатын өйдөөбүппүт.

         Сүбэлэһэн бараммыт Саха сирэ нуучча судаарыстыбатын састаабыгар киириитин история кырдьыгар тирэннэрэн суруйбут дьоммут үлэлэриттэн, сорохторун кытары кэпсэтиһэн, ол кэмҥэ сыанабылы биэрэр этиилэриттэн цитаталары ылбыппыт.  Холобурга диэн эттэххэ, историк, академик Василий Николаевич Иванов «Социально-экономические отношения у якутов» диэн 1956 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыт үлэтиттэн, историк, саха интеллигенциятын төлөннөөхтүк көмүскээбит Егор Егорович Алексеев «Осмысление правды» диэн 2004 сыллаахха таһаартарбыт кинигэтиттэн, саха норуодунай суруйааччыта Софрон Петрович Данилов «Саха норуота барҕарыы суолунан» диэн «Чолбон» сурунаал 1993 сыллааҕы 2-с нүөмэригэр бэчээттэппит ыстатыйатыттан, быһаарыылардаах этиилэриттэн цитаталары ылаттааммыт кинигэ инники күөнүгэр киллэрбиппит. Маныаха саамай быһаарыылаах хардыыны историческай наука доктора, профессор Розалия Иннокентьевна Бравина ылбыта, кини биһиги көрдөһүүбүтүн улгумнук ылынан «Төлкөлөөх аартыгы арыйан» диэн бэртээхэй ыстатыйаны суруйа охсон биэрбитэ. Улахан түбүккэ сылдьар, саха түҥ былыргытын иҥэн-тоҥон чинчийэр улахан учуонай киһи санаата кэлэн туран «Төлкөлөөх түөрэҕи» өйөөбүтүгэр биһиги күн бүгүн даҕаны махталлаахпыт. Ол ыстатыйатыгар Розалия Иннокентьевна Бравина:

        «Айымньы сюжета сүрүннээн Мэҥэ сиригэр – уотугар  арыллара мээнэҕэ буолбатах. Былыр-былыргыттан мэҥэлэр дьоннорун ахсаанынан элбэхтэрэ, сирдэрэ-уоттара киэҥэ-куоҥа, олохторун отуора саха үйэтин тухары дьулуһар үүт-тураан олоҕор дьүөрэлэһэрэ атын аҕа уустарыттан кинилэргэ боччумнаах сыһыаны эрэйэрэ. Мэҥэ бас-көс дьоно эппиттэрэ-тыыммыттара кураанах дорҕоон буолан салгыҥҥа симэлийбэккэ болҕомтоҕо ылылла- ра. Ааптар Мэҥэ ытык кырдьаҕаһа, «түүлээх түөрэх төлкөһүтэ» Дэхси ойуун нөҥүө саха мындыр өйдөөхтөрүн саха урааҥхай сар- сыҥҥыта сарбыллыбатын туһугар, кэскилэ кэхтибэтин иннигэр кэлии дьону кытта эйэ дэмнээх сыһыаны олохтуурга дьулуһууларын арыйар. «Түүлээх», ол аата дьоллоох, инникилээх, кэскиллээх «…биһиги инчэҕэй тирии курдук тэнийэн, иэн иҥиирин курдук уһаан биэриэхтээхпит. Көхсүбүт итии хаанын кыынньарарбыт, тыастаахтык тыынарбыт сатаммат. Үтүмэн үгүс үйэлэргэ оннооҕор буолуоҕу ту- луйан кэлбит өбүгэлэрбит үгэһинэн тулуйан көрүөхпүт», – диир кини.

        Идэлги бу айымньыта уус-уран суруйуу буоларын ааҕааччы өйдүөх кэриҥнээх. Галкин атамаан халаан алдьархайыгар түбэспитигэр Дэхсин ойуун эйэни эҥээрдэһэ сатаан маҥнайгынан көмө оҥорор. Айыы сиэринэн, үтүө сыһыан үтүө санааны саҕар.

        Ааптар «сахалары сүрүннээн Арассыыйа ийэ Хотуҥҥа үйэ-саас тухары холбооһун улахан хаан тохтуута суох ситиһиллибитэ» (С.157) диир түмүгэ историческай чахчыны кытта сүнньүнэн сөп түбэһэр. Саха чулуу өйдөөхтөрө кэлии дьон халыҥ ахсааннаах улуу омук сорҕото буолалларын сэрэйэн, кинилэр соҥнуур тутуллара саа- саадах күүһүнэн өһүллүө суоҕун кэмигэр өйдөөн, өс-саас баайсыбакка, дипломатия, эйэ дэмнээх быһаарсыы көмөтүнэн норуоттарын интэриэстэрин көмүскээбиттэрэ. Ол түмүгэр саха олоҕун төрдүттэн отуора хамсаабакка, ийэ өйө-санаата симэлийбэккэ, төрүт култуурата салгыы сайдар саргыламмыта», – диэн дириҥ ис хоһоонноох уонна сөптөөх сыанабылы биэрбитэ.

        Идэлги «Төлкөлөөх түөрэҕин» бөҕөргөтүү, көмүскэллээх буоларын ситиһии түбүгэ-садьыга итинэн эрэ бүппэтэҕэ. Ол кэмҥэ Василий Васильевичка тыл көтөхпүтүм: «Доҕоор, Баһылай, бу айымньыҥ суолтатын кэлэр кэмҥэ ыпсарардыы туһаайыылаах тылы суруйарыҥ буоллар», – диэн. Онуоха Баһылай барахсан сөпсөспүтэ. Айымньытын кини маннык бэлиэ, ырааҕы көрүүлээх тылларынан арыаллаабыта:

«Саха улуу уустарын, ол иһигэр Мэҥэ мэлдьэхсилэрин уонна мооруктарын, мээнэ ааттаммат төрүттэрин, аарыма ытык кырдьаҕастарын, олорбут охсуһуулаах уустук олохторун уонна дириҥ эҥсиилээх өйдөрүн-санааларын туһунан айымньыбын аныгы балысхан сайдыылаах олоххо олорор сахам ыччаттара аахтыннар, биллиннэр уонна үчүгэй өттүлэрин туһанныннар диэн суруйдум. Идэлги».

        Суруйааччы Идэлги «Төлкөлөөх түөрэх» историческай романын уопсастыба киэҥ эйгэтигэр тахсарын араҥаччылааһын (бөҕөргөтүү) ити курдук оҥоһуллубута.

        Этэн аһарбытым курдук, бу айымньыны ксерокопияҕа түһэрбит биир экземплярбын: «Доҕоор, Баһылай, кинигэҥ аны бу киэбиттэн халбаҥнаабат, тас көстүүтэ, айымньыгын бөҕөргөппүт тэрээһиммит бу курдук бэчээккэ түһэн кинигэ буолуоҕа. Онон кинигэлэммит курдук сананан кэбис», – диэн тураммын сыттыгын ан- ныгар уган кэбиспитим. Кинигэни түһэртэрбит иккис экземплярбар, бэчээккэ ыытаргытыгар сөпсөһөбүн, диэн илии баттатан ылбытым уонна ону «Бичиккэ» тиэрдибиппит. Идэлги бу романын эрэдээктэринэн Варвара Петровна Саввинова туруоруллубут буолан олус үчүгэйдик, дьулурҕатык эрэдээксийэлэммитэ диэн этиэхтээхпин.

        …Сэрэйбиппит курдук Баһылайбыт «Төлкөлөөх түөрэҕэ» кинигэнэн бэчээттэнэн тахсарыгар тиийээхтээбэтэҕэ. Атырдьах ыйын 4 күнүгэр доҕорбут Василий Васильевич Скрябин-Идэлги олохтон барбытын 40 хонугун бары доҕотторо мустаммыт бэлиэтээбиппит. Былыргы сахалардыы эргитиллибит чардааттаах уҥуоҕар тахсан сибэкки дьөрбөтүн уурбуппут. Киһибитин истиҥник-иһирэхтик ахтыбыппыт.

          Ити күн Владивосток куорат «Дальпресс» диэн кинигэ кыһатыгар 4000 экземплярынан бэчээттэнэн кэлбит «Төлкөлөөх түөрэҕи» илиибитигэр туппуппут. Нина Николаевна Скрябина (Ким) доҕорбут кинигэтин барыбытыгар тыл-өс суруйан бэлэхтээбитэ: «Семену Андреевичу в память о нашем дорогом человеке. С любовью и уважением Нина Николаевна. 4/ VIII-07 г.»

          Сөпкө даҕаны дьаһаммыт эбиппит дии саныыбын күн-бүгүн. Астынарым баар: Василий Васильевич Скрябин-Идэлги доҕорбут өр сылларга сыралаһан суруйбут «Төлкөлөөх түөрэх» историческай романа кинигэнэн тахсар буолбутун билэн-өйдөөн хаалбытыттан. Урукку бэлиэтээһиннэрбэр, ыстатыйаларбар «Төл- көлөөх түөрэх» ромаҥҥа анаан-минээн тохтооботоҕум. Бу сырыыга бу айымньы тула оччотооҕу быһыы-майгы хайдах этэй ыйытыыга хоруйдуур туһуттан киэҥник тохтоотум, тоҕо диэтэххэ, суруйааччы олоҕо, айымньыта кэлин үөрэтиллэр-чинчийиллэр күнэ-дьыла тиийэн кэллэҕинэ доҕор дьоно кини туһунан тугу этэн, бэлиэтээн хаалларбыттара баарый диэн ыйытыы күөрэс гына түһүөҕэ, баҕардар ол кэмҥэ биһиги мемуардыҥы бэлиэтээһиннэрбит наада буолуохтарын сөп диэн кэскиллээх санаанан салайтардым.

* * *

     Идэлги биһиэхэ дириҥник махтанар эбит этэ. Дьиэ-кэргэн дьонугар кэриэһин этэригэр: «Библиотекабыттан Урсун уонна Тумат наадыйар кинигэлэрин ыллыннар», – диэбит этэ, ити курдук үчүгэйдик ылыммыт эбит биһиги сыһыаннаһыыбытын. Биһиги литература, история боппуруостарыгар үгүстүк кэпсэтэрбит. Идэлги «Боссоойкону эһии» диэн кинигэтин суруйуон иннинэ ааспыт үйэбит сүүрбэһис-отутус сыллардааҕы собы- тиеларын билэр, онно кыттыбыт Мэҥэ – Хаҥалас кырдьаҕастара кэпсээбиттэрин сурунан илдьэ хаалбытыгар тирэммитин туһунан сэһэргиирэ. Ол дьоннор кэпсээннэрин аттаран, чуолкайдаан кэм кырдьыгар кубулутар соругу туруоруммут этэ. Ону бигэргэтээри эбитэ буолуо Урсун биһигини Боссоойко аймахтарын террордааһын иэдээнин киһи сиһэ кэдэҥниэх курдук кэпсээбитэ өйбөр дириҥник хатанан хаалбыт. Идэлги бу суруйуутун Далан мээнэҕэ хайҕаабатах буолуохтаах, көрдөөн ылан «Чолбоҥҥо» бэчээттэппитэ даҕаны элбэҕи этэр.

      Саха сиригэр буолбут Гражданскай сэрии диэн иэдээнинэн эҥэрдэммит кэми «Хааннаах хапсыһыы» диэн романынан суруйан көрдөрүүтэ – бу хааннаах хапсыһыылар туохтан төрүттэнэн тахсыбыттарын быһаарыыга дьулуһуу олус хоһуун холобура этэ. Идэлги бу бөдөҥ айымньыта дьоҥҥо-сэргэҕэ биһирэммит өрүтэ, арааһа, ситиниэхэ сытара буолуо дии саныыбын. «Хааннаах хапсыһыы» романын Идэлги балаҕан ыйын 9 күнүгэр 2006 сыллаахха илии баттаан бэлэхтээбитэ.

     Идэлги биһигини көрдөрүүлээх  уруоктары биэрэригэр куруук ыҥыран сырытыннарара. Кини баар эрдэҕинэ Мэҥэттэн төрүттээх, онно олорбут, үлэлээбит суруйааччылар ахтыллар күннэрэ-дьыллара кэллэр эрэ өйдөтөөччү-санатааччы кини буолара. Баһылай барахсан көннөрү санатааччы эрэ буолбатаҕа, туох-ханнык иннинэ кини чинчийээччи быһыытынан инники күөҥҥэ сылдьара. Дмитрий Таас туһунан бастакынан кини эрэ монографическай чинчийиини оҥорбута. Платон Ойуунускайы кытары бииргэ үлэлээбит, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун үлэтин өйөөбүт, кэлин историк, профессор буола үүммүт-сайдыбыт Иван Романов туһунан анаан-минээн бастакынан кини кинигэнэн сырдаппыта.

      Итини таһынан төһөлөөх сыратын биэрэн, түбүгү көрүстэ этэй саха литературатын аатырбыт, тэҥнээҕэ суох кириитигэ Егор Петрович Шестаков-Эрчимэн аатын төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэгэр бэрдэрэр туһуттан? Ону эмиэ ыстатыйаларынан, чинчийиилэринэн, оскуолаҕа литературнай куруһуогу үөрэтиинэн арыаллаа- быта. Мэҥэ Хаҥалас спортивнай историятын суруйсубут киһи кини буолбатах этэ дуо?

     Учуутал, педагог быһыытынан анал чинчийиилэри брошюраларынан суруйан хайҕанан турардаах. Оҕолорго аналлаах «Оҕолорбут кэпсэтэллэр» диэн чахчы педагог хараҕынан көрөн суруйбут кинигэтэ учууталларга да, оҕолорго да тэҥинэн биһирэппитэ. Идэлги, мин санаабар, олоҕун былаһын тухары муспут чахчыларыгар олоҕуран «Мэҥэ бэртэрэ» диэн суруйбут кинигэтин Мэҥэ Хаҥалас дьоно үбүлээн, үс дьоҕус кинигэлэринэн таһаартарбыттара. Ол аата Идэлги түммүт бу чахчыларын история кырдьыгын быһыытынан ылыннахтара. Ону өйдөөммүн, дьоно-сэргэтэ уоллара Идэлги улууһун былыргытыттан сиһилээн суруйбут дьоһуннаах үлэтин ууруна сылдьан аахтыннар дии санааммын, бу үс кинигэни биир халыҥ тастаах кинигэ оҥорон, «Бичик» кинигэ кыһатыгар бэрт тупсаҕайдык оҥорторон, «Мэҥэ бэртэрэ» диэн аатын оннунан хаалларан, таһаартаран турардаахпын. Оттон «Оҕолор кэпсэтэллэр» диэн кинигэтин, арааһа, үстэ хаста хос таһаартардым быһыылаах.

      Күүһүм тиийэринэн доҕорум Идэлги үлэтин-хамнаһын үйэтитиһэ сатаатым. Онуоха доҕотторум Идэлги, Ойуку мэлдьитин өй-санаа уган көмөлөһөллөр. Кини биир даҕаны кэриэстэбиллээх күнүн-дьылын бэлиэтээһинэ, ыстатыйата суох көрсүбэтибит, өссө анаан-минээн чинчийиэхпит, литературнай нэһилиэстибэтин үөрэтиэхпит турдаҕа.

      Нина Николаевна Скрябина (Ким) этии киллэриитин ылынан, педагогическай кэлэктиип үлэлээбит оскуолатыгар библиотекатыттан кинигэ бэлэхтэтэн, суругун-бичигин түмэн туһунан хоһу анаан турар. Ол билигин даҕаны үлэлиир буолуохтаах, ити тэрээһин Идэлгини суруйааччы быһыытынан чинчийии, үөрэтии уонна үйэтитии бастакы хардыытынан буолар диэн бигэ өйдөбүллээхпин.

     Төхтүр И.М. Романов аатынан оскуола кэлэктиибэ учуутал, суруйааччы В.В. Скрябин-Идэлги туһунан олус үчүгэй өйдөбүллээх. Ону биһиги суруйааччыга аналлаах тэрээһиннэргэ сылдьан, билэн-өйдөөн турабыт. Кырдьаҕас учууталлар Идэлги айымньыларын олус үчүгэйдик ырытар эбит этилэрэ. Ону биһиги «Хааннаах хапсыһыы» диэн романын ырытыһыыттан билэбит. Онно кыттыыны ылбыт оскуола дириэктэрэ Лука Гаврильевич Никифоров олус үчүгэйдик Идэлги бу суруйуутун ырыппыта. Ырытыыны бары биһирээбиппит. Ромаҥҥа ойууланар бары событиелар кыттыылаахтарын олохтоохтор билэллэрэ, айымньыга киирбит алаастар, үрэхтэр, сыһыылар олус сөпкө ааттаммыттарын, олор дьиҥ баарынан ойууланан айымньыга киирбиттэрин иҥэн-тоҥон киһи эрэ истэн-сэргээн олоруон курдук, суруйааччы дьоҕурун дьоһуннаахтык бэлиэтиир тосхоллоох ырытыылар, тыл этиилэрэ оҥоһуллубуттара биһиги доҕорбут Идэлги санаатын көтөхпүт, өйүн-санаатын байыппыт буолуохтаахтар дии санаатахпына, «Хааннаах хапсыһыы» диэн Идэлги романын дьүүллэһиигэ кыттыбыт ол дьоро киэһэбит бары дьонугар ис сүрэхпиттэн махтаныахпын баҕарабын.

Идэлги Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан силис-мутук тардынан тахсыбыт суруйааччылар, интеллигеннэр тустарынан олус үчүгэй өйдөбүллээҕэ. Ханнык да литературовед Дмитрий Таас суруйааччы айар үлэтин чинчийиигэ ылсыбатаҕа, Идэлги «Дмитрий Таас» диэн кинигэни суруйбута. Профессор Иван Михайлович Романов туһунан «Республика чулуу дьоно» диэн серияҕа «Иван Романов» диэн бэртээхэй кинигэтин суруйан дьонун-сэргэтин үөрдүбүтэ.

     Үөрэппит учууталын, саха биллиилээх литературнай кириитигин Егор Петрович Шестаков- Эрчимэн аатын төрөөбүт нэһилиэгин оскуолатыгар иҥэртэрбитэ, төһөлөөх бэлиэтээһиннэри, ыстатыйалары кини туһунан суруйда этэй? Итини барытын Идэлги история ситимэ быстыбатын туһугар оҥороро диэн өйдөбүллээхпин.

* * *

      Аны бэрт кылгастык литературнай саломмут туһунан аҕыйах тылы этэрим наада буолар. Бу көннөрү мустуу буолбатах этэ – бу туох-ханнык иннинэ литератураны ис сүрэхтэриттэн сөбүлүүр-таптыыр, кинини көмүскүүр, байытар-тайытар өйдөөх-санаалаах дьоннор түмсүүлэрэ этэ. Ол туһугар олус наадалаах түмсүүбүтүн уотун-күүһүн күөдьүтэн биэрээччинэн нуучча тылын учуутала, минньигэс астаах-үөллээх, сылаас чэйдээх, өрүүтүн ас-үөл кэһиилээн ыытааччы дьиэ хаһаайката Нина Николаевна буолара.

       Истиҥ көрсүһүүлэрбит – литературнай салоҥҥа кубулуйбута. Онно көһүтүүлээх ыалдьыттарынан Василий Никитич Протодьяконов кэргэнинээн, суруйааччы Николай Егорович Винокуров-Урсун, «Бичик» кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрэ Август Васильевич Егоров, бу кыһа кылаабынай эрэдээктэрэ Валерий Нико- лаевич Луковцев, биллиилээх суруйааччы Павел Николаевич Харитонов-Ойуку уонна мин буоларбыт. Онно сорох ардыгар ааттаах-суоллаах Суола үрэх үрдүк эниэтигэр таалалаан сытан сэһэргэһэр, хаадьылаһар да түгэннэрдээх этибит, ардыгар муҥхалыырбыт, отоннуурбут, тэллэйдээччи да баар буолара… Ону барытын хоно-өрүү сытан ситиһэрбит, аны санаатахха үчүгэй да эбит!

       Идэлги учууталым диэбит киһитэ Василий Никитич Протодьяконов этэ. Биһиги ити көрсүһүүлэрбит биир суол дьоһуннаах хайысханы биэрбиттэр эбит диэн өйдөбүллээхпин. Бары уубутугар-хаарбытыгар киирэн олорон бүгүҥҥү саха прозатын туһунан кэпсэтэрбит, кини күүстээх уонна мөлтөх өрүттэригэр тохтоон ырытыһарбыт. Ол барыта суруйааччы Идэлги айар үлэтэ кэҥиирин туһугар оҥоһуллара. Биһиги литературнай саломмут буһаран-хатаран таһаарбыта суруйааччы Идэлгини диэтэхпитинэ даҕаны, итиниэхэ киһи омнуолуура суох. Бу биһиги дьон-сэргэ, общественность хараҕар быраҕыллыбатах, биллибэккэ-көстүбэккэ хаалбыт литературнай саломмут дьоро киэһэлэрэ барытын тэҥинэн дьоллуура, барыбытын айарга-тутарга күүрдэрэ, ол үтүөкэннээх түгэннэрбит билигин тус бэйэбит эрэ билэр, өйдүүр чахчыларбытыгар кубулуйуох бэйэтэ буоллаҕа. Биһиги эдэр сааспыт дьоро киэһэлэрин иҥэриммит литературнай саломмутун мин билигин сэттэ уон түөртээх киһи олус күндүтүк саныыбын, ол кэрэ кэммит, инники күөнүгэр өрүүтүн доҕорум, суруйааччы Идэлги баар буолар, үтүө өйдөбүл ити курдук үйэлээх.

          Суруйааччы Идэлги туһунан бу бэлиэтээһиммин доҕорум Ойуку тылларынан түмүктүүбүн, суруйааччы суруйааччыны хайдах ылынарын өйдөтөн-санатан ааһар туһуттан:

«Идэлгилиин СГУ саха салаатын бүтэрбиппитин аахсыбакка туран, кини саха суруйааччыларын кинигэлэрин хомуйан муспут баай библиотекатынан, ампаарын музей оҥорон сааһылаан туруорбут булумньуларынан, уһанар тэриллэринэн, күрүөтүнэн- хаһаатынан, суруйар идэбитинэн элбэхтик майгыннаһарбытын билбитим. Кини кэргэнэ уонна мин кэргэним иккиэн асчыт, ыалдьытымсах дьон бэртэрэ. Суруйар темаҕа, норуоппут историятыгар, күннээҕи политикаҕа сыһыаммыт кытары чугас.

        Россия Суруйааччыларын уонна Суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ В.В. Скрябин-Идэлги инникитин өссө элбэх былааннардаах, көрүүлэрдээх этэ. Мин саныахпар, кини сүрүн оскуолатынан, билиитин төрдүнэн төрөппүт норуотун олоҕо буолар. Идеология хаарчаҕар хаайтарбакка көҥүллүк саныыр, тыынар буолара.

Идэлги суруйааччы, гражданин, гуманист быһыытынан элбэҕи айбыт улууһун өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ааттаппыт, норуотугар элбэҕи туһалаабыт, биллибит киһи буолар. Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьонноро уолларын аатын үйэтитэр кэмнэрэ, чахчы, кэлиэҕэ. Ону норуотун историята, кырдьыга, суруйбут үлэлэрэ саната туруоҕа», – диэн этэр суруйааччы Ойуку. («Василий Скрябин-Идэлги» диэн ыстатыйатыттан).

         Доҕоро, суруйааччы Ойуку ити бары өттүнэн сиэрдээх бэлиэтээһинигэр сөбүлэһэбин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун салалтата суруйааччы Идэлги аатын-суолун үйэтитиигэ биир эмэ сөптөөх дьаһалы олохтууругар билигин даҕаны эрэлбин сүтэрбэппин, күүтэбин, кэтэһэбин, мин олус үчүгэйдик өйдүүбүн ээ, биһиги суруйааччы аймах үтүөбүт-өҥөбүт хойутаан да баран син биир күөрэйиэхтээҕин. Идэлги аата-суола өрө тутуллар кэмэ кэлэригэр эрэнэбин.

Сэмэн Тумат,

саха норуодунай суруйааччыта