Быйыл муус устар 27 күнүгэр Саха Автономиялаах Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ лоп курдук 100 сылын туолар. Бу саха омук уонна Саха сирин историятыгар олус суолталаах бэлиэ кэмҥэ ол биир үйэлээх судаарыстыбаннаспыт историятын сүгэһэрин быһаччы сүгэн сылдьар киһинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев буолар. Онон сахалыы тыллаах кырдьаҕас «Чолбон» сурунаал муус устардааҕы нүөмэригэр Айсен Сергеевич ыалдьыттыыр.
– Айсен Сергеевич, эн санааҕар, Саха сирин судаарыстыбаннаһын биир үйэ иһигэр сайдан кэлбит үөрүйэҕэ биһиэхэ тугу кэрэһилиирий?
– Судаарыстыбаннаһы олохтооһун уонна автономиялаах өрөспүүбүлүкэ статуһун ситиһии – бүтүн норуот дьылҕатын уларыппыт, Саха сирин тыын интэриэһин үрдүк таһымҥа хорсуннук уонна итэҕэтиилээхтик көмүскээһин хаһан да умнуллубат чаҕылхай холобура буолар. Бу сүҥкэн политическай ситиһии туох ис хоһооннооҕун уонна дьайыылааҕын сыл-хонук аастаҕын аайытын бар дьон өссө дириҥник өйдөөн иһиэҕэ уонна тирэх оҥостуоҕа диэн тус бэйэм бигэ эрэллээхпин.
Саха саарын дьоно Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов уонна кинилэр соратниктара, оччотооҕу политическай быһыыны-майгыны олох сөпкө өйдөөннөр, эдэр сэбиэскэй Россия инникитин хайдах сайдыахтааҕын өтө көрөннөр, автономия боппуруоһун күүскэ туруорсубуттарын түмүгэр Саха бастакы өрөспүүбүлүкэтэ олохтоммута. Бу ситиһии Саха сирин сайдыытын олох атын, үрдүк таһымҥа таһаарбыта, Улуу Россияны кытта үйэлэргэ биир дьылҕалаахпытын өссө төгүл бигэргэппитэ. Автономияны ылынан баран, Саха сирэ хаалыылаах уһук губернияттан индустриальнай суолунан сайдар, баараҕай промышленнай бырайыактары олоххо киллэрэр, Уһук Илин биир тумус туттар өрөспүүбүлүкэтэ буолар суолу тутуспута. Ол суолбутуттан туораабакка, күн бүгүҥҥэ диэри үлэлээн, айан-тутан иһэбит.
Автономия биһиэхэ омук быһыытынан тирэхтээхтик сайдар кыаҕы биэрбитэ. Төрүт дьарыкпытын өссө сайыннаран, хотугу тыа хаһаайыстыбатынан киэҥ далааһыннаахтык дьарыктанары ситиспиппит, култуурабытын, тылбытын-өспүтүн, сиэрбитин-туоммутун симэлиппэккэ, өссө күүскэ сайыннаран, судаарыстыба өттүттэн улахан өйөбүл биэрэн, күн бүгүн саха омук аатын ааттата, кэҥии-тэнийэ сылдьарбыт кэрэхсэбиллээх.
1990 сыллаахха Саха иккис өрөспүүбүлүкэтэ олохтоммута. Бу олох саҥалыы тыыннаах хамсааһын, өрө көтөҕүллүү этэ. Ол эрээри 1922 сыллааҕы бастакы өрөспүүбүлүкэбитин кытта дириҥ силистээх-мутуктаах, тирэхтээх буоламмыт, саҥа кэм утары ууммут улахан уларыйыыларын сөпкө ылынан, саҥа үйэҕэ сэргэхтик уонна кимиилээхтик киирэр кыахтаммыппыт.
– Политик уонна экономист киһи хараҕынан көрдөххүнэ, аан дойду геополитикатыгар уонна Россия социальнай-экономическай эйгэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ диэн аат туох өйдөбүллээҕий?
– Саха Өрөспүүбүлүкэтин туһунан атын дьон өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалбыт өйдөбүллэр бааллар – «манна алмаас хостонор», «тымныы», «Саха сирэ биэс Франция киирэр иэннээх» диэбит курдук. Биллэн турар, бу толорута суох өйдөбүллэр, стереотиптар. Ол иһин бука бары Саха сирин туһунан саҥа өйдөбүллэр үөскүүллэригэр күүскэ үлэлэһиэхтээхпит.
Биһиги күннээҕи олохпутугар-дьаһахпытыгар киэҥ сирбит-уоппут уонна тымныыбыт сүҥкэн дьайыылаахтар. Аан дойду хараҕар Саха Өрөспүүбүлүкэтэ ирбэт тоҥ үрдүгэр, аныгы олох тэтимин баттаһа, тэтимнээхтик сайдар, киһи өйүн-сүрэҕин кыаҕын, дьоҕурун толору уонна сатабыллаахтык туһанан, сырьеттан тутулуга суох экономикаҕа тирэнэр, инникигэ бигэ эрэллээх регион быһыытынан бэйэбитин көрдөрүөхтээхпит.
Россия тыытыллыбатах айылҕатын 30 %-на, оттон аан дойду тыытыллыбатах айылҕатын 10 %-на Саха сиригэр баар. Маннык тыыннаах баайдаах олорон, биһиги хайдах да баараҕай экологиялыы хамсааһыннартан туора турар кыахпыт суох. Бу хайысхаҕа сылтан сыл үлэ-хамнас кэҥээн, ис хоһооно дириҥээн иһиэҕэ. Онуоха билигин саамай тоҕостоох кэм үүнэн турар – 2023 сылга диэри Россия Арктикатааҕы Сүбэни салайар. Саха сирэ аан дойдутааҕы экологияҕа резервэтин быһыытынан планета чөл буоларыгар бэйэтин кылаатын киллэрэ туруоҕа – ирбэт тоҥу, күн-дьыл уларыйыытын чинчийэн, ыраас салгыны оҥорон таһаарар карбон полигоннары тэрийэн, сир «тыҥата» буолан. Бу үлэ-хамнас барыта наукаҕа, дириҥ чинчийиилэргэ олоҕуруохтаах диэн бигэ өйдөбүллээхпин. Манна Уһук Илин регионнарын кыаҕын түмэн, «Север» научнай-үөрэтэр киин олохтоммута улахан төһүү буолуохтаах.
Үтүөҕэ дьулуурбутун уонна киэҥ билиини-көрүүнү холбоотохпутуна, биһиги улахан уларыйыылары таһаарар кыахтаахпыт.
– Быйыл Россияҕа култуура нэһилиэстибэтин сыла биллэрилиннэ, эйиэхэ бу хайысха чугас – эһиги дьиэ кэргэн үтүө дьулуургутунан Тааттаҕа өр кэмҥэ үлэлээбэккэ турбут көлө тардар миэлиҥсэтин сөргүтэн тилиннэрбиккит. Бу үтүө холобуру кэлин Саха сирин үрдүнэн үгүс киһи сэргээн, өйөөн, батыһан эрэрэ хайҕаллаах суол. Маннык, омос көрдөххө политикаҕа сы-һыана суох хамсааһыннар судаарыстыбаннас сайдыытыгар туох суолталаахтарый?
– Бэйэ омугун уруккутугар, историятыгар ытыктабыллаах сыһыан – норуоту сомоҕолуур сүдү күүс. Биһиги түҥ былыргы үйэлэргэ тоһуттар тымныыттан толлубакка, бу сиргэ олох-дьаһах тэриммит хорсун санаалаах өбүгэлэрбититтэн силис-мутук тардан бүгүҥҥү күҥҥэ кэлбит буолан, өрүү сайдарга, тупсарга дьулуһар үтүө үгэстээхпит. Онон бэйэ омугун уруккутугар үтүө сыһыаны көлүөнэттэн көлүөнэҕэ иҥэриэх тустаахпыт. Оччоҕо омук быһыытынан тирэхтээх буолуохпут.
Соҕотох киһи саныыр санаата тиийбэт дириҥ улаҕалаах, киэҥ далааһыннаах, үйэлэр тухары тиһиллибит мындыр өй утахтарын түмэ сылдьар, норуот ис дьиҥин, омук быһыытынан уратыбытын өрө тутан бар дьон билиитигэр таһаарар эйгэлэринэн култуура уонна искусство буолаллар. Ону дириҥник өйдүүр, онно суолта биэрэр буолан, дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин 2022 сылы Россия норуоттарын култуураҕа нэһилиэстибэлэрин сылынан биллэрбитэ. Онтон «Өйдөбүнньүктэри харыстыаҕыҥ» диэн бырайыак биһиэхэ өссө 2019 сылтан ыла саҕаламмыта. Бу бырайыак чэрчитинэн барыта 35 история пааматынньыга чөлүгэр түһэрилиннэ. Быйыл да бу үлэ-хамнас салҕаныаҕа. Араас улуустарынан барыта 13 пааматынньык саҥардыллыаҕа, ол иһигэр Дьокуускайга Суорун Омоллоон олорбут дьиэтэ, Намҥа Ойуунускай трибуната, Покровскайга Серго Орджоникидзе олорбут дьиэтэ.
– Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сылын биллэрдиҥ. Ил Түмэҥҥэ Анал этиигэр патриотизм киһиэхэ ийэ үүтүн кытта тэҥҥэ киирэн иитиэхтэнэр диэн бэлиэтээбитиҥ. Дьэ билиҥҥи глобализация, маассабай култуура, маргинализация кэмигэр ыччаттарбытын төрөөбүт дойдуларын кытта хайдах ситимниибитий, кинилэртэн кэнэҕэски Саха Өрөспүүбүлүкэтин патриоттарын хайдах иитэн таһаарабытый?
– Хас биирдии киһи оҕо эрдэҕиттэн «мин төрөөбүт дойдум миигин араҥаччылыыр, көмүскүүр» диэн санаалаах эрэ улааттаҕына, кини кэнэҕэскитин патриот буола үүнэр. Манна улахан оруолу дьиэ кэргэн олоҕо, ийэ иитиитэ ылар. Оҕоҕо Ийэ сиригэр таптал биһигиттэн ыла иитиллэр. Төрөппүттэрэ дьоллоох, чөл олохтоох, чэгиэн туруктаах уонна кыахтарын толору туһанан, айа-тута, үлэлии-хамсыы сылдьар буоллахтарына, оннук дьонтон инникигэ эрэллээх, «үчүгэй» уонна «куһаҕан» диэни чуолкайдык араарар, ис эйгэтэ чөл киһи үөскүүр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр, үгэс быһыытынан, социальнай эйгэ сайдыытыгар улахан болҕомто ууруллар. Ийэ буолууну өйүүргэ, төрөөбүт оҕону араҥаччылыырга, дьиэ кэргэн туруктаах буоларын хааччыйарга араас хайысханан бюджекка сыллата үп-харчы көрүллэн, утумнаах үлэ барар. Бу үлэ үтүө түмүгүнэн демографияҕа көрдөрүүлэр тупсуулара буолар. Ол курдук, киһи ахсаана саҥа оҕо төрүүрүн суотугар улаатарынан Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Уһук Илиҥҥэ бастакы, оттон Россияҕа сэттис кирбиигэ сылдьар.
Патриоттары иитиини киэҥник ылан көрүөҕүҥ. Дьон тоҕо киин сиргэ, киэҥ куораттарга, атын дойдуга талаһарый? Хардата судургу – ордук олоҕу көрдөөн. Ол иһин биһиги манна, бэйэбит өрөспүүбүлүкэбит иһигэр, хас биирдии киһи бэйэтин кыаҕын толору туһанар, талбыт идэтигэр ситииһилэнэр, олоххо дьулуһар сыалын-соругун толорор кыаҕын тэрийиэхтээхпит. Оччоҕуна дьон-сэргэ тоҕо атын сирдэргэ олохсуйарга талаһыаҕай? Биллэн турар, биирдиилээн барааччылар син биир баар буолуохтара – дьон-дьон араас санаалаах, ол эрээри күргүөмүнэн көһүү суох буолара чахчы.
– Айсен Сергеевич өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын быһыытынан аны сүүс сылынан Саха сирин сайдыытын, саха омук кэскилин хайдах тойоннуугунуй?
– Биһиги курдук киэҥ-куоҥ сирдээх-уоттаах регион ханна да суох. Индия курдук улуу дойдуну кытары сирбит иэнинэн тэҥмит. Онон бачча киэҥ сири-уоту баһылаан олорор дьон күннээҕинэн эрэ сылдьарбыт табыллыбат. Өрөспүүбүлүкэбит инники сайдан баран иһиэн баҕарар буоллахпытына уон, биэс уон, сүүс сылынан хайдах-туох буолуохпутун эрдэттэн эрдэ торумнаан иһиэхтээхпит. Ол эрээри, хайаан даҕаны чуолкай былаан оҥостон үлэлии олоруохтаахпыт диэн буолбатах – биир сүрүн сыал-сорук баар буолуохтаах. Ол сүрүн сыалбыт-сорукпут биһиги бигэ туруктаах буолуубутугар сытар. Онуоха омугуттан, сааһыттан тутулуга суох Саха сирин олохтоохторо бары биир сомоҕо буолан, биир санаанан салайтаран үлэлиэх-хамсыах, айыах-тутуох тустаахпыт. Сирбит-уоппут дэлэй баайдаах. Онно тирэнэн биһиги, бастатан туран, өйбүт-санаабыт кыаҕын, күүһүн сайыннарыахтаахпыт. Оччоҕуна эрэ инники сүүс сылга туруктаахтык олорорго эрэллээх буолуох этибит.
Айти-технологияҕа, креативтыы индустрияҕа үлэлии сылдьар эдэр дьон бэйэлэрэ тыллананнар, Ойуунускай «Сүүс сыллаах улуу былаан» айымньытын батыһаннар кэлэр сүүс сылга өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ, улуустар хайдах олоруохтаахтарын былааннаан эрэллэр. Билигин хас биирдии улууһу барытын кэрийэн, дьону-сэргэни кытары көрсөн этиилэри хомуйа сылдьаллар, үгүс кэпсэтиини, санаа атастаһыытын таһаараллар. Кинилэр бу сыл бүтүөр диэри былааммытын көрдөрүөхпүт, билиһиннэриэхпит дииллэр. Ыччаттар итинник санааны ылыммыттарын тус бэйэм олус биһирээтим. Ити курдук дьон-сэргэ хас биирдии эйгэнэн инники сайдыы туһунан этиилэри киллэрэрэ буоллар, барыбытыгар да туһалаах буолуох этэ.
– Сахалыы тыллаах кырдьаҕас «Чолбон» сурунаал ааҕааччылара эн уус-уран литература туһунан туох санаалардааххын уонна сөбүлүүр суруйааччыларгын билиэхтэрин баҕараллара чахчы.
– Хас биирдии киһиэхэ уус-уран айымньы толкуйу дириҥэтэргэ, олоҕу анаарарга улахан күүс-көмө буолар. Аныгы киһи олоҕор араас гаджеттар күүскэ өтөн киирдилэр. Бу уу сүүрүгүн курдук киэҥник уонна дохсуннук уста турар күннээҕи сонуну тиэрдэр ньымалартан тэйэ түһэн, дьиҥнээх литератураны аахтахха эрэ ис турук уоскуйар, өйө-санаа сааһыланар. Төһөнөн тас олох түргэтиир да, оччонон ис турук чуумпу уонна холку буолуохтаах. Онон, мин санаабар, инникитин киһи аймах кинигэ ааҕыытыгар син биир төннүөҕэ.
Тус бэйэм оҕо эрдэхпиттэн ааҕарбын олус сөбүлүүбүн. Билигин, төһө да иллэҥ кэмим аҕыйаҕын иһин, быыс булларбын эрэ кинигэ ааҕабын. Ааҕыы диэн миэхэ сынньалаҥ кэриэтэ. Саха уус-уран литературата биһиги өйбүтүн тутарбытыгар, ситэрбитигэр-хоторбутугар улахан сабыдыалы оҥорбута. Биир кылгас кэрдиис кэм иһигэр хас да бөдөҥ суруйааччы тэҥҥэ айан-тутан, саха уус-уран классикалыы литературатын үөскэппиттэрэ. Кинилэр суруйан хаалларбыт улуу айымньылара – омукпут баайа. Дьиҥнээх сахалыы толкуй, олох сиэрэ-туома, тыл сүмэтэ – барыта биһиги классиктарбыт айымньыларыгар сөҥөн сытар. Тус бэйэм, түгэн көһүннэҕинэ, Даланы, Амма Аччыгыйын, Софрон Даниловы сүгүрүйэ уонна ытыктыы ааҕабын.
Саха киинэтэ сайдан, классик суруйааччыларбыт айымньыларын киэҥ араҥаҕа таһаарарбын олус кэрэхсэбиллээх. Интернеккэ эмиэ саха литературатын ыыра кэҥээн иһэр. Соторутааҕыта «Айар» кинигэ кыһата смартфоннарга аналлаах бэйэтин аан бастакы электроннай библиотека сыһыарыытын таһаарда. Ол эбэтэр баҕалаах киһи төрөөбүт тылынан суруллубут кинигэни сиэбигэр укта сылдьан ааҕар кыахтанна! Манна 500-чэкэ кинигэ уонна 70-ча аудио-кинигэ киирдэ. Бу бырайыак олоххо киирэригэр 50 аудио-кинигэни бэлэхтээн кыттыбыппыттан тус бэйэм олус үөрэбин.
– Билигин Аҕа дойдубутугар Россияҕа уонна аан дойдуга бүттүүнүгэр даҕаны судургута суох быыһык кэм тирээтэ. Маннык түгэҥҥэ биһиги, Саха сирин дьоно, хайдах-туох дьаһанан олорорбут тоҕоостооҕуй? Ханнык суолу тутуһарбыт ордугуй?
– Өбүгэлэрбит маннык кэмнэри «аан дойду атыйахтаах уу курдук дьалкыйда» диэччилэр. Олохпут-дьаһахпыт күнтэн күн киһи үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн уларыйа турар. Биһиги, Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьоно-сэргэтэ, төрөөбүт дойдубут Россия бигэ тирэхтээх уонна модун буоларын туһугар, аҕа баһылыкпыт Владимир Владимирович Путин олоххо киллэрэр политикатын толору өйөөн тураммыт, сайдыыга, үтүөҕэ дьулуурбутун өссө күүһүрдэн, ис кыахпытын түмэн, санаабытын ууран аҕа дойдубут бары омуктарын кытта биир сомоҕо буоларбыт ирдэнэр.
Бүгүҥҥү сүрүн сыалбыт-сорукпут – арҕааҥҥы дойдулар бопсууларыттан сылтаан политика, экономика эйгэлэригэр тахсар тыҥааһыннаах быһыыга-майгыга бэриммэккэ, уустук кэми этэҥҥэ туоруур, ону ааһан, үүнэ-сайда турар туһугар туох баар кыахпытын ууруу. Ол иһин кулун тутар ыйга суһаллык дьаһал ылынан, өрөспүүбүлүкэ экономиката бөҕө буоларыгар туһуламмыт кэлим көмөнү оҥордум. Хотугу таһаҕас таһыытын тэрийиигэ, тыын суолталаах тэрилтэлэр үлэлэрин тирэхтээх оҥорууга, аһынан-үөлүнэн хааччыллыыга, орто уонна дьоҕус бизнеһи өйөөһүҥҥэ уо.д.а. дьон-сэргэ олоҕор быһаччы дьайар хайысхаларга көмө көрдүбүт.
Онон санаабытын түһэрбэккэ, тас дойдулар тосту-туора, сымыйа пропагандаларыгар бэриммэккэ, кырдьык туругурарын, дойдубут Россия кэскилин туһугар бары бииргэ тутуһан үлэлиэх тустаахпыт. Саха сирин олохтоохторо күннэтэ уларыйа турар уустук быһыыны-майгыны табатык өйдүүллэр уонна сырдык инникигэ эрэллэрэ күүстээх диэн тус бэйэм бигэтик эрэнэбин. Уйаммыт-хатаммыт биллэр кэмнэрин бары бииргэ сарын сарыммытыттан өйөһөн хайаан да этэҥҥэ аһарыахтаахпыт!
Кэпсэттэ Гаврил Андросов
Матырыйаал сирэйигэр Инна Якупова хаартыската туһанылынна.