Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Поэзия » һИИНДИ ТЭТЭРЭЭТИТТЭН

һИИНДИ ТЭТЭРЭЭТИТТЭН


АЙАР ТАЛЫЫ ЫАРЫЫТА

Эмиэ ый сырдыга кумааҕы
Сурдурҕас суугунун суохтаатым.
Сыа хаарга көй көмнөх сырылыы
Уот саҕа сатыырын санаатым.

Айар кут кынатын дохсуна
Салгыммын саймаарда аймаата,
Иэйэр тыл иччитин сурата
Сулуһу аахтара кыйдаата.

Иһигэр иитиэхтии сылдьыбыт
Оҕотун түһэҕэр көтөҕөн,
Буор кута үрэллэ сыспытын
Умнубут ийэҕэ көҕүйэн,

Аас тэллэх олбохпун орооммун
Дьыл-хонук көппөҕүн көтүттүм,
Аарыктаах дүҥүрбүн охсоммун
Кэп туона аартыкпын көннөрдүм.

Саарбыт хаас курдук сатыылаабыт
Салгыны тыырбатах сылларбын,
Биир тылым быкпакка былдьаммыт
Сараабыт саастарбын санааммын,

Суҥхаран аймана ытыахпын
Солуута суохпуттан кэрэйдим.
Хомуһун куудьунан алгыспын
Кэлиэхтээх кэскилбэр этинним:

«Буспатах биир отон умнастаах
Күһүммүн хомурах саппыта.
Сыа хаара көмүрүө хаһаастаах –
Тохпотох көмүскэм уулара.

Сынньаммыт айылҕа кэриэтэ
Иэйиинэн эппэйэ иэнийдим.
Кыһыны тулуйбут иирэҕэ
Көмүс түү бүөрдэрин үүннэрдим.

Уо, иэйиим тыынаа! Бичик буолкун
Илэ көрүөх дьолум быатыгар,
Испиттэн суккулла кутулун
Кумааҕы кубархай ытыһар!

Иэйиибин көтөҕүөх илиибэр –
Быстыбат сурук хаан тымыра.
Эстибит өрүстүү, илииспэр,
Хоһоонум көмүөлэ ааллас даа!»

06.11.2017. Сараа

ДАРАМСАЛАА

Тааһырбатын сүрэҕим эрэ.
Бу сайдыылаах таас дьүлэй үйэҕэ
Үтүөм дуу, үөнүм дуу батарбакка,
Таас умналыы аттаныам, хайаларга…
«Одун уот», 2004 с.

    1.

Дарамсалаа арҕастарын
Кэрдиистэнэр дьирбиититтэн
Таһырдьаны манаһабын,
Үүтээн саҕа киэлибиттэн.

Эрэһэлээх түннүк нөҥүө
Ардах түһэн эҥсэлитэр,
Туоххаһыйыы бороҥ өҥө
Куппун-сүрбүн эймэнитэр.

Буруо курдук былыт үөрэ
Субу устан ааллаан ааһар,
Сиртэн ыраах хайа үөһэ
Чахчы баарбын санаттарар.

Көҥүлүнэн хаайыылаахха
Арай салама – «тыал ата»:
«Эн илдьиккин таҥараҕар
Тиэрдиэм», – диирдии, далбаатанар.

Дарамсалаа, Дарамсалаа –
Аһыныгас айыы санаа,
Биэбэйдэнэр өй кыһата,
Мин биһикпин эмиэ ыйаа!

    2.

Луҥта* бичиктээх кэрчигэ
Суруйуохтаах илиистэрбин
Көөчүктүүрдүү тэлимнэтэ,
Тыалы миинэн илгистэрин

Түннүкпүнэн одуулаһа,
Эҥин саҥым эрииригэр
Санаам-оноом буккулла,
Ыдьырыйа иирэригэр

Уоскутуох харда ирдээммин,
Тыһыынчанан кээмэйдэнэр
Халлаан чугаһыыр үрдүгэр
Тымныы хоспун мээрэйдиибин.

Түөрт муннуктаах саламаҕа
Суруллубут хоруйдары
Этэ сатыыр тыал, бадаҕа,
Күүһүнэн дьиэбэр ыалдьыттыы…

    3.

Таас умналыы хайаларга
Аттаныах буолтум ыраатта.
Дьэ тиийдим сатыы халлааҥҥа,
Хонор былыты хаһыйа.

Манна адьаһын сахалыы
Ыанньыйбыт ынах таҥкыныыр,
Түптэ сыта суох бырдаҕы
«Үүрэн», салгыны наадаллыыр.

Күнэ эмискэ баар буолар,
Сэрэппэккэ мэлис гынар,
Куруутун былыт суруктаах
Саҕаҕын кистиир халлааннаах.

Төбөт омук саҥатыгар
Истэр курдукпун, уруургуу,
Түҥ былыргы аптаах тылбар
Умнубут өспүн булбуттуу.

Арай таас диэн ордубатах:
Үөрэх бичигэ суоһарбыт,
Хайатыгар саар булгунньах
Тэҥнэбилэ ханыыласпыт.

Уонна… барыта түҥ былыр
Суруллубут, дьаарыстана.
Бэл, тыал кытта сайа алгыыр,
Саламаттан быһаарма ааҕа.

Умналаабатах да иһин,
Хайа хайыр таастарыгар
Ойууламмыт бичиктэрин
Баҕалаахха арыйаллар.

*«Луҥта»: «луҥ» – «тыал», «та» – «ат». Тыал тэлибирэтэн, айыы санаа алгыһа тэнийэригэр аналлаах түөрт муннук быһыылаах, «тыал ата» дэнэр ойуулаах бичик-салама.

2015, кулун тутар ый. Һиндустаан, Дарамсалаа

АПТААХ ДОЙДУ

    1. 

Манна билбэттэр күн сыыйа тахсарын,
Киэһэ саҕахха наҕыллык кыыһарын,
Үрүҥ түүн иэйэр үөл-дьүөл сырдыгын,
Ылбат-биэрбэт боруҥуй диэн баарын.

Ураҕаска күөрэппиттии ойон тахсар
Сылата, уурастыы халлаан оройугар.
Уонна уоту сабардыы эмискэ мэлийэр:
Күн сырдыгын туох бары мэлдьэһэр.

Им балай хараҥа сулустаах суһуоҕун
Хайа тыырбат халлаан сиигин ыллыга,
Арай ыйа ымайа халлаан оройун
Тобула мичээрдиир, тиэрэ сытына.

    2.

Кырдьык, Алиса аптаах дойдутугар
Түҥкэлийэн түспүппүн бадахтаах:
Ыаҕастаах ардахтар быыстарыгар
Күннээх сайы көрдүүр адьынаттаах.

Эбэтэр түҥ былыр саха сүтэрбитин
Туспа омук ойуу бичигэр көрдүүбүн?
Хара мааска одуулуур сибикитин
Ымайбыт ый мичээриттэн өйдүүбүн?

Тэлгэнэн аҕай сытар чэһиир куоската –
Хаппахтаммыт аан дойдум сымыыт бүтэй.
Көп түүтүттэн сулус кыыма ыһыахтана,
Тугу эрэ олоҥхолуур да, кулгаах дьүлэй…
3.
Билиммэт эбиппин, ыллаабат чыычаахтыы,
Кэҕэтэ эппэт халандаарга баар сааһы.
Өрүү күөххэ муммуттар, бадаҕа,
Күһүннээх кыһын, ньиккирэччи ытаһа.
Ол иһин сайыны ардах суурайбыт…
Дьыл түөрт кэмиттэн, дьэ, туга хаалбыт?

Арай ый быыһа хараҥа, күһүҥҥүлүү,
Тилэҕим тыаһын атыҥҥа күтүрүү
Дьиэм уотугар ыксыырбын саната.
Үөрэх ыырыттан ырааппатым бүгүн да.

Хайа арҕаһын бүрүйэ бырахпыт
Кыһын кынатыттан арахсыбат хараҕым.
Тиирэллэрэ буоллар ити кынакка,
Уйуох этим дуо, хаарбар баттаппакка?

2015 с. Маклеут

АЙГЫР-СИЛИК ҺИИНДИ ИЙЭ

    1.

Биһиэхэ сыһыы дьиримнии
Симэх отунан долгуйар,
Оттон манна дьэрэкээннии
Лабаалаах барыта тыллар!

Дьоппуон омук сакурата
Өлбөөдүйэн көстүөҕүнүү,
Кустук өҥнөөх туллук хаара
Түүнүн кистээн түспүтүнүү,

Симэхтэммит маһы таптыы
Харах дайар кэрэ лыахтыы
Чуоччахтарын чэчиктэрин
Ааҕа хайгыы, көөчүктээриҥ.

Саҥа дьылга – сайар сааскы!
Баар эбит кыһыҥҥы тыллыы!
Харыйаны симээбэккин,
Дьыл кэмин да итэҕэйбэккин.

    2.

Төгүрүк сылы быһа
Саас кэлэрин ыйыппакка,
Мастар манна тыллаллар.
Дьыл уурааҕар саантаабаттар!

Айгыр-силик салама
Ыйаммытын саната
Эҥин өҥнөөх чэчиктэр
Биир лабааҕа дьиэлэнэллэр!

Ону мыынан сорох симэх,
Бука, саныа эрэ кэрэх,
Хатырык дьиэли сэгэтэр,
Мас этиттэн быган кэлэр!

    3.

Ииндийэ аар айылҕата,
Эҥинэ маһа, талаҕа,
Чэчигинэн дэйбиирдэнэ,
Дьэ, дьэрэкээнэ диэн бэрдэ!

Көмүс ууһа мандардаабыт
Албаратын быраҕыммыт,
Аа-дьуо аҥнан устан хаампыт
Сэлии кыылга майгыннаабыт.

    4.

Эҥин элбэх мастара,
Кэрэлэрин сыҥалана,
Өрүү хайдах күөхтэрин
Бастаан утаа сөҕөрүм.

Хагдарыйбыт сэбирдэҕин
Уора-көстө тамнааттыы
Түүнүн кистээн тэлгиирин
Кэлин билэн сонньуйтум.

Сааһын кистиир эдьиийим,
Маҥан аһын үргэнэ,
Күнэ арҕаа көспүтүн
Оҕолуу мэлдьэһэрэ…

          * * *

Килбэчигэс хаартыскаттан –
Хаһааҥҥы эрэ олохпуттан,
Силигэ сиппит мандар дьахтар
Кыҥначчы туттан одуулаһар.

Сааһа хаһа ааҕыллыбат,
Мындыра, кэнэнэ тааллыбат,
Мичээрдиир мааны даама
Мин буолбатах чахчыта баара.

Ханан да өҥ сыбах сыстыбатах
Сирэйбин бүгүн күн сыллыыр,
Өрүү да өтүүк хаампатах
Таҥас хампата эппин хаххалыыр.

Сабыс-саҥа сиртэн сэрбэйэн
Эрэр оҕолуу оп-топ сананабын.
Матаҕабын туора кэтэн
Күнү күөрэтэ айанныыбын
Өркөн өй далайын чүөччэҕэр.

Сиик киллэринэн мэйиибэр
Иҥэриммит киһи түөн саҕаны,
Атаҕым тумса холобурдааҕы:
Бодутар буолларбын ханнык дэнэн,
Былыргы бичик кистэлин сэгэтэн,
Түҥ үйэ өһүн ой дорҕоонун сырса
Олоробун өй-санаа кур умнаһыта.

Далай билииттэн төһөнү-хаччаны
Бэрсиэхтэрин билбэтим,
Дьонум-сэргэм чахчы-бааччы
«Сээн» диэҕин да сэрэйбэтим.

Суолга тахсыбыт хаһан эмит
Тиийэрин эрэ саныырыныы,
Ыган-хаайан субу кэлбит
Бото-болдьох талыытыныы,

Кылгас түүнтэн сыыдам күҥҥэ
Атаҕым иминэн атыллыы,
Барабын үөрэххэ миккиллэ,
Сылай санаабын уодьуганныы.

Эркиммиттэн, эгди гынардыы,
Уоһун иһигэр мүчүйэ,
Хоспор хаалар, атаарардыы,
Далай Лама сэбэрэтэ….

2017 ыам ыйа, Һиндустаан. Сараа толоп. 28 хос.

Умсуура
Чолбон. –2019. – № 9