Россия Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Анна Осипова — аныгы кэм биир биллэр-көстөр ураты буочардаах талааннаах худуоһунньуга. Хоту дойду дьонун-сэргэтин, төрөөбүт дойдубут кыыс кэрэ айылҕатын, саха норуотун төрдүн-ууһун туһунан хартыыналары уруһуйдаан аан дойду көрөөччүлэрин киэҥ эйгэлэригэр таһааран ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа сүдү кылаатын киллэрэр. Кини туруорбут быыстапкалара өрүү үрдүк таһымнаахтык ааһаллар. Быыстапка буолар сиригэр атын куораттартан кытары батыһан кэлэн көрөллөр.
Анна Осипова 1976 сыллаахха от ыйын 2 күнүгэр Дьокуускай куоракка худуоһунньуктар Афанасий Николаевич Осипов уонна Зинаида Капитоновна Курчатова дьиэ кэргэннэригэр күн сирин көрбүтэ. П.П. Романов аатынан Саха сиринээҕи ойуулуур-дьүһүннүүр училищены, Уһук Илиҥҥи искусство судаарыстыбаннай академиятын бүтэрбитэ. Красноярскайга уруһуй мастарыскыайыгар куурустарга үөрэммитэ.
Удьуору утумнаан
Анна адьас кыратыттан төрөппүттэрин айар мастарыскыайдарыгар кырааска эгэлгэтин ортотугар киистэни туппутунан улааппыта. Төрөппүттэрэ мэлдьи бииргэ хартыына суруйа ыраах айаҥҥа бараллара, кинилэри кытары барсаары сайыһар кыысчааннарыгар: «Улааттаххына хайаан даҕаны илдьэ барыахпыт», — диэн эрэннэрэллэрэ, оччоҕуна Аня уоскуйан хаһан улаата охсон, дьонун кытары ыраах айаҥҥа барарын күүтэрэ. Ийэлээх аҕатын кытары бииргэ хартыына суруйа ыраах барар баҕа санаата хомойуох иһин туолбатаҕа. Анна күн күбэй ийэтэ Зинаида Капитоновна эрдэ олохтон туораабыта…
Киһини өйдүүр буолуоҕуттан уруһуйунан үлүһүйэр кыыс инники олоҕун ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоны кытары хайаан даҕаны ситимниэхтээҕэ эрдэттэн биллэр этэ: маҥнай ойуулуур-дьүһүннүүр оскуолаҕа үөрэммитэ, онтон ойуулуур-дьүһүннүүр училищены бүтэрэн баран, искусство академиятыгар үөрэнэ киирбитэ. 1997 сыллаахха Анна академия үһүс кууруһун бүтэрэн сайыҥҥы сынньалаҥар кэлэ сырыттаҕына, аҕата Афанасий Николаевич төрөппүттэрин туйаҕын хатаран уруһуйдуурун туохтааҕар даҕаны ордорор кыыһын оҕо сааһын ыра санаатын толорон Уус Ньараҕа илдьэ барбыта. Кыыс, ыра санаа оҥостубут баҕата туолан, хотугу улууска айанныыра долгутуулаах этэ. Ол саҕана билиҥҥи курдук сибээс суоҕа. Тиийиэхтээх сирдэригэр тиэрдиэхтээх дьон таһаҕастарын кытта вездеходунан илдьэн хаалларбыттара уонна: «Уон хонугунан кэлэн ылыахпыт», — диэбиттэрэ. Икки атахтаах өтөрүнэн үктэммэтэх көрүөхтэн кэрэ көстүүлээх, чэбдик, ыраас салгыннаах айылҕа барахсан киэркэйэ тупсубут ньууругар уруһуйдьут кыыстаах аҕа Осиповтар иккиэйэҕин хартыына суруйа хаалбыттара.
Анна тыыннаах айылҕаны кытары аан бастакы ыкса алтыһыыта тулалыыр эйгэҕэ уйан тапталы уһугуннаран, айар иэйиитин аар айылҕаны кытары быстыбат ситимнээбитэ. Халлааҥҥа харбаспыт үрдүк хайаларга таптал кини сүрэҕэр букатыннаахтык иҥмитэ. Аҕата уруһуйдуурун көрөн үөрэниини таһынан, балаакканан олорон эрэ уруһуйдуур — тулуурдаах буолууга дьиҥнээх тургутуу этэ. Санныгар саа сүгэн, илиитигэр холуста тутан аҕатын кытары оллоонноруттан балачча тэйиччи сиргэ уруһуйдуу бараллара. Аан бастаан айылҕа муҥура суох киэҥ көстүүтүттэн тугу талан уруһуйдуура ыарахана. Үксүгэр худуоһунньуктар айылҕа этюдтарын кыра холустаҕа түһэрэн, матырыйаал хомуйан баран кэлин улахан хартыына суруйан таһаараллар. Афанасий Николаевич хартыыналарын тута уруһуйдуура, икки нэдиэлэҕэ 15 хартыынаны суруйан бүтэрэрэ, онон бэйэтин уопутугар тирэҕирэн оҕотугар тута улахан холустаҕа уруһуйдуу үөрэнэригэр сүбэлээбитэ. Бу сырыы түмүгэр Анна аан бастакы дьиҥнээх хартыынатын суруйбута.
Тулалыыр эйгэни, айылҕаны күн сырдыгын көмөтүнэн хайдах баарынан көрөн олорон миэстэтигэр хартыынаҕа түһэрии пленэр диэн ааттанар. Сир халлааны, ууну, күөх сирэм тайҕаны, хайалары, тулалыыр эйгэни кытары алтыһыытын тыыннаах айылҕа бэйэтэ эрэ көрдөрөр кыахтааҕын, тыал, былыт уларыйа турарын, хас биирдии күн бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспаттарын, хартыынаны суруйарга күн сырдыгын тутуһан өрүү биир кэмҥэ уруһуйданыахтааҕын Анна тоһоҕолоон бэлиэтиир. Кырдьыга даҕаны, айылҕаҕа буола турар көстүүнү худуоһунньук кыраҕы хараҕа өйдөөн көрөн, хаартыскаттан ордук хартыыналар суруллан тахсар буоллахтара. Анна живопись суруйарыгар пленэргэ үлэлиирин ордорор, былырыын балаҕан ыйыгар Байкалга, Ольхон арыытыгар, баран айылҕаны уруһуйдаан кэлбитэ.
Аҕата Муома улууһугар Черскэй сис хайатыгар илдьэ сылдьыбыта биир сүрэхтэн сүппэт үтүө өйдөбүллээх айан этэ. Харахтаах эрэ хайгыы көрөр, сүрэхтээх эрэ тута сөбүлүүр хоту дойду тыытыллыбатах айылҕатын кэрэтин кини манна көрбүтэ. 2001 сыллаахха, академияны бүтэрэригэр, Муомаҕа Чыбыллаах диэн сиргэ аҕатын кытары бииргэ бүтэһик сырыылара этэ. Дьокуускайтан Хонууга диэри сөмөлүөтүнэн, онтон Хонууттан Улахан Чыыстайга диэри кыра сөмөлүөтүнэн, онтон дьэ вездеходунан эбэтэр мотуордаах оҥочонон айаннаан хайа тэллэҕэр тиийэн баран үөһэ ыттыбыттара. Сүүнэ улахан муустар өрүс устун сундулуйа устар кэмнэригэр түбэһэн айылҕа биир кэрэ көстүүтүн көрбүтүн умнубат.
Аҕатын кытары бииргэ сылдьалларын тухары айаннара барыта ымпыгар-чымпыгар диэри тэрээһиннээх буолара. Билигин балай да кэм-кэрдии ааспытын кэннэ урукку сылларга төннөн, кэм быыһын арыйан көрдөҕүнэ, ол саҕанааҕы түгэннэри буолуохтааҕын курдук ылынан улаханнык аахайбатах, кэнники ааспытын кэннэ санаатахха олус да күндү кэмнэр эбит. Аҕата иэйиилээхтик уруһуйдуурун көрөн үтүктэрэ, сороҕор Афанасий Николаевич кыыһыттан киистэтин ылан хартыынатын көннөрөн, сүбэлээн биэрэрэ, арыт мөҕүттэрэ. Оччоҕуна Анна эмиэ бэйэтин көрүүтүн көмүскэһэн аҕатын кытары мөккүһэн барара, живописьтан сылтаан бурайсар түгэннэрэ эмиэ баара эрээри, бэрт сотору күлэ-үөрэ чэй иһэ олорор буолаллара.
Ол сыл Анна быраата Коля таһаҕас таһааччынан барсыбыта. Онон уруһуйдуур малларын-салларын барытын көтөҕөр-сүгэр киһилэммиттэрэ. Төннөн кэлэллэригэр хартыыналары аҕалар киһи эмиэ наада этэ.
Уруһуйдуур сирдэригэр тиийэллэригэр канистраҕа хайаан даҕаны уу илдьэ бараллара. Олорор сирдэрэ хайа үрдүгэр турар буолан, уу баһаары аллараа хайа анныгар түһэргэ күһэллэллэрэ. Арыт сарсыарда туралларыгар хойуу туман тугу барытын бүрүйэн кэбиспит буолара. Оччоҕо үүт туман быыһынан илиилэрин иминэн сирдэтэн уу баһа түһэргэ күһэллэллэрэ. Хайаҕа тахсан мунан хаалбат туһугар күн хаамыытынан көрөн бириэмэни билэ, хайысханы быһаара үөрэммитэ быйылгы буруолаах-тараалаах сайыҥҥа сатыы айаҥҥа улаханнык туһалаата диир.
Аҕатын аатын үйэтитэн
2017 сыл Аннаҕа ыар сүтүгү аҕалбыта — аҕата Афанасий Николаевич күн сириттэн күрэммитэ…
— Аҕабын сүтэрэн бараммын олоҕу атыннык, дириҥник көрөр буолбутум. Өлүү туһунан уопсай өйдөбүллээх эбит буоллахпына, саамай чугас киһим суох буолбутугар өлүү туһунан өйдөбүлүм ордук дириҥээбитэ, — диир.
Ол кэнниттэн «Олох. Өлүү. Тиллии» диэн триптих хартыынатын суруйбута. Саха олоҥхотуттан, тылынан уус-уран айымньытыттан хасыһан үгүс өйдөбүллэр суолталарын булбута. Үһүйээннэр, номохтор үйэлэри уҥуордаабыт буолан дириҥ силистээхтэрин-мутуктаахтарын өйдөөбүтэ.
2018 сыллаахха альпинист Георгий Цыпандин салайар бөлөҕө саха улахан худуоһунньуга Афанасий Осипов аатын үйэтитээри аата суох чыпчааллары көрдүү хотугу хайаларга аттаммыта. Көрдөөбүт көмүһү булар дииллэринии киэҥ сиринэн тайыыр хайалары уһаты-туора кэрийэн, көрдөөн аата суох чыпчаалы Өймөкөөн хайаларыттан булбуттара. Туһаннаах докумуоннары барытын өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар туттарбыттар этэ. Ол туһунан Анна былырыын кыһын эрэ истибитэ.
…Биир үтүө күн Семен Семенович Баишев диэн 90-с сыллардаахха Өймөкөөн хайаларыгар айанныырыгар Афанасий Николаевичка элбэхтэ сирдьиттээбит табаһыт идэлээх киһи Аннаҕа эрийбитэ. Афанасий Осипов аатын үйэтитэргэ кини уруһуйдаабыт хайатыгар 2450 м үрдүктээх сиргэ өйдөбүнньүк дуоска туруорар туһунан санааны эппитэ. Семен Семенович ыллыктаах этиитин ис сүрэҕиттэн өйөөн, былырыын кыһыҥҥыттан сайын айанныырга диэн былааннаабыттара.
Оҕото Адам Израильга үөрэнэр буолан сайын Саха сиригэр кэлэрэ-кэлбэтэ үчүгэйдик биллибэт этэ. Аан дойду үрдүнэн буола турар быһыы-майгы хааччахтааһына мэһэйдиир кутталлааҕа. Ол эрээри барыта санаабыттарын курдук сатанан, улахан эдьиийин уола Москваттан кэлэн, кинилэргэ ойуулуур-дьүһүннүүр искусство эйгэтигэр буһа-хата сылдьар дьоҥҥо кыттыһан, хамаанда хомуллубута. Аҕаларын, эһэлэрин аатын үйэтитэр сыаллаах ыччаттара уонна кинилэр биир санаалаах доҕотторо буолан от ыйын 22 күнүгэр Дьокуускай куораттан ыраах Өймөкөөн хайаларыгар айаҥҥа туруммуттара. Бөлөххө Осипов удьуордарын сэргэ, Саха сирин араас муннуктарын кэрийэн хаартыскаҕа үйэтитэр фотограф Лариса Алексеева, уруһуйдьут Катя Суржанинова бааллара.
Местников бөлөҕүн кытары икки күн массыынанан аҕатын кытары урут өрүү айанныыр суолларынан аарааҥҥа диэри аргыстаспыттара, онтон бэйэлэрин хайысхаларын тутуһан салгыы танкетканан, онтон атынан айаннаабыттара. Биир аты кыргыттар солбуһа сылдьан миинэн, биир акка таһаҕастарын ыҥырдан, оттон Анна уолаттары кытары сатыы айаннаабыттара. Уһун остоох эрэһиинэ саппыкынан бадарааны, ууну кэһии уолугар Адамҥа, быраатыгар уонна кыргыттарга улахан тургутуунан буолбута. Анна бэйэтэ, урут аҕатын кытары сылдьа үөрүйэх буолан, улаханнык ыарырҕаппатаҕа.
Ааспыт сайын Сахабыт сирин үрдүнэн өтөрүнэн буолбатах баһаар туран, күлүм гынан ааһар күөх сайыммыт ыыс-быдаан буруонан бүрүллүбүтэ. Экспедиция айанныыр сиригэр хойуу буруо турара. Ол эрээри айаннаан тиийээттэрин кытары тыал хайысхата уларыйан, халлаан халлан, ССРС норуодунай худуоһунньуга Афанасий Осиповка аналлаах өйдөбүнньүк дуосканы туруорбуттара.
Адам дьиҥнээх айаҥҥа барарын ыра санаа оҥосторо. Ол баҕата туолан, Израиль курдук ыраах сиртэн төрөөбүт дойдутугар кэлэн, эһэтэ суруйбут хартыыналара тыыннааҕымсыйан, тиллэн кэлэр сирдэригэр тиийбитэ. Кырдьыга даҕаны, Саха сирин тыйыс айылҕатыгар сатыы сылдьарга сүрэхтэнэн, араас мэһэйдээх суоллары туораан, хайа чыпчаалыгар тахсан эһэтигэр өйдөбүнньүк туруорустаҕа. Онно олохтоох дьон: «Бу тургутууну аастаххына – урут ыарахан диэбитиҥ чэпчэки курдук көстүөҕэ», — диэн күлэллэрэ.
Анна ханна да тиийдэр хайаларга таптала уҕараабат, хоту дойду хайалара курдаттыы тардалларын ис сүрэҕиттэн долгуйа кэпсиир.
Удьуор худуоһунньуктар
Аҕата Афанасий Осипов Горнай улууһуттан төрүттээх буолан, Анна оҕо сааһа Мытаахха, Бэрдьигэстээххэ ааспыта. Оҕо сааһын көмүс күннэрин кытары ситимнээх төрөөбүт дойдутун туохтан да күндүтүк саныыр.
Ийэтэ Зинаида Капитоновна Иркутскай уобалаһын кытары быысаһар Бодойбо сириттэн төрүттээх. Хомойуох иһин, ийэтин төрүттэрин, аймахтарын кытары сибээс быданнааҕыта быстыбыт. Ол эрээри Санкт-Петербург куоракка, Красноярскайга туруорбут быыстапкатыгар ийэҥ аймахтарабыт диэн кэлэн билсибиттэригэр Анна олус соһуйбута уонна долгуйбута.
Элбэх бииргэ төрөөбүттэртэн Анна бииргэ төрөөбүт убайа Борис Осипов эмиэ худуоһунньук, кини суруйар хартыыналара аҕатын буочарыгар майгынныыллар. Анна убайын персональнай быыстапкатын ис сүрэҕиттэн кэтэһэр. Онтон улахан эдьиийдэрэ Ольга — искусствовед, уоннааҕылар бары экономист идэлээхтэр.
Уола Адам кыра кылаастарга үөрэнэ сылдьан ис-иһиттэн уруһуйдуон олус баҕаран кэлэрэ. Худуоһунньук уустук суолун этинэн-хаанынан билбит ийэ оҕотун харыстаан буолуо — математика, информатика предметтэригэр салайбыта. Адам аҕатын кытары Израильга барсан, аан дойдутааҕы оскуолаҕа программа оҥоруутугар үөрэнэр. Үөрэҕин чэрчитинэн оонньуу бырайыагын толкуйдаабыт эрээри, графикалыы уруһуйу сатаабакка, оҥоро илик эбит. Онон уола оҕо сааһын туолбатах ыра санаата элбэх сыл буолан баран ийэтигэр: «Эн миигин уруһуйдуурга үөрэппэтэҕиҥ», — диэн тыллардаах төннөн кэлбитэ. «Хайыахпытый, үөрэх куурустарыгар сылдьан көрүөҕэ», — диэн Анна бэрт эйэҕэстик мичээрдиир.
«Мин оҕо эрдэхпиттэн уруһуйдуубун — маҥнай ойуулуур-дьүһүннүүр оскуола, онтон училище, академия — барыта буолуохтааҕын курдук үктэлинэн барбыта. Атын идэҕэ бэйэбин көрбөт да этим. Хара төрүөхпүттэн худуоһунньук буолуохтааҕым биллэр быһыылааҕа», — диир.
Академияҕа үөрэнэ сырыттаҕына, биир кэмҥэ «тоҕо мин уруһуйга үөрэнним, арай миэнэ буолбатах буоллун» диэн санаалар үүйэ-хаайа туппуттара. Кыра эрдэҕиттэн уруһуйдаан, үгүс сылы бу дьоҕурун сайыннарыыга анаан баран, худуоһунньук идэтигэр уһуйулла сылдьан ылан быраҕан кэбиһэрэ эмиэ даҕаны судургута суох дьыала этэ. Санаата оонньуур, бутуллар быыһык кэмигэр академияҕа артыыс идэтигэр үөрэнэ сылдьар олоҕун аргыһын көрсүбүтэ. Эдэр дьон тапталлара Аннаны санаа бутууруттан быыһаабыта: айылҕаттан бэриллибит уруһуйдуур дьоҕурун букатыннаахтык ылынан «живопись миэнэ эбит» диэн бүтэһиктээх түмүккэ кэлбитэ.
Билигин Анна уруһуйдуур иэйиитэ киирбэтэҕинэ кинигэ ааҕар, быысапкалыыр эбэтэр муоһу кыһан уһанар дьарыктаах. Муоһунан уһанарыгар анаан бор-массыынаны ылынан, уруһуй кэнниттэн иккис дьарык оҥостор. Кэнники төрдүн-ууһун үөрэтэн баран, аҕатын өттүнэн өбүгэлэригэр уран илиилээх уустар баалларын билбитэ. «Онон уруһуйдуурум өбүгэлэрбиттэн кэлбит дьоҕурум буолар», — диир.
2005-2007 сылларга, бэйэтэ ньыма толкуйдаан, витраж хартыыналары уруһуйдуурунан үлүһүйэ сылдьыбыта. Көннөрү өстүөкүлэ көмөтүнэн үйэлээх ураты киэргэтиини оҥорбутун «Муус Хайа» ресторан түннүктэригэр көрүөххэ сөп. Дизайн үөрэҕэр үөрэнэ сылдьан эркиннэри уруһуйдуурга ылсыбыта.
Анна Израиль худуоһунньуга Реувен Рубин, «үрүҥ көмүс үйэ» худуоһунньуга Виктор Борисов-Мусатов үлэлэрин ордук сөбүлүүр. Оттон саҕалаан эрэр худуоһунньуктар бары кэриэтэ Пабло Пикассо, Микеланджело курдук биллиилээх худуоһунньуктар үлэлэригэр таптал нөҥүө ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа чугаһыыллар. Кини Францияҕа аатырбыт Лувр уораҕайыгар тиийэн Микеланджело уруһуйун тутан туран хараҕын уутун туттумматаҕын долгуйа ахтар. Искусство киһи дууһатын оннук таарыйарыттан сөҕөр…
Академия кэнниттэн Арктикатааҕы культура уонна искусство судаарыстыбаннай институтугар графика кафедратыгар преподавателынан үлэлээбитэ. Устудьуоннары кытары бэркэ тапсан үлэлээбитин, үөрэх практикатыгар үөрэтэр оҕолорун кытары Суоттуга, Мындаҕаайыга сылдьыбыттарын күндүтүк саныыр.
Өбүгэ суолунан айан
Үлэ үөһүгэр сылдьар киһиэхэ хартыына суруйарыгар бириэмэ ордубат этэ. Бу кэмҥэ киниэхэ Красноярскайтан академияҕа ыҥырыы кэлэн, үгүһү толкуйдуу барбакка сөбүлэспитэ. Биллэн турар, дьиэ кэргэнэ бары өттүнэн өйөөн, үс сылы быһа айар эрэ үлэнэн дьарыктаммыта. Оҕото кыратыгар уонна эбиитин сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэлиир эрдэҕинэ уруһуйдуурга, айар үлэнэн дьарыктанарга бириэмэ ордубат этэ. Онтон көҥүлгэ баран уруһуйунан эрэ дьарыктанар буолбута. Хааччаҕа суох көҥүл худуоһунньук элбэх быыстапкаларга сылдьара. Үрдүк үөрэх кыһатын бүтэрэн идэлээх худуоһунньук буолбута. Оттон бэйэтин тус суолун тэлэригэр, уруһуйдуур ньыматын буларыгар Ойуулуур-дьүһүннүүр академия айар мастарыскыайыгар профессор Анатолий Левитин куурустарыгар сылдьыбыта элбэҕи биэрбитэ. Айар мастарыскыайга үөрэнэ сылдьан саха омук былыргытын туһунан улахан теманы арыйбыта, Алтайга, Хакасияҕа, Монголияҕа, Тываҕа айанныыр суол аартыга тыргыллыбыта. Дириҥэтэн үөрэттэххэ, бары биир хааннаах, биир силистээх норуоттар буолабыт диэн түмүккэ кэлбитэ. Билигин Анна скифтэр туһунан үөрэтэр.
Кини кэнники сылларга суруйбут хартыыналара барыта кэриэтэ саха норуотун историятын, номохторун кытары быһаччы ситимнээхтэр. Саха норуота кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын, өбүгэлэрбит кимнээҕин интэриэһиргээн үгүс сири-дойдуну кэрийдэ, хасыһан үөрэттэ. Саха төрдүн үөрэтэригэр маҥнай интернетинэн ааҕара эрээри, муҥура суох киэҥ куйаарга ыйытыыларыгар толору хоруйу булбатаҕа. Онтон музейдарынан сылдьан экскурсиялары истэр, историктар, археологтар научнай үлэлэрин ааҕар буолбута. Историяҕа даҕаны араастаһыы олус элбэх, учуонайдар бэйэлэрин көрүүлэрин дьоҥҥо тиэрдэллэр. Онон чопчу маннык диэн этэр кыах суох. Ол эрээри бу сиргэ туох барыта баар буолар бырааптаах. Онно араас холобурдар элбэхтэр. Научнай ыстатыйаларга аахпыт, дакылааттарга, экскурсияларга истибит билиитин чиҥэтэ Кытайга, Монголияҕа айанныан баҕарар. Эһиил Киһилээх Хайатыгар тиийэр былааннаах.
Онно музейдарга сылдьан билбитин-көрбүтүн, истибитин барытын суруйбут хартыыналарыгар символ уобарас быһыытынан киллэрбитэ. Тыһыынчанан сыллар тухары саха омук төрдүттэн-ууһуттан саҕалаан норуот бүгүҥҥүтүгэр диэри элбэх норуот култуурата булкуһан буспут-хаппыт эбит диэн түмүккэ кэлбитэ. Бу айана, арыйыылара барыта кини худуоһунньук быһыытынан тус суолун арыйарыгар төһүү буолбуттара.
Чараас эйгэ сипсиэрэ
Анна норуот дьылҕатын анаарар, төрүт өбүгэлэрбитин кытары ситимнээх үлэлэри суруйарыгар түүл икки, илэ икки ардыгар баар чараас эйгэ көмөлөһөр. Уһуктуон иннинэ хартыына сүрүн өйдөбүлэ киирэр. Үөскээбит санааны төбөтүн иһигэр өр буһаран-хатаран, хартыына уобарастарын сиһилии толкуйдаан, суруйуохтаах хартыынатын өҥүн-дьүһүнүн хараҕар оҥорон көрөн, өйүгэр ситэрэн баран дьэ холустаҕа түһэрэн уруһуйдуур. Өйгө-санааҕа буһан сиппит хартыына суруллара түргэн, уруһуй — техническэй үлэ диир. Оттон сороҕор хартыына уобарастара уларыйыахтарын баҕарар курдук утарыластахтарына, бэрт түргэнник уларытан уруһуйдуур.
Академияны бүтэрэн баран 2016 сыллаахтан доҕотторун кытары Хакасияҕа сылдьан история өйдөбүнньүктэрин кэрийэн баран, элбэх үйэни уҥуордаан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри хараллан турар былыргыны көрөн олус сөҕөн төннүбүттэрэ. Хакасияҕа сырыыта Аннаны ойуун идэлээх киһини кытары аан бастаан алтыһыннарбыта, бу көрсүһүү киниэхэ туох эрэ ураты күүһү, дьикти туругу уһугуннарбыта. Маҥнай иччилээх түүллэри көрөр буолбута, уһуктан баран соһуйара, сөҕөрө. Арыт көстүбэт эйгэ чыпчылҕан түгэннэрэ орто дойду олоҕун кытары алтыһар кирбиилэрэ эмиэ көстөн ааһаллара… Атын эйгэ дьиктилэринэн, дьиибэлэринэн букатын тардан ылыаҕын, билигин манна сирдээҕи олоххо буола турар оҕотун оскуолаҕа тэрийии, атаарыы, күннээҕи дьиэ үлэтин курдук судургу кыһалҕалар төннөрөллөрө. Кэнники түүллэрин, көрүүлэниитин салайа үөрэммитэ.
Ханна да сырыттар өрүү араас омуктар удаҕаннарын, ойууннарын, көрбүөччүлэрин кытары бэйэтэ да билбэтинэн соһуччу көрсө түһэрэ. Урукку өттүгэр ойууннааһын, удаҕаннааһын диэнтэн тэйиччи туттар киһиэхэ эйгэлээх дьон бэйэлэрэ кэлэн кэпсэтэн барар дьикти түгэннэрэ буолуталаабыттара. Кинилэр, киһини курдаттыы көрөр, көстүбэт эйгэни кытары сыһыаннаһар дьон, өрүү биири этэллэр: «Эн төрүттэргэр ааттара ааттаммат улахан ойууннар бааллар». Сахалара итэҕэллэрин, этнографияларын, фольклордарын үөрэппит Гавриил Ксенофонтов суруйууларыгар баар суордар туһунан номоҕу ааҕан баран, бэйэтиттэн соһуйбута – бу номоҕу ханна эрэ истибит, үчүгэйдик билэр курдуга. Кэнники билбитэ, чинчийээччи кини өбүгэлэрин туһунан номоҕу суруйбут эбит.
Биирдэ оннук эйгэлээх дьахтар Анна быыстапкатыгар сылдьан хартыыналарын көрөн баран: «Хартыыналаргар былыргы кэми уруһуйдуур эбиккин, саха норуотун инники кэскилин уруһуйдаан көрөөр», — диэбиттээх. Анна этэринэн, киһи бэйэтин төрдүн-ууһун үөрэттэҕинэ, биллэҕинэ күүһүрэн, сайдан, суола арыллан иһиэхтээх.
Мохсоҕол арыаллаабыта
Анна Осипова хартыыналарыгар ийэ кыыл уобараһа элбэхтик көстөр. Худуоһунньук бэйэтэ этэринэн, кыыллары олус сөбүлүүр, олох араас көстүүтүгэр араас кыылары, көтөрдөрү уруһуйдуур. Оттон кыыллар ону бүтэйдии сэрэйэр курдук кини хараҕын далыгар элбэхтик киирэллэр. Анна киэҥ сиринэн кэрийэн айанныырын тухары мохсоҕол кыыл арыаллыырын бэлиэтии көрбүт.
Хакасияҕа сырыытыгар биир дьикти түгэн буолбута. История өйдөбүннньүгэ буолбут петроглифтаах таастары үөрэтэр биир кыыһы кытары дьүөгэлэспитэ. Кини Аннаҕа Хакасияны кэритэ сылдьан элбэх дьикти таастары көрдөрбүтэ. Биир петроглиф хаартыскатын тута сылдьан хайаны биир гына көрдөөн булбатаҕын туһунан кэпсээбитэ. Биирдэ хайаҕа илдьэн баран тааска суруллубут уруһуйу көрдөөбүттэр да булбатахтар. Нөҥүө сылыгар төрдүө буолан хайаҕа тахсан салгыы көрдөөбүттэр. Балай да өр булбакка эрэйдэммиттэр. Онуоха Анна иһигэр дьүөгэтин аһына санаабыт уонна хайа иччитин аһатан, уруһуйдар көстөллөрүгэр көрдөспүт. Көрдөөн сөп буолан баран хайаны түһэн иһэн күн киириитин көрө турдаҕына, мохсоҕол өрө көтөн тахсыбыта. Анна тута туох эрэ бэлиэ буоларын өйдөөбүтэ уонна олоро түһэргэ санаммыта. Аллараа хайалары одуулуу олорон хараҕын кырыытынан төгүрүк уруһуйу көрөн аһарбыта. Хаһыс да сылын көрдүүр уруһуйдара дьэ көстүбүтүн өйдөөбүтэ, тута: «Наташа, уруһуйгун көрдөр эрэ», — диэбитэ, үүт-маас ол уруһуй буолан биэрбитэ. Кини булбут сиригэр биир кыыстарын хаалларан баран ойууларыгар түспүттэрэ. Онон ойууга мохсоҕол сирдээн биэрбит. Айаннаан истэҕинэ, аттынан өрүү мохсоҕол арыаллыыр, массыынаттан таҕыстаҕына тута маҥнайгынан мохсоҕол уруйдаан көрсөр. Бука, өбүгэлэрэ мохсоҕол буолан араҥаччылыы, арыаллыы сырыттахтара буолуо…
Сакааһынан уруһуйдар
«Сакааска уруһуйдуур үлэлэри ыла сатаабаппын. Туох-хайа иннинэ киһи уйулҕатыгар барар уустук үлэ», — диир Анна. Уруһуйдуур киһиҥ тугу баҕарарын билээри киһини кытары биир тэтимҥэ киирэн, кини энергиятын ис туругун быһаардахха эрэ сакаастыыр киһигин кытары тапсаҕын диир.
Биир фотограф идэлээх киһиэхэ махтанан, хартыына уруһуйдаан бэлэхтээбитэ. Ону көрөн биир бизнестээх хотун хаан мэтириэтин сакаастаабытын ылыммыт. Сакаас ыларыгар мин бэйэм көрүүбүнэн уруһуйдуом диэн эрдэттэн сэрэппит. Киһини уруһуйдуургар кини майгытын-сигилитин үчүгэйдик билэн, үөрэтэн баран уруһуйдуур ордук диир. Бары толлор кытаанах соҕус майгылаах хотун хааннарын мэтириэтэ Анна киистэтинэн олус нарын, истиҥ уонна уйан буолан тахсыбыта. Киһи тас көстүүтэ уонна дьиҥнээх ис эйгэтэ араастаһыыларын тоҕус ый кэриҥэ уруһуйдаан хартыынатыгар көрдөрбүтэ.
Ол кэнниттэн хас даҕаны сакааһы бүтэрэн баран тохтообута. Суруйааччылар Николай Гайдук уонна Андрей Катаев 18 сыллаах үлэлэрин түмэн «Сердце камня. Легенда о Сибирии» диэн романы суруйан түөрт кинигэнэн таһааралларыгар: «Фантастикалыы реализм уруһуйдарын оҥоруоҥ дуо?» — диэн көрдөспүттэр. Анна сөбүлэһэн айымньы ис хоһоонунан тоҕус сиппит хартыынаны уруһуйдаабыт. Кинигэ быйыл күһүн Красноярскай куоракка сүрэхтэннэ.
Биир өрүс икки кытыла
Ыччат быыстапкаларыгар биир идэлээх доҕотторун кытары өрүү көхтөөхтүк кыттара. Ону элбэх араас таһымнаах быыстапкаларга кыттан лауреат, дипломант үрдүк аатын сүкпүт суруктара туоһулууллар. Оттон тус бэйэтин улахан персональнай быыстапкатын 2017 сыллаахха Красноярскай куоракка Ойуулуур-дьүһүннүүр академия икки этээһинэн туруорбута. Онно Россия Ойуулуур-дьүһүннүүр академиятын дипломун туттарбыттара. Живопись сыла биллэриллибитигэр өрөспүүбүлүкэ Уус-уран национальнай музейыгар тус быыстапкатын тэрийбитэ, үлэлэрин хаста даҕаны Санкт-Петербурга туруорбута.
Быыстапкаларыттан ордук «Биир өрүс икки кытыла» диэн түһүлгэтэ олус дириҥ ис хоһоонноох уонна тус бэйэтигэр улахан суолталаах буолбута. Ол курдук, 2018 сыллаахха Дьокуускайга Уус-уран национальнай музей «Комдрагметтааҕы» саалатыгар ийэтэ Зинаида Курчатова хартыыналарын барытын уонна бэйэтин үлэлэрин Красноярскай куораттан аҕалтаран улахан быыстапканы туруорбута. Ийэ уонна кыыс айар үлэлэрэ биир өрүс икки кытыла буолан көрөөччү биһирэбилин ылыан ылбыта. Зинаида Капитоновна ураты буочардаах худуоһунньук этэ, ордук пейзажтары олус табан уруһуйдуура. Кини Уһук Илиҥҥи искусство академиятыгар үөрэммитэ, биир дьиктитэ диэн, Анна ийэтэ бүтэрбит үөрэҕин кыһатыгар, ийэтэ үөрэммит профессорыгар үөрэммитэ.
Анна Осипова хартыыналара Дьокуускайга Уус-уран национальнай музейга, В.И. Суриков аатынан Красноярскайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр музейга тураллар.
Баҕалаах уонна бириэмэлээх буоллаххына
Красноярскай куоракка олорор эрдэҕинэ, баҕалаах дьоҥҥо живописька уруһуй куурустарын ыыппыта. Онно анал үөрэҕэ суох уруһуйдуур дьон үөрэммиттэрэ, кинилэр истэригэр айылҕаттан бэриллибит уруһуйдуур дьоҕурдаах дьон эмиэ бааллара. Биир оннук сааһыра барбыт дьахтар биир сыл үөрэнэн баран ойуулуур-дьүһүннүүр училищеҕа туттарсан киирбитэ. Ону ааһан билигин институкка үөрэнэн бүтэрэн эрэр эбит. Дьон мэтириэтин табан уруһуйдуур. Анна этэринэн, киһини, мэтириэти уруһуйдуур ыарахан, уруһуйдуурга туох-хайа иннинэ анатомияны, киһи физиологиятын үчүгэйдик билиэххэ наада. Сирэй хас биирдии быччыҥын, уҥуоҕун хайдах уруһуйдууру билэр эрэ буоллахха табыллар. Онтон дьэ илиини үөрэтэн уруһуйдаан бардахха, бэйэтэ тахсан иһэр. Уруһуйдуурун дьарык оҥостуон баҕарар киһи иллэҥ кэмнээх буолуохтаах, хартыына суруйуута киһиттэн элбэх кэми эрэйэр. Онон баҕалаах уонна бириэмэлээх киһи хаһан баҕарар уруһуйдуур дьоҕурун уһугуннарыан сөп диэн түмүктүүр.
Аннаны соҕотох олорон ааспыт сайыҥҥы айанын анаарыыта реализмҥа хартыыналары суруйарга кынаттыыллар. Табаһыттар, табалар, хотугу сир-дойду айылҕата барыта кини иэйиитин арыйаллар.
Бастыҥ хартыыналара
Бу сыллар тухары бэйэтин илиитинэн уруһуйдаан таһаарбыт хартыыналарыттан «Умай» уонна «Кэргэн» диэн триптихтэрин ордорор, уопсайынан улахан кээмэйдээх хартыыналары уруһуйдуурун сөбүлүүр.
Айар киһи, иэйиитэ киирдэҕинэ, тохтоло суох уруһуйдаан бэрт түргэнник суруйан бүтэрэр, оттон сорох хартыыналар ситэ илик буоллахтарына элбэхтэ уларыйар-тэлэрийэр уһуур-кэҥиир да түгэннэрэ бааллар. Сүрүнэ идея сиппит буолуон наада диир. Кэнники уруһуйдара куйаары, аан дойду айыллыытын туһунан номохтору кытары ситимнээхтэр. Уруһуйдаммыт хартыыналарыгар хайаан даҕаны киһи хараҕар быраҕыллар дьоһун миэстэни сахалыы тыыннаах уобарастар ылаллар. Ону тэҥэ Анна хартыыналарыгар кыракый кыысчаан уобараһа хаста даҕаны көстөн ааһар. «Арааһа, бэйэбин уруһуйдуубун быһыылаах», — диэн сэрэйэр. Инникитин бу кыысчаан туһунан остуоруйа толкуйдаан, хартыынанан мульткиинэ оҥоруон баҕарар эбит.
Бэрт истиҥ кэпсээннээх, уруһуй искусствотыгар ураты буочардаах, аныгы кэм талааннаах худуоһунньуга Анна Осипованы кытары кэпсэтиибит халлааҥҥа харбаһар Хотугу хайалартан Сибиир истиэбигэр тиэртилэр. Айар куттаах киһи кэрэни кэрэхсэтэр үлэлэрэ сороҕор киһини уоскутар, сылаанньытар курдуктар, оттон сороҕор таайыллыбатах таабырынынан киһини муннараллар, толкуйдаталлар. Кинилиин алтыһан баран олус истиҥ уонна ыраас дууһалаах киһи буоларын биллим. Айар талаана арыллан өссө даҕаны Саха сирин, төрөөбүт дойдутун, аҕатын аатын ааттата туруоҕа диэн эрэнэбин.
Аннаны кытары кэпсэтэн баран кини майгытыгар биири бэлиэтии көрдүм — дьиҥнээх искусствоҕа бэриниилээх буолууну. Аныгы кэм тэтимин сырсан дьоҕурун, талаанын сакааһынан быстах уруһуйдуурга бараабакка, бэйэтин тус буочарын сүтэрбэккэ сайыннаран, хартыыналарын өссө тупсаран, ойуулуур-дьүһүннүүр искусство сайдарыгар ис сүрэҕиттэн кыһаллан үлэлии сылдьар киһи. Бу курдук киэҥ сиринэн тэлэһийэ сылдьан саха норуотун кистэлэҥ уобараһын хартыыналарыгар үйэтитэр Россия Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Анна Осипова аата Саха сирин тас өттүгэр киэҥник биллэр, биир идэлээхтэрин ортотугар үрдүктүк сыаналанар, онон айар үлэһити Саха Өрөспүүбүлүкэтин искусствотын үтүөлээх деятелин курдук бочуоттаах ааты иҥэрэр, эбэтэр судаарыстыбаннай бириэмийэҕэ түһэрэр уолдьаспыт дии санаатым… Искусство эйгэтигэр киэҥ инникилээх, тарбахха баттанар талааннаах худуоһунньугу биир дойдулаахтара өйүөх тустаахпыт. Анна Осипова аныгы кэми өбүгэ тыынын кытары ситимнээн киһини толкуйдатар хартыыналары өссө да айыа турдаҕа. Бэрт сэмэй, үтүө майгытынан уонна тыаһа суох көмүс киистэтинэн дорҕоонноохтук ааттанар хартыыналары суруйуон баҕарабын.
Надежда Ильина