Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Проза » Хаардаах хайалар аанньаллара

Хаардаах хайалар аанньаллара


(Сэһэнтэн быһа тардыы)

Чубукулар

Уһук Хотугу сир тоһуттаҕас тымныылаах кыһына ааста. Быһыта кымньыылыыр чысхаан тыаллар түспэт буоллулар. Өр күүттэриилээх сааскы кэм кэллэ. Тыынар тыыннаах барыта ити кэми тэһийбэккэ күүтэр. Ылааҥы күннэр буолаллар. Түгэҕэ көстүбэт көҕөрүмтүйэр халлаан сып-сырдык. Күн кыһыл көмүс мээчиктии кылбачыйар. Эпси тоҥмут сири кини сылаас саһарҕаларынан байымнык угуттуур.

Өрө кыстанан тахсыбыт таас күрбэлэр туруору иэдэстэригэр күн уота тыган киһи хараҕа сааты-ахтык күлүмүрдүү оонньуур.

Чубуку үөрэ үөһэттэн аллараа налыыга түстэ. Билигин кинилэр хайа үрүйэлэрин кытылларынкэрийэн дуоһуйа мэччийэллэр. Манна тыытылла илик кур лунха саһарымтыйа күкээрэр. Хайа үрүйэлэрин кэрийэ барар таас күрбэлэр тэллэхтэригэр хаптаҕай таастар анныларыттан хаппыт оттор мөчөкөлөрө көҕөрүмтүйэн көстөллөр. Ити хайакэччэгэй күүдээхтэрин хаһаастара.

Хаҕыс кыһыны чубукулар эрэйинэн туораатылар. Онон билигин кинилэр хайа да оту хамаҕатык сииллэр. Бытаһыт кутуйахтар хаһаастарын үөрүүнэн мотуйаллар. Талах сэбирдэҕин да минньигэһиргээн сииллэр.

Сааһыгар чубукулар үргүмтүөлэрэ суох буолаллар. Үөрэммиттэринэн барыҥныыры көрдөллөр эрэ үрүө-тараа ыстамматтар. Кинилэр олус ырыганнаабыттарын билэр буоланнар, бэл, ардай аһыылаахтар бултаһа сатаабаттар. Ол эрээри өрүүтүн торҕонноон сылдьар бөрөлөр үөрдэрэ эрэ кутталлаахтар. Кинилэргэ түбэспэтэхтэринэ, чубукулар күөх сайыҥҥа этэҥҥэ тиийэллэр.

Дьон ити кэмҥэ чубукулары харыстыыллар, үгэс быһыытынан кинилэри бултаспаттар.

Быйаҥнаах кэм

Хайа ырааһыйаларыгар күөх от бытыгырыыр. Кыһын устата быста ырыганнаабыт чубукулар онуоха үөрэннэр харахтара чаҕылыһа түһэллэр. Күөх от чубукуга өлбөт мэҥэ уутугар тэҥнээх. Ону хабыалаатар эрэ кини күнтэн күн сэниэлэнэн барар. Атахтарыгар күүс киирэн, тэйиэккэлии оонньуур. Күөх оттоох сири көрдөөн, чубуку сылайарын да умнар. Таас күрбэлэр уонна олор туруору эркиннэрин быыстарынан элэстэнэ сүүрэр. Хаһан эмэ күөх оттоох ырааһыйаларга түбэстэҕинэ, чубуку онно өр тардыллар. Кини халтайга сүүрэкэлиэн санаата буолбат. Дьоһумсуйар. Билигин кинини мээнэ сиппэккин. Ас-үөл дэлэйиэн өссө да эрдэ. Субу аҕыйах хонугунан сир-дойду киһи билбэт буола чэлгийиэ, кустук араас өҥүнэн симэниэ. Күөх от, сир симэхтэрэ сибэккилэр сири дьэрэкээн көбүөргэ кубулутуохтара. Талахтар, ыарҕалар күөх сэбирдэхтэринэн далбаатана оонньуохтара. Онтон-мантан хобугунас үрүйэлэр чалымнаһа сүүрдүөхтэрэ. Саамай бүөм, кистэлэҥ сирдэргэ дьүүктэлэр уулара үрүҥ көмүстүү тыгыалаһыахтара.

Чубукуларга сылаас, уйгулаах сайыҥҥы кэм саҕаланыаҕа. Өрүүтүн оннук буола турдун!

Эргиччи куттал

Хоту дойдуга чубуку эстэн эрэр. Сылтан сыл аҕыйаан иһэр. Бу сир үрдүгэр бары чубукуну бултаһаллар. Дьиҥэр чубуку, киһи дьиктиргиэн курдук, туохтааҕар да нүкэн кыыл. Ханна да, кимиэхэ да куһаҕаны оҥоро сатаабат. Ол үрдүнэн бары кини үрдүнэн бараллар. Ким быһахтанан, ким ардай аһыытын килэтэн кинини эккирэтэллэр. Күһүн эрдэ уонна күһүн хойутаан да дьон чубукуну кырыктанан туран сонордоһоллор. Маҥнайгы хаар түстэр эрэ, киһи кинини ыттаах бултаһар. Үөрүйэх ыт чубукуну, төһө да ыраах буоллар, ситэн тэйэр. Сытын ылыан эрэ кэрэх. Бэл, хаара суохха, суоллара көстүбэтигэр ыт чубукуну сытынан булар. Онон ыт чубукуга саамай кутталлаах өстөөҕө. Булчут ытын чубукуга ыытан баран, кэнниттэн суолун батыһар. Булчут – сымса. Саата – эрэллээх. Ыраахтан сыысхала суох табар. Түргэнник, элбэхтэ эстэр ынырыктаах тэрил. Киһи кэннэ чубукуга кутталлаах өстөөҕө бөрө. Түргэн атахтаах, тулуурдаах, ардай аһыылаах сиэмэх. Бөрө чубукуну төгүрүк сылы быһа сонордуур. Кини чубукуга төһөлөөх алдьархайы аҕаларын ким да ситэн аахпат. Чубукулар сытан таалалыыр сирдэригэр сиэгэн үөмэн киирээччи. Бу күүстээх, мындыр өйдөөх кыыл. Кини чубукулар уулуу киирэр биитэр тураҥнаан сиир орох суолларыгар тоһуйтуур. Ардыгар чубукулар сыламнаан сытар сирдэригэр саба түһэр.

Ойуурдаах хайаларга бэдэр кутталлаах. Онон бу намчы бэйэлээх, үтүөкэннээх кыылга ханна барытыгар эргиччи куттал суоһуур. Хайаатахха, тугу гыннахха чубуку тыыннаах ордон, салгыы ууһуу-үөскүү туруоҕай? Бу сиргэ олох баарын тухары ити боппуруос өрүүтүн күөрэйэ туруоҕа уонна быһаарыллыытын күүтүөҕэ. Чубукуну көмүскээбэтэххэ, сир үрдүттэн букатыннаахтык симэлийиэ. Оччоҕо тулалаан турар хайалар иччитэхсийиэхтэрэ. Дьон эмиэ сүтүктэниэхтэрэ. Ону дьон мэлдьитин өйдүөхтээхтэр.

Эмири*

Хайа үрүйэтин Кадаарындьа саҕаланар баһын аҕыйах үөрдээх чубуку сөбүлээн тохтоото. Манна кыстаатылар. Үрүйэ икки кытылынан үрдүк хайа арҕастара субуллаллар. Очуос таас хайа сытыы уһуктара халлааҥҥа харбаһаллар. Өрөһөлүү кыстаммыт таас күрбэлэр – кадаардар үрүйэни үөһэттэн өҥөйөллөр. Ол иһин эбээннэр былыргы удьуордара үрүйэни Кадаарындьа диэн аатгаабыттар. Бу эргин дьыл хайа да кэмигэр чубукулаах буолар. Кыһыныгар хаара халыҥнык түһэр. Саанан бултааччы уонна ардай аһыылаах бөрө да манна чугаһыы сатаабаттар. Хайа эниэлэригэр хойуу ойуур хараарар, болбукта көҕөрүмтүйэр. Тула лабыкта хойуутук үүнэр. Чубукулар манна сытар сирдээхтэр. Үөр сирдьитэ кырдьаҕас эмири – кытарах тыһы чубуку. Кинини кытта сүтэнчэн – эдэр тыһы, ганипа – биирдээх тыһы уонна итэнэ –үс саастаах атыыр бииргэ кыстыыллар. Ол аата – биир ийэ уруута үөр. Үс эдэрдэрэ — кырдьаҕас эмири иитимньилэрэ – оҕолоро. Былырыын саас кини төрөөбөтөҕө. Араллаан аргыстаах таас ыллыктарга эмири үйэлээх сааһыгар киһи ааҕан сиппэт моһоллорун көрсүбүтэ. Ол иһин кини хас үүнэр күнү этэҥҥэ аһарар кутталыгар атаарар. Кини бэйэтин төрүөхтэрин күрбэ таастарынан, сыгынньах очуостарынан, хапчааннарынан, күлүктээх үрүйэлэринэн сирдэтэлээн сылдьар. Инньэ гынан кини төрүөхтэрин араас алдьархайдартан быыһыыр. Аны төһө өр кэмҥэ бу халлаан анныгар тыыннаах сылдьыахтарын, сарсыҥҥы күн тугу тосхойорун кинилэр билбэттэр. Төһөтүн да иһин кырдьаҕас эмири уонна кини оҕолорун дьылҕаларын ким да ордугурҕаабат.

Бочикан**

Кадаарындьа үөһэ тардыытыгар ойуура убуур. Эдэр тыһы чубуку сарсыарда эрдэ убаҕас мастаах ойуурга төрөөтө. Оҕото атыыр, үгүлүк саҕа. Туруору сүүһэ ыраахтан туртайан көстөр. Киэҥ харахтардаах. Үчүгэйкээн, көрүдьүөс баҕайы. Түүтэ ньылбаан. Ийэ чубуку оҕотун сэрэммиттии салыыр.

Киэһэтигэр бочикан синньигэс атахтарыгар турда уонна хааман бадьаалаата. Онтон хас да күн ааста. Бочикан хайыы-үйэ өрүтэ ыстаҥалыыр буолла, сыҥаһа таастарга сымсатык ытынна.

Төһө уһун үйэлээх буолуоҕай ити бочикан? Улаатан чубуку буолуоҕа. Төһөлөөх үгүс тоһууру, араас моһоллору ааһыаҕа турарый? Төһөтө сибиньиэс буулдьаттан тыыннаах ордуоҕай? Төһөтө икки атахтаах хабыр илиититтэн, адьырҕалар оботтоох тиистэриттэн мүччү тутгарыаҕай?

Бочикан сыгыы муостаах, модун таһаалаах аарыма атыыр чубуку буола улаатыа дуо? Кэмэ суох үгүс итинник ыйытыыларга ыар дьылҕалаах олохтуох харданы бэлэмниирэ биллибэт. Бочиканым сыысчаана, эн улаатаҥҥын бу күлүмүрдэс күн анныгар уһуннук олороҥҥун, чубукулар халыҥ үөрдэрин батыһыннарарыҥ туһугар Сир Ийэ иччититтэн ааттаһабын.

Улаат, күҥҥэ үөр-көт, бочикан!

Хотой

Ыдьырыттыбыт таас күрбэ – кадаар үөһэттэн хараара барыйар. Кини нүксүйбүт кырдьаҕас киһиэхэ маарынныыр. Ол тэллэҕэр кыракый ырааһыйа көҕөрөр. Бочикан биирдэ ити ырааһыйаҕа хараҕын хатаата. Улахан чубукулар бары тоҕо эрэ таас эркиннэргэ чарбачыһаллар. Ити билигин эмиэ хайа эниэтигэр күрбэ таастар быыстарыгар сыттылар. Бочикан аллараа күөх ырааһыйаҕа түһүөн баҕарар. Өр саараҥныы барбакка, кини аллара түстэ. Манна күөх окко тугун үчүгэйэй. Сымнаҕаһын, тула салгына чэбдигин. Оту хабыалаан амсайда. О, тугун минньигэһэй… Улам минньигэһиргэтэн аһаан барда. Кини ол курдук мэччийэ турдаҕына, үөһэттэн тыал үргүйдэ. Бочикан куттанна. Туох буолан эрэрин өйдүүр кыаҕа суох кини күрбэ тааска ойуоккалаата. Чыпчылыйыах түгэнэ күүстээх тыал сирилээтэ, ону кытта тулата хараҥаран ылла.

О, тугун кутталай да! Аарыма көтөр бочиканы дэгиэ тыҥырахтарынан арыычча харбыы сыста. Эриэн өҥнөөх көтөр, сытыы тыҥырахтардаах. Кини бочиканы кытаахтаан ылан таас хайа чыпчаалыгар баар уйатыгар илдьиэн санаабыта.

Бочикан кутталыттан харахтарын тиэрэ көрдө, сүрэҕэ түөһүн иһиттэн субу ойон тахсыахгыы күүскэ тэбиэлээтэ. Туох баар муҥунан үөрдэригэр тэбиннэ. Олоро сиэмэх көтөрү көрөөт, ойон тураннар, төгүрүччү ыга симистилэр. Бочикан ийэтин аттыгар таалан саһан турда. Эмири адаархай муостарынан силбиэтэннэ. Ити түгэҥҥэ кырдьаҕас ийэ чубуку – сутэнчэн туту санаабыта буолуой? Ити, баҕар, бочикан көҥүлэ суох уолҕамдьы быһыытын сэмэлээһин буолуо биитэр хотойго сэрэтии эбитэ дуу: дьэ бэйикэй, мин сытыы муоспунан таба таарыйдарбын эрэ курдаттыы үөлэн таһаарыам.

Үөр чубукуга саба түһүөн саараан, хотой кинилэр үрдүлэринэн балачча уһуннук эргийэ сырытта. Ол эрэ кэнниттэн үрүҥ былыттар тумарыктарыгар киирэн сүтэр адаар арҕастар диэки көтө турда.

Сиэгэн

Хайыы-үйэ сайын кэлэ оҕуста. Куйаас күннэр түстүлэр. Намыһах сирдэргэ, талахтаах бөлкөйдөргө кумаара хара тордох курдук. Чубукулар маһа-ото суох Катараандьа таас чыпчаалларыгар таҕыстылар. Манна, саамай үөһэтигэр, бүөм сир. Сөрүүн салгын илгийэр. Мэник тыал охсуллан ааһар. Кумаар-бырдах манна тиийэн кэлбэт. Былыр-былыргыттан бүгүҥҥү күҥҥэ тиийэ сүүрэр атахтаах сытан сынньанар, сэниэ киллэринэр сирэ. Тула өттүн кыраҕытык кэтии сытан, чубуку күнү-күннүктээн сынньанар. Мантан ыраах сир арыллар. Аллараа үрэххэ туох буолара барыта ытыска уурбут курдук көстөр. Бу бүөм сир чубукулар үгүс көлүөнэлэрин араас алдьархайтан быыһаабыта.

Бочикан күн-түүн улааттар улаатар. Уһун синньигэс атахтара түргэттэр. Хараҕа сытыы, кулгааҕа сэргэх. Тулалыыр аан дойдуну кини дьиктиргии одуулаһар. Кини тугу барытын бэйэтинэн билиэн-көрүөн, хараҕынан көрүөн баҕарар. Кини атын чубукулары кытта өр кэмҥэ кэккэлэһэ сытыан баҕарбат, ол иһин очуостар быыстарынан дьаарбайар. Иһирдьэ киирэн турар таас күрбэттэн аллараа диэкини дьиктиргээн одуулаһар, ол кэнниттэн хараҕын утары хайалар эркиннэригэр хатыыр. Тулалыыр эйгэ уйаара-кэйээрэ суоҕун сөҕөр аҕай.

Биирдэ, ити курдук туран, эмискэ ким эрэ кинини ойоҕоско имнэммитин өйдөөбүтэ. Ону кытта сэргэ кини иһиллэр-иһиллибэт тыаһы истибитэ. Бочикан, дьигиһийэ түһээт, төбөтүн чыначчы туттан, хас да хардыыны туора ыстаммыта. Онтон тохтоон тулатын одууласта. Сонно тута сигирии курдук түүлээх, бээгэй атахтардаах, чаҕылыспыт харахтардаах, ынайбыт истээх кыыл киниэхэ сэрэнэн үөмэн иһэрин көрө түстэ. Бочикан куотаары оҥосторун көрөн, ынайбыт истээх кыыл харбаан ылан, саба баттаары туох баар муҥунан киниэхэ ыстанна. Бочикан турбут сириттэн аһары сымсатык сулбу ыстанна. Бээгэй кыыл букатыннаахтык хаалла. Ол сиэгэн этэ.

Бүгүлэх

Чубукулары кумаардар соччо өр муҥнаабатахтара. Улам сыыйа симэлийэн сүппүттэрэ. Ол оннугар аны кинилэри бүгүлэх түһэн сордуур. Күн уота сылыйдаҕына кинилэр ордук сытайаллар. Ханна да баран кинилэртэн быыһаммаккын, барытыгар кинилэр урут тиийбит буолан иһэллэр. Бүгүлэх тоҕо эрэ бэйэтин ыаматын чубуку таныытын була охсон, онно тигэр, биитэр чараас тириилээх сирин таба тайанар. Кини чубукулары тыыннаахтыы хааннарын-сииннэрин барытын супту уулуурга дьулуһар. Кинилэртэн быыһанар суол суох. Үөрү кытта бииргэ кыракый бочикан эмиэ сору-муну көрөр. Күнү былыт тахсан күлүктээтэҕинэ, кини үөрэр. Оччоҕо тыал түһэр. Ардыгар ардах түһэн сири-дойдуну илитэн ааһар. Бүгүлэх тымныыны уонна сииги сөбүлээбэт.

Куйааска чубукулар ыас хара күрбэлэр күлүктэригэр хорҕойоллор. Манна балачча сөрүүн. Бүгүлэхтэн тыын ылыахха сөп. Бөдөҥ күрбэлэр суох сирдэригэр чубукулар сыгынньах таастарга сытаннар сынньаналлар. Оччоҕо кинилэр харахха омос быраҕыллыбаттар, онон өйдөөн көрүмүнэ ааһа бара туруохха сөп. Сири кытта сир буолан симэлийэннэр чубукулар тыыннаах ордоллор.

Бүгүлэх тыыннарын-быардарын ыктаҕына, чубукулар тыал көҥүл күүлэйдиир туруору таастаах хайаларыгар күрэнэллэр. Бочикан аны ити олох хайдаҕын-тугун билэр, онон таас арҕастарынан мэлдьитин көҥүл көччүйэргэ бэлэм.

*Эмири – кытарах кырдьаҕас тыһы чубуку.

** Бочикан – чубуку оҕото.

Андрей Кривошапкин

Дмитрий Кириллин тылбааһа

Чолбон. – 1998. – №4