Феоктист Софронов

Степан Феоктистович Софронов-Феоктист Софронов төрөөбүтэ 95 сылын көрсө

Степан Феоктистович Софронов Чурапчы улууһун 1922 сыллаахха атырдьах ыйын 23 күнүгэр Чурапчы Одьулуунугар Локуоралаах диэн алааһыгар күн сирин көрбүтэ. Бииргэ төрөөбүт үһүөлэр. Эдьиийэ Балаайа Мындаҕаайыга Петров диэн киһиэхэ кэргэн тахсан биир кыыс, алта уол оҕоломмут. Быраата Байбал Софронов рыбнадзорга, кэлин райпоҕа үлэлээбитэ, Аллараа Бэстээххэ олорон өлбүтэ. Биир уол оҕолоох. Степан Феоктистович аҕатын аатынан Феоктист диэн псевдонимы ылыммыт.

Степан Феоктистович Чурапчы педучилищетын 1942 сыллаахха, Дьокуускайдааҕы пединституту 1947 сыллаахха бүтэрэн баран Мугудай 7 кылаастаах оскуолатыгар 1947-1949 сылларга география уонна саха тылын учууталынан үлэлээбитэ. 1949 сылтан М. Горькай аатынан литературнай институкка үөрэммитэ. Москваҕа Малай академическай тыйаатырга үөрэнэр саха оҕолоругар биир сыл саха тылын, литературатын үөрэппитэ.

1955-1956 сылларга Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар редактордаабыта. 1956-1963 сылларга Дириҥ уонна Чурапчы орто оскуолаларыгар нуучча уонна саха тылын учууталына үлэлээбитэ. 1964 сыллаахха Чурапчытааҕы районо методическай кабинетыгар сэбиэдиссэйдии сылдьыбыт. Оройуоннааҕы хаһыат редакциятыгар эппиэттиир сэкирэтээринэн, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар сэбиэдиссэйинэн, 1969 сылтан Чурапчытааҕы кыраайы үөрэтэр мусуой дириэктэринэн ананан 1980 сылга диэри үлэлээбитэ. Үлэҕэ ситиһиилэрин иһин В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылын туолуутугар үбүлүөйүнэй мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Бэйиэт Алексей Спиридонович Бродников 1982 сыллаахха алтынньы 19 күнүгэр «Саҥа олох» хаһыакка «Бэйиэт, тылбаасчыт, очеркист» диэн ыстатыйатыгар маннык суруйан турар:

«Степан Феоктистович сэрии бастакы сылларыгар Чурапчытааҕы педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан нуучча классиктарын хасыһан туран дьаныардаахтык ааҕарын үгүстүк көрөрбүт. Аны санаатахха, улуу суруйааччылар бэргэн этиилэригэр, уус-уран тыл баай уобарастарыгар бэрт эрдэттэн үөрэммит, ону ырыппыт, этигэр- хааныгар иҥэрбит эбит. Ол да иһин буолуо, Феоктист Софронов айар үлэтин аан бастаан тылбаастан саҕалаабыта уонна 1963 сыллаахха талааннаах тылбаасчыт быһыытынан ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнинэн ылыллыбыта. Сэбиэскэй кэмнээҕи нуучча бэйиэттэриттэн Александр Твардовскайга ордук сүгүрүйэрэ. Бу норуодунай стиллээх, баай тыллаах, ураты бэргэн уобарастардаах сүдү бэйиэт айымньытын тылбаастыан баҕара-баҕара олус диэн дьулайара. Ол да буоллар, кэлин Твардовскай «Ыраахтан-ыраахха» диэн биир аатырбыт поэматын тылбаастаан испитэ.

Кини бэйэтин хоһоонноро 1947 сыллаахтан бэчээттэнэн барбыттара. Бастакы кинигэтэ «Оччугуй отчут» 1960 сыллаахха бэчээттэммитэ. Онтон салгыы «Володя Ульянов», «Сибиэтэ сэһэнэ», «Бэлэх», «Бүгүн», «Москва зоопаркатыгар» оҕолорго аналлаах, «Киэн туттар дьоммут» очеркаларын кинигэтэ 1977 сыллаахха, «Көмүс чыычаахтарбар» орто саастаах оҕолорго хоһооннорун кинигэтэ 1978 сыллаахха, «Күн ортотун кэнниттэн» хоһооннорун, поэматын кинигэтэ 1981 сыллаахха бэчээттэммиттэрэ.

Кини айымньылара литературнай кириитикэ хараҕынан ырытыллыбатаҕа. Инньэ гынан айымньыларыгар толору итэҕэтиилээх сыанабылы биэрэр күчүмэҕэй. Көннөрү ырыаны, хоһоону суруйарын таһынан өссө сатираҕа чахчы чугас турара. Ол айымньыларыгар да, көннөрү кэпсэтиитигэр да көстөрө. Холобур, «Кыттыгас» диэн хоһоонун ааҕан көрүҥ. Биирдэ анал оптуобуһунан уонча суруйааччы Покровскайга тахсан истибит. Бэйиэт Валерий Чиряев: «Бэйэ бэйэбитин күлсэн эпиграммата аахсыаҕыҥ», — диэн тыл киллэрдэ. Дьэ, эбэтээ доҕоор, араас бэйэлээх эҕэлээх тыллардаах куплеттар кутулла түстүлэр. Уопсай түмүккэ кыайыылааҕынан Феоктист буолбута. Онно ээ, бэйиэт Петр Тобуруокап кыһыйан ытаабыта. Хор, ол курдук Феоктист сытыы юмордаах этэ».

Онтон суруйааччы Петр Аввакумов 1972 сыллаахха атырдьах ыйын 23 күнүгэр Феоктист Софронов 50 сааһын туолуутугар «Кыым» хаһыакка маннык суруйбут: «Өй-сүрэх күүрүүтүн барытын «Үйэлээх үлэҕэ биэриэххэ», — диэн этиини Феоктист Софронов олоҕор, айар үлэтигэр сыһыары тутан көрдөххө кырдьык да этиллиэхтээх этиллибит дии саныыгын. Ол курдук, бэйиэт нуучча классическай уонна сэбиэскэй литературатын бөдөҥ айымньыларын саха ааҕааччылара төрөөбүт тылларынан ааҕан умсугуйалларыгар кыах биэрбитэ үрдүктүк сыаналанар. Тылбаас — бу интернациональнай суолталаах айар үлэ. Бу үлэҕэ Феоктист Софронов А.С. Пушкин «Руслан уонна Людмила», «Салтаан саар туһунан остуоруйа», «Полтава», М.Ю. Лермонтов «Бородино», Н.А. Некрасов «Саша», «Нуучча сиригэр ким үчүгэйдик олорор» диэн биллиилээх айымньыларын ситиһиилээхтик тылбаастаталаан бэйэтин бэлиэ олугун охсон кыттыста».

Суруйааччы Николай Габышев 1972 сыллаахха бу курдук суруйбут: «Степан Феоктистович 1949 сыллаахха Москваҕа Бүтүн Сойуустааҕы эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарыгар кыттыыны ылбыта. Онтон салгыы литературнай институкка үөрэнэ киирбитэ. Ити сылларга кини бэйиэт Алексей Недогонов «Сельсовет үрдүнэн кыһыл былаах тэлээрэр» диэн ССРС Государственнай бириэмийэтин ылбыт айымньытын сахалыы тылбаастаабыта. Маны сэргэ Назым Хикмет, Миршакара, Леси Украинка, Иван Франко, Самуил Маршак, Константин Симонов поэзияларын, Григорий Тарскайдыын Максим Горькай «Артамоновтар дьыалалара», «Фома Гордеев» курдук айымньыларын тылбаастаабыта».

Суруналыыс Мария Михайлова 1997 сыллаахха атырдьах ыйын 26 күнүгэр «Саҥа олох» ха- һыакка «Олоҕун үгүс сылын уус-уран тылбааска анаабыта» диэн ыстатыйатыгар: «Феоктист Софронов тэҥнээҕэ суох тылбаасчыт этэ. Бу олус уустук, бэйэтин күүһүн, кыаҕын-күдэҕин билинэр эрэ киһи ылсар, олус элбэҕи эрэйэр эйгэҕэ илиитин араарбакка үлэлээбитэ уонна биллэр-көстөр ситиһиилэммитэ. Саха дьоно нуучча да, аан дойду да классиктарын бөдөҥ айымньыларын тылбаастаабыт маастарыстыбаларыгар кинилэр уус-уран тылбаастааһын оскуолатын төрүттээбит историяларын иҥэн-тоҥон үөрэтиигэ харах далыгар быраҕыллар монографическай тосхоллоох үлэлэр өссө да оҥоһулла иликтэр диирбитигэр тиийэбит, көннөрү ремесленниктэр эрэ үлэлэрин курдук көрүү-ылыныы билигин даҕаны баһыйар дуу дии саныыбын. Саха уус-уран литературатыгар 50-нус сылларга саба түһүүлэр өрөгөйдөөн аҕай турдахтарына даҕаны, Феоктист Софронов уонна кини эйгэтин дьоно уус- уран тылбаас литература инники сайдыытыгар ылар оруолун табатык өйдөөбүттэрэ. Ыарахан охсууну ылбыт саха литературата Россияҕа биллэригэр-көстөрүгэр уус-уран тылбаас суолу- ииһи арыйыахтааҕын уонна аптарытыаттаах тылбаас оҥоһуллара хайаан да наадатын. Онон бу саҕалааһын, литературнай политика быһыытынан атаҕар туруоруу манан аҕай дьыала буолбатах этэ. Араас утарсыылар дойду үрдүнэн тахсыталаабыттара.

Холобура, Евгений Пермяк диэн оҕо суруйааччыта 1952 сыллаахха олунньу 10 күнүгэр «Литературнай хаһыакка» киэҥ айдааны тарпыт «Тылбаасчыттар тустарынан» диэн полемическай ыстатыйата бэчээттэммитэ. Ааптар тылбаасчыттары суруйааччылар Сойуустарын чилиэнинэн ылары утарбыта. Бу этиини П. Антопольскай, С. Маршак курдук дойду бөдөҥ тылбаасчыттара сөбүлэспэттэрин аһаҕастык биллэрбиттэрэ. Саха сирин суруйааччыларыттан Евгений Пермягы бэйиэт, тылбаасчыт Феоктист Софронов утарбыта уонна «Уус-уран тылбаас — уустук искусство», — диэн балачча улахан кээмэйдээх ыстатыйаны суруйан 1952 сыллаахха от ыйын 22 күнүгэр «Кыым» хаһыакка бэчээттэппитэ. Онно кини: «Уус-уран тылы тылбаастыырга, дьоҕур хайаан да наада. Өй-санаа өрө күүрүүтэ баар буолуохтаах. Ол күүрүү үлэттэн үөскүүр, таах кэтэһэ сырыттахха оннук күүрээн көнньүнэн кэлбэт. Ити тылбаасчыттар үлэлэрин суруйааччылар айалларын курдук оҥорор, онон тылбаасчыт айар үлэһитинэн ааҕыллыах тустаах», — диэн утарсыбыта.

Билиҥҥи кэм көрдөбүлүгэр сөп түбэһиннэрэн, тылбаас дьыалатын өссө үрдүк кэрдиискэ көтөҕөр иһин күүспүтүн түмэн үлэлиэҕиҥ диэн ыҥырбыта түбэһиэхчэ буолбатаҕа. Субу кэмҥэ доҕоро Дьуон Дьаҥылы 10-нус сылын А.С. Пушкин «Евгений Онегин» диэн хоһоонунан романын тылбаастыыра. Феоктист Софронов бу тылбааһы аан бастааҥҥыттан өйөөбүт, бу үлэ атаҕар туруутугар улаханнык көмөлөспүт, ону таһынан бу тылбаас саха уус-уран литературатыгар ылыахтаах суолтатын өйдөтөр-санатар ыстатыйалары суруйбут киһинэн буолар. Феоктист Софронов ити сылларга бэчээттэппит ыстатыйалара Дьуон Дьаҥылы «Евгений Онегины» сахалыы тылбаастааһынын историятын сирийэн-хоруйан көрөрбүтүгэр кыаҕы биэрэллэр. 1950 сыллаахха «Кыым» хаһыат сэтинньи 29 күнүнээҕи нүөмэригэр Феоктист Софронов «Евгений Онегин» сахалыы тылбаастанар» диэн ыстатыйатыгар тылбаас суолтатын уонна эппиэттээҕин туһунан суруйбут. Ситиһиилээхтик түмүктүүрүгэр баҕарабын диэн тоһоҕолоон эппит. «Евгений Онегин» сахалыы тылбааһа күн сирин көрүөр диэри Дьуон Дьаҥылылыын бииргэ үлэлээбиттэр. «Бырастыы, тоҕус сыл охсуспут, олохпутун ылбыт олукпут!» диэн Дьуон Дьаҥылы төрүөтэ суох эппэтэҕэ. Билэр дьон этэллэринэн Дьуон Дьаҥылы уонна С.Ф. Софронов «Евгений Онегин» бүтэһик баһын бэчээккэ биэрэрдии чочуйан оҥорууга партия райкомун дьиэтиттэн хос анатаннар бииргэ үлэлээбиттэр эбит. «Кинилэр ол курдук уу тэстибэт доҕордуулара», — диэн суруйбут Мария Михайлова.

Феоктист Софронов уус-уран тылбаас эйгэтин кэҥэтиигэ уонна өйөөһүҥҥэ улаханнык үлэлэспитэ көстөр. 1966 сыллаахха «Хотугу сулус» 2 №-гэр тахсыбыт ыстатыйатыгар грузин поэзиятын генийэ Шота Руставели «Тиигир таҥастаах бухатыырын» маҥнайгы кэрчиктэрин Семен Руфов тылбаастаан бэчээттэппитин чаҕылхай тылбаас быһыытынан, ааҕааччылар кэрэхсээбиттэрин туһунан, поэма ис хоһоонун, уобарастарын, форма өттүнэн уратыларын барытын талааннаахтык толору биэрбит диэн Феоктист Софронов үөрүүтүн эппитэ. Уус-уран литература эйгэтин кэҥэтиини, кини аатын- суолун үрдэтэри ситиһэ сатыыра. Ол да иһин норуодунай суруйааччы Амма Аччыгыйа «Сэрии уонна эйэ» диэн Л.Н. Толстой аатырбыт айымньытын тылбаастаан издательствоҕа киллэриитигэр Феоктист Софроновы эрэдээктэ- ринэн аныылларыгар баҕарбыта да элбэҕи этэр. Феоктист эрэдээктэринэн үлэлииргэ сөбүлэспитэ. Итинник эппиэттээх үлэлэри толорууга бары өттүнэн сөп түбэһэр бэлэмнээҕэ, дириҥ билиилээҕэ, европейскай таһымнаах култууралааҕа диэбит Мария Михайлова.

Кини Феоктист Софронов 1975 сыл сэтинньи 19 күнүгэр бэчээттэммит «Чахчы табыллыбыт» диэн ыстатыйатын «Эдэр коммунист» хаһыакка көрдүм. Онно кини Орджоникидзевскай оройуон (билиҥҥинэн Хаҥалас улууһа) хаһыатын редакциятыттан биир дойдулааҕа Афанасий Петрович Илларионов Расул Гамзатов аатырбыт сонеттарын сахалыы тылбаастаабыта нууччалыы уонна сахалыы тылынан сэргэ бэчээттэнэн тахсыбыт экземплярын ыыппыттарын аахпытын туһунан суруйбут. Тылбаасчыт айылҕалаах киһи биир идэлээҕин ыстатыйатыгар: «Кини тылбааһа миэхэ литература бу көрүҥүн бастыҥ маастардара Дьуон Дьаҥылы, Георгий Васильев, Семен Руфов, Валерий Чиряев айымньыларын санатта. Бэйэтин дьыалатын таптыыр, бэриниилээх тылбаасчыт үөскээбит диэн истиҥ сүрэхпиттэн үөрдүм, — диэн туран салҕыы, — Афанасий Илларионов өр кэмнээх, сыралаах үтүө үлэтин иһин мин соҕотоҕун хайгыыр буолбатахпын. Хаһыакка биир норуодунай бэйиэппит үрдүк сыанабыла бэчээттэммит», — диэн (1975 сыллаахха кулун тутар 24 күнүгэр Күннүк Уурастыырап суругун холобурдуурун) эппит. Илларионовы тиийэн көрсүбүт. Онуоха Афанасий Петрович: «Степан Феоктистович уһулуччулаах тылбаасчыт. Арааһа уус-уран тылбааска ылсан үлэлээһиммэр киниттэн үөрэммитим-куоһаммытым элбэх буолуохтаах. Илиинэн суруллар сурунаал таһаарарбыт. Онно учууталбыт бэйэтин тылбаастарын эмиэ киллэрэрэ. Көхтөөх этибит. Биһиэнин бэйэтэ көрөрө-истэрэ. Расул Гамзатов сюжеттарын тылбаастаабыппын көрөн сүрдээҕин үөрбүтэ, хайҕаабыта», — диэбит диэн Мария Михайлова суруйбут.

Онтон норуодунай суруйааччы Сэмэн Тумат: «Оҕолорго анаан-минээн үлэлээһинэ икки хайысханан барбытын бэлиэтии көрдүм. Бастакыта оскуола олоҕуттан эт-хаан хабан тахсыбыт хоһооннор кинигэлэрин суруйуу. Иккиһинэн, ити оҕолор тустарынан суруйууну Россия биллиилээх бэйиэттэрин аатырбыт-сураҕырбыт айымньыларын сахалыы тылга тылбаастаан чиҥэтии, оҕо өйдүүр, саныыр уонна ылынар өрүттэрин кэҥэтии курдук олус наадалаах хайысхаҕа үлэлээбит эбит», — диэн 2013 сыллаахха «Феоктист Софронов» диэн кинигэтигэр киирии тылга суруйбут. Салгыы Семен Андреевич: «Кини сырдык мичээрдээҕэ, сүрдээх хомоҕой юмордааҕа. Ис-иһиттэн күөдьүйэн өрүкүйэн кэлэрэ. Кыраттан даҕаны туһалааҕы булан этэр дьоҕур киниэхэ иҥэн сылдьарга дылыта. Олус үчүгэйдик кэпсиирэ», — диэн ахтар.

Ити сылларга мин эмиэ киниэхэ ахсыс кылааска үөрэммитим. Чахчы да оҕолору бэйэтигэр тардар учуутал этэ. Кини кэпсиирин биһиги олус чуумпуран олорон истэрбит уонна уруок бүппүтүн билбэккэ хааларбыт. Мин ахсыс кэнниттэн куоракка үөрэнэ, идэ ыла барбытым. Онтон үөрэхпин бүтэрэн, үс сыл Уус Алдаҥҥа үлэлээн баран 1970 сыллаахха төрөөбүт оройуоммар култуура салаатын инспекторынан ананан үлэлии кэлбитим учууталым Феоктист Софронов кыраайы үөрэтэр мусуойга үлэлии сылдьара. Кини киһи быһыытынан олус боростуойа. Кыыһынаан Сибиэтэлиин «Айыллаан» аттыгар баар икки этээстээх уопсайга олороллоро. Ити сылларга Степан Феоктистович «Эрилик Эристиин үөлээннээхтэригэр» диэн уочарката, «Маршал махтала» диэн Г. Протодьяконовка анаммыт поэмата, «Бэлэх» диэн Хайахсыт кыр- дьаҕас маһын ууһа Еремей Васильевич Михайлов оскуолаҕа мусуой дьиэтин тутан бэлэхтээбитин туһунан поэмата, Мугудай орто оскуолатын учуутала Яков Гаврильевич Павловка анаммыт «Эдэрдии эрчимнээх сүрэх», норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ С.Н. Плотниковка «Балтаһыттан инженергэ», аатырбыт Мындаҕаайы булчута Николай Мордускиҥҥа «Улуу булчут олоҕун торума», Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии активнай кыттыылааҕа Роман Христофорович Кривошапкиҥҥа «Олоххо уһаарыллыы» диэн бары тус туһунан үлэлээх-хамнастаах, суоллаах-иистээх дьон тустарынан уочаркалары суруйталаабыта. «Инники кирбии дьоно» диэн кинигэҕэ «Талааны таба тайаныы» диэн уочарката киллэриллибитэ. Айымньы геройа — Эрилик Эристиин аатынан сопхуос үлэһитэ, РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх механизатора, кырдьаҕас коммунист К.Н. Пестереви суруйбута. 1977 сыллаахха «Киэн туттар дьоммут» диэн уочаркаларын хомуурунньуга бэчээттэммитэ. Бу кинигэтин иһин суруйааччы Эрилик Эристиин аатынан Литературнай бириэмийэ лауреатынан буолбута. Кинигэҕэ кырдьаҕас педагог, энтузиаст Алексей Еремеевич Максимов хомуйбут матырыйаалларыгар олоҕуран үлэ, сэрии бэтэрээннэрин, оччотооҕу Эрилик Эристиин аатынан холкуос бастыҥ үлэһиттэрин Николай Николаевич Корякины, Семен Иннокентьевич Посельскайы, Прокопий Степанович Григорьевы кытта көрсөн, кэпсэтэн, кинилэр ахтыыларыгар олоҕуран «Уот холоругу ортотунан» диэн бэртээхэй уочарканы суруйбута. Бу уочаркаҕа эдэр сааһыгар кыргыс хонуутугар дьоруойдуу охтубут Аҕа дойду сэриитин II степенэ уордьаннаах Константин Осипович Оконешников туһунан, билэр дьон ахтыыларыгар олоҕуран ылыннарыылаахтык суруйбута. «Халла эдэр сааһа» уочаркатыгар Чакыр нэһилиэгин олохтооҕо, уос номоҕор киирбит чулуу отчут Гаврил Николаевич Адамов эдэр сааһыгар сайын устата күн ахсын 1-1,5 гектар сири илиинэн охсорун, буурдааһыннаах күннэргэ 2,8 гектарга тиийэ дайбыырын туһунан Халла бэйэтин ахтыытын курдук оҥорон суруйбута кэрэхсэбиллээх» диэн Николай Филиппов ол сыллардааҕы суруйууларын туһунан киэҥник сырдаппыт эбит.

1966 сыллаахха алтынньы 19 күнүгэр Феоктист Софронов, Алексей Бродников, Василий Яковлев олохтоох ааптардары мунньан «Кустук» диэн литературнай түмсүүнү төрүттээбиттэрэ.

Салайааччынан Алексей Бродников талыллыбыта. Түмсүү кэмиттэн кэмигэр мустан эстети- ка, кириитикэ принциптэрин, социалистическай реализм диэн тугун ырытыһара, эдэр ааптардар айымньыларын сыаналыыра. Икки ыйга биирдэ «Кустук» диэн массыыҥкаҕа бэчээттэнэр литературнай сурунаалы таһаарара. Феоктист Софронов курдук астык эрэдээктэрдээхтэрэ. Худуоһунньук Семен Семенов, Федор Филиппов бэйэлэрэ эмиэ эдэр ааптардар, олус кичэйэн киэргэтэн таһаараллара. Бу түмсүүгэ Семен Попов-Сэмэн Тумат, Виктор Башарин, Егор Макаров, Афанасий Илларионов, Осип Филиппов, Михаил Попов, Семен Кривошапкин, Вячеслав Хон, Семен Семенов, Федор Филиппов, Николай Игнатьев, Петр Попов, Николай Попов курдук кэрэ талааннар арыллыбыттара. Кырдьаҕас корреспондеммыт Николай Алексеевич Бушуев бэртээхэй сатирик бэйиэт, кэпсээнньит, уочаркист, фельетонист талааннааҕа соһуппута, — диэн Иннокентий Окоемов «Чурапчы хаһыата» диэн 2001 сыллаахха таһаартарбыт кинигэтигэр суруйан үйэтиппитэ.

1973 сыллаахха общественнай корреспонденнартан бастакынан Михаил Данилович Попов ССРС Суруналыыстарын сойууһун чилиэнинэн ылыллыбыта Кини элбэх сыл «Эркээйи» литературнай түмсүүнү салайбыта. Бу түмсүүгэ эмиэ кини көхтөөхтүк үлэлэспитэ. 1977 сыллаахха кини пааматынньыктары харыстааһын обществотын оройуоннааҕы конференцията буолбутун туһунан «Саҥа олох» хаһыакка маннык суруйан турардаах: «Конференция үлэтигэр өрөспүүбүлүкэттэн бэрэстэбиитэл И.Д. Архипов кыттыыны ылла. Сэбиэт саҥа састаабын 19, президиумун 7 киһиттэн таллылар. Президиум бэрэстэбиитэлинэн Гаврил Дмитриевич Ефимов буолла» .

Ити сыл ыам ыйын 24 күнүгэр «Ааҕааччылар санаалара» диэн ыстатыйатыгар: «Киин бибилэ- тиэкэҕэ Далан «Дьикти сааһыгар» ааҕааччылар кэмпириэнсийэлэрэ ыытылынна. Суруйааччы олоҕун уонна айымньытын туһунан дакылааты норуодунай судьуйа Михаил Данилович Попов оҥордо. Дакылаатчык сэһэн ыччаты иитии курдук билиҥҥи олох биир саамай наадалаах проблематыгар анаммытын, бастыҥ ыччат Кеша Попов айымньы кылаабынай дьоруойунан суруллубутун, оҕолор өйдөрө-санаалара, майгылара-сигилилэрэ мындырдык арыллыбытын, кинилэр интэриэстэрэ киэҥин, учууталлар уонна төрөппүттэр, оскуола уонна общественность, бүгүҥҥү олох итинтэн да атын боппуруостара уустуктук, ураннык ойууламмыттарын бэлиэтээтэ уонна ааҕааччылар иннилэригэр дьүүллэһиигэ элбэх боппуруостары туруорда. Учуутал, суруналыыс Г. Сивцев сэһэн тылын-өһүн өссө чочуйарга сүбэлээтэ. Спорт- совет үлэһитэ Семен Пинигин, бибилэтиэкэр М. Макарова Кеша Попов уобараһын ырыттылар. Туһалаах этиилэри М. П. Ефимов, С. Г. Старостин, М.Ф. Маркова, Дмитрий Сергеевич Постников, Татьяна Васильевна Максимова, Т.С. Кононова, Е.К. Илларионова оҥордулар. Сэһэн наадалаах проблемалары туруорда, сюжета түргэнник сайдан иһэрэ биир санаанан биһирэннэ. Худуоһунньук уонна эдэр ааптар Семен Николаевич Семенов сэһэн олоҕу кытта ыкса сибээстээҕин туһунан эттэ. Култуура салаатын инспектора В.Д. Пинигина сэһэни инсценировка оҥорон сыанаҕа таһаарар наадатын эттэ. Ааҕааччылар кинигэ издательствота бу сэһэни кинигэ оҥорон дэлэччи тираһынан таһаарарга көрдөстүлэр. Далан махтанна уонна айар үлэтин туһунан билиһиннэрдэ. «Аар тайҕам суугуна» диэн сэһэни бүтэрбитин, интеллигенция олоҕун көрдөрөр арамааны суруйа сылдьарын туһунан кэпсээтэ».

Дьэ ити курдук киэн туттуу тыынынан илгийэр ыстатыйаны учууталым барахсан суруйан үйэ саас үйэтиппит эбит. Мин ити кэмпэриэнсийэҕэ эмиэ сылдьыбытым. Тыл эппит дьон бары аһары киэҥ билиилээх, дьоһуннаах дьон этилэрэ, иҥэн-тоҥон ис сүрэхтэриттэн кыһаллан, баҕаран туран, киһи ылынардык ырыппыттара. Мин ол сылларга айар үлэттэн ыраах буоламмын сэмэйдик истээччи оруолун толорбутум. Онон бу Далан «Дьикти саас» кинигэтэ үтүө дьон сүбэлэринэн, ырытыыларынан чочуллан дьоллоох дьылҕаланан күн сирин көрбүт кинигэ буолар. Ол да иһин ааҕааччылар киэҥ биһирэбиллэрин ылбыта уонна Даланы айар үлэ аартыгар умсулҕаннаахтык сирдээн киллэрбитэ.

1975 сыллаахха Илин Сибиирдээҕи култуура институтун бүтэрэр дипломнай үлэбэр учууталбыттан көрдөһөн Б. Васильев «А зори, здесь тихие» пьесаны тылбаастаан биэрэригэр көрдөспүтүм. Ол саҕана бу пьеса дойду үрдүнэн олус биһирэммит, киинэтэ тахсыбыт саамай актуальнай пьеса этэ. Бириэмэм олох кылгаһа. Инньэ гынан наһаа ыгымнык үлэлээн аҕыйах хонук иһинэн пьесабын тылбаастаан аҕалан биэрбитэ. Олох түүн хойукка диэри олорон сурук- суттаан, тылбаастаабытын туһунан кэпсээбитэ. Сибиэтэ оччолорго оскуолаҕа үөрэнэрэ. Аһары үөрбүтүм уонна дьоннорбун сүүмэрдээн бэлэмнэнэн дипломнай үлэбин көмүскээн турабын. Оччолорго бу улахан киһини, суруйааччыны, соруйустум диэн өйдөбүл миэхэ суоҕун сөҕөбүн, олох буор босхо үлэлэппиппин. Ким да өй да укпатаҕа. Бэйэтэ киһи быһыытынан боростуойа, кини миэхэ учууталым эрэ диэн саныырым онон көмөлөһөр диэбиппин быһыылаах. Наһаа сэмэйэ, култууралар саҥа дьылбытыгар маассабай оонньуубутугар кытта кытыннарарбыт. Адьас оҕолуу үөрэрэ, барытыгар сүүрэн, күлэн-үөрэн, юмордаан көхтөөх буолара.

Биирдэ мусуойугар барсыбыппын өйдүүбүн. Онно таҥара дьиэтин томторун тахсан иһэн: «Маша саха литературатыгар биир олох таарыллыбатах тиэмэ баар суруйуубар тарыйыахпын баҕарабын да салла сылдьабын», — диэбитэ. Мин онно наһаа соһуйбутум: «Ол туох тиэмэтай?» — диэн тута чап гыннарбытым. «Ээ, бобуулаах тиэмэ» диэн баран тулатын эргим- ургум дьаахханардыы көрөн ылбыта. Бэйэтин да куолаһа кыра буолара да өссө сибигинэйэн биэрбитэ. Мин интэриэһиргиирим өссө күүһүрбүтэ. Мусуойга киирбиппит. Ааны лип гына сабан баран аргыый аҕай кэпсээбитэ. «Ол Чурапчылар көһөрүллүүбүт туһунан тиэмэ»,- диэн уу чуумпуга сибигинэйэ былаастаан аргыый саҥарбыта. Мин эмиэ кини туругар киирэн хайдах эрэ дьиксинэн ылбытым. Оччолорго суруйар үлэттэн букатын ыраах киһи быһыытынан: «Ол тоҕо ким да суруйа илигий?» — диэн чахчы билиэхпин баҕаран ыйыппытым. Онуоха: «Ити алдьархайдаах киһи баһа барар тиэмэтэ, бобуулаах. Ол иһин ким да ылсыбакка сылдьар. Мин ити тиэмэҕэ үлэлиэхпин санаталыыбын да саллабын», — диэбитэ. Мин көһөрүллүү туһунан ийэм кэпсээнин истэр буоламмын учууталбын кытта тоҕо бобуулааҕын, тоҕо көһөрүллүбүппүтүн дьэ интэриэһиргээн ыйыталаспытым. Онно син балайда уһуннук кэпсэппиппит. Ити сэһэргэһиим уһун сылларга сүрэхпэр сөҥөн хаалбыта. 17 сыл буолан баран, 1992 сыллаахха көһөрүллүү 50 сылыгар ийэм эмиэ «бобуулаах» диэн олорон ахтар кэпсээннэригэр олоҕуран уонна учууталбын санаан «Көһөрүү» диэн пьесаны суруйарга холоммутум. Пьесаны П.М. Решетников аатынан Чурапчытааҕы норуодунай тыйаатыр кэлэктиибэ көрөөччү дьүүлүгэр таһаарбыта. Ити кэнниттэн өссө иккис пьесабын көһөрүллүү 55 сылыгар анаммыт «Сутаакылар» диэн аатынан суруйбутум 1997 сыллаахха «Бичик» кинигэ кыһата икки пьесабын киллэрэн, «Көһөрүү» диэн аатынан кинигэ оҥорон 1000 ахсаанынан бэчээттээн күн сирин көрдөрбүтэ. Көһөрүллүү 60 сылыгар Ньурба тыйаатырын режиссера, биир дойдулаахпыт Юрий Макаров «Муҥурданыы» диэн ааттаан «Сутаакылар» пьесабын көрөөччү дьүүлүгэр таһаарбыта. Онтон 2002 сыллаахха «Аптаах янтарь» диэн литовецтары кытта көһөрүллүүгэ бииргэ алтыспыт оҕолор тустарынан суруйан Т. Сметанин 80 сааһыгар ананан ыытыллыбыт оҕолорго аналлаах драматическай айымньылары көрүү өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһугар кыттан үһүс миэстэни ылбытым. Онон учууталбыныын сэһэргэһиим түмүгэ итинник айар үлэбэр дьайбыта.

«Кини кырдьык үрдүк култууралаах киһи этэ. Кимиэхэ да куолаһын үрдэппитин өйдөө- бөппүн. Дьиҥнээх ис-иһиттэн педагог буолан төрөөбүт курдуга. 1975 сыллаахха «Дьоллоох дойдубар» диэн хоһооннорун дьоҕус кинигэтин бэлэхтээбитэ. Онно маннык суруйбут этэ: «Талааннаах үөрэнээччибэр, чабырҕах маастарыгар Маша Никитинаҕа билигин Мария Андреевнаҕа — айар үлэһиккэ» диэбит ааптар. Оччолорго мин суруйууга олох ылса илик кэмим этэ. Көннөрү пьесаҕа оонньуур, дьон чабырҕаҕын хоһоонун ааҕар кулууп үлэһитэ этим. Онон учууталым миигин «Айар үлэһит буол» диэн алҕаабыт быһыылаах диэн бу сааһыран олорон суруйбут суругун ис хоһооно дириҥ өйдөбүллээҕин дьэ көрө сылдьабын.

Кини биир уочарка, аҕыс хоһоон, уон үс уус- уран тылбаас кинигэлэрин, баай ис хоһоонноох литературнай нэһилиэстибэни хаалларбыта. 1977 сыллаахха тохсунньу 20 күнүгэр «Ленин мөссүөнүн көрөөрү» поэмата «Саҥа олох» хаһыат биир балаһатын толору бэчээттэммит этэ. Чурапчы орто оскуолатыгар биир кэмҥэ учууталлаабыт учууталбыт Аграфена Игнатьевна Санникова бу поэманы нойосуус үөрэтэн, тэрилтэлэр бэстибээллэригэр олоччу ааҕан көрөөччүлэри сөхтөрбүтэ. Онтон ыла репертуар оҥостон уһун кэмҥэ хоһоонун илдьэ сылдьыбыта. Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор кырдьаҕас киһи биир хаһыат сирэйэ поэманы өйүгэр тутан биир да тылын көтүппэккэ дьоһуннаахтык ааҕара. Чахчы да Феоктист Софроновы аһара убаастыырыттан, кини талааныгар сүгүрүйэриттэн ити курдук тахсыылаахтык толороро эбитэ буолуо дии саныыбын.

Онон бэйиэт, тылбаасчыт Феоктист Софронов олоҕун хас биирдии күнүн туһалаахтык атта- рынан, таптыыр дьарыгар айар үлэтигэр күннэтэ айымньылаахтык үлэлээн, тылбааһынан, хоһоон суруйуутунан муҥурдаммакка өссө аһары баран бэйэтин кэмин дьонун-сэргэтин үлэлэрин- хамнастарын хоһоонноругар хоһуйан, уочаркаларыгар суруйан үйэ-саас үйэтитэн хаалларбыт үтүөлээх киһи эбит диэн билиниэх тустаахпыт.

Кини үгүс суруйуулара өссө киэҥ ааҕааччы билиитигэр-көрүүтүгэр тахса иликтэр буолуох- таах дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, А. Бродников 24 папканы архыыпка туттарбыппыт диэн суруйбут эбит. Инникитин бу биир тарбахха баттанар дьоһуннаах суруйааччыбыт, бэйиэппит киэҥник сырдатылларыгар баҕарабын.

Степан Феоктистович Софронов бастакы кэргэниттэн Наталья Степановна Павлова диэн кыыстаах. Идэтинэн бибилэтиэкэр. Өр сылларга Пушкин аатынан Национальнай бибилэтиэкэҕэ үлэлээбитэ, философскай наука кандидата. Уол оҕолоох, сиэннэрэ улааттылар. Нуучча кэргэнэ Любовь Николаевна Князева Чурапчы орто оскуолатыгар учууталлаабыта. Кыыстара Светлана Степановна Билюкина идэтинэн омук тылын учуутала, икки оҕолоох — диэн Одьулуун бибилэтиэкэрэ Анна Романовна Аржакова билиһиннэрэр.

Феоктист Софронов Одьулууҥҥа дьиэ туттаран, электропровод атыылаһа Дьокуускайга киирэ сылдьан 1980 сыллаахха балаҕан ыйын 15 күнүгэр массыына саахалыгар түбэһэн соһумардык өлбүтэ. Аһары кутурҕаннаах тиһэх суолугар атаарыы «Айыллаан» култуура дьиэтигэр буолбута. Олус элбэх киһи кэлэн тиһэх суолугар атаарбыттара. Чахчы даҕаны дьон сүгүрүйэр, ытыктыыр-убаастыыр, үрдүк култууралаах, ыраас дууһалаах киһи, бэйиэт буоларын эт кулгаахпытынан истэн, уу харахпытынан көрөн итэҕэйбиппит. Чурапчы дьоно олус аһыйбыта, өлүүтэ аһары соһуччута наһаа хомолтолооҕо, дьылҕа-хаан ыйааҕа кини туһугар тыйыс да буолар эбит диэн ордук хараастыбыппыт, ис-сүрэхтэн аһыйан үгүс киһи хараҕын уутун кыатамматаҕа. Ол кутурҕаннаах миитини, тиһэх суолугар атаарыыны үйэ-саас умнуллубаттык сүрэхпитигэр сөҥөрдүбүппүт уонна кини аата-суола, айар үлэтэ умнуллан хаалбатыгар ис сүрэхтэн баҕарбыппыт!

Суруйааччы төрөөбүтэ 95 сылын көрсө төрөөбүт нэһилиэгэ, улуус дьаһалтата, аймахтара, оҕолоро, сиэннэрэ олоҕун илгэтин туһунан ахтыылары хомуйан, эттээх-сииннээх кинигэни таһаарыыга үлэлэһиэхтэрин наада диибин. Кини учуутал быһыытынан үөрэппит да оҕолоро үгүстэр. Бука биллэрдэххэ ахтыы суруйан биэриэ этилэр.

Мария Герасимова-Сэҥээрэ,

РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС култууратын туйгуна, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ

Чолбон. — 2017. — балаҕан ыйа

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар