Өрүс киэҥ киэлитэ кыдьымах мууһунан кырылыы устар, тымныы тыал сирилэччи үрэн кыскытар. Арай, ону ол диэбэккэ, кыдьымаҕы быыһынан катер аргыый устан дьүккүйэр.
Сэмэн бааһырбыт илиитэ дьаралыйарын иһин, түөһүгэр хам тутан туран эрэ тула өттүн сонургуу көрдө. Инниттэн сытыы тыал үрэриттэн хаххаланан катер тимир эркинигэр сыһынна уонна ону-маны эргитэ санаата: «Билигин биһиги төрөөбүт Сахабыт сиригэр торулас тымныылар түһэн турдахтара. Оттон бу нуучча улуу өрүһэ дьэ бопсуллаары саҥа тоҥон эрдэҕэ. Оо… ол Ярославль куорат кириэппэһин истиэнэлэрэ кылбайан, таҥараларын дьиэлэрин көмүс куупаллара күлүмүрдээн көһүннүлэр. Дьэ дьиҥ чахчы дьикти-кэрэ көстүү диэтэҕиҥ, хартыынаҕа ойууламмыты санатарга дылы…» – Сэмэн былыргыттан аатырбыт сүдү куораты өрүстэн сөҕө-махтайа көрө истэ. Кинини кытта катерынан айаннаан иһэр Некрасово куорат байыаннай госпиталыгар бииргэ сыппыт дьоно эмиэ бу сөҕүмэр көстүүнү сонургуу көрөллөр. Киһи сирэйин быһыта сынньар тыалтан да толлубакка хаххаларыттан өндөҥнөстүлэр. Катер ойоҕоһугар охсуллар муустар биир кэм тэҥҥэ кырылыы-харылыы усталлар.
Сотору буолаат, өрүс кытылын тиксиитигэр кэлэн икки мэндиэмэннээх мас дьиэлээх дебаркадерга сыстан тохтоотулар. Аргыстара бары сыыйа хомунан кытыыга тахсыбыттарыгар Сэмэн рюкзагын ылан кинилэри батыста. Сиэрэй синиэллэрин курдаттыы тыалга үрдэрэн тоҥон, нэһииччэ хааман бадьаалыыллар. Талгат диэн ааттаах казах уола икки баттык маһыгар ыарахан баҕайытык тайанан турарын көрөн, Сэмэн ойоҕоһуттан аргыый өйөөн, көмөлөһөн үөһэ үрдүк сыыр хааһыгар таҕыстылар. Чугас соҕус полуторка массыына үрдүттэн муннун анныгар тор курдук хойуу бытыктаах нуучча старшината халыҥ телогрейка үллэрэн үллэҥнэтэр. Массыына тула үмүөрүспүт үгүс саллааттар үөхсэн ыыс-бурут тыллары түһэрэ-түһэрэ сону былдьасыһан айдаараллар. Ону көрөөт, Сэмэн тымныы сиргэ баран иһэр киһи быһыытынан сүүрэн тиийэн анньыһан көрдө да, кыаллыбата. Бааһырбыт илиитэ мэһэйдээн, дьон быыһыгар кыайан симсэн киирэр кыаҕа суох буолан тохтоон хаалла. Өр-өтөр гымматылар, барытын түҥэттэн бүтэрэн, үрүө-тараа тарҕастылар. Старшина үөхсэ-үөхсэ массыына үрдүгэр сээкэйин хомуна сырытта. Сэмэн киниэхэ чугаһаан, баҕар, биир эмэ телогрейка хаалбыта буолаарай дии санаан көрдөстө:
– Табаарыс старшина, мне Дьокуутуйа наада. Там холодно, очень холодно, тымныы… Чылыгырыайка суох да? – ытыһын утары тоһуйан, аһыннарыах киһилии аллараттан көрөн кылаллан тураахтаата.
Улахан багдаһыйбыт старшина бытыгын туора-маары имэрийдэ, кып-кыһыл сирэйэ үллэ кыыһыран:
– Не видишь, что-ли? Все расхватали, сукины дети… Едрены корень… Нету ничего… Все вчистую взяли. Вас много, а я один. Было бы, отдал бы всем. Знаю, что нужно… – диэт, массыына кузовын ойоҕоһунааҕы олуйар тимирин хатаан халыгыратта, онтон ойон түһэн кабинаҕа киирэн хаалла.
Сэмэн, хайыыр да кыаҕа суох буолан сапсыйан кэбиһээт, кэтэһэн турар казаҕын уолугар тиийэн:
– Нету, суох… кончили, – диэтэ, рюкзагын сүгэн баран, аргыый сэрэнэн хаамсан иккиэн тимир суол вокзалын көрдүү бардылар. «Нууччалыы билбэт куһаҕанын. Бу сэрии ыксаллаах кэмигэр биһиги, сахалар, төһөлөөх эрэйи көрүстүбүт. Киһи киһини кытта кыайан быһаарсыбата баар эбит улахан иэдээн. Мин биир дойдулаахтарым, үрэх баһын сэмэй оҕолоро барахсаттар, хаһан даҕаны түүллэригэр баттатан көрбөтөх сирдэригэр кэлэн нууччалыы тылы өйдөөбөккө быстахха былдьаннылар. Саатар, сатаан кэпсэтэрим буоллар, ити чылыгырыайкаттан маппат этим…» – Сэмэн хомойо санаан иһигэр үлүгүнэйэ истэ.
Үрдүк дьиэлэринэн эргитиллибит киэҥ-куоҥ уулуссалары өрө-таҥнары сыыйан, ол быыһыгар эмиэ да трамвайга олорон айаннаан, бэрт эрэйинэн дьон бөҕөттөн ыйдаран тимир суолларын вокзалын буллулар. Байыаннай комендатураҕа киирэн босхо айанныылларын уонна аһыылларын туоһулуур требованиеларын көрдөрөн, быһаартаран тахсан, дьэ «һуу» гыннылар.
Сэмэн тула өттүгэр үтүмэн элбэх киһи айдаарсан аалыҥнаһарын көрөн салла быһыытыйда. Бачча үгүс киһиттэн хайдах булан илин-арҕаа барарын улаханнык ыарырҕатта.
Аттыларынан быыстала суох поезтар тигинэһэн, хара буруонан уһууран ааһаллар. Перроҥҥа турар паровоз үрүҥ паарынан сырдырҕаччы тыынан буһурҕатар, тохтуу-тохтуу хатаннык хаһыытаан чускутар. Хас саҥа поезд кэллэҕин аайы дьон халҕаһата онно киирээри анньыһыы бөҕөтө буолар, ону кытта тэҥҥэ байыаннай хамаандалар эмиэ сатараан иһиллэллэр. Баһаам элбэх сэрии сэбин тиэммит поезтар тохтоло суох арҕаа фронт диэки субуһаллар. Сэмэн бу айдаантан алааран хаалан тулатын эргичиҥнээн көрө-истэ турда. Уола, атаҕа сылайан, дьон дьааһыгын үрдүгэр саҥата суох хохоллон олороохтоото. Арай биир нуучча саллаата ааһан иһэн, балачча тугу эрэ мунаарбыт киһилии көрөн турбахтаат, чугаһаан кэлэн аттыларыгар тохтоото. Онтон аһара барыахтыы туттан баран, төннөн кэлэн:
– Земляки, куда путь держим? – диэн ыйытта.
Талгат «Казахстан» диирин кытта Сэмэн:
– Дьокуутуйа… Дьокуускай… – диэмэхтээтэ.
– Оо, хайа доҕоор, биир дойдулааҕым эбиккин дии! Мин эмиэ Якутскайга баран иһэбин ээ, хата, бииргэ айанныахпыт, аргыстаһан, – диэт, киһитэ үөрэн илиитин үөһэ даллаппытынан кинини кууһан ылла.
Сэмэн киһитэ сахалыы саҥарбытыттан улаханнык соһуйан, туох да диэҕин булбакка дөйөн турбахтаата, хараҕын уута ыгыллан тахсан иэдэһин устун субуруйан түстэ. Эчи, бу сахалыы саҥардаҕа ырааһын, үчүгэйин баҕаһын уонна соһуччута даҕаны бэрт… Онтон:
– Бэйи эрэ, эн хантан сылдьаҕыный, ким диэҥҥиний? Дьиэлээн иһэҕин дуо? – диэн үрүт-үөһэ ыйыт да ыйыт буолла.
– Якутскайтан сылдьабын, онно төрөөбүт-үөскээбит нууччабын. Саша Черных диэммин. Якутскайга Рабочай городокка олоробун. Сэриигэ танкиһынан сырыттым. Ранениебынан комиссиялааннар, дойдулаан иһэбин, – нуучча уола, сахалыы саҥара-саҥара, Сэмэни үөрбүт-көппүт күп-күөх хараҕынан чоҕулуччу көрдө.
– Дьэ дьикти диэтэҕиҥ! Нуучча уола Саша Черных… Дьуолка-матаалка… Уу саха… Дьэ бу дьоллоох көрсүһүү! Мин Сэмэн Барыыһап диэммин, Чараҥтан сылдьабын… – Сэмэн үөрүүтүттэн хайдах да буолуоҕун булбата, биир кэм киһитин тула көтө сылдьан күлэн сатарытта. – Сааска Черных… биир дойдулааҕым… Саха сирэ… Дьуолка-матаалка…
Ол быыһыгар казаҕын уолугар киһитин билиһиннэрэ сатаата. Биирдэһэ ону ойоҕоһуттан көрөн олорон, саллааттар көрсүһүүлэриттэн кинилэртэн итэҕэһэ суох үөрбүт, астыммыт көрүҥнээҕэ. Буолумуна даҕаны, бачча ыраах сиргэ кэлэн өлүү аартыгын хаста эмэ өҥөйөн, сырыы бөҕөтүн сылдьан тыыннаах хаалан баран, биир сиртэн сылдьар, төрөөбүт тылгынан саҥарар киһилиин көрсүһүү төһөлөөх үөрүүлээх буолуоҕай. Талгат ону бэйэтин этинэн-хаанынан билэр.
Аргыстанан астынан уонна толору дьонунан симиллибит, айанныахтаах санитарнай вагоннарыгар сыра-хара бөҕөнөн олохторун булбуттарын кэннэ Сэмэн, дьэ, уоскуйда. Талгаттыын арахсарыгар олох истиҥ-иһирэх аймах киһитин кытта бырастыылаһардыы сүрдээҕин долгуйда, уйадыйда. Аҥаар атаҕын сэрии толоонугар хаалларбыт казах уолун кытта госпитальга сытар кэмнэригэр кэргэнниһэн, убансан хаалбыттара.
Төһө даҕаны нууччалыы үчүгэйдик билбэтэллэр, уруулуу ханнаах омуктар буолан, син бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөллөрө. Оннооҕор Талгат оонньоон Сэмэн дойдубар кэргэннээхпин диэбитин үрдүнэн: «Биһиэхэҕэ, күннээх Казахстаҥҥа, күүлэйдии барыахпыт уонна эйиэхэ кэрэ дьүһүннээх, нарын казах кыыһын булан биэриэм», – диэбитин Украинаттан сылдьар Микола итэҕэйэн, биирдэ Сэмэни бүччүм сиргэ ыҥыран ылан: «Доҕоор, эйигин бааһырыыгынан фронтан олох босхолоон кэбиспэтэхтэр. Оттон бу кырыыстаах сэрии өссө төһө уһуннук барара биллибэт. Онон ити Талгаты батыһан Казахстаҥҥа барыам диириҥ олох сыыһа. Мантан таҕыстаргын эрэ тута дойдугар, Сахаҥ сиригэр, бара сатыаҥ этэ», – диэн өйдөтөн сүбэлээбитэ. Сэмэн ону санаан сонньуйан ылла. Синиэлин уһулан наара ороҥҥо уурбутугар гимнастеркатыгар анньына сылдьар «Кыһыл Сулус» уордьана уонна мэтээллэрэ күлүмүрдүү түспүттэрин көрөн, Саша олус соһуйда:
– Хайа, Сэмэн, эн дьиҥнээх герой эбиккин дии! Көрөн кэбис! Даа… аа… Молодец… дьэ бу чахчы кавалер… Якутскай красавицалара барылара биһиэнэ! – түөһүн мөтөтөн баран охсуммутугар хас да бойобуой мэтээлэ кылыгырыы түстүлэр.
– Саша, хата, бэйэҥ түөһүҥ генерал киэниттэн итэҕэһэ суох эбит. Сахабыт сирин аатын түһэн биэрбэтэхпит, сахалар даҕаны атын омуктартан хаалсыбакка сэриилэһэрбитин көрдөрдөхпүт, – Сэмэн киэн туттубуттуу саҥарда.
– Саамай сөпкө эттиҥ, биһиги дьоммут, сахалар, ханнык баҕарар ыарахантан чаҕыйбаттарынан, тулуурдаахтарынан, толоругастарынан хаһан да аатыраллар, – Саша олус астынан эттэ.
Ону бигэргэтэрдии, хоҥнон иһэр паровоз хатаннык хаһыытаан чыскыйбахтаата. Үгүс-элбэх соһон иһэр вагоннарын көлүөһэлэрэ тимир суол ыллыгын холбоһуктарыгар охсуллан лиһиргээтилэр-лаһырҕаатылар. Поезд айан суолу сүнньүн тутан, тилир-талыр тэбинэн тус илини туһулаан айанын саҕалаата. Көлүөһэлэр рельсэҕэ биир күдьүс тэҥник охсуллан тыаһыыллара Сэмэҥҥэ «дьиэбэр, дьиэбэр, дьиэбэр…» диэн кэрэ дорҕоон буолан иһиллэр курдук.
Сэмэннээх иккиэн наара ороҥҥо дьон быыһыгар сытан эрэ поезд дьалкылдьыйар айаныгар сөп түбэһэн саҥата суох ону-маны саныыллар. Уһун сындалҕаннаах айан аартыга дьэ аһылыннаҕа, поезтара, сотору-сотору станция аайы тохтоон, бэрт бытааннык илин диэки сыыллар. Ол аайы уолаттар дьиэлэригэр дьулуһуулара өссө күүһүрэн, наһаа бытаан айаннаах «тимир көлөнү» истэригэр үөҕэллэр-мөҕөллөр. Ханнык эмэ станцияҕа уһун соҕустук тохтоотохторуна, вагоннарыттан ыстанан тахсан ас, оргуйбут уу булар айдааныгар түһэллэр. Сэмэн үксүн поезпыттан хаалыам диэн куттанар, наар кэтэһэ-манаһа сылдьар, онон элбэхтик сытыы-сылбырҕа киһитэ, аргыһа Саша сүүрэр-көтөр. Хайа уонна нууччалыы быһаарсарын оҕото сыттаҕа дии. Сэмэн уола ону-маны булан кэллэҕинэ, үөрэн-көтөн баҕаарыйар, киһитигэр махтанан саннын таптайбахтыыр. Онтон эмиэ салгытыылаах биир күдьүс айан салҕанар, тимир суол көлүөһэтин охсуллар тыаһыгар бигэнэн быстыбат уһун санаалар хотоҕостуу усталлар. «Сэрии… сэрии…» диэн киһи өйүгэр-санаатыгар хайдах да батан киирбэт алдьархай иэдээн кинилэр өйдөрүттэн ааһан-арахсан биэрбэт.
«Ама да ааспытын иһин, ынырык даҕаны түгэннэри мүлчү көтөн кэлбит эбиппин. Сэрии толоонугар бастакы киириибин санаатахпына, билигин даҕаны сиһим кэдэҥнииргэ, этим тардарга дылы гынар ээ… Оо, амырыын суол этэ. Сэрии уотуттан сир ийэ барахсан кута курдук куталдьыйа, дыраһааҥкы курдук илигирии түспүтэ. Тула барыта туллан, ыһыллан барыахха айылаах үллэҥнии-түллэҥнии сытара. Халлаан хабырыттар, сир сиҥнэр түрбүөнэ түбүлээбитэ. Эргиччи бүтүннүүтэ бадыа-бүдүө, ыыс туман буруонан, буорунан будулайара, ону кытта сир-халлаан тэҥҥэ өрө эккирээн ыстаҥалыырга дылыта. Хаһан даҕаны түбэспэтэх иэдээммэр түбэһэн, бачча үлүгэртэн хайа бэйэлээх киһи тыыннаах ордуо буоллаҕай дии санаабытым. Хата, маныаха диэри этэҥҥэ кэлэр быатыгар, өлөр өлүү дэгиэ тыҥыраҕыттан сыыһа харбатан тыыннаах хааллаҕым үһү…» – Сэмэн өрө тыыммахтаата.
– Сэмэн, көр эрэ, көр – Урал хайатын туораан эрэбит, – Саша үөрбүт саҥата иһилиннэ.
Вагон түннүгүнэн иккиэн таһырдьаны сэҥээрэн одууластылар. Аргыстара эмиэ бары күө-дьаа буолан, кэпсэтии-ипсэтии элбээтэ. Урал сис хайаларын туоруулларын кытта тымныы аргыара биллибитинэн барда.
– Даа, Сибирь-матушка барахсан тымныынан эҕэрдэлии тоһуйдаҕа үһү. Сахабыт сирэ билигин төһө эрэ силлиэрэн турар. Ыччабын ньии!.. – Саша дьигиһийэн ылбахтаата.
– Дьэ, кырдьык, кыһыммыт үгэннээтэҕэ. Оо, халыҥ хаарбын, эмис собом миинин, куобаҕым этин суохтаатым даҕаны. Эчи, билигин байтаһын сылгы этин сии олорбут киһи баар ини! – Сэмэн, төрөөбүт сахатын аһын ахтыбыт киһи быһыытынан, ыра санаатын кэпсиир.
– Оннук, Сэмэн, тымныы кымыһы, сөрүүн сүөгэйи!.. Дьэдьэн, моонньоҕон барыанньатын да сиир куһаҕана суох буолуо этэ, – Саша күлэн лаһыгыратта.
Вагон кырыарбыт түннүгүн нөҥүө бииртэн биир куораттар, дэриэбинэлэр элэҥнэһэн ааһан истилэр. «Дойдубуттан тэйиэхпиттэн ылата киһи үөйбэтэх үгүс куоратын, дэриэбинэтин көрдөҕүм үһү. Дьоннор барахсаттар олохторун кичэйэн оҥостор да буолар эбиттэр. Сахалар алааспытыгар бүгэн сытар балаҕаннарбытыттан таһыччы ураты көстүү. Ээ, ол эрээри, бэйэм киэнэ ордук диэбиккэ дылы, саха балаҕана барахсаны туохха биэриэхпит буоллаҕай. Бу сэрии турбатах буоллун – дьоллоохтук да олоруо этибит. Ону баара, хаанымсах, сэрииһит фашистар элбэх киһи олоҕун атыйахтыы аймаатылар», – Сэмэн хараастан хараҕа хараҥаран ылла.
Уһун унньуктаах айаннарын салгыппыт тимир суоллара Улахан Ньиэбэргэ тиийэн түмүктэннэ. Дьокуускай диэки барыахтаах фронтовиктары барыларын хас да бараак дьиэлэргэ түмпүттэр. Сэмэннээҕи биир уһун дьиэҕэ илдьэн киллэрдилэр. Тоҥ-хаһаа көрүдүөрэ муус чэҥинэн көрөн турара, кир-хах бөҕө ыһыллыбыта, дьон убаҕаһа саһара тоҥон хаалбыта курус санааны үөскэтэр.
Ааны аһан иһирдьэ киирбиттэригэр:
– Дорооболоруҥ! Биһиги кэккэбитигэр пополнение кэллэ! – диэн үөрэ-көтө эҕэрдэлии тоһуйдулар.
– Кэпсээҥҥит?
– Туох солуннааххыт?
– Суох, эһиги кэпсээҥҥит?
– Сонун соччо баара биллибэт, эһиэхэҕэ буоллаҕа дии, эрдэ кэлбит, олохсуйбут дьоҥҥо.
Саха киһитин сиэринэн кэтэмэҕэйдэһии кэнниттэн кэпсээн-ипсээн тимэҕэ сөллөн, сэһэн-сэрбэ, сонун-нуомас тоҕо тардылынна. Төрүттэрин-уустарын түөһүстүлэр, доҕотторун-атастарын буллулар. Сэмэн бэйэтин нэһилиэгиттэн сылдьар Тоһукка уола Дьөгүөрү көрсөн улаханнык үөрдэ. Дьөгүөр да бэйэтин хаан-уруу аймаҕын булбуттуу сананна. Ыраах сиргэ сылдьан чугас, ыкса билсэр киһитин көрсүбүт үөрүүтэ уостан биэрбэтэ. Ол киэһэни быһа кэпсэтэн сүрдээҕин сэргэхсийдилэр, көхсүлэрэ кэҥээтэ. Ахтан иһэр алаастарыгар тиийбиттии сананнылар, дьиэлэрэ-уоттара чугаһаабыта билиннэ.
Сэмэн тоҕо бачча элбэх киһи манна түмүллүбүтүн ыйыппытыгар:
– Үгүстэрэ үлэ фронугар сылдьыбыт эрэйдээхтэр, эстэн-быстан иһээхтииллэр. Таҥастара-саптара суоҕа хобдоҕо сүрдээх, онон оннооҕор таһырдьа тахсалларыгар уустук буолан, көрүдүөргэ чэпчэтинэллэр. Мантан Дьокуускайга барарбытыгар, сураҕа, быстах кэтэрбитигэр сылаас таҥаһы биэрэллэр үһү, – диэтэ уола.
Сарсыныгар Сэмэннээҕи арҕааттан иһэр өттүлэрин атын сиргэ көһөрдүлэр. Сэрииттэн бааһырбыттарга чахчы үчүгэй көрүүнү-истиини олохтообуттар, сырдык, ыраас дьиэ, сэнэх утуйар таҥас-сап. Сэмэн дьону испииһэктээн ыытар сирдэригэр тиийэн аатын-суолун суруйтарда. Уордьанын киниискэтин көрдөрөн, кыаллар буоллаҕына дьиэтигэр суһаллык атааралларыгар көрдөстө. Эдэр баҕайы нуучча кыыһа эйэҕэстик мичээрдээн баран, Алдан диэки барар транспорт көһүннэҕинэ, сонно ыытыах буолан эрэннэрдэ.
Аҕыйах хоноот, бүрүөһүннээх грузовой массыыналар Алдаҥҥа айаннаары бэлэм буоллулар. Барар дьону испииһэгинэн ыҥыран ылан эппиттэрин курдук, барыларыгар сиэрэй хаатыҥка, халыҥ кылгас сон биэрдилэр. Дьокуускайга тиийэн ылбыт таҥастарын бүтүннүүтүн колонна салайааччытыгар төнүннэрэллэригэр сэрэттилэр. Сэмэн барар буолан үөрэ-көтө сырытта, Сашатын көрдөөн булбута, киһитэ айанныыр санаата суох сылдьар эбит.
– Хайа, Сааска, эйигин хааллардылар дуо? – Сэмэн соһуйда.
– Сэмэн, мин пока тохтуубун. Манна үс кыыһы кытта билистим, ол хайа анныгар олороллор. Баҕар, дьолбун булан кэргэннэнэн барыаҕым, биир кыыстара куппун тутта. Онон хаалабын, – дии-дии, илиитин биэрэн быраһаайдаста.
– Сөп, чэ, Сааска, мин эйиэхэ улаханнык махтанабын, маныаха диэри кэлэрбэр көмөлөспүккэр. Эн суоҕуҥ буоллар, бу киһиҥ дойдутун булан кэлэрэ да саарбах этэ. Онон сүһүөхтээх бэйэм өссө төгүл сүгүрүйэбин, – Сэмэн нуучча уолун хам кууһан ылла.
– Ничего, Сэмэн, Дьокуускайга көрсүөхпүт. Миэхэҕэ күүлэйдии кэлээр, Рабочай городокка Саша Черныҕы бары билэллэр, – диэн баран эйэҕэстик киһитин саннын таптайбахтаата.
Сотору массыыналар барар дьону олордон аргыый субуруһан хоту мырааннар диэки туһулаан айаннаатылар. Хаалбыт саллааттар уу-хаар баспыт харахтарынан барааччылары кэннилэриттэн сайыһа көрө, далбаатыы хааллылар.
Массыыналар биир күрүс куугунууллар. Сэмэн атыттар курдук эмиэ нуктуу истэ. Арай түһээтэҕинэ, төрөөбүт алааһыгар турарга дылы, тула күп-күөх, эргиччи сибэкки бөҕөтө үүммүт, ып-ыраас үрдүк мэҥэ халлааҥҥа күөрэгэй ыллаан дьырылатар. Көнө кырдал устун таптыыр кэргэнэ Маайа утары сүүрэн элэстэнэр. Сэмэн күлэ-күлэ киниэхэ тиэтэйэр, ону баара атаҕын туох эрэ кыаһылаан мэһэйдииргэ дылы. Онтон соһуйан уһуктан кэллэ. «Ахтар-саныыр киһим, кэргэним Маайа, хайдах эрэ олордо буолла? Сэгэрим сыыһа мин сэриигэ барбытым кэннэ уолламмыт сурахтааҕа. Түргэнник дьиэбэр тиийэ охсубут киһи…» Кини дьиэтэ чугаһаатаҕын аайы сүрэҕэ минньигэстик нүөлүйэр, уҥуоҕа-иҥиэҕэ кычыгыланан ылар.
Алдаҥҥа кэллилэр. Итинтэн бэрт аҕыйах киһи хомуллан эргэ хаарбах массыынанан суолларын салҕаатылар. Сылаалаах-сындалҕаннаах айан кэнниттэн Хачыкаакка тиийэн хаайтаран хааллылар. «Хас даҕаны күннээх тыал-куус өрүһү туоруур суолу тибэн кэбиспит», – диэн олохтоохтор кэпсии тоһуйдулар. Кэлбит күннэригэр Сэмэн өрүс үрдүк эниэтигэр туран эрэ: «Элиэнэ эбэкэм кытылыгар эргиллэн кэлэр күннээх эбиппин ээ… Оо, тапталлаах өрүһүм барахсан, дойдуларын ахтан иһэр бэйэҥ бойобуой уолаттаргын тоҕо харгыстаатыҥ? Силлиэҕин-тыалгын сэллээн биэриэххин. Биһиги сэрии толоонугар сылдьан куруутун эйигин ахтарбыт-саныырбыт. Эн киэҥ-куоҥ, кэтит киэлигинэн устан Ийэ дойдубутун көмүскүү барбыттартан сорохпут тыыннаах эргиллэн кэлбэтилэр…» – диэн ботугураата, хараҕын уута ыгыллан таҕыста. Өлүөнэтин уйаара-кэйээрэ биллибэт мындаатын эргиччи көрөн ылла. «Ол көстөр мырааннар тэллэхтэригэр, Улуу Туймаада хочотугар дьоллоох Дьокуускай куорат турдаҕа. Бачча чугаһаан баран хаайтаран олордохпут кыһыытын баҕаһын! Ытык-мааны өрүһүм, сэрииттэн эргиллэн кэлбит саллаат уолаттарын суолларын бопсума дуу», – Сэмэн көрдөһөн сибигинэйдэ.
Нөҥүө күнүгэр чугас бырабылыанньа дьиэтин аттыгар биир сааһыра барбыт саха дьахтара илиинэн таптайыллыбыт сап-саһархай арыыны туос мэһэмээнтэн атыылыы турарын көрөн, фронтовиктар былдьасыһа сылдьан ыллылар. Сэмэн киилэ аҥаара арыыны ылан түспүт дьиэтигэр илдьэн килиэпкэ сыбаан сиэтэ. Сыта дыргыйан түһэн, сүрэҕин-быарын көрбүтүнэн киирдэҕэ үһү. Самаан сайыны, күөх от дыргыл сытын санатарга дылы, минньигэһин эриэхсит. Саха киһитэ таптыыр аһа суох хобдоҕурар диэн сөпкө да этэллэр эбит. Арыытын барытын сиэн кэбистэ, этэ-сиинэ чэбдигирэн, сырдаан кэллэ. Өр баҕайы сүтэрбитин булбуттуу олус чэпчээтэ. Таһырдьа тахсыбыта, дьон саҥата биир кэм аймалас:
– Кэбис, доҕоттоор, салгыы айанныаҕыҥ. Бачча дойдубутугар кэлэн баран хаайтаран олоруохпут дуо?
– Оннук, оннук… Оннооҕор буолуох ыарахаттары көрсүбүппүт. Массыынабытын соһон даҕаны туоратыаҕыҥ. Хата, быата булуоҕуҥ!
– Саамай сөп! Давай, хомунуҥ, ыаллартан бирээдьинэ быата уларсыҥ. Бардыбыт, бачча элбэх эр бэрдэ массыынаны баҕас таах соһуохпут…
Бары үөрэ-көтө хомунан, быа уларсан айанныырга оҥоһуннулар. Массыыналарыгар олорон өрүс кыдьымаҕын муустара чочоруһан тоҥмуттарын быыһынан көстөр суолларын дуомунан аргыый айаннарын салҕаатылар. Өрүс үөһүн диэки киирэн истэхтэрин аайы суоллара көстүбэт гына хаарынан тибиллэн хаалбыта моһуоктуур. Сотору-сотору түһэн ону ыраастаан, массыыналарын быанан соһон тиниктэһиилэрэ элбээн истэ. Сорохторо сэриигэ ылбыт бааһырыылара мэһэйдээн, сүбэлээччи эрэ быһыытынан сырыттылар. Ол үрдүнэн тиийиэхтээх сирдэрин булар соруктара баһыйан уонна дойду ахтылҕана күүстэригэр күүс эбэн, инникилэрин диэки дьүккүөрдээхтик сыҕарыйан истилэр. Оннооҕор тымныы санааларыгар тыыналларыгар кытта сайа охсон көмөлөһөргө дылы. Ити курдук сыралаһан халлаан хараҥарыыта Покровскайга тиийбиттэрэ, остолобуойга фронтовиктарга диэн анаан ас-үөл бөҕөтүн тардыбыттар. Сэмэннээх бары ас эгэлгэтин уонна онон-манан чөрөйөр бытыылкалаах испиири көрөн, сылаалара тахсыбыттыы сананнылар. Остуол уһугар олорбут саас ортолоох киһи аргыый түөһүллэн туран, олохтоох салалта аатыттан саллааттары төрөөбүт Сахаларын сиригэр этэҥҥэ эргиллэн кэлбиттэринэн итиитик эҕэрдэлээтэ. Аһааһын саҕаланна. Өр-өтөр буолбата, саҥа-иҥэ хойдон барда, биир гимнастеркатын сиэҕин куругар кыбыта сылдьар аҥаар илиилээх аргыстара ойон туран тыл көрдөөтө.
– Табаарыстар! Фронтовик доҕотторум! – диэтэ кини. – Өйдүүгүөт, төһөлөөх өлөр өлүү үөһүгэр сылдьан бу күнү, бу чааһы ахтарбытын-саныырбытын. Ол күммүт дьэ үүннэ. Манна баар мин бойобуой бырааттарым, биһиги дьоллоох дьоммут! Тыыннаах эргиллэн кэлэн бу үөрэ-көтө олоробут. Төһө даҕаны эдэр-чэгиэн эппитин-сииммитин сэймэктэппиппит иһин, биһиги ханна да буоллар өстөөҕү кытта кыргыһыыга саха аатын түһэн биэрбэтибит. Саха саллаатын билигин ханна баҕарар билэллэр, истиҥник ахта саныыллар. Ийэ дойдубут иннигэр ытык иэспитин чиэстээхтик толордубут. Ураа!
Фронтовиктар бары ойон туран ураатаан ньиргиттилэр. Остуол араас уһугуттан «За Родину!», «За Сталина!», «За Первый Украинский фронт!», «За маршала Жукова!», «Рокоссовскай генерал туһугар!» диэн хаһыылар иһилиннилэр. Ону кытта тэҥҥэ эмискэ ким эрэ: «Тохтооҥ, чуумпуруҥ!» – диэн ордоотоото. Бары чуумпуран ол хаһыы хоту хайыстылар. Бэрт бөрүкү, киһи сэҥээрэн көрөр көстүүтэ суох, уҥуоҕунан кыра, дьарамай саллаат түгэх диэкиттэн туран кэллэ:
– Чыхаал диибин мин генераллары-майыардары… Ол оннугар саха ньургун саллааттарын, нуучча боростуой буойуттарын тустарыгар бу үрүүмкэни күөрэччи көтөҕөбүн! Өлбүт доҕотторум сырдык дууһаларын туһугар, кинилэр албан ааттара өлбөтүн-сүппэтин диэммин. Билигин бу кэмҥэ кырыктаах кыргыһыыга, өргөстөөх өлөрсүүгэ киирээри турар саллааттар тустарыгар! Дойдубутугар, дьоммутугар этэҥҥэ кэлбит үөрүүбүт иһин арыгыбын көтөҕөбүн! – диэтэ кини уонна, сүрдээх күүскэ дьиэгэниччи көрөөт, үрүүмкэтин хантас гыннаран кэбистэ.
– Бу киһи итирбит, түҥ-таҥ тыллаһан эрэр. Аны сэбиэскэй хамандыырдары…
– Иирэ да, итирэ да иликпин. Өстөөх билиэнин ортотунан ааспыт, штрафбат диэни эҥэринэн тыырбыт… Кырдьыкпын, ырааспын… кыһыл хааммынан дакаастаабыт… эрэйдээх турабын. Мин курдук бу сэриигэ төлкөлөрө түөрэ эргийбит төһөлөөх элбэхтэрэ буолуой?! – Онтон сэниэтэ эстибиттии аргыый аҕай олордо.
– Албан ааттаах Кыһыл Армия өстөөҕү үлтү сынньан арҕаа диэки үүрэн иһэр. Аны аҕыйах кэминэн Улуу Кыайыыны ситиһиэхпит, фашистары бэйэлэрин арҕахтарыгар Берлиҥҥэ илдьэн бүтэһиктээхтик хампарытыахпыт! Биһиги дьыалабыт кырдьыктаах, биһиги кыайыахпыт! Ураа! – бастаан олохтоохтор ааттарыттан тыл эппит киһи туран доргуччу саҥарда.
Сэмэн эмиэ холуочуйан саҥарыах-иҥэриэх санаата кэллэ. Аттыгар олорор эдэр уолу санныттан кууһан ылан бэйэтигэр ыксары тарта. Уола эрэйдээх ытамньыйа-ытамньыйа:
– Доҕоччуок, истэҕин дуо? Иһит эрэ, мин сэрии уотугар киирээри туран куттанар куттаныым диэн биир этэ – бу атын дойдуга кэлэн өлөн хаалан билбэт-көрбөт сирбэр көмүллэрим буолуо диэн. Онтон санаам олус хараастара. Хата, ону этэҥҥэ дойдубар тыыннаах кэллэҕим үһү… Оттон доҕорум Хабырыыс эрэйдээх сааһын тухары көмүс уҥуоҕа анараатах хааллаҕа… Оо, дьэ иэдээн… – дии-дии остуолга бүк түһэн санна дьигиҥнээтэ.
Бу киэһэ харах уутун хабархай амтана, сырдык мичээр, үөрүү-көтүү барыта булкуста. Сэрии алдьархайыттан эргиллэн кэлбит буойуттар абаларын-саталарын тоҕо тэбээтилэр. Ахтылҕаннаах төрөөбүт дойдуларыгар төннүбүт үөрүүлэрин-көтүүлэрин уруйдаатылар-айхаллаатылар. Сахалыы эҥээркэй эһиэкэй иһилиннэ, ойуулаах-көтүүлээх оһуохай оонньонно. Онтон фронтовиктар, түүнү түүн диэбэккэ, Дьокуускай диэки салгыы түһүннүлэр.
Сэмэн ис-иһиттэн олус сэргэхсийдэ, дойдутугар кэлбит дьоло кинини хам кууста. Массыына үрдүк мырааны таҥнары сурулаан түһэн истэҕинэ, ыраах хоту сиргэ сытар кыра куорат уоттара чаҕылыстылар. Сэмэн хараҕын быһа симнэ, санаатыгар төрөөбүт алааһыгар турар туруорбах балаҕанын оһоҕун кыымнара өрүтэ ыһыахтанан көстөргө дылылар…
Сомоҕо
Чолбон. – 2023. № 7