Үрдүк категориялаах хирург, судмедэксперт быраас, Россия доруобуйатын харыстабылын уонна СӨ култууратын туйгуна, кэнники кэмҥэ саха литературатын Россия таһымыгар таһаарбыт биир чаҕылхай прозаик, поэт, Россия суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Владимир Клавдиевич Арсеньев аатынан бүтүн Россиятааҕы «Уһук Илин» литература бириэмийэтин лауреата Анатолий Слепцову 55 сааһын бэлиэтиир ааҕааччылары кытта көрсүһүүтэ сэтинньи 29 күнүгэр Н.Д. Неустроев аатынан SMART библиотекаҕа буолан ааста. Анатолий Игнатьевич сиэр-майгы, олох дьиҥ сыаннастарын анаарыыга туһуламмыт уонна репрессия ыар сылларын, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриини, Чечня сэриитин кытта ситимнээх кэпсээннэрдээх, хоһооннордоох, «Чолбон үргүөрэ» пьесалаах, В. Шукшин, В. Шаламов кэпсээннэригэр тылбаастардаах.
Анатолий Игнатьевич 1968 сыллаахха сэтинньи 25 күнүгэр Ытык-Күөл бөһүөлэгэр биллиилээх мелодист, ырыаһыт Игнатий Слепцов сэттэ оҕолоох дьиэ кэргэнигэр кыра оҕонон күн сирин көрбүтэ. Оскуоланы 16 сааһыгар бүтэрэн баран 11 №-дээх СПТУ-га суоппар идэтин ылан баран, Монголияҕа армияҕа сулууспалаабыта. Армия учебкатыгар санинструкторга үөрэнэн, сулууспалыыр кэмигэр санинструктордаппыттар. Ол кэннэ 1992 сыллаахха Алданнааҕы медицина училищетын, 1999 сыллаахха медицина институтун кыһыл көмүс дипломнарынан бүтэрбитэ. Ординатура кэнниттэн хирург идэлэнэн Таатта улууһун Киин балыыһатын хирургия отделениетын сэбиэдиссэйинэн 15 сыл үлэлээбитэ. Үлэлиир кэмигэр бары күүһүн отделение материальнай-техническай базата тупсарыгар уонна үлэ хаачыстыбата тупсарыгар уурбута. Хирург ыарахан үлэтин быыһыгар 2004 сылтан олоххо көрүүлэрин, түмүктэрин хоһооннорго, кэпсээннэргэ суруйар. Бу дьоҕурун чочуйаары Москваҕа үрдүкү литература икки сыллаах курсугар үөрэнэн кэлбитэ. 2019 сыллаахха «Честные люди» уонна «Быков мыс» кэпсээннэринэн В.К. Арсеньев аатынан «Уһук Илин» конкурс «Кылгас проза» номинацияҕа кыайыылаах буолбута. Бу конкурска Россия уопсайа 17 регионуттан 193 үлэ киирбитэ.
Онтон Өймөкөөн, Орто Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Эдьигээн улуустарыгар судмедэкспертинэн үлэлээбитэ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн хирург уонна судмедэксперт сертификаттаах соҕотох кини эрэ буолан, 2022 сыл сэтинньитигэр, онтон 2023 сыл олунньутугар анал байыаннай дьайыыга госпиталларга 50-тан тахса эпэрээссийэҕэ үлэлэспитэ. Уустук кэмҥэ айбыт байыастар туһунан хоһоонноро «Национальнай поэзия антологиятыгар» киирбиттэрэ.
«Аҕаа, кэпсэтиэх», «Умса бырах, тиэрэ бырах», «Кустук төрдө» кинигэлэрдээх.
Анатолий Игнатьевич икки тылы дэгиттэр туттар ураты дьоҕурунан, айымньыларыгар уопсастыба, аныгы кэм даҕаны тирээн турар кыһалҕаларын кырдьыктаахтык бэрт дьоҕус киэп иһигэр киллэрэн киһини итэҕэтэр, толкуйдатар гына ойуулуурунан ааҕааччы интэриэһин тардар. Бэрт сэргэх түгэннэри олус сытыытык, чопчу сэһэргиирэ киһи кутун-сүрүн долгутар. Эдэр киһи бэйэтин, тулалыыр эйгэтин туһунан толкуйдуур, мунар-тэнэр кэмигэр бу кэпсээннэр эркээйи буолаллара чахчы.
Көрсүһүүнү Анатолий Игнатьевич кыһыл дипломунан бүтэрбит Медицина институтун устудьуоннара үҥкүүнэн арыйбыттара.
Анатолий Игнатьевич быраас буоларын быһыытынан дьону эмтиирин таһынан, ааҕааччы уйулҕатын кытары эмтиир, мунар-тэнэр түгэнигэр сүбэ-саргы буолар айымньылардааҕын биир идэлээхтэрэ норуот суруйааччыта Е.В. Слепцова-Куорсуннаах, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын чилиэнэ Ольга Пашкевич, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрин солбуйааччы Данил Макеев, поэт, драматург Надежда Ильина бэлиэтээн эттилэр. Москваҕа Горькай аатынан Литература институтугар үрдүкү литература куурустарыгар бииргэ үөрэммит доҕоро Азербайджан поэта Афаг Шихлы видеонан эҕэрдэтигэр Анатолий Игнатьевич «Честные люди» уонна «Быков Мыс» кэпсээннэрин бэйэтин тылыгар тылбаастаабытын, медик суруйааччы хоһооннорун аны Азербайджан олохтоохторо билсиэхтэрин туһунан үөрүүлээх сонуну билиһиннэрдэ.
Таатта улууһун аатыттан SMART библиотека сүрүн библиотекара Майя Беленкова, «Таатта» түмсүү аатыттан, СӨ Духуобунаһын уонна «Сахабэчээт» тэрилтэ ааттарыттан Валентина Бочонина уонна аймахтара СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Надежда Толбонова, Мария Слепцова эҕэрдэлээтилэр, суруйааччы кэпсээннэрин П.А.Ойуунускай аатынан Саха драматын театрын артыыстара Алдан Готовцев уонна Илья Портнягин аахтылар.