Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Ыстатыйалар » Эдуард Соколов–Тулусхан олоҕун кэрчиктэрэ уонна уус-уран айымньылара

Эдуард Соколов–Тулусхан олоҕун кэрчиктэрэ уонна уус-уран айымньылара


Эдуард Соколов литературнай нэһилиэстибэтэ саха литературатын элбэх талааннаах айымньыларын ортотугар уһулуччу миэстэни ылар. Ол туһунан литератураны чинчийээччи-учуонайдар элбэхтик бэлиэтээн тураллар. Профессор Николай Тобуруокап Эдуард Соколов айар үлэтигэр анаабыт түөрт ыстатыйатыгар кини уһулуччулаах маастар буоларын дакаастаабыта. «Эдуард Соколов айар үлэтин проблематикатынан да атыттартан уратылаах суруйааччы. Саамай үөрэрим баар: кини айымньыларын уус-уран таһыма олус үрдүк. Кини билиҥҥи сэһэнньиттэр чулууларыттан биирдэстэрэ, айар үлэтин үгэнигэр сылдьар чахчы улахан суруйааччы», – диэн профессор «Саха сирэ» хаһыакка 1994 сыл от ыйын 5 күнүгэр тахсыбыт «Айар үлэтин үгэнэ» диэн ыстатыйатыгар эппитэ.

Литератураны чинчийээччилэр Варвара Око­ро­кова, Анастасия Мыреева, Тамара Самсонова суруйааччы уол оҕо дьылҕатын итэҕэтиилээхтик ойуулаабытын, геройдара хатыламмат ураты тыллаахтарын-өстөөхтөрүн, кинилэр саҥалара уопсастыбаҕа ылар миэстэлэригэр сөп түбэһиннэрэн  оҥоһуллубутун, ааптар саҥатын айымньылары­гар киллэрэн суруйааччы геройга, кэпсэнэр түгэҥҥэ сыһыанын биллэрэрин, онон айымньыны ураты тыынныырын, ол тиэмэ арылларыгар көмөлөһөрүн бэлиэтээбиттэрэ. Суруйааччылартан Дмитрий Сивцев–Суорун Омоллоон, Софрон Данилов, Иван Федосеев–Доосо, Николай Габышев, Николай Винокуров–Урсун эдэр суруйааччы талаанын кэмигэр таба көрбүттэрэ, өйөөбүттэрэ, Суруйааччы сойууһугар киирэригэр мэктиэлээбиттэрэ.

Биһиги бу ыстатыйабытыгар айар үлэтэ саҕаланыаҕыттан үрдүк сыанабылы ылбыт, ааҕааччы кутун туппут уран тыл маастара Эдуард Соколов айым­ньыларын тиэмэтин, ураты символическай суолталаах уобарастарын ырытарга холоннубут.

Ханнык баҕарар уус-уран айымньы сюжета олохтон ылыллар, олоххо буолбут чахчыларга олоҕурар. Фантастика жанрыгар суруллубут айымньы эмиэ олох күннээҕи түгэннэрин кытары ыкса ситимнээх буолар. Эдуард Соколов айымньылара кини олорбут кэмигэр тыҥааһыннаахтык турбут кыһалҕалары арыйаллар. Ол эрээри, манна атын суруйааччыларга соччо көстүбэти бэлиэтиэххэ сөп: Эдуард Соколов айымньыларыгар оҕо эрдэҕиттэн этинэн-хаанынан тугу билбитин-көрбүтүн, алтыспыт дьонун-сэргэтин ойуулаабыт, көрсүбүт ыарахаттарын проблема гынан көрдөрбүт. Айымньыларын геройдара үксүлэрэ прототиптаахтар, бэйэтин кытары алтыспыт дьону, сорох персонажтарга ааптары бэйэтин да булан көрөбүт.

Бастатан туран, Эдуард Соколов айар үлэтигэр спорт тиэмэтэ сүрүннүүр миэстэни ылар. Эдуард Соколов айымньыларын геройдара – спорка ситиһиилээх ыччат. «Боксер», «Чыпчылыйыах түгэннэр» кэпсээннэригэр, «Дьол» сэһэнигэр, «Хампа» арамааныгар даҕаны сүрүн геройдар, ойоҕос персонажтар спордунан сөбүлээн дьарыктаналлар, кинилэр характердара уһуйулларыгар спорт төһүү күүс буолар.

Эдуард Соколов бу тиэмэни ылсыбыта оруннаах этэ: суруйааччы оҕо эрдэҕиттэн спордунан, ордук боксанан дьаныһан туран дьарыктаммыта. Санатар буоллахха, кини 1944 сыллаахха от ыйын 3 күнүгэр Сунтаар улууһун Маар Күөл бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. Аллыҥа ситэтэ суох оскуолатын бүтэрэн баран, салгыы 1959-1962 сыллардаахха Тойбохой оскуолатыгар үөрэммитэ. Бииргэ үөрэммит доҕотторо ахталларынан, Эдик оҕо сылдьан бэрт сытыы, элбэх саҥалаах, кэлбит-барбыт сэргэх уол эбит уонна спордунан, чуолаан боксанан күүскэ дьарыктаммыт. Оскуола кэнниттэн биэс бииргэ үөрэммиттэр комсомольскай путевканан үс сылга Сунтаар Куокунутугар баар Ленин аатынан холкуоска үлэлии тахсыбыттар. Манна үлэлии сылдьан Эдуард бэйэтэ баҕаран туран оскуола оҕолорун боксаҕа дьарыктаабыт. Үлэлээбитэ биир сыл буолан баран повестка тутан, аармыйаҕа барбыт. Аармыйаҕа бииргэ сылдьыбыт доҕоро Иннокентий Гаврильевич Иванов ахтарынан, Приморскай кыраайга үс сыл сулууспалыыр кэмигэр Эдуард боксанан күүскэ дьарыктаммыт, атын уолаттары бэйэтин тула түмэ тарпыт. Күрэхтэһиигэ бараллара чугаһаатаҕына, Эдуарды, атын да спортсменнары сарсыардааҥҥы зарядкаттан босхолууллар, спецпаегынан аһаталлар эбит, эрчиллэргэ анаан тугу көрдөөбүттэрин барытын биэрэн испиттэр. Владивостогунан, Уссурийскайынан, Хабаровскайынан араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыттыбыттар, Эдуард бу сылдьан хаста да чемпионнаабыт, маастарга кандидат нуорматын толорбут.

Иккиһинэн, суруйааччы айымньыларын геройдара – тыа ыччата. Кинилэр – сопхуос ыанньык­сыттара, отчут-масчыт үлэ дьоно, кулууп үлэһиттэрэ, спортсмен уолаттар. Эдуард Соколов, эрдэ бэлиэтээбиппит курдук, оскуола кэнниттэн холкуоска тахсыбыта. Бииргэ үөрэммит доҕотторун Надя Федорованы, Маша Егорованы, Иван Сидоровы, Алек­сей Андреевы кытта Эдуард «Кырдал» диэн ааттаах пиэрмэҕэ үлэлээбитэ. Оҕуһунан буочукалаах ууну таһан, 260 ыанар ынаҕы уулатар эбээһинэстээх эбит. Күҥҥэ 40-на тиэстэр эбит. Анал муостанан сыарҕалаах оҕуһун хотон үрдүгэр дабатан таһаа­рар. Надежда Федоровна Егорова ахтарынан, ардыгар ыанньыксыт кыргыттарга оҕуспун ситэ аһаппатаххыт диэн мөҕүттэр эбит. Ол курдук, бэҕэһээҥҥи оскуола үөрэнээччилэрэ, төһө да эдэр дьон буоллаллар, ыарахантан толлубакка кыһаллан туран үлээбиттэр. Бу кэмҥэ Эдуард маҥнайгы кэргэнин Ксенияны кытта билсибит. Доҕордоспуттар. Кыыс оскуоланы бүтэрэн баран Дьокуускай куоракка культурнай-сырдатар училищеҕа үөрэнэ киирбит. Уол аармыйаттан уоп­пускаҕа кэлэ сырыттаҕына холбоспуттар. Аармыйа кэнниттэн эдэр ыал Куокунуга кэлэн олоро сылдьыбыттар. Ксениялыын кулуупка үлэлээбиттэр. Манна олорон Эдуард «Үс таптал» диэн кэпсээнин прототиптарын көрсүбүтэ. Куоку­ну олохтооҕо Ада Егоровна Генерова (уруккута Билюкина) ахтарынан, бу айымньыга кинилэр үс кыыс буолан ойууламмыттар. Ада Билюкина, Валя Жирохова, Саргылана Титова буолан 1966 сыллаахха Комсомол обкомун путевкатынан Куокунуга ыанньыксыттаабыттар. Эдуард доҕорунаан кинилэргэ сайылыкка кэлэн көмөлөһөр эбит.

Үсүһүнэн, суруйааччы айымньыларыгар үгүстүк айар-тутар, ырыаҕа-тойукка көхтөөх ыччат ойууламмытын бэлиэтиибит. Ол курдук, «Үс тапталга» прототип буолбут тыа көхтөөх ыччата бииргэ кулуупка үҥкүүлээн, чугастааҕы дэриэбинэлэргэ, Мииринэй куоракка тиийэ кэнсиэрдииллэрэ. Эдуард доҕоро Өлөксөй Андреев ырыаһыт, үҥкүүһүт бэрдэ эбит. Оттон Эдуард, култуура үөрэхтээх Ксениялыын холбоһон баран, бастаан Маар Күөлгэ олорор эрдэхтэринэ ыллыыр буолбут. Оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕоро Мария Федоровна ахтарынан, Эдуард оҕо сылдьан ыллаабат эбит, кэргэнэ Ксения аан бастаан сыанаҕа таһаарбыт.

Соколов айымньыларын геройдара спорт­сменнарын таһынан, ырыаһыттар, байааҥҥа даҕаны оонньууллар. Холобур, суруйааччы «Хампа» романын сүрүн геройа Тиихээн Чугуусап кулууп үлэһитэ, ырыа-тойук аргыстаах 40 саастаах киһи. Дьоҥҥо култуураны, искусствоны тарҕатар идэлээх киһи үлэтэ омос көрдөххө эрэ чэпчэкитин, дьиҥ иһигэр киирдэххэ олус ыараханын туһунан ааптар «Арахсыспат аргыстарым» сэһэнигэр Катя уобараһын нөҥүө арыйар.

Төрдүһүнэн, ордук кэнники кэмнээҕи айымньыларын сүрүн геройдара, ойоҕос персонажтара уустук дьылҕалаах дьон. Кинилэр хаайыы, балыллар, атаҕастанар диэн тугун билбиттэр. Эдуард Соколов бэйэтэ эмиэ хаайыыга олоро сылдьыбыта. Ол иһин да буолуо, хаайыы тиэмэтэ кини айымньыларыгар 1980-нус сыллартан киирэр, уонна социальнай проблема быһыытынан 1990-нус сыллардааҕы сэһэннэригэр көтөҕүллэр. Холобур, «Дьол» диэн бэрт үтүө ааттаах айымньы сүрүн геройа Ганя Тиитэп оҥорботох дьыалатыгар балыллан хаайыыга сытар, кэлин тахсан баран элбэх ыарахаттары көрсөр, уопсастыба, салалта өттүттэн атарахсыталлар, ол да буоллар, айымньы түмүгэр дьолун булар. Интэриэһинэйэ баар, ааптар олохтон тэмтэрийбит дьон уобараһын арыйарыгар мас уобараһын элбэхтик туттар. Холобур, Ганя аҥаардас араспаанньата Тиитэп диэнэ элбэҕи этэр. Уол бэйэтин туһунан хоһоонноох:

Кэрии сиргэ кииллийэ мин үүнэн,
Кэхтибэт күүстээхпин.
Буурҕа тыалга мускулла эриллэн,
Булгуруйбат бөҕөбүн…

Маны таһынан, хаайыы содулун билбит дьон кини айымньыларыгар киһилии сигилилэрин сүтэрбэтэхтэр, аһыныгар санаалаахтар. Холобур, «Хампа» арамааҥҥа Алыампый уобараһа.

Оттон «Хампа» ромаҥҥа бу олоххо оннуларын булбатах, олох очуругар оҕустарбыт хаамаайы дьон саҥа тутуллар бөһүөлэккэ мусталлар, ону тутуһаллар. «Дьол» сэһэҥҥэ ойоҕос персонажтар эмиэ пиэрмэ дьиэтин сайылыкка туталлар. Тутулла турар саҥа дьиэ, бөһүөлэк суруйааччы айымньыларыгар геройдар саҥа олоххо дьулуһалларын кэрэһилииллэр, олохторун уларытарга, тупсарарга бэлэмнэрин бэлиэтиир символическай суолталаах уобараска кубулуйаллар.

Бэсиһинэн, саха литературатын сайдыытыгар дьоһун кылааты киллэрсибит Эдуард Соколов–Тулусхан общественнай үлэнэн эмиэ күүстээхтик дьарыктаммыта. С.А. Зверев аатынан музейы тэрийсибитэ уонна онно бастакы дириэктэринэн үлэлээбитэ. Өр кэмҥэ Сунтаарга «Ньургуһун» диэн литературнай түмсүүнү салайбыта. Саамай улахан ситиһиитинэн «Бүлүү» диэн ааттаах өрөспүүбүлүкэтээҕи экологическай хамсааһыны тэрийбитэ буолар. Бу үлэтин ааптар «Хампа» романыгар то­лору арыйбыта кэрэхсэбиллээх. Айымньы сүрүн геройа Тиихээн Чугуусап тус олоҕо айымньы сүрүн сюжетын тутар эбит буоллаҕына, экология тиэмэтэ ааптар ойоҕос геройдарын нөҥүө арыллар. Мунньахтар, кэпсэтиилэр, Бүлүү өрүс киртийбититтэн сылтаан Хампа тутуута тохтуу сыһара – барыта экология боппуруоһа айымньыга сытыытык турарын си­тиһэр. Ааптар санаатын манна ойоҕос персонаж, Игнат уол этэр. Кини аҕата Бастыров, райсовет бэрэссэдээтэлэ, Бүлүү өрүһүн уута ыраас, иһиэххэ сөбүн туһунан хаһыакка ыстатыйа таһааттарар, бэйэтэ буоллаҕына иһэр уутун күөлтэн бастаран олорор. Уола аҕатыттан: «Дьоҥҥун-норуоккун атыылаан, ханнык таҥараҕа сулууспалыыгыный?» – диэн ыйытар.

Түмүктээн эттэххэ, Эдуард Соколов–Тулусхан айымньылара тус олоҕун, бэйэтин көлүөнэтин дьонун кытта быһаччы ситимнээхтэр уонна публицистическай тыыннаахтар: олоххо охсууну ылбыт, кыраттан да тэмтэрийбит дьону туоратымаҥ, өйөөҥ, өйдөөҥ диэн биһигини, ааҕааччылары, ыҥыраллар.

Матрена Попова, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ доцена

Чолбон. – 2019. – 10