Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Проза » «ЭДЭРКЭЭММИН, КЫЫС ХОТУН…»

«ЭДЭРКЭЭММИН, КЫЫС ХОТУН…»


(Кэпсээн)

Зинаида Михайловна утуйа сытан ытаабыт хараҕын уутуттан уһуктан кэллэ. Сарсыарда биэс эрэ чааһы ааспытын да иһин, от ыйынааҕы күн уота халыҥ штораны курдаттыы суоһуура, онно киһи соһуйара суох: Дьокуускайга сайыҥҥы үрүҥ түүннэр олус сырдыктар.

Дьахтар өссө да нуктуу түһээри хараҕын сапта гынан баран, субу түһээбит түүлэ уйгуурдан утуппата: онно кини оҕо инфекционнай балыыһатыгар бэрт улгумнук үлэлии сылдьыбыт аты көрбүтэ. Зинаида балыыһа лабораториятыгар алта уонус сыллар бүтүүлэригэр училищены бүтэрээт да үлэлии киирбитэ, кини акка да, бэрт үтүө майгылаах сааһырбыт ат көрөөччүгэ да ситэ үөрэнэ да илигинэ, эмтиир тэрилтэҕэ эбии массыына анаабыттара, онтон аты испииһэктэн таһааран эт кэмбинээтигэр туттарарга дьаһайбыттара. Ат көрөөччү, бары туһааннаах тэрилтэлэри кэрийэн, аты бэйэтигэр атыылаһан ыларыгар көрдөһө сатаабыта – чугас баар төрөөбүт сэлиэнньэтигэр илдьээри, ол эрээри үөһээҥҥилэр кини көрдөһүүтүн ылымматахтара.

Тапталлаах барахсаннарын балыыһа олбуоруттан таһааралларыгар үлэһиттэр бука бары атаара тахсыбыттара. Үгүстэрэ туох инниттэн маннык маанылаан атаарыыга тиксибитин билбэккэ бэрт көрсүөтүк турар акка чугаһаан имэрийэн ылбыттара. Дьахталлар ытыыллара, оттон балыыһаҕа сытар оҕолор бу кутурҕаннаах сураҕы истибит ийэлэрин кытта ону барытын хас түннүк аайыттан санньыарбыт харахтарынан көрөн турбуттара.

Зинаида, тыаҕа улааппыт кыыс, ат ыалга хайдахтаах курдук көмө буоларын билэр буолан, ол күн олус хомойбута, инньэ гынан сотору буолаат кэлбит массыынаны уонна ол суоппарын, сытыы-хотуу ис киирбэх уолу, норуот өстөөхтөрүн курдук көрбүтэ эрээри онно кинилэр туох буруйдаах буолуохтарай. 

«Бээ эрэ, ол кэнниттэн балай да кэм аастаҕа, уонна бу эмискэ өйдөөн кэллэҕим! Онтум көннөрү да буолбатах, өссө ытааһыннаах-соҥооһуннаах. Ол кэмҥэ дойду үрдүнэн төһөлөөх ат идэһэ буолбута буолуой? Оннук үлүгэр кыһалҕа тирээн кэлбитэ буолуо дуо? Хардарар кыаҕа суох кыылга-сүөлгэ итинник сыһыаннаһар улахан аньыы буолаарай?»

Дьахтар сүрэҕэ битигирии мөхсүбүтэ: алта уон сэттэ саастаах Зинаида Михайловна бэйэтин тыына суох тимир массыынанан солбуллубут ол бүгүрү үлэһит акка холообута. Бүгүн-сарсын онуоха-маныаха диэри уочараттаах уоппускатын ылан сылдьар Зинаидаҕа үлэтигэр аан диэки көрдөрүөхтэрин сөбө. Суох, онно кини сааһа да, доруобуйата да сылтах буолбаттар (бүтэһик аҕыс сыл тухары Зинаида Михайловна биирдэ да бүлүтүөн ылбатаҕа), иҥнэллэрэ диэн кини компьютеры сатаан туһамматыттан. Дьахтар ону үөрүүнэн баһылыа эбитэ буолуо да, үөрэтиэх айылаах кимэ да суох, онон, кылгатан суруйалларыныы, ПК-ны билбэккэ сылдьан кини идэни үрдэтэр куурустары хайдах да ааспат, онтон сиэттэрэн буолаары турар аттестацияны эмиэ.

Урут эдэр ыччат лаборант үлэтигэр улаханнык таласпат этэ, буолаары буолан оҕо отделениетыгар. Кыра оҕолортон хаан ылар судургута суох сорук: ыһыы-хаһыы, хас сарсыарда аайы харах уута халыйара ханна барыай… Зинаида Михайловна бастаан утаа барытыгар үөрэниэм диэн эрэнэ саныыра, ол эрээри суох, үөрэммэтэҕэ. Оҕолору аһынан да хайыаххыный? Аналиһа суох хайдах эмтиэҥий? Быраас буоллаҕына ыарыһах туруга тупсубутун-тупсубатаҕын чопчу билиэхтээх. Билигин, усулуобуйа уруккуга холоотоххо лаппа уларыйбытын кэннэ (иннэлэри, пробиркалары стерилизациялыыр кыһалҕа суох, көмөҕө аппаратура кэлбитэ), лаборант миэстэтэ былдьаһыктаах буолла.

Биллэн турар, кинини, доруобуйа харыстабылын туйгунун, ыллылар да устар кыахтара суох, ол эрээри ирдэбиллэргэ сөп түбэһэр буолуохтааххын дии, манна ханнык да ыстаас, аат-суол көмөлөһөр кыахтара суох. Зинаида сайабылыанньа суруйарыгар кадр инспектора ыйыппыта: «Уоппуска кэнниттэн кэлэҕит дуо?». «Хайаан да», – кини толкуйдаабакка да хоруйдаабыта. Хоруйдуурун хоруйдаабыта эрээри, ол эрэннэрбитин хайдах толоруоҕун билигин билбэккэ олорор. Саас эрдэ пенсионердарга анаммыт компьютер босхо куурустарыгар суруйтарбыта эрээри, ол хаһан саҕаланара биллибэт, баччааҥҥа диэри көстөр көһөн иһэр.

Эргэ суотабай төлөпүөнүн эмиэ уларыппыта ырааппыт буолуохтаах этэ. Ардыгар, ордук эдэр кэллиэгэлэрэ баалларына, сиэбиттэн хостуон да кыбыстар. Суох, киниэхэ саҥа модель баарын баар, сенсордаах, толору тупсарыллыбыт, уола кийиитинээн өссө ааспыт Саҥа дьылга бэлэхтээбиттэрэ, ол эрээри ону хайдах туттары көрдөрбөтөхтөрө. Зинаида уолун хаста да көмөлөһөрүгэр көрдөспүтэ, киһитэ киирэ сылдьыах буолан баран умнан иһэрэ, онон ол бэлэх ыскаапка сытар, бэйэтин чааһын кэтэһэр. Дьиҥэ, сорох кини саастыылаахтара, арыый аҕалар даҕаны, суотабайынан бэрт сатабыллаахтык тутталларын бэйэтэ көрбүтэ, хаартыскаҕа да түһэрэллэр, видео да усталлар, биллэрии да ыыталлар, оттон Зинаида, кинилэрдээҕэр акаарыта да суох буоллар, оннугу тугу да сатаабат.

Дьахтар Санкт-Петербурга үөрэнэр сиэнэ Алексей компьютерын диэки кыһыйбыттыы көрөрө, кини манна олорор кэмигэр (оскуолатыгар сылдьара чугас буолан) бэйэтэ техникаттан уоттан кэриэтэ куота сылдьыбытыттан кэмсинэрэ. Үһүс сылын, экраны уонна процессоры быыллаатаҕын аайы, инникитин сатаан көрүммэтэҕиттэн бэйэтин сэмэлэнэр. Хаһыакка биллэриинэн репетитор булбута быданнаабыт буолуон сөбө да, дьиэтигэр туора киһини аҕаларыттан тардынара.

Ити ат мээнэҕэ түүлүгэр киирбэтэх быһыылаах: көрүөх бэтэрээ өттүгэр кадр отделыгар ыҥырыахтара, үлэ киниискэтин туттарыахтара – уонна көҥүлгүнэн көччүй. Оттон кини, үлэлиир толору кыахтаах дьахтар, биэнсийэҕэ тугунан дьарыктанар? Онно эбии, биллэрин курдук, харчы хаһан да ордук буолбат. Билигин кини кыралаан сиэнигэр ыытар, оттон үлэтиттэн уурайдаҕына тугуттан да ордорон ыытара суох буолар. Зинаида Михайловна иһигэр итинтэн дьаарханар этэ, онтон бу түүл кэнниттэн олох да санаарҕабылга түстэ. Туох да эрэл суох, биир тылынан эттэххэ.

* * *

Киэһэлик Зинаида Михайловнаҕа ыала Валентина эрийдэ:

– Эйиэхэ киириэххэ син дуо?

– Киир-киир.

– Сиэн кыыспын кытта киирээри гынабыт, Ленскэйтэн кэлбитэ.

– Ээ, өссө ордук буоллаҕа дии.

Валентина сиэнэ Лизаны Зинаида көрбөтөҕө ыраатта, төһө да ыала дьахтар сотору-сотору хаартыскаларын көрдөрбүтүн иһин, Зинаида Михайловна хараҕар кини билиҥҥээҥҥэ диэри кылгас оруосабай былаачыйалаах, эбэтэ кичэллэн өрбүт сырдык баттахтарыгар үллэр маҥан баанчыктаах оскуолаҕа киирэ илик кыысчаан буолан көстөрө. Аан боруогар Валентина кэнниттэн дьылыгыр көнө уҥуохтаах улаатан эрэр кыыс көстө түспүтүгэр дьахтар илиилэрин эрэ нэлэс гыннарда:

– Айбыт аҕаккаам! Ама, бу Лиза дуо?

Саалаҕа киирэн олордулар. Лиза симиттэн саҥата суох болҕомтолоох харахтарынан дьиэлээх хотуну уонна эбэтин хардары-таары көрө олордо, эбэтэ буоллаҕына кэргэнэ күнү супту үлэтигэр сүтэрин, бэйэтигэр солбук дьахтара ыалдьыбытын иһин уоппуска биэрбэттэрин, ол түмүгэр сиэнэ үһүс күнүн түөрт эркиҥҥэ хаайтаран олорорун туһунан үҥсэргээн барда.

– Эрэлим диэн эһиэхэ эрэ, Зинаида Михайловна, бука диэн Лизонька культурнай программатын тэрийэргэ көмөлөһүөххүт буолаарай, биһиги төлөһүөхпүт этэ, – көрдөһүүлээх буолла Валентина.

Дьахтар ыалыгар аккаастыыра, эбиитин кэргэнэ бокуонньук Владимир кини биир дойдулааҕа буоларынан даҕаны, хайдах да табыгаһа суох. Валентина ыарахан кэмнэргэ кинини элбэхтэ абыраабыта, кыыһы да аһынара бэрдэ – бачча ыраах дойдуга кэлэн баран дьиэҕэ хаайтаран муунту буолар диэн туохха да баппат суол.

– Эн хаһыс кылаас буоллуҥ? – Зинаида Лизаттан ыйытта.

– Ахсыс.

– Бэлиэр улааппыккын.

– Улаатарын улаатта да, – Валентина тыл кыбытта, – куораты төрүт билбэт. Уонна, кырдьыгынан эттэххэ, соҕотоҕун ыытарбытыттан куттанабыт, ол иһин олороохтуур: төлөпүөнүнэн да оонньуур, компьютерга да көһөр.

Зинаида Михайловна, компьютер туһунан истээт, сэргэхсийэ түстэ:

– Эн компьютеры сатыыгын дуо? – диэт, кыыс диэки эргийдэ.

– Сатаан. Ол эһиэхэ комп баар дуо?

– Баар, ол эрээри мин онно сатаан быһаарсыбаппын.

– Ээ, кини эйигин көрүөх бэтэрээ өттүгэр үөрэтиэ буоллаҕа, – эрэннэрдэ Валентина. – Оннук кэм үүнэн турар: урут улахан дьон оҕолору үөрэтэллэрэ, билигин буоллаҕына оҕолор улахан дьону үөрэтэллэр.

Лиза компьютеры сыныйан көрдө:

– Проблема суох. Компкут оннук үлүгэр түҥ былыргы буолбатах, – техника сыанатын быһа оҕуста.

– Оччоҕо биһиги маннык гынабыт, – Зинаида Михайловна этии киллэрдэ, – Лиза миэхэ компьютер диэн аты айааһыырга көмөлөһөр, мин өттүбүттэн эбиэт уонна культпоходтар, холобура, музейдарга. Арба даҕаны, бииргэ үлэлиир киһим бу саас куорат бары музейдарыгар сылдьарга икки кэлим билиэти бэлэхтээбитин олох да таһы-быһа умнан кэбиспит эбиппин, хата эһиги өйдөттүгүт.

– Музейга үөрүүнү кытта сылдьыам этэ. Биһиэхэ Ленскэйгэ эмиэ баар ээ, кыраайы үөрэтэр, – Лиза чобуоххайа түстэ. – Онно олус үчүгэй дьаамсыктар култуураларын быыстапката баар. Эбээ, биһиги күн судаар дьаамсыктарын сыдьааннарабыт дии? Сөпкө этэбин дии? Мин билигин эһиэхэ тугу эрэ көрдөрүөм.

Лиза джинсытын сиэбиттэн смартфонун ойутан таһаарда, тарбаҕынан экраны суруйталаата:

– Бу, эдьиий Зина, Лена кытылыгар дьаамсыктарга пааматынньык. Көрөҕүт дуо, хайдахтаах улаханын? Дьаамсык олох тыыннаах курдук. Дии?!

Лиза «эдьиий Зина» диэбититтэн дьахтар санаата сылыйа манньыйда, кинини итинник ааттаабатахтара ырааппыт да эбит. Кэлиҥҥи кэмнэргэ аатынан уонна аҕатын аатынан эрэ ыҥыраллар, онтон билигин «эдьиий» буолла, хаһан эрэ уолун уонна сиэнин доҕотторо ааттыылларын курдук.

– Миэхэ өссө былыргы ырыа уһуллубута баар. Истэбит?

Зинаида Михайловна Валентина сиэнин билиититтэн үөрэн кини диэки хайдахтаах курдук сөҕө-махтайа көрөрүн иһигэр бэлиэтии санаата, атын өттүттэн ыллахха, эмиэ да ыалын бириэмэтин ылара табыгаһа суоҕун өйдүүрдүү туттара.

– Бүгүн буолбатах, Лиза, хойутаары гынныбыт, –
Валентина сиэнин тохтото сатаата, ол эрээри Зинаида кыыһы өйөөтө:

– Дьэ эрэ, истиэххэ.

– «Эдэркээммин, кыыс хотун, – музыканан доҕуһуола суох дьахталлар куоластара иһилиннэ. – Эмиэ түүнүм хараҥа, эмиэ сытыам соҕотох, тапталлааҕым манна суох, тапталлааҕым манна суох, ахтылҕаным – ыыппат сор».

Зинаида Михайловна курус тыллартан өрө тыынна, өйүгэр бу ырыаны толорооччулар тымныы киэһэ буоста дьиэтигэр олороллорун ойуулаан көрдө, онно дьиэ эркинигэр анал көхөлөргө хомууттар уонна ыҥыырдар куурдулла ыйаммыттар, олортон ат көлөһүнүн ураты сыта аҥкылыйар, ыраахтан аатырбыт валдай чуораанчыгын тыаһа лыҥкыныыр. Итинник чуораанчык өр сылларга Зинаидалаах дьиэлэригэр эмиэ хараллан сыппыта.

Валентина, ырыа уурайбытын кэннэ, аргыый ыйытта:

– Итини хантан ыллыҥ?

– Ааспыт нэдиэлэҕэ күн судаар дьаамсыктарын суолларын үөрэппит экспедиция кыттыылаахтарын кытта көрсүһүүгэ сылдьыбыппыт. Биһиэхэ бу ­ олус былыргы ырыа диэн кэпсээбиттэрэ.

– Дьэ кырдьык, биһиги өбүгэлэрбит күүстээх дьон этилэр – диэтэ Зинаида Михайловна, – маннык тыйыс усулуобуйаҕа тыыннаах ордон култуураларын илдьэ хаалбыттара.

– Арба даҕаны, эһиил Иркутскай–Дьокуускай айан суолун аһыллыбыта икки сүүс сэттэ уон биэс сылын туолар эбит.

– Валентина, итини барытын хантан билэҕин? –
Зинаида соһуйда. – Култуура тэрилтэтигэр үлэлээбэт курдуккун дии.

– Хайдах эттэҥий хантан диэн? Биһиэхэ дьаамсыктар общиналара тэриллибитэ, фестиваллар буолаллар, сэлиэнньэбэр элбэхтэ сылдьабын, хомойуох иһин, эһигини ханна да ороон илдьэрим кыаллыбат, мэлдьи ыҥырабын дии, эн буоллаҕына тоҕо эрэ наар батынаҕын.

– Ити кырдьык, – муҥатыйда Зинаида. – Истиий эрэ, эйиэхэ дьаамсыктар тустарынан кинигэ баара быһыылаах дии. Баҕар, ааҕарбар уларсыаҥ буолаарай?

– Сөп, сибилигин Лизанан ыытыаҕым.

* * *

Киэһэ хойут, олохтоммут үгэһин кэһэн туран, Зинаида Михайловна уочараттаах сериалын көрө да соруммакка кыыс аҕалбыт кинигэтин арыйда. Форзацка тутатына Дьокуускайтан Витимҥэ диэри Иркутскай–Дьокуускай буоста трагын станцияларын хаарта-исхиэмэтин көрдө. Бу Сиинэ көстөр, Володя төрөөбүт сэлиэнньэтэ. Кэргэнэ тыыннааҕар онно элбэхтэ сылдьаллара. Бастаан Зинаида кини дьонун кытта алтыһарга үөрэнэн биэрбэтэҕэ: хотуна, тас көрүҥүнэн славянка эрээри, нууччалыы төрүт саҥарбат этэ, хата тойоно сахалыы да, нууччалыы да тэҥинэн үчүгэйдик кэпсэтэрэ. Сиинэ диэни иһиттэҕинэ, Зинаида тыаны, тэллэй арааһын, буспут уулаах отону, олохтоохтор картофан диэн ааттыыр олус минньигэс хортуоскаларын санаан кэлэр. Зинаида Михайловна кэргэнэ от охсорун олус сөбүлүүрэ, олус таттаран туран булка да, балыкка да сылдьара.

Оччолорго кинилэр эдэр буоланнар куораттааҕы Култуура дьиэтигэр биир да саҥа киинэни, кэнсиэри көтүппэт этилэр, онно көҕүлээччинэн үгэс быһыытынан Владимир буолара, кини суох буолуоҕуттан Зинаида бэйэтин түөрт истиэнэҕэ хаайыммыта: үлэ – дьиэ – үлэ, ол, арааһа, сыыһа гыммыт быһыылаах. Ити иһин Володя кинини хайгыа суоҕа этэ, ол баҕас чахчы.

Кинигэни арыйталаан билэр ааттарыгар уонна араспаанньаларыгар түбэһитэлээтэ уонна өбүгэлэрэ Ярославль, Кострома, Могилев уонна да атын күбүөрүнэлэртэн кэлэн бу тракка станциялары олохтообут, кэлин олору дэриэбинэлэргэ уонна сэлиэнньэлэргэ диэри тэниппит Володя биир дойдулаахтарын туһунан дьон өйдөбүлэ тыыннааҕыттан үөрэ олордо. Хомойуох иһин, олортон үгүстэрэ билигин хаартаҕа суохтар, ол гынан баран кинилэр дьон сүрэҕэр хаалбыттар, күн судаар дьаамсыктара ыраах Сибииргэ уонна Саха сиригэр аҕалбыт ырыаларын уонна үгэстэрин курдук.

* * *

Сарсыардааҥҥы күн халыҥ штораны курдаттыы тыгара. «Эдэркээммин, кыыс хотун», – диэн тыллары Зинаида Михайловна уһуктаат өйдөөн кэллэ уонна саҥа күнү мичээринэн көрүстэ.

Ольга Пашкевич

Нууччалыыттан сахалыы Сэргэх Сэмэй тылбаастаата

Чолбон. –2020. – № 7