Сахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас «Чолбон» сурунаал ыам ыйынааҕы нүөмэригэр:
– Эһээ Ленин мэтириэтин илдьэ сылдьар тулаайах хаалбыт уол туһунан Айанньыт «Эр бэрдэ бүдүрүйбэт» сэһэнигэр;
– норуот суруйааччыта Сайа Пушкинтан саҕалаан саха ньургуһунун туһунан «Кырдьык – дьиҥэ, түөскэр илэ мөхсөр дүҥүр…» хоһооннорун тиһигэ;
– поэт Хабырыыс Ондороос эбэтин хатыы ытыһын, ымыылаах бэлэх уонна Тыва туһунан «Саһархай күнчээн кыракый дьөрбөтө…» хоһооннорун тиһигэ;
– Сэриилэрин сылларын оҕотун, булчут эр киһи умсулҕанын, сахалыы дорҕооннор мүччүргэннээх сырыыларын, тураах отонун кистэлэҥин уонна Ойуунускай саҥа олох имиджин үөскэппитин туһунан Эдэр суруйааччылар ХХIV өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарын бастыҥ кыттыылаахтара – Варя Егорова-Чэмэлиинэ (проза), Станислав Степанов-Хотоҕос (поэзия, Анжелина Ильина (драма), Мария Винокурова-Мааны Маарыйа (оҕо литературата), Мария Захарова (кириитикэ) айымньыларыгар;
– Реас Кулаковскай архыыбыттан саҥа көстүбүт Алампа Соппуруонап, Суорун Омоллоон уонна Сэмэн Данилов туһунан ханна да бэчээттэнэ илик ахтыылар;
– Утум Захаров быйыл саас Охотскай пордугар суола-ииһэ суох сиринэн хайдах айаннаан тиийбитин туһунан бэлиэтээһиннэрэ;
– Саха ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын төрүттээбит Иван Васильевич Попов төрөөбүтэ 150 сылынан удьуор аҕабыыттар уонна ойууһуттар тустарынан сиэнин кытта сэһэргэһии;
– «Чолбон» сурунаал хайдах Саха сирин бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэнин быһаарбытай?;
– «Оҕоҕун кытта аах» рубрикаҕа норуот суруйааччыта Софрон Данилов Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сыһыаннаах эсселэрэ.
Күн – сири, «Чолбон» – саханы сырдатар.
«Чолбон» сурунаал