Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Ыстатыйалар » Дьулустаан Бойтунов дьулурҕа сурааһыннара

Дьулустаан Бойтунов дьулурҕа сурааһыннара


Дьулустаан Афанасьевич Бойтунов, Россия ойуулуур-дьүһүннүүр академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, СӨ духуобунаска академиятын академига, СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, билиҥҥи кэм бэлиэ худуоһунньуктарыттан биирдэстэрэ, тэлбит олоҕун суола, түстээбит төлкөтө саха кэрэҕэ, сырдыкка тардыһыытын кэрэһитэ.

Үөһээ Бүлүү оройуонун Хоро сэлиэнньэтин оскуолатыгар үлэлии кэлбит Бойтуновтар дьиэ кэргэн алтыс оҕолорун күүтэллэрэ. Ийэлэрэ Мария Варламовна Кэнтиктэн төрүттээҕэ, алын кылаас оҕолорун үөрэтэрэ, аҕалара Афанасий Степанович Тааттаттан тардыылаах саха тылын уонна литературатын учуутала этэ. 1962 сыллаахха кулун тутар 19 күнүгэр, ыраас халлаантан сааскы күн сири-дойдуну сылаас сардаҥаларынан имэрийэ кууһар кэмигэр, ийэлэрэ икки уолга тэҥинэн күн сирин көрдөрбүтэ. Афанасий Степанович игирэ уоламмыт үөрүүтүттэн улаханын Ньургустаан, кыратын Дьулустаан диэн ааттаабыта. Олоҥхону үөрэппит, саха литературатын умсугуйан аахпыт, элбэҕи билэркөрөр учуутал, ааспыт үйэ ортотугар, сахалыы аат өссө үөдүйэ илигинэ, Үөһээ Бүлүү оройуонугар биир бастакынан оҕолоругар сахалыы аат биэрбитэ. Ордук улахан уолун, тохсунньу маҥнайгы күнүгэр күн сирин көрбүтүн иһин Тохман диэн ааттаабыта бэрт дьиктитик иһиллэрэ.

Дьулустаан Ньургустаанныын эмдэй-сэмдэй улаатан испиттэрэ. Кинилэр кыраларыгар аҕалара атын сиргэ көспүтэ, ол эрээри оҕолорун кытары ситимин быспатаҕа. Мария Варламовна оҕолорун илдьэ төрөөбүт дойдутугар төннөн өрүс уҥуор Кэнтиккэ тиийэн олохсуйбута.

Оҕо саас

Алтан чуораан тыаһа лыҥкынаатын кытары кылаастар ааннара тэлэллэ түһэрэ да, оҕолор көрүдүөргэ кутуллан тахсаллара уонна эргэ оскуола уһун синньигэс көрүдүөрүнэн соһуччу тохтубут оҕуруо курдук сүүрэн бытарыһаллара. Кинилэр быыстарыгар алын кылаас үөрэнээччитэ Дьулустаан Бойтунов баара. Мэниктээн кулахачыһар оҕолору биир эмэ учуутал тахсан буойдаҕына, уолаттар соҕотохто чуумпура түһэллэрэ, үөрэнэн бүппүттэр таҥнар хоско ааһаллара. Дьулустаан суумкатыгар тэтэрээттэрин хомуйан убайа Ньургустаанныын ийэлэрин кытта интернакка тахсаллара.

Мария Варламовна интернакка иитээччинэн үлэлиирэ. Ол саҕана Кэнтиккэ чугастааҕы нэһилиэк оҕолоро кэлэн үөрэнэллэрэ. Күнүс бары мустан уруоктарын ааҕаллара. Кэчигирэһэ турбут паарталарга обургу кылаас оҕолоро уруоктарын ааҕалларыгар хос иһигэр уу чуумпу буолара, мэктиэтигэр сахсырҕа көтөрө иһиллэрэ. Мария Варламовна бэйэтин уолаттарын улахан оҕолору кытта паартаҕа олордоро уонна кимиэхэ да мэһэйдээбэтиннэр, дьарыктаах буоллуннар диэн, уруһуйдуулларыгар кумааҕы уонна харандаас биэрэрэ. Дьулустаан, биир сиргэ таба олорбот оҕо, илиитигэр харандааһы ылла даҕаны, тоҕо эрэ саҥата суох чуумпуран олорон араас кыыллары, өйүгэр туох хатаммытын ойуулаан барара. Оччотооҕуга, уруучука өссө суох кэмигэр, паартаҕа элбэх оҕо туттарыгар анаан чэрэниилэ уураллара, онно бөрүөнү уган ыла-ыла, бэрт кыраһыабайдык кичэйэн суруйаллара. Оччотооҕу оҕолор буочардара барыларын кэриэтэ каллиграфиялыы көнө буолара.

Аҕалара барбытын кэннэ, улахан убайдара Тохман бырааттарыгар аҕаларын тэҥэ буолбута. Дьулустаан улахан убайын кытары ордук тапсара, кинини кытары элбэхтэ батыһара. Оччолорго моҕотой тириитин туталлара. Чороччу улаатан эрэр уолаттар тирии туттаран, кыра да буоллар харчылаһаллара. Убайдара моҕотойдуу баран эрэллэрин көрдөхтөрүнэ, игирэлэр барсаары эккирэтэллэрэ, сайыһан ытаан харах уута тохторо да ханна барыай? Ол да буоллар Дьулустаан убайын кытары син биир тыаҕа барсара. Онно көрбүт төрөөбүт дойдутун айылҕатын кэрэ көстүүтэ, тыа күөх дуолугар олохтоох кыыллар, көтөрдөр, алаастарынан-сыһыыларынан көҥүл сылдьар дьөһөгөй оҕолоро барыта кини хараҕар хамсаабат хартыына буолан хатанан, кэнники ойуу буолан тахсаллара.

Бииргэ төрөөбүт Бойтуновтар бары даҕаны уруһуйдуур дьоҕурдаахтара. Ол эрээри Дьулустаан уруһуйдуурга улахан убайыттан үөрэммитэ, Тохман олус умсугуйан туран ойуулуурун көрөн ымсыырара уонна мэлдьи кинини үтүктэ сатыыра.

Дьиэлэригэр кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ тэһийбэт кыра уолаттарга ийэлэрэ кумааҕы, харандаас уонна пластилин биэрэрэ. Ол саҕана олохтоох араадьыйаттан ураты билиҥҥи курдук тэлэбиисэр, төлөпүөн суох этэ. Улахан сэргэхсийии кулуупка саҥа киинэ кэллэҕинэ буолара. 

Биир күн «бүгүн киинэ буолар үһү» диэн улахан дьон кэпсэтэрин кулгаахтарын уһугунан истэн, Дьулустааннаах Ньургустаан үөрэ түспүттэрэ. Кулуупка үксүн индиялыы киинэни көрдөрөллөрө. Ырыалаах-үҥкүүлээх таптал туһунан киинэлэри кыра уолаттар соччо сэҥээрбэттэрэ, көрө олорон салҕан, бэйэбэйэлэрин дьээбэлэһэн бараллара. Оттон бу сырыыга гражданскай сэрии дьоруойа Чапаев туһунан киинэ буоларыттан үөрбүттэрэ. Дьулустаан бииргэ үөрэнэр оҕолорун кытта ханна баталларынан кыбыллан – ким олорон, ким сытан эрэ мэник бэйэлэрэ иһийэн, тыыммакка даҕаны Чапаев туһунан киинэни көрбүттэрэ.

Кэлин Лев Толстой романынан уһуллубут «Война и мир», индеецтэр тустарынан «Апачи» киинэлэргэ сылдьыбыттара. «Сэрии уонна эйэ» кэнниттэн дьиэлэригэр кэлээт, тута пластилинынан Кутузовы уонна Наполеону оҥорон киинэни үтүктэн оонньоон барбыттара. Оттон «Апачи» кэнниттэн маһынан саабыла, көмүскэнэр куйах оҥостон оскуолаҕа «индеецтээх буола» оонньууллара. Дьулустаан ити курдук, улахан ойууһут буолуохтааҕын этитэн буолуо, тугу сэргии көрбүтүн, өйдөөн хаалбытын барытын кумааҕыга түһэрэрэ. Оннук түгэни үйэтитии билигин хаартыскаҕа түспүт тэҥэ буоллаҕа…

Биир сайын тастыҥ эдьиийдэригэр сайылыкка барбыттара. Харыйа тыа быыһыгар турар сайылыкка хас да ыал олороро. Дьулустаан убайыныын Ньургустаанныын онно тиийэн олус сэргэхсийбиттэрэ. Кинилэргэ барыта олус сонун, сүрдээх үчүгэй этэ. Олохторугар аан маҥнай туой буорунан кирпииччэ үктүүллэрин көрбүттэрэ. Атах сыгынньаҕын бадарааҥҥа киирэн тэпсэҥнии турар улахан дьон Дьулустаан хараҕар бэрт дьиктитик көстүбүттэрэ. Ыстааннарын сотолоругар диэри өрө тардынан баран, күлэ-үөрэ тугу эрэ кэпсэтэллэрин, бадарааны тэпсэллэрин көрөн оҕо эрэ ымсыырыах курдуга. Бадараан мэһиллэн тиэстэ курдук буоллаҕына баһан ылан остуолга куталлара, онтон сыстыбатын диэн иккилии кирпииччэҕэ анаммыт, кумаҕынан биспит халыыптарыгар быраҕаллара уонна көбүскөнө гына тэҥнэммит сиргэ илдьэн түһэрэллэрэ. Сүүһүнэн биир тэҥ кирпииччэ кырылаан сытарын көрөргө үчүгэйэ сүрдээҕэ. Дьулустаан билиэн-көрүөн баҕата батарбатаҕа, инчэҕэй туойу ылан тутан-хабан, мэһийэн көрбүтэ, суол бадарааныттан адьас атын, хойуу тиэстэ курдук этэ. Ийэтэ биэрэр пластилиныгар маарынныыра. Ол иһин араас формалары оҥорон көрбүтэ. Маҥнай төгүрүтэн, онтон уһатан, уһуктаан, били соторутааҕыта көрбүт «Война и мир» диэн киинэ дьоруойун үс муннуктуу сэлээппэтигэр маарыннаппыта. Сэлээппэ кэнниттэн өйүгэр киинэ дьоруойун сирэйин ойуулаан көрөн баран, үтүгүннэрэн оҥорон баран:

– Ньургустаан, көр, бу мин кими оҥорбутум буолуой? – диэн оҥоһугун сэрэнэн ытыһыгар ууран убайыгар көрдөрбүтэ.

Онуоха Ньургустаан:

– Ити «Война и мир» киинэҕэ көрбүт Кутузовпыт дии, – диэбитэ.

– Суох, бу маннык бэргэһэлээх Наполеон ээ!

Инибиилэр, сайылык биир бүччүм сиригэр бэртээхэй дьарык булан, өргө диэри араас дьоруойдары оҥорон кэчигирэппиттэрэ. Туойтан оҥоһуллубут саллааттар, көрбүт киинэлэрин дьоруойдара хаптаһын үрдүгэр кэчигирээн, оонньуур кэмчи кэмигэр бэртээхэй солбук буолбуттара. Манна ол саҕанааҕы кырачаан уолаттар куттарын-сүрдэрин туппут «Апачи» киинэ индеецтэриттэн саҕалаан «Война и мир» киинэ дьоруойдарын аттыгар, Кыһыл аармыйа аатырбыт хамандыыра Чапаев папахалаах төбөтө кэккэлэспитэ.

Ол курдук Дьулустаан хараҕар көрбүтэ барыта өйүгэр хатанан иһэрэ.

Оскуолаҕа

Уолаттар, төһө да игирэлэрин иһин, майгылара, тулалыыр эйгэлэрин көрүүлэрэ тус-туспа буолан, Дьулустаан ордук улахан убайын Тохманы кытта тапсара. Оҕо сылдьан убайыттан Ньургустаантан быдан сылбырҕа этэ.

1970с сыллар ортолоругар Кэнтиккэ саҥа оскуола тутуллан, улахан үөрүү буолбута. Бойтуновтар өрүс уҥуор Хороттон ийэлэрин дойдутугар Кэнтиккэ көһөн кэлбиттэрэ. Сабыс-саҥа оскуола сыттыын кытары атына. Саҥа үөрэх кыһатыгар учууталлар, үөрэнээччилэр сүргэлэрэ көтөҕүллэн үлэ, үөрэх умсулҕаныгар түспүттэрэ. Мачаахап диэн энтузиаст учуутал, былыргы Чап уустарын уустарын музейын тэрийбит киһи, оҕолору бары өттүнэн дьарыктаан барбыта. Үөрэнээччилэри, иллэҥ кэмнэригэр ускул-тэскил сылдьыбаттарын диэн, лесниктэр, юннаттар диэн бөлөхтөргө арааран дьарыктыыра. Бэйэтэ уруһуйдуур буолан дьоҕурдаах оҕолору мунньан куруһуок тэрийбитэ. Дьулустаан биирдэ кини кинигэлэриттэн бэрт сэдэх кыыллардаах альбому булан ылан, онно ойууламмыт кыыллары үтүктэн уруһуйдаабыта. Сүрдээх кыһамньылаах, айылҕаттан талааннаах учуутал музейга кыыллар чуучулаларын тыыннаах курдук оҥорон туруортаабыта. Уруһуйдьут оҕолор онон кыылы тыыннаахтыы көрөн олорон кэриэтэ ойуулууллара, ол олус кэрэхсэбиллээх уонна умсугутуулаах дьарык этэ.

Мачаахап идэтинэн физика уонна математика учуутала этэ, ол эрээри биир кэмҥэ черчениеҕэ эмиэ үөрэппитэ. Айылҕаттан учуутал буоларга айыллан төрөөбүт киһи Дьулустаан Бойтуновка элбэҕи биэрбитэ. Үөрэх кэннэ физикаҕа эбии дьарыктаан, араас уопуттары оҥотторон сөхтөрөрө, үөрэтэр предметигэр интэриэһи үөскэтэрэ. Ахсыстохсус кылаас уолаттарын кытары «Юный натуралист» диэн сурунаалга бэчээттэммиттэн көрөн, таас быһан декоративнай панно оҥорон ыйаабыттара. Кыракый бөһүөлэккэ итинник улахан энтузиаст учууталга үөрэммитин Дьулустаан Афанасьевич сүдү дьолум, дьылҕам бастыҥ бэлэҕэ диир.

Дьулустаан үрдүкү кылааска тахсан истэҕин аайы үөрэҕэр улаханнык кыһаммат буолан барбыта, кини өйүнсанаатын бүтүннүү уруһуй уонна өссө төгүл уруһуй баһылаабыта. Ордук тыл уонна литература уруоктарын ыарырҕатара. Саха тылыгар уонна литературатыгар үөрэппит учуутала, поэт Василий Тарасович Сивцев үөрэтэ сатаан баран:

– Эн аахпыккыттан тугу өйдөөбүккүн уруһуйдаа, – диэбитэ.

Дьулустаан ону үөрэ-көтө ылыммыта. Олоҥхо, проза чуолкай сюжеттаах буолан, уруһуйдууругар судургутук тахсара, оттон хоһоону өйтөн ааҕарга анаан үөрэтии олус ыарахана, ис хоһоонун ойуулууругар даҕаны сүрдээх уустук этэ. Оччолорго Былатыан Ойуунускай «Көҥүл ырыата» диэн хоһоонугар тугу уруһуйдуон билбэккэ хатхат ааҕан муҥнана олорор уолчаан хаһан эрэ олоҥхону иллюстрациялаан таһаарыа диэн ким даҕаны тымтыктанан көрбөт этэ…

Оскуоланы бүтэрэн баран учууталын Василий Сивцевы Дьокуускай уулуссатыгар көрсө түспүтэ. Номнуо улахан худуоһунньук буолбут киһи учууталыгар тиийэн:

– Дьулустаан Бойтуновпун, – диэн баран илиитин биэрбитэ.

Василий Тарасович:

– Билэбин, билэбин. Ситиһиилэргин хаһыакка ааҕабын, тэлэбиисэринэн көрөбүн. Бээ эрэ, ити олоҥхоҕо үлэҕэр мин эмиэ кылааттаах буолуохтаахпын, – диэбитэ. Кырдьыга даҕаны оннуга – туох барыта оҕо саастан, оскуола паартатыттан саҕаланар буоллаҕа…

Олоҥхоҕо үлэлииригэр Дьырыбына Дьырылыатта тыла олус минньигэстик, сүрэҕин ортотунан киирбитэ. Онно дьэ биирдэ өйдөөбүтэ – кини оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан хоһоон тылын тоҕо ыараханнык ылыммытын. Дьиҥэр, тылын-өһүн иҥэн-тоҥон өйдөөтөххө эрэ биирдэ хоһоон өйгөр-санааҕар киирэн олохсуйар эбит.

Онус кылааска ахсаан уруога буола турара. Дьулустаан тэтэрээтин арыйан аат харата суруммута буола олороро. Учуутал ааспыт уруокка барбыт тиэмэлэрин хатылаан баран оҕолорго холобуру суоттуурга сорудахтаабыта. Уол, улаханнык өйдөөбөтөх буолан, аахайбатаҕа. Бииргэ үөрэнэр оҕолоро араас эрчиллиилэри суоттууллара, ким эрэ дуоскаҕа тахсара. Математиканы сэҥээрэн үөрэтэр оҕолор илиилэрэ күөрэҥнээн олороро. Кинигэтин ыйыллыбыт сирэйин арыйбыта, учуутал эппит сорудаҕын нүөмэрин булбута уонна аат харата тэтэрээтигэр устубута. Кылаас «математиктара» ким эмэ сыыһа хоруйдаатаҕына өссө айманаллара. Оттон Дьулустаан онтон олох ыраах этэ, хата умсугуйан туран үөрэнэ олорор доҕотторун уруһуйдаан барбыта. Учуутал хараҕа ахсаан суоттуурга кыһаммакка, бэйэтин эйгэтигэр олорор Дьулустааҥҥа хатаммыта. Кини уустук тиэмэни быһаарарыгар кыһаллыбакка уруһуйдуу олорор үөрэнээччиттэн кыһыйа санаабыта.

– Бойтунов Дьулустаан! — диэбитэ кини. Ону эрэ күүппэккэ олорбут уол уруһуйдуурун тохтотон учууталын диэки көрбүтэ. – Эйиэхэ ханнык эппиэт таҕыста? – диэн баран, туох диир эбит диэбиттии, тонолуппакка көрөн турбута.

– Суох… – диэбитэ Дьулустаан, кырдьыгы кистээбэккэ.

– Эн тоҕо бэриллибит сорудаҕы толорбокко атынынан дьарыктана олороҕун? Математика сокуоннарын билбэккэ хайдах үөрэнээри гынаҕын? – дии-дии, учуутала уолга чугаһаабыта.

Кырдьыга Дьулустаан ахсаан уруогун төрүт сэҥээрбэтэ. Кини, биллэн турар, учууталын иннигэр буруйдаах курдук туттара, ол эрээри олоҕун ахсааны кытары ситимнээбэтин чопчу билэрэ.

Үөрэххэ туттарсыы

Оскуоланы бүтэрэр сыллара үүммүтэ. Дьулустаан ханнык да үлэттэн толлон турбат буола улааппыта, оччотооҕу тыа сирин оҕото сатыырын барытын кыайара. Ордук уһанарын, бултуурун уонна туох-хайа иннинэ уруһуйдуурун ордороро. Убайдара Тохман Үөһээ Бүлүүгэ Бараахап аатынан оскуолаҕа черчение учууталынан үлэлии сылдьан биирдэ игирэлэртэн ыйыппыта:

– Ньургустаан, ханна туттарсаҕын?

– Учуутал буолар баҕа санаалаахпын, онон манна икки сыл үлэлээн баран туттарсыам, – диэн биирэ эрэллээхтик хардарбыта.

Убайын хараҕа кыра быраатыгар сыҕарыйбыта:

– Оттон, Дьулустаан, эн ханна туттарсаҕын? – диэн буоларын курдук уруһуйдуу олорор уолтан ыйыппыта.

Дьулустаан убайын диэки кылап гына көрөн ылбыта уонна уруһуйдуурун тохтоппокко:

– Билбэтим, – диэн биир тылынан хардарбыта.

Тохман, оҕо эрдэҕиттэн бырааттарын иннигэр эппиэтинэһи сүгэ үөрэммит, кинилэргэ аҕаларын солбуйбут буолан, идэлэрин талалларыгар эмиэ сүбэ-соргу биэрбитэ.

– Эн мин үөрэммит училищебар туттарыс. Онно туттарсарга туох ирдэнэрин барытын этиэм, үөрэтиэм, – диэбитэ.

Дьэ уонна Дьулустааҥҥа построение хайдах буолуохтааҕын, постановка диэн тугун быһааран, үөрэтэн-такайан барбыта. Анал үөрэхтээх киһи билэрэ-көрөрө элбэҕэ, быраатыгар үгүһү сүбэлээбитэ, уруһуй кистэлэҥнэрин арыйбыта. Ол үөрэҕэ барыта Дьулустаан устудьуон аатын сүгэригэр улахан төһүү буолбута. 

Сэбиэскэй кэмҥэ «оскуола – производство – үрдүк үөрэх» диэн ирдэбил баара. Ол чэрчитинэн оскуоланы бүтэрээччилэр араас салааларга икки сыл үлэлээн баран биирдэ үөрэххэ туттарса бараллара. Дьулустаан оскуола кэнниттэн тута үөрэххэ туттарса барарыгар кини оскуола олоҕор көхтөөх кыттыыта, уруһуйдуура көмөлөспүтэ.

Училище

Ойуулуур-дьүһүннүүр училищеҕа бэрт улахан тургутууну сиирэ-халты ааһан бастакы кууруска үөрэнэ киирбитэ. Күн курустук мичээрдиир күһүн бастакы күннэригэр устудьуон аатын сүгэн Дьокуускай куоракка кэлбитэ. Үөрэххэ туттарсыбытынааҕар үөрэнэр быдан ыарахан этэ. Кини бииргэ үөрэнэр оҕолорун кытары бастакы көрсүһүүтүгэр кыргыттар уруһуйдуулларыттан улаханнык соһуйбута. Кини дойдутугар кыыс үлүһүйэн уруһуйдуу олорорун биирдэ даҕаны көрбөтөҕө. Оттон манна бииргэ үөрэнэр кыргыттара олус үчүгэйдик уруһуйдуулларын көрөн сөхпүтэ. Айылҕа биэрбит талаанынан илиигин араарбакка төһө баҕарар уруһуйдаа – син биир үөрэх наада эбитин бигэтик өйдөөбүтэ. Кыргыттар эрдэ уруһуй оскуолатыгар үөрэммиттэрэ тута биллэрэ, сорудахтары бэрт кэбэҕэстик толороллоро. Ол кыргыттар училище кэнниттэн Репин, Суриков аатынан институттарга үөрэхтэрин үрдэтиммиттэрэ. Дьулустаан бу күүстээх уруһуйдьуттар тахсар куурустарыгар үөрэммитин билигин да үтүөтүк саныыр. Оҕо оҕоттон үөрэнэр дииллэринии, Дьулустаан бииргэ үөрэммит оҕолоруттан элбэххэ үөрэммитэ. Дойдутугар уруһуйдуур оҕолорго аналлаах оскуолаҕа үөрэммэтэҕэ улахан охсуулааҕын устудьуон буолан баран билбитэ. 

Аармыйа

Сэбиэскэй кэм уолаттарыгар ытык иэһи толоруу дьиҥнээх эр киһи буолуу кыһатыгар тэҥнээҕэ. «Служу Советскому Союзу» диэн тыллары иһиттэҕинэ, Дьулустааҥҥа хайдах эрэ киэн туттуу, дойдуга бэриниилээх буолуу тыына киирэн өйүн-сүрэҕин өрүкүтэрэ. Оскуола сылларыттан аармыйаҕа ыҥырылларын долгуйа күүтэрэ. Убайа: «Наһаа ыстаҥалаама, онно тиийдэххинэ эйигин кэһэтиэхтэрэ», – диирэ. Уол онно итэҕэйбэт этэ, кини хайаан даҕаны Аҕа дойдутун иннигэр ытык иэһин төлүүр санаалааҕа.

Бастакы кууруска үөрэнэ сырыттаҕына, саас бэбиэскэ тигинээн кэлбитэ. Оо, онно үөрбүтүөн! Оҕо сааһын ыра санаата туолан, аармыйа кэккэтигэр сулууспалыы аттаммыта. Дьэ онно тиийэн баран билбитэ, били, күөх экранынан көстөр аармыйаҕа буолбакка, чыҥха атын дьиҥнээх олох оскуолатыгар түбэспитин. Үөрэнэ сырыттахтарына: «Куһаҕан бэрээдэктээх, дьиссипилиинэтэ суох буоллаххытына, Монголияҕа ыытыахпыт», – диэн куттууллара. Оччоҕуна нуучча, кавказ уолаттара уйаларыгар уу киирэрэ. Алта ыйдаах үөрэх кэннэ Дьулустааны Монголияҕа баар чааска санбат медбратынан ыыппыттара. Онно тиийэн баран бииргэ үөрэммит уолаттара туох иһин бу дойдуттан толлоллорун уонна тоҕо ким даҕаны бу истиэпкэ кэлиэн баҕарбатын этинэн-хаанынан өйдөөбүтэ – олус тыйыс айылҕалааҕа, тохтоло суох үрэр сытыы тымныы тыаллааҕа.

Сулууспатын бастакы сылын кэнниттэн Дьулустаан быыс булла даҕаны уруһуйдуур буолбута, онно усулуобуйа баар буолан инникитин хартыына буолуохтаах элбэх торумун оҥорбута. Икки сыл сулууспалаабыт Монголиятын сирэ-дойдута, дириҥ силистээх-мутуктаах историята кэлин Дьулустаан Бойтунов айар үлэтин биир хайысхата буолбуттара.

Ытык иэһин төлөөн кэлэн баран, үөрэҕин салҕаабыта. Урут бииргэ үөрэммит оҕолоро номнуо бүтэрээри сылдьаллара. Оттон саҥа кууруһугар бииргэ үөрэнэр устудьуоннара, киниэхэ тэҥнээтэххэ, саастарынан даҕаны, олоҕу көрүүлэринэн, өйдөрүнэн-санааларынан даҕаны оҕотуктара. Сорохтор, ахсыс кылаас кэнниттэн киирбиттэр, саастарынан кыралара, онус да кэнниттэн киирбиттэр кини санаатыгар улдьаа дьон этилэр. Дьулустаан саҥа кууруһун оҕолоругар тэҥнээтэххэ, кини олох оскуолатын ааһан буспут-хаппыт, номнуо өйүн туппут, дьоһуннаммыт киһи этэ. Саҥа бөлөххө Людмила Даниловна Слепцова уһуйбутун умнубат. Дьулустаан училищены салгыы үрдүк үөрэх кыһатыгар туттарсар санаалаах бүтэрбитэ.

Институт

Худуоһунньук буолар баҕалаах эдэр киһи Красноярскайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр судаарыстыбаннай институкка туттарсан киирбитэ. Туохха да аралдьыйбакка, бэл, тус олоҕун кытары умнан туран ойуулуур-дьүһүннүүр искусство муҥурун булларбатах дириҥ далайыгар умсубута. Үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнии маҥнай судургута суох этэ. Дьулустаан санаатыгар, киэҥ сир дьоно билиилэрин-көрүүлэрин, сатабылларын таһыма лаппа үрдүк курдуга. Бииргэ үөрэнэр оҕолорун үлэлэрин көрөн уруһуйдууллара тоҕо бэрдэй дии саныыра. Ол эрээри айылҕаттан бэриллибит уруһуйдьут дьоҕурдаах саха уола киһи эрэ кэрэхсии көрүөх хатыламмат хартыыналарыгар сүрүн баттаппатаҕа, төттөрүтүн өссө кыһаллан, билбэтин үөрэтэн, иллэҥ кэмин барытын хартыына ойуулааһыныгар анаабыта. Дьаныардаах үлэтин түмүгэр үһүс-төрдүс куурустарга үчүгэйдик уруһуйдуур үөлээннээхтэрин ситэ баттаан ылбыта, оттон бүтэрэр сылыгар Дьулустаан Бойтунов үлэлэрэ бастыҥнар кэккэлэригэр киирбитэ.

Институту бүтэрэригэр ойулаабыт хартыынатын Дьулустаан кынат анньыммыт үөрэҕин кыһатыгар бэлэх ууммута. Уһуйааччылара олус үөрбүттэрэ. Аҕыйах сыллааҕыта үөрэммит кыһатыгар киирэ сылдьан институт биир саамай көстөр миэстэтигэр кини бэлэхтээбит хартыыната ыйанан турарын көрөн соһуйбута. Өссө сөҕүөн иһин хартыына кырааската хаппакка, уларыйбакка турара. 

Академия

Институту бүтэрээт, Санкт-Петербурдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр академия аспирантуратыгар туттарсарга быһаарыммыта. Онуоха институт уһуйааччылара, биллиилээх худуоһунньуктар Дьулустаан ураты дьоҕурун бэлиэтии көрөн, ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа бэйэтин аатын ааттатар инникилээх эдэр киһи тахсан иһэригэр итэҕэйбиттэрэ уонна институтунан эрэ муҥурдаммакка үөрэҕин академияҕа салгыырыгар сүбэлээбиттэрэ тирэх буолбута. Олоҕун искусствоны кытары ситимнииргэ бигэтик быһаарыммыт буолан, Дьулустаан хотугу киин куоракка айаннаабыта.

СанктПетербурдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр академия аспирантуратыгар институт кэнниттэн тута киирэр ыарахан этэ, ону ааһан институт кэннэ тута ылбаттара. Онон академия Красноярскайдааҕы салаатыгар төннөн туттарсарга санаммыта, онно Санкт-Петербуртан кэлэн үлэлии сылдьар уһуйааччы элбэҕэ. Дьулустаан профессор, РСФСР норуодунай худуоһунньуга, кэлин Россия ойуулуур-дьүһүннүүр академиятын вице-президенэ буолбут Анатолий Павлович Левитины кытары билсиһэн, кинини кытары сибээһи тутан үлэлэһэргэ кэпсэппитэ.

Саха сиригэр төннөн кэлэн үс сыл тухары илиитин араарбакка уруһуйдаабыта. Үлэлэрин барытын профессорга почтанан ыытан иһэрэ уонна, хоруй күүтэн, дьиэтигэр киирэн иһэн почта дьааһыгын арыйан көрөрө. Биир күн хас да сурук быыһыттан саамай күүтэр кэмбиэрин – Санкт-Петербуртан кэлбит суругу булан ылбыта. Олус сылаалаах күн аастар даҕаны, ааҕа охсоору кирилиэһи хайдах дабайан тахсыбытын өйдөөбөккө да хаалбыта. Дьиэтигэр киирээт, кэмбиэри арыйбыта. Профессор суругар Дьулустаан ыыппыт хартыыналарын графикатын ырыппыт этэ.

Анатолий Павлович суруга хатыылаах тыллардааҕа… Дорооболоһор күүһүрдүү бэлиэтин кэнниттэн Дьулустаан күнү-түүнү аахсыбакка сүрэҕин-быарын, иэйиитин барытын ууран ойуу­лаан таһаарбыт хартыыналарын улаханнык кириитикэлээбит этэ. «Маннык үлэлиир буоллаххына, академияҕа киирэргэ сананыма даҕаны. Иллэҥ кэмҥин барытын уруһуйга эрэ аныахтааххын, уруһуй эрэ туһунан толкуйдуохтааххын, атыны барытын умнуохтааххын!» диэн сытыы тыллар Дьулустааҥҥа адьас ыраас халлааҥҥа этиҥ ньиргийэрин тэҥэ буолбуттара. Дьулустаан профессорга үксэ натюрморт, пейзаж суруйан ыыталаабыта. Ааспыт суругар дойдубар тахсан балыктаан киирдим диэн суруйбутугар ити хоруй кэллэҕэ… Саха киһитэ айылҕата суох сатаммата биллэр. Оттон айар киһиэхэ кириитикэ хайаан даҕаны баар буолуохтаах, итэҕэстэри ыйар тыллар кэмигэр этиллэллэрэ улахан суолталаах. Хас биирдии киһи кириитикэни, ырытыныы тустуһунаннык ылынар. Ким эрэ самныбакка салгыы сайдар, кынаттанан тахсар. Оттон ким эрэ ыарахан тыллардаах ырытыыны уйбакка уостар, симэлийэр аакка барар, кыната сарбыллар… Дьиҥэр, кириитикэ алҕастары көннөрөр, айар киһи маастарыстыбатын чочуйар аналлаах.

Сотору кэминэн Дьулустаан эмиэ хас да уруһуйун торумун ыыталаабыта. Ол аайы бу мөлтөхтүк бэриллибит, бу мөлтөх ити итэҕэс диэн хоруй кэлэн иһэрэ. «Саха өһөс – оҕото өссө ньоҕой» диэн өс хоһооно этэринии, Дьулустаан Бойтунов үс сылы быһа илиитин араарбакка, уруһуйунан эрэ олорбута. Аспирантураҕа туттарсар күнэ-дьыла чугаһаабыта, профессор, төһө да мөхтөр, Бойтунов аспирантураҕа туттарсан киирэригэр сүрэҕинэн-быарынан ыалдьара.

Ити курдук үс сыллаах тургутууну ааһан, аспирантураҕа туттарсан киирбитэ. Үөрэнэ сылдьан пейзаж, мэтириэт ойуутугар охтубута. Бүтэрэригэр түөрт улахан хартыынаны уруһуйдаабыта. Кандидат аатын-суолун чиэстээхтик көмүскээбитин кэннэ профессор Дьулустааны ыҥыран ылан:

– Үлэлэриҥ бэркэ табылыннылар, киһи хараҕын үөрдэллэр, – диэн оргууй саҕалаабыта. – Дьулустаан, бу хартыыналаргын академияҕа хааллар, – диэбитэ уонна кырдьаҕас худуоһунньук эдэр худуоһунньугу утары көрбүтэ.

Дьулустаан соһуччута бэрдиттэн туох да диэн булбатаҕа, арай, хартыыналарыттан букатыннаахтык арахсарын санаан, сүрэҕэ ытырбахтаабыта.

– Биир хартыынаны хаалларыахтаах этибит буолбатах дуо? – диэт, профессор диэки көрбүтэ.

– Мин эйигин өйдүүбүн. Хартыынаҕын харыһыйарыҥ сөп, ол эрээри эн үлэлэриҥ быыстапкаҕа туруох тустаахтар, оччоҕо эрэ искусствоны үөрэтээччилэр харахтарын далыгар сылдьыаҕа. Оттон дойдугар илдьэ бардаххына, кимиэхэ да биллибэккэ-көстүбэккэ сытыахтара.

Ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа худуоһунньук үлэтэ быыстапканан сыаналанар. Оттон атаҕар саҥа туран эрэр киһиэхэ улахан быыстапкалары тута тэрийэр, биллэн турар, ыарахан. Онон профессор кини хартыыналарын академияҕа хааллартарбыта Дьулустаан үлэлэрэ үрдүк таһымнаах быыстапкаларга кытталларыгар кыаҕы биэрбитэ. Чахчы академияҕа хаалбыт хартыыналара кэнники худуоһунньук үлэтэ үрдүктүк сыаналанарыгар төһүү буолбуттара, элбэх диплому, мэтээли аҕалбыттара. Итиэннэ, саамай сүрүнэ, Саха сиригэр Дьулустаан Бойтунов диэн ураты буочардаах худуоһунньук аата дорҕоонноохтук ааттаммыта.

Хойут Дьулустаан Афанасьевич институт кэнниттэн тута академияҕа ылбаттарын сөпкө гыналлар эбит диэн өйдөөбүтэ. Худуоһунньук институт кэнниттэн буочарын чочуйар, хайыс­хатын булар туһугар кырата үс сыл уруһуйдуохтаах. Билигин бастакы үлэлэрин көрдөҕүнэ: «Оо, арыый атыннык да оҥоруох баара», – диэн сонньуйан ылар. Дьыл-хонук аастаҕын аайы уруһуйдуур буочар эмиэ уларыйар, биир сиргэ турбат. Сүрүнэ, ол буочар тупсан, сайдан иһиэхтээх.

«Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан»

1997 сыллаахха «Бичик» кинигэ кыһатыгар Саха норуодунай суруйааччыта Николай Алексеевич Лугинов «Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан» романын бастакы чааһа күн сирин көрбүтэ саха литературатыгар улахан хамсааһыны таһаарбыта. Түҥ былыргы кэми сэгэтэн, историяҕа хаалбыт Чыҥыс Хаан баһылыктаах татаар-монголлар улуу империяларын туһунан трилогия иллюстрациятын Дьулустаан Бойтунов оҥорбута. 

90с сыллар ортолоругар Николай Лугинов романын рукопиһын аҕалан биэрбитин аахпыта. Кинигэни ааҕан, ис хоһоонун өйдөөн баран, үлэтин саҕалаабыта. Ромаҥҥа ойууланар Монголия истиэбин ойуулуурга Дьулустаан, аармыйаҕа сылдьан ол дойду айылҕатын уруһуйдаабыт, олохтоох норуоту кытары алтыспыт буолан, улаханнык ыарырҕаппатаҕа. Рукопиһы болҕойон ааҕан, айымньыны иҥэринэн «Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан» роман бастакы кинигэтигэр үлэлээн барбыта. Кинигэ тахсыбытын кэннэ тоҕо эрэ онно киирбит уруһуйдарын сөбүлээбэтэҕэ. Суруйааччы бу сүдү айымньытынан уруһуйдарын хайдах ылыммыта буолуой диэн ыйытыы кинини ордук долгуппута. Николай Алексеевич кинигэтин сүрэхтэниитигэр Дьулустаан Афанасьевиһы Монголияҕа илдьэ барбыта уонна онно Чыҥыс Хааҥҥа киирбит үлэлэрин быыстапкатын туруорбута. Роман иккис кинигэтэ тахсарыгар Николай Лугинов ыҥыран ылан салгыы уруһуйдаа диэн көрдөспүтэ. Иккис, үһүс кинигэлэргэ табыллан туран үлэлээбитэ. Бу трилогияҕа кини сүүстэн тахса уруһуйу оҥорбута, хартыыналара барыта санаа хоту табыллан улахан быыстапкаларга кыттыбыттара.

Быыстапканы көрө кэлбит Монголия олохтоохторо ордук аттар дьүһүйүллүбүт үлэлэрин олус сөбүлээбиттэрэ. Быыстапкаҕа турбут тоҕус хартыынаны көрдөһөн илдьэ хаалбыттара. Төһө да харыһыйдар, хаттаан уруһуйдуом диэн санаатын уоскутуммута. Ол эрээри хартыынаны хатылыыр диэн бэйэтэ туспа дьикти. Хартыына худуоһунньук кутун-сүрүн ууран, кичэйэн ойуулаабытыттан, сүрэх иэйиититтэн айыллан тахсар. Оттон ону хатылаан уруһуйдуур олус уустук. Дьулустаан Афанасьевич хартыыналарын иккистээн уруһуйдаабыта эрээри, бастакы хартыыналарыгар тиэрдибэтэҕэ, санаатыгар хайдах эрэ тыына суох буолан тахсыбыттара. Хатылааһын аата хатылааһын буоллаҕа…

Надежда Ильина
Чолбон. – 2024. – №2