(Оҕолорго)
Туундараҕа биһиги нимэ-дьиэбитин дулҕалар тулалыыллар.
Бүгүн кинилэр арбаҕар бэйэлэрэ хайдах эрэ тарааммыт, нарыламмыт курдук көстөллөр. Соторутааҕыта аҕай ибирдээн ааспыт ардах дулҕалар от баттахтарын үчүгэй парикмахер кэриэтэ уурбут-туппут курдук ньалҕаарыччы тараан кэбиспит.
Мин инибин кытары дулҕаларынан сүүрэн сырса оонньуубут.
Онуоха хайабыт халтарыйбатах – охтубут киһини үстэ сүүскэ тыгар диэн кэһиллибэт үгэстээхпит.
Мин оонньуу сылдьан үктэммит дулҕам иҥнэҥнээн, тулуйумуна, оҕуттум.
Иним, хата, үөрүү бөҕө. Буолумуна! Мин, дьиҥэр, үксүгэр соруйан даҕаны охтобун. Тоҕо диэ? Инибин оргууй аҕай да тыктахпына, киһим салгыы оонньууртан аккаастанар!..
Урдаах, дулҕалаах туундараҕа уонна өссө кимниин оонньуоҥ баарай?
Бу охто сытан арай кыһыылаах дулҕам төрдүн көрбүтүм, киэҥ баҕайы дьөлөҕөс хаһыллыбыт. Онно илиибин уган көрбүтүм, бэйэлээх бэйэм тарбахтарым нөҥүө өттүттэн, Уот Уһутаакы биэс төбөтүнүү, субу тахсан кэллилэр, хамсаан-имсээн бөҕө!.. Онуоха бары көрбүт киинэлэрбин, ол иһигэр Гарри Поттерга биир эбэтэр үс төбөлөөх моҕойдор эриллэ оонньуулларын өйдүү биэрдим.
Биһиэхэ, туундараҕа, маннык дьөлөҕөстөөх үрдүк хайаны көрбүт киһи ньии! Оонньуурга дэлэлээх сэргэх, көрүдьүөс буолуох этэ дуо? Биһиэхэ, туундараҕа, тымныынан аҥкыйар хайа хаспаҕын, көҥүһүн… эбэтэр, Уот садаҕа моҕой, сытыы кылыс курдук тиистээх баабыр эбэтэр… сэлии баарын дьөрү көрүөҥ суоҕа…
Манна даҕатан эттэххэ, биһиэхэ, кырса хорооно быдан элбэх, ол эрээри, олор наһаа кыараҕастар: илиигин уктаххына, онтон сыччах сүүмэх түүнү ороон ылыаҥ…
Иним кулгаахпар сыыгынаата:
– Сүүскүн тоһуй, доо!
Оттон мин сытан эрэ саныыбын: «Оо, бу ким дулҕаны дьөллөҕөй? Баҕар, бу кистэлэҥнээх сир буолаарай… баҕар, үспүйүөн кистэлэҥ ороҕо буолуо!..»
– Убаай, чэ, сүүскүн тоһуй эрэ! – иним тулуйбакка санныбыттан тардыалыыр.
– Сөп, итиннэ мин тарбахтарбын көрөҕүн дуо? – диэн кини омунун уҕарытардыы ыйытабын, тарбахтарбын имиллэҥнэтэбин.
– Ханна? Уой, тугуй бу? Эн хастыҥ дуо? Тоҕо?
Һэ, кыракый оҕолор өрүү элбэх ыйытыылаахтар. Кыра буоланнар, улахан убайдар билэллэрин букатын билбэттэр, оройдоппоттор!
– Бу! – «дьөлөҕөстөн» тарбахпын ороот, дулҕаны таптайдым. – Манна, арааһа, үспүйүөннэр бэстилиэттэрэ кистэммит быһыылаах!
Иним барахсан, сирэйдэригэр сэлээппэлэрин умса тардыммыт үспүйүөннэр илэ-чахчы ханна эрэ манна, чугас саспыттар дии санаата быһыылаах, өс киирбэх тула өттүн көрүннэ, онтон өйдөммүттүү, тэбэнэттээхтик күллэ:
– Ээ, эн бэйэҥ ол-бу үспүйүөннэри оҥорон көрөҕүн, Гарри Поттер баара! Хата, сүүскүн тоһуй!
– Ону баҕас, чэ, ситиһиэҥ. Ыл, көрүүй: кутуйах ороҕо бөҕө! Арааһа, биир үйэ, баҕар, онтон да үгүс сүүһүнэн сыл кутуйах хас да көлүөнэтэ манан хонууга аһыы барбыта эбэтэр өстөөхтөрүттэн куоппута буолуо!
Иним сирэйин бэрт дьоһуннук туттан кутуйах ороҕун баттыалаан барда.
– Бу суоллара наһаа кытаанах дии: манан оттор былыр-былыргыттан сытар, үүнэн турар курдуктар… Аҕабыныын кутуйах орохторун көрбүттээхпит. Аҕам орох үрдүгэр оттор кырыыһа курдук сытар буоллахтарына, ол суол быйылгы диэбитэ дии.
– Оннук дуо? – диэн мин соһуйдум. – Аҕам оннугу миэхэ өссө кэпсии илигэ!
Мин турдум уонна дулҕабыттан орох түмүктэнэр сирин көрөн баран:
– Ороххо манан от чарапчы көстүбэт. Оччотугар, аҕам сөпкө этэр эбит: бу ыллык чахчы өрдөөҥҥү эбит! – диэтим.
Иним соһуйан улаханнык саҥа аллайда:
– Тоҕо орох ол дулҕаны тиийэн эргийбитий, оттон маны дьөлөҕөстөөбүтүй?!
«Ону дьэ мин билэбиин!» дии санаатым. Кыра киһиэхэ ону-маны быһааран биэрэр дөбөҥ дии санаат, кутан-симэн барабын:
– Бүгүҥҥү кутуйах хос-хос эһэтэ тутааччы эбит!
– Ээ, кырдьык оннук, – диэн иним төбөтүн кэҕиҥнэтэр. – Мин тэлэбиисэринэн хайаҕа массыына уонна паровоз сылдьарыгар аналлаах дьөлөҕөһү хайдах оҥороллорун көрбүтүм! Эн эмиэ миэхэ ону кэпсээбитиҥ эбээт, мин ону умна иликпин ээ!
– Арай, ээ, ол кутуйахтар уордаах хос-хос эһэлэрэ буоллун? – диибин мин эбэн. – Кини киҥнээх-нардаах эбит: сүүрэн испит, сүүрэн испит уонна дулҕаҕа кэтиллэн, сүүһүнэн сааллан үөхсэн турбут, устунан дулҕаны кэбийэн барбыт. Ол иһин бу маны оҥордоҕо!
Иним сэҥээрэн миэхэ утары олорунан кэбистэ уонна дулҕаны өҥөйөн көрдө:
– Ээ, суох, ол да буоллар, тутааччы да эбитэ буолуо: олус тупсаҕайдык оҥорбут дии!
– Эбэтэр, – диэн салгыы эттим, – баҕар, биир эрэ кутуйах буолбакка, хаһыа да буолан, үөрүнэн сырсыбыттара буолаарай? Тиҥ-тас! Бары сүүстэринэн дулҕаҕа охсуллаат: «Чэйиҥ, дэгиэ тыҥырахтаах мэкчиргэттэн уонна кырса кытаанах тиистэриттэн түргэнник куотар туһуттан, холлороону дьөлө хаһыаҕыҥ! Ол быдан үчүгэй, оттон уонна ыалларбыт ымсыырыахтара дии! Кинилэргэ сытыйбыт оттоох дулҕаларыттан атын туох баар буолуой?» диэтэхтэрэ. Онон, дулҕаны дьөлө хаһарга быһаарыннахтара буолуо, ээ!
– Оо, олус сөпкө быһаарыммыттар, – диэн иним саҥа аллайар. – Мин да кутуйах эбитим буоллар, быыһанаары, итинник дьаһаныам эбитэ буолуо: сири аннынан холлорооҥҥо дьылыс гына киирэн, саһан хааллахпына, ким миигин өйдөөн-дьүүллээн көрүөй? Мин утуйар орон буолаҕар бырдахтан быыһанар итинник албастаахпын дии!
Наһаа да тобуллаҕас толкуйдаах киһичээҥҥин, иним барахсан! Бу кэмҥэ мин өйбөр арай биир санаа бырдах кэлэн түспүтүнүү көтөн түстэ уонна ааста. Баҕар ол – өйдөтөн биэрии буолуо, баҕар…
– Баҕар, бу – кыайыы аана – аарка буолуо! – диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла.
– Ээ, кыайыы аана, аарка дуо? – диэн сыыгынаата иним. – Ол аата тугуй?
Дьэ мин бу сырыыга өрөгөйдөөтүм! Төһөтүн да иһин, иним барахсан бастакы кылаас оҕото буолаахтаатаҕа… Оттон мин – үһүс кылаас үөрэнээччитэбин!
– Оннук, бу кыайыы аана, аарка! – диэн эрэллээхтик хардардым. – Аарканы бэйэлэрин өстөөхтөрүн кыайдахтарына туталлар! Онон маннык эбит: бу күннээх, дулҕалаах хонуучааны арааһа, ыаллара, сытыйбыт от олохтоохторо бэркэ диэн сөбүлээбит буолуохтаахтар. Бэйэҥ да толкуйдаан көр: кинилэр сытыйбыт оттоохтор, ол да иһин онно инчэҕэй уонна үгүс ыарыы баар буолар. Оттон манна күннээх уонна дулҕата үгүс. Биһиэхэ хайа элбэҕинии, дулҕа хайыр курдук. Ол да иһин, Сытыйбыт Оттор ыраахтааҕылара Күннээх Хонуучаан олохтоохторун сэриилииргэ сананнаҕа!
Иним саамай үчүгэй истээччи. Бу да сырыыга бэркэ сэҥээрэн, миигин быспакка истэр.
– Онон, Сытыйбыт Оттор ыраахтааҕылара бэйэтин сэриитин хамсаттаҕа: тааҥкалар бардахтара, көтөр ааллара көттөхтөрө, бүлүмүөттэр, аптамааттар быыстала суох тачыгыраатахтара, халлааҥҥа ракеталар өрө чуһууран аҕай биэрдэхтэрэ! Буруо-тараа, атомнай дэлби тэптэрии бөҕө… Сэрии уота бэл, күнү, халлааны көстүбэт оҥордоҕо. Олус хараҥа буолан, олохтоохтор илиилэригэр банаардар уоттара сандааран биэрдэҕэ. Ол гынан баран, Күннээх Хонуучаан олохтоохторо быар куустан олорботохторо: кинилэр аҕа баһылыктара ыаллара кимэн киириэхтээхтэрин эрдэттэн билбитэ.
– Ол аата, разведчиктар эттэхтэрэ дии! – диэн, иним миигин быһа түстэ уонна омунуттан атаҕар тура тэбиннэ. – Мин Күннээх Хонуучаан аҕа баһылыга буолуом… Мин, мин буолуом!
Итиниэхэ тугу гыныаҥ баарай: кыра аата кыра. Кинини киһи атаҕастыа суохтаах буоллаҕа, төттөрүтүн, алы гынар ордук.
– Үчүгэй! Эн аҕа баһылык буол, ол эрээри, эн сэрииҥ сэбилэниитэ тугуй, дьонуҥ кимнээҕий?
– Тааҥкалар, көтөр ааллар, бүлүмүөттэр, аптамааттар уонна саамай күүстээх, улахан ракеталар!
– Эс, оччоҕо эн хотторуоҥ дии! – диэтим мин. – Эйиэхэ саллааттарыҥ, лүөччүктэриҥ, танкистарыҥ суохтар дии, сыччах иччитэх тааҥкаларынан уонна көтөр аалларынан тугу кыайыаҥый?
Иним хомойбуттуу:
– Эйиэхэ эмиэ лүөччүктэр суохтар дии! Эн бэйэҥ эппитиҥ: тааҥкалар бардылар, көтөр ааллар көттүлэр диэн, – диэтэ.
– Хайдах суох буолуохтарай, бааллар, – диэтим мин холкутук. – Тааҥканы ыытар дьон баар буолан тааҥкалар бардылар, көтөр аалы көтүтээччилэр иһирдьэ олорор буолан, көтөр ааллар көттүлэр диэн эттэҕим дии.
– Ээ! – диэн иним өрүкүйэ түстэ. – Оччоҕо миэхэ эмиэ тааҥкалар барыахтара, көтөр ааллар көтүөхтэрэ уонна элбиих-элбэх саллаат мустан маннык ытыахтара, көр! Мин эйигин кыайдым уонна бу дулҕаҕа а…а… оҥордум.
Иним киһи эрэ ымманыйыах курдук минньигэстик, ааттаһардыы мин диэки көрөн кэбистэ.
– Кыайыы аарката! – диэн көмөлөһөн этэн биэрдим. Тоҕо диэтэххэ, кини итинник көрдөҕүнэ, маннык имигэс, тобуллаҕас толкуйдаах, миигинниин тэҥҥэ оонньуур, муҥура суох ыралаах инилээхпин диэн мин олус үөрэбин.
– Ээ, сөп, кыайыы аарката! – диэн мин этэн биэрбиппин иним иилэ хабан ылла, өрө ыстаҥалаата.
– Хайдах эрэ бэрт түргэнник кыайдыҥ дии, – диэтим мин. – Сэрии сэп-сэбиргэл, уу, килиэп бүтүөр диэри өссө уһуннук буолуон сөп!
– Чэ, олор аҕыйах да буоллуннар! – диэтэ иним.
– Килиэп уонна уу дуо? – диэн, мин син биир кыайардыы, онтон хойутуу түһэн баран кыайтарардыы быһаарынным. Ааҕааччы, бэйэҥ да билэҕин: убай киһи инигэ тута кыайтарарын сөбүлээбэт! Онон эттим:
– Биһиги аччыктааммыт кыайан сэриилэһиэхпит суоҕа дии!
– Бухатыыр Эдьилвиэй курдук оҕунан ытыалаһыахпыт буоллаҕа! Дьэ дуо! – иним мин диэки кыайбыттыы көрөн кэбистэ: ытыалаһыыга мин кыайтарар үгэстээхпин. Тоҕотун эһиги бэйэҕит билэҕит… Ол эрээри, эмискэ тахсар суолу буллум:
– Ээ, хата маннык дьаһаныахха: бэйэ-бэйэбитигэр элбэх түгэннэри тута кэпсээн иһиэххэ, сөп?
– Чэ буоллун даҕаны, эн эппитиҥ курдук буоллун, – диэмэхтээтэ иним. – Ол эрээри, эн кэпсээ, онтон мин – салҕыам.
Мин кэпсээним маннык буолла: Сытыйбыт Оттор ыраахтааҕылара «Щелкунчик» диэн киинэҕэ баар кутуйахтар хоруолларын курдук, үс төбөлөөх эбит. Ол да иһин кини барыларыттан элбэхтик Сытыйбыт Оттор никсик, инчэҕэй салгыннарынан тыынар эбит.
Арай биирдэ кини Күннээх Хонуучаан баһылыгын оҕунан ытарга дуэльга ыҥырбыт. Мин, Сытыйбыт Оттор ыраахтааҕылара буоламмын, миэхэ ох саа баара. Онон гранатомет курдук эстэр, бэргэнник ытар аптаах көмүс охпун ыллым. Эн, Күннээх Хонуучаан бас-көс киһитэ тахсан, сити дулҕа аттыгар турбутуҥ кэннэ, мин ытан кууһуннардым!
– Эн миигин таппатыҥ! Таппатыҥ! – диэн иним саҥа аллайда.
– Биллэн турар, таппатым, – диэн сөбүлэстим эрээри…
– Суох, чэ, эн миигин тап эрэ, – диэтэ иним. – Ох эстибэккэ, миигиттэн тэйдэ. Тоҕо диэтэххэ, бөҕөргөтүнүүм тааҥкаттан да кытаанах этэ.
Кини кыайбыта биллэн, мин сүүспүн тоһуйан биэрэргэ күһэлинним…
Иним миигин кыайан, миигинниин дулҕалар быыстарынан балачча уһуннук оонньоото. Оттон эн, күндү ааҕааччы, курдары хаһыллыбыт дулҕаны көрдөххүнэ, өйдөөн кэбис: онно кутуйахтар ыраахтааҕыларын, аҕа быһылыктарын, күбүрүнээтэрдэрин кимиилээх киирсиилэрэ буолан ааспыт диэн.
Николай Курилов
Нууччалыыттан сахалыы Жанна Леонтьева тылбаастаата