Дьолу көрсө көтүү

(Худуоһунньук Иннокентий Корякин саҥа быыстапкатыгар бэлиэтээһиннэр)

Саха сирин аныгы искусствотын биир чаҕылхай сирэйинэн, айар суолун чопчу туппут, норуот билэр уонна сөбүлүүр ойууһутунан Иннокентий Корякин буолар. Ааспыт сыл бүтүүтэ, билиҥҥи быыһык кэмҥэ дьон хаайтаран, тууйуллан, кэрэни, сырдыгы, ырааһы ирдиир тоҕоостоох кэмигэр, Россия Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Иннокентий Иннокентьевич Корякин тус быыстапката күндү бэлэх буолла.

Олохтон, тулалыыр эйгэттэн дуоһуйууну, чугас дьонтон, доҕоттортон өйөбүлү ылан, айар үлэҕэ ураты ыллыгы арыйан, көрөөччү сэҥээриитин ылан киниэхэ астыныыны, үөрүүнү бэлэхтиир бу – ойууһут дьоло. Алгыс ылбыт кэриэтэ сырдаан, сүргэлиин көтөҕүллэн, дуоһуйан, үөрэн-көтөн дьолунан сыдьаайан тахсыы – бу барыта Иннокентий Корякин айар быыстапкатын көрбүт дьон туруга. Олохтон кэрэни, кэскиллээҕи, ырааһы эрэ туойуу – кини айар үлэтин биир туспа көстүүтэ. Саха олоҕун, төрүт дьарыгын, сиэрин-туомун көрдөрөр сахалыы сэмэй эйгэлээх, көнө майгылаах, сырдык сыдьаайдаах сүрүн геройдаах хартыыналар санаа иһинэн киирэн, дууһаны таарыйан, көрөөччүнү үөрдэллэр, дьоллууллар.

Иннокентий Корякин – бэрт таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар саха билиҥҥи живописеһа. Ол туоһута быыстапкаҕа эрдэтээҥҥи хартыыналарын сэргэ саҥа үлэлэрэ турдулар.

Кини айар уратыта сүрүннээн сюжеттаах хартыынаҕа табыллан арыллар: саха эйгэтэ, булт, олоҕу туойуу. Ону тэҥэ ойууһут айар таһыма үрдээбитин кини киһини дириҥник толкуйдатар, санаа ситимин сайыннарар бөлүһүөктүү, историялыы уонна этнографиялыы хабааннаах үлэлэргэ хайысхаламмыта көрдөрөр. Саха норуотун долгутар, симэлийии куттала суоһуу быһыытыйар көстүүлэрин биллэ-биллибэтинэн үтэн-анньан көрөн, ханалытыы ньыматын туһанан хартыына композициятыгар кистии-саба таайтарыылаахтык этитэн, сатабыллаахтык көрөөччүгэ тиэрдэр. Ол курдук «Охчуттар» (2019) айымньыта үс көлүөнэ ситимин уонна эр киһи олоҕун үс кэрчик кэмин кэпсиир. Аҕа диэн үрдүктүк тутуллар өйдөбүлү, Сир ийэ тула өттүттэн көмүскэллээх буоларын, олох суола эриэн-дьураа, эрийэ-буруйа субулларын, сырдык-хараҥа охсуһуутун, итэҕэтиилээхтик арыйбыт. Айымньыны сиһилии көрдөххө, саха туттар сэбэ-сэбиргэлэ: ох саа, оноҕос, саха кыыннаах быһаҕа, быата-өтүүтэ эр киһи сааһыгар сөп түбэһиннэрэн дьүөрэлии ойууламмыт. Манна ох саанан эдэрэ эдэр курдук оноҕоһун ыта охсубут, орто саастаах эр киһи сыалын кыҥаан, сыыспаттыы туһаайбыт, кырдьаҕас аа-дьуо ыараҥнатан тугу таба ытыаҕын толкуйдуур. Итинэн ойууһут дохсун эдэр сааһы, модун орто сааһы, дьоһун кырдьыыны көрдөрөр.

Иннокентий Корякин көрөөччүгэ эрэл кыымын саҕар, дьон хараҕын арыйар, хамсанарга төрүөт биэрэр күүстээх айымньылардаах. «Алаас хотуна» (2018) айымньыга саха сүөһүтүн быстыбат быатын, сайдар суолга киирбитин сайыҥҥы кэминэн, кыыс оҕонон сирэйдээн тиэрдэр. Манна саха дууһатын таарыйар түптэ унаар буруотун сыта-сымара кытта биллэргэ дылы. Хас биирдии киһиэхэ эбэ уус илиитинэн тигиллибит ыаҕайаҕа тапталлыбыт араҕас арыы, үрүлүйэ сүүрэр үрүҥ илгэ толору кутуллубут иһиттэр – бу барыта ыраас тыынынан илгийэр алыптаах хартыыналар.

Олорон ааспыт өбүгэлэрин, эбэтэр үһүйээннэргэ баар уобарастары бэйэтин көрүүтүнэн чаҕылхайдык, дууһаны таарыйар гына итэҕэтиилээхтик арыйар. Кини сорох айымньылара норуот историятын, культуратын кэнчээри ыччакка тиэрдэргэ, үөрэтэргэ көмөлөһүөн сөптөөхтөр. Иннокентий Корякин айар талаанын күүһэ төрөппүттэриттэн, икки биллэр аймах өттүттэн бэриллибитигэр сытар. Аҕатын өттүнэн Чурапчы Мэлдьэхситин Корякиннар аҕа уустарын сыдьааннара, ийэтинэн Таатта Слепцовтара, Игнатьевтара. Таатта уонна Чурапчы – Үөһээ Айыылартан тартарыылаах саха омук сүдү дьоно уутуйан үөскээбит сирдэрэ. «Өбүгэлэрим мэтириэттэрэ» (2018) диэн үлэтигэр кини ийэтин өттүнэн эһэлээх эбэтин сэбэрэлэрин үйэтиппит. Бу хартыынатыгар ойууһут көрөөччүгэ өбүгэлэрин сырдык мөссүөннэрин итэҕэтиилээхтик биэрэр сыалтан «гризайль» ньыматын туһаммыт. Ол аата биир өҥү дьүөрэлээн, өҥү оонньотон дьон болҕомтотун сүрүн геройдарга туһаайар. Таатта үрэх үрдүгэр аар хатыҥ анныгар ат баайар бүтэй күрүө аттыгар Иннокентий өбүгэлэрэ Балапааттар тураллара көстөр. Саха историятын кэрэһилиир источниктарга Балапааттар дьиэ кэргэнинэн хаартыскаларыгар (1905), кини кыргыттарын мөрсүөннээх хаартыскаларга (1902), (И.В. Попов түһэриилэрэ) Иннокентий Корякин хос эбэтэ сахалыы таҥастаах, илин-кэлин кэбиһэрдээх түспүтэ баар. Сабаҕалааһын быһыытынан эттэххэ, ол киэргэллэр билигин Германия уонна Америка музейдарын пуондаларыгар харалла сытар буолуохтарын сөп. Бу эбэтэ кэлин туспа уобарас быһыытынан Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» арамааныгар киирбитэ. Бу арамааҥҥа сиһилии ойууламмыт, ахтыллыбыт алаастар, сыһыылар Иннокентий төрүттэрэ олорон ааспыт сирдэрэ буолаллар.

Айылҕа тэтимин, дьыл кэмнэрин, төрөөбүт айылҕаҕа сыһыаны, олох салҕанар хаамыытын арыйар хартыыналары киһи дуоһуйа, астына ылынар. Ойууһут хас биирдии кэмин кырааска көмөтүнэн дьыл туругар, бэлиэ түгэҥҥэ сөп түбэһиннэрэн көрөөччүгэ тиэрдэр. Сааскы кэм чаҕыла, ыраас халлаана, салгыннаах тыала, үөр туллук күргүөмэ «Дьолу көрсө көтүү» (2019), «Атастыылар» (2008) үлэлэргэ көстөр. Онтон «Дьоллоох киһи» (2015), «Кэтэһиилээх саас» (2018) күүтүүлээх сааскы булт кэмин долгуйа арыйаллар. Иннокентий Корякин илгийэр сылаас ардах ибирдээх, сырылас куйаастаах сайыны киһи сүргэтэ көтөҕүллэр, үөрүү-дьол амтаннаах «Кыра боотур» (2020), «Атаах боотур» (2018), «Дьикти түүл» (2016) диэн үлэлэргэ көрдөрөр. Сайыҥҥы күүстээх үлэ үмүрүйүүтэ, саха эр дьонун байанайдаах булт угуйар дьикти күүһэ «Күһүҥҥү сарсыарда» (2013), «Бокуруоп хаара» (2009), «Баай Байанай алгыстаах» (2016) диэн үлэлэргэ ойууланар. Туруору субуллар буруолаах, туналыйар туманнаах, бурҕаҥнас тыыннаах Сахабыт сирин тыйыс тымныытын туһунан «Ыйдаҥалаах түүн» (2019), «Тыйыс дойду» (2016) үлэлэр кэпсииллэр. Дьыл кэмин арыйар үлэлэрэ ойууһут ис туруга чарааһын, кини айылҕаҕа сыһыанын, долгуйар иэйиитин маннык көрдөрөллөр: сааскылыы сэгэйэ, мичийэ, сайыҥҥылыы сыралыйа-сырдыы, күһүҥҥүлүү күлэ-үөрэ, кыһыҥҥылыы нус-хас тыйыстык.

Ойууһут төрөөбүт дойдутугар ураты таптала, айылҕа харыстабыла, сир, айылҕа баайыгар сөптөөх, кэмнээх сыһыан маннык пейзажнай былааннаах үлэлэригэр көстөр: «Аргыстар» (2018), «Күнү көрсө» (2019).

Дьоллоох олоҕу тэринии, саха сэмэй быһыыта, дьахтар уонна эр киһи истиҥ сыһыана, дьоллоох дьиэ кэргэн түһэ «Таптал» (2019), «Кэргэн кэпсэтии» (2019), «Сааскы кэм» (2019) хартыыналарга арыллар. Бу хартыыналар саха дьахтарга харыстабыллаах, убаастабыллаах сыһыанын, кыыс оҕо кэрэтин туойаллар. Дьиэ кэргэҥҥэ эр киһи дурда-хахха, эркин курдук өйөбүл буолара дьэҥкэтик көстөр. Таптал иэйиитэ, дьахтар эр киһи истиҥ сыһыана Густав Климт «Уураһыы» хартыынатын санатар, ааптар ону сахатытан айбыта дьикти, кэрэ, истиҥ.

Иннокентий Корякин айар үлэтин биир сүрүн тиэмэтэ – Байанай. Саха искусствотыгар бигэргэтиллибит биир халыып Байанай сэбэрэтэ суох, хас биирдии ойууһут айымньылаах көрүүтүнэн салайтаран бу уобараһы арыйар. Ол курдук скульптор Николай Огонеров «Байанай» үлэтэ Корякин көрүүтүгэр чугас, майгыннаһар диэххэ сөп. Ол төрүөтүнэн бу икки ойууһут Красноярскай ойуулуур-дьүһүннүүр кыһатыгар уһуйуллубуттарыттан буолуон сөп. «Баай барыылаах Баай Байанай» (2020) үлэтигэр ааптар Байанайы дьоһун көстүүлээх, суор сирдьиттээх, лөкөй арыаллаах, сур бөрө аргыстаах, аастыйбыт дьүһүннээх гына көрдөрөр. Булка сылдьыы сиэрэ-туома, аҕа уол оҕону уһуйуута, булка сыһыарыыта, удьуор ситимэ, көлүөнэ салҕаныыта «Муҥха алгыһа» (2020), «Күһүҥҥү сарсыарда» (2013), «Атастыылар» (2008), «Эдэр булчут», «Булчут үүтээнэ» (2020), «Кэтэһиилээх саас» (2018), о.д.а. айымньыларга көстөр. Күүстээх аҥаар сэҥээриитин ылар уонна болҕомтотун тардар «Булчут түүлэ» (2017) – алыптаах үлэ. Булчут үксэ ыырын буллар эрэ биттэнэн, этиттэриилээх түүлү түһүөн баҕарар. Аттыгар эрэллээх аргыһа, доҕоро булчут ыта кини уутун уйгуурдумаары кэтиир-маныыр. Иннокентий Корякин Байанай тиэмэтигэр үлэлэрэ аал уокка сүгүрүйүү, Байанай алгыһын, сиэрдээх быһыы туһунан көрөөччүгэ билиһиннэрэллэр. Холобур, кини «Мин эйгэм» (2017) диэн автопортретыгар ытыктыыр кыыллара, көтөрдөрө бааллара, Байанай тыына илгийэрэ ойууһут булка ураты сыһыанын туоһулуур.

Ааспыт кэм быыһын сэгэтэн көрдөрөрүгэр ааптар ураты көстүүнү туһанар – күн сардаҥата түһүүтүн. Көҕөрөн көстөр сыһыыга кулунчуктар көччүйэ көтөллөр. Билбэттэр кинилэр хаһан эрэ манна кийиит сүктэн кэлбитин. Ону арай кийиит сэргэтэ кэрэһилиир. («Кийиит сэргэтэ», 2020). Биир эрдэтээҥҥи үлэтигэр эмиэ маны туһанан ийэтин мэтириэтин суруйбута. Манна төттөрүтүн күн ийэ бэлиэтэ буолан сардаҥалара үрдүккэ сыдьаайа тыгаллар. Аар хатыҥынан сирэйдээн, таҥара кийиитинэн ханалыта көрдөрөн ийэтин сырдык мөссүөнүн арыйар («Ийэм мэтириэтэ», 2013).

Онтон мэтириэт айымньыларын аныгы уонна ааспыт кэм дьоно, саха дьахтарын уобараһын арыйыы диэн бөлөхтөргө араарыахха сөп. «Эһээм Дмитрий Николаевич сырдык кэриэһигэр» (2015), «Ийэлээх аҕам мэтириэттэрэ» (2020) айымньыларыгар ааптар мэтириэтин оҥороругар күүстээх композиция ньымаларын туһанар. Көрөөччү болҕомтотун тардаары биллэ-биллибэт биир кэлим кэнники фоҥҥа сүрүн геройдарын туппут, иннигэр – өҥнөөх сибэкки дьөрбөтө. Онтон саха аныгы дьахталлара «Далбар Хотун» (2017), «Ирина» (2020) диэн үлэлэригэр сүрүннээн кэргэнин уобараһын нөҥүө бэриллэллэр. «Далбар Хотуҥҥа» кыһыҥҥы дьыл кэмин сылаас кыраасканан биэрбитэ хартыынаны дьикти тыынныыр. Корякин айар үлэтигэр сырдык, ыраас өҥнөрү таба туһанан, хартыыналара ис-истэриттэн угуйар күүстээхтэр. Аныгы дьон уобараһа чаҕылхай өҥнөрдөөх, киһи болҕомтотун тардар «Оторой-моторой уолаттарым» (2017) мэтириэттии үлэҕэ көстөр. Эрчимнээх, тэтимнээх, аныгы олох уолаттара ааспыт кэм кэрэһиттэрэ – мас маллар, иһит-хомуос аттыгар тураллара – көлүөнэ быстыспат ситимин, олох салҕанар күүһүн, ыччат өбүгэ үгэһин умнубакка улаатарын, силиһигэр-төрдүгэр ытыктабылын, төрүттэрин күүстээх алгыстара кинилэри куруук арыаллыы сылдьарын туоһута.

Иннокентий Корякин айымньы тутулун күүһүрдэр, күүркэтэр көстүүлэри уонна аптаах туругу биэрэр ньыманы кыайа туттар. Ол, холобура, ыйааһына суох дайа көтөр тэлээрии, эрийэ субуллар дьикти алыптаах буруо – «Дьолу көрсө көтүү» (2019), «Дьэдьэнньит кыыс» (2020), «Таптал» (2019) үлэлэргэ көстөр.

Корякин айар үлэтигэр туһунан пейзаж эбэтэр натюрморт үлэлэр суохтарын кэриэтэ. Пейзажтыҥы хартыыналарыгар хайаатар да са-халыы тыыны киллэрэн биэрэн ойуулуура кини ураты буочарын биир көстүүтэ буолар («Эдэр булчут»). Натюрморка арай аҕатын Иннокентий Дмитриевич суруйар буочарын санатар «Баай Байанай бэлэҕэ» (2020) үлэтэ баар. Остуолга тайах муоһугар кичэллээхтик ууруллубут хара тыа бэлэҕэ ойууһут ийэ айылҕаҕа истиҥ сыһыанын көрдөрөр. Ааптар аҕатыттан талаанын, алгыһын уонна аҕатын атастарын – аатырбыт саха ойууһуттарын үтүө санааларын иҥэринэн ситими дьоһуннук салгыы сылдьара «Муҥха» (2016) хартыынатыттан илэ чахчы (дипломнай үлэтэ) көстөр.

Иннокентий Корякин үгүс айымньыта, сахалыы тыыннаах буолан, элбэх хоһооҥҥо, айымньыга дьүөрэлии: саха тыйыс айылҕата, итэҕэли кытта сибээстээх Байанай, саха ытык көтөрө суор уобараһа, ырыаҕа ылланар кэрэ айылҕа, дьыл бары кэмин көстүүтэ. Бу барыта инникитин саха искусствота (уус-уран ойуу-дьүһүн, литература, музыка) бэйэ-бэйэтин ситэрсэн сайдарыгар тирэх буолуо диэн эрэнэбин.

Иннокентий Корякин билигин айар үлэ үөһүгэр сылдьар. Онон маастартан өссө да дьон-сэргэ кутун-сүрүн таарыйар дьоһун айымньылары күүтэбит.

                                                                            Варвара Заровняева-Күндүүлэ

                                                                                                    «Чолбон» 2-с №-рэ, 2021

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар