Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Ыстатыйалар » Дьоллоох Дьокуускай дьоһун тутааччыта

Дьоллоох Дьокуускай дьоһун тутааччыта


Россияҕа Үлэ сылыгар сурунаалбытыгар быйыл 97 сааһын туолар номоххо киирбит тутааччы, Социалистыы Үлэ Геройа Михаил Семенович Сергеев туһунан суруйарга сорудах ылан, аадырыһын ыйдараммын, атырдьах ыйын биир үтүө күнүгэр ытык кырдьаҕастыын сэһэргэһэ диэн сайылыгар тиийбитим. Михаил Семенович бэс чагда быыһыгар ыраас салгыннаах кэрэ сиргэ сайылаан олорор эбит. Улахан ааттаах-суоллаах ытык кырдьаҕас тэлгэһэтигэр бэс туораахтарын үктүү-үктүү сэрэнэн киирбиппэр аан бастаан кыыһа Екатерина Михайловна көрсүбүтэ уонна аҕатын ыҥырбытыгар кырыйдар даҕаны көбүс-көнө уҥуохтаах оҕонньор киһи сэмэйдик туттан утары тахсыбыта. Михаил Сергеевич бастакы тылыттан, хамсаныытыттан сырдык айылгылааҕа өтө көстөрө, миигин ордук урут хаһан эрэ бииргэ үлэлээбит дьонун аатын-суолун умнубакка өйүгэр хатаан сылдьара, эдэр эрдэҕинээҕитин күн бэҕэһээ буолбут курдук өйдүүрэ сөхтөрбүтэ.

Киһи олорор, үлэлиир эйгэтэ сөптөөх буоллаҕына, саҥа саҕалааһыннара, өйө-санаата дьэҥкэ буолара саарбаҕа суох. Оннук эйгэни оҥорооччулартан биирдэстэрэ – тутааччылар. Кинилэр баар буолан, бар дьон дьиэлээх-уоттаах, үлэлиир тэрилтэлээх, сынньанар сирдээх. Дьокуускай куораппыт тутуутугар олоҕун 39 сылын анаан, мас дьиэлэртэн саҕалаан билигин куораппыт килбэйэр киинигэр – Ленин проспегар киһи астына көрөр дьиэлэрин кичэйэн-хачайан, дууһатын ууран тутуспут киһинэн Михаил Семенович Сергеев буолар.

Кини 1926 сыллаахха алтынньы 6 күнүгэр Өлүөхүмэ улууһун Кээччитигэр күн сирин көрбүт. Аҕата Семен Прокопьевич Миша түөрт саастааҕар, оттон ийэтэ сэттэ сыл буолан баран сэлликтэн өлөөхтөөбүттэр. Түөрт тулаайах хаалбыт оҕону кииринньэҥ аҕалара оҕо дьиэтигэр туттарбакка ыалларга биэртэлээбит. «Мантан ыла саҕаламмыта мин аас-туор олоҕум», – диэн ахтар Михаил Семенович. Холустук сыһыаннаспыт, суос-соҕотоҕун олорор иитиллибит оҕонньорун үтүө айылгылаах ытык кырдьаҕас: «Билигин кинини киһи туох да диэн хомуруйбат, кураан дьыллар саҕаланан, ас-үөл кырыымчыга, ыарахан кэмнэр этэ», – диэн быһаарар. Ыарахан үлэ диэн тугун 13 сааһыттан түөрт сыл устата холкуос бааһыналарыгар үлэлиэҕиттэн ыла билбит. 1943 сыллаахха 17 сааһын туолуута кини дьолугар тулаайах оҕолору идэлиир ФЗО (фабрично-заводское обучение) үөрэҕин тэрилтэтиттэн сүүмэрдии кэлбиттэр. Миша онно ылыллан ыарахан олох ытарчатыттан, дьэ, төлө көппүт.

Тутааччы идэлэригэр үөрэтэр бастакы үөрэх тэрилтэтэ Дзержинскэй уулуссатын 17-гэр билигин Оҕо спорт оскуолата буолан турар биир этээстээх мас дьиэҕэ баара. Мас ууһа, буочука оҥорооччу идэлэригэр кыргыттар эмиэ үөрэнэллэрэ. Ити сылларга Михаил кэлин тутууга биир иллээх биригээдэ буолан үлэлээбит уолаттара Михаил Алексеевтыын (сэттэ оҕолоох ыалтан сэрии сылларыгар төрөппүттэрэ, бииргэ төрөөбүттэрэ өлөн, чороҥ соҕотох ордон хаалбыт) уонна Михаил Федотовтыын (7-с кылаас кэннэ оҕо дьиэтиттэн үөрэнэ кэлбит) билсэн доҕордоспут. Ити кэмҥэ ФЗО-ҕа барыта 200 оҕо үөрэммит.

Биир сыллаах үөрэхтэрэ үксүн үлэ үөһүгэр ааспыт – дьиэ тутуутугар үлэлии-үлэлии идэлэрин баһылаабыттар. Бастакы тутуспут дьиэтэ – билиҥҥи ГАВС утары турбут икки этээстээх мас дьиэ. Ол дьиэ көтүллүбүтэ ырааппыт. Оннук дьиэни оччолорго алта ыйтан саҕалаан сылы быһа да тутуохтарын сөбө. Дьокуускайга сорохторо билигин даҕаны турар икки этээстээх мас дьиэлэри тутууга үөрэхтэрин саҥа бүтэрбит уолаттар төбөлөрүн оройунан түспүттэрэ. Тутуу үлэтэ барыта  кэриэтэ илиинэн барара. Механизация 1950 сыллаахха «Пионер» диэн кыракый, түөрт киһи аа-дьуо көтөҕөр кырааннара кэлиэҕиттэн баар буолбут. Буруус маһы иккис этээскэ таһаарар кыраан тутааччылар үлэлэрин кэмигэр улаханнык чэпчэппит. Маннык дьиэлэри 1972 сыллаахха диэри туппуттар. Онтон Мохсоҕоллооххо сиэмэни оҥорууну баһылааннар, улахан панель дьиэлэри тутууга көһөллөр. «Дьэ маннык дьиэлэри тутуу бастакы икки сылларыгар түннүк холуодаларын оҥоруу таҥара накааһын курдук үлэ этэ», – диэн ахтар Михаил Семенович. –  Саҥа саҕалааһын буолан, панеллар хаачыстыбалара мөлтөҕө, бетон итинэн-манан быга сылдьара».

Эдэр тутааччылар үлэлиир «Якутстрой» тэрилтэлэрин Саха сиригэр атахха турар тутуулары бастакынан олоххо киллэрбит Ефим Жорницкай салайара. Кини омугунан еврей этэ, Саха сиригэр 1937 сыллаахха кэлбит. 1938 сыллаахха «Якутстройтрест» бэдэрээккэ хонтуоратын начаалынньыгынан анаммыт, 1941 сылтан трест управляющайа. Кини үлэлиир сылларыгар буруус дьиэни 40 күн иһигэр, кэлин икки этээстээх, 1000 кубометр иэннээх мас дьиэни 12 күн иһигэр тутар буолбуттар, хаптаһыны хайыттарыыны, тутуу маһын таҥастааһыны сайыннарбыттар, кирпииччэ оҥорор собуот баар буолбут. Ефим Львович тутуу идэтигэр үөрэтэр кыһа баар буолуохтаах диэн туруорсан, ФЗО-ну арыйтарбыт. Онон Михаил Сергеевич курдук тулаайах оҕолор идэлэнэн, Саха сирин киин куоратын тутуһар дьолго тиксибиттэр.

Биирдэ Ефим Львович: «Үлэҕитин кэмигэр бүтэрдэххитинэ, пикабынан хатааһылатыам», – диэбит. Итиэннэ, биллэн турар, эппит тылыгар турбут. Болдьоммут күн сарсыарда эрдэ салайааччылара кыраһыабай бэйэлээх массыынанан кэлэн уопсайдарын таһыгар кэтэһэн турар эбит. Ол саҕана киинэҕэ эрэ көрөр массыыналарыгар олорсон, уолаттар саха тэҥэ суох санаммыттар, онно эбиитин Ефим Львович дьиэтигэр илдьэн саха түһээн баттаппатах аһылыгынан тото-хана аһаппыт.

Жорницкай тэрилтэтин үлэһиттэригэр анаан остолобуой астарбыт. Онно собо, сордоҥ миинин иһэллэрин Михаил Семенович күн бүгүҥҥэ диэри күндүтүк саныыр уонна салайааччыта хантан быыс булан барытын тэрийбитин сөҕөр эрэ. Аны кыһын хаатыҥкалара тэстибит, алдьаммыт буоллаҕына, саҥаны ылалларыгар харчы бэрдэрэр эбит. Итинник кыһамньытыгар махтанан трест үлэһиттэрэ бэйэлэрин икки ардыларыгар Ефим Львовиһы аҕабыт диэн ааттыыллара үһү.

«Аляска–Сибирь» салгын аартыгын тутуутугар салайааччынан Жорницкайы анаабыттар. Баара эрэ икки сыл иһигэр «Алсиб» мастарыскыайдарын, гостиницаны, пакгауһу, депо дьиэтин, аэровокзалы туппуттар. Михаил Семенович манна болуотунньуктуурун таһынан, аэровокзал дьиэтигэр бастакы паркеты оҥорууга үлэлэспит.

Ханнык баҕарар үлэҕэ киһи киһиттэн үөрэнэрэ баар суол. Ордук чорботон Михаил Семенович Вяткаттан кэлбит аатырбыт болуотунньук Николай Васильевич Веретенниковы ахтар. «Тоҕус сааһыттан ыла сүгэни туппут болуотунньук биирдэ хараҕын баайтаран баран сүгэни уктаабытыгар, киһи бэйэтин дьыалатын эҥкилэ суохтук баһылыырыттан олус сөхпүтүм. Икки сыл иһигэр киниттэн олус элбэххэ үөрэммитим. Ол үөрэниим кэлин олоҕум устатын тухары көмөлөспүтэ», – диэн махтана ахтар аатырбыт тутааччы.

Таас дьиэлэри тутуу кирпииччэ дьиэлэри тутууттан саҕаламмыт. Оччолорго Саха сиригэр кирпииччэни балай да оҥороллоро. Покровскайга кирпииччэни оҥорор собуот баара. Төһө да таас дьиэ буоллар, болуотунньук үлэтэ хайаан да ирдэнэрэ. Михаил Семенович тутуспут бастакы таас дьиэтэ – 9-с нүөмэрдээх оскуола. Ол кэннэ «Предприятие 14» диэн касса оҥорор тэрилтэ уонна баанньык тутуутугар үлэлэспит. Онтон 2-с №-дээх оскуоланы, Ленин проспегар Обком үлэһиттэригэр аналлаах 18 квартиралаах, Горисполком эппиэттээх үлэһиттэригэр аналлаах 24 квартиралаах, «Холбос» потребкооперация 42 квартиралаах дьиэлэрин, Нуучча драмалыы театрын, универмагы, Гражданпроект, Наука академиятын, бырабыыталыстыба уораҕайдарын тутуспут.

Михаил Андреевич Козлов диэн баай үөрүйэхтээх биригэдьиир салалтатынан бастакы буурдуур вышка тутуутугар кыттыбыт. Үлэлэрин хамыыһыйа туйгун сыанаҕа туппутугар улаханнык үөрбүттэрин кырдьаҕас тутааччы күн бүгүҥҥэ диэри умнубат. Кэлин идэтийбит тутааччы буолан баран, биригэдьиирдэрэ уолаттар саҥаттан саҥа, сонун үлэлэргэ ылсан, бэйэлэригэр эрэллэрэ күүһүрдүн диэн сөбүлэспит диэн өйдөөбүттэр. Тоҕо диэтэххэ, атын биригээдэлэр геологтар этиилэриттэн кыккыраччы аккаастаммыттар эбитэ үһү.

Оттон Михаил Семенович бэйэтэ биригэдьиирдиир кэмигэр кини биригээдэтиттэн алта эдэркээн уол комсомол путевкатынан БАМ тутуутугар «Якутский комсомолец» диэн ааттаах сахалар бастакы этэрээттэригэр киирсэн барбыттар. Дөрүн-дөрүн бу ыччаттарын билсэн, олорор усулуобуйаларын көрөн-истэн, кыһалҕа үөскээтэҕинэ, ону быһаарсан, тиийбэти туруорсан кэлэр эбит.

Бииргэ үлэлиир үс Мэхээлэ күргүөмнээх үлэлэрэ бэлиэтэнэн, утуу-субуу Социалистыы Үлэ Геройдара буолбуттар: Михаил Афанасьевич Федотов 1956, Михаил Федорович Алексеев 1966, Михаил Семенович 1971 сыллаахха. Геройдар кэлин бэйэлэрин икки ардыгар: «Биһигини ааппытынан герой оҥортоотулар дуу, хайдах дуу?» – диэн күлсэллэр эбит.

Биһиги сурунаалбытыгар 1967 сыллаахха Михаил Алексеев, ол кэмҥэ номнуо Социалистыы Үлэ Геройа, Дьокуускайга тутуу үлэтэ хайдах баран иһэрин туһунан иһитиннэриитигэр бар дьону бигэ-таҕа, сырдык-сылаас, тупсаҕай олорор уонна үлэлиир дьиэнэн-уотунан хааччыйар санаанан салайтаран үлэлииллэрин чорботон бэлиэтээбит. Итиэннэ бүтэһик сэттэ сыл иһигэр 50 массыына киирэр гарааһын, килиэп астыыр кэмбинээти, тимир-бетон конструкциялары оҥорор собуот уораҕайын, 64 уонна 24 квартиралаах икки улахан таас дьиэни, 140 миэстэлээх икки оҕо уһуйаанын курдук бөдөҥ тутуулары үлэҕэ киллэрбиттэрин кэпсээбит.

«Алта киһилээх биригээдэбиттэн саамай аҕалара билигин соҕотоҕун хааллым», – диир Михаил Семенович. Кини уһун үйэтин эдэр эрдэҕиттэн табах, арыгы диэҥҥэ сыстыбатаҕын кытта ситимниир. Кэргэнинээн Елизавета Васильевналыын 68 сыл эйэ дэмнээхтик олорон үс оҕоломмуттар. Оҕолоро кыраларыгар Михаил Семенович хамнас эбинээри, үлэтин таһынан дьиэ миэбэлин уонна болуотунньук туттар малларын оҥорон атыылыыр эбит.

Кыыһа Екатерина Михайловна аҕатын туһунан бу курдук кэпсиир: «Аҕабыт нэдиэлэҕэ биир өрөбүлүн бүүс-бүтүннүү биһиэхэ – оҕолоругар аныыра. Хайаан да айылҕаҕа илдьэ тахсара: Күөх Хонууга баран балыктыырбыт, сөтүөлүүрбүт. Аҕабыт балыктыырын наһаа сөбүлүүрэ. Билигин 97-с хаарыгар үктэнэн да олорон сөбүлүүр дьарыгын бырахпат, хайаан да дуоһуйа балыктаан кэлэр. Аны соҕотоҕун бэлисипиэтинэн куорат кытыытыгар бэйэтэ эрэ билэр сирдэригэр тиийэн отонноон, хаптаҕастаан кэлэн, биһигини сир аһынан күндүлүүрэ. Орджоникидзе уулуссатын 46-с нүөмэрдээх дьиэтигэр тутааччылар дьиэ кэргэттэрэ олус иллээхтик олорбуппут, оҕолор бары доҕордуу этибит. Олбуор оҕолоро буоламмыт, үөлээннээхпит Александр Григорьевич Подголов ааттаабытынан, «дворяне» дэнэбит. Аҕам төһө да саастаах киһи буоллар, сырдык санаалаах, олоххо таптала күүһэ бэрт буолан хамсык ыарыытын этэҥҥэ аһаран, билигин чиргэл сылдьарыттан үөрэбин эрэ. Олоҕун устатын тухары сөбүлээн оҥорор хамсаныылардаах, онтун төрүт бырахпакка күн ахсын оҥорор».

Ити курдук, Сахабыт сирин биир ытыктанар киһитэ, тутааччы – Михаил Семенович Сергеев таптыыр идэҕэ бэриниилээх, киһи быһыытынан көнө, сиэрдээх буолуу үтүө холобурун көрдөрө, бигэргэтэ сылдьар.

Туяра Павлова

Чолбон. – 2023. – № 10