Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Поэзия » ДЬИҤ САЙДЫЫГА ДЬУЛУҺУОҔУҤ!

ДЬИҤ САЙДЫЫГА ДЬУЛУҺУОҔУҤ!


Үтүргэннээх
Үйэбитин,
Күөнтэһиилээх
Кэмнэрбитин,
Саарабыллаах
Сайдыыбытын
Ыксатабыт,
Ыктарабыт,
Олохпутун
Оҥостуна,
Кэскилбитин
Кэҥэтиһэ…

Атаскыныын
Аргыстаһар,
Доҕоргунуун
Дойҕохтоһор,
Ыалларгыныын
Ыаһахтаһар,
Тойоттордуун
Токкоолоһор
Тоҕо эрэ
Табыллыбат,
Туохтан эрэ
Туттунабын.

Тылбыт-өспүт
Татыарыйар,
Түҥ үгэспит
Тутахсыйар,
Кэхтэр кэмҥэ
Кичээхтэһэн,
Өһөр күҥҥэ
Өссө түмсэн
Өксөкүлээх
Өйөбүллээх
Кэс тылыттан
Күүс ылыаҕыҥ!
Саха омук
Сатаабата
Суоҕун курдук
Саныаххайыҥ…
Дьаныарынан,
Дьоҕурунан,
Тулуурунан
Туругуран
Аан дойдуга
Аатырыаҕыҥ,
Дьиҥ сайдыыга
Дьулуһуоҕуҥ!


ТУРУОРСАР БАҔАБЫТ ТУОЛУОҔА…
Ил Дархан А.С. Николаевка

Өлүөнэ түллэҥниир түөһүнэн
Өксүөнү тыыраммыт устабыт,
Өркөннөөх күөх урсун үөһүнэн
Өрөгөйдөөх бааллыын тустабыт…

Үс үөстээх Өлүөнэ өрүспүт
Үс саханы арчылыы устар,
Атааны-мөҥүөнү көрсүбүт
Айыы дьоно эйиэхэ мустар…

Эн дьоллоох туонаҕар тутуохпут
Эриэккэс далаһа айаммыт,
Үрүлүйэн үбү булуохпут
Үтүөкэн ыранан байаммыт…

Барҕарыы соргуну биэриэҕэ
Баараҕай муостабыт биһиэхэ,
Туруорсар баҕабыт иэтиэҕэ
Туһалыы хас биирдии киһиэхэ!

УЛУУ ОЛОҤХО ТЫЛА

Төрүт төлкөбүт түспүт
Таптыыр төрөөбүт тылбыт –
Уҕараабат, уостубат
Умсугутуулаах баайбыт…

Өрө көтөр кынаппыт,
Өлбөт-сүппэт саҥабыт –
Сарсыҥҥыга эрэлбит,
Сайдар-үүнэр кэскилбит…

Төрдүн-ууһун ахсарбат,
Тылын-өһүн аахайбат
Атын тыллаах саханы
Атыҥырыыллар аны…

Билиитин кэҥэтинэр
Бастыҥ омук үөрэтэр
Урааҥхай сахам тыла –
Улуу Олоҥхо тыла!

ОЛОХ МУУДАРАҺА

Ийэ үүтүн испит,
Ийэ тылын билбит,
Ийэҕэ иитиллибит
Ирдэммэт иэстээхпит…

Аҕа хаанын ылбыт,
Аҕа суолун талбыт,
Аҕаҕа абылаппыт
Ахсаабат ындыылаахпыт.

Эбээ чиҥ иитиитин
Эҥэрдэһэн өйдүүбүт,
Эһээ дьиҥ үөрэҕин
Эридьиэһин сөҕөбүт.

Ийэ, аҕа майгыта –
Иитии акылаата,
Эбээ, эһээ алгыһа –
Эрэлбит ырата.

СААСКЫ ТҮҮН
АБЫЛАҤА

Эрэҥкэдийэ,
Эрэнэ, күүтэ,
Сааланан-саадахтанан
Сааскы куһу маныыбын.

Иһийэбин,
Иһиллиибин
Кыыгынас кынат тыаһын,
Көтөр-сүүрэр саҥатын…

Дьигиһийэбин,
Дьааһыйабын
Ол эрээри сэргэхтик
Олоробун, бигэтик.

Умсугутар,
Уйадытар
Сааскы түүн абылаҥа –
Сир-дойду уһуктуута…

ТАПТЫЫР КЭРГЭН

Ийэ сирэ киһиэхэ
Ийэ, аҕа кэриэтэ —
Сылааһынан сыдьаайар,
Сырдыгынан сандаарар…

Төрүт буора киһиэхэ
Төрүттэрин кэриэтэ —
Айыылардыы арыаллыыр,
Аргыһынан арчылыыр…

Дьиэтэ-уота киһиэхэ
Дьол уйатын кэриэтэ —
Илгэтинэн илгийэр,
Иэйиитинэн диэлийэр…

Таптыыр кэргэн киһиэхэ
Таҥаратын кэриэтэ —
Тапталынан угуттуур,
Талыы талба олохтуур.

КҮН ААЙЫ ҮЛЭЛИЭХ!

Күн туһата суох
Күнү сүтэримиэх,
Күн иллэҥэ суох
Күн аайы үлэлиэх!

Күн анныгар суох –
Күн курдук кыайыгас,
Баар киһи аймах –
Барыга сыстаҕас!

ҮЛЭНЭН ЭРЭ СИТИҺЭР

Саха киһитэ таптыырын
Саҥарбакка да өйдөтөр,
Сэмэй үйэлээх тапталын
Сүрэҕэр сүһэн сөҥөрдөр…

Саха киһитэ санаатын
Сатаан сааһылаан саҥарар,
Өйө-сүргэтэ баҕартын
Өчөһөн да туран кыайар…

Саха киһитэ кэскилин
Сайдар ыччатыгар көрөр,
Үтүөҕэ үгүс эрэлин
Үлэнэн эрэ ситиһэр!
***
Сардаанаҕа

Сандаарыччы көрбүт
Сардаанабыт өрбүт
Сыалаах эттээх күөһүн –
Сиибит ынах түөһүн…

Сайылыгын санаан
Сардаанабыт анаан
Ахтар-саныыр күөлбүт
Алыһарын үөлбүт…

АЙЫЫ ДЬОНО
КҮӨҺҮН ӨРӨР…

Үлэни, үөрэҕи тэҥҥэ
Үрүлүйбүттэр этэҥҥэ
Дьон туһугар олороллор,
Дьол чороонун толороллор…

Аҕа көлүөнэ алгыырын,
Аныгы ыччат салгыырын
Айыыһыппыт үөрэ көрөр,
Айыы дьоно күөһүн өрөр.

КУЛУН ТУТАР

Силлиэбит
Сирилээтэ,
Ыраас хаарбыт
Ытылынна,
Тэлгэһэбит
Тибилиннэ…

Кулун ааҕар
Кулун тутар
Ыйбыт буолла:
Ыалбыт суола
Көстө сүттэ,
Көмнөх түстэ…

Кубааскайдаах,
Кубулҕаттаах
Кулун тутар
Кубулдьутар:
Күнүн-ыйын
Күн аайытын!

АЛЕКСАНДР ТАРАСОВ

Чолбон. – 2022. – № 6