Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Ыстатыйалар » Далан «Тулаайах оҕо», «Тыгын Дархан» романнарын уус-уран далааһына

Далан «Тулаайах оҕо», «Тыгын Дархан» романнарын уус-уран далааһына


Саха прозата ураты хайысхаланыытыгар, саҥа тиэмэнэн, жанрынан, уобараһынан ба­йарыгар, суруйааччы тус куо­лаһа, позицията бигэргэнэригэр уһулуччу үтүөлээх киһинэн но­руот суруйааччыта, уустук дьылҕалаах саха саарына Василий Семенович Яковлев–Далан буолар. Кини булгуруйбат санаата, далааһыннаах айар үлэтэ саха уус-уран литературатын ис хоһооно дириҥииригэр, суруйар киһи куолаһа дорҕоонноохтук иһиллэригэр, уопсастыба иннигэр тус оруола үрдүүрүгэр ураты суолталаммыта.

Маны тэҥэ кини суруйааччы быһыытынан биир үтүөтэ эрдэ сырдатыллыбатах тиэмэни – кыргыс үйэтин, номоххо киирбит Тыгын Дархан кэмин, уус-уран айымньы матырыйаалыгар киллэрбитэ, онон история жанра үөс­күүрүгэр, сайдарыгар кыах биэрбитэ. Ол курдук, 1983 сыллаахха «Тулаайах оҕо», 1993 сыллаахха «Тыгын Дархан», 1994 сыллаахха «Дьылҕам миэнэ» романнар утуу-субуу ааҕааччы дьүүлүгэр тахсан, дьон-сэргэ сэҥээриитин ылбыттара, ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр эркээйи буолбуттара, суол ыйдаҥардыбыттара, сахаҕа төрүт-уус, силис-мутук туһунан бүөмчү санаалары уһугуннарбыттара.

Далан кырдьык туһугар туруулаһар үйэлээх мөккүөрэ үгүс саха дьонун аймаабыт «Баһаарын дьыалатынан» эдэркээн сааһыгар балыырга түбэһэн хаайыыга барыаҕыттан саҕаламмыта. Василий Семенович төһө да олох уустугун кө­рүстэр, кырдьык суолун тутуһар сырдык соругу ыһыктыбатаҕыттан киһи сөҕөр. Ол идиэйэ кэ­лин кини учуутал буолан үгүс оҕо-ыччат махталын ылбытыгар, педагогика наукатын кандидата буолан учуонай истиэпэни көмүскээбитигэр уонна Далан диэн уһулуччу­лаах суруйааччы буола сириэдийэ үүнэн тахсыытыгар көстөр. Ол да иһин «Дьикти саас» (1978) сэһэнин геройа Кеша Попов доҕотторун кытта – Дьорҕоотоп туһунан кырдьык тахсарыгар кылааннаах санаалары илдьэ сылдьар үтүөкэннээх көлүөнэ оҕолоро. Саха литерату­рата историялыы романынан байыытыгар туспа киэҥ хайысханы ыйбыт айымньылар – «Тулаайах оҕо» уонна «Тыгын Дархан» саха прозатыгар оччолорго бобуулаах Тыгын үйэтин туһунан таайтарыылаах кэм тумарыгын сэгэтэн, саха литературатын саҥалыы тыыннаабыттара, норуот өйө-санаата уһуктарыгар тирэх буолбуттара дьэҥкэ. Оттон бэчээккэ тахсаат да, оччотооҕу уопсастыбаҕа кырдьыгы уот харахха этэн соһуппут «Дьылҕам миэнэ» эссе-романа балыырдаах үйэҕэ олорбут, олох кыһарҕанын көрсүбүт, эрэйи-муҥу сүкпүт саха чулуу дьонун сырдык кэриэстэригэр анаммыт үрдүк суолталаах уус-уран мэҥэ өйдөбүнньүк буолар. Онон Далан курдук аарыма суруйааччы, култуура диэйэтэлин айар үлэтин сыаналааһыҥҥа, ырытыыга кырдьык концепт-өйдөбүлэ дириҥ суолталанар.

Тыгын Дархан уобараһын литератураҕа, тыйаатыр сыанатыгар сырдатыы уустук историялаах. Ол курдук Иван Гоголев-Кындыл «Туймаада сарсыардата» пьесатыгар аан бастаан Тыгын Дархан уобараһын, Лөгөй, Тыгын утарыта турсууларын конфликт быһыытынан көрдөрбүтэ. Бу пьеса идеология хааччаҕын көрсөн, хаста да көннөрүллэн, уларытыллан, суруйааччы айымньы уонча барыйаанын бэлэмнээбитин билэбит. Кындыл айымньыта цензура күөмчүлээһиниттэн маҥнайгы көрүҥүттэн таһыччы атын дьүһүннэммитин-бодоломмутун харааста бэлиэтиир эбит.

Билиҥҥи кэмҥэ «Дыгын Дархан» испэктээк саха тыйаатырын сыанатыгар туран, дьон сэҥээриитин ылбыта. 2020 cыллаахха Никита Аржаков «Тыгын Дархан» киинэтэ киэҥ экраҥҥа тахсан, аан дойду көрөөччүтүн болҕомтотун тардыбыта. «Тулаайах оҕо» туһунан матырыйаал Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын сыанатыгар көс­төр «Хааннаах илкээни», Үҥкүү национальнай тыйаатырын толоруутугар «Ньырбакаан» пластикалыы испэктээктэргэ тирэх буолар. Соторутааҕыта «Тулаайах оҕо» саҥа испэктээк Саха тыйаатырын сыанатыгар турда. 

Оттон 1983 cыллаахха Далан «Тулаайах оҕо» (роман бастакы аата «Бүтэй Бүлүү» диэн этэ) романыгар Тыгын үйэтэ аан бастакынан прозаҕа сырдатыллыбыта хорсун быһыы этэ. Бүтэй Бүлүүгэ олохтоох омуктар – туматтар, тоҥ биистэр, дьирикинэйдэр, чаабыгырдар, саамайдар, майааттар, сахалар уо.д.а. дьылҕаларын кыргыс үйэтин нөҥүө тыктаран көрдөрөр роман аан маҥнай утарсыыны көрсүбүт эбит. Ол саҕана, Тыгын аата да ааттаммат кэмигэр, айымньыны өйдөөбөтөхтөрүттэн ыксаан, нууччалыы подстрочнигын бэлэмнээн, тылбаастыы охсон, маҥнай киин сурунаалларга бэчээттэтэргэ күһэллибиттэр диэн ахталлар. Онуоха нуучча кириитиктэрэ бу айымньы уус-уран сыаннаһын туһунан хайҕал тыллары эппиттэрин кэннэ биирдэ эрэ манна биһиги дьоммут роман сөптөөхтүк сыаналаммытыгар итэҕэйбиттэр. Далан ити курдук оччолорго аата ахтыллара соччо табыгаһа суох Тыгын но­мох буолбут таайтарыылаах уобараһыгар, кини үйэтигэр улам чугаһаабыт эбит. 

Кыргыс үйэтин туһунан иккис роман исто­рик идэлээх суруйааччы элбэх этнография, фольклор, архыып матырыйаалларын ырыҥалаабыт, анаарбыт улахан айар үлэтин түмүгэр уонна уларыйыы быыһык кэмигэр түбэһиннэрэн «Тыгын Дархан» кинигэ буолан, 1993 сыллаахха бэчээттэнэн тахсар.

Тыгын Дархан – саха норуотун төрүттэниитин кэминээҕи Омоҕой, Эллэй уобарастарын тэҥэ ахтыллар норуот номоҕун сүрүн уобараһа. Маныаха архетип диэн өйдөбүлү бэлиэтээн ылар сөп. Архетип диэн аан дойду араас омугар итэҕэлиттэн, сааһыттан, олорор сириттэн-уотуттан тутулуга суох тэҥник ахтыллар үйэлээх, былыргы уобараһы ааттыыллар. Архетиптыҥы сюжеттар, уобарастар Тыгын туһунан норуот үһүйээнигэр эмиэ үгүстүк ыйдаҥаран көстөллөр.

Саха номоҕун дьоруойдара Омоҕой, Эллэй, Тыгын Дархан, Туоҕа Баатыр, Ньырбачаан аан дойду култууратыгар кэпсэнэр, сиһилэнэр дьо­руойдарга уруулуу уобарас буолан, үйэлээх уобарастарга хабаатталлар. Холобура, аан дойду бүттүүнүн култууратыгар уһулуччу суолталаах былыргы грек мифтэрин уобараһын айанньыт геройу (герой пути) көрүөххэ. Геракл, Персей, Тесей, Прометей, Ясон уобарастара киһи олох­томмут бэрээдэги утары барыытын, тутулуга суох санаатын, сайдыытын, хааччаҕы төлө көтүүтүн бэлиэтииллэр. Кинилэр кэриэтэ Эллэй саха култууратыгар бэлиэ суолталаах култуура дьоруойа буолан, олохтоммут майгыны (Омоҕойу) утаран, саҥа эйгэни үөскэтэр. Эллэй кэнниттэн или-эйэни тэрийээччи Тыгын уобараһа эмиэ саха дьонугар айанньыт уобарас быһыытынан сыаналанар. Далан романын дьоруойдара Тыгын Дархан, Ньырбачаан, Туоҕа Баатыр, Даҕанча, Тыаһааны уо.д.а. айан идиэйэтин илдьэ сылдьар уһулуччулаах дьоруойдар буолаллар.

Роман үлүһүтүүлээх үгүс сюжеттан, элбэх персонаж тиһигиттэн турар. Суруйааччы кыргыс былдьаһыктаах кэмнэригэр сыһыаран киһи дьылҕатын, таптал, анал, олох-өлүү бары кыһалҕаларын (проблематикатын) сырдатар. Төрөппүт уонна оҕо, салайааччы уонна норуот, баай уонна дьадаҥы, тойон уонна кулут икки ардынааҕы сыһыан ииччэх-бааччах сюжеттыы хамсааһыныгар олоҕуран арыллан иһэр. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн ромаҥҥа Тыгын Дархан уобараһа суоһар (суостаах?) сэрииһит эрэ буолбакка, уһуну-киэҥи толкуйдуур аҕа баһылык, дьиэ кэргэн аҕата уонна норуот инникитин дириҥэтэн ырыҥалыыр Или (сомоҕолоһууну) тэрийээччи быһыытынан бары өттүттэн эҥкилэ суох киэҥ өрүттээхтик сиһилэнэр.    

 Тыгын Дархан номоххо хоһулларын курдук суостаах-суодаллаах киһи, хаҥаластар аҕа ба­һылыктара, норуотун инникитин толкуйдуур-анаарар дириҥ уобарас. Кини монументальнай баараҕай таһаатын (фигуратын) утары хас да персонаж турар – ол эйэ идиэйэтин туруулаһар Тыаһааны, Кэрэмэс, Майаҕатта уонна Ньыр­ба­чаан буолаллар.

Роман түгэх бөлүһүөктүү идиэйэтин арыйарга хорсун ийэ Ньырбачаан уобараһа ураты күүс­тээх. Кыргыс кэмин иэдээниттэн мүччү туттарбыт бу хорсун тулаайах кыыс Туймаада туонаты­гар үктэнэн, киһи-хара буолар. Кэлин Мунньан Дархаҥҥа кэргэн бэриллэн, үс уол оҕону төрөтөр. Ньырбачаан айанын ааҕааччы «Тулаайах оҕо» романтан сирдэтэн билэр. Сэрии уонна эйэ үйэлээх мөккүөрэ Ньырбачаан уобараһынан арыллар буолан, сэриинэн, күүһүнэн даҕаны или-эйэни тэрийэри утарбат Тыгын Дархан уонна Ньырбачаан утарсыылара олус күүрүүлээх: «Тыгын бэйэтин уолун Кэрэмэһи кэбилээбитин дьиҥнээхтик истэн-билэн баран, Ньырбачааҥҥа аны оҕолорбун аһыныа-харыстыа диэн эрэл кыыма букатын хаалбатаҕа. Оҕолоро суох ийэ диэхтээн – оччоҕо бу күн сиригэр кини олорботоҕо көнө».

Ийэ барахсан кыргыс үйэтин суоһар тыыны­гар утарсыыта, оҕолорун тыыннаах хаалларар, олох олорор мөккүөрэ кини дойдутугар Бүтэй Бүлүүгэ айаныгар көстөр. Тыаһааны удаҕан көрүүлэнэн кини суолун ыйдаҥардан биэрэр: «Ньырбачаан, хотуой, бу дойдуттан тэскилии тат! Мин кутум-сүрүм ымыыта эйигин бу дойдуга сирдээн аҕалбыта. Мин хомуһунум мантан Бүтэй Бүлүү түгэҕэр эмиэ сирдиэ! Онно тиийэн киһи-хара төрдө буолуоҥ! Кытаат, аҕам улуу дьаалы хараҕын уота Үс Үөстээх Улуу Эбэни уҥуордаан, субу тыргыллан кэллэ! Кини кэлиэн иннинэ дьалбарыйа оҕус!»

Маныаха Ньырбачаан сюжета миф дьоруойун сайдыытыгар майгылыыр схеманан арыллар. Тулаайах, соҕотох дьоруой олох үгүс моһолун туораан, күүһүрэн, төлөһүйэн, хатарыллыыны (инициацияны) ааһарын курдук, Ньырбачаан эмиэ Туймаада Эбэ хочотуттан дойдутугар кыайыылаах-хотуулаах төннөр: кини уолаттара Ырыа Быркынаа, Тойук Булгудах, Босхоҥ Бэлгэтии – үс Бүлүү улуустарын төрдүлэрэ-тө­бөлөрө буолан, үс саханы сириэдиппит дьон быһыытынан биллэллэр.

Тыгын улахан кыыһын Тыаһааны удаҕан уобараһа айымньыга эмиэ биир сүрүн ис хоһоонноох. Өскөтүн Ньырбачаан география эйгэтин баһылыыр, ыраах айан өксүөнүн тулуйбут персонаж буоллаҕына, Тыаһааны удаҕан ааспыт, билиҥҥи уонна кэлэр кэми ситимниир ураты айылҕалааҕын быһыытынан таһыма өссө үрдүк уонна бөлүһүөктүү хабааннаах. Маныаха кини аҕатын хааннаах сырыыларын утарар, эйэ идиэйэтин туругурдар уһулуччулаах уобарас буолан Тыгын Дархан сюжетын линиятын күүһүрдэр уонна аҕа – оҕо, сэрии – эйэ утарсыыларын, роман конфлигын ордук чопчулуур аналлаах.

Майаҕатта персонаһыгар тохтуохха. Майаҕат­та Туймаада ыһыаҕар илии-атах оонньуутугар утарсааччыларын хотон, Тыгын мааны кыыһын Айталы Куону «сыһыыттан сылгылаан» илдьэ барбытынан роман саҕаланар. Бу персонажка эр киһи уһулуччулаах тас көрүҥэ, киһи этин-сиинин ойуулуур норуот уус-урана (эстетиката) көстөр. Манна даҕатан эттэххэ, саха фольклоругар киһи этин-сиинин көстүүтүгэр сүрүн суолта биэрэллэр, олоҥхо тиэкиһигэр сир-дойду, дьиэ-уот ойуулааһынын кэннэ бухатыыр тас көрүҥүн, быыппастар быччыҥын, дараҕар сарынын, биэ­кэйэр биилин, дьороҕор сототун ымпыктаан туран ойуулууллар. Чэгиэн эт-сиин хотугу сир уустук усулуобуйатыгар олорор сахаҕа киин өйдөбүллээҕин билэбит. Майаҕатта баараҕай көрүҥэ, бөдөҥө, күүһэ-уоҕа, быыппастар быч­чыҥа сөхтөрөр, дьулатар. Ол гынан баран кини Саха сирин бүттүүнүгэр кистэлэҥ күүс­тээҕинэн аатырар, суон сураҕырар эрээри, күү­һүнэн өҥнүбэт, өттөйбөт, төттөрүтүн киэҥ-хол­ку майгытынан биһирэтэр. Онон Майаҕатта уобараһыгар күүс-уох алдьатар, өлөрөр-өһөрөр өрүтэ буолбакка, айар-тутар, эйэлээх олоххо талаһыы сырдатыллар. Онон кини персонаһа, Кэрэмэһи, Тыаһааныны, Ньырбачааны кытта тэҥҥэ хааннаах кыргыһы утарар, эйэлээх ньир-бааччы олоҕу ордорор, эйэ идиэйэтин илдьэ сылдьар персонажтар кэккэлэригэр киирэр. Бу персонаж – саха айылҕаны кытта ыкса ситимин көрдөрөр хтоникалыы (былыргы) уобарас. Ол да иһин Майаҕаттаны ромаҥҥа буор балыксыт диэн быһаарыы, арааһа, буор саха диэн төрүт өйдөбүлгэ хабааттар буолуохтаах.

Далан, дириҥ билиилээх историк буолан, этнографияҕа, фольклорга сыһыаннаах үгүс матырыйаалы романын ис хоһоонугар сөп тү­бэһиннэрэн табыгастаахтык киллэрбитэ айымньы биир ситиһиитэ буолар (холобура, ыһыах, уруу сиэрэ-туома, Айыыһыты атаа­рыы, дьалыҥ ылыытын туома, Ынахсыт тардыытын туома, ойуун кыырыылара, о.д.а. олус сиһилии, ымпыктаан көстөллөр). Гавриил Ксенофонтов, Георгий Эргис, Иван Березкин суруйууларынан үйэтитиллэн хаалбыт схема-уобарастары өйү-санааны өрүкүтэр персонаж оҥорон, эттээн-сииннээн биэрбитэ олус кэрэхсэбиллээх. Маныаха уос номоҕо буолбут Тыгын уолун Кэрэмэһи кытта утарсыытын туһунан биллэр сюжеты болҕойуохха.

Тыгын уолун Кэрэмэс сырдык тыыны­гар ту­руута олохтоммут бэрээдэги харыстыыр сыал­тан оҥоһуллар суол курдук өйдөнөр. Үгүс миф­кэ биллэр, тарҕаммыт бу матыып аҕа уолун өлөрүүтэ (мотив сыноубийства) Фрезер, Кемп­белл, Фрейд, Юнг чинчийиилэригэр ыры­тыл­лар, грек омук мифологиятыгар былааһын былдьатымаары оҕолорун сиир Хронос (Са­турн) уобараһыгар сыһыаннаан арыллар. Омук национальнай хартыынатыгар космос (бэрээдэк) уонна хаос (ыһыллыы) утарсыыта бу матыып нөҥүө сэһэргэнэр.

Кэрэмэс номоххо киирбит атын ааттара – Муос Уол эбэтэр Таас Уллуҥах. Бу персонаж сюжета эмиэ былыргы мифкэ бэркэ биллэр Ахил­лес историятыгар атылыы. Ол курдук, грек омук номоҕуттан ийэтэ оҕотун уллуҥаҕыттан тутан туран, Стикс өрүс уутугар уган ылбытын түмүгэр батыйаҕа, үҥүүгэ бэриммэт кытаанах, муос курдук эттэммит Ахиллес саамай уйан сирэ уллуҥаҕа (тилэҕэ) буолбутун билэбит. Тыгын уола Таас Уллуҥах бэрт үтүө ыччат, өйүнэн-санаатынан аҕатыттан таһыччы турарын, уонна биир дьикти уратыта диэн кини этэ-сиинэ муос курдук кытаанах эбитин номохтор сэһэргииллэр. Бу матыып Далан романыгар бэрт табыгастаахтык айымньы идиэйэтигэр сыһыары тутуллар – Ньырбачаан уонна Кэрэмэс тапталларын линиятын сайыннарар, Тыаһааны сюжетын дириҥэтэр ис хоһоонноох. 

Миф матыыптарын туһунан таарыччы эт­тэххэ, кэргэни күрэтии матыыба ромаҥҥа эмиэ улахан суолталаах уонна дьоруой уһулуч­чулаах төрөөһүнүн, ураты дьылҕатын бэлиэтиир. Мун­ньан Дархан кэргэнин тоҥус хоһууна дьиэ­титтэн уоран илдьэ барбытын, онтон дьахтар хат сылдьарын билэн баран аара суолга хаал­ларбытын билэбит. Эккирэтэн тиийбит Мунньан Дархан оһоҕостоох ойоҕун (ол оҕо күн сирин көрөн Тыгын Дархан буолуохтаах) аара суолга аарыма мас анныттан булан аҕалар. Бу монголларга Чингисхан кэргэнэ Бөртөнү, хат дьахтары, өстөөхтөрүттэн булан аҕаларын кытта ханыылыы матыып буолар. Аан дойдуга уһулуччулаах уобарастар кэккэлэригэр биир ханыылыы матыып, сюжет көстөрө олус кэрэхсэбиллээх уонна умсугутуулаах. Роман тиэкиһигэр бу үйэлээх сюжеттар субу көстөн кэлэр тыыннаах хартыына буолан ойууланаллара, ааптар соругунан туспа матыыпка, сорукка кии­рэн ситэрсэн-хоторсон биэрэллэрэ, дьүһүн кубулуйаллара, биллэн турар, суруйааччы улахан маастарыстыбатын бэлиэтэ буолар.

Романнар уус-уран эйгэлэрин (уус-уран хронотобу) ойуулааһыҥҥа Далан киэҥ далааһыннаахтык, анаарыылаахтык үлэлээбитэ, айбыта-туппута сэрэйиллэр. Үөлээннээхтэрэ, суруйааччылар ахталларынан кини романы суруйар кэмигэр остуолугар сир-дойду хаартатын тутан олорон суруйар-бичийэр эбит. Ол да иһин киһи киэҥ ыыра, уустук айана кини өйүн-санаатын, сырдык ыратын им бэлиэтэ (символа) буолан бөлөһүөктүү суолтаҕа хабаатталлар. 

Ромаҥҥа уус-уран эйгэ ураты хартыынатын болҕойуохха. Үөрэхтээхтэр киһи аан дойдуну, тулалыыр көстүүнү икки утары өрүт (оппозиция) тиһигин нөҥүө сыаналыыр дииллэр. Холобура: уҥа – хаҥас; үөһэ – аллара; бүтэй – аһаҕас; ыраах – чугас; халлаан – сир, о.д.а. утары турар кэккэ тиһигэ Далан романнарыгар бэлиэ өйдө­бүллэнэр.

«Тулаайах оҕо» ромаҥҥа Бүтэй Бүлүү бас­таан ыраах периферия (кытыы сир) суолталаах уонна хараҥа, түҥкэтэх, хаос эйгэтин курдук ойууланар, бэйэ-бэйэлэрин кытта кыргыһар биис уустар дьылҕаларын көрдөрөргө уус-уран урсун (фон) буолар. Кыргыс үйэтин сокуоннарынан олорор, куруук тэскилиир, куотар, тыын былдьаһар мөккүөргэ сылдьар биис уустар айаннарын суола эмиэ булкуурдаах, ииччэх-бааччах буоллаҕа.

Бүтэй Бүлүүгэ Улуу Туймаада аһаҕас, сыр­дык, сааһыламмыт эйгэтэ утары турар уонна киин (центр) суолталаах. Маныаха сыһыан­наан Или тэрийэр сырдык сыаллаах Тыгын уобараһа аҕатын Мунньан Дархан кэнниттэн түмээччи, мунньааччы, или-эйэни олохтооччу, быһыытынан сырдатыллар. Оттон «Тыгын Дархан» роман бүтүүтүгэр уу нуурал эйгэ уларыйан, Бүтэй Бү­лүү Туймаада эбэҕэ утары суолталанан хаалар – Ньырбачааҥҥа уонна кини үс уолугар аны быы­һаныыны булар, бүтэй, харысхаллаах сир өйдөбүллэнэ түһэр.

Далан ойуулуур саха эйгэтин уһулуччу хартыынатыгар Өлүөнэ өрүс киин миэстэни ылар. Саха сирин хабыллар хаба ортотунан устар Өлүөнэ Эбэ чэрчи, ии, кыраныысса суолталанан, бэйэ киэнэ (свой) уонна туора (чужой) үйэлээх мөккүөрүн, Илин уонна Арҕаа ыксаласпат утарсыытын бэлиэтиир. Ол да курдук норуот но­моҕор Тыгын Дархан уонна Лөгөй Тойон (тэҥ харизмалаах икки чулуу уобарас) ити утарсыы­ны бэлиэтиир буолан, уҥа уонна хаҥас, анараа эҥэр уонна бэтэрээ эҥэр, олох уонна өлүү, эргэ уонна саҥа хаһан да намыраабат мөккүөрүн көрдөрөллөр.

Этэн аһарбыппыт курдук, ромаҥҥа айан идиэ­йэтэ киэҥник туттуллара омоон ыллык, тибилгэн суол, харалҕан аартык уобарастарыгар арыл­лар. Саха култууратыгар айан өйдөбүлэ икки хайысхалааҕын өйдүөххэ. Бастатан туран, айан суола икки сытыары география эйгэтин холбуур, ситимниир. Ол курдук «Тулаайах оҕо» ромаҥҥа хас биирдии персонаж бэйэтэ талбыт суоллаах. Кырачаан Ньырбачааны Бүтэй Бүлүүттэн Туймаада хочотугар аҕалбыт улуу айан суола – өрүс – быыһаныы суолун курдук көс­төр. Роман атын дьоруойа Туоҕа Баатыр эмиэ үрүҥ тыынын өллөйдөнөөрү, быыһанаары Бүлүүгэ сирдиир айан аартыгын – олох суолун тутар. Оттон бу персонажтарга утары хайысхалаах айаны туппут Даҕанча хааннаах илкээни (кро­вавая метка) ыйыытын батыһан, өс-хаан ситиһээри иэстэбил, өлүү суолун талар.

Иккис хайысха – халлааҥҥа тардыһар туруору (вертикальнай) айан. «Тыгын Дархан» роман саҕаланыытыгар Туймаада баһылыга Мунньан Дархан өбүгэлэрин дойдутугар аттаныыта көстөр. Кини Тоҕой Тумул үрдүгэр турбут араҥаһа эмиэ туруору хайысханы, халлааҥҥа, Ытык Үтүгэҥҥэ талаһар айан суолун көрдөрөр: «Былыыр-былыр Саха Урааҥхайдар бу дойдуну булалларыгар түспүт, олохсуйбут Тоҕой Тумул­ларыгар өбүгэлэрин уҥуохтарын таһыгар улахан киһи уунан тиийбэт гына аҕыс атахтаах ара­ҥас охсубуттара». Бакамда оҕонньору («Тулаайах оҕо» роман) сиэнэ Даҕанча өбүгэлэрэ туматтар булгуруйбат үгэстэрин тутуһан, өлөрөн баран уматан кэбиһэр. Халлааҥҥа харбаспыт буруону кытта Бакамда өбүгэлэрин дойдутугар айан­ныыр: «Тууспан кутаа тииттэр чыпчаалларыгар диэри харбаспыта, бэрт сотору Бакамдаттан, кини араҥаһыттан туох да хаалбакка, өрүкүйэр буруо буолан үөһэ көппүтэ, өбүгэлэрин дойдутугар барбыта».

Тыаһааны удаҕан Чочур Мыраан үрдүттэн турбутунан дьабыныгар көтүүтэ эмиэ туруору хайысхалаах айан биир көстүүтэ буолар: «Мин манна аны тардыллыбаппын – ханнык даҕаны хара мэҥ сыстыбатах, тахсан эрэр күн күлүмүн, киирэн эрэр күн килбиэнин курдук ыраас-килбиэн сардаҥалаах саҥа кирбиигэ – сырдык ыраас Дьабыммар көтөбүн».

Айан уус-уран уобарас быһыытынан киһи сай­дыытын, сюжет хамсааһынын, конфликт күү­һүрүүтүн хааччыйар. Айан – куотуу, быыһаныы, иэстэһии, эккирэтии, өлүү сюжетыгар быһаарар оруоллаах, киһи төлкөтүн, үрдүк аналын (миссия) бэлиэтэ буолан Ньырбачаан, ону тэҥэ роман сүрүн дьоруойдарын Тыгын Дархан, Даҕанча, Өрөгөчөй, Тыаһааны, Туоҕа Баатыр уо.д.а. уобарастарын арыйарга көмөлөһөр. «Кини осхордоох-оҥкуллаах Орто Аан Ийэ дойдуну уһаты-туора сыыйбах­тыа турдаҕа, киэҥ сирдэри тилэҕинэн тэнитиэ, айдам аартыктары атаҕынан аймыа буоллаҕа» – диэн киһи аналын туһунан ааптар анаарар.

Айан символа (туос тыы, ахсым ат) сырыы суолун тутуспут дохсун санаалаах персо­наж­тар статустарын бигэргэтэр: «Саха урааҥ­хайдар төгүрүк туйахтаах кыылларын миин­нэхтэринэ туох да тулуспат хоһууттарыгар кубулуйаллара».

Саҥа сирдэри баһылааһын ромаҥҥа эйгэни кэҥэтиини таһынан киһи өйө-санаата, тулуура, кыаҕа сайдарыгар төрүөт буолар ис хоһоон­ноох. Бүлүүгэ көспүт Туоҕа Баатырга саҥа сир саҥа кыаҕы арыйар: «Кимтэн да тутулуга суох, бэйэ баһын билинэр, миэнэ диир сирдээҕэ-уоттаа­ҕа олус да үчүгэй»; «Олохсуйбут, эккиттэн-хааҥҥыттан быстан түспүт сир диэн итинник күндү буоллаҕа. Бу дойдуну хаһан мин ити курдук таптыамый?».Улуу Или тэрийэр Тыгын Дархаҥҥа саҥа сир эмиэ киһи кыаҕа туругуруутун мэктиэлиир: «Оччоҕо саха тыллаах тарҕанан олорор аҕаларын-ийэлэрин уустарын түөрт уон түөрт түллэр түбэлэрин икки ардыгар сибилигин бу кинилэр курдук уонунан сэптээх-сэбиргэллээх боотур дьон харабыллаах эрэ сылдьар оҥойо оспут ыллыктар оннуларыгар харалҕан айан суоллара – айдам аартыктар арыл­лыахтара этэ, ким даҕаны куттаммакка, тар­дыммакка, улуу уустар икки ардыларыгар тиэстиэ этэ».

Дьоруой өлүүтэ матыып быһыытынан айымньыга эмиэ туспа оруоллаах – үйэлэргэ норуот өйүгэр-санаатыгар хаалан хаалыы эбэтэр симэлийии (умнуллуу) роман биир сүрүн проблематиката. Холобура, сорох кириитиктэр «Тулаайах оҕо» ромаҥҥа Даҕанча сюжетын линията кэлин сүтэн хаалар, бу роман табыллыбатах өрүтэ диэн сыаналыыллар. Тумат омук бэрэстэбиитэлэ Даҕанча аҕатын өлөрбүт өстөөхтөрүттэн иэстэһэр санаалаах сонор, өс-саас, кыргыс суолугар турунар. Үгүс ахсааннаах тумат омук туман буолан симэлийиити­нэн холобурдаан, суруйааччы сэрии, өлөрсүү суо­лун талбыт омук эстэр суолга үктэнэр диэн идиэйэни этэр. Онон төттөрүтүн ааптар тумат уола Даҕанча суола туман буолан сүтэн, симэлийэн хааларынан омук эстиитин саамай сөпкө уобарастаан көрдөрбүт дии саныыбын.

Тыгын Дархан норуотун туһугар бэйэтин толук уурбут (мифическая смерть) сюжеттара Дьокуускай куорат остуруок буолан олохтонуутун кытта ситимнэнэн эмиэ ахтыллаллар. Бу эргэ үйэни саҥа үйэ солбуйуутун, атын култуура эпо­хатын биир эпоха сабырыйыытын көрдөрөр мифическай өлүү холобура буолар.  

Норуот дьылҕатын туһунан ырыҥалыыр, тө­рөөбүт тыл, култуура инникитин тымтыктанан көрөр, омук өйүн-санаатын туругурдар кэскиллээх санаалар үөскүүллэригэр суруйааччы айымньылара, кини личноһа дириҥ суолталаахтар. Тыгын Дархан уһулуччулаах кэмэ, история кэрэ номоҕо, кэрэхсэбиллээх дьоруойдар өссө да үгүс сырдык санаалаах, ыраас идиэйэлээх ыччат дьон өйүн өрүкүтүө турдаҕа. Василий Семено­вич Яковлев-Далан айар үлэтэ, кини хаалларбыт баай нэһилиэстибэтэ үгүс ааҕааччыны долгутар, кэлэр көлүөнэ ырытааччыны үлүһүтэр, омугун туһугар сүрэҕинэн-быарынан ыалдьар ыччат сахаҕа холобур буолар үрдүк аналлаах. Чулуу дьон уобараһа үрдүккэ, сырдыкка сирдиир, түмэр күүстээх – саха омук дьылҕатын туһугар олоҕун анаабыт, уран тыл уус-уран маастарын, дириҥ бөлүһүөк-суруйааччы Далан баараҕай аата-суола дьон өйүгэр-санаатыгар кини айбыт-туппут Тыгын Дарханын сүдү мөссүөнүн кытта тэҥҥэ ахтылла туруоҕа.

Саргылана Ноева,
филология наукатын кандидата

Чолбон. – 2023. – 7