***
Киҥкиниир киэҥ халлаан
Кимтэн кииннээх,
Хантан хааннаах,
Кимҥиний эн диэбиттии
Хаһааҥҥытааҕар да намтаан,
Киэппэр кимэн киирэн,
Киһигин дуу,
Киигин дуу диэн
Хам ылан,
Ыанньыйбыт ыар санаатын
Ыараҥнатан аҕалан,
Ынчыктатан ыйыһыннарбыт
Ыас хараҥа түүнүгэр
Көмүскүөх айылаах
Ким да суоҕа.
Бэйэм да суоҕум.
Хараҥа халлаан эрэ баара
Тус толкуйбун туомтуу баайан,
Тута сылдьыбыппын
Туманынан тумнаран,
Тыалынан үрэйэн,
Такырда тымныппыта,
Тыыммын иһиллээри
Тыһыынчанан хамныыр,
Тыгыалыыр тымырбар
Дьүлэй түүн
Дьиккиэр дьүүлүн
Чуордаахтык чуҥкунатан,
Чуумпубун үрэйэн,
Быстах санаа
Быыстала суох
Байааттаҥныыр
Аймалҕанын тарпыта —
Киэҥ көхсүм кыараан,
Үрүҥ хараҕым харааран,
Үрүллүбүтүм.
Халлаан баараҕай баҕатын
Кэриэс оҥостоммун,
Харса суох хараҥа аатыгар
Кэскилбин толук уураммын,
Сиртэн сэрбэйээт,
Симэлийэрбин,
Сотору соҕус
Суох буоларбын,
Биир быыһал санааны булбакка
Бэриммитим.
Бэриммитим баара да —
Билиммэтэҕим.
Оо, билии!
Оо, эргиир!
Халлаан кимэн киирэн,
Харааччы иирдэн,
Өйбүн-санаабын
Өһүлэн иһэн,
Хайыай,
Биир кэм түмүгэ суох.
Оо, эргиир!
Эргиир эҥкилэ суох
Эрчимнээх хаамыытыгар
Кини ааттаах бас бэринэн,
Хамнаабыта, халыйбыта.
Мин эмиэ
Биир толкуйу ол түүн
Бу баар эбит дьиҥ билии диэн
Көрдөөбүппүн буламмын,
Тыыммын уһатан,
Үрүҥ харахпын өрө көрөн,
Бу билиим диэки
Биирдэ атыллаат,
Сыҕарыйан биэрэн,
Киһи буолар
Кэрэ ааппын
Ситиспитим.
Ол онно мин эппитим:
«Халлаан аны да баттаатын!
Хара хааммын хойуннардын,
Инчэҕэй эппин эттээтин,
Иҥсэрэн туран,
Миигин эрэ булбуттуу,
Сиир-аһыыр да аакка бардын.
Ол аата тэҥнээҕин булбуттуу
Киирсэ сатыыр буоллаҕа,
Ол аата холооннооҕун булбуттуу
Билсэ сатыыр буоллаҕа!»
Киһи барахсан.
Киһи барахсан
Хараҕынан көрөрүн мыыммакка,
Хантан кэлбитэ биллибэт
Бириэмэ диэн балыырга
Бэриммэккэ, хаайтарбакка,
Күлүм гынан ааһар
Биирдэ эрэ бэриллэр олоҕун
Дьоллоох бэйэтин
Бэлэх курдук ылынан,
Харыстыы сылдьара буоллар.
Ким да суох
Букатын кэлбит,
Арай биир эрэ, биир
Букатыннаах –
Уларыйа, уста турар,
Устугас тыыннаах
Улуу Эргиир.
Солуута суох
Курдары сүүрүө
Сөрүүн салгын
Сүһүөххэ,
Туох да сыһыана суох
Үөрэн мичээриэ
Үрүҥ күн
Үөһэттэн.
Ол тухары
Киһи
Бэйэтин кытта
Бүппэт мөккүөрүн өрө тутуо –
Олоҕун суолталыы сатаан,
Суох таҥараны көрдүө,
Суох тапталы ирдиэ,
Суоҕу таайа сатыа.
Ол да иһин
Халлааҥҥа былыр үйэҕэ эстибит планета кутаалыыр күөх уота
Тоҕо эрэ эрэл кыымын саҕан,
Ырыа буолан ылланыа.
Ол аата олох диэн
Баар аата баар буоллаҕа,
Суох аата суох буоллаҕа –
Уларыйа турар
Улуу эргиир.
Онтон атына —
Ыра санаа,
Итэҕэл,
Таптал,
Дьол, Доҕор,
Ситэ сатыырыҥ,
Була сатыырыҥ,
Тута сатыырыҥ
– Барыта сымыйа.
ОЛОХ-ДЬАҺАХ
Киһи хараҕар хаар умайар,
Сырдыыр, сыдьаайар, сымныыр,
Чэпчэкитик көтө-дайа
Тула баары
Хабан ылан,
Кыаратар –
Халлаан намтыыр,
Тула баары
Таайа сатаан,
Төлө баран,
Уһатар, салҕыыр.
Харах далыгар санааҥ ыыра –
Саҕахтан саҕах – арыллар,
Кэрчиктэммит күнү-ыйы,
Халандаары
Туора тамнаан,
Ыра санааҥ
Тыҥаҕыттан
Төлө баран,
Тойук туойан,
Куйаар уотун уматар –
Дайыы, дьайыы, сыдьаайыы.
***
Эргийэн кэлэ турабын,
Кэлэ турабын эргийэн,
Ол тухары сир эргийэр,
Сир эргийэр ол тухары.
Биирдэ өйдөммүтүм мин эмиэ,
Мин эмиэ эргииргэ бэринэн,
Сир иэнин эргийэ сылдьан,
Аттыгар кэлэн турабын.
***
Биир, икки, үс, түөрт,
Күн-дьыл миигин албынныыр,
Сыл-хонук син биир бытаан.
Кими эрэ күүт да күүт,
Эмиэ биири саныыр,
Таптыыр-ааттыыр хаттаан.
Миигин кини бу сыллар устата
Санаан-ахтан ылбат,
Атын дьол сулустарын
Сүрэҕинэн талбыт.
Кинини бу сыллар устата
Ааттыырыттан салҕыбат,
Баар эбит өһөс сүрэх
Таптыыртан сылайбат.
Хата, мин илистэбин,
Туораттан кэтии сылдьан,
Оо, уонна, уонна истэбин
Сүрэҕим долгуйа тэбэрин
Дьоллонон, ыалдьан.
КӨРДӨӨХ КӨКӨТ ЙОРИК
ХОҺООНО
– Гамлет, тохтоо, уоскуй, биир биллэр –
Син биир өлөбүт, быраат, өлөбүт!
Дьааттаммыт дууһабыт тэпсиллэр –
Төһө да тапталынан көрдөрбүт.
– Төһө да харахпыт уоттаннын,
Барытын биирдэ таптаан ылаары –
Син биир өлөбүт, син биир туолбаппыт –
Куоппут куту хантан тутаары?
Ол онно – биир бэйэбэр син тэҥнээх –
Аһаҕас халлаан анныгар турбутун,
Иччитэҕинэн оҥойбут шут эрэйдээх,
Умулларбытым дьиримниир сулускун.
Ангелла Попова
Чолбон. – 2021. – №1