Суһал көмө массыынатыгар каталкаҕа түөрт уончалаах эр киһи былаат курдук налыйан өйө суох сытар. Быраас уонна сиэстэрэ кыыс киниэхэ тыын киллэрээри бодьуустаһаллар.
- Биир, икки, үс, өссө биирдэ. Ыл, Лена, төбөтүн тут, – быраас сөҥ куолаһа чуумпуну аймыыр.
- Суох, тыын киирбэт, – Лена дэппит хатыҥыр эдэр сиэстэрэ хараҕын муҥунан ыарыһаҕы көрөр.
- Лена, кытаат, пуульсун көр, киһибитин сүтэрэн эрэбит, биир, икки, үс. Эдэр киһи кытаат, эн бириэмэҥ өссө да эрдэ. Өссө да олоруох тустааххын. Биир, икки, үс, – быраас ыарыһаҕын сүтэримээри тыын киллэрэ сатыыр.
* * *
Түөртээх уол муостаҕа кыра массыыналарын тэлгэтэн оонньуу олорор. Бирилиирин быыһыгар маҕаһыыҥҥа барбыт эбэтин көһүтэн куукуна ыскаабын үрдүгэр ыйанан турар төгүрүк быһыылаах, маҥан өҥнөөх улахан истиэнэ чаһытын хам-түм көрөн ылар. Эбэтэ тахсаары туран “уон аҥарга, ол аата чаһы бу ортоку стрелката бу манна кэллэҕинэ кэлиэҕим” диэн этэн барбыта. Онон уолчаан, чаһыны билэр киһи быһыытынан, эбэм сотору кэлиэ диэн эрэх-турах сананар.
Уһун синньигэс сылбырҕа стрелка эбэтэ ыйбыт алта сыыппаратын хаста да эргийэн ааста. Онтон оннооҕор кылгас уонна суон стрелка ыйыллыбыт сириттэн хамсаатар хамсаан истэ. Уол оонньуурун тохтотон түннүккэ олоппостонон тахсан икки илиитин даллаппытынан тааска сыстан эбэтин кэтэһэрдии оҥоһунна. Көһүппүт санаатыгар түннүккэ өр турда. Хараҕа ыалдьыар диэри тэлгэһэ уҥуор көстөр уулуссаны одууласта. Ол тухары эбэтэ буолуохтааҕар ким да ааспата. Бастаан утаа уол ыҥырҕаан ытыах курдук буолан иһэн, чаһы биир тэҥник тыһыргыырын истэн онно бигэнэн арыый өрүһүннэ. Онтон эмиэ оонньуурдарын ылан бирилээбитинэн барда. Ол быыһыгар чаһытын көрөрүн эмиэ умнубат.
Ол олорон бу чаһы тоҕо тыаһыырын, стрелкатын ким хамсатарын билиэн баҕарда. Санаатыгар ким эрэ истиэнэ кэннигэр олорон стрелканы олус түргэнник хамсатар. Арааһа эбэтэ кэлиэхтээх бириэмэтэ эрдэ, ону ити чаһы кэннигэр олорор киһи соруйан стрелкалары түргэнник хамсатар.
Оннук дии санаата да уол түннүк аттыгар уурбут олоппоһун ыскаап иннигэр аҕалан сыбыы аста. Хап-сабар ойон тахсан ыскаап түөһүгэр биирдэ баар буола түстэ. Истиэнэҕэ ыйанан турар чаһыга харбыалаһан көрдө да, кырата бэрт, тиийбэтэ. Төттөрү түһэн олоппоһун сыҕарыччы аста, ол оннугар бэйэтэ аһыырыгар олорор үрдүк олоппоһун аҕалан туруорда. Сыҕарыччы аспыт олоппоһунан салҕанан бэйэтин олоппоһугар баар буолла, онтон эмиэ тарбачыһан көрдө да, билигин да илиитэ тиийбэт. Салҕааһыныттан төттөрү ыстанан түһэн, тулатын көрүтэлээтэ, хараҕа эһэтэ оһоҕун буккуйарыгар анаан оҥостубут кыра талах олох маһыгар хатанна. Сүүрэн тиийэн ону ылан олоппоһун үрдүгэр уурда. Олоппостон олоппоско салҕанан санаатыгар наһаа үрдүккэ таҕыста. Ол да буоллар, илиитэ тиийбэтэ. Уол аны кыра олоппоһун сиргэ талыр гына быраҕаат, олоппоһугар тахсарыгар кирилиэс оҥостубут эбэтин олоппоһун үөһээ соһон ырычаахтаста. Таһааран бэйэтин олоппоһугар уурда. Ийэтэ дьиэ үрдүн сууйарыгар икки олоппоһу холбоон баран хамсатан көрбүтүн өйдөөн, олоппосторун хамсатан ылла. Уйуктаһыах курдук. Уол турар сириттэн, ыскаап түөһүттэн, үрдүк кириэппэһи туппутуттан олус астынна. Ыскаап аанын тутааҕыттан көмөлөһүннэрэн бастаан уҥа атаҕын, онтон хаҥаһын ууран олоппоско икки атаҕынан бигэтик турда. “Дьэ, тиийдим ээ” диэбитинэн икки илиитин чаһы диэки уунна. Олоппоһо дьигиҥнээн ылла, уол ыскааптан нэһиилэ тутуһан хаалла. Уйугун булунан иккистээн даллаҥнаан чаһытын көхөттөн туура тардан ылла уонна истиэнэни көрөн олус соһуйда. Кини санаатыгар чаһы кэннигэр стрелканы хамсатар илии көстүөхтээҕэ. Бу кэмҥэ олоппоһо түөрэҥэлээн уол ыскааптан тутуһаары чаһытын муостаҕа ыһыктан кэбистэ.
Чаһы муостаҕа тас иэнинэн түһэн таастары, батарейкалары үс аҥы араҕыста. Уол нэһииччэ өрүһүнэн атаҕын төбөтүнэн ыскаап түөһүн бигээн төттөрү түстэ. Салҕанан турбут олоппоһо «һуу» диэбиттии аҥар атаҕынан умса баран уйугун булумуна эмиэ муостаҕа күр гына түстэ.
* * *
«Тугуй бу?! Тулам барыта сып-сырдык. Хараҕым саатар. Ол аан турар. Онно барыахха. Бу мантан тахсан барыахха. Хайа, атаҕым хамсаабат, илиим эмиэ. Тоҕо хамсаабаттар? Өссө хамсатан көрүөххэ. Суох, сатаммат. Тоҕо кыайан турбаппыный?!
Илиилэрим сараһан түһэн туох айылаах ыараатылар… Туран ааммар чугаһаатарбын… Сэниэм суох. Тоҕо суоҕуй? Мин манна тугу гына сылдьабыный? Тыынна ылыахха, кыратык сыта түһүөххэ. Онтон эмиэ туран көрүөм…
«Киһибитин сүтэрэн эрэбит» диэн ким саҥарар? Туох бириэмэтин этэллэр? Мин баарбын ээ, баарбын бу. Ханна да бара иликпин. Эһигини истэбин дии, истэбин. Ол эрээри хамсыыр кыах суох. Тоҕо суоҕуй?»
* * *
Уол ыскааптан ыстанан түһэн чаһытын көрдө. Стрелката хамсаабат. Чаһыга ыйанан хаалбыт сорох таастарын сэрэнэн ылҕаан ылан муостаҕа уурталаата. Онтон стрелкалары биир-биир илиитинэн бигээн хамсатан көрдө. Кини хам саттаҕына хамсыыллар, тарбаҕын ылан кэбистэҕинэ, барбаттар. Тугун дьиибэтэй? Уол сонурҕаан оонньуу олордо. Онтон чаһы кэннин арыйа баттаан батарейка угуллуохтаах сирин өйдөөн көрдө. Сиргэ түспүт батарейкалары ирдэһэн булан, уга сатаата да, кыаллыбата. Чаһытын стрелкалара хамсаабаттарын курдук, хамсаабаттар.
Уолчаан стрелкалары илиитинэн хамсаттаҕын аайы кэннигэр баар хоруопка алдьаммытынан көстөр тиистээх төгүрүк көлөһөлөр бэйэ-бэйэлэрин кытта эргийсэн бараллар. Илиитин ыллаҕына, эмиэ тохтоон хаалаллар. Дьикти! Уол тоҕо ити көлөһөлөр бэйэ-бэйэлэрин кытта эргийсэллэрин, ону ким хамсатарын билиэн баҕарда. Сөмүйэтин сыыһын хоруопка алдьаммыт сиринэн уган олуйан улахан төгүрүк көлөһөнү хостуу сатаата да, буолтанан күүскэ эриллэ сылдьар механизм тоҕо кэлиэй, кэлбэтэ.
Өр бодьуустаһа сатаан баран чаһытын иннинэн эргитэн аны стрелкаларга хараҕын хатаата. Арай бу стрелкалары ыллахха, кэннигэр баар төгүрүктэри ким эргитэ олороро көстүөх курдук. Кыра киһи итинник дии санаата да, баппаҕайынан стрелкалары бобуччу тутан туох баар күүһүнэн тарта. Бастаан бастакы уһун синньигэс стрелка, онтон уһун суон стрелка тононнулар. Бүтэһик хаалбыт кыра стрелканы эмиэ ылҕаан ылла. Чаһытын өҥөйөн көрдө да, ким да илиитэ көстүбэтэ, кэннигэр баар, били, төгүрүктэрэ да хамсаабат буоллулар.
Уолчаан чаһытын сахсыйан көрдө, тыаһаабат. Эмиэ кэннин эргитэн алдьаммыт сиринэн төгүрүктэрин хаһа сатаата да, кыаллыбата. Уол ылан чаһытын туора бырахта. Бадаҕа, бу чаһыга интэриэһэ сүттэ. Эмиэ түннүгэр баран эбэтин кэтэһэ турда.
* * *
- Лена, бүттүбүт, киһибит барда, – быраас кэтэ сылдьыбыт мааскатын устан сүүһүгэр бычалыйбыт көлөһүнүн сотунна. Эрэһиинэ бэрчээккэтин устан массыына муостатыгар бырахта.
- Уон чаас түөрт уон диибин дуу, уон чаас биэс уон икки диибин дуу? – хатыҥыр сиэстэрэ кыыс иннигэр былаат курдук налыйан сытар киһиттэн хараҕын араарбакка эрэ ыйытар.
- Уон икки чаас диэн суруй…
* * *
Ол туран: “Тукаам, Баһылай, бааргын дуо? Тугу гына сылдьаҕын?” – диэн эбэтин эйэҕэс саҥатын истэн ытаан барда. Эбэтэ ыксаан аҕай киирэн кэллэ. Икки өттүгэр тутан кэлбит бакыаттарын муостаҕа бырахта.
- Ытаама, һыллыай, эбээ кэллэ. Килиэппитин аҕалбакка тардыллан хааллым. Чэ, аны хойутуом суоҕа. Хайыы бу, ыскаап үрдүгэр ыттыбытыҥ дуо? Хайыы бу, чаһыбытын алдьатан кэбиспиккин дии, – эмээхсин куукунаҕа киирэн ыскаап аттыгар олоппостор сыталларын көрөн саҥа аллайар.
- Чаһы кэннигэр ким эрэ баар буолуо дии санаабытым, – диир уолчаан ытыырын тохтотон өрө сыҥа-сыҥа.
- Чаһыта суох хайдах олоробут? Билигин аны чаһы хас буолбутун билиэхпит суоҕа дии, – эмээхсин чаһыны ылан эргим-ургум тутан көрөр. – Чэ, оҥорон көрүөх, ити стрелкалары аҕал эрэ.
Эбэлээх сиэн көмөлөөн бастаан стрелкаларын, онтон батарейкаларын олортулар. Чаһылара тик-так тыаһаан үлэ лээн кэллэ.
- Чэ, эрэ анараа чаһыбытын көрөн тэҥниэх. Хас чаас буолбутун көрүөх. Оо, чаһы кырдьык ырааппыт. Күн оройо буола охсубут. Тукаам, ол иһин бу чаһы диэн баар, хойутаабыты ыксатар, эрдэлээбити кэтэһиннэрэр, – диэт эмээхсин кыра сиэнин сүүһүттэн сыллаан ылла, чаһытын ыскаап түөһүгэр өйөннөрө уурда.
* * *
- Уон икки чааска диэри өссө сэттэ мүнүүтэ баар дии, – кыыс тэтэрээтигэр сурунан иһэн тохтоон хаалла, иннигэр олорор кыырыктыйбыт баттахтаах, илиитин чэрин мускуна, ханна эрэ ырааҕы одуулуу олорор бырааһын диэки көрдө.
- Буоллун, суруй, – быраас хантан эрэ ыраахтан кэлбит киһилии сиэстэрэ кыыс былаатын быыһыттан быкпыт кугас баттаҕын сүүмэхтэрэ сирэйигэр саба түспүттэрэ, үргүбүт табалыы хараҕын муҥунан чоҕулуччу көрөн турара үүт-үкчү кини кыыһыгар Маасаҕа майгынныырын дьэ өйдөөн көрдө.
- Тукаам, ити өлбүт чааһа буолбатах, кэтэһиэх кыратык, кэтэһиэх, – кырдьаҕас киһи оргууй иһиллэр-иһиллибэттик эттэ.
* * *
“Оо, үрүҥ халааттаах аанньалларым эбиккит дуу? Эһигини истэ сытабын ээ, истэбин. Мин баарбын манна, баарбын. Бара иликпин. Билигин туруом, атахтарбын-илиилэрбин хамсаттарбын, билигин уһуктуом…”
Суһал көмө массыынатыгар былаат курдук налыйан сытар эр киһи эмискэ тыын былдьаһан өрө мөхсө түстэ. Хараҕын аспыта кини аттыгар кырдьаҕас быраас уонна эдэр сиэстэрэ кыыс тураллара. “Бириэмэҥ өссө да эрдэ”, – диэн кырдьаҕас быраас уоһун иһигэр ботугураабыта, онтон кыыс кистээн хараҕын уутун туора соттубута. Бу кэмҥэ радио диктора: “Дьокуускайга күн оройо”, – диэн биллэрдэ.
Аграфена Кузьмина
Сэмсэ. – 2015. – №3