Джекоб Кент олус ымсыы киһи этэ. Ымсыытыгар тэптэрэн тугу да итэҕэйбэт буолбута, майгыта-сигилитэ алдьаммыта, ол иһин кинини кытары ким да аалсыһыан баҕарбата. Кэдэрги кэмэлдьитигэр, хадьарыгар эбии түлээгирэр идэлээҕэ. Ол сылдьан тугу оҥорорун билбэт этэ.
Кент оҕо эрдэҕиттэн таҥас өрөр станокка сап хатааччынан үлэлээбитэ. Клондайк көмүһэ аһылларыгар биир бастакынан кэлбитэ. Кини үүтээнэ Алта Уонус Миля уонна Стюарт өрүс икки ардыгар, сир ортотугар баара. Доусоҥҥа барар айанньыттар манна хонон ааһаллара. Кинилэр Джекоб Кенты замогар бүгэн олорон бас билэр сиринэн ааһар айанньыттартан түһээн хомуйар ороспуонньуктар бароннарыгар холууллара. Итинник холооһуну оҥорорго кыра да буоллар үөрэхтээх буолуохха, историяны билиэххэ наада этэ. Оттон Стюарт кытылыгар көмүс сууйар, билии-көрүү сыстыбатах дьоно көннөрү быдьардык үөҕэр этилэр.
Дьиҥинэн бу кини үүтээнэ буолбатаҕа. Хас да сыллааҕыта мас кэрдээччилэр туппут дьиэлэрэ этэ. Кинилэр манна олороннор болуот уһаарбыттара. Мас кэрдээччилэр ыалдьытымсах дьоннор этэ. Дьон бөҕө хонон-өрөөн ааһар буолара. Кинилэр барбыттарын кэннэ үүтээн иччитэх хаалбыта. Доусоҥҥа барар-кэлэр айанньыттар манна тохтоон сынньанан ааһаллара. Хоту сир үгэһинэн баралларыгар үүтээҥҥэ мас бэлэмнээн хааллараллара. Джекоб Кент маны бэлиэтии көрбүтэ уонна үүтээҥҥэ кэлэн олохсуйбута. Мантан ыла сылайбыт айанньыттар киниэхэ хонуктарын иһин биир доллары төлүүр буолбуттара. Джекоб Кент көмүһү бэйэтэ ыйаан ылара. Хайаан да кыратык балыйара. Онно эбии маһы, ууну айанньыттар бэйэлэрэ бэлэмнииллэрэ. Бу дьиҥнээх соролооһун этэ да, көмүс хостооччулар элэккэй дьон, аахса барбаттара.
Муус устардааҕы биир сааскы ылааҥы күн Кент үүтээнин таһыгар тахсан суолу одуулуу олордо. Кини ооҕуй оҕус сахсырҕаны кэтиирин тэҥэ айан дьонун күүтэрэ. Анныгар Юкон нэлэһийэн сытар. Икки миль кэтиттээх улуу өрүс хоту диэки түһэ турара. Өрүс адаарыччы тоҥмут кыдьымаҕын быыһынан сыарҕа суола барара. Бу икки тыһыынча миль усталаах, балтараа фут кэтиттээх ыллык «улахан айан суола» диэн дорҕоонноохтук ааттанара. Элбэх киһи ытаабыт, кыраабыт, аан дойдуга ханна да суох куһаҕан суол этэ. Джекоб Кент бүгүн сүргэтэ көтөҕүллэн олороро. Бөлүүн кини рекорд олохтоото – сүүрбэ аҕыс киһини хоннордо. Биллэн турар наһаа кыараҕас этэ. Ол оннугар кини көмүстээх саппыйатын ыйааһына биллэрдик эбилиннэ. Джекоб Кент олоҕун муҥутуур үөрүүтэ бу саппыйа этэ. Ол эрээри, көмүстээх саппыйа иһигэр үөрүүнү сэргэ, Кент эрэйэ-муҥа эмиэ баара. Кыараҕас дьиэҕэ киһи дьонтон тугу да сатаан кистээбэт этэ. Көмүспүн уоруохтара диэн наһаа куттанара. Ити бытыктаах түөкүттэр кини көмүһүн ааһан иһэн элэс гыннарыахтарын сөбө.
Түһээтэҕинэ наар кини көмүһүн уоран тахсаллар этэ. Сотору-сотору оннук куһаҕан түүллэри көрөр буолан, мэктиэтигэр уоруйахтар сирэйдэрин кытта өйдүүр буолбута. Ордук кинилэр атамааннарын, сирэйин уҥа өттүгэр ынырык улахан чэрдээх киһини өйдөөн хаалбыта. Бу киһиттэн Кент олус куттанара. Уһуктан кэлээт, көмүстээх саппыйатын атын сиргэ уларытан кистиирэ. Онтукатыттан уоскуйан, хас да түүн нус-бааччы утуйара. Онтон чэрдээх киһи эмиэ түүлүгэр киирэн, көмүһүн илдьэ баран эрэр буолара. Чэрдээх Сирэйи кытта охсуһа сылдьан Кент уһуктан кэлэрэ уонна эмиэ көмүһүн атын сиргэ уларытан биэрэрэ. Джекоб Кент эрэйэ-муҥа, дьэ, итинник этэ. Ол үрдүнэн кини айан дьонун халыырын тохтоппотоҕо. Оттон саппыйатыгар эбиллибит хас биирдии унция көмүс кини эрэйин элбэтэрэ.
Джекоб күҥҥэ сыламныы олорон, эмискэ тэһэ кэйдэрбит курдук ойон турда. Төбөтүгэр бэртээхэй санаа көтөн түстэ. Кент саамай сөбүлүүр дьарыга көмүһүн ыйаан көрүү этэ. Хос- хос ыйаан улахан дуоһуйууну ылара. Өссө улаханнык астыныаҕын, ыйааһына кырата бэрт буолан көмүһэ барыта баппата. Кини ыйааһына балтараа фунтаах, онтон көмүһэ үс төгүл элбэх этэ. Биирдэ хайдах да кыайан ыйаабаккын. Ити кини элбэх көмүстэммит үөрүүтүн өлбөөрдөр этэ. Ону билигин хайдах быһаарарын, дьэ өйдөөн ити ойон турда. Кини суолу болҕойон одууласта уонна тыынар тыыннаах суоҕун итэҕэйэн баран, үүтээнигэр киирдэ.
Остуолун түргэнник хомуйан, ыйааһынын туруорда. Ыйааһын биир тэриэлкэтигэр уон биэс унциялаах гиирэлэри туруорда, биирдэһигэр кумах курдук бытархай көмүһү кутан тэҥнээтэ. Онтон гиирэлэри көмүһүнэн солбуйда. Онон ыйааһыныгар хайыы-үйэ отут унция көмүс буолла. Онтон иккиэннэрин биир тэриэлкэҕэ кутан баран – бииригэр эмиэ көмүс кумаҕын кутан тэҥнээтэ. Инньэ гынан көмүһэ барыта ыйааһыҥҥа уурулунна. Көлөһүнэ сарт түһэн, муҥутуур үөрүүтүттэн титирэстии турда. Саппыйатын тиэрэн түгэҕэр сыстыбыт көмүс кыырпахтарын барытын ыйааһын тэриэлкэтигэр тэбээтэ. Онуоха ыйааһын биир өттө кэлтэйдээн барда. Ону тэҥнээри анараа өттүгэр кыракый гиирэни кытта биэс көмүс кыырпаҕын уурда. Саппыйата кураанахтанна, кини билигин бу ыйааһыҥҥа төһө баҕарар көмүһү ыйыахха сөбүн биллэ. Төбөтүн кыҥнатан көмүһүн абы- лаппыттыы көрөн турда. Маммона («Аныгы Кэс Тылга» баайы-дуолу, ымсыыны, иҥсэни-оботу көрдөрөр тыл) сытыы тыҥыраҕынан Кент сүрэҕэр батары харбаата. Үөрүүтүттэн сүрэҕэ битиргэччи тэптэ.
Киирэн эрэр күн уота аһаҕас аанынан томточчу кутуллубут көмүстээх ыйааһыҥҥа тыган чаҕылла оонньоото. Күлүмүрдэс томторчооннор, боруонсаттан кутуллубут Клеопатра түөһүн санатан, күн уотуттан сылаанньытар, абылыыр уотунан умайдылар. Тулатыгар туох баар барыта умнуллубута.
– Оһоо, бу туох үлүгэр элбэх көмүһэй! Манна эйиэхэ хас да гинея буолар көмүс суох буоллаҕына миигин таҥара сайылаатын. Джекоб Кент соһуйан эргичис гына түстэ, бэлэм сыппыт икки уостаах саатын харбаан ылла. Ол эрээри күүтүллүбэтэх ыалдьытын сирэйин көрөөт, кутталыттан кэннинэн чугуруйда. Ол, били, кинини сордообут Чэрдээх Сирэй этэ. Киирбит киһи кинини дьиктиргээбиттии көрөн баран:
- Куттаныма, куттаныма, доҕор! – дии-дии уоскутардыы илиитинэн сапсыйда. – Мин эн кыраммыт көмүскүн тыытыам суоҕа… Дьиибэ киһигин дии, таҥара баарына дьиибэ киһигин!
- онтон Джекоб уу-чоккурас гына тириппитин уонна тобуктара илибириирин көрөн. – Хайа тоҕо саҥарбаккын, ууну омурдан тураҕын дуу!
- диэтэ. Кент уоскуйа сатыы турда. – Тылгын ыйыстан кэбистиҥ дуу, эбэтэр туох эрэ алдьархайга түбэстиҥ дуу?
- Ханна маннык айылаах өлөрдүҥ? – кэмниэ-кэнэҕэс Кент ыган таһаарда. Салҕалас сө- мүйэтинэн ыалдьыт иэдэһин килэриччи оспут сүүнэ чэрин ыйда.
- Ити биир матрос табаарыһым сыыһа туттан гротбом-брамсель ханаатын төбөтүнээҕи тимиринэн саайбыта. Дьиҥинэн онно эйиэхэ тугуй? Мин чэрим эйиэхэ мэһэйдиир дуо? Эбэтэр чэрдээх дьону сөбүлээбэккин дуу?
- Суох-суох, – диэтэ Кент, албыннаһан мичээрдии-мичээрдии олоппоско олордо. – Көннөрү ыйыттым…
- Маннык чэри хаһан эмэ көрбүтүҥ дуо? – ыалдьыт суостаахтык ыйытта.
- Суох, көрбөтөҕүм.
- Көрөргө үчүгэй баҕайы буолбат дуо?
- Оннук, оннук, – Кент суостаах ыалдьыты уҕарыта сатаан тоҥхоҥноото.
- Ээй, эн сытыйбыт балык, оннук-маннык швабра! Таҥара кэбилээбит сирэйин үчүгэй диигин дуу? Ыт уола миигинэн күлүү-элэк оҥостоҕун дуо?
Дьэ уонна муора ыгым уола эҥинэ бэйэлээх маатыраны Кент үрдүгэр суккуйбат дуо?! Онно таҥараттан саҕалаан бары абааһылар, аҕыла даадайдар, дьоннор уонна кинилэр бары аймахтара кытары ахтылыннылар. Ону кини тохтоло суох, туох да ааттаах тэҥнэспэт тэтиминэн биирдэ тоҕо тэбээтэ. Кент хамсаабат буолуор диэри ыга куттанан ньыкыччы туттан, төбөтүн илиитинэн хаххаланан салыбырыы олордо. Кент киһи аһыныах көрүҥнэммитин көрөн, үөхсэн кууһуннара турбут Чэрдээх Киһи аны күлэн алларастаата.
- Хаар ирэн бидилгэх буолбут, – диэтэ кини күлэ-күлэ. – Онон эн баҕар баҕарыма миигин, кэбилэммит сирэйдээх киһини кытта хоноргор тиийэҕин. Оһоххун оттон тигинэт, мин ыттарым аалыктарын сүөртэлии уонна аһата таҕыстым. Эн дэлэччи соҕус маста мастаа, мас тыаҕа дэлэй, бэйэҥ да соло-билэ бөҕө киһигин, харыстаныма. Уута эмиэ баһаар. Чэ, хамсаммахтаа, онтон атын мин эйиигин кырдьык күлгүн тэбиэм.
Киһи истибэтэх суола! Джекоб Кент уот оттубута, мас хайыппыта, уу баспыта уонна хоноһотун өссө да элбэх сорудаҕын толорбута. Джим Кардиджи өссө Доусоҥҥа сылдьан бу Шейлок сиэрэ суох быһыытын туһунан элбэхтик истибитэ. Доусонтан айаннаан иһэн аара эмиэ Кент сиэртибэлэрин көрсүбүтэ. Кинилэр бары биир киһи курдук Кент хайдах кинилэри соролообутун үҥсэргээбиттэрэ. Джим моряктардыы холуон соҕус оонньуулаах киһи этэ. Кини Кенты кыратык куттуу түһүөн баҕарбыта. Наһаалаабыт хаһаайыны оннун булларар санаалааҕа. Онто табыллан эрэрэ. Кент киниттэн улаханнык куттаммыта. Онно кини сирэйин чэрэ туох суолталааҕын моряк хантан сэрэйиэҕэй! Ол гынан баран Кент өйүттэн тахса куттаммытын көрбүтэ уонна аныгы атыыһыттар барыстанар туһуттан кэрээннэриттэн тахсалларыныы, ону муҥутуурдук туһанарга санаммыта.
- Эн бүгүрү эрэт эбиккин, сыыһа көрөр буоллаҕына хараҕым тэһиннин! – түбүгүрэ сылдьар хаһаайыны төбөтүн кыҥнатан одуулуу туран кини сөҕөн саҥа аллайбыта. – Эн бостуой көмүс көрдүү барбыккын. Эйигин таҥара трактир тутарга анаан төрөппүт. Мин эн тускунан элбэхтик истибитим, ол гынан баран маннык бэртээхэй киһи буолуо дии санаабатаҕым.
Джекоб Кент кинини ытан кэбиһиэн баҕарбыта да, сирэйин ынырык чэриттэн олус куттаммыта. Түүлүгэр элбэхтэ көстүбүт Чэрдээх киһи. Онтон атын буолуон сатаммат. Кент хайдах да сордоно сатаатар, хараҕа ыалдьыт ынырык чэриттэн төрүт арахпат этэ. Джим Кардиджи муостаҕа утуйар таҥаһын тэлгии туран ону бэлиэтии көрбүтэ.
- Мин чэрбин тоҕо одууластыҥ? – диэн бааҕыныы түстэ кини. – Эйиигин оччо долгутар
буоллаҕына кливергын хомуй, уоккун умуллар уонна утуй. Тэпсэҥнии турума, швабра, иһит эйиэхэ тугу дииллэрин! Билигин хараабылыҥ тумус өттүн барытын үлтү сынньыам!
Кент кутталыттан ыһыырынньыгын үс төгүл үрэн нэһиилэ умулларда уонна этэрбэһин да устубакка суорҕанын анныгар киирдэ. Матрос сытаат, сотору мунна хаһыҥыраан барда. Оттон Кент хараҕын килэччи көрөн баран саатын кууһан сытта. Бу түүн кини утуйбакка быһаарынна. Көмүһүн кыайан кистээбэтэ, оронун баһыгар турар ботуруон дьааһыгар укпута. Ону хоноһото уорара чуолкай этэ.
Хайдах да сордоно сатаабытын иһин сылаата таайан, син-биир утуйан барда. Ыарахан санаалаах утуйбут буолан, ыҥыранан-ынчыктаан таҕыста. Итинник санаа баттыктаах утуйбатаҕа буоллар киниэхэ түлээгирии абааһыта киириэ, оттон Джим Кардиджи сарсыныгар суунар тааһы кытары бодьуустаһыа суоҕа этэ.
Тимир оһох уота өһөн барда, ону кытары тымныы, бэрэбинэлэр быыстарынааҕы муоҕу курдары өтөн дьиэ сөрүүдүйэн барда. Таһырдьа ыттар улуйуулара тохтоото, утуйдулар быһыы- лаах. Түүһээн дэлэй хатарыллыбыт балыктаах, мэлдьи ыһыытаан-хаһыытаан салайар, иннилэрин диэки үүрэр кымньыылаах дьоно суох ырай дойдутугар тиийбиттэрэ. Оттон үүтээҥҥэ хоноһо бэрт холкутук утуйан баччыгыната, хаһаайын баттатан биир кэм эргичиҥнии сыппыттара. Түүн үөһүн саҕана Джекоб түлээгирэн суорҕанын киэр илгэн туран кэлбитэ. Кини харах тэстэр хараҥатыгар биирдэ да испиискэни «сыр» гыннарбакка барытын илиитин иминэн оҥорбутун дьиибэргиэххэ эрэ сөбө. Хабыс-хараҥа буолан дуу, эбэтэр ынырык чэрдээх сирэйи көрүөн куттанарыттан эбитэ дуу диэх курдук, кини хараҕын быһа симэ сылдьан дьааһыгын арыйда, биир да кыырпах буораҕы тохпокко доруобун айаҕынан өлгөм соҕустук буорах, дорубуонньук кутан иитиннэ. Икки хос халыҥ быыһынан симэн кэбистэ уонна эмиэ оронугар сытта.
Үүтээн иһэ үдүк-бадык сырдаан эрдэҕинэ Джекоб уһугунна. Тоҥолоҕор тайанан өндөс гынан дьааһыгын аһан көрдө. Онно тугу көр- бүтэ, эбэтэр табан эттэххэ, номнуо көстүбэт буолбута кини майгытыгар адьас маарыннаабат дьайыыланна. Утуйа сытар хоноһотун диэки көрдө уонна дьааһыгын тыаһа суох сапта. Оро- нугар төттөрү сытынан кэбистэ. Сирэйэ-хараҕа олус холку, ханнык да долгуйуу баара көстүбэт. Кент уһуннук толкуйдуу сытта, онтон оргууй аҕай сыбдыйан турда.
Утуйа сытар Джим Кардиджи үрдүнэн өһүөҕэ суон мас көхө баара. Джекоб Кент уһун быаны ылан ол көхөҕө иилэ бырахта, биир уһугар туһахтыы уктаа оҥордо, биир уһугун бэйэтигэр баанна. Онтон саатын сомуогун туруоран баран, хаба тардан ыларга бэлэм гына илиитин анныгар, тайах тириититтэн тэлиллибит быалар тастарыгар уурда. Туһаҕын утуйан баччыгыныы сытар матрос ынырык сирэйин көрбөт буола сатыы-сатыы, улахан эрэйинэн моонньугар кэтэртэ. Онтон туох баар ыйааһынынан тиэрэ түстэ уонна саатын хаба тардан ылан Джими кыҥаата.
Джим Кардиджи тыына хаайтаран хаччыгыныы түстэ, уһуктан кэллэ. Тугу да өйдөөбөккө кинини кыҥаан турар саа чөҥөрүйбүт уостарын көрөн олордо.
- Ханна баарый? – Кент быатын кыратык холкутатан ыйытта.
- Оо, хара кырыыстаах…
Кент эмиэ тиэрэ түстэ, быа чиккэйэн Джим хабарҕатын хам ылла.
- Эн үөдэн шва… хрр…
- Ханна баарый диэтим?! – Кент хатылаата.
- Туох? – нэһиилэ тыын ылан Кардиджи ыйытта.
- Көмүс.
- Ханнык көмүс? – матрос тугу да өйдөөбөтө.
- Бэркэ билэҕин кимиэнин. Мин көмүһүм.
- Харахтаан да көрбөтөҕүм эн көмүскүн. Мин сейфэ үһүбүн дуо? Хантан билиэхпиний!
- Этиэҥ буоллаҕа дии, тыыныҥ хаайтаран өлүөххүн баҕарбат буоллаххына. Уонна тар- баххын хамсата баҕалаа эрэ, сонно баскын хампы ытан кэбиһиэм.
- Халлаан таҥарата! – быа моонньун эмиэ ыбылы ылан эрдэҕинэ Кардиджи хардьыгынаата.
Кент быатын арыый холкутатта, онон туһанан матрос төбөтүн хамсаппыта буолан туһаҕы арыый кэҥэттэ уонна сыҥааҕар иҥнэр гынан биэрдэ.
- Чэ! – Кент ыйытта.
Кардиджи сонньуйда эрэ.
- Ыйаа, ыйаа миигин кырыыстаах кабатчик!
Дьэ манна Джим иэдээнэ түмүктэнэн, кини сэрэйбитин курдук көр саҕаланна. Кардиджи Кентан быдан ыарахан этэ. Кент хайдах да тиэрэ түһэ, кэдэрийэ сатаабытын иһин матроһу кыайан өрө ыйаан таһаарбата. Кини төһө да сордоно сатаатар, матрос атаҕа сиртэн арахсыбата. Оттон быата сыҥааҕар сылдьар буолан тыынарын мэһэйдээбэт.
Матроһу ыйыыр кыаҕа суоҕун өйдөөн Кент быатын чиккэччи тардан турда. Эбэтэр бытааннык тууйан өлөрөргө, эбэтэр көмүһү ханна кистээбитин этитэргэ сананна. Ол эрээри Чэр- дээх Киһи өлөр санаата суох этэ. Биэс мүнүүтэ, уон мүнүүтэ, уон биэс мүнүүтэ ааста – тиһэҕэр Кент сиэртибэтин сиргэ түһэрэригэр тиийдэ.
- Чэ, туох буолуой! – диэтэ көлөһүнүн сотто- сотто. – Ыйаныаххын баҕарбат буоллаххына мин эйиигин ытан да өлөрүөм. Сорох дьон ыйаммат дьылҕалаахтар быһыылаах.
Кардиджи бириэмэ сүүйүөн наада этэ.
- Эн итинник гынан үүтээн муостатын эрэ дьаабылыаҥ, – диэтэ кини. – Иһит эрэ Кент, мин тугу этэрбин. Мэйиибитин үлэлэтэн бу дьыаланы быһаарыахха эрэ. Эн көмүһүҥ сүппүт. Эн ону миэхэ балыйаҕын. Мин буоллахпына ону билбэппин диибин. Ону үчүгэйдик быһаарсан бараммыт, былаан оҥостоммут бииргэ көрдүөххэ…
- Халлаан таҥарата! – Кент матроһу үтүгүннэ. – Суох, бу дьиэҕэ тугу гынарбын мин бэйэм быһаарыам, оттон эн сытан эрэ көрүөххүн уонна «былаанныаххын» сөп. Хамсыаҥ да, таҥара баарына, баскын хампы ытыам!
- Мин ийэм туһугар…
- Ийэҥ эйиигин таптыыр буоллаҕына таҥара абыраатын… Тохтоо, хамсаама диэтим! – Кент матрос кыратык хамсыах курдук буолбутугар саанан сүүскэ тирээтэ. – Сүгүн сыт! Өссө биирдэ этэбин, хамсыаҥ да бүттэ!
Кент сөмүйэтин саатын элбэрээгиттэн араарбакка сылдьан, муостаҕа сытар быалары ылан, көрүөх бэтэрээ өттүгэр матроһу илиилэри-атахтары чороччу кэлгийэн кэбистэ. Ол сүрдээх уустук этэ да, кини мээнэҕэ таҥас өрөөччү буолуо дуо? Онтон матроһу дьиэттэн соһон таһааран үүтээн ойоҕоһугар сытыарда. Итинтэн өрүс үчүгэйдик көстөр эбит.
Эйиэхэ күн ортотугар диэри бириэмэ биэрэбин уонна …
- Онтон?
- Онтон быһа аллараа дойдуга атаарыам. Көмүһү ханна гыммыккын эттэххинэ манан хаһан полиция этэрээтэ кэлэн ааһыар диэри сытыаҥ.
- Таҥара баарына, бу туох үлүгэрэй?! Кырдьык даҕаны тугуй, бу? Эн иирбиккин быһыылаах, туох да буруйа суох киһини өлөрөөрү тииһэҕин! Эх, кырдьаҕас пират! Эх, эн …
Джим Кардиджи үөхсэн ыһылыннарда, онон дууһата арыый чэпчээтэ. Джекоб Кент дьиэтиттэн олоппос таһааран олорунан кэбистэ. Матрос үөхсэр тылын саппааһа бүтэн тохтоото уонна тугу гынарын толкуйдуу сытта. Күн халлаан оройун диэки тэмтэйэ ойон истэ. Ыттара иччибит тоҕо баччааҥҥа диэри көлүйбэт диэн дьиибэргээн киниэхэ тиийэн кэллилэр. Иччилэрэ дүлүҥ курдук сытарыттан дьаарханнылар, туох эрэ куһаҕан буолбутун сэрэйэн тула хаамса сылдьан ыйылаһан, улуйан бардылар.
- Киэр буолуҥ! – чиэрбэ курдук өҕүллэҥнии сытан, матрос ыттарыгар хаһыытаата. Эмискэ кини туох эрэ оҥкучах кытыытыгар сытарын биллэ. Ыттара баралларын кытта, бу туох иинэ буоларын тобула сатаата. Онтон, дьэ, толкуйдаан таһаарда. Киһи айылҕаттан сүрэҕэ суох. Бу үүтээни туппут киһи даҥын буорун чугастыы мантан ылбыт буолуон сөп. Оччоҕо кини билигин ол иин үрдүгэр сытар эбит. Маны туһаныахха наада. Джим илиитин босхолуурга быһаарынна.
Илиитэ кэдэрги кэлгиэлээх, онтон аннынааҕы хаар ууллан эрэр. Тирии быа илийдэҕинэ ууна- рын Джим билэр. Кини сытан эрэн биллибэтинэн илиитин эрийбит быаны кыралаан ууннара сытта. Бэйэтэ буоллаҕына айан суолуттан хараҕын араарбат. Кэмниэ-кэнэҕэс Алта Уонус Миля диэкиттэн туох эрэ хара мэҥ иһэрин көрдө. Онтон күнүн көрбүтэ – күн орто чугаһаабыт быһыылаах.
Өрүс киэҥ иэнигэр хара мэҥ сүтэ-сүтэ көстөн чугаһаан иһэр. Өрүс оллур-боллур кыдьымаҕын быыһынан ыттаах сыарҕалаах киһи айаннаан иһэрин Кардиджи билэр. Матрос өрүһү хаһаайынтан куттанан, кистээн одуулаһар. Биирдэ Кент олоппоһуттан туран, бэрт бол- ҕомтолоохтук суолу одуулаата. Кардиджи кутталыттан сүрэҕэ тиҥиргэччи тэптэ, хата, сыарҕа халҕаһа муустар күлүктэригэр киирэн көстүбэт буолан хаалла.
- Бу дьаабыламмытыҥ иһин эйигин ыйаан кэбиһиэхтэрэ, – диэтэ Кардиджи Кенты арал- дьытаары. – Мин ону ситиһиэҕим. Эн аадка умайыаҥ, өйдөөн кэбис!
- Иһит эрэ! – диэтэ кыратык тохтуу түһэн баран. – Эн абааһыны итэҕэйэҕин дуо?
Кент дьигис гынна. Кардиджи таба тайаммытын өйдөөтө.
- Абааһы тылыгар турбатах киһиэхэ көстөр. Онон эн миигин эрдэ өлөрөргө саараныма даҕаны. Аҕыс склянканы оҕустаҕына эрэ, ол эбэтэр оруобуна уон икки чааска миигин өлөрөөр. Онтон эрдэлээтэххинэ мин өлөн да баран, абааһы буолан эйигин эккирэтэ сылдьыам. Истэҕин дуо? Биир да мүнүүтэ эрдэлиэҥ да сэрэн, мин эйиэхэ хайаан да кэлиэм!
Джекоб Кент тугу да саҥарбата эрээри, иһигэр саараҥнаата быһыылаах.
- Эн хронометрыҥ ханныгый? Хас чаас буолбутун хантан билэҕин? Эһиги манна ханнык илиҥҥи усталааһыҥҥа бааргытый?
Матрос өлөрүөхсүтү аралдьытаары ыйыталаһа сытта. Киниэхэ аҕыйах да мүнүүтэ наада.
- Эн чаһыгын хайдах туруорбуккунуй? Казармалар киэнинэн дуу, Компания чаһытынан дуу? Өйдөө, өскөтүн эн миигин эрдэ өлөрүөҥ, мин анараа дойдуттан төннөн кэлиэм. Арай чаһыҥ сыыһа барар буоллун, уон икки буолбутун хантан билэҕин? Ону хайдах быһаараргын билиэхпин баҕарабын.
- Долгуйума, эйигин анараа дойдуга сөптөөх кэмигэр ыытыам, – диэтэ Кент. – Миэхэ күн ча- һыта баар.
- Төрүт табыллыбат! Күн чаһытын стрелката отут икки кыраадыска тиийэ сыысхаллаах буолар!
- Барыта сөпкө тэҥнэнэн турар.
- Хайдах тэҥнээбиккиний? Компаһынан дуо?
- Суох. Хотугу Сулуһунан.
- Кырдьык дуо?
- Кырдьык.
Кардиджи ынчыктаан ылла уонна сэрэнэн өрүс диэки көрдө. Ыттаах киһи сыыр тахсыытыгар чугаһаабыт, кинилэртэн миля кэриҥэ буолуо.
- Сурааһыҥҥа диэри ыраах дуо?
Кент хаарга оҥоһуллубут күн чаһытыгар чугаһаата.
- Үс дюйм хаалла, – диэтэ кини болҕомто- лоохтук көрөн баран.
- Маннык баар, эн ытыаҥ иннинэ «Аҕыс склянка!» диэн хаһыытаар, сөп дуо?
Кент сөбүлэстэ. Иккиэн ах баран чочумча уу чуумпу сатыылаата. Матрос илиитин быата уунан, быдан холкутаата ону бэгэччэгиттэн аллараа, тарбахтарын диэки сыҕарытан истэ.
- Төһө хаалла?
- Биир дюйм хаалла.
Матрос сэрэнэн хамсаата, наадалаах түгэҥҥэ дьаамаҕа үҥкүрүс гынарга бэлэмнэннэ уонна илиититтэн быатын бастакы эрийиитин араарда.
- Төһө хаалла?
- Дюйм аҥара.
Эмискэ Кент сыарҕа тыаһын истэн эргичис гына түстэ. Ыттаах киһи наартатыгар умса сытан, үүтээн диэки муҥ кыраайынан сүүрдэн иһэр этэ. Кент түргэнник эргиллэ биэрээт, саатын көтөхтө.
- Аҕыс склянка өссө буола илик, – Кардиджи бырачыастаата. – Ити буоллаҕына мин хайаан да эйиэхэ кэлиэҕим!
Джекоб Кент саараҥнаан тура түстэ. Кини хаарга оҥорбут чаһытын таһыгар сиэртибэтиттэн уонча хаамыы сиргэ турара. Айаннаан иһэр киһи үүтээн таһыгар туох эрэ дьикти быһыы буолбутун көрдө быһыылаах, наартатыгар олоро биэрээт, ыттарын тиэтэттэ.
Хаарга анньыллыбыт мас күлүгэ сурааһыҥҥа чугаһаата. Кент кыҥаата.
- Бэлэмнэн! – кини үөрүүлээхтик хаһыытаата. – Аҕыс скля …
Кардиджи омуһахха үҥкүрүс гынна. Кент ыппакка эрэ кини диэки ыстанна. Матрос
оронон туран эрдэҕинэ, сирэйигэр саа эстэн тоҕо барда. Саа уоһуттан буруо тахсыбата, ойоҕоһуттан, прикладын диэкиттэн уот чаҕылыс гынна. Джекоб Кент охтон түстэ.
Ыттар биэрэккэ ойуоккалаһан таҕыстылар, охто сытар киһини үрдүнэн аастылар. Джим Кардиджи илиитин босхолон, дьааматыттан орҕостон таҕыста.
- Джим! Хайа бу туох буоллуҥ? – кэлбит киһи соһуйан саҥа аллайда.
- Туох буолуохпунуй? Туох да буолбатым. Мин сороҕор маннык эрчиллээччибин, доруобуйа- бын көннөрө таарыйа. Көрбөккүн дуо, акаарыа? Миигин түргэнник сүөрэ оҕус, мин эйиэхэ туох буолбутун көрдөрүөм. Чэ, хамсаммахтаа, төбөҕүнэн палубаны сууйабын дуу!
- һуу! – диэтэ кини, айанньыт быатын быһаҕынан бысталыы турдаҕына. – Туох буола турарын мин бэйэм да билбэппин.
Кент өлбүт этэ. Уоһунан иитиллэр доруоп саатын уоһа прикладыттан арахсыбыт. Уҥа уоһа сомуогун диэкинэн хас да дюйм усталаахтык хайа барбыт. Ол хайаҕастан көмүс кумах бөҕө тохтубут этэ. Джим Кардиджи манна дьэ өйдөөтө, туох буолбутун.
- Таҥара миигин саманна өлөрдүн! – диэн хаһыытаата кини. – Дьэ, дьикти нүөмэр таҕыста! Айдааннаах көмүһэ бу баар эбит дии! Чарли, бар, тааһы аҕал эрэ. Чэ, чэ түргэнник!
Джек Лондон
Павел НЕУСТРОЕВ тылбааһа.
(Павел Романович Неустроев 1960 сыллаахха Амма оройуонугар төрөөбүтэ. Орто анал үөрэхтээх. Уус-уран литератураны сэҥээрэр. Кырапаан суруйар. Тылбааска бу бастакы холонуута.)