Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Сонуннар » Быыкаайык Саҕастыыр арыытын аан дойдуга аатырдыбыт суруйааччы.

Быыкаайык Саҕастыыр арыытын аан дойдуга аатырдыбыт суруйааччы.


 Норуот суруйааччыта Сэмэн Тумат 80 сааһа

Олунньу 26 күнүгэр Национальнай библиотека Историческай саалатыгар саха норуодунай суруйааччыта, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай, Амма Аччыгыйа аатынан Ил Дархан, С.А. Новгородов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин бириэмийэлэрин лауреаттара, Россия суруйааччыларын сойууһун, Саха сирин бырабылыанньатын чилиэннэрэ, прозаик, поэт, оҕо суруйааччыта, тылбаасчыт, кириитик, публицист, литератураны үйэтитээччи, Чурапчы уонна Булуҥ улуустарын ытык киһитэ Семен Андреевич Попов-Тумат 80 сааhын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһин буолла.

Тэрээһини норуот поэта Наталья Харлампьева иилээн-саҕалаан ыытта. Кини киирии тылыгар Семен Андреевич 1993 сылтан Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буолбутун, 70-с сыллартан хоһоонтон саҕалаан литература жанрдарыгар барытыгар кэриэтэ үлэлэспитин, 70-тан тахса кинигэни хомуйан оҥорбутун, Омар Хайям сүдү поэттан саҕалаан үгүс омук суруйааччыларын сахалыы саҥардыбытын, саха литературата тупсарыгар кыһамньытын ууран үлэлэһэн кэлбитин бэлиэтээтэ. Семен Андреевич аймаҕа лингвист Семен Новгородов аата норуокка эргиллэрин ситиспитин, 90-с сылларга КГБ архыыптара аһыллыбыттарыгар дириҥник хасыһан үлэлээбитин, Даланы көмүскэспит гражданинныы подвигын – күүстээх санаалаах киһи буоларын, кырдьыксытын билиһиннэрдэ.

Сэмэн Тумат бу күн Ил Дархан Айсен Николаев телеграмматын уонна Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев эҕэрдэ суругун тутта. Ону тэҥэ саха кырдьаҕас суруйааччытын Россия суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Николай Иванов, айар холбоһук бастакы сэкирэтээрэ Геннадий Иванов уонна Семен Андреевич доҕоро, бөдөҥ кириитик Вадим Дементьев телеграмманан эҕэрдэлээбиттэр.

СӨ культураҕа уонна духуобунай сайдыыга министрэ Афанасий Ноев:

– Семен Андреевич саха классик суруйааччыларын үтүө өрүттэрин иҥэринэн кэнэҕэски көлүөнэлэргэ тиэрдэр ындыыны сүгэ сылдьар киһи, –

диэн бэлиэтээтэ уонна кинигэ таһаарарга туоһу суругу туттарда.

– Биһиги көлүөнэ суруйааччылар өйбүтүн-санаабытын тутан үүнэн-сайдан тахсарбытыгар саха литературатын үс бэлиэлээх хоһууна Сэмэн Тумат көмөтө сүҥкэн. Айар үлэҥ үөһүгэр сылдьан 80 сааскын бэлиэтээн эрэргиттэн, барыга бары көхтөөхтүк кыттаргыттан үөрэбит, өйөбүллээх курдук сананабыт, – диэн биир идэлээхтэрин аатыттан Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Гаврил Андросов эҕэрдэлээтэ.

Норуот суруйааччыта Николай Лугинов Семен Андреевич улахан үлэһит киһи буолан урукку суруйааччылар нэһилиэстибэлэрин сааһылааһыҥҥа улаханнык үлэлэспитин санатан туран: «Кырдьаҕас суруйааччылар бу ындыыны Тумакка эрэнэн сүктэрбит киһилэрэ», – диэн сыаналаата. Итиэннэ, кини бу ытык иэһин чиэстээхтик толорон кэлбитин иһин барҕа махталын биллэрдэ.

Норуот суруйааччыта Елена Слепцова-Куорсуннаах биир идэлээҕэ, убай туттар киһитэ саха литературатын нэһилиэстибэтин үйэтитиигэ үлэтин-хамнаһын киэҥник анааран ырытар дакылааты оҥордо. Ол иһигэр Өксөкүлээх Өлөксөй көмүллэ сытар сирин булуута подвиг буоларын санатта. Бу тэрээһиҥҥэ Өксөкүлээхтэр ааттарыттан Лариса Кулаковская кэлэн эҕэрдэлээтэ уонна аҕата Реас Алексеевич архыыбыттан кини Сэмэн Тумакка анаабыт эпиграмматын булбутун бэлэхтээтэ.

«Сахабэчээт» тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Ньургуйаана Стручкова өр сыллаах таһаарыылаах үлэтин иһин үбүлээргэ «Сахабэчээт бэтэрээнэ» анал бэлиэни туттарда. Биир идэлээхтэрин литература сурунаалларын бэрэстэбиитэллэрэ – «Чолбонтон» бас эрэдээктэрин солбуйааччы Данил Макеев, «Полярная звездаттан» эппиэттиир сэкирэтээр Ираида Попова эҕэрдэлээтилэр. 80-с хаарыгар үктэммит норуот суруйааччытыгар үтүө тылларын «Айар» кинигэ кыһатын бас эрэдээктэрэ Марина Макеева, Национальнай архыып дириэктэрин солбуйааччы Наталья Малышева, ХИФУ саха литературатын кафедратын сэбиэдиссэйэ, филология наукатын доктора Валентина Семенова тиэртилэр.

Төрөөбүт Булуҥуттан тардыылаах дьон – улуус бэрэстэбиитэлэ Аркадий Алексеев, профессор Зоя Башарина уонна суруйааччы Рустам Каженкин Өлүөнэ тардыытын Саҕастыыр арыытыгар төрөөбүт убайдаатар убайдарын өрөгөйдөөх күнүн үөрүүтүн үллэһиннилэр.

Сэмэн Тумат бэйэтэ этэринии хотугу эйгэ – төрөөбүт сирэ уобарастаан өйдөөһүнү иҥэрбит, онтон Чурапчы – көһөн кэлэн киһи-хара буолбут сирэ, олох улуу кырдьыгын туттарбыт. Ытык сааһынан норуот суруйааччытын Чурапчыттан улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Кронникова салайааччылаах улахан делегация кэлэн эҕэрдэлээтэ. Чурапчыга олунньу 14 күнүттэн саҕалаан Семен Андреевичка аналлаах тэрээһиннэр бара тураллар эбит. Ол курдук, литература уруоктара, уус-уран ааҕыылар, дьүһүйүүлэри туруорууга күрэстэр бара туралларын билиһиннэрдилэр. Ону тэҥэ быйыл «Үһүйээннэр уонна номохтор» аудиокинигэ, библиографиялыы ыйынньык тахсыахтаахтарын эттилэр.

Олунньу 27–кулун тутар 1 күннэригэр Чурапчы улууһугар норуот суруйааччыта Сэмэн Тумат 80 сааһыгар аналлаах тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Кырдьаҕас суруйааччы салгыы төрөөбүт Булуҥ улууһугар тиийэр, киинэ түспүт Саҕастыырын туһунан саҥа айымньытын билиһиннэрэр былааннаах.

Туйаара Павлова