Вячеслав Яроев айар суола
Сылтан сыл ахсын саха төрүт үгэһигэр, төрүт култуурабытыгар болҕомто ууруу күүһүрэн иһэр. Күннээҕи олоххо-дьаһахха, тулалыыр эйгэҕэ сахалыы тыын уһуктан, дьон-сэргэ сахалыы оһуордаах-мандардаах иһиккэ аһыыр, сахалыы таҥаһы таҥнар, саха норуотун күөн туттар айымньытын олоҥхону өйдүүр, саха буоларынан киэн туттар, саха итэҕэлин, култууратын үөрэтэр буолла. Кэнчээри ыччаттарбыт кыра саастарыттан сахалыы тыыҥҥа иитиллэн тахсалларыгар оҕо уһуйааннара, оскуолалар, спорт төрүт көрүҥнэригэр уһуйар спорт уораҕайдара сахалыы оһуордаах-бичиктээх, ойуулаах-мандардаах көстүүлэннилэр. Ол курдук, Дьокуускайга эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн араас социальнай хайысхалаах тутуулар сахалыы тыыннаналларыгар, улуустар, нэһилиэктэр ыһыахтыыр түһүлгэлэрин көстүүтэ тупсарыгар, суолтата дириҥииригэр «“Уран” дизайн-студия» тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ, СӨ культуратын туйгуна, Россия Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Вячеслав Васильевич Яроев быһаччы кыттыгастаах диэтэхпитинэ сыыспаппыт. Өрөспүүбүлүкэбит киин куоратын тутууларыгар сахалыы тыыны аан маҥнайгынан киллэрбит киһинэн эмиэ кини буолар. Кини салайар тэрилтэтэ сахалыы дизайн оҥорорун таһынан, бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн урукку тутуулары чөлүгэр түһэриини ыытар көҥүллээх соҕотох тутааччы. Олоҥхо ыһыахтарын түһүлгэтин тэҥэ, былыргы араас тутуулары, таҥара дьиэлэрин саҥардан үйэлэрин уһатар, кэлэр кэнчээри ыччакка өбүгэлэрбит олорбут дьиэлэрин-уоттарын эт харахтарынан көрөр кыаҕы үөскэтэр.
…Айылҕаттан бэриллибит дьоҕурдаах дьон талааннара эрдэ биллэр дииллэринии кини уруһуйдьут буолуохтааҕа оҕо эрдэҕиттэн биллэн барбыта. Быыс-арыт, иллэҥ кэм көһүннэр эрэ уолчаан уруучука, биитэр харандаас булунан ыраас кумааҕыны ойуулаабытынан барар үгэстээҕэ. Оччотооҕуга Алексеевскай оройуон диэн ааттанар билиҥҥи Таатта улууһун кырыы нэһилиэгин Баайаҕа оскуолатын үһүс кылааһын үөрэнээччитэ Слава Яроев ураты буочардаах ойууларын уруһуй учуутала, кэлин биллэр норуот маастара буолбут Анна Васильевна Мандарова аан маҥнай бэлиэтии көрбүтэ.
Ол саҕана кини игирэтин аҥаара Владигы кытары тустуунан дьаныардаахтык дьарыктана сылдьар кэмнэрэ этэ. Уолаттар биир ыйааһыҥҥа тусталлара, эдэр учуутал Иван Михайлович Андросовка дьарыктаналлара. Слава уруһуй куруһуогар сылдьан бастакы сылын түмүктээбитин кэннэ, эһиилигэр Баайаҕаҕа музыка оскуолата арыллар үөрүүлээх түгэнэ тосхойбута. Саҥа арыллыбыт үөрэх кыһатын иһинэн ойуулуур-дьүһүннүүр кылаас арыллан, уруһуй куруһуок эрэ курдук буолбакка, үөрэх быһыытынан саҕаламмыта. Оскуола аата оскуола – көтүппэккэ үөрэнэри ирдиирэ, онуоха тустуунан дьарыктанара мэһэйдиирэ. Уруһуйга уһуйар учуутала Анна Васильевна сорох ардыгар тустуу дьарыга бүтэрин кэтээн туран Славаны үөрэтэ илдьэ барара. Ол курдук, икки бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи дьарык – искусство уонна спорт эйгэлэригэр хайа таттаран дьарыктана сырыттаҕына, тренерэ Иван Михайлович учуутала Анна Васильевналыын, уолаттар аҕаларын Василий Капитоновиһы ыҥыран ылан, Славаны уонна Владигы кытта мунньах оҥорбуттара. Балачча мөккүһэн баран Владик тустууга, Слава уруһуйга дьарыктаналларын курдук игирэлэри үллэрэн кэбиспиттэрэ.
Таай такайыыта
Вячеслав уруһуй абылаҥар куустарбыт иэйиитэ оҕо эрдэҕиттэн төрөөбүт дойдутун айгыр-силик айылҕатын кытары ыкса ситимнээҕэ. Уол ыраас кумааҕы ньууругар алыптаах киистэтинэн имигэстик ойуулаан таһаарар хартыыналарыгар айылҕа көстүүлэрэ, тыа, ходуһа, үлэһит дьон дьүһүйүллэллэрэ.
Үһүс кылаас үөрэнээччитэ буолуоҕуттан ыла улаатыар диэри кини сайыҥҥы сынньалаҥын көтүппэккэ булчут таайыгар Дмитрий Ефремович Дедюкиҥҥа баран сайылаан үлэни таптыырга, сыаналыырга, айылҕаҕа, төрөөбүт сиргэ-уокка чугас буоларга такайыллыбытын туһунан күн бүгүн махтана ахтар. Таайа Дмитрий Ефремович билигин 92 саастаах ытык кырдьаҕас. Сайын ахсын таайын кытары эһэтин үүтээнигэр Араҥастаах диэн сиргэ тахсан ыкса күһүҥҥэ диэри сылдьара. Улаатан эрэр уолчаан манна айылҕаны кытары ыкса алтыһан бултуурга, оттуурга үөрэммитэ. Сарсыарда эрдэ туран таайын сорудаҕынан куобах туһаҕын, тиргэни көрөн кэлэрэ, сып-сап уу баһан элэгэлдьитэн таһааран, сааһыран эрэр киһиэхэ илии-атах буолан баһаамы туһалыыра, бэриллибит соруйууну барытын эндэппэккэ толорон иһэрэ. Устар сайыны быһа төрөппүттэриттэн, бииргэ төрөөбүттэриттэн тэйиччи, сарсыарда кый эрдэттэн киэһэ хойукка диэри күүстээх үлэҕэ түбүгүрэ сылдьан дьонун ахтара да ханна барыай? Арай кэлин улаатан баран, таайын такайыыта эр киһилии үлэҕэ, тулуурдаах буоларга уһуйуллуу кыһата буолбутун өйдөөбүтэ.
От ыйын өҥүрүк куйааһыгар тыа дьонун сүрүн дьарыга – от үлэтэ саҕаланара. Слава таайын Миитэрэйи кытары киэҥ нэлэмэн ходуһа усталаах туоратын маҥнай охсон, онтон куурдан баран мунньан, бугуллаан хойут, күн арҕаа саҕахха түһүүтэ, үүтээннэрин булаллара. Элбэх күүһү-уоҕу эрэйэр от үлэтигэр төһө даҕаны сылайан-элэйэн кэллэр, хайаан да быыс-арыт булан ханна эмэ саһан олорон уруһуйдуура. Сороҕор түүн ортото уһукта биэрээт, тыаһа суох тэтэрээт, уруучука булунан уруһуйдаан барара, ону таайа биллэҕинэ: «Түүн киһи утуйан сынньаныахтаах, тоҕо уруһуйдуугун, утуй, сынньан», – диэн мөҕүттэрэ. Оҕо сааһын сайыннарын сылаас тыынын илдьэ сылдьар илдьирийбит тэтэрээт хойуккааҥҥа диэри үүтээҥҥэ баарын кэлин аймахтара кэпсииллэрэ. Вячеслав анаан тиийэн көрдөөн көрбүтэ даҕаны, хомойуох иһин, кыайан булбатаҕа…
Сэмэ уонна хайҕал
80-с сылларга аан дойду сонунун, культура сайдыытын барытын хаһыаттан, сурунаалтан ааҕан билэллэрэ – билиҥҥи курдук интернет ситимэ диэн суоҕа. Онон дьон почтанан сурунаалы, хаһыаты көтөх муҥунан сурутан ылан ааҕаллара. Оччолорго бүтүн дьиэ кэргэн күүтүүлээх ыалдьыта буолбут таһаарыы «Огонек» сурунаал этэ. Славаны «Огонекка» тиһигин быспакка бэчээттэнэр Шишкин, Айвазовскай курдук биллиилээх худуоһунньуктар үлэлэрэ олус кэрэхсэтэллэрэ. Кырачаан уруһуйдьут сурунаалга тахсыбыт хартыынаны үтүгүннэрэ олорон инники олоҕун ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоны кытары ситимниэҕин ыраланара. Худуоһунньук буолар ыра санаа сыыйа-баайа сыалга-сорукка кубулуйбута. Иллэҥ кэм көһүннэр эрэ уруһуйдаан барар үөрэнээччи оскуолаҕа хайҕанара даҕаны, сэмэлэнэрэ даҕаны. Туох да диэбит иһин, хайҕал даҕаны, сэмэ даҕаны Вячеслав Яроев худуоһунньук буолан тахсарын төлкөлөөбүттэрэ.
Төрдүс кылаас үөрэнээччитэ Слава биирдэ Сэбиэскэй судаарыстыбаны төрүттээччи, аан дойду пролетариатын сирдьитэ дэнэр Владимир Ильич Ленины үүт-үкчү уруһуйдаан таһаарбыта. Ол уруһуйа харахтарын далыгар түбэһэн, учууталлара аймана түспүттэрэ, кырдьаҕас өттө репрессия ыар тыынын санаан сүрэхтэригэр ыттарбыттара. Баардааҕа батарбатах уолчаан: «Сатаабат эрээри өссө улуу киһини уруһуйдаабыт буола-буола», – диэн улаханнык сэмэлэммитэ. Кырдьык, оччолорго Ленины көҥүллээх эрэ худуоһунньуктар уруһуйдууллара. Үчүгэйи оҥорбут курдук санаммыт, уруһуйдуур дьоҕуругар эрэнэр хороччу улаатан эрэр уолчаан ордук «сатаабат эрээри» диэн тыллартан өһүргэнэ санаан: «Сатаабыт буолан майгыннаттаҕым дии!» – диэн хардарбытын кулгааҕа эрэ истэн хаалбыта, уокка өссө арыыны ыспыта…
Бэһис кылааска үөрэнэ сырыттаҕына биир маннык түгэн буолбуттаах. Учууталлара Анна Васильевна ойуулуур-дьүһүннүүр кылааһын оҕолоругар реферат суруйалларыгар сорудахтаабыта. Үллэһик быһыытынан Слава Яроевка былыргы грек культуратын символа, элбэх худуоһунньук музата буолбут Венера Милосская скульптурата түбэспитэ. Уолчаан бастаан «Юный художник» диэн суруттаран ылар сурунаалыттан Венера Милосская туһунан ыстатыйаны булан, рефератын кичэйэн суруйбута, аны бэйэтин уруһуйдуура хаалбыта. Оскуолаҕа сынньалаҥҥа ыҥырар чуораан тыаһаатын кытары суумкатыттан сурунаалын ойутан таһааран түннүк диэки соруктаахтык хааман тиийбитэ. Ыраас кумааҕыны сурунаал ойуутун үрдүгэр ууран баран сырдыкка үтүгүннэрэн уруһуйдаан барбыта. Эмискэ кэннигэр: «Хайаа, бу уол тугу уруһуйдуу турарый? Сыгынньах дьахтары уруһуйдаабыт буола-буола, бу кыбыстыытын!» – диэн учуутал айманар саҥата умайыктана түспүтэ. Эмиэ учительскай хос боруогун атыллаан дьүүллэнэ киирдэҕэ ол.
– Ити түбэлтэ кэнниттэн аҕам уруһуйдаабыппын кэмсиниэхпэр диэри дьарыйан турар. Кэлин училищеҕа үөрэнэ сылдьан Венера Милосскаяны элбэхтик уруһуйдаабытым, дьиҥинэн сыгынньах дьахтар буолбатах буоллаҕа дии, искусство биир кэрэ шедеврэ, – диэн Вячеслав билигин ааспыты санаан сонньуйар. Ити курдук оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар баардаах баара батарбатыныы арааһы уруһуйдаан үгүстүк сэмэлэммитэ. Үлэлиир киһи мөҕүллэр дииллэр…
Хайҕабыл алгыстаах тылларын да элбэхтэ истибитэ. Ол курдук, кини уруһуйдаабыт, киэргэппит эркин хаһыаттара өрүү бастыҥынан ааттаналлара. Таайыгар Дмитрий Ефремовичка сайыны быһа оттоспут көмүс көлөһүнэ убаһа буолан кэлэн улахан дьиэ кэргэни үөрдүбүтэ.
Слава, оскуоланы аҕыс кылааһынан бүтэрээт, долгуйар дьоллоох Дьокуускай куоракка худуоһунньук буолар ыра санаатын сыал-сорук оҥостон, үөрэххэ туттарса киирбитэ. Кини П.П. Романов аатынан Саха сиринээҕи Ойуулуур-дьүһүннүүр училище устудьуонун аатын сүгүөн кимнээҕэр даҕаны ордук күн күбэй ийэтэ Анна Ефремовна баҕарара…
Идэтийии
Уларыта тутуу сылларынааҕы Дьокуускай куорат уруһуйдьут уолчааны үчүгэйдик көрсүбүтэ. Үөрэххэ киирэр тургутуктарын барытын ситиһиилээхтик ааһан, Ойуулуур-дьүһүннүүр училище устудьуонун аатын сүкпүтэ. Музыка оскуолатын ойуулуур-дьүһүннүүр кылааһын бүтэрбитэ училищеҕа үөрэнэригэр улаханнык көмөлөспүтэ – төрүт ыарырҕаппакка үөрэммитэ, бииргэ үөрэнэр доҕотторугар өрүү көмөлөһөрө. Үөрэҕин түмүктүүр үлэтин туйгун сыанаҕа туттаран, оформитель (билиҥҥинэн дизайнер) идэтин ылбыта.
Кынат анньыммыт үөрэҕин кыһатыгар умнуллубат устудьуоннуур сыллара ылбыт билиитин, ыра санаа оҥостор идэтин таһынан олоҕун аргыһын Екатеринаны көрүһүннэрбиттэрэ. Эдэр дьон көрсөн-билсэн сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан хайҕаһан олохторун суолун холбоон ыал буоларга быһаарыммыттара. Аал уоту оттон, алаһа дьиэни тэринэн, оҕоҕо күн сирин көрдөрөн Яроевтар дьиэ кэргэн билигин айар кут икки кыната буолан бииргэ үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаллар.
Вячеслав оҕо эрдэҕинээҕи ыра санаатын ситиһэн худуоһунньук буолаары 1998 сыллаахха Дьокуускайга Красноярскайдааҕы Ойуулуур-дьүһүннүүр институт филиала арыллыбытыгар киирэн алта сыл живописка үөрэммитэ. Үөрэҕин бүтэрээт, Арктикатааҕы судаарыстыба культураҕа уонна искусствоҕа институтугар үлэҕэ киирбитэ. Киэҥ билиилээх-көрүүлээх, дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах преподавателы кэлэктиибэ даҕаны, үөрэтэр оҕолоро даҕаны олус сөбүлээбиттэрэ. Кини үөрэтэригэр ордук практика кэмин – ыччаты айылҕаҕа таһааран үөрэтэрин ордороро. Институкка үс сыл биллибэккэ ааспыта, Вячеслав преподаватель идэтигэр тэһийбэтэҕэ. Биир сиргэ олорон оҕолору үөрэтэр үчүгэй этэ эрээри, сытыы-хотуу, киирбит-тахсыбыт киһи кэлиэх-барыах санаата батарбатаҕа. Онон предприниматель буолар быата тардан эбитэ дуу, институкка үс сыл үлэлээн баран эйэ дэмнээхтик уурайарга быһаарыммыта.
Удьуор уустар
Вячеслав Васильевич уус идэтигэр сыстыбыта түбэһиэхчэ буолбатах. Аҕатынан эһэтэ Хаппытыан – уус идэлээх киһи Үөһээ Бүлүүгэ олорон ааспыт. Дойдутугар тарбахха баттанар уус буолан Өргөнтөн көһөрөн аҕалан Үөһээ Бүлүүгэ промкомбинакка үлэлэппиттэр. Кини онно олорон маһынан устар ааллары, баркаастары тутуунан дьарыктаммыт.
Аҕата Василий Капитонович дьоно суох буолбуттарын кэннэ эдэр сааһыгар Таатта Баайаҕатыгар күтүөттүү кэлэн баран, олохсуйан Баайаҕаны иккис дойду оҥостубута. Аҕатыттан утумнаан маһынан уһанар идэлээҕэ, дьиэлэри уурбут-туппут курдук оҥоһуулаах гына тутан таһаарара. Кини биэс уолун батыһыннара сылдьан уһанарга үөрэппитэ. Дьиэ таһынааҕы тутуулары – ампаары, кыра дьиэлэрин барытын бэйэлэрин илиилэринэн туппуттара. Уус удьуордаах аҕалара дьиэ тута сылдьан хайаан даҕаны бэйэтин билиитин уолаттарыгар кэпсиирэ, үөрэтэрэ. Вячеслав аҕата: «Сунтаарга, Ньурбаҕа, Бүлүүгэ дьиэни фронтоннаан туталлар, бу дойдуга оннук гымматтар», – диэн быһаарбытын өйдөөн хаалбыт.
Оҕолоро кыраларыгар, оонньуур дэҥҥэ көстөр кэмигэр, Василий Капитонович уолаттарыгар барыларыгар маһынан оонньуур бэстилиэттэри, аптамааттары оҥороро уонна хара өҥүнэн кырааскалаан кэбиһэрэ. «Билигин санаатахха, аҕам оонньуур сэрии сэбин-сэбиргэллэрин – “Калашников” аптамааты, ТТ бэстилиэти олох үүт-үкчү үтүгүннэрэн оҥорор эбит. Ол да иһин улахана убайым Баһылай аҕабытыттан үөрэнэн, ол саҕана эмиэ маһынан аптамааттары уһанара. Онтон ойуулуур-дьүһүннүүр училищены бүтэрэн, идэтийбит мас ууһа буолбута. Билигин биһиги бииргэ үлэлиибит – мин бырайыактарбынан Аал Луук Мастары кини тутан, уһанан таһаарар», – диэн сэһэргиир Вячеслав.
Ийэтэ Анна Ефремовна – иистэнньэҥ. Ийэтэ уолун иистэнэргэ үөрэппитэ туспа кэпсээн. Кини өттүнэн аймахтара Дедюкиннар эмиэ уһанар дьоҕурдаах дьон. Онон худуоһунньук, дизайнер, архитектор, рестовратор, мас ууһа Вячеслав Яроев – төгүрүччү уус удьуордаах киһи.
Коттеджтары тутааччы
– Училищены бүтэриим саҕана миигин «Былыргы тутуулары чөлүгэр түһэрии Саха сиригэр тоҕо сатамматый?» диэн толкуй үүйэ-хаайа тутар буолбута, – диэн Вячеслав Васильевич тутуу эйгэтигэр, чөлүгэр түһэрии хайысхатыгар хайдах ылсан барбытын туһунан кэпсээнин саҕалыыр. Өйүттэн тахсыбат санаатыгар хоруй булаары Чөркөөххө Суорун Омоллоон тэрийбит Политикалыы сыылка музейыттан баран ыйыталаһа сылдьыбытын, анал көҥүллээх эрэ дьон реставрациянан дьарыктаналлар диэн быһаарбыттара. Онон атын дойдуттан анал көҥүллээх тэрилтэлэр бу уустук үлэни оҥороллорун билбитэ.
Вячеслав Васильевич өссө кэргэнэ Екатерина Степановналыын «”Уран” дизайн-студиятын» тэриниэхтэрин быдан инниттэн, училищены бүтэрээт даҕаны, тута дьиэ тутуутугар маастарынан үлэлээн барбыта. Оччолорго кини сүүрбэтин эрэ ааспыт эдэр киһи этэ. Аймахтарын, убайдарын түмэн дьиэ тутар биригээдэ тэриммитэ, Дьокуускай куорат биир бастыҥ оройуонугар маҥнайгы коттедж дьиэлэри туппуттара. Вячеслав дьиэ тутуутун курдук ыарахан үлэҕэ бэйэтинээҕэр быдан аҕа саастаах дьону – таайдарын, убайдарын түмэн, иилээн-саҕалаан үлэлэппитэ бу кини салайар дьоҕурдааҕын туоһулуур. Оччолорго өрөспүүбүлүкэ улахан салайааччылара сүүрбэччэлээх эрэ эдэркээн киһини эрэнэн, итэҕэйэн сакаастары биэртэлээбиттэр. Ол туһунан кини бэйэтэ: «Тутуу эйгэтигэр аан бастаан киирэрбит саҕана аҕа саастаах дьон эдэр уолга эрэнэн, сакаас биэрэн, араас тутуулары таайдарбын, убайдарбын кытары тутан таһаарбыппыт. Ол курдук, “Якутзолото” тэрилтэ тутууга салаатын салайааччыта Степан Павлович диэн киһи миэхэ улахан тирэх буолбута. Билигин даҕаны кини оҕолоро миигин кытта билсэллэр», – диэн тутуу эйгэтигэр бастакы хардыыларыгар көмөлөспүт дьонун махтана ахтар.
Вячеслав тутууга маастардыырыгар, чиэһинэй майгылаах уонна аһыы утаҕы амсайбат буолан, үлэһиттэриттэн да ону ирдиирэ үлэ тэтимнээхтик баран болдьоҕор бүтэригэр уонна хаачыстыбата халбаҥнаабатыгар төһүү буолбута, Яроевтар тутааччы быһыытынан репутацияларын үрдэппитэ. Элбэх эр киһи бииргэ түмсэн күннэри-түүннэри ыарахан үлэҕэ сылдьан сылаа таһаарынар аатыран аһыы утаҕы иһэр буолан бараллара, сынньанар аатыран бырааһынньыктыыллара кистэл буолбатах. Онон кини хара маҥнайгыттан олоҕор арыгыттан дьалты туттан, чөл олоҕу тутуһуута дьону салайан үлэлэтэригэр улаханнык көмөлөспүтүн саарбахтаабат.
2012 сыллаахха олох-дьаһах уларыйыытын, сайдыытын аахсан, кэргэнэ Екатерина Степановнаны кытары сүбэлэһэн баран, «“Уран” дизайн-студия» диэн хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэни тэринэн күн бүгүҥҥэ диэри өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тутууларга сахалыы эйгэни иҥэрэр, урукку тутууларын саҥалыы тыынныыр туһугар үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Вячеслав дьаһайар-салайар өттүгэр, кэргэнэ Екатерина үп-харчы быһаарыытыгар бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биир санаанан үлэлииллэр.
Аан маҥнай тэрилтэ быһыытынан үлэлээн саҕалыылларыгар Дьокуускай куорат «Кэскил» оҕо уһуйааныгар сахалыы дизайны киллэрбиттэрэ. Оҕо кыратыттан уһуйааҥҥа сылдьан Аал Луук маһы, сахалыы оһуору-мандары көрөн, сахалыы тыыҥҥа, сахалыы эйгэҕэ уһуйуллан тахсарыгар төрүөт буолар диэн санаанан сирдэтиммиттэрэ. Бу аҕыйах сыл иһигэр элбэх үөрэх кыһата, оҕо уһуйааннара сахалыы дизайны киллэрэн киһи хараҕар быраҕыллар көстүүлээх тутуулар буолан таҕыстылар. «Кэскил» оҕо уһуйаанын кэнниттэн Манчаары Баһылай аатынан «Модун» спорт национальнай көрүҥэрин киинигэр сахалыы оһуордарынан өбүгэ тыынын иҥэрбиттэрэ.
Биирдэ үлэлээн бүтэн кэргэнинээн дьиэлэригэр баран истэхтэринэ, соһуччу төлөпүөн тыаһаабыта. Туруупкаҕа бэркэ кыһаллыбыт киһи саҥата: «Саҥа тутуллубут атыы киинин ким диэн аатыыбыт? Сахалыы аатта толкуйдаһыҥ эрэ», – диэн көрдөспүтэ. Вячеслав ону эрэ күүтэ сылдьыбыт киһи курдук хап-сабар: «”Дэлэй” диэн буоллун!» – диэн бэрт судургутук сүрэхтээн кэбиспитэ. Кини бу тылы уруккуттан сөбүлүү саныыра, онуоха аат толкуйдааччы олус үөрэн: «Кырдьык даҕаны бэртээхэй аат!» – диэн саҥа аллайа түспүтэ. Ити курдук, Дьокуускай куорат Федор Попов аатынан уулуссатыгар саҥа тутуллан үлэҕэ киирэн эрэр атыы-эргиэн киинэ бу олус барсар суолталаах сахалыы ааты сүкпүтэ. Билигин киин куораппытыгар дэлэгэй табаардаах «Дэлэй» атыы-эргиэн киинэ үүнэ-сайда, үлэлээн тигинии-таҕыныы турар.
Чөлүгэр түһэрээччи
Вячеслав Васильевич тутууга өссө киэҥ хабааннаахтык ылсан үлэлиир, хараҕар оҥорон, ойуулаан көрөр идеяларын олоххо киллэрэр баҕа санаалардааҕа эрээри, тутааччы-инженер идэтэ суоҕа мэһэйдиирэ. Ол кэмҥэ кэргэнин Екатерина Степановна бииргэ төрөөбүт быраата инженер үөрэҕин бүтэрбитэ. Вячеслав кинини бэйэтигэр ыҥыран, бииргэ үлэлээн барбыттара. Идэтийбит тутааччы-инженери кытары бииргэ үлэлэһэн 2016 сыллаахха реставрация лицензиятын ылан, чөлүгэр түһэриинэн дьарыктанар өҥөнү арыйбыттара. Ол саҕана чөлүгэр түһэриигэ болҕомто улаханнык ууруллубата, салайааччылар өйөөбөттөрө. «Ураннар» бэйэлэрэ даҕаны туохтан саҕалыахтарын билбэккэ балай да өр үчүгэйдик үлэлээбэккэ сылдьыбыттара, хайдах эрэ илиилэрэ-атахтара баран испэтэ.
Онон өрөспүүбүлүкэ салайааччыларыгар киирэн, бэйэлэрин идеяларын билиһиннэрэн, реставрация оҥоһуута туох суолталаах буоларын быһаарбыттарын эрэ кэннэ биирдэ хамсааһын тахсыбыта. Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев реставрация сүүрээнин киллэрээччилэргэ Чөркөөхтөөҕү «Саха сиринээҕи политикалыы сыылка» история уонна мемориал музейыгар турар көлө тардар миэлиҥсэтин саҥардарга этии киллэрбитэ. Онуоха «”Уран” дизайн-студия» сонно Чөркөөххө тахсан миэлиҥсэни саҥардан киирэн барбыта. Дьиҥинэн, миэлиҥсэни хайдах баарынан сөргүтэн эрэ көрдөрүөхтэрин сөбө эрээри, дьоҥҥо-сэргэҕэ былыр бурдук хайдах тардыллан тахсарын, миэлиҥсэ хайдах үлэлиирин эмиэ сөргүтэр баҕа санааҕа ылларан, үлүһүйэн туран үлэлээбиттэрэ. Сөргүтүүнү сэргэ, анаан миэлиҥсэ хайдах үлэлиирин үөрэтэн бараллар. Төһө да бары ирдэбили барытын тутуһан, оҥорбуттарын үрдүнэн миэлиҥсэлэрэ сатаан эргийбэккэ моһуоктаабыта… «Миэлиҥсэ холкутук эргийэн, туорааҕы мэлийэн үлэлээн барарын инниттэн бурдук тардар таас быыһыгар кыратык бурдук таммалаттахха үлэлиир эбит. Мээккэ бурдугу кутааппытын кытта тута мэлийэн барбыта. Ол кэнниттэн бурдугу хаҕын сиидэлииллэр эбит», – диэн туран, урукку кистэлэҥи арыйыы аныгы киһини элбэххэ үөрэтэрин Вячеслав Васильевич бэлиэтиир.
«Ураннар» Мархаттан былыргы дьиэни көтүрэн аҕалан «Чочур Мыраан» комплексыгар босхону үрдүнэн сыанаҕа тутан биэрбиттэрэ. Вячеслав Васильевич дьиэ иккис этээһин бэйэтэ бырайыактаан оҥотторбута. Бу дьиэ кырыыһатын ойуулуур-дьүһүннүүр училищеҕа устудьуоннуу сылдьан сөбүлээн уруһуйдаабыт «Ёлочка» таһыгар турбут былыргы дьиэтин кырыыһатын үтүгүннэрбит. Бу түгэни кини училищеҕа ылбыт билиитэ тутар, чөлүгэр түһэрэр үлэтигэр быһаччы сыһыаннааҕын, туһалыырын туоһутунан ааҕар, үөрэммит кыһатыгар махтанар.
Сөргүтээччи: «Таҥара дьиэлэрин сөргүтэбит. Уопсайынан, сөргүтүү үлэтэ урукку уустар ньымаларыгар, албастарыгар үөрэтэр, былыргы тутааччылар дьиэни туох-ханнык иннинэ үйэлээх гына тутарга кыһаллаллар эбит. Холобура, билигин Хаҥалас улууһугар Күөрдэмигэр Николаевскай таҥара дьиэтэ оҥоһулла турар», – диэн тирээн турар үлэтин билиһиннэрэр, ону тэҥэ кинилэр таҥара дьиэтин курдук мас тутуу биир уустук көрүҥүн баһылаабыттарын бэлиэтиир.
Билигин Бырабыыталыстыба иккис нүөмэрдээх дьиэтин аактабай саалата киһи билбэт гына уларыйан турар. Өрөмүөн оҥоһуллуон иннинэ, сэбиэскэй кэмтэн уларыйбакка турбут ДВП эркиннэрдээх, үрдүн оппуохата тохто турбут саала сахалыы оһуорунан киэргэтилиннэ, аныгылыы тупсарыллан оҥоһулунна. Вячеслав Васильевич үлэни сахалыы сиэри-туому тутуһан саҕалыыр үгэстээх. Бу да сырыыга ону барытын тутуһан, көрбүөччүнү ыҥыран көрдөрбүт. Итиэннэ үүнүү-сайдыы, харысхал бэлиэлэрин киллэрэн муостатыгар, олоппоһугар тиийэ дизайнын бэйэтэ оҥорбут. Онон урукку өттүгэр мантан дьону тиһэх суолларыгар атаарар эбит буоллахтарына билигин бу саала өрөспүүбүлүкэ таһымнаах үөрүүлээх тэрээһиннэр эрэ ыытыллар бастыҥ уораҕайдарыгар кубулуйда.
Дуорааннаах ыһыахтар
Вячеслав Яроев уонна кини салайар тэрилтэтэ балачча элбэх Олоҥхо ыһыаҕын ыһыыга үлэлэстэ, билиҥҥи туругунан алтыс түһүлгэтин торумун түмүктээтэ. Хас биирдии ыһыах түһүлгэтэ барыта ураты көрүүлээх, философиялаах буолар. Холобура, түһүлгэ тас көстүүтүн кытары төһө киһи кыттарын, сыанаҕа хас үҥкүүһүт тэҥҥэ тахсыахтааҕар тиийэ барытын суоттаан-учуоттаан тутуллуохтаах.
– Мандар Уус Уус Алдаҥҥа баран биир сайылыгы көрдөрбүтэ. Онно биир баай киһи ыһыах ыспытыгар киирэр ааркаҕа 12 сэргэни туруорбут. Тоҕо буолуой? Ытык ыалдьыттара аттарын баайалларыгар диэн. Холобура, кулуба ыһыах ыһарыгар ыраахтан үөлээннээхтэрин атын кулубаларын ыҥырар. Ыҥырыылаах ытык ыалдьыттар ыһыах буолар сиригэр атынан айаннаан кэлэн, аттарын анал сэргэлэргэ баайаллар. Биэс дуу, уон дуу сэргэ буолара хас ыалдьыт ыҥырыллыбытыттан тутулуктаах. Билигин дьон иккигэ түҥэтиллэр, түҥэтиллибэт ахсааннаах буолуохтаах диэни наһаа тутуһар. Араастаан билээҕимсийэр да дьон элбэх. Онон тоһоҕолоон бэлиэтээтэххэ, хайаан даҕаны сэттэ дуу, тоҕус дуу, уон икки дуу буолуохтаах диэн буолбакка, хас ыалдьыт кэлэринэн сэргэ туруохтаах, – диэн сэһэргиир Вячеслав Васильевич.
Искусствоны, культураны ырытааччылар, үөрэтээччилэр Яроев үлэлэрин бэйэлэрин көрүүлэринэн араастык сыаналыыллар. Сүүс киһи – сүүс санаа. Этнографтар урукку үөрэппиккэ тирэҕирэн, ымпыгар-чымпыгар тиийэ хаһаллар, теория эрэ өттүнэн көрөн сыаналыыллар. Оттон теория практикаҕа сөп түбэспэт буолуон сөбүн элбэх тутууну салайбыт маастар үйэтигэр элбэхтэ көрүстэҕэ. Бу өрүт кинини хас биирдии киһи санаатын сиргэ-буорга түһэрбэккэ болҕойон истэргэ, ол эрэ кэннэ ылынарын ылынар, ылымматын ылыммат буоларга үөрэппит. Теория уонна практика икки ардыгар кыбыллар мөккүөрдээх түгэннэр үксүгэр Олоҥхо ыһыахтарын сүрүн киэргэлэ Аал Луук Мас тутуутугар тахсаллар.
…Олоҥхо ыһыаҕын түһүлгэтин дьүүллэһии мунньаҕар кулууп саалатын муҥунан киһи тоҕуоруспута. Ыһыах ыытыллыахтаах улууһун олохтоохторун таһынан, ыалдьыт буолан кэлээри сылдьар ыксалаһа сытар ыаллыы улуустар бэрэстэбиитэллэрэ кытта кэлбиттэрэ. Санаа атастаһыытын чэрчитинэн турар тутааччы уонна олохтоохтор көрсүһүүлэригэр балай да киһи тыл эппитэ, санаатын үллэстибитэ. Кэпсэтии Аал Луук Мас – түһүлгэ сүрүн бэлиэтэ буоларынан, ырытыы ол тула хайысхаламмыта. Эмискэ дьон ортотуттан биир кырдьаҕас туран: «Аал Луук Маһы тоҕо сэбирдэхтээтиҥ, оһуора-бичигэ элбэх буолуохтаах», – диэн сирэй-харах анньан, сиилээн барбыта. Кини дьон-сэргэ билэр, ытыктыыр киһитэ эрээри мустубут дьон ортотугар кырыыр аҥаардаах тыллары ыһыктыбыта Вячеславка олуонатык иһиллибитэ. Тыл этээччини икки-үс үөлээннээхтэрэ өйөөбүттэрэ. Айбыт оҥоһугун төрөппүт оҕотун курдук саныыр киһи итиччэлээх тыллары тириитин таһынан ылыммыта, мунньах бүппүтүн кэннэ ытык кырдьаҕастарга чугаһаан быһааран биэрэргэ санаммыта. Мунньах түмүктэнэн, дьон тарҕаһан эрдэҕинэ, Вячеслав таһырдьа тахсар ааҥҥа көрсөн тыл этээччи санныгар илиитин уурбута уонна бэрт холкутук: «Убайдар, элбэх дьон ортотугар кэһэттигит дии… Туох санааттан ити курдук быһыыланныгыт?» – диэн соруммут санаатын билэн баран тэйэргэ санаммыта. Дьон ортотугар тыллара босхо барбыт тыл этээччилэр онтон соһуйан мух-мах барбыттара. Бэйэтин санаатын тиэрдэргэ соруммут киһи Аал Луук Мас тоҕо сэбирдэхтээх буолуохтааҕын саха итэҕэлигэр тирэнэн, олоҥхоҕо олоҕуран оруннаахтык быһааран биэрбитэ. Онуоха били тыл этээччилэр: «Кырдьык даҕаны оннук эбит…» – дэһэн аны бэйэлэрин икки ардыгар мөккүһэн барбыттара…
Бу түгэн – саха дьоно итэҕэл, төрүт культура үгүс өрүттэригэр атын-атыннык көрөллөрүн чаҕылхай туоһута. Маастар: «Ыраас кумааҕыга уруһуйдаатым даҕаны олоххо оннук оҥоһуллар диир сатаммат. Аал Луук Маһы олоххо киллэрэргэ ыйааһына, тыалы, сырдыгы уйара барыта учуоттанар уустук инженердии үлэ, онон сороҕор баҕарбатаргын даҕаны маннык буоларыгар тиийэр диэн быһаарабын», – диэн үлэтин ымпыгын-чымпыгын билиһиннэрэр. Элбэх ыһыах түһүлгэтин тутан мунна кэрдиллибит киһи буолан, бары сиэри-туому толорон, туох-хайдах туттуллуохтааҕын үөрэтэн, хас биирдии тутуу туох суолталааҕын барытын хасыһан билэн, сүбэлэтэн эрэ баран ылсар.
Вячеслав Васильевич бу саха былыргы итэҕэлин, төрүт культуратын кытта быһаччы ситимнээх эйгэ туһунан уонна ыһыах тутууларын суолтатын субу курдук сэһэргиир:
– Ыһыахха киириигэ ыалдьыт хайаан даҕаны аарканан киириэхтээх. Оннооҕор былыр күрүө-хаһаа суох эрдэҕинэ дьон ыһыахха аарканан киирэн ааһара үһү. Ыһыах буолар алааһыгар киирэ сылдьыбыт да буоллаххына эргийэн кэлэн хайаан да аарканан түһүлгэҕэ ааһаллара. Онон бу тутууга суолтаны биэрэбин. Аарканы оҥороллоругар икки сэргэни туруоран баран онно чэчирдэри баайаллар, ол кэннэ чэчирдэр төбөлөрүн холбууллар. Билигин элбэх сиргэ ыһыах түһүлгэтигэр киирэр ааркаҕа ат төбөтүн атахтаһыннартыы туруорбут, оттон икки ардыларыгар сүрэх оһуору түһэрбит буолаллар. Дьиҥэр, маннык мас ааркалар киһи уҥуоҕуттан ылыллыбыттар. Былыргы киһи уҥуохтарыгар ат төбөтүн илин диэки хайыһыннаран баран сүрэх оһуордары түһэрэллэр, кутурук курдук киэргэллииллэр: ол аата өлбүт киһи дууһата анараа дойдуга аттаннын диэн өйдөбүллээх. Аарка диэн ааттыын аарка буолуохтаах. Онон түһүлгэҕэ киириигэ икки сэргэни кытары чэчир мас анньар сөптөөх. Чэчир мас Ыһыах символа буолар.
Олоҥхо ыһыаҕын биир бастыҥ оҥоһуута – Аал Луук Мас. Бу тула, биллэн турар, мөккүөр бөҕө буолар. Көннөрү дьон үксүгэр кэрэх маһы эбэтэр хаппыт элбэх салаалаах тиити Аал Луук Маһы кытары буккуйаллар. Хаппыт мас ойуун маһыгар чугас өйдөбүллээх. Оттон Аал Луук Мас олоҥхоҕо барытыгар сэбирдэх маһынан ойууланар. Холобура, «эһэ тириитин саҕа сэбирдэхтэргэ» алгыс түһэрин туһунан хоһуйуллар. Оттон тиит бастакытынан оннук иэҕиллэн түһэр кыаҕа суох, иккиһинэн сэбирдэхтээх мас буолбатах. Манна даҕатан кыбыттахха, тиит, харыйа, бэс мастар – иннэлэрдээх мастар, кинилэр эр киһи тыыннаахтар. Оттон Аал Луук Мас олоҕу үөскэтэр айылгылаах сэбирдэх мас буоларынан, хатыҥ мас ордук чугас. Бу Орто дойдуга төрөөһүн-үөскээһин дьахтары кытары ситимнээх. Оттон хатыҥ – дьахтар сүрдээх мас. Бу – сир дойду иччитэ Аан Алахчын Хотун дьиэлэнэр маһа. Ыраахтан өйдөөн көрдөххө, хатыҥ төгүрүк, сымыыт быһыытын биэрэр көстүүлээх. Оттон сымыыт – олох үөскээһинин бэлиэтэ, уоһаҕа – күн. Ол иһин Аан дойду үөскээһинин, күн сиригэр олох бэлиэтин көрдөрөн Аал Луук Маһы сымыыкка майгыннатан оҥоробун, хайаан да ортотугар төгүрүк күн бэлиэлиибин.
Ыһыахха кэлбит дьон түһүлгэҕэ киирэллэригэр хатыҥ лабаатыгар салама ыйыыр үгэстээхтэр. Тиит маска кыайан иилбэттэр, тиит мас лабаалара үөһэ буолаллар, онон хатыҥ лабаалара киһи илиитэ тиийэрин курдук намыһах. Аны саламаны баайарга чороччу баайан кэбиспэккэ, салама таҥаһын икки гына тутан эрийэн аҕалан баран быыһынан кыбытан кэбиһэллэр. Тыалга-кууска бэйэтэ сөллөн хаалыахтаах. Оттон билигин араас аартыктарга өҕүллүөхтэригэр диэри элбэх саламаҕа баттатан турар хатыҥнары көрөөччүбүн…
Аны сэргэлэргэ Алтан сэргэ диэн өйдөбүл баар. Олоҥхоҕо дарбатан этиллибитин туруору ылынар дьон бааллар. Холобура, Алтан сэргэни тимиринэн оҥоһуллуо суохтаах. Олоҥхоҕо Аал Луук Мас күлүмүрдүү турар диэн хоһуйуллар. Саҥа туруоруллар сэргэ саһархай дьүһүннээх буолар, ону күн уотугар күлүмүрдүүрүн иһин көмүскэ тэҥнииллэр. Оттон «алтан» диэн монгол тылыттан тылбаастаатахха көмүс диэн суолталаах.
Ыһыахха муостаах-туйахтаах кыыл бэлиэ быһыытынан суох буолуохтаах. Сахалар ынах сүөһүнү, оҕуһу аар баҕахха сыыһа тутталлар. Ону тэҥэ тыҥырахтаах сиэмэх көтөрдөр, холобура, хотой эмиэ сэргэ үрдүгэр туруо суохтаах. Онон сэргэҕэ Дьөһөгөй айыы оҕотун түөрт түөрэм туйахтаах сылгы барахсаны эрэ турууруохха сөп. Тимир дэгиэ тыҥырахтаах хотой дуу, мохсоҕол дуу оннугар оҕуруктаах өйдөөх суору олордор быдан ордук. Биир өттүнэн суор – тимир ууһун көтөрө. Атын омуктарга уус кыстыгын үрдүгэр олорор гына ойуулууллар. Кылабачыгаһы, күлүмүрдэһи сөбүлүүр буолан тимир ууһуттан арахпат. Бэл, уйатыгар араас көмүстэри эҥин булаллар диэн кэпсээн баар…
Соторутааҕыта Вячеслав Васильевич Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн Өймөкөөҥҥө тиийэн олохтоохтору кытары көрсөн кэлбитэ. Били инники ахтыллыбыт түгэн кэнниттэн уонна тутууларга дьон наһаа өйдөөҕүмсүйэн саҥарарын иһин, кини ыһыах ыһыллыахтаах сиригэр-уотугар тиийэн бырайыагын нэһилиэнньэҕэ билиһиннэрэр, тоҕо маннык тутулларын сиһилии быһааран кэпсиир, олохтоохтор санааларын истэр идэлэммитэ. Өймөкөөҥҥө тиийэн, мустубут дьоҥҥо хайдах тутуулары тутуохтааҕын көрдөрө-көрдөрө сиһилии кэпсээбитэ. Олохтоох дьон көрүүтүн билэр сыаллаах көрсүһүү санаа атастаһыытын чэрчитинэн ааспыта. Мустубут кырдьаҕастар Олоҥхо ыһыаҕын тутууларын оҥоруохтаах тэрилтэ салайааччыта Вячеслав Яроевтыын атах тэпсэн олорон сэһэргэспит бириэмэлэрэ биллибэккэ ааспытыттан астыммакка да хаалбыттара.
«Яроев ураһата» диэн тугуй?
Сахалыы оһуор-мандар күннээҕи олохпутугар-дьаһахпытыгар хото киирэн, нэһилиэнньэҕэ сахалыы тыын, саха буоларынан киэн туттуу уһугунна. Вячеслав Яроев сахалыы тутууларын, оһуорун-мандарын, чөлүгэр түһэрии үлэлэрин таһынан, Саха сиригэр бастакынан ааптар быраабын киллэрбитэ. Ааптар бырааба биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр буоларын ааһан, бүтүн дойдубутугар даҕаны улаханнык сайда илик дьыала.
Патент оҥорон, ааптар быраабын бигэргэтэн, кини ыҥырыа уйатын тоҕо тардыбыта. Бэйэтин оҥоһуктарын, тутууларын, үлэлэрин ааптар быраабыгар оҥотторбутун кэннэ араас айдаан, кыһыйыы-абарыы үөҕүү-таныйыы бөҕө Интернет ситиминэн тилийэ көппүтэ. Вячеслав Васильевич ол туһунан билигин субу курдук ахтар: «Киһи бэйэтин эт илиитинэн тутан-хабан оҥорбута, ойуулаабыт таһаарбыт хатыыната атын кимиэнэ буолуон сөбүй?! Патент, ааптар бырааба диэн ол буоллаҕа дии… Саха сиригэр ааптар бырааба диэн тугун, дьэ, өйдөөн эрэллэр. Биһиги үлэбитин элбэх киһи туһанна, туһана да сылдьар…» Билиҥҥи туругунан былыргы тутуулары чөлүгэр түһэрии, саҥаттан тутуу – реставрация лицензията өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Яроев салайар «“Уран” дизайн студиятыгар» эрэ баар.
Саха балаҕана
– Аныгы дьон балаҕан оһоҕун муннукка аһары сыһыары туталлар. Былыр арыый миэстэ хаалларан муннуктан тэйиччи оҥороллоро, – диэн Вячеслав Васильевич саханы саха дэппит уйабыт туһунан сэһэнин саҕалыыр.
Эт илиитинэн, ийэ мэйиитинэн тобулан, эт илиитинэн тутан-хабан элбэх балаҕаны туппут, былыргы балаҕаннар ханна баалларын сураһан туран көрдөөн үөрэппит, чинчийбит, кырдьастары кытары кэпсэппит киһи саха балаҕаны уратыларын барытын олоххо дьүөрэлээн быһаарар. Ол курдук, балаҕаны хайаан даҕаны илин хайысханы тутуһан намыһах аанныыллара биллэр. Ону өбүгэлэрбит сарсыарда тахсалларыгар илинтэн күөрэйэр күнү көрсөөрү уонна нөрүйэн бокуолааннаары итинник оҥороллор диэн уос номоҕо баар. Дьиҥинэн, тутааччы хараҕынан толкуйдаан көрдөххө, эрэй үөрэтэн былыргы сахалар илин диэки хайысхаҕа намыһах ааны оҥороллор эбит: биһиги дойдубутугар хотуттан уонна арҕааттан үрэр тыал өрүү тымныы уонна курас буолар. Манна даҕатан кыбыттахха, ураһаны эмиэ хоту диэки өттүн иҥнэри гыналлар үһү. Уруккуну сөргүтээччи ону: «Силлиэ, хаар-ардах барыта ити хайысхаттан охсор, онон, өйдөөн көрдөххө, былыргы тутуулар илин өттүлэрэ ордук хараарбыта биллээччи. Ол да иһин хотону дьиэҕэ хоту өттүттэн сыһыары туталлара. Оттон намыһах аан үөһээ сылдьар сылааһы таһырдьа таһаарбат. Иккиһинэн сарсыарда күн илинтэн тахсар уонна киэһэ арҕаанан киирэр: былыр электричество уота суоҕар түннүктэри күн сырдыгын батыһыннары тутан, киэһэ хараҥардаҕына киирэн эрэр күн сырдыга эмиэ балаҕан иһин сырдатар гына толкуйдаан оҥороллоро. Онон аан илин буоларыгар тиийэр», – диэн быһаарар.
– Үгүс дьон билигин балаҕаны уһун кырыыһалыылларын сөбүлээбэппин. Тутуу матырыйаала дэлэй үйэтигэр аныгы ньымалары да туһанан балаҕаны балаҕан курдук оҥоруохха наада. Дьон барыта эркини полусферанан бүрүйэллэр, оттон балаҕан сыбахтаах буолуохтаах. Былыр дьон барыта саах сыбахтаах балаҕаҥҥа олорбут курдук сыыһа өйдөбүл баар. Дьиҥинэн, оннук буолбатах. Сэниэ ыал балаҕаннарын туойунан сыбыыллара, онно мас көмнөҕүн, кур оту буккуйаллара биллэр. Төһөнөн сыбахха көмнөҕө элбэх даҕаны оччонон балаҕан иһэ аныгы арболит дьиэттэн итэҕэһэ суох сылаас буолар. Сыбаан баран тас өттүн инчэҕэй таҥаһынан аалан биэрэллэрэ. Оннук оҥоһуллубут балаҕаны дойдубар Баайаҕаҕа үүтээҥҥэ баран иһэн Бүгүйэх диэн сиргэ көрбүтүм. Хойуккааҥҥа диэри манна ыал сайылыыра. Маҥан испиэскэнэн сотуллубут балаҕан түннүгүн нөҥүө чүмэчилэрэ кытаран көстөрө өйбөр хаһан да умнуллубат гына хатанан хаалбыт. Уопсайынан, саха балаҕана сааҕынан сыбанар этэ диэн түһэрэн кэпсииллэр. Онон ким хайдах олохтооҕо балаҕан сыбаҕыттан тута көстөрө үһү, – диэн кэпсээнин түмүктүүр идэтийбит тутааччы.
Моҕол ураһа эпопеята
Туос Моҕол ураһаны тутар санаа уонна дьулуур эмискэ үөскээбэтэҕэ. Аҕа доҕоро, сүбэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Духуобунаска академиятын дьиҥнээх чилиэнэ, норуот маастара Борис Федорович Неустроев–Мандар Уус уонна Вячеслав Васильевич саха омук бу ураты тутуутун туһунан кэпсэппиттэрэ, ырытыспыттара, дьиҥэр, өр буолла. Аан бастаан туос ураһа тирии бүрүөһүннээх чуумтан туох уратылааҕын курдук судургу ыйытыылартан саҕалаан, сыыйа дириҥээн, тутуу ымпыгар-чымпыгар, араас кистэлэҥэригэр уонна саха итэҕэлигэр ылар оруолугар, бөлүһүөктүү суолтатыгар тиийбиттэрэ.
Вячеславтаах ыһыах түһүлгэлэригэр туппут бастакы ураһаларын хаптаһынынан биэдэрэни таҥнары туппут курдук быһыылаах гына оҥороллоро. Чурапчыга туруорбут ураһаларын иһин өй булан туоһунан бүрүйбүттэрэ. Сылдьыбыт дьон иһэ туоһунан бүрүллүбүт аныгы ураһаны былыргыга майгыннатан олус сэҥээрэ көрбүттэр этэ. Онтон кынат анньынан Дьааҥыга, Сунтаарга, Үөһээ Бүлүүгэ былыргылыы моһуоннаах эрээри бөҕө-таҕа буоларын ситиһээри аныгылыы тимир дьардьамалаах ураһалары туппуттара.
Өбүгэ үгэһинэн сөргүтүллэн тутуллубут дьиҥнээх туос моҕол ураһаны бастаан Дьокуускай куорат килбэйэр киинигэр Сайсары күөл кытыытыгар тутар баҕа санаалаахтара. Туһааннаах дьоҥҥо ону иһитиннэрэн маҥнай утаа өйөбүл ылбыттара эрээри, күн-дьыл аастаҕын ахсын улам-улам умнуллан, хааллар хаалан испитэ. Төһө өр кэтэһиэхтэрэй?!
Вячеслав Яроев – сыалын ситиһэ үөрэммит киһи. Баҕа санаатын тиһэҕэр тиэрдэр идэлээх. «Арай моҕол ураһаны төрөөбүт дойдубар, убайым Борис Федорович хонноҕун анныгар туттахпына хайдаҕый? Биир дойдулаахтарбын көмөлөһүннэрэн туттахпытына дьиҥнээх эркээйилээх суолу хаалларыа этибит», – диэн санаа киирэр. Бу көрүүтүн Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгин баһылыгар Роман Романовка тиийэн билиһиннэрэр. «Баайаҕа – уустар түөлбэлэрэ» диэн хайысхаҕа, Мандар Уус тула нэһилиэги түмэргэ, кини идеяларын киэҥник тарҕатарга өр кэмҥэ үлэлэһэн кэлбит Роман Романович бу саҥа бырайыагы болҕойон истэн баран, олус кэрэхсээбитэ, сөбүлээбитэ. Итиэннэ, үлэ киһитин сиэринэн уталыпакка «Уран» дизайн-студияҕа тутуу ыытарыгар сир булан биэрбитэ, нэһилиэк таһымынан туох кыалларынан көмөлөһөргө бэлэмин биллэрбитэ. Ону сэргэ нэһилиэк олохтоохторун, атын сиргэ олорор биир дойдулаахтарын кытта сүбэлэһэн Вячеслав Васильевич Моҕол ураһаны тутарга улахан моральнай өйөбүлү ылбыта, кыралаан үп-харчы, тэрээһин боппуруостарыгар да көмөлтө булбута. Саха сирин араас муннуктарыгар туос иһити тигэр иистэнньэҥнэри кытары көрсөн сүбэлэһэн, ураһа туоһун хайдах, төһө сыанаҕа тигиэххэ сөбүн быһаарсыбыттара, хамнастарын төлөбүрүн Вячеслав Васильевич бэйэтигэр ылыммыта.
…Үйэтин-сааһын тухары саха ойуутун-мандарын чинчийбит, саха уустарын культуратын үөрэппит сир түннүгэ Мандар Уус сүбэтинэн Вячеслав Яроев саха туос ураһатын ымпыгар-чымпыгар тиийэ сиһилии үөрэппитэ.
Туос ураһа хайдах буолуохтааҕын билээри аан бастаан Санкт-Петербург куоракка Россия наукаларын академиятын Петр Великэй аатынан Антропологияҕа уонна этнографияҕа музейыгар тиийэн, онно хараллан сытар ураһа кэрчиктэрин көрбүтэ. Салгыы Вячеслав Яроев XIX-ХХ үйэлэр кирбиилэригэр Чуумпу акыйаан хотугу эҥэригэр этнографияны уонна лингвистиканы биир кэлимник үөрэппит Джезуп экспедициятын кыттыылааҕа Владимир Ильич Иохельсон Саха сириттэн илдьибит туос ураһатын үөрэтээри эрдэттэн уочараттаан, ыҥырыы суруйтаран, Нью-Йорк куоракка баар Америкатааҕы естественнэй история музейыгар тиийбитэ. Манна, акыйаан уҥуор, аан дойду араас омуктарын төрүт тутууларын кэккэтигэр былыргы сахалар туос ураһалара хайдахтаах курдук дьоһуннук турарын, оҥоһуута мындырын көрөн олус диэн сөхпүтэ-махтайбыта…
Иһэ-таһа барыта туоһунан оҥоһуллубут этэ, 12 м диаметрдаах 9,5-10 м уһуннаах туос ураһа макетынан оруобуна тутуллан турара. Өр кэмҥэ ыра оҥостубутун илэ хараҕынан көрбүт мындыр уус уонна уран худуоһунньук ураһа макетын ымпыгар-чымпыгар тиийэ кээмэйдээн, барытын эргитэ сылдьан хаартыскаҕа түһэрэн ылбыта. Итиэннэ Вячеслав Яроев биир улахан ситиһиитинэн аан дойду биир баараҕай музейын кытары кинилэргэ көрбүт чахчыларын тутуутугар туһанарга меморандум түһэрсэн көҥүл ылбыта буолбута. Дьэ, бу Америкатааҕы экспедиция эрэ кэннэ Саха сиригэр бастакы туос моҕол ураһаны сөргүтэн тутар кыах дьиҥнээхтик үөскээбитэ.
Түргэнник-тарҕаннык үлэлииргэ үөрэммит баай үөрүйэхтээх тутааччы былыр ураһаны биэс-алта сыл устата тигэн оҥороллоро үһү диэн сэһэргииллэрин соччо итэҕэйбэт этэ «Ама, ураһаны оччо өр туталлар үһү дуо, күүркэтэллэр ини» дии саныыра. Ол эрээри, үлэ саҕаланаатын кытта ураһа тутуута элбэх араас идэлээх дьон тэҥинэн үлэлииллэрин эрэйэр уустук дьарык буоларын этинэн-хаанынан билэн, өйдөөн барбыта: бүтүн Саха сирин 12 улууһун 24 нэһилиэгиттэн 600-тэн тахса уран тарбахтаах иистэнньэҥ, уус илиилээх тутааччы биир сомоҕо буола түмсэн үлэлээн түөрт төгүрүк сыл иһигэр тигэн, таҥан, оҥорон бүтэрбиттэрэ.
– Тута сырыттахпытына, араас мөккүөр тахсара. Холорбура, туос моҕол ураһаны сыл аайы хомуйаллар диэн сыыһа өйдөбүл баар. Итиччэ уустук бүрүөһүнү хайдах даҕаны кыайан сыл аайы туура тардыбаккын. Оттон иһинээҕи киэргэллэрин хомуйан кыһын балаҕан иһигэр киллэрэн ыйыахха сөп. Ол бииринэн балаҕан иһигэр үрэрин тохтотор, иккис өттүнэн киэргэтиилээх испэ туос балаҕан ис көстүүтүн тупсарар буоллаҕа. Былыр хаардаахха туос ураһа турарын туһунан элбэх кэпсээн баар. Кууран хатаччы хатан хаалбыт туос ураһаны сырыы аайы хомуйар эрэйдээҕэ чахчы. Биһиги моҕол ураһаны анал үрдэтэр тэриллэринэн салҕанан туппуппут, оттон былыр ким, хайдах ыттан тахсан оҥорбута буолла… – диэн ураһа тутуутун ис куукунатын сэгэтэр Вячеслав Васильевич.
Туос ураһа диэн хайдах эрэ чараас, уйан оҥоһуулаах курдук иһиллэр. Саха сирин чысхаан тымныыта, ардаҕа-хаара, тыала хаппыт туоһу өр гыммата чахчы. Ол туһунан тутааччы бэйэтэ сүрдээх үчүгэйдик быһаарар:
– Мас үйэтэ ортотунан 70 сылга тэҥнэһэр, ол аата туос үйэтэ эмиэ оччо буолуохтаах. Ол эрээри сэттэ уон сылтан лаппа уһуннук турбут дьиэлэри сөргүтэн баран, тус үөрүйэхпэр олоҕуран көрдөххө, туос ураһа лаппа уһуннук туруон сөп. – Итиэннэ салгыы туос барытыгар туһалаах матырыйаал буоларын сэһэргиир.
Сахалар былыргыттан туоһу иһит-хомуос эрэ быһыытынан буолбакка, тутууга кытары туһаналлара: олорор дьиэлэригэр даҥ кутуохтарын иннинэ ууну-хаары туттун, буор саккыраабатын диэн туоһу тэлгэтэллэрэ. Тоҕо диэтэххэ, көннөрү мас эмэҕирэр буоллаҕына, туос быдан бөҕө уонна үйэлээх. Туос иһиккэ бэл сүөгэй, үүт аһыйбат, арыы буортуйбат, отон-дьэдьэн илдьирийбэт. Быйыл дойдутугар Баайаҕаҕа тахсан, олохтоох кырдьаҕастан туоһунан ыас оҥорорго үөрэммит. Кини туоһунан оҥоһуллар ыаһы ыстыырга анаан буолбакка, ордук тутууга, уһаныыга туһаналларын бэлиэтиир.
Бу туһунан Вячеслав Васильевич Америка курдук ыраах дойдуттан билэн кэлбит. Ол курдук, Америка музейыгар туос ураһа кэрчиктэригэр туох эрэ харалар анньылла сылдьалларын бэлиэтии көрбүт. Мас лабархайын тэстибити бүөлүүргэ туһаналларын билэр буолан, «хаппыт харата» туостан оҥоһуллубут ыас эбитин сэрэйбит. Туос ыаһы ураһа тэстэр сирдэригэр сыбаан кэбиспиттэрэ, ол хаттаҕына бэйэтэ «герметик» курдук буолар, оччоҕо уу-хаар өппөт эбит. Лабархай сырдык буолан, тигии сииктэрин сотуохха сөп, ол ураһа көстүүтүн буортулаабат. Оттон лабархай кыайбат улахан хайаҕастарын, дьөлөҕөстөрүн туос ыаһынан ыаһыыр оруннаах диэн санааҕа кэлбит мындыр уус.
Манна даҕатан эттэххэ, былыргыны сөргүтүү эйгэтигэр улахан тутуулары ыытар киһи, кэнэҕэски тутааччыларга туһалаах буолуо диэн санааттан үлэ хас хардыытын барытын видеоҕа устан архыыптаан иһэр уонна өссө документальнай киинэ оҥотторо сылдьар. Онон өбүгэ архитектураҕа, уһаныыга кистэлэҥнэрин тилиннэрэр, үйэтиттэр тутааччы уонна практик-чинчийээччи тугу билбитин-көрбүтүн документальнай киинэ оҥорон, бар дьонугар таһаарарга, кэнчээри ыччакка хаалларарга санаммыт. Инникитин дьон-сэргэ Яроевтан үөрэнэн, кини баай үөрүйэҕин туһанан саҥа туос ураһалары туттуохтара диэн эрэнэбит.
Кэккэ чинчийээччилэр, былыргыны билээччилэр ураһа үрдүн тириинэн баайаллар диэн суруйаллар. Вячеслав Васильевич үөрэтэн көрөн баран ураһа ураҕаһын тириинэн баайар оруна суох диэн түмүккэ кэлбит. Америкаҕа турар ураһаҕа көрбүтүнэн, сиэрдийэни сиэрдийэҕэ үрүт-үрдүгэр уураллар, титирик силиһин сылаас ууга сытыара түһэн баран инчэҕэйдии үрүт- үрдүгэр кириэстии баайаллар эбит. Инчэҕэй силис оннугар үөт маһынан эмиэ баайыахха сөп. Үөтү быа курдук сымныар диэри имитэн баран, сааһынан хайа тардаат инчэҕэйдии баайан кэбистэххэ, түргэнник хатар. Маны кини оҕо сырыттаҕына таайа сахалыы тоһоҕо күрүөнү талаҕынан эрийэриттэн сиэттэрэн өйдөөбүт. Былыр мас салаасканы эмиэ маннык ньыманан оҥороллор эбит. Санаан да көрдөххө, тирии түргэнник буорту буолар уонна үөккэ, силискэ тэҥнээтэххэ сымнаҕас. Ону тэҥэ сиэрдийэ куурдаҕына тириини төлө тэбэн кэбиһэр.
Итиэннэ түөрт сиэрдийэни кириэс курдук сытыаран, түөрт өттүттэн ыбылы баайан, ураһа дьардьаматын оҥорон баран сиргэ батары анньаллар. Онтон ол уһун сиэрдийэлэр быыстарыгар атыттары кэккэлэччи кыбыта анньан иһэллэр. Үөһэттэн көрдөххө, эргиччи барар – резьба курдук көстүүлэнэр. Оттон аллараа өттүгэр кылгас маһы уган биэрэллэр. Оннук эриллэн тутуллубут ураһа ардахха-силбиккэ мээнэ тэстибэт, ардах оллооҥҥо эрэ түһэр быыһа суох курдук оҥоһууланан тахсар. Хор, былыргы сахалар оннук мындырдар эбит…
Уһуйааччылар
Вячеслав Яроев худуоһунньук быһыытынан сайдарыгар суолталаах үс тарбахха баттыыр учууталлаах. Аан маҥнай кини уруһуйдуурун таба көрөн, Баайаҕаҕа музыка оскуолатын ойуулуур-дьүһүннүүр кылааһыгар үөрэппит учууталынан норуот маастара Анна Васильевна Мандарова буолар. Оттон Дьокуускай куоракка П.П. Романов аатынан ойуулуур-дьүһүннүүр училищеҕа устудьуоннуур сылларыгар дьоҕурдаах уолу СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ, ССРС худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Вячеслав Дмитриевич Артамонов таба көрөн, оҕотун курдук сыһыаннаһан, кынатын анныгар илдьэ сылдьыбыт. Вячеслав үөрэҕи бүтэрэн диплом ылбытыгар кимнээҕэр даҕаны кини үөрбүтүн үөрэнээччитэ билигин да субу баар курдук өйдүүр. Красноярскайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр институт филиалыгар үөрэнэригэр алта сыл тухары үөрэтэн-такайан үрдүкү таһымҥа таһаарбыт, талаанын чочуйбут, тупсарбыт киһинэн Россия Ойуулуур-дьүһүннүүр академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, СӨ норуотун худуоһунньуга Артур Дмитрьевич Васильевы билинэр.
Оттон үөрэх кыһатыгар буолбакка, олоҕор көрсүбүт үтүө сүбэһитинэн, биллэн турар, биир дойдулааҕын, аҕа доҕорун Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах киһитэ, Духуобунас академига, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Борис Федорович Неустроевы-Мандар Ууһу ааттыыр: «Борис Федорович мин сүбэһит-уһуйааччым буолар. Кини сүбэлээн-амалаан, итэҕэлгэ көрүүлэрим, сэргэ быһыыларын, балаҕан тутуутун өйдөбүллэрим үөскээбиттэрэ. Туос ураһаны тутарбар барытыгар Мандар Уус үтүө сүбэтинэн тымтыктанан үөрэммитим». Ураты киһи сэһэнэ кэрэхсэбиллээҕин, быһаарара тиийимтиэтин, практик киһи киниттэн сүбэлэттэрбитэ ыһыахтарга түһүлгэлэри, ураһалары уо.д.а. тутуулары оҥороругар улаханнык туһалаабытын билинэр.
Айар кыым
Уруһуйдуур умсулҕаҥҥа кыра эрдэҕиттэн ылларбыт буолан, Вячеслав Васильевич билигин даҕаны дөрүн-дөрүн айылҕаҕа тахсан, кинини кытары биир тэтимҥэ киирэн, ис сүрэҕиттэн этиэн баҕарар иэйиилэрин кумааҕыга түһэрэр. Оччоҕо кута-сүрэ күннээҕи олох-дьаһах, үлэ-хамнас бүппэт түбүгүттэн тыын ылар, сынньанар, оттон сөбүлүү көрбүт араас көстүүлэриттэн харахтаах эрэ таптыы көрөр хартыыналара ойууланан тахсаллар. Оччоҕуна санаата чэпчээн, сүрэҕэ сылаанньыйан айар куттаах киһи уоскулаҥы булар.
Айар иэйии киирдэҕинэ, кини күнүһүн үлэлии сылдьан хараҕар ойууланан кэлбити киэһэ мастарыскыайыгар тиийэн уруһуйдуур. Сороҕор түүнү супту олорон, тохтоло суох уруһуйдаан биир тыынынан хартыынатын бүтэрэн кэбиһэр. Оннук хартыына суруйа олордоҕуна, ардыгар хоһоон тыллара кутуллан киирэн сиэттиһэн тахсаллар.
Онон төһө да тутуу, сөргүтүү, бизнес уустук эйгэтигэр сырыттар, Вячеслав Яроев киистэтин ыһыктыбат. Ол түмүгэр быйыл олоҕун орто омурҕаныгар үктэммит бэлиэ түгэнигэр маҥнайгы персональнай быыстапкатын Ойуулуур-дьүһүннүүр национальнай музейга тэрийдэ.
Аныгы кэм киһитэ, айар уонна салайар үлэһит Вячеслав Яроев генеральнай дириэктэрдээх «”Уран” дизайн-студия» тэрилтэ уустар түөлбэлэринэн сураҕырбыт Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгэр туос моҕол ураһаны тутан, икки үйэ кэриҥэ буолан баран, урааҥхай саха омукка бэлиэ бэлэх оҥорбута улахан хайҕаллаах суол, улахан кэскиллээх дьаһаныы. Бу – көннөрү кэтэх дьон уонна судаарыстыба (улуус, нэһилиэк) эрэ кыттыгас үлэтэ буолбатах, оннооҕор ордук дириҥ суолталаах. Саха сирин историятыгар хаалар түгэн. Саха былыргытын сэдэх билээччи, норуот духуобунай лидерэ Мандар Уус өр сылларга дьулуспут баҕа санаа санаатын кини туйаҕын хатарааччыта – Россия худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, мас ууһа, реставратор, архитектор, дизайнер Вячеслав Яроев олоххо киллэрэн, Баайаҕа үрдүк кырдалыгар туос моҕол ураһаны дьэндэтиитэ бу төрөөбүт дойдуга таптал, норуот культуратыгар сүгүрүйүү, уһуйааччыга ытыктабыл эрэ буолбатах. Бу – икки айылҕалаах айар киһи биир сүбэнэн, санаанан салайтаран, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэриилэрэ диэххэ сөп.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 сылын көрсө, үйэлэр кирбиилэригэр биир улахан бырайыак олоххо киирдэ. Ону олоххо киллэриигэ сүрүн суолталаах Вячеслав Яроев айар, сөргүтэр, үйэтитэр, чинчийэр үлэһит быһыытынан айана бу омурҕанынан тохтообот, салгыы иннин диэки көтөр – кини онно толору бэлэм – идэ, дьоҕур, өй-санаа, дьулуур барыта баар. Соргу тосхойдун!
Надежда Мордовская
Чолбон. – 2021. – Сэтинньи