Мария Неймохова ахтыыта
Биһиги дьиэ-кэргэн үс уол оҕолоохпут. Уолаттарбыт олус истиҥ ахтыылары аҕаларын Саха сирин норуотун суруйааччытын Егор Неймохов туһунан суруйбуттара. Кини – аҕа баһылык, эппит тыла өрүү сокуон буолара. Тугу эмит алҕаһаан этэр, соруйар да түгэнигэр ол соруга ырытыллыбакка толоруллар эрэ этэ. Оҕолорбут аҕаларын аптарытыатыгар иитиллибиттэрэ. Куорат усулуобуйатыгар уол оҕону итинник иитии олох сөптөөх дии саныыбын. Уолаттарбыт истигэн, үөрэхтэригэр үчүгэй, бэрээдэктээх буола улааппыттара. Икки улахан уолаттар сэбиэскэй кэмҥэ улааппыттара. Кыра уолбут Миша улахаттартан уон сыл балыс, демократия кэмигэр улааппыта. Оһоҕос түгэҕинээҕи оҕо буолан атаахтык көрүллүбүтэ. Аҕата ким да мөҕөрүн утарара, мөҕөргө төрүөт баар да буоллаҕына. Итинник иитиллибит оҕо бэйэтин эрэ билинэр киһи буола улаатыан сөп этэ. Дьолго Мишабыт оннук буолбатаҕа: элбэх ситиһиилэринэн, аймахтарыгар амарах сыһыанынан, биһиэхэ – чугас дьонугар өрүү көмөлөһөрүнэн үөрдэр. Куруутун бэйэтэ туохха барытыгар туспа санаалаах, араас дьыаланы бэйэтин эппиэтинэһигэр ыларыттан куттаммат. Ити чааһыгар убайдарынааҕар ордор.
Аҕабыт – Егор Петрович, “Эдэр коммунист” хаһыакка, “Хотугу сулус” сурунаалга, партия обкомугар курдук эппиэтинэстээх дуоһунастарга үлэлээбитэ. Өрүү күнэ үлэтигэр бүтээччи. Быыс буллар эрэ суруйар этэ. Ол эрэн уолаттарыгар кини болҕомтото тиийэрэ. Оҕолорун иитиигэ саамай улахан ситиһиитэ – кыра эрдэхтэриттэн тыа үлэтигэр сыһыарыыта буолар. Сайын ахсын тыаҕа тахсар этибит. Аҕабыт ыал соҕотох уола этэ. Аҕата Петр Михайлович Неймохов бөһүөлэк убаастанар киһитэ, биллиилээх оҕуруотчут, Үлэ Кыһыл Знамятын орденын кавалера. Ийэтэ Татьяна Семеновна Кынтоярова дьон ахтарынан үтүө бэйэлээх өрүү дьоҥҥо көмөлөһө сылдьар киһи эбитэ үһү. Кыаммат ыалларга оҕуруот аһын, атын ас арааһын бэрсэр идэлээх эбит. Билигин да дьон кинини үтүөнэн эрэ ахтар. Дьиэлэрин иһэ куруук толору дьон буолара үһү: аймахтара, командировкаҕа кэлбиттэр. Кыргыттара сөҕө саныыллар: хаһан барытын бүтэрэн-оһорон дьаһайарын. Аһатан-сиэтэн, утутан. Ону таһынан хаһаайыстыбата: сүөһүтэ, оҕуруота, сибэккилэрэ. Оҕолор кинини Сибэккилээх эбээ диэн ааттыыллара үһү. Кыра хатыҥыр бэйэтэ бокуой булбакка үлэлээн тахсара. Үүт сүүрдэн сэппэрээтэр эрийэ олорон “Кыптыыйдыы туттубут кылбаарар кынаттаах…” диэн ыллыыра эбитэ үһү. Оҕо эрдэҕинэ кинилэр дэриэбинэлэринэн ааспыт Ракитин генерал туһунан хоһоону ааҕара. Суруйааччы Анастасия Сыромятниковалыын доҕордоһон бииргэ улааппыттар. Татьяна Семеновна дьоҥҥо өрүү үчүгэйи эрэ көрөр сырдык киһи эбит. Оҕолорун сэмэй буоларга, үрдүттэн күдээринэ дьону сиилээбэт баҕайыта диэн үөрэппит.Егор төрөппүттэрин майгыларын баппыт, ийэтин курдук үтүө санаалаах уонна аҕатын курдук сороҕор кытаанах. Сэрии кэмигэр Татьяна Семеновна почтальоннаан Ытык -Күөлтэн почтаны таспыт. Бу үлэтигэр саамай ыарахана – дьон өлбүтүн туһунан суругу тиэрдии этэ. Петр Михайловичка үчүгэй үлэтин иһин фарфортан чэй иһэр сервиз бэлэхтээбиттэр, ол кэмҥэ улахан дефицит. Ону ылан ийэлэрэ уолбут сыбаайбатыгар диэн кистээн кэбиспит. Ол сервиз ийэбит, эбээбит туһунан үтүө өйдөбүнньүк буолан уурулла сылдьар.
Совхозка сайын ахсын оҕолор биригээдэлэринэн оҕуруот аһын үүннэрэллэр эбит, үлэ лааҕырын курдук үлэлэтэн. Ол сахха тэрээһиннээх үлэ лааҕырдара диэн үлэлээбэттэр эбит, көннөрү итинник биригээдэлэр. Мэҥэ – Алдан оҕолоро 60-70 с сылларга Петр Михайлович үлэнэн оскуолатын ааспыттар. Оччолорго помидору, оҕурсуну үүннэрэллэр эбит, атын оскуола оҕолоро ити оҕуруот астарын олох да билбэттэр эбит үүннэрбэт буоланнар. Холобура мин билбэт этим. 5с кылааһы бүтэрэн баран аҕабынаан Дьокуускай куоракка кэлбитим. Улахан убайым Василий куоракка олороро, следователь стажера этэ. Мин онно бастакыбын помидору боруобалаабытым уонна амтанын олох сөбүлээбэтэҕим. Минньигэс амтаннаах буолуо дии санаабытым. Дьэ ол кэмҥэ Мэҥэ-Алдаҥҥа помидору, оҕурсуну оҕолор парниктарга үүннэрбиттэр. Целлофан суох буолан теплица диэн суоҕа. Биэдэрэнэн уу таһан кутан бүөбэйдээбиттэр. Хаһыҥтан харыстаан түүннэри дежурнайдыыллар эбит. Ыарахан илии үлэтэ. Итинник үлэ биригээдэтигэр киирэн үлэлиир улахан чиэһинэн ааҕыллара. Бригада чилиэннэрин ахсаана хааччахтаах этэ, онон төрөппүттэр олох эрдэттэн Петр Михайловичтыын кэпсэтэн оҕолорун биригээдэҕэ ылларыыга сайабылыанньа суруйаллара. Үчүгэй үүнүүлээх сылга хамнастара 500 солк.тиийэрэ. Бу олох үчүгэй хамнас буоллаҕа ди. Мин сайыны быһа оҕуруокка үлэлээн баара эрэ 5 солк. ыларым. Дьокуускайга оччолорго орто хамнас 80 солк. Эбит буоллаҕына, Мэҥэ-Алдан оҕолорун сайыҥҥы хамнастара олох үрдүк эбит! Сэрии кэннинээҕи оҕолор үгүстэрэ – тулаайахтар. Ол хамнастарынан бэйэлэригэр оскуолаҕа кэтэр форма, атах таҥаһа, үөрэх тээбириннэрин барытын хааччыналлара эбит. Егор Неймохов туһунан Сайа ”Олох бүппэт Хапсыһыы” документальнай киинэтигэр фильме Сайа ”Олох бүппэт Хапсыһыы” “Мисс Якутия” күрэх кыайыылааҕа Наталья Колодезникова эбээтэ олус истиҥник Петр Михайлович ити сайыҥҥы үлэтигэр кини тулаайах хаалбыт оҕолорун үлэлэтэн абыраабытын ахтыбыта.
1962 сыллааҕы агитационнай лииһи тутан олоробун “Гектартан 321,5 центнер помидору ыларга” диэн оҕуруотчут Петр Михайлович Неймохов хаартыскалаах. Итинник үүнүүнү ылыыга Петр Михайлович педагог быһыытан талаанынан уонна оҕолор күүстээх үлэлэринэн ситиһиллэрэ.
Оҕолору үлэҕэ интириэстээн ураты оонньуу форматын туттубут. Ол курдук, биригээдэни правительствонан ааттаан, араас министрдэри анаталаабыт. Холобура Ис Дьыала миниистирэ кэрбээччилэри кытта охсуһууга эппиэтинэстээх эбит. Капканнары туруортаан кинилэри утары охсуһууну ыытара. Тас дьыала миниистирэ тастан уоруйахтар киирбэттэрин хааччыйыахтааҕа. Итинник оонньуу формата олус интириэһиргэтэр этэ оҕолору. Егор биирдэ аҕатын сорудаҕынан иккиэ буоланнар ыраах бааһынаҕа үлэлээччилэри кэтээн көрө барбыттарын. Ол бааһынаҕа үүнүүлэрэ олох кырата сөхтөрбүт. Кэтээн көрө тиийбит уолаттар дьиҥнээх разведчиктар курдук тыаҕа саһаннар бааһынаҕа үлэлээччилэри үөрэппиттэр. Көрбүттэрэ кыргыттар улаханнык хамсаммакка күлэ-сала, кэпсэтэ олороллорун бэлиэтээбиттэр. Онно эбиитин кэлбит-барбыт дьону оҕуруоттарын аһынан күндүлүүллэрин. Уолаттар көрбүттэрин Петр Михайловичка тиэрдибиттэрин кэннэ сөптөөх миэрэлэр ылыллыбыттар, үлэ тупсан барбыт. Ити быһыыны кыргыттар билигин номнуо убаастанар үлэһит буолан олорон күлэн ахталлар. Дьиҥнээх үлэ оскуолатын Петр Михайлович Неймоховка ааспыттарын оччотооҕу оҕолор астына ахталлар. Петр Михайлович собус соҕотох уолун Егору үлэлэтэрэ. Егор: «Олох кыра сааспыттан ыарахан ыйааһыннаах уулаах биэдэрэлэри таһаммын уһаабатахпын», – диирэ. Егор Петрович үрдүгэ суох уҥуохтааҕа, онтон оҕолоро уһаабыттара, кыра уолбут Миша үрдүгэ 180 см. Аҕалара үлэҕэ такайан уолаттарбыт оту охсоллор, мунньаллар, кыдамалыыллар. Саамай кылаабынайа окко үлэ – бочуоттаах диэн санааны ииппитэ. Ол иһин кыһаллан-мүһэллэн үлэлииллэрэ оҕо эрдэхтэриттэн. Кыраларга диэн отууга баралларыгар горшоктарын илдьэ бараллара. Бастаан кырабытын мотоциклга миэстэ тиийбэтинэн ылбат этибит. Киһибит хом санаатын кыһыны быһа эттэҕэ үһү. Дьэ онтон ыла нөҥүө сылыттан ылар буолбуппут. Для маленьких приходилось порою взять горшок. Дьиэ-кэргэн барыта иллээхтик үлэлиирэ окко. Отууга икки төгүллээн аһыырбыт: эбиэккэ уонна полдникка. Оҕолор бэйэлэрэ сатаан уоту оттоллоро, чэй өрөллөрө уонна тимири охсон аһыырга ыҥыраллара. Чэйдиир кэммитигэр көрдөөҕү кэпсэтиһэн былаһын тухары күлсэр этибит. Тетябыт Анна Дмитриевна, дяди Кеша кэргэнэ өрүү араас түбэлтэлэри, историялары кэпсиирэ. Үчүгэй да кэмнэр этэ. Киэһээтин кулуупка киинэҕэ барарбыт. Суббуоталарга үҥкүү буолара, онно биһиги семьялаах дьон барбат этибит түбүкпүт элбэҕиттэн. Сорох киэһээлэргэ лотолаан, хаартылаан бириэмэбитин билбэккэ аһарарбыт. Оҕолорго күөххэ-сирэмҥэ дэриэбинэ устун сүүрэн-көтөн оонньууллара. Биирдэ маҕаһыыҥҥа оонньуурдары, автоматтары атыылаатылар. Оҕолор киирэн баран саҥата суох турдулар. Ол кэмҥэ маҕаһыыҥҥа үлэлиир эдьиийбит Настя, тугу ылаҕытый диэн ыйыппытыгар син биир саҥата суох турдулар. Онтон эдьиийдэрэ ылан биирдии автоматы ылан туттаран кэбиспитэ. Онно үөрэннэр сонно таһырдьа тахсаат күнү быһа автомат ытыалыыр тыаһа буолбута.
Отоннуу суопкаҕа барар этибит. Онно отон бөдөҥ уонна минньигэс этэ.Биһигини кытта өрүү отоннуу таһынааҕы ыалбыт красавица Марина Прокопьевна Данилова барсара. Эһээбит Петр Михайлович тыа устун баран иһэн ”Интернационалы” сахалыы ыллыыра, баритон үчүгэй куоластааҕа. Үрдүк нотаны ылар кэмигэр илиитигэр тута сылдьар туос ыаҕаһа ырыа тактыгар сөп түбэһэн үөһээ тахсара. Убайбыт Кеша хомуоһунан түргэнник да хомуйара отону, өрүү бастыыра уонна кыраһыабай бэйэлээхтик мичээрдиирэ. Кинини 17 эрэ саастааҕар Японияны кытта сэриигэ 18 сааһын туолбут бииргэ төрөөбүт убайынаан Егор Неймоховтыын ылбыттара. ”За боевые заслуги” мэтээллээх кэлбитэ. Армияҕа барарыгар таптыыр кыыһыгар хоһоон айан ыыппыт. Ол хоһоонун кыргыттар ырыа курдук ыллыыллара үһү. Ону 60 сааһын бэлиэтиир үбүлүөйүгэр эрэ билбитэ. Үбүлүөйү бэлиэтиир үөрүүлээх чаас кэмигэр Мэҥэ Алдаҥҥа кулуупка уот баран хаалбыта. Уот кэлэрин кэтэһэ таарыйа дьон сыанаҕа тахсан аырыа ыллаан, хоһоон ааҕан барбыттара. Ол онно сааһыра барбыт дьахтар Ульяна Федотовна Чирикова тахсан өйүттэн Иннокентий Неймохов хоһоонун аахпыта. Ити туһунан Егор Неймохов ”Уоттаах сэрииттэн илдьит” диэн хаһыакка ыстатыйа суруйбута. Убаай Кеша уол оҕото этэ, дэриэбинэҕэ биир бастакы суоппар. Фронтовик, герой онно эбиитин суоппар.
Сынньанан, отонноон күһүн куоракка ракетанан кэлбиппит. Биир сайын хаптаҕастаабыппытын, моонньоҕоннообуппутун өйдүүбүн. Онтубутун барыанньалаан мас буочукаҕа уган булууска уган тоҥорбуппут. Ол тоҥ барыанньабытын дэриэбинэттэн ыыппыппыт. Ол мас буочукабыт хайа баран тоҥ барыанньабытын эрбиинэн эрбээн турардаахпыт. Ону истэн доҕотторбут күлбүттэрэ: “Эһиги эрэ куоракка барыанньаны эрбииргит буолуо, маһы буолбакка”, – диэн. Егор аҕата этинэн, арыынан хааччыйара. Өрүс суола турдар эрэ суоппардарынан ыытара. Ол саҕана эт мээнэҕэ көстүбэт этэ, уһун уочаракка талонунан эрэ атыыланара, ону да сороҕор дьон тииһиммэт этэ. Дьон түүнүн маҕаһыын таһыгар хоноро эт ылаары. Бары барыта тиийбэт кэмигэр уонна кэлин даҕаны этинэн-аһынан хааччыйбыт чугас дьоммутугар сиртэн халлааҥҥа диэри махтанабыт. Биһиги эппиэтин талоҥҥа халбаһыы ыламмыт дэриэбинэҕэ ыытарбыт. Ити курдук бэйэ-бэйэбитин хааччыйан улахан иллээх дьиэ-кэргэнинэн олоробут. Уолаттарбыт төрүт сирдэриттэн-уоттарыттан Мэҥэ Алдантан, төһө да куоракка улаатталлар. Ити аҕаларын Егор Петрович иитиитин түмүгэ. Дэриэбинэҕэ сылдьан уолаттар үлэлээбит күннэрин тиһэр дневник оҥорбута. Онно хас күн ахсын уолаттарын үлэлэрин суруйара. Гошка холобура хаһаайыстыбаннай чаас дуоһунаһыгар үлэлээбитэ. Быдан күүстээх улахан уолбут окко үлэлээбитэ. Хаһаайыстыбаннай чааска эппиэтинэстээх оҕо дьиэ үлэтин барытын толороро: сибэккилэргэ, оҕуруот аһыгар уу кутан, кууруссалары сибиинньэлэри аһатан, уу таһан, оһох оттон. Дьиэҕэ үлэ быдан элбэҕэ, онно холоотоххо ходуһаҕа окко сылдьыбыт көнө курдуга. Биирдэ кыра арбайбыт кыыһырымтаҕай Тобик диэн ааттаах ыт чоппусканы сиэбит этэ. Ол хоромньу дневниккэ тиһиллибитэ – хаһаайыстыбаннай чааска эппиэтинэстээх Гошка көрбөккө – истибэккэ таҕыста диэн. Гоша онно хомойон олус күүскэ ыты тэппит. Биирэ онтон куттанан өргө диэри уолга чугаһаабатаҕа. Уоппуска түмүгэр аҕабыт түмүк таһаарара уонна оҕолор үлэлэригэр хамнас быһара. Сиэниллибит чоппууска иһин Гошка хамнаһыттан көҕүрээбитэ. Ол эмиэ уол ыты кырыы хараҕынан кынчыатыырыгар төрүөт буолбута. Итинник оҕолор харчылаһалларыттан олус үөрэллэрэ. Маҕаһыынтан бэйэлэрэ тугу баҕаралларынан ылыналлара. Уолаттар куоракка дьиэҕэ эмиэ үлэлээхтэрэ: квартираны хомуйуу, иһити сууйуу, оҕо көрүүтэ… Күн ахсын биэс бааллаах системанан үлэлэригэр сыана туруоруллара. Саас даамбаҕа баран хайыһардыыллара, Маяк кафеҕа мороженай сииллэрэ. Аҕалара ханна да буоллар өрүү күрэхтэри тэрийэрэ. Ол курдук, хайыһарга, окко, дьиэҕэ. Саамай сөбүлүүр спорка көрүҥэ тустуу этэ. Оонньуу-күлүү курдук этэрэ: “Бастаан тустуу иннинэ илии тутуһан спортсменнар дорооболоһуохтаахтар, онтон ытыстарыгар силлээн баран ытыстарын бэйэ-бэйэтигэр аалыахтаахтар», – диэн. Гошка кыра сылдьан а5атын кытта тустан холоноро. Уола тута а5атын атаҕыттан ылбытыгар аҕата: «Дорооболоспотубут дии», – диирэ. Онтон дорооболоспуттарын кэннэ: «Ытыспытыгар силлээн баран бэйэ-бэйэтигэр аалбатыбыт дии», – диирэ. Ол эмиэ толоруллара. Дьэ ол эрэ кэннэ тустуу саҕаланара. Онтон уол ылан аҕатын диваҥҥа быраҕан кэбиһэрэ – үөрүү өрөгөйө онно буолара. Аҕата буоллаҕына уолун хайҕаан кууһан сыллаан ылара. Итинник биһиги аҕабыт өрүү олохпутун киэргэтэ, үөрүүнэн толоро сылдьара. Кини дьээбэтэ-хообото, ырыата, оонньуута, күлүүтэ биһигини өрүү арыаллыыра. Оҕолоругар бэһиэлэй, кинилэри муҥура суох таптыыр аҕа быһыытынан өйдөрүгэр хаалбыт, боруонсаламмыт суруйааччы быһыытынан буолбакка. Аҕабыт сыалыһар балыктан сүрдээх үчүгэй миин өрөрө. Кириэстээххэ олорор фронтовик таайа Егор Неймохов ити балыгынан өрүү хааччыйара. Сыалыһар миинэ олус үчүгэй амтаннаах буолааччы. Уолаттар ити аҕалара буһарар миини “Поэт баҕа санаата” диэн ааттаабыттара. Бастаан сыалыһары ууга буһарара, онтон уҥуоҕун ылҕаан баран салгыы буһарара. Бүтэһигэр кыра гына кырбаммыт быары уонна күөх луугу эбэрэ. Итинник рецебы киниэхэ хоту сырыттаҕына бэирбиттэр этэ. Иннокентий Тарбахов ”Тарбаахаптыын астыахха” биэриитигэр ыҥырбытыгар Егор сэмэй буолан аккаастаммыта, итиннэ-манна көстөрүн сөбүлээбэт этэ. “Итиччэлээх үчүгэй мииҥҥин буһаран көрдөрүөн этэ буоллаҕа”, – диэбиппин олох ылымматаҕа. Аны эттэ да бүттэ, кэлин онтукатын уларыта сылдьыбат этэ. Бэйэтин оннугар Иван Мигалкины ыыппыта. Иван Васильевич гурман, олус үчүгэй асчыт, бэртээхэй кэпсээнньит.
Егор бииргэ төрөөбүт улахан эдьиийэ Анастасия Петровна чаҕылхай личность, ханнык даҕаны албыны-көлдьүнү билиммэт принципиальнай, дэриэбинэ үтүө суобаһа этэ. Дэриэбинэ олохтоохторо сүрдээҕин убаастыыллара, аптарытыаттыыллара. ЫБСЛКС XV съеһин делегата буолбута. Онно кинини кытта Саха сириттэн делегатынан Саха сирин бастакы президенэ Михаил Николаев, Советскай Союз Геройа, Россия Геройа, Государственнай Дума депутата ученай, полярник депутат Артур Чилингаров. Бу съезкэ Анастасияны ЫБСЛКС Киин Комитетын ревизия5а комитетын чилиэнинэн талбыттара, ол иһин комсомол XVI съеһигэр кыттыыны ылар чиэскэ тиксибит. Ити улахан ситиһиилэри бэйэтин күүрээннээх үлэтинэн, Томпо улууһун ыччакка лидеринэн общественнай хамсааһыҥҥа киллэрбит кылаатынан ситиспитэ. ЫБСЛКС – Советскай Союз ыччатын үрдүкү органа. Мин бииргэ төрөөбүт эдьиийим, билигин норуодунай артыыска Зоя Багынанова Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училищеҕа үөрэнэ сылдьан XIV съезд концерыгар кыттыыны ылбыта. Ити концеры залга олорон бастакы космонавпыт Юрий Гагарин көрбүт. Анастасия Cаха сирин делегациятын кытта Якутии космонавт Валерий Быковскайдыын хаартыскаҕа түспүт. Космонавтар ССРС бастыҥ дьонноро этилэр буоллаҕа. Онон биһиги дьиэ-кэргэн 3 Комсомол съезтэрин кытта сибээстээх. Биһиги Егордуун улахан эдьиийдэрбитинэн киэн туттарбыт. Кинилэр биһиэхэ өрүү күүс – көмө буолаллара.
Егор аҕата Петр Михайлович олох дьиҥнээх аҕа баһылык этэ. Кини бэйэтин аймахтарын барыларын ааттаабыта. Бэйэтэ генерал, уола Гоша – лейтенант. Аҕабыт оонньуу-күлүү курдук өһүргэнэрэ: “ССРС сэбилэниилээх күүстэрин главнокомандующайа, КПСС генсега Л.И.Брежнев миэхэ капитан званиетын биэрбитэ, онтон аҕам лейтенаны эрэ”, – диэн.
Итинник дьиэ-кэргэммит күннүктэрэ ааһаллара. Оҕолор улааттылар, бэйэлэрэ туспа ыал буоллулар, билигин бэйэлэрэ оҕолордоохтор. Аҕабыт күн сириттэн барбыта, мин билигин Мэҥэ Алдаҥҥа кини аатын сүгэр түмэлгэ директорынан үлэлиибин. Сороҕор суруйабын. Окко үлэлээбэппин билигин. Уолаттарым бэйэлэрин кыахтарынан аймахтарыгар окко көмөлөһөллөр. Билигин үксүн тракторынан, механизированнай оттооһун, илии үлэтэ суоҕун кэриэтэ. Онон чэпчээн турар от үлэтэ. Ити үлэни билигин Антонина Петровна Егор кыра балтын кэргэнэ Алексей Петрович Ефремов салайар. Ааттаах үчүгэй механизатор, үлэһит да үлэһит, үтүө санаалаах Амматтан төрүттээх киһи. Биһиги аймахтар бэйэ – бэйэбитин өрүү барыга бары өйөһөбүт. Биир принциптээхпит: ”Ууга да ылан бырахтахтарына, ууттан айахпытыгар балыктаах тахсыахпыт”.